Уоттар (Умсуура)
УОТТАР
уларытКүөх уот
уларытСүрэҕим төлөннүрдэр да,
Толкуйум тыйыһа,
Урун1 сааһым салгын кутун
Ураһата уорааннааҕа.
Үөрэх-билии кыһата,
Үрүҥ күҥҥэ тардыһа,
Уота сандаар сырдыга.
Кутаа оттор түбүк суоҕа.
Арай хайырҕастаах хаппахчыбар
Утуйбакка өрө мөхсө
Мээр сулус күөх уотугар
Дууһа, санаа көтөрө.
Хороҥ талыы кутаатыгар
Көтөхтөрө илигинэ,
Кыыс-дьахтар бүтэй этэ
Көҕүйбэт тэллэх уотугар...
Хор, оннук!
Аал уот
уларытБарык-сарык балаҕан
Сүрэҕэ — көмүлүөгэ,
Аал уотум тас-тас таһынан
Эҕэрдэтин этэрэ
Эн биһиккигэ.
Эргийэ-эргийэ утуйарга,
Суоспутугар иттэргэ
Алаһа бараан дьиэҕэ
Үчүгэйэ бэрдэ!
Арай иигэр сөтүөлээн
Дьагдьайбыт оҕо хаһыыта
Хоонньугуттан күрэтэн
Сойбут оһох оттуллара.
Аата!
Сылам уот
уларытКурулас ардах тыаһыгар
Куккун-сүргүн хорҕото,
Курдьугунуу умайар
Оһох олоҥхото!
Сылам уокка сыралла
Дьарҕаларгын угуттуу,
Минньигэстик тарбаһа
Олороҕун нуктуу-нуктуу.
Кыстык уга үүтээҥҥэ,
Кэккэлэһэр бүөмчүгэ,
Ыксаабакка чэй иһэ,
Уоккар кытта ас кээһэ.
Кып-кыһыл кынаттара
Сылааһынан кууһаллар,
Тыл этэн кылбаҥната
Олоххун хаадьылыыллар.
«Дьээ-буо!
Көччөхтөрүн көтүппүттэр,
Мунньахтааннар бүппүттэр
Эмэн саастаах төрөппүттэр.
Ноо!
Күһүҥҥү дьоннор күлбүттэр,
Алаһа бараан дьиэлэригэр
Сиэттиһэннэр киирбиттэр.
Дьээ!
Кыһыл саһыл уорҕата
Суорҕаннарын анныгар
Дьылыс гынан хаалбыттар.
Хм-хм...
Эмискэ оҕо ытаан эйээрбит.
Били уоттаах тэллэхтэрин
Умулларан кэбиспит.
Тыый?
Өйдөөн-дьүүллээн көөртөрө:
Көтүппүт диэбит көччөхтөрө
Бары кутулла түспүттэр.
Пах-хыай!
Эбэ, эһэ буолтарынан эҕэрдэни кытта
Сиэннэрин көтөхтөрөөт, көкөттөр,
Эмиэ көтөн хаалбыттар.
Аата!
Эргийэ-эргийэ утуйуох,
Суостарыгар сыламныах
Буолбуттара — сыччах!
Он-нуок!
Мэрбэйэ-мэрбэйэ ытыыр
Сиэннэрин онно ууртар, манна ууртар
Ыксаан эбэ ыллыыр.
Хайыай!
«Дьээ-буо!
Көччөхтөрүн көтүппүттэр,
Мунньахтааннар бүппүттэр
Эмэн саастаах төрөппүттэр».
һаа-һаах!..
(Салгыытын бэйэҥ аах).