Улуу буолбатах эбиппин (В. Потапова)

Отуппун туола иликпинэ (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ (В. Потапова)




Улуу буолбатах эбиппин
Уордайбакка мин иһиттим,
Аһара ылан сиэбиппин
Атын мүөттээх сибэккиттэн...

Барыта албын буоллаҕа,
Күдэҥҥэ көтөн хааллаҕа —
Ытыы-күлэ ыллаабытым,
Ыйдаҥа түүн илэ хаампытым.
Көмүс тыллаах күөрэгэйим
Көтөн тахсыбыта күөрэйэн...
Ол туох буолуой, биэбэйим,
Туруом, иирэлии иэҕэйэн.