1
Х-букваттан саҕалыаҥ -
Халлаан үөһэнэн
Халыҥ үөрүнэн
Халлыгыраһан ааһыа.
Г-ны бастатыаҥ —
Тылын уларыйыа,
Өрүскэ, хайаҕа
Өрөһөлөнө сытыа.
Б-ны бастатыаҥ —
Балыыһаҕа барыаҥ,
С-тан саҥарыаҥ —
Ыраас күөххэ хаамыаҥ!
(Хаас, таас, баас, саас)
2
Кинини А-ҕа эптэххинэ,
О-ҕо эппиккин сиэҕэ,
Оттон Ы-та эптэххинэ,
Э-ҕэ эппиккин сиэҕэ!
(Ат-от, ыт-эт)
3
Бүтүннүүтүн ааҕыаҥ —
Үөрүөҥ-көтүөҥ, ыллыаҥ,
Биир букваны быраҕыаҥ —
Иһигэр сытыаҥ, сынньаныаҥ,
Иккини ылан кэбиһиэҥ,
Искэҕи, өлү сиэҥ,
Үһү, баҕар, көҕүрэтиэҥ —
Үйэлээх сааскар иһиэҥ!
(Хотуу, отуу, туу, уу)
--- Көнөтүк аах —
Күн күлэ тахсыыта
Күлүмнүү сытыа.
Төттөрү аах —
Түҥкэтэх тыаҕа
Түбэһэн ааһыа!
(Сиик, киис)
Өскө наһаа баҕарыаҥ
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —
Баҕарбыккын толоруоҥ,
Санаабыккын оҥоруоҥ!
Өскө наһаа баҕарыаҥ —
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ,
Сулустарга айанныаҥ,
Муоралары уҥуордуоҥ.
Өскө олус кыһаныаҥ —
Барыны бары сатыаҥ,
Борокуоту салайыаҥ,
Тракторы урууллуоҥ.
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —
Өйдөөхтөн өйдөөх буолуоҥ,
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ!