Хайыһар (Чаҕылҕан)
Хоту дойду хонноҕунан
Колонналар бардылар,
Хара тыанан, толоонунан
Хайыһардар дайдылар.
Хос ырыата:
Өстөөх ханна саһан сылдьар,
Өстөөх ханна хайыһар, -
Ситиэ онно сытыы буулдьа,
Ситиэ сыыдам хайыһар!
Сибирь улуу буолактара
Силлиэрдилэр иһиирэ,
Туундара тыйыс уолаттара
Туруннулар сэриигэ.
Биллин фашист баһылыга
Биһи чаҕаан күүспүтүн,
Кыайыы сырдык дьаралыга
Биһигини кууспутун.
1942 с.