Уоллаах киһи кэпсэтиитэ
Сураҕа иһиллибэтэх
Суомах соҕотох
Сул мэник уол,
Суон дугда оҥостубут
Суобас-билгэ тойонуттан
Суол-иис ыйдара,
Суобас-кэскил ыйыта,
Сулана-кэлэнэ,
Субу курдук
Суон ньаҕыдыйа турбута.
У о л:
Оччугуй эрдэхпинээҕи
Оҕотук санаам
Оройбуттан тахсымына,
Ону-маны одуулаан
Олох-чолох сылдьан
Оонньоон-күлэн хаалан,
Омнуо санааланан,
Оҕотук толкуйданан,
Олуурга ыллараары,
Ороскуокка киирээри гынным.
Ону
Оп-топтоох оҥоһуубун,
Ордук дьоһун олохпун
Ойбонноон-онолуйан кулу,
Кэскиллээн-кэпсиэн дьэгдьит,
Хайтах гыннахпына —
Халбаҥнаабат хатан хааннаныамый?
Кыһалҕа да кыһарыйдар
Кымаардаабат кытаанах,
Сор да туһаайдар
Солбонуйан туллаҥнаабат
Суон буулаҕа толкуйданыамый?
К и һ и:
Кэлэр кэскилиҥ туһа диэн
Тугу кичэнэн тэриммитиҥий?
Кэтэх санааҕын кистээбэккэ,
Кэс тылгын кэмчилээбэккэ,
Кэпсиэ эрэ, кэнэн уол!..
У о л:
Омуннаах эрэ сааһым уодьуганыгар
Өрөгөйдөөх үтүө үйэм үгэнин
Киһи кэскилин кичэйэргэ,
Туспа дьолу тупсарарга
Туура туттан кээстим,
Күлүмүрдэс күүстээх күммүн
Күрүө-дьэҥкэ дьон күүһүрэригэр
Күл-көмөр гыммытым.
Онтон ордубутун,
Олох обургу
Очурун-чочурун кытта
Охсуһар уолҕаччы санааланан.
Уу дириҥин булан
Умса оонньуурга уһуллаары
Уорбалана сылдьыбытым,
Көлөһүннээх олох күөмчүтүн
Көтүрүтэ көрөр күүстээх
Күкүр-хара кынаттанан
Күҥҥэ тахсан көрүлүүр
Көтүмэх көҕүстэнэ сылдьыбытым..
Сыыһа-халты быһыылары
Сынтарыта этэр
Сытыы биилээх тылланаары
Сыаналана сылдьыбытым,
Ордук-хоһу олохтору
Ойута-хайыта көрөр
Уот -сындыыс харахтанаары
Уорбалана-оҥосто сылдьыбытым.
Онтукайдарым барыта
Уу-хаар буолан уһунна,
Уот-кыым буолан умулунна,
Кэрэ санаам кэҕиннэ —
Кэлэр-барар суолбун булбатым,
Далай санаам татыарыйда —
Тахсар-киирэр сирбин таайбатым.
Ыар-дьиппэ санаам
Ынчыктыахпар дылы
Ыга баттаата,
Оҕо-дохсун санаам
Охтуохпар дылы оҕуста.
Этэр тылым иччилэммэтэ,
Саҥарар саҥам саргыламмата.
Алҕаска аралдьыйан
Аһыыр ас аччаата,
Сыыһаны сылдьан
Сынньалаҥ олох кыччаата,
Кыһалҕа-наада улаатта.
К и һ и:
Туруу дойду олоҕуттан
Тугу ордук таптыыгын?
У о л:
Күөҕэлдьийэ көтөр
Күлүмүрдэс күн сырдыгын,
Көбүөхтээн хамныыр,
Көҥүл-босхо устар
Убаҕас уу урсунун,
Сир үрдүгэр үөмэр
Силистээх маһыттан
Сэбирдэх сибэккитигэр дылы,
Көтөр кынаттаах
Күндү-көҥүл ырыатын,
Этиһиитэ суох
Эйэлээх олоҕу,
Атаҕастаһыыта суох
Айхаллаах айылгыны,
Аан-ийэ дайды
Алгыстаах аймаҕын.
К и һ и:
Аан дайды айыытыттан тугу
Олус абааһы көрөҕүн?
У о л:
Ийэ сиргэ кэлбит киһи
Илин былдьаһар идэтин,
Аат былдьасыһар алдьатыытын,
Хобу таптыыр куһаҕанын,
Өлөрсөр санаа өһөҕүн,
Балыыр баҕайы батталын,
Буруйа суох буруйданар муҥун,
Алҕас-сыыһа иннигэр
Аат алдьанар абатын...
К и һ и:
Туруу дойду дьолуттан
Туохха туһулаан баҕараҕын?
У о л:
Улуу дойду одурууннаах олоҕун,
Оонньуу-күлүү оҥорон,
Оҕо-билэ дьоннорго
Одуулата оонньуур буолуохпун.
Хараҥа сирдэри
Хайыта көрөр
Хатан харах уоттаныахпын,
Модун боҕуу моһоллору
Булгурута этэр
Сытыы болот тылланыахпын.
Хатан, дириҥ хааччахтары
Хайыта хааман тахсар
Хатан модьу хардыыланыахпын,
Уу дириҥиттэн уолуйбакка
Умсан күөрэйэ үөрэниэхпин,
Хара сапсыыр кынаттанан
Халлаан кырсынан көтөргө,
Өлбүтү өндөҥнөтөр сүлүһүннээх,
Алдьаммыты абырахтыыр алгыстаах,
Эрэйдээҕи эҕэрдэлэтэр имэҥнээх буолуохпун,
Сир симэҕин сэргэхситэр сэтэлээх,
Ойуур тыаны доргутар куоластаах,
Тоҥмуту итиэрэр тойуктаах,
Ыар-дьиппэ ырыалаах буолуохпун.
Ити гэннэ
Эрэйэ суох иитиллэргэ,
Кыһалҕата суох сылдьарга,
Эйэлээхтик олорорго,
Эн-мин дэһэргэ...
К и һ и:
Бас кыайан туппатынан
Баһаам элбэх баҕайытык
Баллыгыраатыҥ да,
Бастыҥ наадаҕын
Барахтыҥ дии,
Хайа — баайга?..
У о л:
Үбү сүрдээхтик сөбүлүүбүн,
Баайы салаҥнык таптыыбын,
Ол гынан баран
Күр үп
Күнүскү үлэттэн көстүбэт,
Бардам баай
Балыыра суох барҕарбат.
Сүрэх баҕарарыгар
Сүһүөх тиэппэт,
Көҕүс сөбүлүүрүн
Күүс кыайбат,
Аһыыртан аккаастаммаппын,
Албынныахпын баҕарбаппын,
Харчыга хараҥарабын,
Хантан ылары билбэппин...
К и һ и:
Үтүө билэ дьонноргор
Туох үчүгэй өҥөлөөххүнүй?
Тула доҕор дьонноргор
Туох тутулук туһалааххыный?
У о л:
Чопчу субу диэн
Туора тутан биэрэр
Туһам дьукку суох,
Үгүс дьоҥҥо өтүрү көстөр
Үтүөм диэн өрүү суох.
Ол гынан баран
Тойомсуйан дьулаппыппын.
Киэбирэн кэлэппиппин,
Өйдөөҕүмсүйэн өһүргэппиппин
Өйүм өрүү өйдөөбөт.
Арай,
Санаам харааһыннаҕына.
Өйүм түмүлүннэҕинэ,
Өр буола-буола,
Өһөхтөөх олоҕу
Өһүргэтэр үгэстээх этим.
Онтон ордугу оҥорбуппун
Олох уорбаламмаппын.
К и һ и:
Нохоо, туохтан ордук
Дьулайаҕын, куттанаҕын?
У о л:
Кыһыл тыл кыдьыгыттан,
Хохуун хоп кубулҕатыттан,
Аат былдьасыһар аймааһыныттан,
Илин эккирэтиһэр эрэйиттэн,
Таптыыр доҕортон арахсартан,—
Онтон ордук куттанарым суох.
К и һ и:
Орой мэник уол, —
Оттон өлөртөн?
У о л:
Өһө суох өлөртөн
Өрүү диэн куттаммаппын.
К и һ и:
Кэмэ суоҕу кэпсиэтиҥ,
Баһаам элбэххэ баҕардыҥ,
Ол гынан баран
Ордук солуну онолуйбатыҥ,
Алыс саҥаны саҥарбатыҥ.
Эн истибэт этиҥ дуо,
Татаар тыллаах
Таба эппэт дьааҥсыырдаах,
Уоттаах харахтаах
Утары көрбөт оҥоһуулаах,
Алдьаммыты абырахтыыр
Амырыыннаах алгыстаах
Атыыр ойуун буолаар диэн
Анаан айбатахтара дуо?
Ону бэйэҥ
Атыҥҥа аралдьыйан,
Аналлаах дьолгуттан арахсан,
Айманан эрэр буолбаккын дуо?
Толкуйдаан көр эрэ, нохоо!
Күҥҥэ төрүөбүт киһи
Көлөһүнэ суох көмүллүбэт,
Буорга түспүт киһи
Буомчата суох буолбат диэни.
Эн
Буоһата суохтан мунчаарар,
Кыраттан кыйаханар,
Аччыгыйтан айманар эбиккин.
Онон,
Үгүс үчүгэйгэ көҕүйбэккэ
Үлэлээтэххинэ үссэниэҥ,
Алыс аймааһыҥҥа аралдьыйбакка
Аһыыргын санаатажына абыраныаҥ,
Кэлтэччи киһиэхэ кэнтэйбэккэ
Кэскилгин тэриннэххинэ
Киһи-хара буолуоҥ.
Ити кэннэ
Аналлаах суолгуттан арахсыма,
Туһааннаах суолгуттан туораама.
Сөбүлүүргүн сүһүөҕэр туруорар
Сүдү сөҥ санаалан,
Баҕарар бадаххын барҕардар
Бардам байҕал майгылан,
Кыраттан кыйахаланыма,
Аччыгыйтан абарыма,
Умайа турар уоту
Уу ньуургунан утарылас,
Симилэхтээх сиһи
Сирэйгинэн силэй,
Оргуйа турар ууну
Ортотунан оломноо,
Санааҕын сайыннар,
Өйгүн үксэт.
Уолҕамчы санааҥ уурайдын.
Уоттаах чолбон доҕордостун,
Муҥур санааҥ булгуруйдун.
Буулаҕа майгы булустун,
Саппахтаах санааҥ сайҕаннын.
Салааһыннаах санааҥ сайыннын.
Уой, нохоо,
Уоскуй, уурай,
Одуулаан көр!..
1923 сыл ыам ыйын 14 күнэ
|