Саас, күһүн балыксыттар уу иччитин алгыыллар, аһаталлар:

Уу иччитин алгыһа


Дьэбэрэ тэллэх,
Бырыы сыттык,
Көппөх суорҕан,
Туона баай,
Күөх далай иччитэ
Күөх боллох оҕонньор,
Тойон эһэм,
Тоҕус уон тоҕус Чороох туубар
Лоһуор көмүс собоҕун
Лоһугуратан кулу эрэ.
Сэттэ уон сэттэ
Тэрээк илиммэр
Тэрэкэнэ быччыкыгын
Тэбэн кулу эрэ,
Аан сабарай
Аһастаах муҥхабар
Бастыҥ балыккына
Бастаран кулу эрэ!
Тойон эһэм,
Аһаттаххына, Эн эрэ аһатаҕын,
Сиэттэххинэ Эн эрэ сиэтэҕин.
Көрдөһөбүн!
Аһаа-сиэ,
Мичик гын!


В.Н.Сивцев кинигэтиттэн

Булчут кинигэтэ, Бичик, 2017