Уустарга (Күн Дьирибинэ)

Уустарга

уларыт

 
Үлэ дьонун сынньатар
Үрүҥ түүн сирдьитэ,
Сүөгэй астыы дьэгдьитэр
Сөрүүн киэһэ эргийдэ.

Модьу илии доҕоро
Молотуогум уоскуйда.
Ходуһам хоһоонньута
Хотуур туойан уурайда.
 
Көйгө олох күлүүһүн
Күл-көмөр оҥорбут
Күүрээн илии күөччүтүм
Күүс ыла утуйбут.

Сырдык олох кыһата
Сынньанан лыҥкыныа,
Кыыһар тыҥ хатыыта
Кыстыктара чыҥкыныа!

от ыйа, 1928

Сүрүн сирэйгэ