Уу иччитэ (Тукаай/Кузьмина М.И. тылбааһа)

Уу иччитэ



I
Күөх сайын; куйаас күн; күннүүбүн үрэхпэр сөтүөлээн!
Күөрэйээт умсабын, харбыыбын; сылдьабын күннүктээн!

Олус да үчүгэй оҕолор умсаахтыы оонньуурбут.
Оттон бу билигин сөтүөлээн бүтэрбэр сөп буолбут.

Тахсаммын, таҥаспын таҥнабын. Ким да суох. Иһиллии
Талбаарбыт чуумпуттан эт-этим саласта бүтэйдии.

Чуҥкуйан дуу хайдах... Хайыһан көрөөт мин
билбитим
Туоруохтаах талаһам үрдүгэр турар Уу иччитин!

Ол күтүр тараана турара арбаҕар баттаҕын,
Уот көмүс тарааҕын ымсыыра көрбүтэ хараҕым.

Уолуйан, соһуйан турдум үөт күлүгэр сөрөнөн.
Умайда ол дьикти тарааҕа уон араас өҥнөнөн.

Тараанан бүттэ да, үрэххэ ыстанан кэбистэ,
Дагдайа түһээтин, чөҥөрө чүөмпэҕэ тимирдэ.

Чуҥнуубун, кэтиибин, талаһам үрдүгэр тахсабын.
Тугуй бу? Быһыыта, умнубут. Тарааҕын булабын!

Талаһам тулата, үрэх да, биэрэк да уу-чуумпу...
Тарааҕы харбаатым да дьиэбэр сүүрдүм мин обургу.

Тэбинэн иһэбин, мин аллаах соноҕос кэриэтэ,
Тириттим-хоруттум, атаҕым сири да билбэтэ.

Хайыһан көөртүм дуо: иэдээним да эбит, дьэ кэһэй:
Хайы-сах ситиэхчэ буолбут уу иччитэ илиэһэй!

Хатаннык кыланна: «Сүүрүмэ, истэҕин дуо, нохоо!
Хаарыаннаах тараахпын уорбуккун, аҕалый, ыл тохтоо!»

Чугаһаан кэллэҕин аайытын нэмийэн биэрэбин,
Туруом дуо, ким да суох! ... Синим диэн харса суох
сүүрэбин.

Аулга тиийдибит аҥхалаат сирдэри тахсаммыт,
Ардыргыы, маргыһа түстүлэр бары баар ыттарбыт.

Аулбут ыттара ар да бур аймана үрдүлэр,
Анараа күтүрү чаҕытан, төттөрү үүрдүлэр.

Ол курдук, күөх далай иччитин тарааҕын былдьаатым,
Уоскуйан, тыын ылан, «алдьархай ааста!» дии санаатым.

Уонна ол тараахпын «буллум» диэн ийэбэр көрдөрдүм,
«Олус да утаттым, утахта аҕал» диэн көрдөстүм.

Этиэхтэн эриэккэс тараахпын саҥата суох ылла,
Иһигэр льиксинэр быһыылаах да утах аҕалла.

II

Кэбис, чэ, кEн киирдэ, ороммор утуйан да көрүүм
Киэһэрэy, дьиэм иһин от сыттаах салгына сөп-сөрүүн.

Кирийэ сытабын сып-сылаас суорҕаным иһигэр.
Ким эрэ түннүкпүн тоҥсуйан, тыас да тыас үлүгэр

Суорҕаммын да аһар, түннүккэ да тиийэр сүрэх суох.
Соһуйан, мин ийэм ыйытта: «Бачча түүн эмиэ туох

Киммитин аҕалла! Киһини истибэт кимҥиний?
Ким ыалы түлэй түүн утуппат? Киэр буолуй, кэбэлий!»

«Далайыҥ иччитин тылыттан иһит туох буолбутун!
Тарааҕым ханнаный? Аҕала тарт уолуҥ уорбутун!»

Суорҕаммын сэгэтэн көрөбүн. Ый тыкпыт түннүкпэр
Сор эбит! О, хайдах буолабын? Түбэстим — мэникпэр!

Тохтообот. Тоҥсуйар. Түниүкпэр күлүгэ барыҥныыр,
Туртайбыт илийбит баттаҕын уулара чаккырыыр

Таах көрө матабын: тараахпын мин ийэм ылла да
Таһырдьа элиттэ, түннүгүн сабан хап гыннарда.

Онтон уу иччитэ барбыта да, уубут көппүтэ,
О- ийэм эрэйдээх кэлэйэн, мөҥөн да биэрбитэ

Умнуом дуо ол сааппын, өһүөннүк тоҥсУйа турбутун,
Ол күнтэн ыла мин дьон гиэнин тыыппат да буолбутум.


<>