Олоҥхоһут: Соловьёв Афанасий Егорович

УОЛАН ДОХСУН

Былыргы быраман дьылларым
Быдан анараа өттүгэр
Урукку охсуулаах дьылларым
Уҥуоргу саҕатыгар,
Иирээннээх-иирсээннээх
Эрдэтээҕи кэмнэрбит кэтэх өттүгэр,
Үс Саха үөскүү илигинэ,
Арылы маҥан халлааннаах
Күлбүтүнэн тахсар
Күндэлэс күннээх,
Саһан киирэр чүмэчи ыйдаах,
Уоттаах чолбон сирдьиттээх,
Айгыр силик айылҕалаах,
Аатырар-сураҕырар
Аан ийэ дойду
Аарыгырынан-айгыстан
Үөскээбитэ эбитэ үһү.
Ол бэйэкэннээх
Үтүөкэн дойдуну,
Тула өттүн
Уу харахпынан
Өтөрү-батары көрөн
Одуулаан турдахпына:
Кыҥкынас ырыалаах
Кыталык кыыс барахсан
Кырыйа көтөн
Кытыытын булбатах
Кылбыарытта маҥан
Сыһыылаах эбит,
Лоҥкунас тойуктаах
Туруйа кыыл барахсан
Тула көтөн
Тулатын булбатах
Улуу тумара маардардаах эбит,
Сап саҕаттан салҕанан,
Ситии саҕаттан ситимнэнэн
Сиэлэн хааман дьигиһийэн
Барда бара турар,
Сэттэ уон сиэттиспит
Силээннэрдээх эбит,
Дорҕоонноох тойуктаах
Тоҕус уон тоҕуоруспут
Тунаарар-унаарар
Толоонноох эбит.
Кырдал устун
Кыраһыабай кыргыттар
Сиэттиһэн тириэсилэһэн
Дьиэрэҥкэйдээн иһэллэрин курдук
Эдэр хатыҥ чараҥ
Хаймыылаах эбит,
Ытык мааны эмээхситтэр
Бааралаһан иһэллэрин курдук
Бөлөх-бөлөх үүммүт
Маҥан хатыҥнардаах эбит.
Уолан Ньургун дьоннор
Кэккэлэһэн туралларын курдук
Бөдөҥ талы тиит
Улуу тумуллардаах эбит.
Эрбии тииһин курдук
Эҥэрдэһэ үүммүт
Эргэнэ хара тыатыгар
Үрүҥ хара түүлээҕэ
Үөрдээн үөскээбит,
Сүлүүдэ ыраас күөлүгэр
Көмүс хатырыктааҕа үксээбит.
Көҕүрээн көрбөтөх
Көнчөхтөөх эбит.
Арыытыгар-хомотугар
Куһа-хааһа саарбыт
Кэрээбэт кэҕэлээх,
Өрөөбөт өтөннөөх,
Көнньүөс чыычаах
Көрүлүү туойбут.
Көрүөхтэн эриэккэс
Үтүөкэн дойдута эбит.
Айылҕа барахсан
Анаан айбытын курдук,
Бу улуу сыһыы
Хаба ортотугар
Саар булгунньах
Өрө үүнэн тахсыбыт.
Кини бэйэлээх
Киэҥ таһаатыгар,
Кэтит иэнигэр,
Үрдүк арҕаһыгар
Өрөҥ күнтэн тардыстан,
Ийэ буортан аһаан
Сир сиигиттэн утахтанан
Аҕыс салаалаах
Аал-Луук мас
Ситэн сириэдийэн үүммүт эбит,
Сиэдэрэй солко сэбирдэҕэ
Тэлибирии хамсаабыт,
Көмүс лоһуор туораахтара
Тоҕуоруһан үүммүт эбиттэр.
Үрүҥ сөлөҕөйүнэн
Сүллүргэччи сүүрэ турар
Сүмэһиннээх эбит,
Анды сымыытын саҕа
Өлбөт мэҥэ уулаах эбит
Ол бэтэрээ өттүгэр
Үс сиринэн курдуулаах
Үрүҥ моһол ураһаллар
Кэккэлии сэлэһэ түспүттэр эбит.
Бу үтүөкэн сир
Быстан биэрбэт быйаҥар,
Уостан биэрбэт уйгутугар
Далбардаах хотун эмээхсин,
Айыстаан тойон оҕонньор
Ыал буолан
Унаар буруону субутан
Олорбуттар эбитэ үһү
Ача күөхтээх алааска
Анах сүөһүтэ хойдон үөскээбит,
Үрүҥ-хара сиэллээхтэрэ
Үөскүү-үүнэ турбут.
Быһа баттаан
Быһатын эттэххэ,
Быстан биэрбэт быйаҥнанан,
Уостан биэрбэт уйгуланан
Дьэргэстэй ыһыаҕын ыһан,
Омоллоон олоҕун
Олорбута эбитэ үһү.
Сибэтиэй Ийэ сиргэ
Күөгэйэр
Эдэр саастарыгар.
Инчэҕэй эттээҕи
Илиилэригэр
Таба туппатах эбиттэр
Арай биирдэ сорунан олорон
Аал уоту тигинэччи оттон баран
Алаһа дьиэлэрин иһигэр
Амтаннаах ас үрдүн арыйан
Аҥаардас арыыннан айах тутан,
Күөх уотунан күөмэйдээн
Алгыс бөҕөтүн этэннэр
Аат ааттаан, көрдөһөн
Ахтар Айыыһыт барахсантан,
Эдьэҥ Иэйэхсит хотунтан
Ааппытын ааттатар,
Кэскилбитин салҕыах
Кэнчээри ыччатта,
Кэскиллээ даа диэн
Көрдөһөллөрө эбитэ үһү.
Онтон туран
Кэмниэ кэнэҕэс,
Хомнуо – хойут
Далбардаана Хотун эмээхсин
Арай биирдэ үөрүүтэ үрдээн,
Санаата көнньүөрэн
Аргыый аҕай оҕонньоругар
Хат буолбутун туһунан
Сибигинэйэн кэпсээбит.
Чэй эрэ, испит.
Түөрэхпит тосхойон,
Ааппытын ааттатар,
Төлкөбүтүн түстүүр
Кэнчээри ыччаттанар
Дьоллоох эбиппит диэн
Быһа-бааччы эттэ.
Күн-хонук гынан
Көтөн ааһара баара дуо,
Эмээхсин эрэйдээх кэмэ кэлэн
Ыксал бөҕөтө буолла,
«Оҕонньоор
Айыыһыт, көтөҕөөччү
Намыйаана эмээхсини көрдөһөн
Киллэрэ тарт».
Айыстаан тойон оҕонньор
Иһиттим дуу,
Истибэтим дуу диэбиттии,
Омуна дуо, ойон туран
Таһырдьа ыстанна.
Утаакы соҕус буолаат
Айыыһыт көтөҕөөччү
Намыйаана эмээхсини
Ыҥыран киллэрэн
Бастыҥ мааны олбоххо олорто.
Бэйэтэ буоллаҕына
Сүүрүү-хаамыы былаастаан
Ыксал-тиэтэл бөҕөнөн
Алаас, сыһыы иһиттэн
Ача күөх оту
Матаччы көтөҕөн киллэрэн
Оһуор-симэх ойуулаах
Сары быыһы арыйа аһан,
Сымнаҕас намчы оту
Сиргэ тэлгэтээт
Төттөрү төннөн таҕыста.
Айыыһыт көтөҕөөччү
Намыйаана эмээхсин
Ахтаах анах арыытынан
Ытыһын оҕунуохтанна,
Онтон оргууй сэрэнэн
Сары быыһы сэгэйэн
Иһирдьэ киирэн баран
Далбардаах хотун эмээхсинниин
Ботур-ботур ботугурастылар,
Ибир-сибир сибигинэстилэр.
Өр соҕус буолан баран
Намыйаана бэттэх тахсан кэлэн
Айыстаан тойон оҕонньорго
Куттаныма, үчүгэй буолуо диэн
Үөрүүтүн биллэрдэ.
Ол курдук,
Өр-өтөр буолбата
Далбардаах хотун эмээхсин
Талыыта киирэн
Энэлгэнэ өссө улаатта,
Өрө мөхсө сыта.
Айыыһыт көтөҕөөччү
Намыйаана эмээхсин саҥата,
«Чэ, кытаат , тулуй,
Дьолгут тосхойдун
Үөрүүгүт үрдээтин» - диэн
Алгыстаах турдаҕына,
Эһээкэй оҕо саҥата
Өрө көтөн сирэйэ сырдаан
Намыйаана эмээхсин
Сары быыһы арыйа аһан
Айхаллаабытынан тахсан кэллэ,
Саҥа аллайда
«Айыстаан тойон оҕонньор,
Онуохаҕа
Айыстаан тойон оҕонньор
Тыллаах-өстөөх бэйэтэ
Тылыттан матан
Саҥата суох дөйөн олордо,
Онтон дьэ өйдөнөн
Сулбу ойон туран
Аал уотун тигинэччи оттон
Сандаарытан кэбистэ.
Мындыр уус чочуйан оҥорбут
Удьурхай кытыйаттан
Үс сиринэн хайаҕастаах
Сиэллээх эбир хамыйаҕынан
Биэ үүтүттэн оҥоһуллубут
Уохтаах кымыһыттан
Баһан ыла-ыла
Аан дойду иччилэрин аһатта,
Ахтаах анах арыытынан
Аал уот иччитин
Айах тутан алҕаата,
Үс сүүмэх сылгы сиэлин,
Уокка быраҕан сыт таһаарда.
Алгыс бөҕөтүн этэн-
Уруй буоллун,
Туску буоллун – диэтэ.
Ол кэнниттэн
Онтон-мантан мустан,
Ыраахтан ыҥырыллан
Оҕо малааһына диэн
Саламаат бэрдин сиэн,
Эмис этинэн эмсэхтэнэн,
Уохтаах кымыһынан утахтанан
Аһаан-сиэн айбардаатылар.
Орто Ийэ дойду
Улуу Бухатыыра буоллун диэн
Айхал бөҕөтүн этэн,
Уруй бөҕөтүн олохтоон
Сир түннүктэрэ-
Сээркээн сэһэнньиттэр,
Дьылҕа хаан тойонньуттара
Сүүс санааннан
Сүбэлэрин холбоон
Сыта-олоро сыаналаан,
Сылдьа-тура толкуйдаан баран
Саманнык диэн буолбут.
Орто Дойду араҥаччыта
Дуулаҕа бөҕө бухатыыр
Уолан Дохсун диэн
Аат иҥэрбиттэр.
Ол кэннэ
Олоҥхотун олоҥхо,
 Омунун омун-
Оҕолоро
 Биир хонноҕуна – биирдэнэн,
Икки хонноҕуна- иккилэнэн,
Үс хонноҕуна - үстэнэн,
Сөҕүмэр түргэнник
Улаатан испит.
Күүстээххэ холоонноох,
Быһыйга былааннаах
Киһи буола улааппыт.
Ол сылдьан
Кыталыктаах
Кындыа маҥан кырдалыгар
Кыыралдьыта кылыйбыт,
Туруйалаах
Тумара толоонугар
Чугдаара туойбут,
Отуттуу бууттаах
Мэҕириир мээчигинэн
Быраҕаттана оонньообут.
Эргэнэ хара тыаттан
Үрүҥ-хара түүлээҕи
Үллүктүү кыстаабыт,
Буру муннуттан сиэтэн,
Эһэни сабырҕаҕыттан соһон
Аҕалар киһи буолбут.
Аргыардаах аллараа дойдуттан
Сыт – сымар тахсыа диэн
Атаҕынан саба үктээбит,
Үөһээ дойду уолаттара
Моһуоҕу оҥоруохтара диэн
Үөгүлүү түһэн баран
Үтүлүгүнэн бүөлүү аспыт.
Үрүҥ чыычааҕы
Үрдүнэн көтүппэт эбит,
Алларанан сүр күүдээҕи аһарбат эбит.
Аһыныгас санаалаах
Айыы-хаан аймаҕа
Алдьархайтан
Араҥаччылыыр киһилэннибит диэн
Аргыый наллаан
Сэрэнэн кэпсэтэр эбиттэр,
Күн өркөн уустара
Орто дойду араҥаччыта диэн
Сири- сиксиги аннынан
Сип-сап сибигинэһэр эбиттэр.
Сити курдук
Уол оҕо барахсан
Хонуга туолан
Холун этэ хойдон,
Сиһин этэ ситэн,
Буутун этэ буһан
Киһи кэрэмэһэ
Буола улааппыт.
Ол сылдьан хоойго сытар
Хотун ойох көрдөһө,
Тэллэххэ сытар
Тэҥнээх доҕор сураһа
Ыраах сиртэн ыйыталаспыт,
Суо дойдуттан сураспыт.
Ол курдук сылдьан
Эмискэ биир сарсыарда
Уоллара сүтэн хаалбыт.
Онтон сиэттэрэн
Далбардаах хотун эмээхсин,
Айыстаан тойон оҕонньор
Соһуйуу бөҕөтүн соһуйан,
Санаа-оноо ыарыыта буолан
Уһун толкуйга түспүттэр.
Онтон-мантан
Ыйыталаһан көрбүттэрэ,
Көрөр харахтаах,
Хаптаҕай кулгаахтаах
Көрбөтөх-билбэтэх эбиттэр.
Ол курдук уоллара
Халлааннаан көппүтэ дуу,
Сирдээн тимирбитэ дуу диэн,
Ханна барбытын
Таайа сатыы олорбуттар.
Сити курдук
Кыһалҕаҕа киирэн олордохторуна,
Аллах ат туйаҕын тыаһа
Чэпчэкитик үктэнэн кэлэн
 Бастыҥ маанылаах сэргэлэригэр
Хорус гына түстэ.
Арай, доҕоор –
Өйдөөн көрө түспүттэрэ,
Бухатыыр гиэнэ талыыта
Уоллара кэлэн турар эбит.
Омуннара дуо,
Оҕонньордоох эмээхсин үөрүүлэриттэн
Сүүрэн тахсан
Уолларыгар саба түһэн сытан
Сынньана-сынньана сыллаатылар,
Тохтуу-тохтуу убураатылар.
Онуоха туран
Уолан Дохсун бухатыыр
Субу диэн кэпсээбит-
Аҕыс салаалаах
Аал-луук мас
Алла турар
Араҕас илгэтинэн аһаан,
Үллэ сүүрүгүрэ турар
Үрүҥ сөлөгөйүнэн
Утахпын ханнаран
Аһыы-сии сырыттахпына,
Үөһээ халлаан
Үрүт өттүгэр олохтоох
Үрүҥ Аар тойон оҕонньор
Суолдьут уолаттарынан
Ыҥыттаран ылан
Өлбөт мэҥэ уутугар
Күннэри-түүннэри сөтүөлэтэн,
Өлбөт үөстээтэ,
Сындалыйбат сындааһыннаата,
Кэхтибэт кэскиллээтэ,
Охтон биэрбэт оҥоһуулаата.
Ол кэнниттэн илдьэн
Күөнтээни уус күөттээн,
Балтааны боотур балталаан
Сыты тимиртэн уһааран
Сыппаабыт сэби-сэбиргэли,
Көмүскэл хахха буоллун диэн
Куйах гиэнэ килбиэннээҕин
Анаан оҥорон биэрдилэр.
Ол кэнниттэн
Үс хаттыгастаах халлаан
Үрүт өттүгэр олохтоох
Дьөһөгөй айыыта
Айан анаан-минээн биэрбит
Көстөөх сиртэн өрүкүйэн көстөр
Көмүс нэлим сиэллэх
Үүт кэрэ аты
Көлүнэр көлө,миинэр миҥэ
Оҥоһун диэн анаан биэрдэҕэ.
Онон силигин ситэн,
Күүһүм-уоҕум киирэн
Аан Ийэ дойдуну
Араҥаччылыыр аналлаах
Айыллан үөскээбит үһүбүн.
Ол эбэтэр,мин санаабар,
Дьылҕа хаан ыйааҕа
Оннук эбит буоллаҕа
Онтон туран
Аартыкпын арыйан,
Суолбун-ииспин ыйан
Итии салгын тыыннаах,
Итир былыт илдьиттээх,
Илгэ самыыр кэһиилээх,
Куйаас итии сайыннаах,
Иэйэхситтээх илин халлаан,
Алын кырыытынан көтөн,
Ый отут хонук устата
Тохтоло суох баран истэххэ,
Уйгу-быйаҥ олохтоох,
Уолбат уулаах,
Көҕүрээбэт көтөрдөөх
Бастыҥ талыы сирдээх,
Быстан биэрбэт быйаҥнаах,
Барҕа бөдөҥ баайдаах
Байыстаан тойон оҕонньор,
Уйгулаана хотун эмээхсин
Күннээххэ көстүбэтэх,
Былыттаахха быкпатах
Көрдөр харахтарын дьүккэтэ,
Көтүрдэр тиистэрэ миилэтэ буолбут,
Баар-суох кыыстарын,
Киискэ кистэммит,
Саһылга саспыт,
Саарбаҕа сууламмыт
Күн Куо диэн ааттаах
Кыыс оҕо кылааннааҕын
Дьылҕа хаан ыйааҕынан,
Одун хаан оҥоһуутунан,
Үс саханы үөскэтэр
Ойох ылар аналлаах үһүбүн.
Айбыт Аар тойон аҕам,
Иэйиэхситтээх күн күбэй ийэм,
Үрүҥ күҥҥэ
Үс төгүл сүгүрүйэн,
Хаалдьыктаах бэйэм хоҥкуйан,
Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн,
Көрдөһөн эрэбин.
Ол кэннэ
Субу курдук диэн
 Ырыалаах-тойуктаах
Турбута үһү.


УОЛАН ДОХСУН:

Дьээ,буо. Дьээ,буо.
Айбыт тойон аҕаккам,
Күн күбэй ийэкээм,
Үүннээх – тэһииннээх
Үтүө тылбын
Истэн сэргэҕэлээҥ.
Мантан тус илин
Киирбэт күннээх,
Талба талыы сирдээх
Дойду баар диэн
Кэрэхсээн кэпсииллэр.
Онно олохтоох
Байыстаан тойон оҕонньор,
Уйгулаана хотун эмээхсин
Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстарын –
Күн Куону
Аллараа дайды ааттаахтара
Айгыстан тахсан
Күтүөттээри тэринэллэр үһү.
Үөһээ дойду урдустара
ааһар сулустан сураһан
ыйыталлар үһү.
Кыыс оҕо барахсан
Сулуутун ыйыталаһан
Кэргэн дьаһах кэпсэтэ
Барар күнүм үүннэ,
Ытык тылгыттан ыпсаран
Алгыскытын аҕалыҥ диэн
Ааттаһа турабын.
Онуоха туран
Кыырыктыйбыт баттахтаах
Айбыт аҕата оҕонньор
Саныыр санаатын сааһылаан,
Сүбэтин булан
Сөп буолаарай диэн
Аргыый аҕай сыыйан
Ыллаан киирэн барда.
 
 
АЙЫСТААН ОҕОННЬОР:

Дьээ, буо. Дьээ, буо.
Аал уотум иннигэр
Аргынньахтаан олорон
Өйдөөн-дьүүллээн
Эргитэн көрдөхпүнэ,
Орто Ийэ дойду
Туллар тутааҕа,
Халыҥ хаххата,
Суон дурдата буолбут
аһыныгас санаалаах
Айыы хаан аймахтарын
Көмүскэлэ буолаҕын диэн
Эдьэҥ иэйэхсит хотун
Төлкөлөөн биэрбитэ.
Ол курдук
Ааппытын ааттатыах,
Кэскилбитин тэнитиэх
Ох курдук оҥостон
Айыллан кэлбитиҥ.
Тэбэр сүрэхпит чопчута,
Көрөр харахпыт дьүккэтэ,
Айыыһыт арыаллаһан
Аргыардаах айаны
Арыйар күҥҥэр,
Сор суолламмакка
Суо дойдугар тиийээр,
Иэйиэхсит эҥээрдэһэн
Эрэй эҥээрдэспэккэ
Этэҥҥэ эргиллээр,
Аартык суол аайытын
Аргыар аргыйбатын,
Сир-дойду устун
Силлиэ-буурҕа эрийбэтин,
Дьол-соргу тосхойон
Үөрүү-көтүү үктэллээх
Аналлааххын көрсөн
Этэҥҥэ эргиллээр диэн
Ытык тылбын этэбин.
Ити кэнниттэн
Хаҥас диэккиттэн
Далбардаах хотун эмээхсин
Саманнык диэн саҥалаах,
Соннук диэн тойуктаах
Турбута үһү.



ДАЛБАРДААХ ЭМЭЭХСИН:

Дьээ буо, дьээ буо
Кырдьар сааспар кэннибэр хаалан
Олохпун салҕыыр кэнчээри ыччатыам,
Кэхтибэт кэскиллээх олоххун түһээтим –
Субу булгунньах үрдүнэн
Үрүҥ аты мииммит
Кэрэ кэрэмэс кыыстыын
Сэргэ хаамтаран
Бастыҥ мааны сэргэҕэ
Кэлэн тохтоотугут,
Үрүҥ күҥҥэ үстэ сүгүрүйээт
Күөх сирэм от устун
Сэргэ хаамсан
Үс курдуулаах
Моҕол ураһаҕа киирэн,
Үс тымтыгы уматан
Аал уоту отуннугут,
Айах тутан аһатан
Алгыс бөҕөтүн эттигит,
Түүн түһээн ат миинэр
Былыргыттан
Баччааҥҥа диэри
Кыыс оҕо сүктэрин төлкөтө диэн
Тойоннуур буолаллара.
Алаһа дьиэни тэринэн
Урааҥхай саханы үөскэтэр диэн
Үчүгэйи эрэ баҕаран
Ыра санаабын этэбин.
Айааннаах айан суола
Аргыардаах буолуоҕа,
Иннигин- кэннигин
Сэрэнэн- сэрбэнэн көрүнээр,
Чэ, түксү,
Этиэхпин эттим, саҥарыахпын саҥардым.
Инньэ диэт
Ураһа иһин хомуйан
Түбүгүрбүтүнэн барда,
Уолан Дохсун бухатыыр
Тыла - өһө иччилэнэн
Этэн - тыынан эҕэлдьитэн,
Кутан - симэн кулуһутан
Сирэйэ сырдаан,
Хараҕа уоттанан
Саҥаран- иҥэрэн баран,
Аал уотун иннигэр
Тобуктаан олорон
Саманнык диэн тойуктаах
Ыллаан киирэн барда.

 
УОЛАН ДОХСУН:

Дьээ, буо. Дьээ, буо.
Ытык - мааны аҕаккаам,
Күн курдук ийэккээм,
Дорҕоонноох тойуктаах
Айан суолун тобулан
Барар күнүм үүннэ,
Айдааннаах - иирээннээх
Аартыгы арыйан
Тэлэһийэр кэмим кэллэ.
Огдолуйбакка
Орто Ийэ дойдум
Күөҕүнэн чэлгийэ турдун,
Аал уоккут умуллубатын,
Алаһа дьиэҕит алдьамматын,
Төлкөҕүт түҥнэстибэтин,
Этэҥҥэ эргиллиэхпэр диэри
Быдан дьылга бырастыыларыҥ.
Ол кэнниттэн Уолан Дохсун
Түргэн үлүгэрдик
Сулбу - халбы хааман
Орулуур ый отут хонуга
Сылаалаах айаҥҥа
Сыа этэ сындалыйбатын диэн
Халтан отунан хатаҕалаан,
Ыраас сүлбэ уутунан
Тамаҕын сиигирдэн,
Көстөөх сиртэн өрүкүйэн көстөр.
Көмүс нэлим сиэллээх
Yүт кэрэ атын
Модьу – таҕа сэргэтигэр
Биэс былас холобурдаах
Кылтан хатыллан оҥоhоллубут
Көнтөhүнэн сиэтэн аҕалан
Туомтуу тардан баайан кэбистэ.
Ол кэнниттэн
Уолан Дохсун бухатыыр,
Омнуо дуо, ойон киирэн
Оҥоhуулаах хоспоҕуттан
Атын сэбин – сэбиргэлин
Матаччы көтөҕөн таhааран,
Көмүс сирэйдээх
Ыҥырыынан ыҥыырданна,
Сиэдэрэй симэхтээх
Чаппарааҕынан чаппараахтаата,
Бөҕө – таҕа
Холумунан холумнаата,
Кычымынан кычымнаата,
Дьириминэн дьириминээн дьэргэттэ,
Көмүс үүнүнэн үүннээтэ.
Уhун айаҥҥа барарын билбиттии
Дьөhөгөй оҕото барахсан
Огурук – тогурук көрбөхтөөтө,
Таныытынан тардырҕаата,
Уотунан уhуурбахтаата,
Өрө холуруктуу сылдьан
Сэргэ төрдүн тибийбэхтээтэ.
Ити кэнниттэн
Уолан Дохсун бухатыыр
Оҥоhуулаах ох
Саатын – саадаҕын ылынан,
Чөмпөй сүлүгэhин иилинэн,
Уоттаах батаhын күндээрдэн
Аналлаах айыы атын
Yрдүк мындаатыгар
Сыыдамнык ыстанан
Хап гына олоро түстэ,
Иэйэхситтээх илин халлаан
Алын кырыытын диэки
Салайа баттаан баран
Ахсым атын самыыга
Куус гына кымныылаан кэбистэ.
Ат сылгы обургу
Тута тэппит сирэ
Чөҥөрө чүөмпэ буолан
Чөҥөрүһэ түстүлэр,
Хайа тэбэн кэбиспит маhа
Ыар ынчык буолан
Ытаан – соҥоон энэлиhэ хааллылар.
Ол курдук
Уутугар – хаарыгар киирэн
Омуннаахтык ойутан,
Ахсымнык айаннатан
Көтүтэн истэҕинэ,
Хараҥа уулаах былыттар
Халыйан тарҕастылар,
Киҥкиниир
Киэҥ халлаан түгэҕэр
Эҥсилгэллээх
Этин тэлэ тэптэ,
Уот курбуу чаҕылҕан күлүмнээн
Таҥнары саккыраата,
Иэдээннээх
Этиҥ тэлэ тэптэ,
Силлиэ-буурҕа ытыллан
Илбиhирэн ииртигирэн турда.
Уолан Дохсун бухатыыр
Сирэйэ хараҕа уоттанна,
Кыыhырбыт кыйахаммыт уоҕар
Атын куска соруйда,
Ону истибиттии
Дөhөгөй оҕото барахсан
Көмүс нэлим сиэлин
Өрө ыhан,
Оҥочо куйаар кутуруга субуллан
Ахсымнык айаннаан истэ.
Ол иhэн
Уолан Дохсун бухатыыр
Икки чуор кулгааҕынан иhиттэҕинэ,
Ханна эрэ
Кыаhаан тыаhа халырдаан
Сүтэн хаалла.
Онтон дөрүн-дөрүн
Дүҥүр тыаhа түрбүйэн
Иhиллэргэ дылы гынна.
Биhиги киhибит обургу
Үүн тиэрбэhин курдук
Икки эрилкэй хараҕынан
Эргиччи көрөн баран
Үөhэ диэки хантас гынна.
Көрө түспүтэ-
Хара былыты олбох оҥостон,
Кубарыйа куурбут
Киhи уҥуоҕа симэхтээх
Кыаhаана халырдаан,
Дүҥүрүн өрө тутан,
Былаайаҕа күөрэҥнээн
Илбис кыыhа обургу
Кус-хаас тойугун түhэрэн
Улам-улам чугаhаан
Ыпсыыта биллибэт
Ырыа дуомнаах
Ыллаан ыыра бардаҕа үhү.



ИЛБИС КЫЫС:

Орто дойду ааттааҕа
Уолан Дохсун обургу
Салгын куккун салыйан,
Ийэ куккун көтүтэн
Дьалбыйар күнүм буолла.
Алдьархайдаах
Аллараа дойду урдуhа
Уот Урбалдьын убайым
Орто дойду дьонунуун
Уруурҕаhыах буолар.
Yстээҕиттэн үлэспит,
Биэстээҕиттэн мэнийбит
Күн Куону ойох ылаары
Күтүөттээбитэ
Ый отутус хонуга
Туолара чугаhаата.
Суолу – ииhи мэhэйдээбэтин,
Кэлэн да эрэйдэммэтин диэн Илдьит хоруй ыытта.
Онуоха туран
Уолан Дохсун бухатыыр
Кыыhыран уордайан турда,
Сылбырҕатык хаба тардан
Кэhэхтээх ох саатын
Сулбу тардан ылан туран,
Кулгаахтаах буоллаххына иhит,
Төбөлөөх буоллаххына өйдөө,
Эбэтэр сип – сибилигин
Чэгиэн эккин сэймэктээн
Yөн – көйүүр аhылыга оҥоруом,
Эбэтэр
Мин этэр тылбын
Өйдөөн – толкуйдаан баран
Убайгар илдьиппин тиэрт диэн
Саманнык диэн саҥалаах,
Соннук диэн тойуктаах
Турдаҕа үhү.



УОЛАН ДОХСУН:

Дьээ, буо. Дьээ, буо.
Ааhар былыт албына,
Куотар былыт кубулҕата
Уот урбалдьын адьарай
Орто дойдуга тахсан
Акаарытын биллэрбэтин,
Ханнык абааhы аймаҕа
Айыы кыыhын ойох ылан
Оҕо төрөтөн туругуран
Олорбутун билбэтим.
Биир диэн бичиктээбэккэ,
Уон диэн ойуулаабакка
Охсуhарга ох курдук оҥостон
Бэлэмнэнэн олордун,
Бэлэhинэн күлбүтэ
Бэйэтигэр тиийиэҕэ.
Эбэтэр
Эрэйи – муҥу көрбөккө,
Өлүүнү – сүтүүнү таhаарбакка
Кэлбит сирин диэки
Аллараа дойдутугар
Аттана турдун.
Ону истибэт буоллаҕына
Иэнин хастыам, ээҕин этитиэм,
Иккиттэн биирбит буолуо.
Эппит тыл биир,
Этириэс толоруом.
Онуохаҕа
Ыксаан – бохсоон тиэтэйэн
Илбис кыыhа обургу
Соhуйан – өмүрэн,
Оо, бачах, татахай эбит – диэн
Ааhар былыкка туран,
Кыаhаана халырдаан,
Дүҥүрүн тыаһа дүрбүйэн
Иитэ - саҕата биллибэт
Дорҕооно суох тойуктаах,
Ыпсыыта биллибэт ырыалаах
Бара турда.
Уолан Дохсун бухатыыр
Уордайбыта ааhан
Аргыардаах айан суолугар
Биир моhолу туораан,
Атара сиэлиинэн астаран истэ.
Уhун айан суола
Уhуура буолла,
Ыксал – тиэтэл бөҕөнөн
Көстөөх сиртэн өрөкүйэн көстөр
Көмүс нэлим сиэллээх
Yөт кэрэ атын
Куус гына кымньыылаан кээстэ,
Орулуос кус
Кынатын тыаhын курдук
Кулгааҕа биир кэм
Куугунаан истэ.
Уолан Дохсун бухатыыр
Сол курдук айаннаан иhэн
Эмискэ көрө түспүтэ –
Уун утары
Түөрт көмүс туйаҕа түөрэҥнээн,
Оҥоччо куйаар кутуруга субуллан,
Сиэлэ өрө ыhыллан
Ахсым ат обургу
Хорус гына түстэ.
Онуоха Уолан Дохсун
Атын тохтотон көрө түспүтэ.
Биир эдэр оҕо киhи
Ыксаабыт ыгылыйбыт көрүҥнээх
Атыттан ойон түстэ да
Саманнык диэн саҥалаах,
Соннук диэн сонуннаах
Кэпсээн – ипсээн барда.



ЭРИЛИ БЭРГЭН:

Дьээ, буо. Дьээ, буо.
Кимтэн кииннээх,
Хантан хааннаах
Киhи кэлэн
Кэпсии тураҕын диэтэххинэ,
Киирбэт күннээх
Илгэ быйаҥ сайыннаах
Байыстаан тойон аҕалаах,
Уйгулаана хотун ийэлээх
Эрили Бэргэн диэн
Бухатыыр буолабын.
Биһиги сирбитигэр
Алдьархай ааҥнаата,
Иэдээн иэнигийдэ,
Үлүгэр үтүөрүйдэ.
Онон
Үүннээх – тэһииннээх
Үтүө тылбын ылынан
Орто дойду дуулаҕа бухатыыра
Дурда-хахха буолуоҥ үһү.
Аллараа дойду адьарайа
Уот Урбалдьын обургу
Сүгүннүүрүттэн ааста.
Эн туһааннаах сэгэргин
Күн Куону
Ойох ылан бараары
Күтүөттээбитэ
Ый отутус хонуга буолла.
Бүгүн-сарсын
Болдьох күнэ туолан,
Күүһэ-уоҕа киирэн
Тыыллан ахан сытар.
Амырыыннаах
Аллараа дойдуттан
Абааһы аймаҕын бииһэ
Субуһуохтаахтар үһү,
Бэрт түргэнник бара охсуохха.
Онуоха
Уолан Дохсун бухатыыр
Хаана-сиинэ хамсаан
Хабырынан ылла,
Күүһэ-уоҕа киирэн
Былчыҥа быыппаһынна,
Иҥиирин тыаһа
Айа кирсинии лыҥкынаата.
Дьөһөгөй оҕото барахсан
Өрө холоруктуу сылдьан
Сир дойду кырсын
Ибили тэбистэ.
Онтон биһиги киһибит ыйытта,
Мантан төһө ыраах сир
Хаалбытын сураста
Онуохаҕа Эрили Бэргэн
Күннүк сири айннаан
Ол дойдуну булуохпут диэтэ.
Эрили Бэргэн бухатыыр
Ахсым алаах атын
Салайа баттаан кэбистэ да,
Кэлбит сирин диэки
Төттөрү көтүтэ турда.
Уолан Дохсун бухатыыр
Кэнниттэн хаалсыбакка
Кэнниттэн түһүнэн кэбистэ.
Тыаллааҕар түргэнник,
Сити курдук
Силлиэтээҕэр сыыдамнык
Ахсымнык көтүтэн истилэр.
Өр-өтөр
Буолуохтара баара дуо,
Улуу дойду уораҕайа
Нэлэһийэн көһүннэ.
Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар
Үрүҥ сиэллэрэ үрүллэҥнээн,
Төрт түрэм туйахтара күөрэҥнээн
Субу тиийэн кэлэн
Чэлгиэннээх тэлгэһэлэригэр
Хорус гына түстүлэр.
Аттарыттан ойон түстүлэр да
Оһуор дьарҕаа, ойуу-бичик түспүт
Бастыҥ маанылаах сэргэҕэ
Аттарын сиэтэн аҕалан
Баайа охсон кэбистилэр.
Ол туран
Уолан Дохсун бухатыыр
Тула өттүн одуулаан көрдөҕүнэ,
Сир дойду барахсан
Сиэдэрэй симэҕин кэтэн
Силигилээн сиппит сирэ эбит.
Арҕаа өттүн анааран көрдөҕүнэ
Куочайдаах
Кэрэх мас анныгар
Абааһы уола илэ бэйэтинэн
Уот Урбалдьын обургу
Үөл тиит мастан суллаан
үтэһэ оҥостон,
Талба талыы хонуулаах
Талар алаас сыһыыттан
Талбытынан талан
Сылгыны,ынаҕы үүрэн аҕалан,
Түөрт атаҕын адаарытан
Баһыттан кэннигэр диэри
Таҥнары үөлэн баран
Кулуһун бөҕөтүн оттон
Сиикэйдии-буһуулуу
Буһара түһэн баран
Тэллэх-тэллэх саҕанан
Тэлитэ быһан
Сөрүө-сөрүө саҕанан
Сөрүү тутан
Үөлэс саҕа айаҕынан
Сиэн-аһаан чалларыҥнаан,
Көлөһүн-балаһын алан
Сирэй-харах буолан,
Соҕотох харахтаах
Соҕуруу уола чолбоодуччу көрөн
Аһыы-сии сытта.
Кини тулатыгар
Иһит-хомуос салаһааччы,
Уҥуох-иҥиэх тиниктээччи
Бытырыыс курдук иилэҥкэйдэһэ.
Абааһы ыамайдара ыаллаһан
Ыалдьыттаан ахан эрэллэр эбит.
Эчи, сүрүкэтиин.
Куочайдаах тиит тула
Киһи кутун-сүрүн
Баттыахха айылаах
Кубарыһа хайыта куурбут
Баараҕай суон тииттэр
Барыһан тураллар эбит.
Биһиги киһибит кэлэйбиттии
Илэ илиэһэй эбиккин дии санаан,
Тохтуу түһэн баран
Оһуордаах ойуулаах
Сандылы маҥан ааны
Арыйа баттаат
Ураһаҕа көтөн түстэ.
Үүт түөрбэһин курдук
Эрилкэй хараҕынан
Эргиччи көрө түспүтэ, Уораҕайа биллибэт
Орду буолан биэрдэ,
Иҥнэстибэт тирээбиллээх,
Туллаҥнаабат тулааһыннаах,
Өҕүллүбэт өһүөлээх
Модьу баараҕай баҕаналар
Бэйэ-бэйэлэриттэн тутуһан
Оһуордаммыт эбиттэр.
Ураһа ортотугар
Симии оһох умайан
Кыһыл чоҕунан ыһыахтанан
Кытыаста умайа турар эбит.
Байыстаан тойон оҕонньор
Оһоҕун иннигэр уокка көхсүнэн
Угуттана олорор эбит.
Уолан Дохсун бухатыыр
Лиһир-лиһир үктэнэн
Супту хааман тиийэн
Сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн,
Хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан
Үс төгүл тоҥхох гынан баран
Дорҕоонноохтук дорообо диэтэ.
Онуохаҕа Байыстаан тойон оҕонньор
Оргууй аҕай эргиллэн
Уоттаах сыты хараҕынан
Өтөрү-батары көрүтэлээн кэбистэ.
Онтон көхсүн этитэн баран,-
Эмээхсиэн, айан киһитэ
Утаппыта буолуо диэн,-
Соруйа олордо.
Хаҥас диэккиттэн оргууй аҕай
Уйгулаана хотун эмээхсин
Биэстээх оҕо саҕа
Улахан чорооҥҥо
Арыылаах кымыһы толору кутан
Быдьалытан аҕалан
Уолан Дохсун бухатыырга
Туттаран кэбистэ.
Биһиги киһибит обургу
Утаппыта оччо эбитэ дуу,
Биир тыынынан түһэрэн
Куолайын тыаһа куллурҕаан,
Көхсүн тыаһа киллиргээн
Барытын иһэн кэбистэ.
Онтон уоскуйан баран
Сирэйэ-хараҕа сырдыы түстэ.
Байыстаан тойон оҕонньор
Бэйэтинэн айгыстан туран
Орон бэрдин бэлэмнээн
Сиэтэн илдьэн олордон кэбистэ.
Ол кэнниттэн,
Байыстаан тойон оҕонньор
Кимтэн кииннээх киһи буолан,
Хантан хааннаах, туохтан тууралаах
Айыы киһитэ кэлэн
Айах атан, атах тэпсэн
Кэпсэтэр буоллаххына,
Суол киһитэ соруктаах буолуоҥ
Айан киһитэ аргыстаах буолуоҥ,
Сахалыы саҥаран, киһилии кэпсэтэн
Саныыр санааҕын тоҕо сүөкээн
Кэпсэтэн көрүөх эрэ диэтэ.
Онуохаҕа
Уолан Дохсун бухатыыр
Хантан сылдьарын, кимин-тугун
Тоҕо сүөкээн
Киһилии кэпсээн киирэн барда.
Мантан бэрт ыраах
Сайаҕас ыраас санаалаах
Далбардаах хотун ийэлээх,
Аһыныгас үтүөкэн майгылаах
Айыстаан тойон аҕалаах
Көстөөх сиртэн өрөкүйэн көстөр
Көмүс нэлим сиэллээх
Үүт кэрэ аттаах
Уоттаах батас оонньуурдаах
Уолан Дохсун диэн ааттаах
Айыы бухатыыра буолабын.
Үөһээ халлаан
Үрүт өттүгэр олохтоох
Үүс-аас бэйэкэлээх
Үрүҥ аар тойон этиитинэн
Одун хаантан оҥоһуулаах,
Дьылҕа хаантан ыйаахтаах
Орто ийэ дойдуга
Айыы аймаҕын көмүскүүргэ
Айыллан үөскээбит үһүбүн.
Ыллыктаах санаабын
Ындыы оҥостон
Сорунан кэлэн олоробун.
Тарбахтаах таарыйбатах,
Тыҥырахтаах тыыппатах
Эһиги көмүс күөрэгэйгитин
Күн Куону
Көрү-билэ кэллим.
Айыллан үөскээбит Ийэ дойдубар
Окко түспүт оҥоһуум,
Сиргэ түспүт сэрэбэйим
Күнүм
Киниттэн эрэ тахсар
Аналлаах сэгэрим буолуо диэн
Ыраахтан сураһан оҥостон кэллим,
Төлкөлөөх олоҕу түстүөхпүт диэн,
Соргулаах суолу саҕалыахпыт диэн
Сулуутун сураһа, халыымын ыйыталаһа
Кэлэн олоробун.
Онуоха,
Байыстаан тойон оҕонньор
Көхсүн этитэн баран
Аргыый аҕай
Айах атан ыллаан барда.


БАЙЫСТААН ТОЙОН ОҕОННЬОР.

Дьээ, буо, Дьээ, буо.
Сирэйгиттэн-хараххыттан
Тойонноон көрдөххө
Орто Ийэ дойдуну
Көмүскүүргэ аналлаах
Күүстээххэ холоонноох,
Быһыйга былааннаах
Киһи кэрэмэһэ эбиккин.
Биһиги кыыспытын Күн Куону
Аллараа дойду түөкүнэ
Уот Урбалдьын обургу
Ойох ылаары
Күүс өртүнэн күтүөттээбитэ
Ый отутус хонуга
Туолара буолла,
Аан Ийэ дойдуну
Атыйахтаах уу курдук
Аймаан ааһыам,
Күлэ-күлэ күлгүтүн ыһыам,
Ийэ сиргит ньуурун
Иэдьэгэй курдук ибили тэпсиэм,
Күдэн-таһаан оҥорон
Сир аатыттан таһаарыам диэн
Сааммыта быданнаата.
Онуоха
Эрили Бэргэн бухатыыр
Күннэри-түүннэри түбүккэ түһэн
Төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтин
Маныы-кэтии сылдьар.
Онон иирээннээх-иирсээннээх
Охсуһуу буолара буолла,
Онтон ыксаан уолбутун
Орто Ийэ дойдуттан
Күүс көмө буолаарай диэн
Эйиигин ыҥыттара ыыппытым.
Хата, ону бара
Дьолбут тосхойон эбитэ дуу
Аара көрсүһэн тиийэн кэллигит.
Хайдаҕын да иһин күөн көрсөн,
Күүс былдьаһан адьарай уолун
Ийэ сиртэн кыйдыах баар,
Ол кэнниттэн
Ийэ-аҕа сүбэтин булан
Күн Куо кыыспытын
Кэргэн биэриэх этибит,
Кырдьыга баран эттэххэ,
Күн-түүн оҕобут барахсан
Кута-сүрэ түһэн,
Санаа ыарыыта буолан
Эрэй бөҕөнү көрдө.
Аһыыр аһа ас буолбата,
Утуйар уута уу буолбата,
Өрүһүйдэххинэ
Эн эрэ өрөһүйүөҥ,
Быыһаатаххына
Эн эрэ быыһыаҥ диэн
Айманан көрдөһөн эрэбин.
Ол икки ардыгар
Хаҥас диэкиттэн
Уйгулаан хотун эмээхсин
Ыллыыр саҥата иһиллиннэ.
 
УЙГУЛААНА ЭМЭХСИН:

Дьээ,буо. Дьээ, буо.
Ийэ киһи сүрэҕэ
Уйан буолааччы,
Саныыр санаабын
Сааһылаан эттэхпинэ,
Ырааҕынан эргитэн
Ыйдаҥардан көрдөхпүнэ
Иэдээннээх
Охсуһуу араллаана
Саҕаланара буолла
Көмүскэс сүрэхтээх
Күн киһитэ буоллаххына,
Аһыныгас санаалаах
Айыы оҕото буоллаххына
Сүүспүттэн өйөс
Көмүс күөрэгэйбитин
Күн Куону
Алдьархайтан абыраа,
Абыраатаххына
Эн эрэ абырыаҥ диэн
Үҥэн-сүктэн көрдөһөн эрэбин.
 
Уолан Дохсун бухатыыр
Ити үлүгэрдээх көрдөһүүнү
Истэ-билэ турдаҕына,
Хаппаччы аана
Аһылла түһээтин кытары
Көрүөхтэн эриэккэс
Кыталык курдук кынталдьыйан
Кыыс оҕо кылааннааҕа
Тоҕус былаас
Долгулдьуйар уһун суһуохтаах
Күн Куо барахсан
Кустук курдук куоһанан
Аргыый тахсан кэллэ.
Кыыс оҕо барахсаны
Эргиччи одуулаан көрдөххө,
Икки хара киис
Атахтаһа сыталларын курдук
Хойуу хаастаах эбит,
Хап-харанан
Арылыччы көрбүт харахтаах эбит,
Тахсан эрэр
Күн саһарҕатын курдук
Имнээх эбит,
Быһатын эттэххэ,
Таҥас бүтэй бүлтэрэ көстөр,
Бүлтэс бүтэй силиитэ дьалкылдьыйар
Кыыс оҕо кэрэмэһэ эбит.
Уолан Дохсун бухатыыр
Сүрэҕэ толугуруу мөхсөн
Сыалыһар быарыныы сылаанньыйан
Тылыттан матан
Саҥата суох таалан турда.
Күн Куо барахсан
Кубалыы долгуйа устан
Уолан Дохсун бухатыырга
Сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн,
Хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан
Сүгүрүс гынна,
Ол кэнниттэн
Соннук диэн тойуктаах,
Саманнык диэн ырыалаах
Турбута үһү.
 
КҮН КУО:

Дьээ, буо. Дьээ,буо.
Эдэр бэйэм долгуйан
Айманан эрэбин,
Кутум-сүрүм тохтон
Сүҥ харан ылабын,
Ол тоҕо диэтэххинэ
Айыллан ананан үөскээбит
Орто Ийэ дойдуга
Анаммыт бэйэбин
Аллараа дойду
Аартыгын арыйан
Уот Урбалдьын обургу
Уоран-талаан
Алдьатан барара буолла.
Кыыс оҕо дьолум
Тарпыта эбитэ дуу,
Төлкөм түстэнэн
Бэйэҕинэн илэ кэлэн
Санаабын көтөҕөн
Үөрүүбүн үрдэттиҥ.
Кырдьыга баран эттэххэ,
Кимим кэлэн
Көмүскүөй-хараһайыай диэн
Санаалаах этим,
Күн-ый буолан
Алдьархайтан араҥаччылаа,
Ол курдук
Кэскилбит кэхтибэтин диэн
Аймана турабын.
Итини истэн баран
Уолан Дохсун бухатыыр
Хап-сабар
Күн Куо иннигэр
Тобуктуу түстэ,
Ханнык да хараҥа күүс
Сабардыа суоҕа,
Кырдьык кыайар аналлаах,
Өрөгөйдүүр тускуллаах диэн
Ойон туран
Күн Куону илиититтэн
Ыксары тутан
Субу курдук тойуктаах буолбут.
 
УОЛАН ДОХСУН:

Дьээ, буо. Дьээ, буо.
Өлөр өлүү аана
Өҥөйөр күнэ буолла,
Ол эрээри
Иннинэн сирэйдээҕи
Инчэҕэй эттээҕи
Уу харахтааҕы
Утары көрдөрбөтөҕүм,
Билигин кэлэн
Кытаанах санаа киирэн,
Уодай хааммын киллэрэн
Хабыр хапсыһыыга
Хабырыйсар күнүм үүннэ.
Көмүс күөрэгэйбин
Күн Куо сэгэрбин
Өрөһүйэр аналлаахпын,
Аллараа дойду ааттааҕа
Уот Урбалдьын түөкүнү
Күүһүн-күдэҕин өһүлүөм,
Омуннаах уоҕун тохтотуом,
Элэк оҥостубут абатын
Ээҕин экчи этитиэм диэн
Кэскиллээх
Кэс тылы кээһэн
Андаҕарбын этэбин.
Күн Куо барахсан
Үөрүүтүттэн
Хараҕын уута таҕыста,
Кыбыстыбыттыы
Икки имэ тэтэрэн
Үөрэн-көтөн
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн
Кубалыы долгуйа устан
Хаппахча диэки хама турда.
Онтон
Байыстаан тойон оҕонньор,
Уйгулаана хотун эмээхсин
Ыраахтан кэлбит киһи
Сылайбытыҥ буолуо диэн
Сынньан диэтилэр.
Уолан Дохсун бухатыыр
Үс түүннээх күн
Тэбэн да көрбөккө
Бэрт диэн минньигэстик
Утуйан уһуктан олордоҕуна,
Эрили Бэргэн бухатыыр
Ыксаан тыҥаан көтөн түстэ да,
Саманнык диэн саҥалаах буолла.



ЭРИЛИ БЭРГЭН:

Дьээ,буо. Дьээ, буо.
Аллараа дойду ааттааҕа
Уот Урбалдьын обургу
Айдаан бөҕөнү тардан эрэр,
Суорумньуһуттан
Үлтү көбүөлээн
Сарсыҥҥы күнү ааспакка
Аналлаах сэгэрбин
Күн Куону сүгүннэрэр
Соруктаах тиийэн,
Мүөттээх тыл минньигэһин
Ыпсыытын ыпсаран ыбылы ылан
Ээхтэрин этитэн
Кэлиэххит үһү диэн
Кэлиилии кэбэ сытар.
Биһиги дьоммут ону истэн
Оҥостуу-сүпсүгүрүйүү
Түбүгэр түстүлэр,
Сүүс араас киһи
Сүбэтин ылынан,
Сыты өй күүһүн түмэн
Ким тулуурдаах ол
Кыайыы-хотуу үөрүүтүн
Өрөгөйүн биллин диэн
Бигэ санааҕа кэллилэр.
Эмискэ үлүгэр
Күнүнэн күлүмнүү турбут
Сырдык ыраас халлааҥҥа
Хараҥа ыаһырбыт былыттар
Халыйан сабардыы сүүрдүлэр,
Киҥкиниир
Киэҥ халлаан түгэҕэр
Сааллар уордаах этиҥ
Күһүгүрүү-күһүгүрүү
Ньиһирийэн-ньиргийэн
Суостаахтык тэлитэ тэптэ,
Уот курбуу чаҕылхҕан
Таҥнары саккыраата,
Силлиэ-холорук ытыллан турда,
Чыычаах сымыытын саҕа
Муус толон
Тохтоло суох түстэ.
Сир дойду барахсан
Ыыс-быдаан
Барык-сарык,
Бадыа-бүдүө буолла.
Сигилитэ алдьаммыт халлаан
Алын кырыытынан
Уулаах былыты олбох оҥостон,
Кубарыһа куурбут
Киһи уҥуоҕа симэхтээх
Кыаһаана халырдаан, дүҥүрэ түрбүйэн
Кус-хаас тойугу түһэрэн,
Өлүү-хаан тахсарын үөтэн
Итии хаан утахтаах,
Өһөх хаан аһылыктаах
Илбис кыыһа обургу
Иэнигийэн ааста.
Ол кэнниттэн
Абааһы уола адьарай
Омуннаахтык ойон туран
Охсуһар сэбин-сэбиргэлин
Оҥостубутунан барда,
Күүс-көмө буолар
Үөрүн сүүрүгүн муста,
Хаһыы-үөҕүү аҥаардаах
Үөһээ уоһа ордьоҥноон,
Алын сыҥааҕа ыллаҥнаан
Уһаан чорбойон үүммүт
Аһыыларын килэҥнэтэн,
Тылын былас түһэрэн
Соҕотох соххордоох
Соҕуруу уола
Чааскы саҕа хараҕынан
Өрө-таҥнары көрүтэлээн
Өттүк баттанан кэбистэ.
Утаакы буолбата
Дэгиэ курдук тыҥыраҕынан
Тарбаммахтаан ылла.
Ол кэннэ
Тугу эрэ толкуйдуурдуу
Уу дьулайын тутунна,
Үөһээ өртө саллайан,
Алын өртө суптуйан,
Тобуктаан сүһүөҕэ токуйан
Туохтан эрэ кыыһыран
Өрүтэ көтүөлээтэ,
Сир дойду ньиргийиэр диэри
Хаһыытаан тоҕу барда,
Күлэн күллэрэстээтэ.
 
УОТ УРБАЛДЬЫН:

Ар-дьаалы. Аат-татай ини оҕолоор.
Орто дойду ааттааҕа
Туллар тутааҕа буолбут
Уолан Дохсун бухатыыр
Этэр тылым эгэлгэтин
Эккэр-хааҥҥар иҥэрэн,
Кулгаахтаах буоллаххына
Истэ-билэ сэргэҕэлээ.
Орто Ийэ дойдуга
Уруурҕаһар санаалаах
Күтүөт талыыта буолан
Ыыс-быдаан дойдуттан
Орҕостон тахсыбытым,
Күн Куо кыыһы
Ойох ылар аналлаах
Соруктанан кэлбитим.
Биир диэн бичиктээмэ,
Уон диэн ойуулаама
Иккиттэн биирбит буолуо.
Ол эбэтэр,
Айдаан-иирсээн саҕалана илигинэ,
Өлүү-сүтүү тахса илигинэ
Үтүөнэн туораан кулу диэн
Этириэс этэ турабын.
Уот Урбалдьын обургу
Өрө-таҥнары көрүтэлээн
Үүһүн таттаран күллэрэстээтэ.
Онуохаҕа
Биһиги киһибит
Лиһир-лиһир үктэнэн
Хаамыталаан ылла-
Оо, абаккам эбитин
Саҥарар саҥата кыһыытын,
Тумсун тууһа абатын диэн
Хабырынан ылла,
Хахай хаанын киллэриннэ,Былчыҥа быыппаһынна.
Онуоха эбии сэтэрэн
Силлиэ-холорук турда,
Эрэй-буруй эҥэрдэһэрэ
Эргийэн кэллэ,
Алдьархай аана аһылынна,
Иэдээн төрдө саҕаланна,
Орто Ийэ дойду
Айманара буолла,
Иэдээн ырыа аргыстаах
Илбис кыыһа обургу
Субай хаанынан суунуом,
Өһөххө бөтө бэрдэриэм диэн
Ыллаан-туойан ааста,
Хаанымсах хара суордар
Хааҕырҕаһа көттүлэр,
Уолан Дохсун бухатыыр
Абааһы уолугар ойон тиийдэ.
Чэй, эрэ, нойон,
Буор сирэй, бурҕалдьы сото,
Тыыҥҥын иһиллии,
Иэҥҥин хастыы, ээххин этитэ,
Тумсугун тура,
Уҥуоххун урусхаллыы
Оҥостон кэллим.
Сэп барда сэрэн,
Сэрэппэккэ сиэтэ диэн
Хомойо хоргута сылдьыаҥ.
Онуохаҕа
Аллараа дойду ааттааҕа
Абааһы уола адьарай –
Нойон, түксү болҕой,
Хаалары баран саҥарыма,
Мин да ыар ындыы
Буоларым буолуо диэн
Өрө көтө түстэ,
Суоһуран суодаллан туран
Хабарҕата хайдыаҕынан
Үүгүлээн сатарытта,
Өттүк баттанан
Быһыы-таһаа тутунна
Тоҕус уон бууттаах
Чомпой сүлүгэһинэн
Салгыны хайыта дайбаамахтаата.
Маны көрөн туран
Олуһун уордайан
Уолан Дохсун бухатыыр
Тулуйарыттан ааһан
Уун-утары көрсө түһэн,
Уот Урбалдьыны
Уу дьулайа манан буолуо диэн
Чомпой сүлүгэһин ылан
Кулаабытынан барда.
Адьарай уола бара
Ааһар былыт курдук
Албастаах эбит,
Куотар былыт курдук
Кубулҕаттаах эбит –
Онно мэлэкис,
Манна мэлэкис,
Итиннэ элэкис,
Сыыһа—халты
Харбатар идэлээх эбит.
Биирдэ көрдөҕүнэ
Иннигэр бэриҥниир,
Иккиһин көрдөҕүнэ
Кэннигэр барыҥныыр,
Үсүһүн көрдөҕүнэ
Ойоҕос өттүнэн
Элэҥнээн ааһар эбит.
Быһатын эттэххэ
Таам-татакай курдук
Таба туттарбат
Таабырыннаах эбит.
Уолан Дохсун бухатыыр
Кыыһыран уордайан туран
Абааһы уолун уу дьулайын
Тоҕута сынньан барда.
Хайа хайалара даҕаны
Эт-эттэрэ ыалдьан
Эттэспитинэн бардылар,
Сытайан туран
Сынньана-сынньана
Сынньыспытынан бардылар.
Икки өртүттэн
Охсуһуу омуннааҕа буолла,
Харыларыттан ылсан
Халбарытыһан бардылар,
Үрүт үөһэ
Үөгүлэһэ-үөгүлэһэ
Өттүктэһэн ыллылар.
Онтон уолуйан
Абааһы аймахтара
Ый-хай түһэрэн
Онно-манна
Хахха сири булан
Куотар аакка түстүлэр.
Күөҕүнэн чэлгийэ турбут
Сир ньуурун
Иэдьэгэй курдук ибили тэбистилэр,
Оту-маһы
Үлтү күөрэлээтилэр,
Ириэнэх буору иэччэхтэригэр диэри
Ибили түстүлэр,
Тоҥ буору тобуктарыгар диэри
Тоҕу үктээтилэр
Орто Ийэ дойду
Атыйахтаах уу курдук
Айманара буолла,
Сибиэhэй салгына
Ыыс-дьаар сытынан тунуйда.
Таас хайа үрдүгэр тахсаннар
Уоскуйбакка туран охсустулар,
Үктэнэн ааспыт сирдэриттэн
Тиҥэhэ кунан ханнын саба
Дэриэспэ таастар үлтүрүтэ баран
Аллараа диэки тыаhаан-ууhаан
Таҥнары түhэ турдулар.
Уордаах охсуhуу уораана
Силлиэ-холорук буолан
Ытыллан турда,
Орто аан дойду
Күдэн-таhаан буолан
Сабыллан барда.
Алдьархайдаах охсуhууттан
Сыа бэйэлэрэ сындалыйда,
Эт бэйэлэрэ эhиннэ,
Күүс-күдэх быстан
Сэниэлэрэ эстэн,
Күн туллара,күhэҥэ быстара
Иэдээнэ буолла.
Омуннаах охсуhуу буолбута
Ый отутус эргэтигэр
Икки өртүттэн
Сүүстэриттэн өйөhө,
Сарыннарыттан тайанса,
Тарбахтарыттан
Тардыhа сылдьан
Утарыта анньыhа түhэн,
Икки аҥы «кур» гына
Ийэ буорга төкүнүhэн
Тыастаахтык сууллан түстүлэр.
Кэмниэ-кэнэҕэс
Уолан Дохсун өйдөнөн
Хараҕын кырыытынан
Өйдөөн –дьүүллээн көрдөҕүнэ
Уот Урбалдьын адьарай
Аҕыс ойоҕоhо ааҕыллан
Адарай орон маhыныы
Ардьыгынаан көhүннэ,
Көхсүн тыаhа күрдүргээн
Сыккырыыр эрэ тыына
Бырдыргыы сытта.
Биhиги киhибит обургу
Холун этин таттаран,
Эриличчи көрбүт харахтара
Ирим-дьирим буолан
Сырдыкка-хараҥаҕа киирэн,
Эмиэ да өйдөнөн
Икки кулгааҕынан иhиттэҕинэ,
Иэйэхситтээх илин халлаан
Алын кырыытын диэкки
Ырыа дуораана иhиллэн иhэн
Эмискэ сүтэн хаалла.
Онтон
Өр-өтөр буолбата
Кылбаа маҥан кынаттаах,
Кырыылаах тумустаах,
Кырааскалаах атахтаах
Кылбараҥ бэйэлээх
Кыталык кыылым барахсан
Кырыымпалыыр куолаhын
Кыҥкыта тардан,
Үс төгүл эргитэн
Кырдал сир үрдүгэр
Кындас гына түстэ,
Үҥкүhүс-күөлэhис гынаат
Кыыс оҕо кылааннааҕа буолан,
Урааҥхайдыы уруйдаан,
Киhилии кэпсээн,
Сахалыы саҥаран
Киирэн барда.
 
КЫТАЛЫКЧААНА:

Дьээ,дуу,дьээ,дуу, биэбэйиэм.
Орто дойду дьоно
Уолан Дохсун бухатыыр
Алдьархайга түбэhэн,
Очурга оҕустаран,
Тэхтиргэ тэптэрэн
Иэдэйдэ дуу диэн
Уhун толкуйга түстүлэр,
Барбыта да быданнаата,
Эргиллэр кэмэ буолла диэн
Кэтэспиттэрэ ыраатта,
Хайдаҕын да иhин
Төрөөбүт төрүт буоруҥ
Тардыылаах дэhэллэр.
Аҕыс салаалаах
Аал-Луук мас
Алла турар
Араҕас илгэтиттэн,
Сүллүргэччи сүүрүгүрэ турар
Үрүн сөлөҕөйүттэн
Анды сымыытын саҕа
Өлбөт мэҥэ уутун
Хабахха кутан аҕаллым,
Энчирэппиккин эмтэнэн
Бааhырбыккын оhорон
Урукку чөлгөр түhээр.
Сороҕун айаҕар кутан
Иhэрдэн кэбистэ,
Ол кэнниттэн
Эдьэҥ иэйэхсит эҥэрдэстин,
Ахтар айыыhыт арыалластын,
Алгыс курдук сылдьан
Сааныылааххын самнаран,
Өстөөххүн өhөрөн
Орто Ийэ дойдуга
Этэҥҥэ эргиллээр,
Хантан хааннаах,
Кимтэн кииннээх
Кыыс оҕо кылааннааҕа
Кэлэн барда диэмэ,
Сиргин-уоккун буллаххына
Токколоhон билиэҥ,
Ситигирдик,
Кыталык кыыл буолан
Кыырай халлаан аннынан
Кылбаҥныы көтө турда.
Уолан Дохсун обургу
Өссө уоҕа киирэн
Күүhүрэн турда-
Төрөөбүт төрүт буорум
Тардыылаах эбиккин,
Үҥэр үрдүк айыыларым
Сырдык күнүм сыдьаайа
Күүс көмө буоллугут.
Арай ол туран,
Эргиччи көрө түспүтэ
Уот Урбалдьын обургу
Суола сойбут,
Суоҕун курдук суох эбит.
Оо,абаккам,
Сирдээн да тимириэҥ суоҕа,
Халлааннаан да көтүөҥ суоҕа,
Ириэнэх суолгун ирдиэм,
Тоҥ суолгун тордуом диэн
Саҥалаах турдаҕына,
Үрдүк мэҥэ халлаан
Алын кырыытынан
Үс хос бастаах
Моҕой кыыл сабардаан
Көтөн иhэр эбит.
Аанай-туонай абам эбитин,
Ааhар былыт албына,
Куотар былыт кубулҕата
Ханна куотар үhүгүн диэн
Өттүгүттэн
Уоттаах сытыы батаhын
Өрө күндээрдэн
Сулбу ойутан таhааран
Салгыны хайыта сырбатта.
Ол икки ардыгар
Үс бастаах моҕой кыыл
Сиргэ түhээт да
Үнкүрүс-күөлэhис гынаат
Уот Урбалдьын обургу
Илэ бэйэтинэн буола түстэ.
Сити курдук,
Көрсө түстүлэр да
Бэйэ бэйэлэрин
Эттэспитинэн бардылар,
Үөгүлэhэ-үөгүлэhэ өтөрү батары
Түhүспүтүнэн бардылар,
Ол курдук,
Охсуhа сырыттахтарына
Үөhээ халлаан урдуустара
Таҥнары өҥөйө сытан
Саҥа таhааран,айах атан
Орто Ийэ дойду
Сирин-уотун,отун-маhын
Илдьи тэпсэн,тоҕу кэhэн
Алдьатар иэдээҥҥэ кэлбит үhүгүт,
Тоҕус хаттыгастаах халлаан
Үрүт өртүгэр олохтоох
Үрүҥ Аар Тойон оҕонньор
Бэйэтинэн кыыhыран-уордайан
Илдьит-хоруй бөҕөтүн ыытта,
Өйү-төйү булунан
Охсуhууну ууратан
Тохтуоххут үhү.
Ону истибэт буоллаххытына
Мантан бэрт ыраах
Сымаланан оргуйа турар
Араат Байҕалга тиийэн
Охсуhуоххут үhү.
Онно ким кыайбыт
Баhылык буолуо үhү.
Итини истэн баран,
Охсуhууну уурата охсон
Үҥкүрүс-күөhэлис гынаат да
Уот Урбалдьын обургу
Үс баастаах моҕой кыыл буолан
Көтө турда,
Кини кэнниттэн
Уолан Дохсун бухатыыр
Өксөкү кыыл буолан
Батыhан көтөн истэ.
Ол курдук көтөн иhэннэр
Аллараа диэкки көрдөхтөрүнэ
Сир дойду барахсан
Күөх унаар буолан көhүннэ,
Кылыгыраспыт сыккыстар,
Үрүлүйбүт үрүйэлэр,
Күҥкүстээх үрэхтэр
Көстө түhэн ааhаллар,
Көмүс күн уотуттан
Күлүмүрдүү оонньообут
Көлүйэ күөллэр
Бытарыhа сыталлар эбит.
Сир ахсын өрөөбөккө
Хонук да хоммокко
Көтөн күпсүтэн истилэр,
Ол курдук өр-өтөр
Буолуохтара бара дуо
Ыйан ыыппыт сирдэрэ
Көстө түстэ.
Өйдөөн көрө түспүттэрэ
Икки
Туруук таас хайа
Уҥуор-маҥаар утары көрсөн
Суодаhан тураллар эбит.
Иккиэн икки анны
Очуос таас хайа
Оройун көрбүтүнэн эр биир
Олоро түстүлэр.
Үнкүрүс-күөлэhис гынаат
Илэ бэйэлэринэн буола түстүлэр.
Очуос хайа оройуттан
Чиркэччи тардыллыбыт илбистээх быа
Өрүү суола буолан
Эҥин-эҥинник лыҥкынаан
Ыар ынчык буолан иhилиннэ.
Аллараа Араат Байҕал
Үрүҥ сымаланан оргуйан
Өрө үллэҥнии сытар эбит,
Ардыгар иҥсэлээхтик
Өрүтэ оргуйан түллэн
Уордайан кыыhыран
Суорба таас хайа сирэйин
Сарбыта сынньан ылбахтыыр,
Күүhүрбүт-уоҕурбут долгуннар
Өрүтэ көтүөлээн
Кытыыга охсуллан
Абарбыттыы төттөрү тэйэллэр,
Ол курдук Араат Байҕал
Сымаланан өрүтэ ыhыахтанан
Кытыаста кыынньа
Өрүтэ түллэҥнии сытта.
Уолан Дохсун бухатыыр
Дьэ холкутугар түстэ,
Одун хаан оҥоhуута,
Дьылҕа хаан ыйааҕа
Маннык эбит буоллаҕа диэн
Санаан эрэ кэбистэ.
Уҥуоргу хайаттан
Уот Урбалдьын обургу
Үөhүн таттаран алларастаата,
Саҥарбыт саҥата
Сата буолан сатараата,
Хаhыытаабыт хаhыыта
Ой дуораана буолан дуораhыйда.
Самалык буолаарай диэн
Саманнык саҥалаах буолла.
 
УОТ УРБАЛДЬЫН:

Ар-дьаалы ньии,оҕолоор.
Өлөр хаалар
Күн тирээн кэллэ.
Хаарыан эппитин сэймэктэhэн
Охсуhан эрдэхпит,
Орто Аан Ийэ дойдуга
Орҕостон тахсан
Күн Куону ойох ылан
Уруурҕаhар санаалаах
Олохпун оҥостон
Олоруох буолбутум,
Ону баара
Орто дойду ааттааҕа
Уолан Дохсун бухатыыр
Мэhэй-тэhэй буолан
Былдьаhан эрдэҕин.
Нойоон,эрдэтинэ сэрэтэбин
Хоолдьука уол оҥостуом,
Онно-манна сылдьар
Сорук боллур буолуоҥ.
Кэргэҥҥэ наадыйар буоллаххына,
Маанылаах бастыҥ балтыбын
Ойох ылыаҥ буоллаҕа.
Онон,
Мин олохпун аймаама,
Эппит тыл биир,-
Сити кэнниттэн
Ыадакыс гына түстэ,
Өрүтэ ыстаҥалаата,
Ыйа-хайа суох
Күлэр икки ардынан
Хаhыытаан тоҕо барда.
Биhиги киhибит абаран
Олуhун диэн уордайда,
Ол эбит буоллаҕына
Иккиттэн биирбит буолуо диэн
Кыыhыран тымтан турда,
Хабырынан хачыгыратта.
Чэй эрэ, нойон,
Туруоҥ дуо,
Чэгиэн эти сэймэктэhэн,
Кыа хааны тохсон
Охсуhан көрүөх,
Тумсугун тууруом,
Уҥуоххун тоhутуом
Үөн-күрдьэҕэ гынан
Эккин-хааҥҥын ыhан
Ый күдэн ыhыаҕа оҥоруом,
Эргиллибэт сиргэр ыытыам,
Тоҕо туохтан саатан
Буордаах сирэйгин кистээтиҥ,
Бэттэх кэлэ тарт,
Халбас хара быатын миинэн
Халбарыйсан көрүөх,-диэн
Уолан Дохсун бухатыыр
Лиhир-лаhыр үктэнэн тиийэн
Халбас хара быатын
Миинэн кэбистэ.
Суола-суодала киирэн
Уот Урбалдьын адьарай
Арсыын тииhэ килэҥнээн,
Дэгиэ тыҥырахтарынан
Таакыр-тыыкыр тарбанна,
Өттүгүн охсунан баран
Ыйа-ыйа
Күлэн алларастаата.
Уҥуоргу очуос хайаттан
Хатыс быа устун
Таҥнары ыhыктынан кэбистэ,
Уун-утары көрсүhээт
Тунайдаспытынан бардылар.
Дьэ,манна буолла эбээт
Ким уйана-хатана биллэрэ,
Аллараа дойду ааттааҕа
Киhиргэhэ дэлэ дуо,
Сулбу ойон туран
Оройго охсобун диэн
Сыыhа-халты туттан
Быа икки өртүнэн
Иҥнэҥнээн эрдэҕинэ
Уолан Дохсун бухатыыр
Сыыhа туттуо баара дуо,
Кыыhыра түhэн баран
Уот Урбалдьын обургуну
Аҕыс ойоҕоhун көҥү охсон
Сууhаран түhэрдэ.
Абааhы уола Уот Урбалдьын
Кыламмытынан
Ытаан-соҥоон айманан
Ый-хай бөҕөтүн түhэрэн,
Үрүҥ күүгэнинэн алла
Оргуйа турар сыламаҕа
Төбөтүн оройунан
Түhэн истэҕинэ,
Икки саhаан холобурдаах
Балык аарымата хаба ылан
Тыыннаахтыы ыйыстан кэбистэ.
Уолан Дохсун бухатыыр
Саргыта салаллан,өрөгөйө үрдээн
Очуос тааска төннөн
Уоскуйан олорунан кэбистэ.
Ол олорон,
Аналлаах атын ыҥырда,
Өр-өтөр буолбата,
Ат туйаҕын тыаhа иhиллэн
Кэлэргэ дылы гынна,
Ат сылгы барахсан
Көмүс нэлим сиэлэ үрэллэҥнээн,
Оҥочо куйаар кутуруга субуллаҥнаан
Аналлаах иччитин иннигэр
Хорус гына түстэ,
Дьөhөгөй оҕото барахсан
Тыбыыран ылла,
Киhилии кэпсэллээх,
Сахалыы саҥалаах
Буола турда,-
Аhанньаа,аhанньаа.
Аналлаах иччим
Уолан Дохсун бухатыыр
Өстөөххүн өhөрөн,өрөгөй үрдээн,
Сааныылааххын самнаран,
Саргыҥ салаллан
Үҥэр-сүктэр күнүҥ
Иккистээн таҕыста,
Орто Аан Ийэ дойду
Уруйа улаатта,
Аймах-билэ дьонум
Айхала арылынна,
Аччыгый сааскыттан анаммыт
Холоонноох сэгэргин
Күн Куону сүгүннэрэн илдьэр
Аламай маҥан күнүҥ үүннэ,
Айбыт тойон аҕаҥ
Иэйэхситтээх хотун ийэҥ
Күүтэн күннэрэ уhаата,
Орто дойду дьоно
Кэтэспиттэрэ быданнаата,
Чэй эрэ,тургэнник
үрдүк мындаабар олорон,
үрүҥ былыты аннынан
Көтөр кынаттааҕар
Тургэнник айаннаан
Үтүө-мааны майгылаах
Байыстаан тойон оҕонньор,
Сырдык ыраас санаалаах
Уйгулаана хотун эмээхсин
Тэлгэhэлэригэр
Тиийэ охсуохха…
Дьөhөгөй оҕото барахсан,
Уотунан уhуутаан кэбиhээт
Өрө холоруктуу түстэ.
Уолан Дохсун обургу
Атын үрдүк мындаатыгар
Өксөкү кыыл курдук
«Хап» гына олоро түhээт,
Кымньыытынан «куус» гынаат,
Ахсым атын соруйан кэбистэ.
Сылгы оҕото барахсан,
Тыал курдук көтө турда.
Өр өтөр буолуо дуо,
Киирбэт күндэлэс күннээх,
Сайа охсор салгыннаах,
Хагдарыйары билэн көрбөтөх,
Күөҕүнэн чэлгийэ турар,
Быйаҥнаах күөх сайыннаах,
Улуу киэҥ сыhыы
Нэлэhийэн көhүннэ.
Уолан Дохсун
Бастыҥ маанылаах сэргэҕэ
Ата хорус гынаат
Тохтуу түhээтин кытта,
Атыттан ыстанан түстэ.
Үүн тиэрбэhин курдук
Эрилкэй икки хараҕынан,
Тула өртүн
Одуулаан көрөн баран-
Оо,аатырыан аатырбыт,
Сураҕырыан сураҕырбыт дайды эбит.
Ол кэнниттэн,
Халыҥ дьиппиэн куйаҕын
Хастыы тардан,
Саатын-саадаҕын,
Сэбин-сэбиргэлин
Биир сиргэ сайбалыы
Чөмөхтүү ууран кэбистэ.
Онтон туран,
Сулбу хааман тиийэн,
Хоhоон курдук хоhуллубут,
Ырыа курдук ыпсарыылаах,
Оhуор-ойуу бичик аспыт
Сандалы маҥан ааны
Арыйа тардаат,
Ураhа иhигэр көтөн түстэ.
Манна даҕаны
Инчэҕэй эттээх
Иэҕэйэр икки атахтаах,
Тыынар тыыннаах
Баара көстүбэтэ.
Ураhа хаба ортотугар,
Симии оhоххо
Уот бөҕөтө оттуллан,
Кыhыл чоҕунан ыhыахтанан
Кытыаста умайан
Күлүбүрүү турар эбит.
Уоскуйа таарыйа,
Уолан Дохсун бухатыыр
Уҥа ороҥҥо тиийэн
Олорунан кэбистэ.
Сылайбыта-сындалыйбыта
Бэрдэ эбитэ дуу,
Сылааска киирэн,
Сылаата таайан,
Көхсө сылыйан
Утуктаан барда,
Сытан утуйан хаалла.
Арай,доҕоор,
Уутун быыhынан иhиттэҕинэ,
Ыраах ханна эрэ,
Киhи саҥатын дуораана
Иhиллэргэ дылы гынна.
Уолан Дохсун соhуйан,
Сулбу ойон тураат,
Сытыы уоттаах хараҕынан
Тула өртүн эргиччи
Одуулаан көрө түспүтэ,
Байыстаан тойон оҕонньор
Симии оhоҕун
Тигинэччи оттон баран,
Аал уотун иннигэр
Сөhүргэстээн олорон,
Алгыс бөҕөтүн этэн,
Алҕаан аҕай эрэр эбит,-
Тымтык мас саҕаhалаах,
Курун мас аhылыктаах,
Үөл мас үтэлээх
Аал уотум иччитэ,
Алаhа дьиэбит араҥаччыта,
Итии салгын тыыннаах,
Кыhыл чох сыттыктаах,
Күл-көмөр суорҕаннаах,
Кыырык төбө,
Бырдьа бытык,
Уоттаах харахтаах
Аан Уххан тойон эhэбит,
Бэттэх көрөн мичик гын,
Антах көрөн күлүм аллай.
Күөх уотунан күөмэйдээн
Күндүлээн эрэбин.
Айыы хаан аймаҕын
Амтаннаах ас үрдүн арыйан,
Арыылаах алаадьыннан
Айах тутан аhатан эрэбин.
Сирилий-бурулуй,сирдьигинээ,
Эмис сылгы сыатынан
Эмсэхтэтэн эрэбин.
Үөр-көт күлүмнээ.
Үрүҥ сылгы сиэлинэн
Сыт таhааран
Үтэлээн эрэбин.
Аал уотум иччитэ,
Үс бараа күлүккэр үҥэн,
Көрдөhөн-ааттаhан эрэбин.
Киэҥҥэр кистээ,кыараҕаскар кыбыт.
Орто туруу бараан дойдубут
Саргыта самныбатын,
Кэскилэ кэҥии турдун.
Уу харахтаах утары көрбөтүн,
Сытыы тыллаах быhа эппэтин,
Бар дьонум үөрүүтэ
Өрөгөйдүү туруохтун.
Уруй буоллун,
Айхал буоллун-диэн
Үҥэ-сүктэ алҕаатаҕым буоллун.
Уолан Дохсун бухатыыр
Супту хааман тиийэн,
Байыстаан тойон оҕонньорго
Дорҕоонноохтук «Дорообо» диэт,
Үс төгүл сүгүрүс гынна.
Онуоха,
Байыстаан тойон оҕонньор
Үөрүүтүттэн,
Өрө көтө түстэ.
Тугу эрэ чинчилиирдии
Өтөрү-батары көрөөт,
Түргэн үлүгэрдик
Саба түhэ сытан-
Уолан Дохсун бухатыыры
Хамсаабакка,
Хам кууhан ылан,
Сүүhүттэн тохтоло суох
Сырылаччы сыллаата.
Сити кэнниттэн
Ситэритин ситэрэн,
Уолан Дохсун бухатыыр
Ис иhиттэн
Иэйэн-куойан,
Саманнык диэн саҥалаах,
Соннук диэн сонуннаах
Ыллаан киирэн бардаҕа.
 
УОЛАН ДОХСУН:

Көр бу,көр бу,көр бу.
Эриирдээх-мускуурдаах
Түhүүлээх-тахсыылаах
Охсуhууну түмүктээн,
Кыайыы-хотуу кынаттаах,
Өрөгөйүм үрдээн,
Эргиллэн кэллим.
Алдьархайдаах
Аллараа дойду ааттааҕын
Күлүк харбатар-
Уот Урбалдьын түөкүнү
Күүhүн-уоҕун тоhутан,
Кыаҕын ылаары-ылан
Эргиллибэт сиригэр
Араат Байҕал түгэҕэр
Төбөтүн оройунан
Таҥнары ыытан кэбистим.
Ахтылҕаннаах
Аан Ийэ дойдум
Айгыраабатын туhугар
Айыллан үөскээбит эбиппин.
Дьылҕа Хаан ыйааҕынан,
Одун Хаан оноhуутунан,
Орто дойдуга аналлаах,
Кэпсэтии быhыытынан,
Күн Куо кыыскытын,
Кэргэн кэпсэтэн
Кэскиллээх олоҕу тэринээри,
Ыал буолан,
Унаар буруону субутан,
Дьоллоох олоҕу оҥороору
Урааҥхай саханы ууhатаары
Кэс тылбын этээри,
Саныыр санаабын сорук оҥостон
Сорунан кэллим.
Онон
Айбыт тойон аҕата,
Күн күбэй ийэтэ
Тура-олоро сыаналаан,
Уhуну-киэҥи ыраҥалаан,
Соргулаах олохпут төлкөтүн
Түстээн кулуҥ диэн
Көрдьөhөн эрэбин.
Ол икки ардыгар,
Арай эмискэ доҕоор,
Хантан кэлбитин көрбөтүм,
Кэпсэтиини истибитэ дуу,
Иэйэхситтээх,-
Уйгулаана хотун эмээхсин
Ситэритин ситэрэн
Саныыр санаатын
Тоҕо сүөккээн,
Кутан-симэн кулуhутан
Ырыаннан кэпсии турдаҕа.
 
УЙГУЛААНА ЭМЭЭХСИН:

Дьээ,буо,дьээ,буо.
Көрүөх билэ дьонноруом,
Көҥүл олох далбараҥар
Күөлэhийэн үөскээбит
Күҥҥэ эрэ көрбүт,
Күндүттэн күндү оҕобутун,
Көмүс түөстээх күөрэгэйбитин
Күн Куо кыыспыт,
Көбүөр бэрдэ хонуулаах
Күөх сирэмҥэ
Күөлэhийэн үөскээбит,
Көнчөх буолан көтөөрү,
Кийиит буолан сүктээри,
Киэмсийбэккэ туттан,
Кэрэмэстиирэ бэйэтэ
Кэлэ-бара кустуктанан
Көмүс ньэккэ уйатыттан,
Алаhа дьиэтиттэн арахсан,
Атын омук анала буолан
Айанныыр күнэ үүннэҕэ.
Ийэ киhи сүрэҕэ
Уйан буолааччы,
Аналлаах сэгэргин
Атаҕастыыр эрэ буолаайаҕын,
Дурда-хахха буолан,
Ыал аатын ылынан,
Унаар буруону субутуҥ.
Уолбат-чөҥөрө чүөмпэ буолан,
Уйгу-быйаҥ олохтонуҥ диэн
Ытык тылбын этэбин.
Сити курдук,
Ыллаан бүтээтин кытта,
Хаппахчы аана
Тэлэллэ түhээтин кытта
Күн Куо барахсан,
Куба курдук устан,
Оргууй аҕай дугуна хааман
Уолан Дохсун бухатыырга
Үс төгүл сүгүрүс гынаат
Ыллаан киирэн бардаҕа.


КҮН КУО:

Дьээ,буо,дьээ,дуу.
Оҕо эрдэхпиттэн,
Аналлаах чугас доҕорум
Орто дойдуга олохтоох,
Далбардаах хотун диэн ийэлээх,
Айыстаан тойон диэн аҕалаах
Уолан Дохсун бухатыыр диэн
Уол оҕо анала үһүбүн.
Айбыт тойон аҕам,
Күн күбэй ийэм
Кэпсиир буолаллара.
Онон саргыбыт салаллан,
Өрөгөйбүт үөһээ күөрэйэн,
Иккистээн,
Төрөөбүт курдук сананан,
Кэскилбин тэринэр,
Ыал буолар ыра санаалаах,
Үөрэ-көтө сылдьабын.
Өлүү-хаан аанын
Мүлчү көтөн
Дьолбут тосхойдо,
Үөрүүбүт үрдээтэ.
Атын омук анала буолан,
Көҥүллүк күөлэһийэн үөскээбит,
Ойон ааспыт оҕо сааспар,
Ытык Ийэ буорбуттан арахсан,
Барар кэмим кэллэҕэ.
Аҕалаатар аҕаккаам,
Ийэлээтэр ийэккээм,
Алгыс бөҕөнөн арчылаан,
Айхаллаан атаарыҥ диэн
Ааттаһа-көрдөһө турабын.
Ол кэнниттэн,
Ыллаан бүтээт да
Аналлаах доҕорун,
Уолан Дохсун бухатыыр
Халыҥ киппэ түөһүгэр
Хам сыста түстэ.
Биһиги киһибит обургу
Нохтолоон тойон сүрэҕэ
Толугуруу мөҕүстэ.
Хайгыалаах хара быара
Хамсаан ыларга дылы гынна.
Күҥҥэ көстүбүт сэгэрин,
Күн Куону кууһан туран
Үөһээ уоһуттан,
Үс хамыйах хаан
Оҕуолуор диэри
Алын сымыһаҕыттан,
Алта хамыйах хаан
Оҕуолуор диэри уохтаахтык убураата
Сытыытык сыллаата.
Эдэр дьон барахсаттар,
Эттэрэ-хааннара аһыллан,
Уоскуйан,
Өрө тыына турдулар.
Онтон туран,
Уоллаах кыыс сиэттиһэн
Хаамсан бара турдулар.
Оҕонньордоох эмээхсин
Үс төгүл үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Киирии-тахсыы
Сыыдамсыйан барда.
Барыы - кэлии
Түбүгэ буолла.
Оҥостуу – тэринии
Түрбүөнэ саҕаланна.
Онтон-мантан
Муста охсон,
Оторой-боторой уолаттар,
Тылбык-илбик көрбүт
Сыһыгыраспыт кыргыттар
Өрүт-үөһэ өрөкүйэн,
Кэпсэтии-ипсэтии
Үксээн барда.
Сээркээн сэһэнньит
Сэһэнэ аһыллан,
Кэпсээн эрдэҕинэ,
Соһуччу үлүгэр
Үөрүү-көтүү ортотугар
Эрили Бэргэн бухатыыр
Баар буола түстэ.
Тула өртүн
Эргиччи көрөн баран,
Күтүөппүт киһи
Ханна барбытай диэн
Ыйыталаһар киһи буолла.
Оччотугар,
Сахалыы саҥаран,
Киһилии кэпсэтэн,
Үүннээх-тэһииннээх
Үтүө-мааны тылын
Истиэх этибит диэтэҕэ.
Онуоха,
Уйгулаана хотун эмээхсин
Сындыл наҕыл куолаһынан,-
Тоойуом,Уолан Дохсун
Сылайан-элэйэн,
Сынньана сытар.
Балтыгын кытта сөбүлэһэн,
Күн Куолуун
Илии охсуһан
Бүтэн тураллар.
Сарсыҥҥы
Саҥа күн үүнүүтэ,
Барардыы оҥосто сылдьаллар.
Итини истэн баран
Эрили Бэргэн обургу
Олус диэн долгуйан,
Ыллаан киирэн бардаҕа.
 
ЭРИЛИ БЭРГЭН:

Дьээ,буо,дьээ,буо.
Бургунас ынах муоһун курдук
Дьүөлэһэн үөскээбит
Аччыгый балтым Күн Куо
Алаһа дьиэтиттэн арахсан,
Атын сир анала буолан,
Кийиит кыыс аатыран
Сүктэр күнэ үүннэ.
Былыттаах халлааҥҥа быкпатах,
Күннээххэ көстүбэтэх,
Күн Куо балтым,
Уолан Дохсун бухатыыр
Аналлаах доҕоро буолар
Үөрүүлээх күҥҥэр,
Арыалдьыт уол буолан,
Аргыстаһыах этим.
Ол курдук,
Орто Ийэ дойдуну
Өҥөйөн көрдөхпүнэ
Сатанар буолла.
Ол дойду
Дьонун-сэргэтин кытары
Билсэн-көрөн кэлиэх баара.
Ол табыллар буоллаҕына
Күн сирин күүстээҕэ-
Уолан Дохсун бухатыырдыын,
Сахалыы саҥа таһааран,
Киһилии кэпсэтэн
Көрүөх баара.
Мин баҕа санаам-
Үйэ саас тухары
Ил-эйэлээх буолуҥ.
Оҕо-уруу төрөтөн,
Үс саханы үөскэтиҥ,
Түөрт саханы төрүттээҥ,
Уһун буруону субуйан,
Киһи,сүөһү төрдө буолуҥ.
Иэйэхсит эҕэрдэстин,
Айыыһыт арыалластын.
Онтон туран,
Байыстаан тойон оҕонньор
Салгыы саҥаран барда,-
Күҥҥэ эрэ көрбүт
Көмүс түөстээх күөрэгэйбит,
Күн Куо кыыспыт,
Хорсун үтүө санаалаах
Уолан Дохсун бухатыырдыын
Барар буолла.
Онон убайдаатар убайа
Бэйэтин баҕа өртүнэн,
Эрили Бэргэн
Орто Ийэ дойдуга
Арыалдьыт уол буолан
Тиэрдиһиэх буолла.
Көмүс уҥуохпутун көтөҕөр,
Алтан уҥуохпутун араҥастыыр
Көрбүт эрэ соҕотох уолбут
Аймах билэ дьоҥҥунуун,
Айхалынан көрсүһэн,
Уруйунан олохтоһон
Дьол-соргу тосхойон
Этэҥҥэ эргиллээр.
Айан дьоно,
Сулбу-халбы хомуна охсон,
Уолан Дохсун бухатыыр
Күн Куону сиэтэн илдьэн
Аччыгый сааһыттан анаммыт,
Маанылаах атыгар
Мииннэрэн кэбистэ.
Көрүөх бэтэрээ өртүгэр
Уолан Дохсун бухатыыр
Атын үрдүк мындаатыгар
Хапсаҕайдык, «лах» гына олоро түстэ.
Онуохаҕа,
Тиэргэҥҥэ мустубут дьон:
Уруй буоллун!
Айхал буоллун!-диэн
Атаара хааллылар.
Уолан Дохсун бухатыыр,
Ахтылҕаннаах Аан Ийэ дойдум
Туһа манан буолуо диэн
Тус хоту тутан кэбиһээт,
Атын тиҥилэхтээн кэбистэ.
Аара тохтоло суох,
Сиэллэрэн сикситэн,
Күннэри-түүннэри күпсүтэн.
Тыалы кытта сырсыһан,
Силлиэни утары силэйэн,
Былыты быһа көтөн,
Ардаҕы аннынан айаннаан,
Тобураҕы утары көрсөн,
Тохтоло суох көтүтэн истилэр.
Төрөөбүт Ийэ дойдута
Сылаас тыынынан илгийэн,
Сүрэх-быар манньыйыах
Ахтылҕана билиннэ.
Орто Ийэ дойду барахсан
Нэлэһийэн көһүннэ.
Уолан Дохсун обургу,
Уолугунан өрүтэ уһуурбахтаан,
Үөрүүтүн-көтүүтүн биллэрэн,
Үөҕүлээн тоҕо барда.
Үөҕүлээбит саҥата дуораһыйан,
Сир Ийэ үрдүнэн,
Этиҥ буолан ньириһийдэ.
Онуохаҕа туран,
Айыы хаан аймахтара
Айманан тахсаннар,
Соһуйуу бөҕөтүн соһуйан,
Сайыҥҥы күн тахсыыта
Утары көрө түспүттэрэ,
Аттара сиэлиинэн астаран,
Аттаах дьон көтүтэн,
Айаннаан иһэллэр эбит.
Эдэрдиин-эмэнниин,
Эҥэрдэһэн тураннар,
Харахтарын дьүккэтэ
Ыалдьыар диэри
Манаһа-кэтэһэ турдулар.
Кырдьаҕас өртө билгэлээн,
Өлүү-сүтүү тахсаары,
Сүпсүлгэнэ буолла дуу диэн
Тойоннуу сатыы турдахтара.
Ол икки ардыгар,
Айыстаан тойон оҕонньор,-
Тохтооҥ,айманымаҥ.
Чуумпуран,истэн туруҥ эрэ.
Орто Ийэ дойду
Туллар тутааҕа буолбут,
Уолбут дьоло тосхойон,
Уолан дохсун бухатыыр
Кыайыы-хотуу кынаттанан,
Өрөҕөйө үрдээн,
Үөрүү-көтүү үктэллэнэн,
Аналлаах доҕорун сүгүннэрэн
Илдьэ кэлэн иһэрэ буолуо.
Ол курдук,
Айыы хаан аймахтара
Арыаллаһа сылдьаннар,
Арылы киэҥ харахтарынан,
Өйдөөн-дьүүллээн көрө түспүттэрэ,
Кыыс оҕо кылааннааҕын
Кынат оҥостон,
Бухатыыр киһи килбиэннээҕин
Арыалдьыт гынан,
Аттара сиэллиинэн астаран,
Сиэллэрэн сикситэн,
Бөдөрөҥүнэн көтүтэн,
Нэлим көмүс сиэллэрин
Өрө ыһан өрүкүтэн
Көмүс түөрэҥ туйахтара
Өрүтэ күөрэҥнээн,
Дьөһөҕөй оҕолоро барахсаттар,
Субу тиийэн кэллилэр.
Көбүөр күөхтээх хонууга
Айыы хаан аймахтара
Төбүрүөннээн туран,
Айхалынан көрүстүлэр.
Сыыдам түргэн уолаттар,
Сүүрэн тиийэ охсоннор,
Тэһиин тутан,
Аттарын сиэтэн аҕалан,
Сэргэлэргэ баайталаан кэбистилэр.
Сэттэ кыталык кыргыттар
Күн Куону илиититтэн ылан,
Тоҕус туруйа уолаттар,
Тоҕо сууллан киирэннэр,
Уолан Дохсун бухатыыры,-
Эрэли Бэргэни кытары
Тоҥолохторуттан ылан,
Көбүөр күөхтээх хонууннан,
Үөрэ-дьүөрэ үктэнэн.
Үс курдуулаах,
Моҕол ураһа диэки
Долгулдьуйан хаамса турдулар.
Сайдам сайаҕас саҥастар,
Эйэҕэс элэккэй эдьиийдэр
Дүҥүрэттэр-хотоҕойдор.
Хорсун хоодуот уолаттар,
Быыстала суох субустулар,
Кэпсэл-ипсэл үксээтэ.
Уолан Дохсун бухатыыр,
Ураһа иһиттэн тахсан,
Ахтылҕаннаах,
Аан Ийэ дойдутун
Уу хараҕынан,
Тула өртүн анааран,
Адыылаан көрдөҕүнэ-
Дойдум барахсан
Тупсан-киэркэйэн,
Көҕөрө чэлгийэн
Күөҕэлдьийэ хамсыы тураргын,
Көрөр күннээх эбиппин.
Аал-Луук маһым
Солко нуолур сэбирдэҕэ,
Сиккиэр тыалтан
Суугунуу-тэлибирии хамсаабыт,
Лоһуор көмүс туораахтара,
Күн уотуттан,
Ыһылла оонньоон,
Лабааларын өрө көтөҕөн,
Күн диэки тардыспыт.
Арҕаа аргыардаах аартыктан,
Адьарай бииһин уустара
Аатыран-сураҕыран,
Айгыстан тахсаннар,
Аан Ийэ дойдубун,
Айыы хаан аймаҕын
Аймаабатах эбиттэр.
Хоту өртүттэн тунуйан,
Дьаҥ-дьаһах тэнийбэтэх эбит.
Содуомнаах соҕуруу өртүттэн,
Өлөр өлүү аана,
Аһыллыбатах эбит.
Илин өртүттэн,
Эдьэҥ Иэйиэхсит эҥэрдээх,
Ахтар айыыһыт арыаллаах
Итии салгын тыыннаах.
Уйгу-быйаҥ олохтоох
Аан Ийэ дойдуом,
Чэлгийэ көҕөрө тураҕын.
Уолан Дохсун бухатыыр,
Санаата көнньүөрэн,
Дуоһуйан турдаҕына.
Ийэлээх аҕата
Далбардаах хотун эмээхсин,
Айыстаан тойон оҕонньор,
Уоллаах-кийииттэрин
Бокуойа суох сыллаатылар,
Уоскуйуута суох убураатылар.
Аһыныгас санаалаах,
Айыы хаан аймаҕа
Көмүскэс сүрэхтээх,
Күн өргөн уустара,
Саргылаах санаалара түмүллэн
Уруй буоллун,туску буоллун, - диэн
Дорҕоонноох саҥалара дуораһыйда.
Сир дойду ахсын
Унаар буруо субуйда,
Тиэргэн иһин аайытын
Торҕо түптэ унаарыйда,
Кырдал сир үрдүнэн
Кыталык кыыл үҥкүүлээтэ.
Ача күөх оппут,
Өрө үүнэн уруйдаата.
Үүстүүрүгэ салаалаах
Үүнэр күөх оппут,
Хамсыы-хамсыы айхаллаата.
Сир дайды симэҕэ,
Сип-сап сибигинэстэ.
Сыһыы-хонуу аайытын
Өлгөм от өрө үтэн,
Хоп-сип хобугунаста.
Күөх сирэм хонуу,
Күөҕэлдьийэ хамсаата.
Көтөр-сүүрэр саҥата,
Чыычаах ыллыыр ырыата
Күөх сайын кэлбитин,
Уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
Бу үтүөкэн кэмҥэ,
Үөрүү-көтүү,
Киирии-тахсыы,
Кэлии-барыы,
Онтон-мантан
Кэпсэл-ипсэл,
Көрө-билэ
Сэргэҕэлээһин,
Сөҕүү-махтайыы
Чэ,сүпсүгэ туолла.
Аарыгыран айгыстан,
Айыстаан тойон оҕонньор
Киирэрэ-тахсара үксээтэ.
Үөрүүтэ-көтүүтэ үрдээтэ,
Уруу улаханын тэрийдэ.
Аар баҕах туруоран,
Сэлэ чэчир анньан,
Саламанан киэргэтэн,
Төгүрүк көлүйэ холобурдаах
Түһүлгэтин төрүттээн кэбистэ.
Сэттэ кыталык кыргыттар,
Дьиэрэҥкэйдээн киирэннэр
Күн Куону илиититтэн ылан,
Тоҕус туруйа уолаттар,
Уолан Дохсун бухатыыры
Арыаллаан киллэрэн,
Аал уот иннигэр,
Аҕалан тохтоттулар.
Онтон көрө түспүттэрэ-
Көрүөхтэн кэрэ бэйэлээх
Кыраһыабай кыыс барахсан
Кыталыктыы кынтайа устан
Эрили Бэргэн бухатыырдыын
Илиилэринэн холбуу тутан,
Чороонноох толору кымыһы
Сиэр-майгы быһыытынан,
Күөрэччи өрө тутан,
Үрдүк айыыларга сүгүрүйэн
Аат ааттаан көрдөһөн,
Кыыс оҕо барахсан.
Саманнык диэн саҥалаах,
Соннук диэн тойуктаах
Турбута үһү.
 
КЫТАЛЫКЧААНА:

Дьээ буо, дьээ буо, дьээ буо.
Мантан чугас олохтоох,
Сайдам сайаҕас санаалаах,
Эбэрикээн эмээхсин диэн ийэлээх,
Омоллоон оҕонньор диэн аҕалаах,
Уйгу-быйаҥ сирдээх,
Сырдык ыраас санаалаах,
Көнө-үтүө майгылаах,
Далбар мааны бэйэкэлээх
Ньургуйаана диэн буолабын.
Кыырай халлаан аннынан,
Кыталык кыыс буоламмын
Кырыйа көтө сылдьан,
Көрдьөөн булан ылбытым.
Орто туруу дойдум
Дуулаҕа бухатыыра-
Эйиигин Уолан Дохсуну
Өлөр-өлүү ааныттан,
Өрөһүйэн быыһаан ылбытым.
Аҕыс иилээх саҕалаах,
Аан Ийэ дойдуну,
Араҥаччылыырга аналлаах,-
Уолан Дохсун бухатыыр,
Сирин дойдутун иччитэ,-
Аан Алахчын хотун,
Алгыһынан арчылаан,
Өрөҕөй талан салаллан,
Кыайыы-хотуу үктэллэнэн,
Үөһээ айыылартан анаммыт
Аналлаах доҕоргун,
Күн Куо барахсаны
Кэргэн ылаҥҥын сүгүннэрэн,
Ытык буоругар эргилинниҥ.
Өрүүтүн даҕаны
Айыы аймаҕын
Арчылыы тур.
Көмүскэс сүрэхтээх,
Күн ууһун,
Көмүскүү тур,- диэн
Алгыспын тиэрдэбин.
Өрүүтүн,
Сырдык санаа кыайдын,
Хараҥа санаа халбарыйдын.
Кэскилгит кэҥии турдун
Үйэ-саас тухары
Дьолгут –соргут,
Тосхойо туруохтун.
Ситигирдик,
Ыллаан бүтэн баран,
Толору кымыстаах чороону
Уоллаах-кыыска туттаран кэбистэ.
 
Дьон саҥата:
 
Уруй айхал буоллун,
Туску буоллун.
Ыллыктаах санаабыт туолан,
Сайдыы – үүнүү үксээтин
Ырыа-тойук дьиэрэйэн,-
Ыраахха дуораһыйа туруохтун.
Ити кэнниттэн,
Аргыый аҕай айгыстан,
Алгысчыт,
Ытык-мааны кырдьаҕас
Сиртэн халлааҥҥа диэри
Аал уоту оттон баран,
Тобурахтаах ас үрдүн арыйан,
Үрүҥ сылгы сиэллээх,
Хайаҕастаах эбир хамыйаҕынан
Баһан ыла-ыла
Өрө ыһан күдээритэн
Үрдүк айыыларга сүгүрүйэн
Аат ааттаан көрдөстө.
Онтон,
Аал уотун иччитигэр.
Айыы хаан аймаҕын амтаннаах.
Арыылаах алаадьытынан
Айах тутан аһатта.
Сир-дойду иччилэригэр,
Ааттаһан-көрдөһөн,
Үрүҥ илгэннэн күндүлээтэ.
Ол кэнниттэн,
Уолан Дохсуҥҥа туһаайан.
Алгыс бөҕөтүн анаата.
Ыллыктаах санааҕыттын ыпсаран,
Ыал буолар үөрүүлээх күҥҥүтүгэр,
Алаһа дьиэни тэринэн,
Алтан сэргэни анньыҥ.
Төрөтөр оҕону төлкөлөөҥ,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээҥ.
Көстөөх сиртэн көстөр,
Кыһыл кыымынан кытыастар,
Унаар уһун буруону субутуҥ.
Киһи киһитэ буолан,
Дьон-сэргэ кэккэтин хаҥатыҥ.
Үйэҕит тухары
Дьоллоох соргулаах буолуҥ.
Ол кэнниттэн,
Уруу гиэнэ улахана саҕаланна.
Аллаах ат батыҥахтыыр
Арыылаах – уохтаах кымыһы
Сирии иһит аайытын
Быталыччы кутан кэбиспиттэр.
Аһанньаҥ манна аһаабыт,
Моҕус манна күннээбит.
Эмис этинэн эмсэхтэммиттэр.
Уохтаах кымыһынан,
Санааларын көнньүөрдэн,
Утахтарын ханнарбыттар.
Ууллубут дьэҥкир арыыны
Сиэдэрэй симэхтээх кытахтан
Улдьаа хамыйаҕынан.
Сомсон ыла-ыла
Куоталаһа-куоталаһа испиттэр.
Сити курдук,
Сиэри-туому
Ситэри ситэрэн,
Чороон айах чуоҕуспут.
Кэриэн ымыйа кэккэлээбит.
Матааччах иһит бааралаабыт,
Сирии иһит сириэдийбит,
Эҥин-эҥэлгэ оһуор ойуулаах
Туос иһит элбээбит.
Уруу буолан баран,
Ырыата-тойуга суох буолуо дуо?
Ол сылдьаннар,
Сээркээн сэһэнньиттэр,
Сэһэннэрин тимэҕэ сөллөн,
Сэһэн-сэппэҥ ырааппыт.
Тойуксут тойуга дьиэрэһийбит.
Устар ууну сомоҕолуур,
Уран уус тыллаах,
Олоҥхоһут ыллаан доллоһуппут.
Бу көртөн хаалсыбакка,
Чаҕаарар чабырҕах чаҥыйбыт,
Күөх сирэм көнө хонууга,
Кылыыһыт кыырайа кылыйбыт,
Буурдьут бэрдэ буурдаабыт,
Куобахчыт манна ойбут,
Быһый сыыдам атахтаатар,
Илин-кэлин түһүспүттэр,
Модьу-таҕа уолаттар,
Хары хапсыһа сылдьаннар,
Халбарыйса оонньообуттар,
Быһый-талыы сылгылар
Быыра охтуу быыппастан,
Оҥочо куйаар кутуруктара
Өтүү курдук субуспуттар.
Эдэрдиин-эмэнниин,
Эҥэрдэһэ сылдьаннар
Эһиэкэйдээн тэйбиттэр.
Оҕонньордуун-оҕолуун
Ойо-көтө сылдьаннар
Оһуохайдаан ойбуттар,
Кыталык курдук кыргыттар
Дьиэрэҥкэйдээн тэйбиттэр,
Туруйа курдук уолаттар
Чохчоохойдуу оонньообуттар.
Ол курдук,
Саха омук саныыр оонньуута
Салҕанан бара турбут.
Үс күннээх түүн,
Уруу улахана тэнийэн
Уҕараан да көрбөккө
Уоскулаҥы да билбэккэ
Тохтообокко бара турбут.
Онтон туран,
Уолан Дохсун бухатыыр
Күн Куо кыыстын холбоһон,
Ытык ыал буолан
Уһун буруону субутан,
Үс саханы үөскэтэн,
Түөрт саханы төрөтөн,
Урааҥхай саханы ууһатан,
Хороҕор муостааҕы үксэтэн,
Сыспай сиэллээҕи элбэтэн,
Олоҥхотун олоҥхо,
Саас үйэ тухары
Олорбуттара эбитэ үһү.