Улуу Кудаҥса
МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
Устаты муруннаах, утары сирэйдээх, уу-дугуй сүһүөхтээх урааҥхай сахаҕа хаһааҥҥыттан ыла кыһыл субай хааныгар, үрүҥ бөллөмөх мэйиитигэр аас-тот икки, кулут-тойот икки уоттаах улуу мөккүөрдэрин омуллубат төлөнө илбис буолан иҥмитэй диэн ыйыталаһар этигиэт?!!
Билбэтэх биллин, истибэтэх иһиттин диэн, өлбүт өбүгэлэрбит, ааспыт аймахтарбыт кэпсээбит кэпсээннэрин, бэт элбэх кыһыны кырыатын уулларан кырдьыбыт, бэт элбэх сайыны самыырын куурдан саастара элбээбит, араҕастыйбыт баттахтаах аарыма кырдьаҕастар «Улуу Кудаҥса дуо?» диэн уос номоҕо оҥостубуттарын суруйан эрэбин.
Бу, баттаатахха маталдьыйбат баараҕай таһаалаах, бу, үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт үрдүк мындаалаах аан-ийэ дойдубутугар төһө-хачча дьикти бэ йэлээх санаалаахтар, өрөгөй күүрээн өйдөөхтөр, өргөс кылаан тыллаахтар төрүөн-үөскээн ааспыттара буолуоҕай?!!
Бу, кэбиэлээтэххэ кэйбэлдьийбэт кэтит Сибиир ийэ хотун улуу куйаар улаҕаларыгар, кылаан кыйаар кытылларыгар төһо-хачча улуу модун санаалаахтар, уот чаҕаан тыллаахтар төрүөн-үөскээн өлбүттэрэ буолуоҕай?!! Сэрэйдэххэ даҕаны, син бааллара эбитэ буолуо. Оннук улуу модун санаалаах, дохсун өйдөөх, баламат майгылаах киһи былыргы олох мындаатыгар, ааспыт олох арҕаһыгар төрүөн-үөскээн ааспыт эбит Улуу Кудаҥса обургу. Ол да иһин сэтэ-сэмэтэ туолан, кырыыска этиллэн, кырамаҥҥа туран, кутун-сүрүн ойуун көтөхпөккө, этин-хаанын сир ийэ хотун ылбакка, сибиэҥҥэ холбоһон, илбискэ кыттыһан, уот сиэмэ буолан, кулут-тойот икки омуллубат мөккүөрүн итии хааннарыгар ииппит, үрүҥ бөллөмөх мэйиилэригэр үөскээбит эбит. Ону өйдүөх тустааххыт!
Былыргы дьылларга, урукку күннэргэ үөскээн ааспыт өбүгэлэрбит, тус-туспа ийэ ууһунан оттоох үрэхтэринэн олохсуйаннар, үүтүнэн-кымыһынан утахтарын ханнараннар, суон саалынан мохсуо кэбиһэннэр, халыҥ хаһанан хаччы охсунаннар, ийэ сирдэрин сүүмэх тураҥнаан, сүөгэй сүдүрүҥнээн, иэдьигэй бадарааннаан, алааска баппат аннах сүөһүнү, сыыһыга баппат сылгы сүөһүнү диэри-дэлэгэй иитэн-тэнитэн олорбуттара эбитэ үһү.
Бу ийэ ууһун оҕолоро, биир ийэттэн-аҕаттан үөскээбит-төрүөбүт курдук көрүнэннэр, биир хаан-уруу курдук ааҕынаннар, субан туруйа курдук толу бэдик уолаттара атын ийэ ууһуттан тэллэххэ сытар тэҥнээхтэрин, хоойго сытар холоонноохторун ойох ылан кэлэллэр эбит.
Бу ийэ ууһун кыталык курдук кынтас маҕан кыргыттарын атын ийэ ууһун дохсун уолаттара кэлэннэр ойох ылан бараллар эбит.
Оччотооҕу кэнэн үйэҕэ баай баттала баар эбээт диэн, баһылык аннынан сылдьар кыра-хара норуот хамначчыкка ааҕынан хана оонньообот эбит, кулукка көрүнэн куруйа санаабат эбит. Онон, тойоннорун аҕа баһылыкпыт диэн, бу ийэ ууһун аҕатынан-ийэтинэн көрөллөр эбит.
Олохторо-дьаһахтара ол курдук буолан салаллан иһэллэрин быһыытынан, эр дьон сорох өттө кыһыннары-сайыннары наар сылгы сүөһүнү көрөр эбит, сорох өттө наар анах сүөһүнү көрөр эбит, сорох өттө бултуур эбит, сорох өттө масчыт, сорох өттө оччут буолар эбит. Дьахтар өттө, эмиэ ити курдук, сорох өттө дьиэни көрөр, сорох өттө ииһи иистэнэр, сорох өттө сылгы аһын астыыр, сорох өттө анах аһын астыыр эбит. Онон, ийэттэн кыыска, аҕаттан уолга саас-үйэ тухары идэлэммит идэлэрэ баран иһэр эбит.
Аччыгый үлэттэн ардырҕаһан аймааһын тахсыбат эбит, Бэт эйэлээхтик, Бэт иллээхтик үөрэ-көтө, үҥкүүлүү былаастаан үлэлэрин үлэлээн иһэр эбиттэр.
«Эн оннуккун, эн манныккын» диэн, оччо-оччо ойохтооххун, оччо-оччо эрдээххин, бачча-бачча көссүүлээххин диэн хокуоска бэрсиһэн, сирэйгэ-харахха силлэһэн, охсуһан бары диэн оннуттан суох эбит.
Былыргы хотуттар, аныгы хотуттар курдук, солкоҕо сууланан, хампаҕа хааланан, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү куба куорсунунан сапсынан сүүстэрин көлөһүнүн куурдуммат эбиттэр, саарбаҕа саһаннар, киискэ кистэнэннэр, буобуралаах бууктаах сону сайбаччы кэтэннэр, оҥооччуттан-бырдахтан кулун кутуруга дэйбииринэн быһыта сапсынар эбиттэр.
Былыргы эр дьон барахсаттар, аныгы силээхтэ оҕолор курдук, сатыыҥҥа саһаннар, суккунаҕа суулананнар, таһаарбытынан анах быарын курдук кильбэльдьигэс хара саппыкынан дэгэльдьиспэт эбиттэр, бөрө тириитигэр бөрөнөн, түүнүктээх түнэни дүкдэччи кэтэннэр, тыйыс сарыыны дыгдачччы таҥнаннар, тыс этэрбэстэнэн, саары чаккыланан, бөҕө өттө тустан, быһый өттө сыссан, хайах хостоһон, масс тардыһан ооньньуур-көрүлүүр эбиттэр.
Оҕо-чаҕар өттө дьиэрэҥкэй тэбэн, кулун куллуруһан, харах симсэн, аньньа-бөрдө буолан, атах тэпсэн, чохчоохойдуу ооньньуур эбиттэр.
Кыра кыргыттар сылга сыаҕайынан, оҕус бэрбээкэйинэн, масс анаҕынан ооньньуур эбиттэр, кыра уолаттар, борбуйдарын көтөҕөөт, араҕас талаҕы ат гынан аал уоттарын Тула сүүрэн, алаһа дьиэлэрин атын үлүгэрдик аймыыр эбиттэр. Кыыс оҕо кыптыйынан кыырар эбит, уол оҕо чаачар саанан тииһэр эбит. Биэрэс тэбэн, халбас хара миинэн, хабылык хапсан, си буолуохтааҕар сибиэни кэпсэтэн, тарбах булсан, таабырын таайсан, олоҥхону батыһан, оҕо саастарын көрүлээн-нарылаан аһарар эбиттэр.
Арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймаҕынан ааҕынааччы, көхсүттэн тэһииннээх күн ууһунан көрүнээччи ичээн эттээх, иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах, буор куттаах бороҥ саха оччотооҕу урукку дьылларга сир-халлаан, көстөр-көстүбэт бүтүн аан дойду алта хонукка айыллыбыта буолуо диэн адьас санаабат эбит. Айыыны оҥорон аакка түһүөм диэн, үчүгэйи оҥорон ыырайга көтүөм диэн битигэр биттэммэт, түүлүгэр түһэбээт эбит. Буруй-сэмэ улааттаҕына, айыы-хара элбээтэҕинэ бэйэбиттэн, ону ааһан бэдэрбиттэн иэстиэхтэрэ, оттон оҕо-уруу суох буоллаҕына, бэйэбиттэн толору иэстээбэтэхтэринэ,эппин-хааммын сир ийэм туппакка, куппун-сүрбүн дьабыҥҥа ойуун көтөхпөккө, сибиэн буолан бар дьоммун хара дьайдыам буоллаҕа диэн балыктааҕар кэлэҕэйдик, сымыыттааҕар бүтэйдик сылдьар буолар эбит.
Үөһээ үс хаттыгастаах үрүмэ долгун халлааҥҥа – үс Саха төрдүн үөскэппит үкээр куйаас тыыннаах, үрүмэтийбэт үүт көлүйэ үктэллээх, үүс-киис тириитэ өллүргэлээх, үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх Үрүҥ аар тойон оҕоньньор баар буолуоҕа диэн Саха эрэ барыта саныыр эбит.
Тоҕус добун маҥан халлааҥҥа, үлүскэннээх үрүт мындаатыгар, соҕуруу соххор холлорук тыыннаах суоду маҕан халлаан суксуллар бэлэһигэр, суураллар куттаҕар дойдуланан үөскээбит, туттаран туран балыырдаах, бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээх, сутуруо быатын саҕа соллоҥноох, улуутуйар Улуу Суорун оҕоньньор бара буолуо диэн олоҥхо хоһоонун, ойуун тойугун бэркэ итэҕэйэр эбиттэр.
Илбистээх халлаантан, илиэһэй биистэриттэн сутуруо быатын саҕа соллоҥноро сатыылаатаҕына, бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдэрэ иэнигийдэҕинэ, икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх оройун чуоччаҕыттан оҥолдьуйар киинигэр диэри дьаҥҥа-дьаһахха ылларан, ыарыыга-сүтүүгэ охтон ойуунунан, удаҕанынан бохсуруттарар буолбут эбит.
Алдьархайдаах аллараа дойдуга, кэлтэгэй ыйдаах-күннээх, кэрис-бараан халлааннаах, барбатах балык миинин курдук бадыа-бөдүө урсуннаах үс күлэр ньүкэн түгээр, түптүр үтүгэн төрдүгэр тойонунан анаммыт Буор Маҥалай, Луоҕайар Луо хаан, арбаҕастаах Арсан Дуолай оҕонньор бара буолуо диэн, эмиэ бэккэ итэҕэйэллэр эбит.
Бу кэйбэлдьийбэт кэтит үтүгэн түгэҕиттэн, ап-салбаныкы айаҕыттан, өлүү чөркөчүөк төрдүттэн дириҥ дойду дьирбиттэрэ, түгэх дойду түөкүттэрэ өһөгөйдөөх өлүүлэрин өрө көбүттэхтэринэ, устаты муруннаах, утары сирэйдээх урааҥхай Саха барахсан оҥолдьуйар кииниттэн уллуҥаҕын төрдүгэр диэри ыарыы-дьарҕа буолан ойуунунан-удаҕанынан дьалбыттарар буолбут эбит.
Бу маннык күҥҥэ-дьылга сахаттан эрэ олус аатырбыт, киһиттэн эрэ ордук сураҕарбыт, урааҥхай улуута, Саха Саара, киһи кинээһэ, балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, модун санаалаах, дохсун өйдөөх Улуу Кудаҥса диэн орто туру дойдуга олорбута эбитэ үһү.
Хайа бэйэлээх сир киинэ сиргэ, дойду долгуруута дойдуга, хайа ааттаах алаас алтан ньээкэтигэр, сырдык ыгай киинигэр, араҕас далбарыгар бу Улуу Кудаҥса олохсуйан олорбутай диэн ыйытар буоллахытына – ырыаһыт чыычаах ымыыламмыт, күөрэгэй чыычаах көрдөммүт, тардыы көмүс курдук нарын араҕас талахтаах, таалар налыы хонуулаах, тыаллаахкүҥҥэ көмүс мөһүүрэ курдук ыдьымыр-дьыдьымыр долгуннаммыт Таатта эбэ хотун арҕаа диэки өттүгэр аҕыс үөстээх күөх араҕас, кыһыл дьэргэн кустук таҥнары сатыылаан түһэн өрүнэ ооньньообут Майы Баалы диэн ааттаах күөл үрдүгэр, араҕас чыычаах уйата от күөх далбардаах, күн уотун күҥкүүрэ буолбут араҕас дьогдьоот кырдалыгар Улуу Кудаҥса обургу олохсуйан олорбута эбитэ үһү.
Улуу Кудаҥса ийэтин ууһа хайа да ийэ ууһуттан алыс наьаа аатырбыт, тосту туора сураҕырбыт эбит. Сыһыыга баппат сыспай сиэллээхтэрэ, сылгы сүөһүлэрэ тоҕус үрэх баһынан тоҕо ааллаан баппакка үөскээбит эбиттэр, алааска баппат аһаҕас ыыраахтаахтара, ынах сүөһүлэрэ аҕыс үрэх баһынан ааллаһан үөскээн, Улуу Кудаҥса оҕоньньор үргүүк үрүҥ сүүрүгүн үксүн-дьүүлүн өйдүөн билбэтэҕэ үһү, хаҥыл хара сүүрүгүн хаһын-хаччатын бачча буолуо диэн барыйан көрбөтөҕө үһү.
Ол курдук баараҕай баайдаах, халыҥ үптээх, үгүс сүөһүлээх эбитэ үһү.
Хайа да ийэ ууһугар чөҥөрө чүөмпэ саҕа дириҥ далай түһүлгэни, улуу тунах ыһыаҕы оҥордохторуна соҕотох Кудаҥса дьоно кыайан-хотон тахсар буоланнар, албан ааттара аллах ат ахчайа тардыаҕынан аҕыс аартыкка атыыр сылгы курдук дырылыччы кистээбит эбит. Суон сурахтара алталаах атыыр оҕус кыайан дьүккүйбэтинэн тоҕус толомон маҕан суолга айаатаан лаҥкынаабыт эбит. Этэн баран эҕирийиэх иннинэ кэлбит-тахсыбыт элэс быһыйдар, дьэрэгс сүүрүктэр, ууналас илиилэр, дэгэс атахтар, биэкэйэр бииллээхтэр, дарайар сарыннаахтар, хайыта харбаспыт харылаахтар, тоһута тутуспут чоруун тарбахтаахтар, бөдөҥ туруулаахтар, урааҥхай Саха уһук туйгуннаахтара бу Улуу Кудаҥса эрэ ийэтин ууһугар олохсуйан төрүүллэр-үөскүүллэр эбит.
Онон, ыраах-чугас ыаллара, баай да ийэ уустара бука барылара бүк дьулайан, сөрү сөҕөн, бэри бэккиһээн Улуу Кудаҥса обургу уһун суолун оймообокко, кэтит суолун кэспэккэ, харыс намтаан, сүөм синньээн, кини киһи үөһээ көрдөҕүнэ – аллараа көрөн, тугу эппитин барытын толоро сылдьыбыттар эбит.
Кими даҕаны утары көрдөрбөккө үөрэнэннэр, наар кыайа-хото сыльдьар буоланнар, Кудаҥса дьоно: «биһиэхэ тэҥнээх бу орто туру дойдуга Ким-ханнык төрөөн-үөскээн ааһыа буолуой!» - диэн, эрдиин-дьахтардыын, эдэрдиин-кырдьаҕастыын олус улаханнык санаммыттар, алыс киэбирбиттэр. Бэл, оҕо-чаҕар дьоно ол курдук улаханнык сананар буолбуттарын кэннэ, эгэ аҕа баһылыктара, Улуу Кудаҥса обургу, төһө-хачча модун санаалаах, күүстээх өйдөөх буолуоҕай!
«Бу, араҕас далбардаах, аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуга, урааҥхай сахаҕа аҕа баһылык буоларга Одун-Хаантан оҥоһуллубут, Дьылҕа-Тойонтон ыйыллыбыт, Чыҥыс-Хаантан анаммыт бу мин Улуу Кудаҥса эбит буоллаҕым», - диэн алыс санаммыт, күүстээхтик көрүммүт эбит.
Кини бэйэкэлээх кимтэн толлон-дьулайан, кимтэн кирис саҕа намтаан, кыбыста санаан, биитэр бу айыы-кэйии, буруй-сэмэ буолуо диэн кэннинэн кэхтиэй, иннинэн чугуйуой?! Эппитин толоро, санаабытын ситэ сылдьыбыт эбит.
Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, бу курдук алыс аатыран, ордук сураҕыран олордоҕуна, аан альдьаххай буолбут эбит.
Итии салгыны имэҥнээх тыынынан кырыаччы оҥорон, кырымах хаарынан кыыгыначчы бөтүөхтүүр кыһын ийэ хотун кэлбит. Чолбон уота улааппыт, чуҥкунас тымныы буолбут, онтон арҕаа диэкиттэн аргыардаах аан балаһа дьыбар таҥнары дьабыйан кэлбит, ол кэнниттэн соҕуруу диэкиттэн сут бөрө курдук дохсун тыал өрө улуйан тахсыбыт.
Чоруун масс тоһута тоҥмут, чараҥ масс хайыта тоҥмут, ньиччэҕэй масс дэлбэритэ тоҥмут. Харахтаах көрбөтөх, кулгаахтаах истибэтэх улуу тымныыта буолбут. Көлүйэ күөл муустара дэриэспэ таас курдук дэлбэритэ тоҥоннор, улара оргуйбут уу өрүтэ тэбэрин курдук бүлүгүрүү-бүллүгүрүү өрүтэ ыһыахтаммыттарын иҥсэлээх имэҥ тымныы обургу сабыта үрэн кэбиспитэ – күөл уута бүллүгүрээбитэ бүллүгүрээбитинэн төйүтэ тонон, чугураччы тохтон, арҕас-арҕас курдук өргөстөөх муус хальдьаайылар өрө өрөһөлөнөн тахсыбыттар.
Сыһыыга сыльдьар сылгы сырбайбытынан тоҥмут, тэлгэһэҕэ турар сүөһү хоройбутунан тоҥмут, кунан оҕус кутурга тоһута ыстаммыт, бургунас ынах муоһа булгурута барбыт.
Иннинэн сирэйдээх, иэҕэйэр икки атахтаах дьиэттэн тахсыбат буолбут. Аан алдьархай адаҕыйбыт, дохсун өлүү дьүһүйбүт, урааҥхай Саха биир кыһыннаах буолбут. Иэһии-туоһуу улаатан испит, киэҥ көҕүс кыараабыт, уһун сана татыарыйбыт. Дөрүн-дөрүн буола-буола, ыалдьан ыксаабыт киһи ыар-ыарахан соҕустук ынчыктыырын курдук, ийэ буор сирдэрэ дэлбиритэ тоҥон, үрдүк хонуулар «лүҥ» гына, намыһах алаастар «нтир» гына хайыта бараллар эбит, уонна чуор мутуктар туоһута тоҥмуттара кулгаах төйүөҕүнэн хабырыта ыстаналлар эбит. Онон, дьон үксэ этэ тардан, оҥуоҕа хамсаан дьигиҥнэс, ходьоҥнос буолбут, бэт кыра да тыастан дьиксинэ, титирии, соһуйан өрө татакалыыр буолбут эбит.
«Һуу» Бу тугуй? Һуо, татат! Үс Саха бииһин ууһа бу биир эрэ кыһыннаах дьон буоллубут ээ?!! Аан ийэ дойдубут толомонноох ньуура, үрдүк мындаата быстар кэппитин кэбилэнэн, өлөр биппитин биттэнэн бу айылаах хайыта баран дьүһүнэ кубулуйан эрдэҕэ дии! Дьэ, туох үтүө сүбэлээххитий? Өлөр күн буолла -өрүһүйэ охсуҥ! Сүөһү-сылгы баранара буолла, - аныгы кэлэр сирэмҥэ чиччилээбит да иһин, үрүҥ сөгөлөнү көрбөккө эрэ өлөр дьон буоллубут», - диэн аймана-аймана иэһии-туоһуу күн-түүн аайы элбээн истэ.
Ону истэ-истэ, Улуу Кудаҥса обургу түүнүн кыайан утуйбат, күнүһүн кыайан олорбут буолла. Кини киһи төһө да күүстээх-уохтаахбуоллар, төһө да модун санаалаах, баламат өйдөөх буоллар, бу ахса-аана биллибэт альдьархайтан, бу үксэ-дьүүлэ көстүбэт үлүгэртэн бар дьонун, барҕам баайын Хайтах өрүһүйэрин, ханан абырыырын билбэккэ бэккэ хараастан, бэккэ тымыттан – үүт-үччү сүүлүн саҕанааҕы атыыр оҕуһу баҕана төрдүгэр умса баайан буугунатан кээспит курдук хааннаах өһөҕүнэн түҥнэри көрөн баран, үллэччи кыыһыран, буугунуу олорбут эбит.
Ол олорон эрэ, иҥиэттэ-иҥиэттэ, сүр үлүгэрдик дьэбин дьиэһийэ-дьиэһийэ, аарыма кырдьаҕастарыттан ыйытар эбит бу курдук диэн: «Кырдьаҕастаар! Оҕоньньоттоор! Бу туохтан бу айылаах тымныы буолла?»
Улуу Кудаҥса саҥатын истээт, кыра-хара норуот арыый да сэргэхсийэргэ дылы буолла: «Өлбөт сүбэбитин буллаҕына, арай кини эрэ булуоҕа», - диэн.
Аарыма кырдьаҕастара бука барылара этэллэр эбит: «Аҕа баһылыкпыат, улуу тойоммуот! Бу чолбон олус улааппытыттан, бу айылаах тымныы буолла… быйылгы кыһыҥҥа харах көрүүтүгэр, кулгаах истиитигэр бүтүн көстөр аан дойду биллэр киэбиттэн, арай, бу чолбон эрэ киэбэ уларыйда», - диэн.
Улуу Кудаҥса манны истээт, дьэ эбии дьэбин дьиэһийдэ, дьэ эбии дьөлө иҥиэтиннэ, алтан тайаҕар сүүһүнэн таҥнары өйөнөн баран туох да саҥата-иҥэтэ суох умса көрөн олордо. Ону көрөн баран, кыра-хара норуот ордук айманна, киэҥ көҕүстэрэ силээхтэ киһи үтүлүгүнээҕэр кыараата, уһун санаалара кыра-кыра кыы оҕо аһынааҕар кылгаата.
Үөлээннэһэн үөскээбит үтүө доҕотторо иннигэр кэлэн иэһэр-туоһар буоллулар: «Тоҕус үрэх тухары тоҕо ааллаан үөскээбит бүтэй туйахтаахпыт, сыспай сиэллээхпит быстара буолла, аҕыс үрэх тухары халҕаһа мууһун курдук хайа ааллаан үөскээбит аһаҕас ыыраахтаахпыт, ураа муостаахпыт эстэрэ кэллэ… Дьэ, аҕа баһылыкпыт, улуу тойоммут! Өлбөт сүбэбитин булан абыраа!! Эйигин орто туру дойдуга урааҥхай саханы өлөртөн өрүһүттэрэ, альдьархайтан араҥаччылата Одун-Хаан оҥорбута, Чыҥыс-Хаан ыйбыта, Дьылҕа-Тойон айбыта буолуоҕа! Эн абыраабатаххына, ким биһигини абырыай!» - диэн Тула өттүттэн этин-хаанын эймэнитэн, өйүн-санаатын төйүтэн бардылар. Улуу Кудаҥса дьиппинийэ сытаата, өйүн-төйүн күүрдэ сытаата. Уонна сассыарда тыҥ хатыыта саҥа аллайбытынан ойон туран, алтан тайаҕынан сири үстэ-түөртэ дьөлүтэ оҕустаҕа: «Аарт-татай, оҕолоор! Маныкайы даҕаны таба таайбакка, бар дьоммун иэппит-туоппут абабын көрбөттөөр! Маныкайы даҕаны сана булбакка, улуу баайбын тэбэппит аанайбын билбэттээр! Өлүү альдьархай тахсарыгар өй сүтэр, харах сабыллар, кулгаах бүөлэнэр диэн бу манны этэр эбиттэр ээ!» - диэн, сиргэ силлии-силлии, өрө хабырына түстэ. Онуоха бар дьоно ойон тура-тура6 – «Урууй-урууй!!! Ол иһин Хайтах, эн, абыраабат буолуоххунуй?!! Ол иһин, Хайтах эн, өлбөт сүбэбитин булбат буолуоххунуй?!!» - диэн сиргэ тиийэ сүгүрүс гыннылар.
Улуу Кудаҥса обургу үөрэн, аһын саҕатыттан бычыр-бычыр көлөһүнэ тахсан, бар дьонугар хоруйдуу турдаҕа: «Эһиги эппэтэххит, ийиэхсит эттэҕэ буоллун!» - диэн баран, Сорук Боллур уолун ыҥыттаран ылла. Онуоха атах тыаһа табыр гынна, киһи күлүгэ сүөдэс гынна. Сорук Боллур уола хайыы-үйэҕэ кэлэн сүгүрүйэн сиргэ тиийэ хаптайан эрэр эбит.
- «Дьэ, нохоо! Дьэргэс атах, элэс сүүрүк эн буоллаҕыҥ дии, - онон бэт түргэнник хана даа баар буоллаҕына Чачыгыр Таас ойууну булан аҕала тат! Тоҥорон өлөрөөйөҥүй, эһэ тэллэхтэ, бөрө суорҕанна ильдьэ бараҥҥын суулаан аҕал», - диэн этэн баран эҕирийиэн иннинэ – атах тыаһа табыр гынна, киһи күлүгэ элэс гынна. Онтон «иһиттиэҥ?» диэн көрөн баран чыпчылыйыан иннинэ – уол онно кураанах. Аан тыаһа «лип» түспутүн кулгаахтара эрэ истэн хааллаҕа.
Эрдэһит тыа ыала киэһэ күөстэрин өрүнэллэрин саҕана – дьиэ таһыгар, чигди хаарыгар ала бэлиэ атах тыаһа биирдэ-иккитэ чабыгыр гына түһээт, Сорук Боллур уол саҥата: «Ааҥҥытын аһа тардыҥ! Олбоххутун ууруҥ –ойууҥҥутун аҕаллым», - диэн өрө убайа түстэҕэ. Сорох дьон ойон туран аан аһан биэрдилэр, сорох дьон ойон тахсан ойууну икки өттүттэн өйүөн киллэрдилэр, сорох дьон арҕахтаах эһэ тириитин аҕалан олбох уран биэрдилэр.
Улуу ойуун дьүһүнэ-бодото төһө-хачча сүрдээх-кэптээх, ынырыктаах эбитий диэн көрө түспүттэрэ – үөһэ дойдуга үөгүлээбит, аллараа дойдуга аныйбыт, албан ааттаммыт, уһун сурахтаммыт аартаах Чачыгыр Таас ойууннара бара – баттаҕа маҥхайарын ааһан араҕастыйан саалыр буолбут эбит, бэйэтэ буоллаҕына бөкчөччү кырдьыбыт, кубарыччы хаппыт, тайахха тэптэрбит, уоттара умуллубут, иччилэрэ сүппүт икки хараҕын собо миинин курдук мэнээгинэн туртаччы көрөн кээспит аарыма оҕонньор эбит. Аҕыйах тылы кэпсэтэн айах туттаран баран, Улуу Кудаҥса обургу хаҥырҕастаах алтан тайаҕар тайанан иҥиэттэ-иҥиэттэ, дьэбин ойуунун тобулу көрө-көрө аргыый аҕай кэпсии-кэпсии, саҥа аалайа олорбут эбит.
- Дьэ, кырдьаҕаас. Эйигин, эһэлээтэр эһэбэр холуйаммын, аҕалаатар аҕабар ааҕаммын, үүннээх-тэһииннээх үтүө тылбын иһитиннэрэн эрэбин! Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх диэн өс хоһооно, уос номоҕо баар буолар этэ. Эн – бу Чачыгыр Таас ойуун диэн орто туру дойдуга үөскүү илик ойуун буоллаҕыҥ, онон икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх илэ бэйэтинэн, сыгыньньах илиитинэн кыайбатаҕын эн кыайыах тустааххын. Үөһээ үрдүк мэҥэ халлаан үлүскэннээх үтүөлэрин кытта үөлээннэһэн үөскээҥҥин ыар тыыннаммыт, ытык бэйэлэммит, аллараа адьарай сирин, түптүр үтүгэн дьирбин бэттэрин кытта доҕордоһон үоскээҥҥин ыарахан тылламмыт, күлүктээх дьүһүннэммит улуу ойуун диэн эн эрэ бааргын, онон үс саханы өрүһүйдэххинэ да өрүһүйүөх, айыы аймаҕын араҥаччылаатаххына да араҥаччылыах эн эрэ буолуо диэммин, көрдөһөөрү ыҥыттаран аҕаллым. Төлкө түүллээхтэр, билгэ биттээхтэр, аарыма кырдьаҕастар, улуу оҕоньньоттор бука барылара: «Бу чолбон ордук улааппытыттан аан альдьархай, үгүс үлүгэр буолла», - дииллэр. Бу уоттаах улуу тымныы түһэн, арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймаҕа, көхсүттэн тэһииннээх күн улууһа биир кыһыннаах дьон буолаары гынныбыт, ону бэйэҥ даҕаны икки кулгааххынан истэҥҥин, икки хараххынан көрөҥҥүн аһынаргар аҥаарыҥ буолан олороруҥ буолуоҕа. Арай, бу уоттаах чолбону эйигинник улуу ойуун, үмтү сыньньан, быһа кэрдэн түһэрдэр –уоттаах улуу модун тымныы муоһа тостон, уоҕа хараан, устаты муруннаах урааҥхай Саха барахсан эһиилги кэлэр күөх сирэмнэ үктэнэн киһи-сүөһү буолан, бараммат баайданыах, уостубат уйгуланыах этэ… Ону, улуу кырдьаҕас, эн туох дии саныыгын? – диэн чин-чиҥник эппитэ үһү.
Ону истээт, Чачыгыр Таас ойуун, сиһин этин таттаран, ходьох гына түһэн баран: «Киэр-киэр!.. Иньньэ диэмэ… Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх тылласпат тылын тылластыҥ, саҥарбат саҥатын саҥардыҥ – бу чолбон былыр былыргыттан, киэҥ халлаан оҥоһуллуоҕуттан, аан дойду айыллыаҕыттан ыла баппахтаах сатыы маҕан халлааҥҥа, туллубат тутааҕа буолан, ананан айыллыбыт улуу сулус буолар, ону ол хас киһи – үөн-көйүүр курдук үөскээбит сылгыта-сүөһүтэ өллөҕүн аайы – аан дойду аналлаах быһыытын альдьаттара, киэҥ халлаан киэбин уларыттара, уоран, талан улуу сулуһу кэрдэрэ – сир уйбат, халлаан ылбат улуу айыыта диэн буолуохтаах… Хараҥа айыылаах, халыҥ буруйдаах тылы тыллаһыма!» - диэн саба сапсыйа олорбут.
Улуу Кудаҥса обургу онтон тохтуох киһи буолуо дуо, эбии саны-саныы саҥара олорбут эбит: «Кырдьаҕаас! Киһи этэр тылын ситэ истибэккэ эрэ сэмэлээн бардыҥ ээ, ити киҥкиниир киэҥ халлаан килбиэннээх киэҥ өрөһөтүн урсуннаах уу дьулайыгар бу уоттаах улуу чолбон дьөлө хатанан үөскээбэтэҕэ эбитэ буоллар – бу орто туру курбуу-дьаҕыл дойдуга кырыа-хаһыҥ, кырымах хаар түспэккэ, кыһына суох саман сайын саргыланыах этэ… Оччоҕо бар дьоммут, кылгас сайыммыт куотуо диэннэр, улуу кыһын умса охсуо диэннэр, билиҥҥи курдук түүнүн утуйбакка, күнүһүн олорбокко умса-төннө түһэллэрэ, ыы-дьаар сыттаналлара, ырҕа-дьарҕа эттэнэллэрэ, токуччу тоҥоллоро, хатыччы хаталлара тохтуох, уурайыах этэ, бастар бараммат, кэстэр кэхтибэт кэтит кэскил дэри-дэлэгэй тэлгэниэх этэ.
Өлбөт өрөгөйдөнөн, кэхтибэт кэскиллэнэн, самныбат саргыланан үс Саха үөскүөх этэ, түөрт Саха төрүөх этэ… Дьэ, кырдьаҕас! Онон кыһанан көр, үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылбын сиргэ-бөххө быраҕыма… Эйигинник улуу ойуун санаатын уурдар эрэ – чолбону тоҕо кыайан кэппэт буолуоҕай!» - диэн көрдөһө олорбута эбитэ үһү.
Онуоха ойууна: «Кэбис! Улуу Тойонуом, ити тылы тыллаһыма, бэрт сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа… Айыы-кэйии! Иньньэ диэмэ… Үөһээҥи айыы аймахтара, күн өркөн улуустара бука барылара хоргутан, хомойон, урааҥхай сахаттан киэр хайыһыахтара. Уоттаах халлаан улуу уураахтарын быһыытынан буоллаҕына, бэйэҕиттэн ааһан бэдэргиттэн иэстиэхтэрэ, бэдэргиттэн ааһан тубуткуттан иэстиэхтэрэ», - диэн, төһө даа куттаннар-куойдар, буолуммакка, кылыгырыччы илгистэн кэбистэҕэ…
Улуу Кудаҥса обургу, уолуктаабыт улар курдук уордайан, өтөс гына түстэ уонна, хана-сиинэ хамсаан, хараҕа уоттанан, көмүс аалыытын курдук көҕөрбөхтөөтө, тимир аалыытын курдук дьэбидийдэ, хатааһын чолбон курдук тырымнаата.
Ыгылла-ыгыллаа ыҕарыйан кэллэ: «Айыы аймахтара антах хайыһыахтара буола-буола... Айыы хаан аймах¬тара, күн өркөн улуустара, эн эттэххинэ, буор куттаах, салгын тыыннаах урааҥхай саха норуота, амырыыннаах альдьархайтан арахсан, айылгылаах олоххо олороннор үөрэн-көтөн, дьүһүн кубулуйан, күлүм аллайан, айыы аймаҕын аатырдалларын, күн улууһун үрдэтэллэрин, туора көрөн, буруйдуу олорууһуктар дии? Орто туруу дойду олоҕо уларыйбакка-тэлэрийбэккэ, ыйаах хоту ба¬ран иһэр буоллаҕына, тoҕo, ойуун-удаҕан буолаҥҥыт биһигини буулуугут, тoҕo аан дойдуну сабардыыгыт?! Эһигинэ да суох ыйаах хоту олорууһу эбитэ инибит... Түөт харахтаах хара түөкүн, мин тылбын ааньньа ахты-мына, ылыммакка олорбуккун, хата, мөкүбүн көрдөрөн, үтүөнэн ылымматаххын куһаҕанынан ылыннараайабын! Мин эйиигин, кырдьыга даҕаны соруйбут сорукпун төттөрү этиттэрээри, үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылбын сиргэ-буорга бырахтараары ыҥыртарбатаҕым... Чолбону кэттэргин да кэттэриэм, кэппэтэргин да кэттэриэм... Мас курдук, булгуччу кыыраргын-кыырбаккын биллэр! Сылтах була-була, эҥин араас буолбуккун, хата, ноһуораҕын көннөрөөйомүй, тараах иэннээйэмий!»— диэн баран, баадас гына ойон тура эккирээн, хаҥас илиитигэр хаҥырҕастаах тайаҕын ыараҥнатта, yҥa илиитинэн алтан көкөҕө ыйаанан турар үс салаалаах айыы-далбар-куо кымньыытын кылыгыраппытынан сулбу охсон ылла уонна, уоттааҕынан умса көрөн, буугунуу-буугунуу, туохтан даа толлубат, кимтэн даа кэхтибэт дьүдьү бараан дьүһүннэнэн, Чачыгыр Таас ойууҥҥа сулбу хааман кэллэ. Маны көрөн баран, Чачыгыр Таас ойуун төһө даа аартаах, төһө да улуу ойуун буолбутун иһин куттанан-куойан, этэ саласта, куйахата күүрдэ... Улуу Кудаҥса обургу соруннар эрэ кэннинэн кэхтибэтин, иннинэн чугуйбатын урук даа истэрин быһыытынан, батан кэбистэхпинэ, ойоҕоһум быыһынан чиккэйэн турар сиһим үөһэ көстүөр диэри, хайҕахтаах хара быарым быгыалыар диэри ибили таһыйыах бэйэтэ буолуоҕа диэн сүрэҕэ нүөлүйэн, эт этэ барыта, мууһунан хаарыйбыт курдук, дьар гына тустэ.
Чачыгыр Таас ойуун уолуйан caҥa аллайда: «Уой, тойоком! Тохтоо-болҕой! Уорда намырый! Урукку күннэргэ уһун суолгун оймообут айыым cyoҕa, ааспыт дьылларга кэтит суолгун кэспит буруйум cyoҕa — бырастыы гын! Кыайбатарбын даа, кыайдарбын даа кыыран көрүүм... Буруйдаах-сэмэлээх буоллаҕына миэхэ буолбатын, эйиэхэ буоллун»,— диэн өрө yһyyтyy олорбута эбитэ үһү.
Онуоха Улуу Кудаҥса обургу арыыйда уорда намырыйан, оронугар тиийэн, лик гына олоро түһэн баран: «Буоллар даа буоллун! Буруйтан-сэмэттэн куттанаары эйиигин ыҥыттарбатаҕым»,— диэн, дьэ, эбии дьэбин дьиэһийдэ, дьэ, эбии тыйыс дьүһүннэннэ.
Дьиэ иһигэр барык-сарык буолуутугар Чачыгыр Таас ойуун уҥуохтара босхо барбыта уурайан, эттэрэ саласпыта тохтоон, өйүн-төйүн булунан: «Түннүктэргитин сабыҥ, үөлэскитин бүөлээҥ! Киириини-тахсыыны ууратыҥ, илин өттүбүн быһа хаамаайаҕыт, айанныыр аартыкпын, уһун суолбун туора кэһэн оймуур буолаайаҕыт!.. Аан дойду аналын, улуу халлаан оҥоһуутун уоран, талаан уларытаары оҥостон эрэбит, онон дьиэ таЬыгар чолбону көрө тахсар буолаайаҕыт, эһиги хараххытынан көрүө-суохтар көрүөхтэрэ, эһиги кулгааххытынан истиэ суохтар истиэхтэрэ... Оччоҕо уоруйахпыт тутуллан, буруйбут көстөн, санаабыт санаабыт туолуо cyoҕa, сыльдьыбыт сырыыбыт табыллыа cyoҕa, сииккэ сиэлиэхпит, хаарга-хаамыахпыт»,— диэн кэриэһин этэн, кэбиринэн баран олоҕор олордоҕо.
Аан тыаһа либиргээтэ, үөлэс бүөлэннэ, түннүк сабылынна, киирии-тахсыы элбээтэ, онно сибигинэс, манна сабыгынас буолла, күлүк улаатта, хараҥа барыйда. Хоргус, куттаҕас өттүлэрэ улаҕа диэки түстүлэр, хоодуот-хоһуун өттүлэрэ холумтан чугаһыгар олордулар. Убайа турар ohox уотун, умуруоран баран күлүнэн көмөн, таптайан кэбистилэр, имик-симик, им-ньим буолла. Убайа турар уот курдук, уот кугас хагдаҥ эһэ тыстаах, баттахтаах тириитин аҕалан, ohox иннигэр ойууҥҥа олбох ууран биэрдилэр. Элэйэн-элэйэн киил буолбут муос сугэни ойуун кыаһааныгар солбуйа баайан кэбистилэр. Кү¬лүк барыҥнаата, имик-симик, уоруку-суоруку буолла.
Ол кэнниттэн Чачыгыр Таас ойуун үс төгүл аат харата эрэ дүҥүрүн охсон дэгэльдьитэн дуугунатта уонна, торҕон бөрө улуйан эрэрин курдук, иһин тугэҕиттэн бэт дириҥник дьөлө дьиэһийэн, иҥсэлээх соҕустук дьааһыйталаан ылла.
Утуйан баран уһуктан эрэр курдук, кыра кыратык үдүк-бүдүк туойбахтаан аал уотун, алаһа дьиэтин, аан ийэ дойдутун кытта бырастыылаһан, алҕаан онолутта. Ол кэнниттэн бар дьон эттэрэ салаһыар, куйахалара күүрүөр диэри кэп туонан кэмириннэ, орто туруу дойдуттан уларыйан, хахайдаах ханыйа хаан сиритгэн арахсан, өксөкүлээх үрдүк мэҥийэ халлаан өрөһөтө дуо диэн ыамах-чыамах эккирээн, кыыран, илгистэн киллэрэн бардаҕа...
Хобото хоҥкунаата, чуораана чугдаарда, күҥэһэтэ күүгүнээтэ, бытырыыһа дьиримнээтэ, дүҥүрэ дүрбүйдэ, иһин түгэҕиттэн өрө мэҥийбэхтээн дириҥ-дириҥник, иҥсэлээх-иҥсэлээхтик этэн-тыынан, илбис тойугун туойан өрө битийдэ.
Көмүллүбүт ohox уотуттан биир эмэ чох уота күөдүйэн, сирэлийэн тахсан, сып-сытыытык чолбоодус гыннаҕына, баар дьон бука барылара Чачыгыр Таас ойууну өрө көрө түһэр эбиттэр...
Ол көрдөхтөрүнэ, кырдьык даҕаны ыраах дойдуга„ тымныы сиргэ тахсан эрэр эбит быһыылаах — сирэйэ, туртаччы тоҥмут курдук, кубарыйан хаалбыт, уостара көҕөрөн хаалбыттар, xaaha, баттаҕа кырыа буолбуттар... Илгиһиннэҕин аайы хааһыттан, аһыттан, дүҥүрүттэн, былаайаҕыттан, кыаһааныттан, бытырыыһыттан дьиэ иһигэр илэ чахчы кырыа хаар сабыта ыһыахтыы турар эбит.
Ойууннарын саҥата улам-улам иччилэнэн-иҥэссийэн, ыараан-дириҥээн испит, собо миинин курдук, иччитэ суоҕунан туртаччы көрбүт харахтара уоттанан, хайа да эдэр-имигэс киһи кыайан үтүктүбэт үҥкүүтүн үҥкүүлээн, битиитин битийэн, имэҥнээхтик эккирээбит эбит.
Унаара-кэнээрэ биллибэт уһун аартыгы арыйбыт„ айаннаан-айаннаан, дьон көнчөйө көһүйбүттэрин кэннэ, ананан барбыт сиригэр тиийэн, кэлбит соругун кэпсээн, алҕаан-алҕаан баран, муос сүгэтин сулбу охсон ылан„ бастыҥ үһүө туһунан кураанах сиргэ, мээнэ «һук!», «һук!» дии-дии, тааһы тааһынан чабырҕатан эрэр кур¬дук охсуолаан чабырҕатан барбыт.
Ол чабырҕаттаҕын аайы чохуур уотун курдук күөх уоттар таҥнары ыһыахтанан, сардырҕаччы саккыраабыт эбиттэр. Хаар ыһыахтаммыт, муус күрдүргээбит, уот күлүмнээбит.
Маны көрөн баран куттамсах, хоргус өттүлэрэ быардарынан сыылан ohox төрдүгэр түһэн, харахтарын быһа симэ-симэ, уһуутуу сыппыттар. Хоодуот-хоһуун өттүлэрэ, өттүктэринэн сыылан, хаҥас диэки баран, куучалаһан олорбуттар. Киһи тыынара киһиэхэ иһиллэр буолбут.
Ойууннара бу курдук бэт өргө диэри, кутаа уотунан кырбаһан, кырыа хаарынан ыһыахтанан, ирим-дьирим эккирээн, ыамах-чыамах ойон, кыыран, өрө дьэһийэ турбут эбит. Дьон маҥнайгы кутталлара aahaн сибис-сабыс сибигинэһэн, ботур-итир кэпсэтэн барбыттар эбит.
«Уо! Күтүр өстөөх кутаа уотунан илгистэн кыыра турара Toҕo бaҕac сүрүккэтэй! Toҕo бaҕac суоһай, суодалай! Киһи куттаныах, киһи этэ салаһыах, киһи куйахата күүрүөх кыырдаҕа тоҕо амырыынай!»— диэн сөрү диэн сехпуттэр, бэри диэн бэккиһээбиттэр...
Кутталларын yoҕa aahaн арыыйда сэргэхсийээт, туох эрэ илбискэ этиппит курдук, туох эрэ дьайга ылларбыт курдук, бука бары баар дьон санаалара диэн буолбут эбит — «чолбон хайдах эрэ буолан эрэр буолла? Чолбону көрбүт киһи хайдах эрэ буолар этэ?!!» — диэн... Ол күнтэн бу күҥҥэ диэри туой буойуулаах өттө ордук тардыылаах, ордук мэҥиэлээх буолар эбит. Дьон санаата чолбон буолла, сүрэх тэбиитэ, эт кычыгыланыыта, өй түмүллүүтэ — барыта чолбон буолла...
Биир эдэр дьахтар баара — эчи киниэхэ эрэ бары сүрэх тэбиитэ, бары эт кычыгыланыыта, бары санаа түмүл¬лүүтэ барыта түмсүбүтүн курдук — бука диэн тэһийбэтэ, бука диэн тулуйбата, сордонно, олоро сытаата, тэһитэ астарда, уҥуох уҥуохтара барыта кычыгыланан кыйыттан бардылар, улам-улам сыылан хотоҥҥо киирдэ, онтон, үөмэн-үөмэн, саах эһэр түннүккэ тиийэн, тыын быһаҕаһынан тыынан иһиллии-иһиллии, уоран өҥөйөн көрдө. Ол көрбүтэ, дьэ, доҕоор, чолбон күөх, кыһыл кутаа уоту¬нан өрө кырбаһан эрэр эбит... Муос сүгэ дьиэ иһигэр чабырҕаатаҕын аайы, чолбон саддырҕаччы кутаа уоту¬нан ыһыахтана турар эбит.
Бу дьахтар көрөрүн аҕай кытта, Чачыгыр Таас ойуун муос сүгэтинэн сыыһа охсон, холоруктаабытынан кэлэн, олоро түстэҕэ… Хаһыытаабытынан туран, үстэ-түөттэ охсон көрдө даа, барытыгар сыыһа охсон истэ, тыас тыаһа чабырҕаабата, күөх уот күлүмнээбэтэ, кырыа хаар кыыдамнаабата.
Кэмсинии бөҕөнү кэмсинэн, кыраныы бөҕөнү кыранан иэйэн-туойан, ытаан-соҥоон аан ийэ дойдутугар, куран-дьаҕыл сиригэр төттөрү түһэр алгыһын алҕанан, олбоҕор кэлэн олоро түһэн баран: «Уо, абам-сүптүм эбит! Бу хаарга хаамтахпын, бу сииккэ сиэллэхпин!
Уһун баттахтаахтар, уураанай маҕан сирэйдээхтэр бу айылаах аан альдьархайга тэптэхтэриэн! Аан дойду айыллыбыт быһыытын альдьатаары гыммыт, уоран, талаан уларытаары гыммыт сырыыбыт сытаммата. Yc саханы үксэтиэх, түөт саханы төрөтүөх эдэр дьахтар-хараҕынан көрүө суохтар көрдүлэр, билиэ суохтар биллилэр, онон төттөрү үүрэрин үүрдүлэр даа улуу мөккүөр-уот сиэмэтэ олохсуйда быһыылаах, бэдэрбитигэр тиийэ бэт быльдьаһыыта, тубуппутугар тиийэ олох тупсарыыга, омуллубат уот буолан, күөдүйэригэр тиийдэ быһыы¬лаах...» — диэн caҥa аллайбыта эбитэ үhү.
Ойуун иньньэ диэн бүтэрин аҕай кытта дьиэ иһинээҕи дьон бука барылара, сэлэттэн тахсыбыт сылгы үөрүн-курдук, дьиэ таһыгар ойон тахсан, чолбону көрүү буолла. Ол көрдөхтөрүнэ уоттаах улуу чолбон үс гыммыттан иккитэ холобурдаах үмтү сыньньыллан, туспа үргэл сулус буолан турар эбит. Онтон ыла үргэллээх чолбон аалсыстахтарына, улаххан тымныы буолар буолбут эбит.
Улуу Кудаҥса чолбону үмтү сыстарбытыттан ыла, улуу тымныы муоһа тостон, yoҕa хараан, cүөhү, сылгы өлүүтэ тохтообут, ытаһыы-coҥohyy ааһан барбыт. Yөpүү-көтүү 6өҕө улааппыт, дьон номоҕо буолбут эбит: «Бу Улуу Кудаҥса баар эбит дьиҥ Одун-Хаантан оҥоһуллубут, Чыҥыс-Хаантан ыйыллыбыт, Дьылҕа-Тойонтон анаммыт орто туруу дойдуга улуу баһылыкпыт! Yc caxa өлөр, охтор анала суох эбит. Урааҥхай саханы өрүһүйдэҕинэ өрүһүйүөх, абыраатаҕына абырыах арай Улуу Кудаҥса баар эбит»,— диэн бар дьон бука барылара олус таптыыр, олус ытыгылыыр буолбут эбиттэр.
ИККИС ТӨГҮЛЭ
Иэгэльдьийэр икки атахтаах, бугульдьуйар босхо сүһүөхтээх ураанхай саха барахсан өргөстөөҕүнэн өрө көрөн таһаардаҕына,— aҕыс дьарҕаалаах арылык дьэргэн кустугунан курдаммыт, күлүм-чаҕыл күнүнэн саба көрөн сандаарбыт, сандал маҕан халлаан тула сабырыйбыт туой буор ньуурдаах, кыһыл кумах кырдайдаах, сытар хайа сындыыстаах, буор хайа модьоҕолоох Саха сирэ барахсан, төһө да хотугу муус-кудулу байҕал дьүкээгир уотунан өрө уһуутаан, холоруктаах муус-сата тыынынан саба эппэҥнээбитин иһин, уолан бараммат уйгуланан, кэхтэн бараммат кэскиллэнэн, үс саханы: үтүмэхтээбит эбит, түөт саханы төрүттээбит эбит.
Үтүө дьыллар кэллэхтэринэ үс үөстээх Өлүөнэ өрүс эбэ хотун өрө бидилийэрин курдук, улуу модуҥ тымныы кэнниттэн урааҥхай саха барахсан кэхтэ түспүт кэскилэ, уола түспүт уйгута, барана түспүт баайа аҕыйах сыл иһигэр ордук элбээн дибилийдэ, иититтэн-саҕатыттан тахсыах курдук, нahaa кутуллубут тэриэккэлээх мииннии таскыльдьыйда, ыаҕастаах уулуу бысхальдьыйда.
Улуу Кудаҥса обургу сүүһүнэн ааҕыллар сүөһүтэ, үөрүнэн биллэр сылгыта уруккутунааҕар уон төгүл элбээтэ, олоҥхоһут курдук обуннаахтык эттэххэ, хара ыарҕа дуу диэн көрбүтүм хара сүүрүгэ буолла, үрүҥ ыарҕа дуу диэн санаабытым үрүҥ сүүрүгэ буолла. Ийэтин yyha элбэх дьоннонно, үгүс норуоттанна, хараҥа элбэх баай-данна.
Киҥкиниир киэҥ халлаан киэбин киэргэтэн үөскээбит уоттаах улуу чолбону күүс өттүнэн үнтү сыстаран ypaaҥxaй саханы yhyн үйэлээн, уостубат уйгулаан, кэхтибэт кэскиллээн, үтүө ааттанан, үрдүк сурахтанан Улуу Кудаҥса обургу уоттаах хараҕынан, суостаах сирэйинэн хайа да диэки хайыстаҕына, кини бэйэлээҕи ким уоттаах хараҕынан утары көрөн, уһун суолун оймуу ооньньуоҕай! Кини бэйэлээх ньиргиэрдээх атаҕынан хайа да диэ¬ки уһун чүөмчүтүн чүөмчүлээтэҕинэ, хайа далга баппатах далаҕа, хайа дьиэҕэ баппатах дьэллик кини киһи кэтит суолун кэһиэҕэй! Улуу Кудаҥса «ыык» диэбитэ ыралаах курдук буолла, «ээк» диэбитэ эмтээх курдук буолла, «дьэ» диэбитэ дьиктилээх курдук буолла, тугу эппитин толорон иһэр буоллулар. Бар дьоно Улуу Кудаҥсаны олус маанылаатылар, кини киһи албан аатынан аламай маҕан күнү сабардыырга холуйдулар, улуу сураҕынан тунал маҕан ыйы күлүктүүргэ аахтылар, күлүктээхтик көрдүлэр, сүдүтүк санаатылар.
Улуу Кудаҥса обургу ол аайы күн-түүн модун санаата улаатан истэ, алыс сананна, ордук тутунна, үөһэни-алларааны үтүлүгүн иһигэр үмүрү тутуох курдук буолла.
«Иэгэйэр икки атахтаах эрэйин-буруйун аччатарга, ypaaҥxaй саха дьолун-соргутун элбэтэргэ, сору-муҥу суох гынарга, ынчыгы-кырыыһы суох гынарга, сатаныах буоллавына үөһээ киҥкиниир киэҥ халлаан киэбин да уларытар, аллараа адьарай сирин — үс күлэр ньүгэн үтүгэни түҥнэри да эргитэр, орто туруу дойду да олоҕун уларытар сөптөөх буолсу. Мин ити аан дойду айылгытын киэргэлэ буолан тырымнаабыт улуу уот чолбону үмтү кэттэрдим да — буруйданыахтааҕар, албан аатым улаатта, бар дьонум баайа-талата элбээтэ, учугэйи оҥорору, үтүөнү тэрийэри айыы да аймахтара, абааһы да биистэрэ атыҥырыы көрбөттөр эбит, Ол иһин хайтах даа үтүөнү oҥopopro сэт-сэмэ, аньыы-хара баар буолуон сатаммат этэ... Ойууттар эрэйдээхтэр, кылгас өйдөөх, куттaҕac сүрэхтээх буоланнар, дириҥник көрбөккө, сыыһа-халты сыаналыыр эбиттэр»,— диэн саныыр буолла.
Дьэ, бу курдук Улуу Кудаҥса обургу аҥардастыы аатыран, соҕотохтуу cypaҕыран, күн анныгар, сир үрдүгэр киниэххэ тэҥнээх ким даа суоҕун курдук көстөн өр дуу, өтөр дуу олорбутун кэннэ, ахсаана биллибэт альдьархай, үксэ-дьүүлэ көстүбэт үлүгэр, өлүү-сүтүү буолла.
Ыалтан ыалы матарбакка, киһиттэн киһини ордорбокко үөһээ дойду өлүүтэ диэн сүрдээх күүстээх дьаҥ турбут. Истэр сурах туххары киһи өлбөтөх ыала диэн суох буолбут, сорох-сорох ыаллар имири быстаннар алаha дьиэлэрэ сабыллыбыт, аал уоттара умуллубут, уһун буруолара быстыбыт, үөлэстэрэ бүөлэммит, дьиэлэрин түөт муннуктара чаҥкыйа кырыарбыттар...
Истэр туххары иэһии-туонуу элбээбит, ытаһыы-coҥoһyy үксээбит, көрөр туххары өлүү-сүтүү сүрдэммит, ынчык-кырыыс алыстаабыт, эр дьон өттө: «Хотун ойохпуттан, көрөр харахтарбыттан, көтөр кынаттарбыттан, кэннибэр хаалыахтара диэбит кэрэ ыччаттарбыттан маттым, уһун буруом быһынна, алаһа дьиэм кураанахтанна»,— диэн аймаммыттар. Дьахтар өттө: «Тойон эрбиттэн, көмүс сымыыттарбыттан маттым. Көрө көтүттүм, көстө сүтэрдим, ньээкэ уйам кураанахтанна... ыый-ыыйбын, аай-аайбын!», - диэн убаҕас хааннаах уйадыйар, ahaҕac эттээх айманар аһыыта буолла. Дириҥ ынчыктаах, ыар ыйааһыннаах хааннаах харах уута тоҕунна.
Бу ахса-аана биллибэт аан альдьархайтан абыраатаҕына абырыах, бу үксэ-дьүүлэ биллибэт үлүгэртэн өрүһүйдэҕинэ өрүһүйүөх, бу хааннаах хаарыан сахха харыһыйдаҕына да харыһыйыах Улуу Кудаҥсаттан ураты ким баар буолуой?!! Өрүһүттэрэ үөрэммиччэ, харыһыттара сыльдьыбычча Улуу Кудаҥcaҕa кэлэннэр этэ-хаана эймэньийиэр диэри, өйө-санаата төйүөр диэри иэһии-туоһуу, аартаһыы-көрдөһүү, үҥүү-сүтүү буолбут.
«Улуу тойоммут, aҕa баһылыкпыт! Биһигини аһынарга, абырыырга ананан айыллыбытыҥ буолуо, урут даа аһынар, араҥаччылыыр этиҥ, урут даа умса түстэхпитинэ сүүспүтүттэн өрө тардарыҥ аһын-абыраа! Yc саханы өрүһүйэргэ үөрэммитиҥ, түөт саханы төрүттүүргэ төлкөлөммүтүн бэл диэтэр, аан дойду киэргэлэ буолбут уоттаах улуу чолбону кэттэрэн өрүһүйбүтүҥ. Эн үөһээ халлаан өлүүтүн кыайбатаххына, ким кинини кыайан биһигини абырыаҕай?.. Бар дьоҥҥун күн сырдыгыттан матарыма, ийэ буор сиргиттэн тэскилэтимэ, аһын-абы¬раа. Уһун буруобут быстаары гынна, алаһа дьиэбит кураанахтанаары гынна»,— диэн эймэнитэн бардылар.
Түүллээх-биттээх түһүү сатаабыттар — туох даа абыраллаах көрүүнү көрбөтөхтөр, ойуун-удаҕан кыыра са¬таабыттар — туох даа көмөлтөнү биэрбэтэхтэр... өлүү-сүтүү ол аайы сэтзрээбит курдук кууһурбут.
Уруу-билэ дьоно Улуу Кудаҥсаны атаҕын кууһан олорон эрэ хаанынан ытаабыттар: «Эн аһыммыккаҕын бу айыылаах буолан эрэбит. Биир тылгын төттөрү эппиппит баараа? Туохтан хоргутан, туохтан хомойон килбиэннээх сирэйгин киэр туттун, уоттаах хараххын умса көрдүҥ? Абаккабыт оҕотоо! Аһын даа, абыраа даа!» — диэн ыксаппыттар.
Улуу Кудаҥса обургу уһун санаата татыарыйбыт, киһи эрэ буоллар киэн көхсө кыараабыт, модун санаата мөлтөөбүт. Түүн утуйбат, күнүс аһыыр аһын аһаабат буолла... Ириҥэ мэйиитэ иириэр диэри илби сыньньыллынна, балаҕадыйан барда. Киис тириитэ нуокайдаах дьабакка чомпойун саба тардынан икки хараҕын сабынна, икки кулгааҕын бүөлэннэ, хаҥырҕастаах алтан тайаҕap сүүһүттэн умса тайанна уонна өр буола-буола yhyyтаан кэбиһэ олордо...
«Хайтах абырыамый? Бар дьонум өлөн баранаары гынна ээ, хайтах абырыыбын? Хайтах абырыыбын?!! Ити курдук буолуо дуо?!! Ол курдук буолуо дуу?!!» — диэн түһээбит киһи курдук үлүгүнэйэ олорор буолла. Ыыс-apaҕac хаана-сиинэ, кубарыйан баран, көҕөрө өллө, килбэльдьигэс ыыс-хара баттаҕа кыырыктыйан маҥхайан хаалла, ыар санааҕа ылларда, ньуһэр өлүүгэ түбэстэ...
Ол курдук бэт эрэйи эрэйдэнэн, улуу муҥу көрөн, түҥ-таҥ, тиэрэ-маара буккуйан, араастык ырытан баран — икки атахтаах yohax мэйиитигэр санаабатах санаатын санаата, өйдүөбэтэх өйүн өйдүөтэ, дьиибэни тэриннэ, дьиктини сананна.
«Бу дьаҥы оҥойор айахтаах бука барыта, бу өлүүнү чоройор тыллаах бука барыта — үөһээ дойду дьаҥа, уоттаах халлаан өлүүтэ дииллэр ээ, онон буоллаҕына, бу орто туру дьаҕыл дойду дьоллоох дьонун кутун-сүрүн үөһээ халлаан абааһылара түһэннэр уоран-талаан барар буоланнар, бу бар дьонум өлөн быстан эрдэхтэрэ дии?! Арай, бу абааһылары санааларын маньньыттар, илбистэрин сымнаттар — ypaaҥxaй саха өлөрө-сүтэрэ тохтуо этэ... Кыра маньньаҕа кудуктара туолара буоллар — бу дьаҥы хайа даа ойуун хайыы-а5ай бохсуруйбут, үөһээ төттөрү үтэйбит буолуо этэ... Кыранан аттаммат, ааньньанан арахсыбат, туппуттарын төлөрүппэт, ытырбыттарын ыһыктыбат. күтүрдэр буолаары гыннылар быһыылаах... Онон, арай, мин бу орто дойду улуу баһылыга ааттаах киһи — ити үөһээ үлүскэннээх халлааҥҥа илиэһэй бииһигэр баһылык буолбут, килбэйэн көстөр муус тэлгэһэлээх, томтойон көстөр муус суорук уоруктаах, илбистээх кырыа-дьаҥха тыыннаах, бэлэһин төрдүгэр бэс кытыйа саҕа сиикэй бэргэ урдаах, уолуйан уһуктар Улуутуйар Улуу Суорун тойону кытта уруурҕастахпына сөп буолсу... Ама урууларын сиэхтэрэ дуо? Tөһө да абааһыларын иһин — ханнык даа буоллар бука бары туох эмэ ыллыктаах дьон буоллахтара! Кыыһын уолбар ойох киллэттэрэн, уолугар кыыспын ойох таһааттаран, арай, мин кинилэри кытта урууластахпына сөп буолсу, 6aҕap санаалара маньньыйдаҕына, уруургуу санааннар, кэнники кэлэр дьылларга бар дьоммун, урааҥхай саханы сиэбэт-аһаабат буолуохтара»,— диэн маны хайаатар даҕаны толорорго сананна.
Улуу Кудаҥса обургу дьабакка бэргэһэтин өрө аньньан сэгэс гыннарда уонна уһуутаабытынан ойон турда, хаҥырҕастаах алтан тайаҕынан сири дьөлө охсон баран: «Биитэр өлүөхпүт, биитэр тиллиэхпит, син биир... ыйаах биллин... Оҥоруу биллин... Нохоо! Сорук Боллур уолуом, Чачыгар Таас ойууну, ханна даа баар буоллаҕына, этэн баран эҕирийиэх иннинэ, көрөн баран чыпчылыйыах иннинэ бэт түргэнник аҕала оҕус!» — диэн өрө көлдьүөрдэҕэ. Киһи саҥата: «Ээх, иһиттиэм!» — диэтэ, оҕоньньор иннигэр кэлэн сиргэ тиийэ сүгүрүйэн хорус гыммыта көһүннэ, онтон уол күлүгэ биирдэ элэс гынна, аан тыаһа «тап» гынан хааллаҕа.
Чачыгыр Таас ойуун Аммаҕа ааттаах Кутуйах баайга хонон олордоҕуна, Улуу Кудаҥса Сорук Боллур уола аан аһыллан баран сабыллыан иннинэ дьиэлээхтэргэ кэ¬лэн сүгүрүйбүтэ көһүннэ уонна ойуун иннигэр кэлэн дьэргэс гына түһээт: «Улуу тойоммут, aҕa баһылыкпыт Улуу Кудаҥса ыҥыттарар, көрөн баран чыпчылыйыах иннинэ, этэн баран эҕирийиэх иннинэ аҕала тат диэбитэ... Дьэ бара охсуох!» — диэтэҕэ. Чачыгыр Таас ойуун уолуйбут курдук caҥa аллайа тустэҕэ: «Оo, ол иһин даа бэт куһаҕан битим таппыта, бэт кyhaҕaн түүлү түһээбитим. Ыччакабын даа, этим саластаҕыан, абытайбын даа, куйахам күүрдэҕиэн»,— диэн баран бөкүнүйэн туран таҥныбытынан бардаҕа.
Халлаан сырдыыта тыҥа хайдыаҕынан, тыын быстыаныҕан Улуу Кудаҥса чэлгиэннээх тусаһатыгар, аараҕай алаһатыгар тиийэн кэлбиттэригэр дьиэл тэлэйэннэр, аан аһаннар, олбох уураннар, ойууну өйүөн киллэрэн ороҥҥо бөкөччү олордон баран, айах туттулар.
Улуу Кудаҥса обургу кэтэҕэриин оронугар, олорон эрэ: «Кырдьаҕаас! Дьэ, эн илэ-бааччы аллараа дойдуттан адьарай ааттаахтарын өрө көбүөхтэтэн таһаарар, илэ чахчы үөһээ дойдуттан илиэһэй дьирбиттэрин таҥнары үөмэлэһиннэрэн туһэрэр ыар тыыннаах, ыарахан тыллаах, иччилээх тойуктаах, илбистээх саҥалаах ойуун улуута, ытык кырдьаҕас буоллаҕыҥ дии...
Бу саха киһи көрөр сатыы маҕан халлаанын coҕypyy диэкки өттүгэр, тоҕус соххор холлорук таҥнары ытыллыбыт мэнэгэйдээх бэлэһигэр, суксуллар куолайыгар, суураллар aйaҕap, дьуоҕардар куттаҕар олохтоох, үөһээ үөтүүлээх илиэһэй бииһин yyһyrap — Улуутуйар Улуу Суорун оҕоньньор диэн үрдүк баһылыктаах, aҕa тойонноох сурахтаахтара. Мин даҕаны бу орто туруу дойдуга бастыҥ баһылыктара, улуу тойонноро буоллаҕым дии, онон мин эйиигин суорумньу уол оҥорон, уолбар кыра кыыһын ойох кэпсэтэн, кыыспын кыра уолугар ойох биэрэн киир диэн соруйаары ыҥыттаран олоробун»,—диэн тыл эттэҕэ.
Онуоха Чачыгыр Таас ойуун соһуйан, истибэтэҕин истэн, билбэтэҕин билэн, үөһүн таттарда, сугун курдугунан күөҕүнэн чолбоодуччу көрөн кэбистэ.
— Кэбис, кэбис! Киэр! Киэр! Иньньэ-маньньа диэмэ, айыыны-кэйиини айахтатыма, өлүүнү-сүтүүнү үһүттэримэ... Саха икки абааһы икки, кулгаах истэринэн, өй билэринэн, харах көрөрүнэн урууласпыттара-тарыыласпыттара cyoҕa. Тыый, иньньэ эрэ диэмэ, сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа,— диэн, этин таттара-таттара, аккаастанан кылыгыраччы илгистэн кэбистэ.
— Сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа диэбит буола-буола...
Уоттаах улуу чолбону үмтү кэттэрэрбэр эмиэ иньньэ диэбитиҥ даа, хата, онтон ыла улуу тымныы түспэт буолбута, уйгу-быйан улааппыта, кэрэ кэскил элбээбитэ... Мин бу орто туруу дьаҕыл дойду бар дьонун олоҕун тупсараары, уу-дугуй сүһүөхтээх ypaaҥxaй саханы үөһээ үөтүүлээх халлаан өлүүтүттэн быыһаары гыммытым сэттээх-сэмэлээх буолсу дии?!! Хата од Улуутуйар Улуу Суорун тойону кытта.уруурҕастахпына, кинилэр төһө даа абааһыларын иһин урууларын-хааннарын сиэхтэрэ cyoҕa. Оччоҕо иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх урааҥхай саха барахсан дэри-дэлэгэй тэнийэн, үксээн-элбээн, халыҥ омук буолан, хайа даа омуктан кыаттаран хараҥа хааннара тохтуо суох этэ. Көрбөккүөн — урааҥхай саха быстах өлүүгэ от курдук охсуллан эрэрин,— диэн улам-улам Улуу Кудаҥса обургу уордайыах курдук буолан барда.
Чачыгыр Таас ойуун ол аайы дьулахаччыйан этэ салаһан барда, куйахата күүрэн дырдырҕаччы кэйиэлээтэ: «Оо, эчикийэ, дьэ, билбэтим... дьэ, өйдүөбэтим — итинник эрэ, атын эрэ... Ол үөһэ дойду үлүскэннээхтэрин улуу-моҕой уот тыыннарын иринэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. Арах-арах, өлөр өспүт эрэ... быстар быабыт эрэ»,— диэн сүр баҕайытык дьиксиннэ, уу испит сылгы курдук титирии-дьигиһийэ олордоҕо...
«Ону мин өйдүөбэт-билбэт үһүбүн дуу? Хайа, мин даҕаны тэбэр сүрэхтзэх, ыальдьар эттээх киһибин дии... Хара быарым хайҕахтара буолбут, тойон болуо сүрэҕим нохтоолоро, көрдөр харахтарым дьүккэтин, көтүрдэр тиистэрим билэтин — уоллаах кыыспын аһыммат, харыһыйбат үһүбүн дуо?!! Ол даа аһыйдарбын, төһө да таптаатарбын — бар дьоммун ордороммун, урааҥхай сахабын көмүскүөммүн, уолбун-кыыспын толук туттар буол-баппыан?!! Ох курдук оҥостон олоробун, биир даа тылы утары этитиэм cyoҕa, мас курдук булгуччу кыыраргын-кыырбаккын биллэр!!! Бу аан альдьархайга үтүөнэн кыырбатаххына — мөкүбүнэн кыырдарыам»,— диэн ба¬ран Улуу Кудаҥса обургу хаҥас илиитигэр алтан тайаҕын туппутунан, уҥуо илиитигэр үс салаалаах айыы-далбар-куо кымньыытын көхөттөн төлө охсон ылан, уоттааҕынан умса көрөн, ыадас гына ойон турдаҕа.
— Оо, тохтоо-болҕой! Уорда намырый! Улуу тойонум, aҕa баһылыгым, кыыһырыма, абарыма... Дьэ, кэбис, буоллар даа буоллун, кыыран даа көрүүм, сэтэ-сэмэтэ бэйэҕэр буолуоҕа... Ол дойду ыраах аххан дойду буолуоҕa, кирис эттээх, табытал силиилээх киһи эрэ тиийэр си¬рэ буолуоҕа... Онон сэтиньньи ый сэттис киэһэтигэр диэри аҥардас көтөр-сүүрэр сүмэтин силиитинэн аһатаҥҥын, кытарах биэ кымыһынан утахтааҥҥын силиибин хойуннарыҥ, эппин куурдан-хатаран, симэһинин иҥэрэн дьиппинитэн кулуҥ,— диэн ойууннара уҥуохтара хамсаан бабыгырыы олордоҕо. Улуу Кудаҥса обургу үөрдэ намырыйан, буугунаабытынан оронугар баран «лис» гына олоро түстэ.
Сэтиньньи ый сэттис киэһэтигэр диэри Чачыгар Таас ойууну аҥардас көтөр-сүүрэр сүмэтин охсоннор силии¬тинэн аһаттылар, кытарах биэ кымыһынан утахтаатылар, ойууннара килэччи уойда. Кэтэспит санааларыгар күн-дьыл уһун даа буолар эбит, элбэх киһи эһиннэ, үгүс киһи өллө.
Сэтиньньи ый сэттис киэһэтигэр, больдьохтоох кэмнэригэр, ойуун ыйыытынан-кэрдиитинэн дьон тобоҕо тахсаннар бастыҥ түннүк туһунан аар баҕаҕы астылар, унаар саламаны таттылар. Ол кэнниттэн чокуруос ха-рахтаах, сиикэй тыҥаны туора уоппут курдук кыһыл мэдьдьэҥ тумустаах, хоккульдьуйар хоольдьугар дылы хаччаҕай маҕаас, түөт атаҕа хатыҥ төҥүргэһин курдук кылбараҥ маҥан тыстаах, үс сиринэн быанан быһа баайбыт курдук туос элэмэс дьүһүннээх, тoҕyc хаардаах атыыр сылгыны аҕалан аар баҕахха умса баайан кэбистилэр. Ол кэнниттэн ойуун кыылларын, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин, мас эмэгэттэрин аҕалан астылар. Дьиэ иһигэр киирэннэр аал уоттарын кыламныы эрэ сытар гына күлүнэн көмөн кэбистилэр. Тыстаах-баттахтаах уот-кугас сырҕан эһэ тириитин аҕалан уот иннигэр олбох уурдулар. Ойууннарын, икки өттүттэн өйүөн-убаан аҕалан олбоҕор олордон биэрдилэр, таҥаһын кэтэттилэр, түөлбэ күөл caҕa дүҥүрүн биэрдилэр, былаайаҕын туттардылар.
Дьиэ иһэ имик-самык, им-ньим буолла. Xapaҥa-ба рык күүрдэ, сүөдэс күлүк улаатта, уот төлөнө күл быыһынан кылам гыннаҕын аайы дьон сирэйэ кытар гынан aaһap, ол кэнниттэн хараҥа барык өмүрүс гына түһэр өлүү-сөдүк күлүк улаатан дьэргэс гына түһэр, дьиэ сэбэ сэбиргэлэ ол аайы дьүһүн кубулуйан көстөр, иччилэммит курдук буолар, үрдээн-намтаан, илбис илэ сүөдэҥнээбитин курдук сарбаҥнаан-дьэрбэҥнээн ааһар.
Чачыгыр Таас ойуун торҕон бөрө улуйан эрэрин кур¬дук сүр иҥсэлээхтик дьөлө дьааһыйан дьиэһиттэ, ол кэнниттэн утуйа-утуйа уһуктан эрэр киһи курдук улам-улам улаатыннаран, бэт дириҥник иһин түгэҕиттэн эппэҥнэтэн, өрө мэҥитэн аал уотун, алаһа дьиэтин, аан ийэ дойдутун алҕаан онолутта.
Дьон этэ атыйыаҕынан, куйахата күүрүөҕүнэн кэп туонан кэмириннэ. олорор дьон уҥуохтара кыйыаҕынан, сүрэхтэрэ ньүөлүйбэхтээн, систэрин этэ тымныйбахтыы кэдэҥниэҕинэн үһүүрэн чыскыһытта.
Бу кэнниттэн кэннигэр кэтэспиттэрин, иннигэр манаспыттарын, санныгар сүкпүттэрин, oйoҕoһyrap кыҥаспыттарын, түөһүгэр көтөхпүттэрин — көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин ыҥыран куба-лахсыыр, куналы-дьэллик тойугу туойан кульдьурҕатан-хальдьырҕатан барда. Онтон ойуун олоҕуттан туран уҥуо түннүк диэки ытыһын тоһуйан үс төгүл хоруотаан куҥкунаппытыгар — аар 6agaxxa баайыллан турар туос элэмэс атыыр сылгы, быатын быһа охсон кэлэн бастыҥ түннүгүнэн баһын хоольдьугар диэри батары уган туран, барылаччы тыбыырда, ол кэн¬ниттэн таҥнары бүгүйэхтээбитинэн барда.
Бу кэнниттэн Чачыгыр Таас ойуун бары мустубут үөрдэрин-абааһыларын атыырыгар иҥэрэн, атыырын кутун-сүрүн, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин иннигэр үүрэн-түрүйэн, кыйдаан-хайдаан, сайдаан-саттаан орто аан дойдуттан арахсан, үөһээ үлүскэннээх халлаан үрдүгэр көтөҕүллэр алгыһын алҕаан, алтан эмэгэт кэҕэ кыыл дэбдиргэлээх, кэмэрдээх Кээхтийэ Хотун аартык иччититтэн көрдөһөн, кэнийэн-таныйан айаннаабытынан бардаҕа. Илбиһирбит курдук эккирээтэ, хомуһуннурбут кур¬дук хоккулунна, хоботун тыаһа хоҥкунаата, чуораанын тыаһа чукдаарда, кыаһаанын тыаһа кыыгынаата, күҥэһэтин тыаһа күүгүнээтэ, дүҥүрүн тыаһа лүҥкүнээтэ, былаайаҕа дьэргэйдэ.
Чачыгыр Таас ойуун хахайдаах ханыйа-хаан сириттэн халбарыйан, өксөкүлээх үрдүк мэҥэ халлаан үрдэ дуо диэн өрө үөгүлээн, coҕypyy соххор-холорук халлаан сордоох дьураатыгар, суксуллар бэлэһигэр, суураллар айаҕар, дьулуһуйар кyттаҕар дьиэрэтэ дьиэһийэн, дуората туойан, эккирээн-битийэн, хоккуллан-ытыллан, ыамах-чыамах ойон истэҕэ.
Yhүc олоххо тиийэн баран ильдьэ тахсыбыт үөрдэрин-
абааһыларын, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин, бука бары уолах тиит быһаҕаһын саҕа уот-моҕой тыыннаахтарын, хаардаах харыйа саҕа сатара-моҕой санаалаахтарын, былас ордуга түөс аҥаара куоҕал-дьиэкэл моонньулаахтарын, сэттэ былас сиикэй тыймыыт тыллаахтарын, хааннаах айахтаахтарын, эт бэргэ харахтаахтарын, илбистээх эмэгэттэрин — бука барыларын үүртэлээн дьүһүйдэ, ыыталаан кэбистэ.
Kөҕөн эттээхтэрин, күүс быччыҥнаахтарын, лыҥкыныыр иҥиирдээхтэрин, хачыгырыыр уҥуохтаахтарын, уоттаах харахтаахтарын, урааньньыктаах сирэйдээхтэрин, уһуктаах тумустаахтарын, даарда буурайдарын кэннигэр кэбиһэн — дьэ соҕотох бэйэтэ үс түүннээх күнү мэльдьи уйаара-кэйээрэ биллибэт уһун-синьньигэс сир устун айаннаан улуйа туойда, ыамах-чыамах ойдо.
Айантан алларыйан, сырыыттан сылайан, куодаһыннаах эттэнэн, кураанах уҥуохтанан, силиитэ уулан, симэһинэ баранан, сордонон-сордонон, сыккырыыр эрэ тыына хаалан Улуутуйар Улуу Суорун тойон муус кулады тэлгэһэтигэр, тимир-наҥнал уорааннаах yopaҕaйыгар нэһиилэ кэлэн быарынан сыыллаҕа. «Барҕа маньньалаах, ыар ындыылаах, төп төргүүлээх, лөкө бэриктээх, тoҕyc сүргүөхтээх луо-балык үктэллээх, өлүү биил-балыга тирэхтээх, үөһээ дойду суксуллар бэлэһинэн өрө кэнийэ ооньньообут, аллараа дойду, дьөлөрү үтүгэн дьүккүльдьүйэр куолаҕынан таҥнары ньахсааттыы оонь¬ньообут, илбис дьигистэй, уот курбастай Чачыгыр Таас ойуун диэн уолгут эрэйдээх кэлэммин чэлгиэннээх тусаһаҕытыгар ситии саламаны сириэдиттим, суордаах судьу баҕахха солбуйдум, аар бaҕaxxa баайдым. Бэттэх-бэттэх буолан, мичис тыныҥ! Ыстыыргытыгар ыылаах, сииргитигэр симэһиннээх, хабаргытыгар хаһалаах, көрдөххүтүнэ үөрэр тоҕус сиринэн туос элэмэс, бaһыpҕacтaax атахтаах, хаччаҕай маҕаас сирэйдээх, өлүү чокуруос харахтаах, сиикэй тыҥа курдук кыһыл мэдьдьэҥ тумустаах тоҕус хаардаах атыыр сылгыны аҕалан тоҕус мооньньохтоох куоҕай баҕахха тумул саҕа туора баайдым... Aaр баҕахха арбаатым, улуу баҕахха уһуйдум, ытык кэрэххэ ытыардым, түлэһи кэрэххэ дьүһүйдүм... Бэттэх-бэттэх буолан, тордохтоох ньуургут уоттаах толонун көрдөрүөххүтүн төһөтө-хаччата буоллаҕай?!! Аллараа дойду айаҕыттан, аат биттэҕиттэн, орто туруу дойдуттан тoҕo бачча ордук уолуһуйан, ийэ буоруттан иэйэн-туойан уолбут эрэйдээх кэллэ буолла диэтэргит — муҥурун булларбатах муур-таар бэйэкэлээх орто туруу дойду бастыҥ баһылыга буолбут, барамматах баайдаах, үтүрүөбэтэх өнөрдөөх, көҕүрүөбэтэх күскэмнээх, кэхтибэтэх кэскиллээх, уостубатах уйгулаах Улуу Кудаҥса тойонтон, киһи кинээһиттэн, саха саарыттан суорумньу уол буолан кэлэн турабын... Кыра кыыскытын уолугар ойох, кыра уолгутун кыыһыгар эр кэпсэтиннэрэ ыытта... Дьэ, ону үтүө бэйэлээхтэр, үрдүк сололоохтор тугу дииргитин иһитиннэрэ охсуҥ», - диэтэҕэ.
Онуоха баара буоллаҕына оҥольдьуйар уолугун үүтүттэн умса ытылла олорор уот оҕурук айахтаах, хантайар муос хабарҕатыгар бэс кытыйа саҕа сиикэй эт бэргэ мэҥнээх, хайа хайдыбытын курдук хаспахтаах харахтаах, сыыр быстыбытын курдук сылларыта сытыйбыт сымыһахтаах Улуутуйар Улуу Суорун оҕоньньор, тимир бэкидээл бэйэтэ ахпа курдук амаан-дьамаан ахпас гына түһэн, ардахтаах сэттэ күөх дьэбин тиистэрэ атыгыр гынан аастылар. Тордохтоох тимир дьиэһин сирэйэ ньолос гына түстэ уонна куорааннаах хаан-далай ытыһынан бэккиһээн өттүгүн охсунна. Сөхтөҕө буолан киэр хайыһан баран, айаҕын аҥар илиитинэн саба тутунна, аҥар илиитинэн саба сапсыйда: «Ээ, улуу күтүөр, иньньэ диэмэ! Киэр! Киэр! Хайа сахха саҥарыллыбыт саҥаны саҥара тураҕын? Ол охтон баранар мастаах, уолан симэлийэр уулаах, орто туруу-дьаҕыл дойдуга үөскээбит, сиик-туман тыыннаах, иэдьэгэй эттээх, ириҥэ мэйиилээх урааҥхай саха барахсан биһиги диэтэх дьон уоттаах улуу мoҕoй тыыммытын хайтах кыайан тулуйуоҕай?!! Киэр-киэр»,— диэн кылыгыраччы илгистэн кэбистэҕэ.
— Дьэ, мин даҕаны иньньэ диэн көрбүтүм да, чиккэйэн турар сиһим үөһүн быһа тардыах, xaйҕахтaax xaра быарым икки ойоҕоспунан быгыалыар диэри тараах иэнниэх, тыыммын иһиллээн өлөрүөх буолбутуттан бу кэлэн ытыы-сонуу, иэйэ-туойа турабын, былыр-былыргыттан, эдэр эрдэхпиттэн эһиги эрэ иннигитигэр диэммин иэримэ дьиэлэммэтэҕим, иитэр сүөһүнү күрүөлээбэтэҕим, төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөҕүм, кэнтиккититэр кэнийбитим, аартыккытыгар арбаабытым, кэннибэр сиэтэммин, иннибэр үүрэммин, көхсүбэр сүгэммнн, түөспэр көтөҕөммүн хоой хостуурдаах, төргүү сүөрэрдээх буолан кэллэхпинэ, ойуун уолбут эрэйдээх кэллэ эбээт диэҥҥит айхаллыыр этигит буолбаат?!! Өлөр-хаалар күммэр сүүспүттэн өйүөх буоларгыт, хааннаах хараҕым уутугар суунаммын ытаан-соҥоон, иэйэн-туойан, бу айылаах буолан кэлбиппин киэр хайыһымаҥ, ыар тылбын, ытык көрдөһүүбүн сиргэ-буорга быраҕымаҥ!
Кураанах киирдэрбин эрэ хара сирэйдээн, халта ойоҕостоон, куппун-сүрбүн тоҕон, тыыммын иһллиэҕэ өлөттөрө ооньньуоҕа... Орто туруу дойдуттан, урааҥхай сахаттан бу Улуу Кудаҥса обургу алыс аатырда, ордук сураҕырда, албан аатын ааттаан, суон сураҕын суолаан үөлэһин үүтүнэн өҥөйөн көрүөххүтүн төһө-хачча буолуоҕай?!! — диэн Чачыгыр Таас ойуун иэйиккээн иэйиитин иэйдэ, туойуккаан туойуутун туойда, үс бараа хара күлүктэригэр үҥэн сүөдэльдьийдэ, ааттаһан-көрдөһөн алҕаан тамылыйда.
Онуоха буоллаҕына аһыам-сиэм этэ диэбит Улуу Суорун оҕоньньор уот-буурай аймахтара, үөһээ дойду үлүскэннээхтэрэ былас ордуга түөс аҥаара дьүкэл хара мооньньуларын онно-манна куоҕаҥнатан бараннар, куолайдарын куллурҕатан, таҥалайдарын чаҥырҕатан, сэттэ былас холобурдаах уот-моҕой тылларынан санныларын саланан саллырҕатан кэбистилэр. Ымсыылара ыксатта соллоҥноро сордоото, идэмэрдэрэ иэнигийдэ... Ойуун диэки көрөбүт диэн адьас атын сиргэ харахтарын-уота сытыы сындыыс курдук субуруҥнаата. Кыыһа кыдьараҥнаата, уола суудайда.
«Барыахха да барыахха, сөбүлээ да сөбүлээ!» — диэн Улуутуйар Улуу Суорун оҕоньньору сүүс өттүттэн суралыы олордулар. Соҕуруу соххор-холлорук халлаан аҕыс хараҕалаах хааннаах дьайыҥыттан тоҕус уон тоҕус тиһиликтээх уот оҕурук быанан тоҕус уон тоҕус улуу ойууну огуурдаан аҕалан тордохтоох ньуурун иннигэр тoҕо-хоро аньньан биэрдэххэ — кулахайа хараабатах, кудуга туолбатах, күлүк өттүгэр күрүөлээх, xaҥac өттүгэр хаһаалаах, хаан салын олбохтоох Хотун Хуохтуйа обургу оҕоньньорун диэки иэҕэл-куоҕал туттан, иһил-таһыл хамнаан, хатан-хатаннык чаҥыргыы олорбут: «Ээ, ээ, киириэххэ даҕаны! Бэйэтин билинэн ыҥырда эни», - диэн уоһун-тииһин чуубур гына соттубут. Улуутуйар Улуу Суорун овҕньньор: «Эчи-эчи! Оннук эни!» — диэн кэтэмэҕэйдээн-кэтэмэҕэйдээн баран:—«Ээ чэ, буоллар даа буоллун — бэйэтин билинэн ыҥырда эни? Тохсуньньу ый тохсус киэһээтигэр киириэхпит, ону билинэн, бэлэмнэнэн олордун»,— диэн уордайан ордоотуу олордоҕо.
Чачыгыр Таас ойуун, соругун толорон үөрэн-көтөн махтана турдаҕа: «Үөһээ дойду үтүөлэрэ, үрдүк сололоохторо саймарыын сырыым кэриис тылын ылынныгыт, ууга-уокка бырахпакка үрүҥ тыыммын өрүһүйдүгүт, ол иһин улуу бэйэлээхтэр, уот-буурайдар ама хайдах тылгытыгар турбат буолуоххутуй?!! Туох эмэ бэлиэтэ кулуҥ, ол Улуу Кудаҥса обургу кураанах тылбын итэҕэйиэ суоҕа, сирэйбин буордуоҕа, харахпын хаардыаҕа, тыыммын иһиллиэҕэ. Оо, абам-сүптүм эбит, аны мин иккиһин эргийбэт кэриэс сырыым буолла! Тордохтоох ньуургутун, уоттаах сырайгытын, суостаах бэйэҕитин манна тахсан көрөрүм биллибэт»,—диэн ыйманыйа турдаҕа.
Онуоха бу улуу күтүрдэр тордохтоох ньуурдара алтан аалыытын курдук үдьэбидис гына түстэ, уоттаах тимир долонукса сурэхтэрэ аһынан итии болгуо курдук сылыйбахтаан ылла уонна caҥa аллайдахтара; «Һээн! Уолбут эрэйдээх сөпкө даа этэр ээ! Бу эрэйдээххэ туох эмэ бэлиэтэ биэриэххэ, кырдьыга даҕаны Улуу Кудаҥса обургу кураанах тылы итэҕэйбэт киһи буолуоҕа... Бу Улуу Кудаҥса алыс даа аатырда, ордук да сураҕырда! Чэ, бэйэ, биһиги даҕаны киниэхэ сөптөөх, ыар ыалдьыктар, ньүһэр хоноһолор буоларбыт буолуо»,— дэһистэхтэрэ. Онуоха Улуутуйар Улуу Суорун оҕоньньор уоллаах кыыһын атыырдарыттан аҕыстыы кырыылаах, тоҕус сиринэн туос ала, токуруччу туттахха чиккэччи тэбэ сыльдьар икки кылы бэрдэрдэ, киирэр бэлиэбит бу диэн.
Чачыгыр Таас ойуун, дьэ үөрэн-көтөн, кылларын алҕаан баран, үс төгүл эринэн солбуйа баанан үлүскэннээх халлаан үрдүттэн төрүөбүт ийэ-буор сиригэр, ахтылҕаннаах аан ийэ дойдутугар кыыран-чыҥыйан, эккирээн-битийэн түһэн кэлэн, Улуу Кудаҥса обургуга биэрбит бэлиэлэрин биэрбитэ үһү.
Онно мустан олорор дьон бука барылара бэри бэккиһээн, сөрү cөҕөн, дьулу дьулайан: «Оо, аны маннык улуу ойуун үөскээбэтэр үчүгэй этэ!» — диэн саҥа аллайбыттар үһү.
YҺYС ТӨГҮЛЭ
Үлүскэннээх үрдүк мэҥэ халлаан үөтүүлээх үрдүгэр үөскээбит, үөмэн тиийбэт үрдүк ааттаахтара кэмнээбит кэмнэригэр диэри — бу тардыалаатахха дьаккыльдьыйбат, кэбиэлээтэххэ кэйбэльдьийбэт кэтит Сибиир кэтэҕэр; үөскээбит Улуу Кудаҥса обургу тохсуньньу ый тохсус киэһэтигэр диэри айыы-абааһы икки урууга-тарыыга аһыыр астарын дэри-дэлэгэй буоллар курдук диэн, күннэри-түүннэри бэлэмнэттэ.
Сүүһүнэн сүөһүнү-сылгыны сүүрдэ сыльдьан сүүстэрин оҕустарда, сүньньүлэрин астарда, уҥуо диэкки улааны умсардылар, coҕypyy диэки суру сууллардылар, хаҥас диэки халыҥ xaha хаччыланна, илин диэки суон саал мохсуоланна, халыҥ тирии хайынна, уһун унуох урусхалланна, толоон-алаас омооно көстүбэт гына туман оргуйда, онон-манан сыа сыта сабыта биэрдэ.
Үөһээ дойду үтүөлэригэр эньньэ ситии биэрэн туттарга сөптөөх дьүһүннээх сылгы cүөһү атыыр өттүн булан бөрүөттүү буолла.
Улуу Кудаҥса обургу ыраах ыалларын ыҥыттарда, чугас ыалларын мустарда аймах-билэ дьоннорун аҕалтарда, үксэ-дьүүлэ биллибэт үгүс норуот кэллэ, ахса-аана биллибэт халыҥ хамаанда мунньуһунна.
Кини бэйэлээх ыҥыттарбытын кэннэ кэлбэт буолуохтара дуо! Tөһө даа куттанналлар-куойдаллар, төһө даа эттэрэ салаһан, куйахалара күүрэн куттаммыттарын иһин, кэллилэр. Урааҥхай саха барахсан арҕаһыттан тэһииннээх күн өркөн ууһуттан күрэнэн кэлэн, бу хотугу муус кудулу байҕал улуу хорук тымыра буолбут үс үөстээх, үллэр долгуннаах Өлүөнэ өрүс эбэ хотун улуу хочотун хонноҕор-быттыгар саһан үөскүөҕүттэн ыла, бy маннык элбэх норуоту, бу маннык балым тэримтэни, бу маннык баараҕай баайы икки харахпынан көрүөм диэн, икки кулгаахпынан истиэм диэн биирдэ даҕаны биттэммэтэх эбит. Ол куддук барҕа баай хамнаабыт, баараҕай малааһын тэриллибит, ол курдук дэлэгэй элбэх киһи муньньустубут, көрбүт эрэ сөрү диэн сөхпүт, истибит эрэ бэри диэн бэккиһээбит, билбит эрэ дьулу диэн дьулайбыт. Ол тухары Улуу Кудаҥса обургу аатырыан да аатырбыт, сураҕырыан да сураҕырбыт эбит диэн сөҕүү-махтайыы буолбут.
Тохсуньньу ый тохсус күнүгэр күн ортотуттан ыла мас баһа күлүгүрэн барда. Соҕуруу суоду маҕан халлаан анныттан кэнтик-муҥсук сыттар сабыта охсон түстүлэр — күн киэһэрэн истэҕин аайы сыт-сымар ордук ыараабыт, дьиэ-уот, сэп-сэбиргэл ордук күлүгүрэн барыйбыт. Мустубут дьон бука барылара куттананнар уҥуохтара кыйыттан, эттэрэ салаһан, төбүрүөннэһэ-төбүрүүнэһэ, дьиэ аайы симсибиттэр, нал аайы xopҕoйбуттар.
Чачыгыр Таас ойууй кыырар кыаһааннаах таҥаһын таҥнан, дэгдэли-куйах дүҥүрүн ылан уот иннигэр олбоххо олорон эрэ, дьиэ бүтэй былаайаҕынан чарапчылан эргим-ургум көрө олорбут. Бу курдук олорбохтоон баран дүҥүрүн үс төгүл охсон лүҥкүнэттэ уонна: «Түҥүрэттэргит-ходоҕойдоргут, ыҥырыылаах ыальдьыттаргыт, ньүһэр хоноһолоргут, суорумньулаах дьонноргут кэллилэр. Дьиэллэ тэлэйиҥ, аанна аһыҥ, тэһииннэ тутуҥ! Диэрэ-дэпсэтэ быраҕыҥ, олбохто yypyҥ!» — диэн caҥa аллайда, дьиэлээхтэр тэҥнэһиэхтэрэ кэлиэ дуо — дьиэлэрин тэлэйэн, ааннарын аһан көрө түспүттэрэ: алтан солуур түгэҕин курдук кыһыл-дьэбидик ый тахсыбыт, орто туруу дойду хаардаах, туналы маҕан ньуура хаанынан сууммут курдук, барык-сарык кытара сырдаабыт, аан дойду тыатын маһын күлүгэ улаатан дьүөкэҥнэс буолбут. Толоону-сыһыыны, алааһы-тыаны тобус-толору, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн курдук, эҥин араас кыталык-элэмэс, хоҥор-кутас аттаах дьон барыҥнас гына түспүттэр.
Дьиэ ааныгар күлүктэр көстөн сүөдэс-барыс ойдулар, онтон бэт ыарахан, бэт сытыган сыттар дьиэ иһигэр сабыта оҕустулар. Ол кэнниттэн икки харах уота көҕөрбүтүнэн субуруйан киирэн хаппаччы ааныгар дьөлө иҥэн хаалла, икки харах уота саккыраабытынан киирэн уол сытар биллэригин түгэҕэр дьөлө сүөдүйэн хаалла.
Дьон үксэ «hyy-hyy» дэһэ-дэһэ, киһи кэннигэр, дьиэ муннугар, хотон түгэҕэр түстүлэр.
Улуу Кудаҥса уруутугар үөрүү-көтүү суох буолла, дьон үксэ уһуутуу-уһуутуу көҕөрө уҥан-таалан олордулар, уйан өттүлэрэ иэһэ-туоһа түстүлэр, өйдөнөөт-төйдөнөөт ньиччэҕэй эттээх, уу субай хааннаах тулуйбатынан айманыы буолла. «Бу мустубут абааһыларгын киэр гын, хольдьох, урааҥхай саханы биир күннээх оҥорума! Абыраа-аһын!» — диэн Улуу Кудаҥсаны эймэниппитинэн бардылар.
Кудаҥса обургу дьиппинийэ-дьиппинийэ тулуйа сытаата, кыайан тулуйбата, ойуунугар эттэ: «Сытаныах курдук буоллаҕына, үөһээ төттөрү үтэйэн көр эрэ!».
Чачыгыр Таас ойуун, иһиттиэм-истибэтиэм диэххэ айылаах, хап-сабар дүҥүрүн иккитэ-үстэ охсон лүҥкүнүттэ, ол кэнниттэн чиҥ-чиҥник, ыар-ыардык тыл этэн, алгыс алҕаан, тойук
туойан иҥсэлитэн барда: «Аар-татай, оҕолор... бу охтон баранар мастаах, бу уолан симэлийэр уулаах орто туруу курбуу дьаҕыл дойду үөмэр өрөһөтүн өнөр күскэнигэр уостар күүгэн курдук үллэ; үөскээбит сиик-туман тыыннаах, иэдьэгэй эттээх, ириҥэ мэйиилээх ypaaҥxaй саха барахсан ол иһин хайа кэбинэн-тобунан үөһээ үөтүүлээх үрдүк мэҥийэ халлаан үлүскэннээх үтүөлэрин, үрдүк ааттаахтарын, уһун сурахтаахтарын, улуу бэйэлээхтэр, уот буурайдар уот моҕой уһун тыыннарын, улуу-сүдү чысхааннаах салгыннарын кыайан тулуйан уйуо баарай эбитэ, оҕолоор! Улуу моҕой тыыҥҥытын, уот чысхаан салгыҥҥытын кыайан тулуйбат күннэрэ буолла, сыккытын чэпчэтин күлүккүтүн чарааһатыҥ! Уонна тоҕо бачча элбэх түҥүрү-ходоҕойу киллэрдигит (маннык элбэх дьон киириэхтэрэ диэн кэпсэтии cyoҕa)? Yc дойду үрдүнэн ааппыт альдьанара буолла, сурахпыт сууллара кэллэ — бачча элбэх дьону аһатар ас тэриллибэтэҕэ, бачча элбэх дьону хоннорор тэримтэ тэриллибэтэҕэ. Ypүҥ ыт үөҕүүтэ, эриэн ыт элэгэ, хара ыт хаадьыта, дьэ, буолаары гынна — бу үөһээ дойду баһылыга Улуутуйар Улуу Суорун тойон-дьоно ымсыылара бэт буолан бачча элбэх кэлбиттэр диэн, бу орто дойду баһылыга Улуу Кудаҥса обургу киһиргэһэ бэт буолан элбэх дьону ыҥыран баран кыайан аһаппата диэн. Онон
улахан саат-суут буолаары гынна, ол барыта эһигиттэн буолуоҕа,— саат-суут чарааһына, элэк-хаадьы аҕыйаҕына арай бэт түргэнник төннөргүт сөп буолсу, улуу бэйэлээхтэр уллуҥаххыт хараардын, баскыт саллайдын, атаххыт суптуйдун, үөһээ дойдугутугар, үтэйдэҕим буоллун! Доом эрэ доом», — диэн өрө үтэйбит, алҕаан дьөлө дьиэһийбит.
Окси-ньни, оҕолоор! Икки даа атахтаахха илэ чахча иччилээх тыллаах, илбистээх тойуктаах киһи төрүөн-үөскээн баар буолар эбит! Чачыгыр Таас ойуун домноон бүтэрин аҕай кытта — бии харааннааҕы ыам бырдаҕын курдук элбэх хара барык күлүктээх, ыар тыыннаах, ыараххан сыттаах үөһээ дойду үлүһүйэр үлүскэннээхтэрэ, абааһы аймаҕа имил-ньимил буоланнар, суугунаһан- сааҕынаһан, үөһээ халлааҥҥа кус-хаас тойугун туойаннар, куба лахсыыр тылын тыллаһаннар төттөрү көтөннөр, күлүк аччаата, сыт намтаата.
Coҕypyy соххор-холлорук халлаан бэргэһэ быатын саҕа мэнэгэйдээхтэрэ, сутуруо быатын саҕа соллоҥноохторо, туттаран туран балыырдаахтара, көрдөрөн туран мэльдьэхтээхтэрэ баралларын аҕай кытта, дьон үксэ саҥардыы өйүн булунан үөрбүтэ биллиэн иннинэ, кэҥээбит дьон быһыытынан өрө тыынан эрдэхтэринэ, Улуу Кудаҥса обургу дьаалы уоллаах кыыс оҕолоро иҥиир ситиилэрин таттаран чиччигинэһэ, икки алаархай уу мунаар харахтарын көмүскэлэрин түгэҕинэн тиэрэ-маары, түҥнэритэ эргичиҥнэтэннэр өҥүргэһинэн өрө көрөн кэбистилэр. Икки дьабадьыларыттан симэһиннээх үрүҥ күүгэн өрө оргуйан баакынан таҕыста. Ол кэнниттэн сотору соҕус буолан баран уоллаах кыыс таттарбытынан өлөн тыылыы тэбэн кэбистилэр.
Онуоха Улуу Кудаһса обургу хаана хамсыа баара дуо! Сирэйиттэн биир тымыр тардан ибир гыммата, хата бара буоллаҕына, үөрэн caҥa аллайа түстэҕэ: «Өйдүөбүт өй, санаабыт санаа! Ити аата үлүскэннээх хал¬лаан үтүөлэрэ, альдьархайдаах халлаан аартаахтара, оҕолорбун сирбэккэ, куттарын-сүрдэрин ильдьэ бардахтара дии! Аны мантан антах айыы хаан аймаҕа, күн улууһа, устаты муруннаах, утары сирэйдээх урааҥхай саха барахсан үөһээ дойду өлүү-дьаҥар охтон өлүө суоҕа, өлөр кэмигэр өлүөҕэ, уһун үйэлэниэ, элбэх саастаныа, киһи-сүөһү элбиэ.
Дьэ, бу аата буолар өрөгөй үрдээбитэ, саргы-дьаалы улааппыта диэн... Уруй! Уруй-туску!» — диэн үс киис тириитэ өллүргэлээх, үрдүк нуоҕай бэргэһэтинэн өрө талбаатаан уруйдуу турбут эбит. Улуу Кудаҥса обургу уруйдаан бүтэрин аҕай кытта хотон иһигэр cүөһү үөһүн таттаран бэт улахан орулаһыы буолла, бэт ыарахан ынчык иһиллэн өрө тиҥиргээтэ.
Улэһит дьахталлар тиэри-маары тэбинэн сыссан киирэн көрбүттэрэ — хотон иччитэ буолбут ынахтара, тиэргэн иччитэ буолбут оҕустара, ураа муостаахтарын баар суох күлүктээх өттүлэрэ, томороон сүөһүлэрэ тылларын таһааран туора быраҕан, айахтарыттан хааннаах үрүҥ күүгэн үллэн —сорохторо өлөн түөт атахтарын адаарыччы тэбэн дыгдаһан сыталлар эбит, сорохторо өлөөрү харахтарын өҥүргэһинэн көрөн, көбүөхтүү-көбүөхтүү тиҥиргэччи ынчыктаан, атахтарын адаарытан эрэр эбиттэр. Дьахталлар барахсаттар маны көрөөт сүрэхтэрэ ыальдьан, сүрдэрэ хамсаан ытаспытынан төттөрү сыссан таҕыстылар. Дьахталлар саҥардыы ohox кэннигэр кэлэн эрдэхтэринэ — дьиэ таһыттан сылгыһыт уолаттар сыссан киирэннэр, Улуу Куданҥса иннигэр атах салҕа буолан, тыҥа быһаҕас буолан, эппэҥнии-бөтүөхтүү мэҥильльиһэ турбуттар эбит.
— Оо, дьэ, аан альдьархай эбит! Дьэ, иин илъдьиркэй эбит! Хаарыан сылгыларбыт! Алаас аайы атыырбыт бастыҥа, сыһыы аайы сылгыбыт үтүөтэ, толоон аайы биэбит талыыта умса түһэн эрэллэр... Хаарыан атыырдарбыт! Хаарыан биэлэрбит! Һyy! Бу туох үлүгэригэр түбэстэхпитий! — диэн ытаһа-ытаһа, харахтарын уутун сылгы тыһа үтүлүктэринэн туора-маары соттон көбүөхтэһэ турдулар.
Ураа муостаах, сыспай сиэллээх аһыыта саҥардыы намтаан эрдэҕинэ үһүc үлүгэр буолла — эр дьон тадыылара, дьахтар дьон бастыҥнара, Кудаҥса дьонун талар үтүөлэрэ өлөн барбыттар, сорох дьоно, үөстээбит сүөһү курдук, иҥиир-ситиилэрин таттаран, харахтарын дьүккэтинэн түҥнэри көрөн баччыгыныы-баччыгыныы өллүлэр, сорох дьоно көхсүлэрин хаанынан саба тыбыыран тыыннара хааттаран бохторо-бохторо, сүр баҕайытык өрүтэ харбыалаһан, тарбачыһа-тарбачыһа үөгүлээбитинэн өллүлэр.
Улуу Кудаҥса дьиэтигэр урукку өттүгэр дьол-соргу
уйаламмыта, үөрүү-көтүү иитиллибитэ. Билиҥҥитэ буоллаҕына ahaҕac эттээх, тэбэр сүрэхтээх, yйaҕac куттаах кыайан олорбот аймааһына-альдьархайа, иэһиитэ-туоһуута буолла. Урукку өттүгэр — улуу баһылыкпыт, аҕа тойоммут Улуу Кудаҥса ол курдук абыраабыта, бу курдук абыраата дэһэр этилэр, билиҥҥитэ буоллаҕына — «бу Кудаҥса сиэтэ-аһаата, бу Кудаҥса адьарай aйaҕap аньньан биэрдэ»,— диэн бар дьоно хааннааҕынан ьггаатылар, өргөстөөҕүнэн саҥардылар.
Улуу Кудаҥса иҥиэттэ-иҥиэттэ дьиппинийэ-дьиппинийэ истэ сытаата, тулуйа сытаата, тулуйбата, хаана-сиинэ хамнаата, xapaҕa-сирэйэ уоттанна, ньүдьү бараан дьүһүннэннэ, ыгыллан бардьыгыныы былаастаан хабырытта олордо: «Бу туох аймааһынай? Бу туох ытаһыытай? Алаатыгар оҕолоор! Ол эһигини ытаһыахтара этэ диэн мин диэтэх киһи соҕотох кыыһым, сoҕoтox уолум эньньэтэ-сулуута, киһитэ-сүөһүтэ суох барыахтара этэ дуо? Биитэр ол эһигини аһыйыахтара эбээт диэн модьууннаах торбоһу, татаардаах кулуну талан ильдьэ барыахтара этэ дуо? Манна диэн эттэххэ, хайа ол да дойдуга cүөһү үчүгэйин-куһаҕанын билэллэр ини... Ити дьоммут даа талыыта-таламана барара эмиэ бэт сөп,— биһиги диэтэх дьон буолан бараммыт үөһээ дойду үөмэн тиийбэт үтүөлэригэр соготох харахтаах соххордору, аҥар атахтаах доҕолоҥнору түҥүр-ходоҕой ыытыахпыт этэ дуо? Үрүөххүтүн билбэккэ ытаһаргытын эрэ билэҕит дуу? Үөһээ дойдуга иэдьэгэй эттээх, ириҥэ мэйиилээх илэ бэйэтинэн кыайан тахсыбат этэ диэн истибэт этигит дуо? Онон, түҥүр, ходоҕой буолар дьон куттара-сүрдэрэ көттөҕө дии, хата ытаһа олоруохтааҕар, ити дьонноргутун икки сиргэ чөмөхтөөҥ — дьахтарын туспа, эр дьонун туспа. Түҥүр-ходоҕой буолбут өттүлэрэ аналлаах аһылыктарын аһаан, кэмнээх хонуктарын хонон бараннар, куттара-сүрдэрэ төттөрү эргийэн, эттэрэ-хааннара уһуктан» утуйбут дьон уһукталларын курдук, уһуктан тиллэн кэлиэхтэрэ... Оттон оҕолорбут киһи-хара гына ильдьэ тахсыбыт дьонноро куттара-сүрдэрэ төннүбэккэ эттэрэ сытыйыаҕа, дьэ, онон кимнээҕи-ханныктары ильдьэ хаалбыттарын билиэхпит. Уруй үтүөтүнэн, айхал бастыҥынан ол барахсаттар алтан уҥуохтарын араҥастыахпыт, көмүс уҥуохтарын көтөҕүөхпүт... Санаан да көpүҥ эрэ, айыы-хаан оҕолоро буолан баран, мин икки оҕом хайдах аан дойдуларыттан, бар дьонноруттан, ииппит сүөһүлэриттэн киһи-сүөһү иппэт буолуохтарай?!! Түксү! Солуута суох ытаамаҥ!» — диэн Улуу Kyдаҥсa обургу, өлбүккэ-алдьаммыкка санаммакка, өлөрбүккэ-альдьаппыкка холуммакка олордоҕо.
Бу, баттатахха маталдьыйбат, кэбиэлээтэххэ кэдэльдьийбэт орто туру курбуу-дьирбии ийэ буор дойдуга Улуу Кудаҥса обругу баараҕай баайын күүһүнэн, модун өйүн мөккүөрүнэн, иэгэйэр икки атахтаахха, урааҥхай сахаҕа төһө даа үтүөнү оҥоруон баҕарбытын иһин, санаабыт санаата туолбата, оҥорбут оҥостуута атаҕар турбата. Оччотооҕу кэнэ-муҥкук үйэҕэ, оччотооҕу бүтэй күҥҥэ-дьылга тойот-кулут икки күөн көрсөн, күрэс былдьаһан уоттаах улуу мөккүөрдэрэ үөскүү илик буолан, урукку өттүгэр үчүгэй диэбиттэрин куһаҕан диэн, урукку мантан барҕара байбыттарын айыы-кэйии эбит диэн, дьон санаатын үксэ үүт күүгэнин курдук уостан-сүтэн төттөрү түһэр буолар эбит.
Онон Улуу Кудаҥса дьонун тобоҕо бука барылара, төттөрү түһэннэр, бу курдук этэр буолбуттар эбит: «Бу, Улуу Кудаҥса уоттаах халлаан ууруутун альдьатан, улуу чолбону үмтү кэттэрэн, уонна бу айыы-хаан аймаҕыттан арахсан, күн өркөн улууһуттан тэйэн, абааһы аймаҕын кытта уруурҕаһан, айыыта-харата элбээн, сэтэ-сэмэтэ туолан, үөһээ үрүҥ аар тойон удьуордара киэр хайыһаннар, айыыта арахсан, ийиэхситэ иэдэс биэрэн – кырамаҥҥа туран, кырыыска этиллэн, буруйданан эрдэҕэ дии… Ынырык ыйаахха ылларбыт, улуу буруйга турбут киһини кытта ыаллаһан олорор, дьиэтигэр-уотугар киирэр-тахсар сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа. Кини кэнтигэр охтумуохха, кини сордоох суолугар умсумуохха», - дэһэн, икки, үс хонукка өлбүт дьон тиллэрин кэтэһэн көрөн баран, бука барылара көһөн-күрээн суй буолан хааллылар.
Улуу Кудаҥсаны урукку күннэргэ-дьылларга алыс ытыгылааннар, ордук сураҕырданнар, алыс аатырданнар, күн өттүнэн күөйэ көппөт бэйэккэлэрэ, уһун суолун туора кэспэт бэйэлэрэ, Одун-Хаантан оҥоһуулаах тойоммут диир дьонноро бука барылара арҕам-тарҕам бардылар, үрэх баһынан түстүлэр. Улуу Кудаҥсаны истэр кулгаахтаах эрэ бука барыта кырыыс курдук көрдө. Кэнтик курдук туораата, өлүү дьаҥын курдук куттанна.
Аҕыйах күнүнэн-ыйынан Улуу Кудаҥса барахсан суос-соҕотоҕун хаалла, аймах-билэ дьоно өлөн-сүтэн быһынна, уруу-билэ дьоно, күөс күүгэнэ уостубутун курдук, барана. Биир модьууннаах торбос хотонугар оппото, биир иринньэх кулун далыгар хаалбата. Алааһа-толооно айаҕы атыппат гына, мунну-уоһу саба туттар гына үллэ сытыйбыт сүөһү, сылгы сытынан өрө тунуйда, кымырдаҕас бөҕө кыймаҥнаата, хомурдуос бөҕө хончоҥноото, хара төбөлөөх үрүҥ үөн үллэҥнээтэ, сахсырҕа бөҕө сааҕынаата. Дьиэтигэр-уотугар, сиригэр-дойдутугар биир уллуҥах үктэнэр ыраас сирэ суох буолла, үллэҥнэс үөн-көйүүр буолла.
Улуу Кудаҥса олорор алааһын ырааҕынан кыйан ааһар буоллулар, кини айыылаах аатын аар-саарга ааттаабатылар, онон кини аатын тыллаах эппэт, кулгаахтаах истибэт буолла.
Тохсуньньу ыйга устаты муруннаах ураанхай саха ойох-эр буолсуспат буоллулар, бу ыйга ойох-эр ылсар айыы-кэйии аатырда, арай Улуу Кудаҥса эрэ үс саха үөскүүрэ кэхтиэн иннигэр, түөрт саха төрүөҕэ төннүөн туһугар бу тохсунньу ыйга абааһы аймаҕын кытта уруурҕаспыта-хаанырҕаспыта диэн өс номоҕо үксээтэ.
Оокси-ньии, оҕолоор! Эрэй-буруй обургу, муҥ-сор баҕадьы, сана-оноо бөҕө икки атахтаах улуу-модун даа күүстээҕин умса мииннэллэр эрэ өрө көбүппэттэр эбит, - бии мааҥы бэйэлээх көҥүлүнэн сылдьыбыт, талбытынан туттубут, модун санаатын күүһүнэн сир-халлаан тутуллан турар ыйаахтарын сыыһатын-халтытын көннөрөн, икки атахтааҕы уһун дьоллуон баҕарбыт, сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн дьулайбатах, иэстэбиллээх буолуо диэн куттамматах Улуу Кудаҥса барахсан күүһэ-күдэҕэ күүгэн курдук уостан, баайа-талата туман курдук көтөн өйө-санаата татыарыйбыт, хараҕын уота умуллубут, бэт түргэнник түҥ-таҥ түспүт, бүдүк-бадык буолбут. Бөкөччү кырдьыбыт.
Санныгар кэппит таҥаһа ильдьирийэн тохтубут, кирдээх-курдаах этэ оно-манан килэҥнээн көстүбүт. Аймах билэ дьоно, уруута-хаана имири быстаннар, дьиэтин-уотун ким да бөхсүйбэт буолан, сыбаҕа куккуруу тохтон кунус буолан өрө үлүннэ, сытыган эрбэһин уонна түүнүктээх тэллэй саба үүнэн таҕыстылар. Балаҕанын холлоҕосторо адаарыһан-адыгыраһан бараннар эмэх буоллулар, дьиэтин үрдэ эмэхсийбит өһүөлэрин самнары баттаан сиҥнэн түһэн хаар-самыыр сайа охсубут. Оно алаһа дьиэтэ өтөх буолан, көтүөл-таһаал буолбут, күүдээх уйаламмыт, ооҕуй оҕус ситимнэммит.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх дьиэтин аҥар муннугар, бастыҥ баҕанатын төрдүгэр, өтөх иччитин курдук, хардаҥ отунан уйа оҥостон кыһын хаартан-тыалтан, сайын куйаастан-ардахтан саһар эбит. Аччыктаан аһыан эрэ баҕардаҕына, куттаҕа ньүөлүйдэҕинэ, тайаҕар тэптэрэн тахсан, ааттаах алааһын киэргэлэ буолан үөскээбит улуу күөлүгэр киирэн, кутуйахтаан-күтэрдээн, күнү-күннүктээн тэмтэрдээн-баакардаан, амыньньыары хомуйан уот оттунан, бултаабыт бултарын үтэн, саллан, сиикэйдии-буһулуу сиир эбит. Тамаҕа хаттаҕына, куолайа куурдаҕына, силэ хойуннаҕына, бэккэ ыксаатаҕына, күөлүгэр киирэн ат буолан туран эрэ сүөһү курдук ууну уулуур буолбут эбит. Окси! Киһи да барахсан кырдьан-дьадьайан кэхтэр-бохтор буолар даа эбит, оҕолоор!
Төлкөтө-түөрэҕэ түҥнэстибит, барҕа баайа бараммыт, дьоло-соргута тостубут Улуу Кудаҥса барахсан өлөр-өлбөт икки ардынан өр дуу, өтөр дуу олорбутун кэннэ, хантан эрэ ааһан иһэн, бу кэнтиккэ охтубут, кэниэргэ этиллибит улуу киһи өтөҕун өҥөйөн бараары Чачыгыр Таас ойуун таарыйбыт эбит.
Улуу Кудаҥса – саха киһи саарына, урааҥхай омук улуута дьүдьэйэн-дьадьайан, кырдьан-бохтон, сууллан түспүт хотой уйатын курдук, өтөх муннугар хардаҥ от уйаланан, таҥаһа-саба баранан, чачыньньыар уоттанан, күүдээх, күтэр аһылыктанан олорорун көрөн баран, Чачыгыр Таас ойуун харан, бөтөн, саҥата суох талан олордоҕо.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх, ойууна кэлбитин көрөн баран, икки хараҕын уута икки эҥэрдэринэн илибирии саккыраата. Икки аар буола кырдьыбыт, баттахтара саһарбыт, харахтара сугуннуйбут, тайахха тэптэрбит улуу бүдүк дьоннор, синнэн хаалбыт өтөх муннугар туох даа саҥата суох бөтө биэрэн, хара-таалан соҥуһан олордулар.
Өр соҕус олорбохтоон баран, Улуу Кудаҥса эрэйдээх ынчыктаан, көхсүн субу-субу этитэн, бөтөн тохтуу-тохтуу, муҥатыйа олорбут: «Дьэ, үөлээннээҕиэм, бу айылаах буолан хааллым, өйдүүгүн дуо, мин сүппүт-көппүт баараҕай баайбын, ахсаана биллибэт, үксэ-дьүүлэ көстүбэт киһибин-сүөһүбүн, сылгыбын, дьоммун-норуоппун? Өйдүүгүн дуо, мин төһо маанытык олордум этэ, төһө үтүөтүк сырыттым этэ? Көрөн кэбис – бу билигин айахпар ас булан аһаабакка, санныбар таҥас булан таҥныбакка – өтөх иччитэ буоламмын, хардаҥ окко уйаланаммын, бу айылаах кэбилэнэн олоробун... Дьэ, үөлээннээҕиэм, хайа туох үтүө сүбэлээххиний?!!» - диэн көрдөһө олорбут.
- Киэҥ халлаан уоттаах улуу дьүүлүн быһыытынан Одун-Хаан оҥоруутунан, Дьылҕа-Тойон тыырыытынан сир-халлаан тутааҕа буолан турар үрдүк уураахтары, баайгын-дуогун, күүскүн-күрэххин эрэнэҥҥин, альдьатарга санаммытыҥ, уларытарга оҥостубутуҥ, олус наһаа барбытыҥ; улуу буруйдаахха, хараҥа айыылаахха, уоттаах халлааҥҥа утары турбукка туох сүбэ баар буолуой? Буруйуҥ-айыыҥ хаҥаан, сэтиҥ-сэмэҥ туолан, оҥорбут оҥорууларгар буруйданан олордоҕуҥ дии! Бэйэҥ даа истибэт, билбэт этиҥ дуо – иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх илэ бэйэтинэн тыыннаах сааһыгар, уһун үйэтигэр сэтин-сэмэтин толорор, буруйун-айыытын төлөнөр диэн өс хоһоонун, уос номоҕун?!! – диэн Чачыгыр Таас ойуун тыла улам-улам иччилэнэ, саҥата чинээн, хараҕа уоттанан барда.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх ол аайы улам-улам ньыхайан баһын умса туттан, кистэнэн барда, икки илиитин куҥ курдук най барыҕан кэбистэ, икки хараҕын быһа симнэ, сарбаччы үүммүт баттаҕа сирэйин-хараҕын, көхсүн, түөһүн саба түһэн, сылгы сиэлин курдук нэмирийдэ. Ол курдук умса түһэн, ньохчойон олорбохтоон баран, өрө тыынан, көхсүн иһигэр эрэ киҥинэйэн ыйытта: «Буруйбун-айыыбын билинэн туран көрдөстөхпүнэ айыы-хаан аймахтара, күн өркөн уустара, үрдүк халлаан үтүөлэрэ буруйбун-айыыбын бырастыы гыныахтара этэ дуо?» - диэн.
- Хайтах кыайан бырастыы гыныахтарай? Соҕотох айыы эрэ аймаҕар оҥоһуллубатах ыйаах буолар, үс аан дойду үрдүнэн айыы-абааһы икки үйэттэн үйэ тухары бас бэринэн, утары турбакка, туора кэспэккэ олороллоругар оҥоһуллубут улуу ыйаах диэн буолар. Ол ону эйигин эрэ аартаста диэннэр, оннук уоттаах сокуону, оннук ытык ыйааҕы уларытан иһиэхтэрэ дуо?! Хайа, оччоҕо, үс аан дойду үс улуу модун кулугулара төлөрүйэн, үс күлэр сындыыстара булгуруйан – кинкиниир киэҥ халлаан киэбэ уларыйыаҕа, орто туру дойду олоҕо долгу йуоҕа, аллараа дойду аймана дьалкыйыаҕа, диэн Чачыгыр Таас ойуун саба саҥарбыт саҥатын дуораана өтөх иһигэр дүҥүр тыаһын курдук өрө лүҥкүнээтэ, тыа бастарынан өй дуораана буолан сатараата.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх ону истэн баран, күрдүөтээбит атыыр оҕус курдук, икки арҕаһын өрө үллэн таҕыста, хараҕа уоттанна, ойуун диэкки өһөхтөөҕүнэн өрө көрөн турулатта.
Бу даа дьүдьэйэн-дьүүкэрэн олордор, укулаат тимир биилээх сүгэ биитэ буор анныттан өрө килбэйэн сытарын курдук дуу, биитэр уоттаах чол күл аныттан өрө сирэлийэн чолбоодуйбутун курдук дуу, модун санаата тилиннэ, күүстээх өйө күүрдэ, ол кэнниттэн көхсүн көннөрөн, кэтэҕин чонтон, алтан тайаҕын сиргэ батары охсон олорон, Улуу Кудаҥса чиҥ-чиҥник саҥаран барда: «Ол аата одун халлаан оҥоруута оннук буолуо диэммит, өлөн эрэри өрүһүйүө суохпут, альдьанан эрэри абырыа суохпут дии! Эн этэргинэн буоллаҕына – уокка убайан эрэри уотун умуруоран өрүһүйэрбит, ууга түһэн эрэри ууттан ороон таһаарарбыт ыйаахха утары туру буолар эбит дии! Орто туру дойду кэтит кэскилин, баараҕай баайын, айыыһыт-хаан хотунтан айыллыбыт ураа муостааҕы, уот дьөһөгөйтөн үөскээбит сыспай сиэллээҕи улуу-модун тымныыттан өлөн-быстан эрэллэрин уоттаах чолбону үмтү кырбатаммын өрүһүйбүтүм сэт-сэмэ, айыы-буруй эбит дии?!! Оччоҕо тоҕо уот дьөһөгөй буолан сылгы сүөһүнү айбытай, тоҕо айыыһыт хаан хотун ахтар айыыһыт буолан анах сүөһүнү айбыттай!
Эн этэргинэн буоллаҕына – айыы-хаан аймаҕын орто туру дойдуга олохсуйбатын диэн үөһээ бөҕөлөр төлкөлөөбүт эбит буоллахтара дии! Ити курдук буоллаҕына, ити мин икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи үөһээ абааһы өлүүтүн дьаҥыттан өрүһүйээри уруурҕаспытым-хаанырҕаспытым айыы-буруй буолуох тустаах. Дьэ, оччоҕо бу орто туру курбуу-дьирбии дойдуга тоҕо үөһээ үрүҥ Аар-Тойон бииһин ууһуттан устаты сирэйдээх урааҥхай саханы Айыыһыт ийэ хотунтан көтөхтөрөн, Аан-Алахчын Хотунтан араҥаччылатан, Ийиэхсит Ийэ Хотунунан иэримэ дьиэтин иччилэттэрэн, алаһа дьиэлэтэн, аал уоттатан, төрөтөр оҕону төлкөлөтөн анаан-айан, ыйан-кэрдэн олохтообуттара буолуой?! Эн бэйэҥ, быһыыта, хайтах эрэ, икки атахтаах аналын, аан дойду ытык ыйааҕын сыыһа сыаналыыр, сыыһа саныыр быһыылааххын.
Мин санаабар үс дойду сокуона, икки атахтаах анала маннык буолуох тустаах – орто туру до йдуга күүскүт кыайарынан, өйгүт ситэринэн, хайтах үчүгэй буолуоҕунан, бэйэ-бэйэҕитин өйөһөн-убаһан олоруҥ, эккит-хааҥҥыт ситэринэн үөскээҥ-тэнийиҥ диэн буолуох тустаах: атын буолуор сатаммат! Ону, бу эн курдук сыыһа өйдөөччүлэр, тиэрэ-маары үөрэтэннэр, үлүгэр-альдархай бөҕө буолла быһыылаах», - диэн Улуу Кудаҥса тыл эттэҕэ.
Аар татай, оҕолоор! Икки даа атахтаах бачча буолуор диэри модун санаата бохтубат, күүстээх өйө күлгэдийбэт буолар эбит. Чачыгыр Таас ойуун уоска оҕустарбыт курдук ах барда, сөҕүөҕүнэн диэн сөхтө, бэккиһиэҕинэн диэн бэккиһээтэ – Улуу Кудаҥса эрэйдээх бу айылаах буолан олорон уоттаах тылланан бу курдук саҥарыа дии санаабатах эбит.
Улуу Кудаҥса уһун сордоох, олорбохтоон баран, эттэ: «Дьэ, үөлээннээҕиэм, аны миигин былыргым курдук ким бултаан-алтаан аһатыай! Арай, бэйэм эрэ тайахпар тэптэрэн тахсаммын күтэри, күүдээҕи бултааммын ahaaтaxпына аһыаҕым,. суох буоллаҕына үөн-көйүүр курдук хоргуйан өлүөҕүм буоллаҕа... Санаа бөҕө быһа миинэн күүс-күдэх баранна, сыра-сылба быһынна, онон, арай, күүстэ -салҕаатаххына сөп буолсу. Былыр бар дьон этэр этилэр—аллараа дойду aйaҕap, үс күлэр ньүкэн үтүгэн үрдүгэр, аат биттэҕэр, аҕыс үрэх арахсыытыгар, тоҕус үрэх тутуһуутугар үс уус төрдө — күксүүрдээх Күөттээни уус, барыктаах Баалтааны уус, кыырыктаах Кытай бахсы уус, үс улуу бодоҕот уустара бааллар диэн. Эн ол үс улуу бодоҕот уустарыгар киирэҥҥин, дьуксуйдахха-илбис күүһүнэн, бэйэтэ санаатынан быһа охсор аптаах сытыы кылыста оҥотторон таһааран кулу, аны бу айылаах буорайан бараммын эйигин элбэхтик соруйарым кэлиэ дуо. Кэриэс тылым, саймарыын саҥам»,— диэн өлөр-хаалар күнүгэр аартаһа-көрдөһө олордоҕо.
— Оокси-ньии! Бу айылаах буруйданан-сэмэлэнэн олороҥҥун caнaaҥ да түспэт буолар эбит! Эмиэ буруйун- үрдүгэр буруйу oҥocтoopy гынныҥ ээ! Ол аллараа дойдуттан ким бултуур сэп тэриттэрэн, илбиһи илии-атах гынан бултаан аһаабытын истэҥҥин эттэҥий? — диэн ойууна сэмэлиэх курдук саҥарда.
— Ээ, доҕоруом, сору-муҥу көрөммүн, икки хараҕым дьүккэтин хаанынан ытааммын көрдөспүт көрдөһүүбүн ылынымаары гынныҥ дуу? Хайа, былыргы кэриэспин- хомуруоспун өйдүөн көр эрэ, хоргуйан өлөр күнүм кэллэ ээ... Билигин даҕаны, өлөр күммэр, кырдьар сааспар бар дьоммор үтүөнү оҥороору, үөрэх таһаараары санаа булуммут санаам буолар... Хайа мин курдук умса түспүт, кулут-кумалаан буолбут, хоргуйан өлөорү гыммыт аныгы да дьылларга элбэх буолаа эни, онон ити санаабыт санаабын, ити эппит тылбын олус ол курдук сэттээх- сэмэлээх, буруйдаах-айыылаах буолуо дии санаабаппын, - диэн баран Улуу Кудаҥса эрэйдзэх ойуунун диэки сүүһүн аннынан, баттаҕын быыһынан хааннааҕынан дьөлө көрөн олордоҕо.
Чачыгыр Таас ойуун, санаата хараастан, мунна-yoha итийбэхтии олордо, Улуу Кудаҥса урукку күннэргэ-дьылларга хайтах курдук бaapaҕaй баайданан, халыҥ үптэнэн, кэтит кэскиллэнэн, суон соргуланан олорбутун-сыльдьыбытын санаан көрөн баран, көхсүн этиттэ, үөһээ тыынна уонна буоллар даа буоллун диэххэ айылаах этгэ: «Чэ, кэбис, буоллар даа буоллун! Дьэ, хайа туох эмэ дьүһүннээх cүөһү хаалбыта буолаарай? Баран көрдөөн көрүөх, олоруохпут дуо, бэлэмнэниэх», - диэтэҕэ.
Иккиэн тайахха тэптэрэн сыльдьаннар унаар саламаны тиирдилэр, аар баҕаҕы астылар, ойуун туттар көтөрүн-сүүрэрин оҥордулар, үс түүннээх күнү мэльдьи баа каҥнаһан-баакаҥнаһан, көрдөөн-көрдөөн бэт нэһиилэ суос-соҕотох илии соттуута буолбут куруҥ хара дьүһүннээх, сүүһүн ортотугар күн тыкпытын курдук туоһахталаах, биэстээх-алталаах атыыр oҕyc баарын булан aҕaлан аар баҕахтарыгар баайдылар.
Ол кэнниттэн хаҥас тумулга үүммүт арбахтаах мутуктаах аарыма тиити буланнар кэрэх оҥордулар, куочай аньньан хоту диэки умса дьүккүтэн кэбистилэр,
Чачыгыр Таас ойуун олоҕор олоруон иннинэ, дьэ, бэт үлүгэрдик куйахата күүрбүт, этэ саласпыт киһи курдук, сүрдээхтик кэмиринэ-кэмсинэ: «Бу эн көрдөһүүгүн быһа гыммакка кыыраары оҥостон эрэбин... Былыр аан бастаан ойуун буоларбар үөһээ-аллараа үс кэрииммин кэритэн үһүйбүттэрэ, ол үс кэриимтэн хайаларыттан даҕаны бу үс уус төрдүгэр киирэр аартыктан ордук суостаах-суодаллаах аартык cyoҕa. Бу аартык усталаах туоратыгар диэри кутаа уотунан илгистэн, оргуйбутунан болгуонан ыһыахтанан үмүрүтэ салаабытын эриэхсит, өттүйэнэн-балтанан быһыта охсубутун эриэхсит, убайа турар уот курдук кытаҕаһынан-чыскыынан быһыта ытырбахтаабытын эриэхсит, дьөлүтэ түспүттэрэ ыарыытын эриэхсит, хайыта харбаабыттара абытайын эриэхсит... Оо, куйахам күүрдэҕин, этим саластаҕын!» — диэн ба¬ран, олоҕор олорон дьиэтин-уотун, дойдутун-сирин алҕаан, кэп туонан, oҕyhyн өлөрөн соҕотох атахтаах суоду маҕан остуолга хол-буут, мүһэ-мүһэ араартаан, наар-наар хоту диэки уурда, тоҕус тордуйаҕа хааныттан ку¬тан остуолугар төгүрүччү уурда, ол кэнниттэн оҕуһун тириитин кэрэҕэр ильдьэн ыйаата.
Дьэ, ол кэнниттэн былаайаҕа дьаргыйан, дүҥүрэ дүрбүйэн, кыаһаана кыыгынаан, хобото хоҥкунаан, чуораана чугдааран, бытырыыһа хамнаан, ыамах-чыамах өрө битийэн, этэ дьиэһийэн кыыран чыҥыйдаҕа.
Чачыгыр Таас ойуун обургу — улуу ойуун, аарыма кырдьаҕас — ордук илбиһирэн, олус көтөҕүллэн, аартык аайы арбаан, суол аайы кэнийэн, оргуйа турар уоттаах көмүс байҕалы өлүү чөркөчүөх тимир дьирибинэй балыга буолан быһа сырбайан таҕыста уонна көмүс ууһун төрдүн аартаһан-көрдөһөн алҕаан амалыйда, туойан кэнийдэ.
Бу кэнниттэн уһун-синьньигэс аартык устун айаннаан хайыта харбатан, быһыта хаптаран, дьөлүтэ сыстаран, этэ-тириитэ баранан, хаана-сиинэ тохтон, бэт элбэх эрэйинэн оргуйа турар алтан байҕалы аллараа ап-салбаныкы өлүү-кэгэй кыыла буолан тoҕo суруйан таҕыста. Ол кэнниттэн ааттаах аал ууһун төрдүн алҕаан-арбаан аныйан ааста, үҥэн-сүктэн сүөдэльдьийэн барда.
Тимир ууһун төрдө, дьэ, бэт ыраах ыырдаах, дьэ, бэт тэйэ сирдээх уус эбит, бардар бараммата, унаара-тэнээрэ биллибэтэ, cyoha-суодала улаатан истэ, эрэйэ-буруйа уксээн барда, Чачыгыр Таас ойуун энэлгэнэ элбээтэ, абытай-халахай буолла, этэр тылын номоҕо маинык бурлла: «Аа, абытайбын! Аа, айаккабын! Улуу бодоҕот уус төрүттэрэ, икки хараххытын чээкэй тэйэ уулаан хорҕольдьун курдук ууллан тохто илик буоллахтарына, икки кулгааххытын уоҕан-дьиэллик уолаттара, сэмэһиннээх мэҥийэ-чуонах кыргыттара дьөлүтэ ыстаабатах буол¬лахтарына, хааннаах ириҥэнэн кутуйаланан бүтэ тааһырбатах буоллахтарына, өлөн-хаалан иһэрбин өйдөөн көрүҥ, иэйэн-туойан кэнийэн иһэрбии истэн сэргэҕэлээҥ! Уоккутун-күөскүтүн уҕарытан абырааҥ! Абытай-халахай!
Тохтооҥ-болбойуҥ, уорда намырыйыҥ! Атааргыы көрүмэҥ атыҥырыы санаамаҥ ойуун уолгут уот-курбастай, Чачыгыр Таас ойуун өлөр күммэр, кырдьар сааспар кэриэспин кэнийэн иһэбин, саймарыыммын кыыран иһэбин»,-диэн аартаһан-көрдөһөн амалыйа туойан кэллэ.
Дьэ, кэлбит бэлиэтин биллэрэн ыты үрдэрдэ, кыыстаах уол тахсаннар — ол дойду дьоно халлааны таба көрбөт харалҕан эбиттэр — ойууну көрөөрү чинэһэ-чинэһэ чыха атын сир диэкки көрдүлэр, хантаһа-хантаһа хал¬лааны кырыытынан, хайалары улаҕаларынан тосту-туора сиринэн олоотоһо турдулар, Чачыгыр Таас ойуун тарбахтарын аннынан aaha көтөн, улуу бодоҕот уустарын уорааннаах уораҕайдарын модун модьоҕотун үс төгүл төхтөрүйэн үөгүлээбитинэн ыстанан киирэн, дьиэлэрин ортотугар лап гына олоро тустэҕэ.
Yc улуу бодоҕот уустара, уолуктаабыт улар курдук, илиилэрэ-атахтара ыальдьан өлөөрү өтүөстэһэ олороллор эбит. Улуу луо-балык үктэллээх уот-курбастай уоллара киирэрин аҕай кытта, «алҕаа!» диэн бараннар, адаарыһа таттарбыт бакыр-такыр килиэ хара тарбахтарын, буордаах сыгынах курдук ытыстарын уунан, сирэ йин-хараҕын сиритэ аньньа сыстылар. Онуоха уоллара баара,— ол дойду сигилитэ-майгыта тип-тиэрэ буолар эбит,— «Бакыр-такыр тарбахтаргыт сүһүөхтэринэн быһыта сытыйан түстүнэр, икки илиигит тонолоххутунан тоһута сытыйан түстүнэр, икки ытыскыт оттолорунан дьөлүтэ сытыйдынар»,— диэн умса кыраан таныйан, тосту туойан чугдааран, быһа этэн тамалыйда.
Онуоха үс улуу бодоҕот уустара: «Ээ, бэккэ абыранныбыт!» диэн бэккэ махтаннылар, үөрэн тимир-дьиэһин сирэйдэрэ килэс гына түстэ.
Дьэ, ол кэнниттэн орто дойду ойууна кэлбит соругун кэпсээтэ, туох туһуттан тоҕус тоҕойдоох маҕан суолу тобулбутун эттэ, онуоха үс улуу бодоҕот уустара киэр хайыһан, иэдэс биэрэн дьэбидик хара сирэйдэрэ ньолос гына түстэ, уонна: «Киэр, нойоон! Киэр-киэр, айыы-кэйии, иньньэ диэмэ, сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа, тылгын көтөҕүмэ... Биһиги диэтэх дьон оҥорбут илбистээх сэппит орто туруу дойдута тахсар ыйааҕа cyox этэ, үс биис ууһун үһүйэргэ-үөрэтэргэ эрэ үрдүктэн ыйыллыбыппыт, улууттан оноһуллубуппут, тылгын көтөҕүмэ — буойуулаах илбистээх сэби биэриэхпит cyoҕa, киэр-киэр буол!» —диэн кыккыраччы илгистэн кэбистилэр.
— Мин даҕаны иньньэ диэн көрбүппүн истибэккэ, ытаан-соҥоон туран аартаһан-көрдөһөн ыыппыта... Унаар саламаны тиирдэ, аар баҕаҕы аста, илиитин соттор суос-соҕотох биир эрэ арыы тыаны үрдүнэн көстөр, тумул хайаны көхсүнэн хаххалыыр кypyҥ хара дьүһүннээх, сүүһүн оттотугар күн тыкпытын курдук туналыйа олорор туоһахталаах атыыр оҕустааҕын тутунна, хаҥас диэки xapaҥa тыатын күн диэки өттүнээҕи, тимир аалыытын курдук, дьэбидийэн көстөр дьүһүннээх улуу тумулун үрдүгэр кэхтибит укулаат курдук күөх-дьэбир өҥнөөх, хаппыт укулаат курдук кубархай, тыйыс дьүһүннээх, арбахтаах мутуктаах аар тиити, эһиги ааккытын ааттаан, саас-үйэ тухары арыынан-сыанан таҥнары чаллыргыы турар гына улуу кэрэҕи оҥоттордо. Аастаххытына — арыынан-сыанан чалҕалыаххыт, туордаххытына — этинэн-сыанан эмсэхтэниэххит,— диэн Чачыгыр Таас ойуун обургу истэригэр баппатах иҥсэлэрин көбүттэ. Ону истээт, уоллаах кыыс туора салбаннылар, куолайдара куурбахтыы-куурбахтыы куллурҕаата, сырааннара сыньньылыйда, куттахтара хамнаан тиэрэ эргийбэхтээн тэһитэ аньньан ньүөлүйбэхтээтэ, уонна ийэлэрин-аҕаларын: «Оҥоp да оҥор!» — диэн эньньэйэлэтэн-кутугунатан бардылар.
Yc улуу бодоҕот уус төрдө, бэт өргө дылы буолуммакка, кэтэмэҕэйдээн-кэтэмэҕэйдээн баран: «Дьэ, эчи оннук эни!» - диэн сөбүлэнэн илбистээх уот-чупчурҕа кылыһы оҥорон кикирийбитинэн барда. Күөтүн тыаһа күксүйдэ, copҕото кытарда, кыһата кутаа уотунан убайда, балтата тыаһаата, кыстыга чыҥкынаата. Барык күлүк, балта сутурук, баабыр тарбах, кыырык төбө Кытай бахсы уус өр гыныа баара дуо? Өтөр гыммата, бүтэрэ оҕуста, аалан кыкырыйда, илбистээн дьүһүйдэ, өһөгөйдөөх өлүү уутугар уһаарда уонна уот чупчурҕа илбис¬тээх сытыы кылыһы Чачыгыр Таас ойууҥҥа биэрэн иһэн эттэ: «Киһи эппитин истибэккэ, оҥотторон ыллыгыт, онон сэтэ-сэмэтэ бэйэҕитигэр буолуоҕа... Кэнэҕэһин кэнэҕэс, хойутун хойут, миигиттэн хоргутар буолаайаҕыт!» — диэн улуу күтүр саҥа caҥapaн иҥсэлиттэҕэ.
Чачыгыр Таас ойуун суол тобулбут соругун толорон үөрэн-көтөн, өрө битийэн төннөн тахсыбыт, ол тахсан үс харыс холобурдаах, илбис дуксубут сытыы кылыһы Улуу Кудаҥса эрэйдээххэ биэрбит. Улуу Кудаҥса эрэйдээх күлүм аллайан сулбу охсон ылла, дьэ уонна икки аар кырдьаҕас оҕоньньоттор, икки үөлээннээхтэр кэриэс тылларын кэпсэтэн, саймарыын саҥаларын саҥарсан, уураһан-сыллаһан, харах харахтарыттан уу-хаар басыһаннар, бырастыылаһан араҕыстылар.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх бии куһаҕан аппалаах-дьаппалаах үрэх сир дулҕатынааҕар элбэх, аҕыс үрэх баһынан ааллаһан үөскээбит ахсаана биллибэт ураа муостааҕа, ahaҕac ыыраахтаах анах сүөһүтэ, бии хараҥа халлаан сулуһунааҕар элбэх, тоҕус үрэх баһынан тоҕо аньньан үөскээбит үксэ-дьүүлэ биллибэт сыспай сиэллээҕэ, бүтэй тyйaxтaaҕa, сылгы сүөһүтэ, бии халыҥ ыарҕа курдук хара норуота, уруу-билэ дьоно бука барылара сир
сиигин курдук симэлийэ уостаннар, уу күүгэнин курдук
туман буолан көтөннөр, соҕотох бэйэтэ улуу тиит төҥүргэһин курдук ордон хаалан, дьүдьэйэн-дьүүкэрэн, өлөр күнүгэр, кырдьар сааһыгар былыргы кэнэн үйэ дьэбэрэтигэр тэпсиллэн, үтүөтэ умнуллан, модун санаата сарбыллан, күүстээх өйө бохсуллан, нahaa санаммыт, олус тутуммут буруйугар-сэмэтигэр бу айыылаах буолан, илбистээх уот-чупчурҕа кылыһынан күтэрдээн аһаан-сиэн олорбут эбит.
Ол курдук өр дуу, өтөр дуу олорон баран, биир сайын, сырылҕан куйаас күҥҥэ өтөҕүн муннугуттан оронон тахсан (манна көрдөххө ордук дьүдьэйбит-дьүүкэрбит, олус такыйбыт-намыйбыт эбит), аатын эрэ иэҕэҥнээн киирэн, Майы Баалы кытыытыттан кылыһынан күтэрдээн тахсан, амыньньыары хомуйан уот оттунан, бултаабыт булдун уотугар үтэн сиэри олорбут эбит.
Сырылҕан куйаастан көхсө сылыйан, күлүмнэс сырдыктан хараҕа саатан, нухарыйан барбыт. Бу буолан утуйа-утуйа уһуктан, уһукта-уһукта утуктаан, кутэрин таһааран аһыы-сии олордоҕуна, күйүгэс түһэн мооньньун иньньэнэн тэһэ аспыт курдук, тобулу уулаабыт. Улуу Кудаҥса онуоха (этэ тыыннаах эбит) соһуйан «абытай!» диэбитинэн кылыстаах илиитинэн өҥүс-баска охсуммут. Илбистээх уоп-чупчурҕа кылыс күтүр ыйылаабытынан кэлэн Улуу Кудаҥса эрэйдээх мооньньулаах баһын суос-соҕотохто быһа охсон кэр гыннарда. Оҕоньньор көхсө тиэрэ тарас гына түһэн, илиитэ-aтaҕa биирдэ-иккитэ ибир-ибир гынна, төбөтө, сиргэ олоро түһэн баран, соһуйбут курдук, иккитэ-үстэ иччитэ суоҕунан турулус гына көрдө... Аан-саарга аатырбыт Улуу Кудаҥса барахсан ол курдук өлөн хаалбыт.
Айыы-хаан аймаҕыттан арахсыбыты, абааһы аймаҕар холбоспуту, күн-өркөн ууһуттан тэйбити, илиэһэйгэ сыстыбыты, кырыыска этиллибити, кыраманҥа турбуту ким кэлэн алтан уҥуоҕун араҥастыай? Ким кэлэн көмүс уҥуоҕун көтөҕүөей?!!
Хараҥа айыылаах халыҥ буруйдаах Улуу Кудаҥса кутун-сүрүн хайа айыы ойууна кэлэн аан-илэ дойдутуттан арааран, ийэ-буор сириттэн көтөҕөн, үөһээ дьабыҥҥа утаарыай? Куйаас күҥҥгэ дыгдаччы үлүннэ, нөҥүө күнүгэр үөн-көйүүр ыста, хараҕар-сирэйигэр сахсырҕа саахтаата, сытыйан барда... Икки атахтааҕы эрэйтэн быыһаары, урааҥхай саханы өлөртөн өрүһүйээри бу айылаах буолан сытарын ким даа кэлэн кэриэстээн барбата, ким даа кэлэн ытыгылаан ааспата. Модун санааламмыт буруйугар, өргөстөөх өйдөммүт айыытыгар үллэ сытыйда, үөн-күйүүр аһылыга буолла.
Ол эрээри маннык улуу киһини — хараҥа айыылааҕы, халыҥ буруйдааҕы, абааһыга холбоспуту соҕоруу халлаан сорсуннаахтара, Улуутуйар Улуу Тойон биистэрэ күөт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр хаалларбатылар. Тоҕус добун халлаан уоттаах улуу холоруктарын умса ытыйаннар, сата кынаттаан, уот дуксуурдаан түһэрэннэр, үс түүннээх күнү мэльдьи Улуу Кудаҥса этин-хаанын, уҥуоҕун-тириитин үмтү ытыйаннар: «Уот сиэмэ буолан тарҕан! Бэйэҥ кэпкин кэбилээ, бэйэҥ санааҕын саталаа! Илбис төрдө, иирээн сиэмэтэ буол!»— диэн аан дойдутугар, ийэ буор сиригэр ыһан кэбистилэр! Онтон бии илбистээх уо-чупчурҕа кылыс обургу мээлэ сытыа баара дуо! Yc улуу бодоҕот уустара, Тимир-Бэкилэй обургулар: «Бу илбистээх хааҥҥа тиийбит сэп мээлэ сытара сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа?», — диэннэр, хоту хомуhyннaax халлаан анныттан өһөгөйдөөх өлүү сататын өрө ытыйан таһаараннар, үс түүннээх күнү мэльдьи уот-чупчурҕа кылыһы күл-көмөр оҥорон үмтү ытыйаннар, орто туруу дойдуга, ийэ буор сиргэ ыһан күдээриттилэр, алгыс эттилэр: «Аны Улуу Кудаҥса курдук урааҥхай саха киһи үөскээбэтин! Кини курдук модун санаалаах төрүөбэтин! Аны кини курдук үс аан дойду айыллыбыт, үс күлэр кулугулара буолбут улуу сокуоннарын уларытар өргөстөөх тыллаах, уоттаах санаалаах үөскээбэтин!» — диэн.
Бу курдук икки илбис сиэмэтэ орто туруу дойдуга, ийэ буор сиргэ ыһыллалларын аҕай кытта кулут-тойот, баай-дьадьаҥы, былыргылыы-аныгылыы икки уоттаах улуу мөккүөрдэрэ өрө күүрэн тахсыбыттар. Сорох: «Бу аата —бу баттал буолар!» — дэспиттэр, сорох: «Бу аата — бу кырдьыгы булларбат xapaҥa ыйаах буо¬лар!»— дэспиттэр. Онуоха утары сорох эттэ: «Кэбис-кэбис! Иньньэ диэмэҥ — ити Одун-Хаан оҥоруута, ити Чыҥыс-Хаан ыйааҕа, халбарыйбат ыйаах, уларыйбат сокуон»,— диэн. Сорох өттө: «Далга баппатах далаҕалар, дьиэҕэ баппатах дьэлликтэр, эҥин-араас буолаҥҥыт чуубурҕаһан көрүҥ эрэ! Баттал буола-буола, батталы көрдөрүөхпүт!» — диэн таҥнары ыххайбыттар.
Ханна даа хайыс — орто туруу дойду олоҕо икки улуу мөккүөр күүһүнэн, икки улуу быльдьаһык уотунан үктэллэнэн сайдан испит эбит. Күүстээх өйдөөх, модун санаалаах, биир-биир туран, олоҕу уларытаары улуу мөккүөрү мөккүһэн— сорох өлбут, сорох кыайбыт... Ол курдук улуу мөккүөр олохсуйбут, иитиллибит эбит.
1929 с.
|