Харыстас таҥара үөрэҕэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

“ХАРЫСТАС” ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ Дьокуускай 2015

АННОТАЦИЯ

Дьон-норуот ахсааннара эбиллэн, өйдөрө-санаалара сайдан, күүстээх тиэхиникэлэри оҥостор буолуохтарыттан ыла айылҕа харыстааһыҥҥа улаханнык наадыйар кэмэ кэлбитэ биллэн таҕыста. Ол иһин айылҕаны харыстыырга аналлаах сахалар үөскэтэр “Харыстас” таҥаралара сайдар, тарҕанар кэмэ кэллэ.

Бары ааҕааччыларга ананар.

С развитием человечества природа нуждается в защите. Только “Харыстас” тангара, бог может изменить и направить сознание людей к защите природы.

Иван Иванович Kаженкин – Хааһах Уйбаан.


ААН ТЫЛ

Дьон үгүстэрэ билигин даҕаны айылҕаны харыстыыр кэм кэлбитин туһунан санааларыгар оҕустарбакка, күннээҕи дьарыктарынан эрэ салаллан олохторун олороллор. Киэҥ-куон дойдулаах буоламмыт биирдиилээн эмэ дьон этиилэрэ кинилэргэ, элбэхтэргэ кыайан тиийэ илик. “Ыт үрэр эрээри, караван баран иһэр” диэн этии ону бигэргэтэр.

Улахан, таас куораттарга түмсэн олорор дьон айылҕаттан тэйэннэр айылҕа туһунан өйдөбүллэрэ улаханнык уларыйан, букатын да аахайбат буолан иһэллэр, арай кинилэри тыынар салгыннара, иһэр уулара буортутуйан, киртийэн, аҕыйаан иһиитэ кэнники кэмҥэ санааҕа түһэрэн ылаттыыр буолла.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр уһун кэмнээх “застойга” олорон хаалбыт Россияҕа оҥорор, тутар промышленность атыттартан хаалан хаалыыта үөскээбитэ уонна билигин даҕаны өрүттэ илик. Аҥардастыы айылҕа сирин баайын туһаныы, атыыга таһаарыы тоҕо-хоро түһэн хостооһуҥҥа кубулуйуута кэлин кэмҥэ Россияҕа аһара баран эрэр. Бары улахан барыһы ыла охсоорулар айылҕаны харыстааһыны букатын да бырахтылар, куһаҕан, Россия сайдыан баҕарбат дьон анаан-минээн туорайдаһыылара, мэһэйдэһиилэрэ диэн ааттаатылар.

Дьон сирдээҕи олохторо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн, аҥардастыы биир өттүн диэки баран сайдан, саҥаттан-саҥаны оҥорон, ахсааннара эбиллэн истэхтэринэ, иккис өрүтүн дьайыытыттан олорор сирдэрин-уоттарын киртитэн, айылҕаны буортулууллара улаатан иһэрэ айылҕаҕа хамсааһын, уларыйыы түргэтээн биэрэрин үөскэтэр. Айылҕаттан тугу эмэ ылыы, туһаныы чөлүгэр түһэрэн биэриини кытта тэҥнэстэҕинэ эрэ сиргэ олох салгыы сайдыан сөбүн аахсыбат буола сылдьабыт.

Саха дьоно айылҕаттан тутулуктара быста, булдунан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлара билигин да хаала илигинэн айылҕаны харыстыыр санаалара атыттардааҕар ордук күүстээх. Бу үтүө санаа бары дьоҥҥо тарҕаныыта сахалар кут-сүр үөрэхтэрин, олохторун үгэстэрин тутуһар “Харыстас” таҥара үөскээтэҕинэ ордук күүһүрүө этэ. Биһиги бу үлэбитигэр “Харыстас” таҥара үөрэҕин арыйан, саҕалаан сүрүн өйдөбүллэрин быһаардыбыт, дьон бары туһаналларыгар сөптөөх гына оҥордубут.

Дьоҥҥо барыларыгар харыстыыр, көмүскүүр санаа элбээтэҕинэ айылҕаны харыстааһын ордук күүһүрүө, киэҥник тарҕаныа этэ. Харыстыыр, көмүскүүр санааны “Харыстас” таҥара үөскэтэн дьоҥҥо барыларыгар тарҕатар кыахтаах. Ол курдук оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн харыстыыр, көмүскүүр санааны үөскэтиини, иҥэриини төрөппүттэр оҥороллоругар “Харыстас” таҥара үөрэҕин көрдөбүллэрин билэллэрэ, олохторугар быһаччы туһаналлара оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар харыстыыр санаа кыра эрдэхтэриттэн иҥэриллэрин үөскэтиэҕэ. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн харыстыыр өй-санаа үгэс буолан иҥнэҕинэ, ол аата таҥараҕа кубулуйдаҕына үйэтин тухары барыны-бары харыстыыр кыахтанарын таба туһаныахпыт этэ.

Туттар тэриллэрбит, тиэхиникэлэрбит, тутууларбыт бары уһун үйэлээх буолуохтарын баҕарабыт. Олору барыларын көрөн-истэн харыстааһын, аһара барбакка, нэмин билэн туттунуу эрэ уһун үйэлиирин билиэхпит, олоххо туһаныахпыт этэ.

Өй-санаа эмиэ харыстааһыҥҥа наадыйар. Аһара барар өй-санаа туһалааҕы оҥорорунааҕар алдьатара элбээн хаалыытыттан ураты көмүскэллээх буоларбыт ирдэнэр. Бу көмүскэл өй-санаа көрсүө, сэмэй буолуутугар, сиэри тутуһуутугар саһан сылдьар. Сиэр диэн саха киһитэ хаһан да кэспэт, аһара барбат өй-санаа кыйыата буоларын бары билэбит. Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу, киһи быһыытын аһара баран сиэри кэһэрин билэн олоххо туһаныыга олус сэрэхтээх буолуохпут этэ.

Тиэтэйэр, ыксыыр санаабытыгар атыттартан урутаан түһэн тоҕо баһан ылан, хаба тардан тугу эмэ туһаныахпыт, барыһырыахпыт дии саныыбыт уонна оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар “Тиэтэйимэ, ыксаама”, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрин умнан кэбиһэбит. Оҕо саҥа улаатан иһэн аан маҥнай бэрээдэккэ, тулуурдаах киһи буолууга, үчүгэй үгэстэргэ иитиллиэхтээҕин умнан, аҥардастыы үөрэҕи эрэ иҥэрэ сатыыбыт. Ол иһин өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтэммит сыыһа-халты туттунарын, киһи быһыытын аһара барарын элбэтэн кэбиһэбит.

Киһи бэйэтэ баҕарбатаҕын да иһин сыыһа-халты, аһара туттунан куһаҕан быһыыны элбэтэр кыахтааҕын билиниэ, сэрэхтээх буолуута улаатыа этэ. «Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй» диэн этии киһи оҥорор быһыыларын барыларын кэриэтэ быһаарар. Ол иһин тугу барытын оҥорууга сэрэхтээх, көрсүө, сэмэй буолуу харыстаныыны үөскэтэринэн олоххо туһата улахан. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этиитинэн көрсүө, сэмэй дьону иитэринэн омук сайдыытыгар ордук улахан туһаны аҕалыаҕа. “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этии “Харыстас” таҥара үөрэҕин төрүтэ буолар. Олоххо билигин да туттулла сылдьар, туһалаахтара биллэр олус былыргы үгэстэрбитин, өйү-санааны иҥэринэн сылдьар тылларбытын харыстааһын, уларыппат буолуу аныгы сайдыылаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буоларын билэн ордук кыһанан харыстыахпыт этэ.

Бары биир санаалаахтарыгар, аймахтарыгар үлэтин бэчээттээн таһаарыыга көмөлөспүттэрин иһин автор истиҥ махталын биллэрэр.

АЙЫЛҔА УЛАРЫЙАН ИҺЭР

Дьон-аймах таһаарыылаах үлэлэрин-хамнастарын түмүгүнэн айылҕа кэлин кэмҥэ уларыйан иһэрэ дьоҥҥо эмиэ билиннэ. Бу уларыйыыны аныгы сайдыбыт устар уонна көрдөрөр тиэхиникэ көмөтүнэн дьон бары билэр буоллулар. Үгүс дьон олоҕор хамсааһыннары киллэрэр уларыйыылары дьон кэтээн көрөллөрө элбээтэ. 2011 сыллаахха Японияҕа уонна Турцияҕа буолбут улахан алдьатыылары оҥорбут сир хамсааһыннара бары дьону барыларын хаарыйаллар, санааҕа түһэрэллэр, эчэйбиттэргэ көмөлөһө сатыыр санааларын улаатыннараллар. Билигин наука үлэһиттэрэ кэтээн көрүүлэринэн стратосфераҕа озон ахсаана 15-20 бырыһыан аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. Хотугу уонна Соҕуруу Полюстар үрдүлэринэн озоновай бүрүөһүҥҥэ дьөлөҕөстөр үөскээһиннэрэ Күн уотун дьайыытын күүһүрдэн, бу полюстарга мунньуллубут элбэх муустар түргэнник ууллалларын үөскэтэн, айылҕаҕа уу элбээн, намыһах сирдэри уу ылыыта, бу кэмҥэ саҕаланан эрэрэ биллэр буолла.

Приморьеҕа амур тиигирин ахсаана 450 эрэ ордон хаалбытын кэнниттэн, дьон бу кыыл чахчы эстэр буолла диэн харыстыыр санаалара син киирдэ. Араас программалары оҥорон боруобалаан көрүүнү саҕалаатылар.

Сорох аҕыйах ахсааннаах көтөрдөр, кыыллар быста эстиилэригэр тиийэн эрэллэр. Хайдах гынан аҕыйах хаалбыт кыталыктары, амурскай тиигирдэри харыстыыр туһунан кэпсэтиилэр барбыттара ыраатта. Үтүө санаа дьоҥҥо киирэн иҥэрэ, соннук толоруллар буолара олус уустугун, уһун кэми ыларын хайа да дойдуга браконьердар, көҥүлэ суох бултааччылар бааллара биллэрэр.

Айылҕаҕа уларыйыылары дьон бэйэлэрэ саҥаны айыыны оҥоро сатыылларыттан киллэрэн иһэллэр. Ол курдук Австралияҕа куруолугу илдьэн ыытыы улахан содуллана сылдьыбытын ааҕан билэбит. Киин улуустарга маттаҕа диэн былыргы кэпсээннэрбитигэр элбэхтик кэпсэнэр кыра кыылбыт, андаатары Америкаттан аҕалан олохсутуу кэнниттэн быста аҕыйаата.

Үүнээйини элбэҕи үүннэрээри араас удобрениелары харса суох туһаныыттан, ыһыыттан хонуу чыычаахтара быста аҕыйааһыннара тутулуктанарын кэлин кэмҥэ биллибит. Чыычаахтар ахсааннара аҕыйаан кыра үөннэри кыайа-хото сиэн, тэҥнэһиигэ кыайан туппат буолбуттара билиннэ, мутукчалаах тыалары сиир үөннэр аһара баран элбээтилэр. Кэлин кэмҥэ мутукчалаах тыалары кыра үөннэр сиэһиннэрэ Саха сирин киин улуустарыгар тарҕаммыта ыраатан эрэр.

Халлаан уопсайынан сылыйан эрэриттэн урукку кэмҥэ соҕуруу дойдулаах көтөрдөр кэлэн олохсуйаллара эбиллэн иһэр. Ол курдук соторутааҕыта көстүбүт чыыбыс диэн көтөр Саха сиригэр дойдулаах курдук буола элбээтэ.

Халлаан үөрэхтээхтэрэ бэлиэтииллэринэн Сир салгынын сылыйыыта ааспыт үйэ 60-с сылларынааҕар 10-ча кыраадыска тиийэ итийдэ. Хотугу сир олохтоохторугар халлаан сылыйыыта олохторугар үчүгэйи аҕаларын таһынан сир аннынааҕы ирбэт тоҥу ириэрэн, улахан таас тутуулар фундаменнарын хамсатар кыахтанара уустуктары үөскэтиэн сөп.

Дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьар “Атлантида ууга барыыта” сотору кэминэн хатыланыан сөп балаһыанньата сир үрдүгэр үөскээн эрэр. Айылҕаҕа мунньуллубут муустар ууллууларыттан уу элбээһинэ саҕаланна. Ол курдук учуонайдар ааҕан таһаарыыларынан бары сир үрдүгэр баар муустар ууллуулара, уу билиҥҥи таһымын 60-ча миэтэрэ үрдэтиэн, элбэх дьон олохсуйбут хонуу сирдэрэ ууга былдьаныахтарын сөп.

2013 сыллаах күһүн Амур өрүс түһэр ардахтартан халааннаан чугастааҕы хонуу сирдэри барыларын уу ыла сырытта. Тыа сирин үлэһиттэрин, олохтоохторун дьиэлэрэ-уоттара барылара ууга былдьаннылар, ас-үөл саппааһа ууга барда. Бу сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла буолбатах быһыы буолар. Былыргы сахалар бу өрүһү Амыр, Амырыын диэн ааттаабыттара, аатыгар сөп түбэһэрэ билигин кэлэн билиннэ. Бүтүн Россия көмөтүнэн эрэ олохтоохтор саҥалыы оҥостоллоро кыалынна.

Мутукчалаах мастары имири кэрдэн аҕыйатыыттан Сир үрдүгэр уу паарын эргиирэ күүһүрүүтүттэн, олус күүстээх тыаллар, ардахтар уонна хаардар түһүүлэрэ эбилиннэ. Аны күүстээх тыаллар үүнэн турар мастары барыларын охтороллоруттан айылҕаҕа үөскээбит уу эргиирэ өссө улаатан, күүһүрэн иһэр чинчилээх. Айылҕа алдьархайыгар түбэспит дьону тэлэбиисэргэ көрөн, араадьыйаҕа истэн аһына саныырбытыгар, көмөлөһө сатыырбытыгар эрэ тиийэбит.

Сир баайын аһаҕас ньыманан хостооһун айылҕаны алдьатыыта олус киэҥ. Кыһыл көмүһү хостоорулар үрэхтэр кумахтарын тоҕо хаһан сууйан, күөх кырыстарын барытын тиэрэ ууран кумах куйаардарга кубулуппуттара көрүөххэ ыарахан. Дьон сайдыыны ситиһэн сиргэ аан маҥнай олохсуйбут, сирин-баайын тоҕо хаһан хостообут дойдулара билигин улахан кумах куйаардарга кубулуйан сыталларын билиниэхпит этэ.

Кэлии дьон өйдөрө-санаалара, сир баайын түргэнник хостоон туһаҕа таһаара охсууга дьулуһуулара, былыргы имперскэй, колониальнай, олохтоохтор баҕа санааларын аахсыбат сыһыаннара айылҕаны харыстыырга көмөлөспөт, сөп түбэспэт. Сэбиэскэй былаас кэмигэр кыһыл көмүһү кыайа-хото хостоору үрэхтэр кырыстарын тоҕо хаһаннар хара буорун, кумаҕын таһааран кэбиспиттэрэ билигин да оннук чохчолонон сыталлар. ВСТО трубатын тардыы үлэлэрэ айылҕаны харыстаабат буолууну кэрэһилээн көрдөрөллөр. Ол курдук труба тэстибитигэр нефть тохтубут сиригэр олохтоох дьону киллэрбэттэр, билиһиннэрбэттэр, көрдөрбөттөр, кистии сатыыллар.

Сахалар үөрэхтэринэн киһи айылҕаҕа киллэрэр уларытыылара утары хайысхалаах хамсааһыны, сэти үөскэтэллэр. Бу быһаарыы айылҕа, Сир уонна Күн тутулуктара олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан туралларыттан тутулуктаах. Ол иһин хайа да өттүгэр аһара хамсааһын утары хайысхалаах хамсааһыны хайаан да үөскэтэр. Билигин дьон уһун үйэлээх үлэлэрин түмүгүнэн айылҕаҕа үөскээбит уларыйыылар утары өттүттэн хамсааһыны, сэти үөскэппиттэрин уларытар кыах дьоҥҥо суох, кэтээн көрөллөрүгэр уонна харыстана, куота сатыылларыгар эрэ тиийэллэр.

Айылҕаҕа үөскүүр уларыйыылар элбэх дьону хаарыйалларыттан кэтээн көрөөччүлэр эмиэ элбээтилэр. Билигин дьон айылҕаны кытта сыһыаннарыгар чахчы кыаттарыахтарын сөбүн, бэйэлэрэ “Айылҕа оҕолоро буолалларын” билинэн эрэллэр. Кинилэр айылҕа ити уларыйыыларын хайдах гынан кыччатар, аҕыйатар туһугар өйдөрүн-санааларын түмэ, ханнык эрэ тупсарыылары киллэрэ сатыыллар, айылҕаны харыстааһын, чөлүгэр түһэрии эрэ быыһыыр кыахтааҕын билинэн, харыстыыр, урукку туругуттан аны уларыппат санаалара күүһүрэн иһэр.

Атомнай эньиэргийэни киэҥник тарҕатыы сир үрдүн радиациянан сутуйууга тириэрдэр кыаҕа улахан. Дьон баҕарбатахтарын да үрдүнэн радиация тарҕанан иһэр чинчилээх. Маны Чернобыль уонна Фукусима-1 атомнай уоту биэрэр станциялар, биирдэрэ, дьон сыыһа туттууларыттан, иккиһэ сир хамсааһыныттан саахалланыыларын уонна киэҥ сирдэри радиациянан сутуйбуттарын аан дойду дьоно бары билэллэр. Радиациялаах эттиктэр тобохторун туспа сирдэргэ харайыы, ураннаах рудалары хостооһун хаһан баҕарар уустуктардаахтар уонна радиация салгыы тарҕанан иһэр чинчилээҕин биллэрэллэр. Айылҕа радиациянан сутуллуута улахан кыыллар, динозаврдар үөскүүр үйэлэрэ тиийэн кэлиитигэр тириэрдэр кыахтааҕыттан өйдөөх-санаалаах дьон билиҥҥиттэн сэрэниэ этилэр.

Итини тэҥэ сайдыыны ситиһии сабыдыалыттан дьон өйө-санаата туруга суох буолуута улаатыыта, наркотиктары туһаныы тарҕанан барыыта, атомнай сэрии сэптэрэ мунньуллуулара өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһии ньымата уларыйарын, тупсарын, сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһан сайдарын эрэйэр.

Онон былыр-былыргыттан киһи айылҕаны кытта сыһыанын дириҥник билэр, бэйэлэрин “Айылҕа оҕотунан” ааттанар сахалар айылҕаны харыстыырга аналлаах “Харыстас” таҥара үөрэҕин сайыннарар кэмнэрэ кэллэ. “Харыстас” таҥара үөрэҕэ сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһан үөскээһинэ уонна сайдыыта, тарҕаныыта аныгы олох тутаах көрдөбүлэ буолбутун таба өйдөөн, саҥа таҥараны сайыннарыахпыт этэ. Бу таҥара үөрэҕэ саха дьоно айылҕаны харыстааһыҥҥа сомоҕолоһууларын төрүттүүр кыахтаах.

“ХАРЫСТАС” ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Билигин үөрэх-билии, наука сайдан иһэринэн былыргы үйэлэргэ хас да сыл устата эргийэ устар сирбит саара ракетанан чаас аҥара эрэ эргийэ көтүллэр кыра төгүрүккэ кубулуйда. Дьон-аймах саҥаттан саҥаны айан, айыыны оҥорон олоххо киллэрэн истэхтэрин аайы айылҕаны буорту оҥороллоро улаатан, кэҥээн иһэрин таба өйдөөн, аһара барар өйдөрүн-санааларын хааччахтыа, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиигэ туһаныа этилэр.

Өй-санаа хааччахтаннаҕына, аһара барбатаҕына эрэ айылҕаны харыстыыр кыахтанарын арааран билиэхпит этэ. Аһара баран саҥаттан-саҥаны арыйан, ол-бу, буолар-буолбат айыыны оҥорон иһэр өй-санаа айылҕаны алдьатара, буорту оҥороро улаатан, кэҥээн иһэрин билиэ этибит. Ол курдук саҥаттан-саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи эккирэтии, бииртэн бииргэ солумсаҕырыы барыта, айылҕаҕа буортуну оҥорууну элбэтэр.

Айылҕа сирин баайын саппааһа, күөх үүнээйилэрэ, тииттэрэ уонна тыынар-тыыннаахтара аҕыйаан иһэллэрин билигин бары билэр буоллубут. Ол иһин харыстыыр санаа ордук элбээтэҕинэ, сир баайын хостуу охсоору күөх үүнээйилэри алдьатыы, суох оҥоруу тохтоотоҕуна, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытылыннахтарына эрэ, айылҕа уларыйыыта бытаарарыттан, уһуннук биир тэҥник турарын ситиһэр кыахтанарбытын билиэ этибит.

Биһиги сахалар айылҕаны кытта араас тутулуктарбытын сүтэрбэккэ, быспакка сылдьар, айылҕаны харыстыыр санаабыт атын омуктардааҕар быдан күүстээх уонна айылҕаны харыстааһын сахалар үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан ыытыллара “Харыстас” таҥара үөрэҕин дьайыыта күүһүрэригэр тириэрдиэҕэ. Ол курдук сахалар “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн билиниилэрэ, бэйэлэрин айылҕа оҕотунан ааттаныылара киһи айылҕаттан тутулугун таба сыаналыыр, кыратын, оҕотун билинэн айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаатын улаатыннарар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаны, тугу барытын харыстыыр, көмүскүүр өйгө-санааҕа иитиигэ аналлаах “Харыстас” таҥара үөрэҕэ баар буоллаҕына туһата улаатыа, сахалары биир санааланыыга тириэрдиэ этэ.

Билигин айылҕаны харыстыыр санаабытын барытын түмэн «Харыстас» таҥараны үөскэтэр кэммит кэллэ. Биһиги айылҕаны харыстыыр “Харыстас” таҥарабытыгар дьон-аймах барылара кыттыһан барыахтара, айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстааһыҥҥа биир санааланыыларыттан “Харыстас” таҥара сир үрдүгэр тэнийэн, тарҕанан барыыта саҕаланыа.

Үөрэх-билии, аныгы тиэхиникэ сайдан дьон бары айылҕа уларыйан иһиитин куруук кэтээн көрөр кыахтаахтар. Айылҕа уларыйыылара күүһүрэн иһэллэриттэн харыстыыр санаа Аан дойду дьонугар барыларыгар тарҕанар кыаҕа улаатан иһэр.

“Кэриэстэс” диэн сахалар өлбүт киһини ахтар, саныыр, кини кэриэс этиитин толорор итэҕэллэриттэн үөскээн, тэнийэн тахсыбыт Христос таҥара билигин киэҥник тарҕанна. Ол да буоллар христианскай итэҕэл туох сабыдыалтан, хамсааһынтан үөскээбитин өссө билинэ илик. “Кэриэстээ” диэн сахалыы тылга «с» диэн тарҕаныы, ыһыы дорҕооно эбиллиитэ “Кэриэстэс” диэн элбэх киһиэхэ аналлаах ыҥырыыны үөскэтэрэ киэҥ сирдэргэ хунн омуктар көмөлөрүнэн тарҕанан Христос таҥара аатыгар кубулуйбута чахчы.

Саҥа үөскүүр айылҕаны көмүскүүргэ, харыстыырга аналлаах таҥара аатын талан ылыы улахан оруоллаах. Билигин айылҕа алдьанан, үрэллэн, кыыллара, көтөрдөрө, үүнээйитэ аҕыйаан эрдэҕинэ айылҕаны харыстааһын маҥнайгы күөҥҥэ тахсан иһэринэн «Харыстас» таҥара үөрэҕэ сайдар, тарҕанар кэмэ кэллэ.

“Харыстаа” диэн тыл биир киһиэхэ аналлаах, үтүөҕэ баҕарар ыҥырыы буоллаҕына, «с» диэн ыһар, тарҕатар дорҕоон эбиллиитэ харыстааһын элбэх киһиэхэ, дьоҥҥо барыларыгар дьайыытын, тарҕаныытын үөскэтэр. Ол иһин дьон бары тутуһар, харыстыыр баҕа санаалара «Харыстас» таҥара диэн ааттанара оруннаах, сыалыгар-соругар сөп түбэһэр.

Киһиэхэ үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаата олус элбэхтэ хатыланан үгэс буола кубулуйдаҕына таҥараны үөскэтэр. Ол аата санаа, үгэскэ кубулуйан дьону инники диэки, сайдыы диэки ыҥырар, угуйар кыаҕа таҥараҕа кубулуйдаҕына ордук улаатар.

Олох сайдан, улахан тиэхиникэлэр оҥоруллан истэхтэринэ айылҕаҕа уларыйыылар үөскүүллэрэ эбиллэр. Билигин айылҕаҕа үөскээн, тэнийэн иһэр сылыйыы сыыйа-баайа улахан уларыйыылары киллэрэн эрэрэ дьоҥҥо барыларыгар биллэр буолла. Хоту уонна Соҕуруу полюстарга мунньуллубут муустар ириилэриттэн сир үрдүгэр уу элбээһинэ бэлиэтэнэр. (1,43).

Былыргы дьыллар мындааларыттан дьон-аймах ууһаан олорбут сирдэрэ билигин улахан кумах куйаардарга кубулуйан сыталлар. Ол курдук дьон сир баайын тоҕо хаһан хостоорулар үүнээйи үүнэр кырыһын суох оҥороллоруттан олорор сирдэрин хас эмэ үйэлэринэн туох да үүммэт кумах куйаардарыгар кубулуталлар.

Саха дьоно айылҕаны харыстыыр санаалара атын омуктардааҕар быдан күүстээх. Чөл туруктаах, айылҕата алдьана илик олорор сирдээх дьон биһиги эрэ хааллыбыт диэтэххэ сыыһа буолбат буолла.

Онон биһиги, сахалар хас биирдии аан дойду киһитигэр «Харыстас» таҥараҕа кыттыс диэн ыҥырыы оҥорор толору кыахтаахпыт. Биһиги айылҕаны харыстыырбытыгар кыттыс, «Кэл, биһигини кытта харыстас», -диэн ыҥырыы, киһиэхэ харыстыыр үтүө санааны уһугуннарыы, ону иитиэхтээһин, үгэскэ кубулутуу буолар. Бу тыл бүтүүтүн «с» дорҕооно харыстыыры ыһар, киэҥ сирдэргэ тарҕатар үтүө өйдөбүллээх. Таҥара итэҕэлэ үөскээһинигэр бу тылбыт сүрүн оруолу ылар кыахтаах.

Айылҕаны, кыыллары-сүөллэри барыларын аны харыстааһын эрэ тэнийдэҕинэ, сиргэ олох уһууругар тириэрдэр кыахтааҕын дьон билэн эрэллэр. Дьон айылҕаны харыстаатахтарына эрэ уһуннук уларыйбакка эрэ туруон сөбүн билигин билэн, харыстыыр санаалара уһугунна уонна сайдан, тарҕанан эрэр. Ол курдук 450 эрэ ахсааннаах ордон хаалбыт уссурийскай тиигири, кыталыгы хайдах харыстыыр туһунан үөрэппиттэрэ син ыраатта.

Аан дойду дьонун барыларын түмэр “Харыстас” таҥараны биһиги сахалар үөскэтэн туһанарбыт, сирбитин-дойдубутун харыстыырбыт күүһүрэрэ билигин ирдэнэр кэмэ кэллэ. Айылҕаны буортулааччылары, араас химическэй заводтары тута сатааһын эбиллэн иһэр. Харыстыыр санаабыт күүһүрүүтэ өйбүт-санаабыт сайдыыта инники диэки барарыгар олук буолуоҕа. Ол курдук билигин айылҕа уларыйыылара дириҥээн иһэллэрин аан дойду хас биирдии олохтооҕо билэр буолбута “Харыстас” таҥара үөрэҕэ киэҥник тарҕаныытыгар тириэрдиэҕэ.

Дьон-аймах өйө-санаата аныгы “Харыстас” таҥара үөрэҕин тутуһан сайыннаҕына сир үрдүгэр олохпут салҕанар, уһун үйэлэнэр кыаҕа улаатарыгар тириэрдиэҕэ. Ол курдук олох бары өрүттэригэр харыстыыр санаа улааттаҕына, харыстааһын күүһүрдэҕинэ сиргэ олох уһуура быһаарыллар кыахтаах.

Онон таҥара диэн элбэх дьоҥҥо туһалаах, инники диэки ыҥырар үтүө баҕа санаа үгэс буоллаҕына, оннук өйү-санааны дьоҥҥо тарҕатар таҥара үөрэҕэ сайдар, чэчириир, тарҕанар дьылҕалаах.

Айылҕаны харыстас диэн ыҥырыы, «Харыстас» таҥараны үөскэтэр кыахтаах. Аан дойду үрдүнэн айылҕаны харыстыыр тэрилтэлэр элбэхтэр. Олор бары сахалар кут-сүр үөрэхтэрин, алгыстарын туһанан айылҕаны харыстааһынынан дьарыктаныылара биһиги итэҕэлбит киэҥник тарҕанарыгар тириэрдиэҕэ.

Кут-сүр үөрэҕэ «Туох барыта иччилээх» диэн быһаарар. От-мас, кыыллар, көтөрдөр, дьон иччилэрэ бары көннөрү киһиэхэ көстүбэккэ эрэ сиргэ-дойдуга эмиэ сылдьаллар. Бу сахалар үөрэхтэрин айылҕаҕа сыһыаҥҥа хайаан да тутуһуллара ирдэнэрин бар дьоҥҥо тириэрдии айылҕаны харыстааһыҥҥа төрүт буолуо этэ. Иччилэри харыстааһын диэн олору ыспакка, аймаабакка этэҥҥэ сылдьалларын хааччыйыы буоларын билэн туһаныахпыт этэ.

Таҥара үөскүүрүгэр ханнык эрэ төрүт, дьон биир санааланыылара, бары онно дьулуһуулара наада буолар. Айылҕаҕа баар иччилэр дьоҥҥо ханнык эрэ көрүҥүнэн биллиилэрэ, “Харыстас” таҥара тэнийэн сайдыытыгар хайаан да көмө буолар кыахтаахтар.

Айыыны оҥорон иһэр киһи айылҕаны харыстаабат, алдьатар киһи буолар. Туой аайы саҥаттан саҥаны, айыыны оҥороругар уруккуттан айылҕаҕа олохсуйбут тэҥнэһии балаһыанньатын уларытарыгар, алдьатарыгар, олохсуйбут үгэстэри, сиэри кэһэригэр тиийэр. Ол аата саҥаттан саҥаны айыы диэн сиэри кэһии, урукку олохсуйбут үгэстэртэн туорааһын, тумнуу, хаалларыы буоларын таба өйдүөхпүт, буолар-буолбат, сыыһа-халты буолуохтарын сөптөөх, ол аата хара айыыга кубулуйуохтарын сөптөөх саҥаны айыылары оҥорууттан сэрэниэхпит, туттунуохпут, чахчы дьоҥҥо туһалаах үрүҥ айыылары талан ылан оҥоро сатыахпыт этэ.

Бары бытархай, буолар буолбат, олоххо соччо туһата суох кыра айыылары оҥорооччулар элбээһиннэриттэн “айыы үчүгэй” диэн этээччилэр билигин элбээбит курдуктар эрээри, дьоҥҥо өй-санаа үөрэҕэ тарҕаннаҕына, харыстыыр санаалара улааттаҕына, үлэ-хамнас тубустаҕына, көрсүө, сэмэй дьон олохторун уһуннук олороннор бу сыыһаны хайаан да көннөрүөхтэрэ.

Онон айылҕаны харыстааһын сахалыы өйү-санааны, кут-сүр үөрэҕин тутуһан салаллара уонна дьоҥҥо барыларыгар тиийэр “Харыстас” таҥараны үөскэтэрэ ордук улахан туһаны аҕалыаҕа.

АЙЫЛҔАНЫ ХАРЫСТААҺЫН

Үөрэх-билии тарҕанан, дьон өйө-санаата сайдан, тупсан, олоххо оҥорбут сыыһаларын, сыыһа туттууларын таба сыаналаан, көннөрөн истэхтэринэ сир үрдүгэр демократия үөрэҕэ тарҕанан, кэҥээн олоххо киирэрэ элбээн иһэр. 20-с үйэ бүтүүтүгэр икки улахан империя; Югославия уонна Сэбиэскэй Сойуус үрэллэннэр үгүс бэйэлэрин-бэйэлэрэ салайынар кыра, тутулуга суох государстволар үөскээбиттэрэ.

21-с үйэ саҥатыгар араб дойдуларыгар өрө туруулар буоланнар элбэх диктатордар, короллар государстволары салайыыттан туоратылыннылар. Элбэх дьон олохторугар биллэр уларыйыылар киирэннэр сайдыы, тупсуу диэки хамсааһыннар тэнийэн истэхтэринэ, айылҕаҕа эмиэ уларыйыылар киирэн иһэллэр. Ол курдук сир хамсааһыннара элбээбиттэрин тэҥэ, түһэр ардахтар, хаардар аһара күүһүрэн иһэллэрэ бэлиэтэнэр.

Аныгы, сайдан иһэр үйэҕэ айылҕаны харыстааһын эрэ быыһыыр кыахтааҕын өйдөрө-санаалара сайдыбыт, үөрэхтэммит дьон кэлин кэмҥэ өйдөөн, араас үлэлэри ыытан эрэллэр. Манна ордук аҕыйах ахсааннаах ордон хаалбыт кыыллары, көтөрдөрү харыстааһын, көмүскээһин күүһүрүүтүн киллэриэххэ сөп.

Айылҕа кыылларын, көтөрдөрүн харыстааһыны биһиги эмиэ оҥоробут эрээри, ол кыра, айылҕа уларыйыытыгар кыайан сөп түбэспэт буолан иһэр. Бултааһын кэмин хааччахтааһын аһара элбэҕи бултаан кэбиһиини аҕыйатарын таһынан төрүүр, үөскүүр кэмнэригэр харыстааһыны, көмүскэли оҥорор. Биһиги дойдубутугар айылҕа кыылларын, көтөрдөрүн маннык харыстааһын ситиһиилээхтик ыытыллыбыта ыраатта. Көтөрдөрү харыстааһын көтөн тиийэр дойдуларыгар барыларыгар тарҕанара эбитэ буоллар туһата улахан буолуо этэ.

Дьон төһө да үөрэҕи-билиини баһылаабыттарын иһин бэйэлэрэ өйдөрүнэн-санааларынан салаллан бултааһын кэмин чуолкайдык тутуһаллара өссө да ыраах буолуон сөп. Бу быһаарыы дьон өйө-санаата сайдыыта, тупсуута, үчүгэйи оҥоруу диэки салаллыыта олус уһун кэмнэри ыларын биллэрэр. Биирдиилээн дьон булду харыстааһын быраабылаларын тутуспаттара син-биир биллэн тахсан хомолтону үөскэтэр.

Аан дойду дьоно айылҕаны харыстыырга кыһаналлара сыыйа-баайа улаатан, кэҥээн иһэрин араас хамсааһыннары кыттыһан оҥороллоро биллэрэр. Ол курдук 2011 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр ыытыллыбыт «Час земли» диэн электрическэй уоту харыстааһын акциятыгар элбэх дойдулар кыттыстылар, биир чаас устата туһата аҕыйах электрическэй уоттары умуруоран эньиэргийэни экономиялааһыны үөскэттилэр. Арай бу харыстааһыммыт хас күн аайы буолбакка, биирдэ эмэтэ “шоу” курдук ыытыллара туһатын аҕыйатар, дьон харыстааһыҥҥа кыттыһыылара уустугун биллэрэр.

Айылҕаны харыстааһын биир тутаах көрүҥүнэн күөх тыаны, хонууну өрт уотугар сиэппэт туһугар кыһаныы буолар. Сайын уһун кураан турдаҕына ойуурга баһаардар бараллара билигин да элбиир. Күн буруо быыһынан нэһиилэ көстөр кэмэ тиийэн кэлэрэ, уот аһара бардаҕына айылҕаҕа оҥорор хоромньута лаппа улаатарын биллэрэр.

Тыһыынчанан киһиттэн биир сэрэҕэ суох киһи баһаары, өрт уотун ыытан кэбиһэрэ уоту уматар тэриллэр сайдыыларыттан, тупсууларыттан улаатан, элбээн биэрэр кыахтанара, экономика сайдыыта дьоҥҥо, айылҕаҕа оҥорор куһаҕана улаатарын биллэрэр. Уоту уматар тэрил хататтаах чокууртан уонна кыаттан сайдан испиискэҕэ уонна тарбаххынан баттаатаргын эрэ күлүм гына умайан кэлэр, гааһынан үлэлиир зажигалкаҕа диэри сайдыыта, аныгы умуллубат сигареталар элбээһиннэрэ, туруга суох өйдөөх-санаалаах, ыксаллаах, тиэтэллээх, сыыһа-халты туттунар кыахтаах дьон уоту ыытан кэбиһэллэрин элбэтэр.

Уоту уматар тэриллэр сайдыылара, тупсуулара олору туһанар дьон өйдөрө-санаалара ордук күүһүрэн, тупсан, тулуурдара элбээн биэрэрин эрэйэрин аныгы үйэҕэ хаалларан, умнан сылдьабыт. Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туттуллар сахалыы үөрэх “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этиини тутуһан ыытылларын төрөппүттэр туһаныахтара этэ. Ол аата Улуу Тойон таҥара тулуурдаах буолууга үөрэҕэ кытаатан, оҕо кыра, зажигалканы сатаан туһанар буолуоҕуттан ыла үөрэтэн, сэрэхтээх буолуута улаатан биэрэрин ситиһии эрэ дьону сыыһа-халты туттунуулартан быыһыыр кыахтааҕын таба өйдүөхпүт этэ.

Онон айылҕаны өрт уота сиириттэн харыстааһын биир тутаах көрүҥүнэн дьон өйүн-санаатын туруктаах, сэрэхтээх, тулуурдаах буолууга кыра эрдэхтэриттэн иитии, үөрэтии буоларын билэн туһаныа этибит. Итини тэҥэ аныгы технологияны туһанан биир мүнүүтэ тардыбатахха бэйэтэ умуллан хаалар сигаретаны дьон бары тардар буолуулара уоту ыыталларын аҕыйатар кыахтааҕа биллибитин туһаныахха сөп этэ.

Ханнык баҕарар саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу айылҕаҕа уларыйыыны, хайа эрэ; үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу өттүгэр хамсааһыны киллэрэр. Саҥа айыллыбыт араас элбэх туох содуллаахтара биллибэт удобрениелары хонууга ыһаннар, хонуу чыычаахтарын быста аҕыйаппыттара билигин билиннэ. Чыычаахтар аҕыйаабыттара араас маһы, мутукчаны сиир үөннэр аһара элбээһиннэригэр тириэрдибититтэн хаарыан хампа күөх тыаларбыт билигин хам хатан харааран, соҥуоран тураллар.

Сайдыыны ситиһиибит биир туһалаах өрүтүнэн, бу кэмҥэ киһи барыта Аан дойду үрдүгэр туох буола турарын кэтээн көрө сылдьар кыаҕырбыта буолар. Айылҕаҕа ханна эмэ, ханнык эрэ хамсааһын буолбутун, туох уларыйбытын аныгы көрдөрөр, иһитиннэрэр тиэхиникэ көмөтүнэн бары билэ сылдьаллар. Ол иһин айылҕаҕа тахсар уларыйыылар, соһуччу хамсааһыннар дьону барыларын таарыйар кыахтаммыттара харыстыыр санааларын улаатыннарда.

Дьон бары олохторун сыалынан Айылҕаны харыстааһын буолар кэмэ тиийэн кэллэ. Науканы сайыннаран улахан, кыахтаах тиэхиникэлэри оҥостор буолуу айылҕаны алдьатыыны күүһүрдэр, киэҥ сирдэргэ тарҕатар. Бары олус туһалаах диэн ааттыыр ракеталарбыт тобохторо киэҥ сирдэргэ таммалыыллар. Бу тобохтор айылҕаҕа оҥорор хара дьайыыларыттан дойдубутун көмүскүү сатыырга тиийдибит.

Сир баарын хостуур улахан тэрилтэлэр республика салалтатыгар бас бэриммэттэриттэн, элбэх барыһы ылар санаалара улаханыттан кыахпыт кыччаан “үктээтэххэ оннооҕор кутуйах “чыып” диир” диэн этиигэ сөп түбэһэр балаһыанньалаахпыт.

Сир баайын тоҕо хаһан аһаҕас ньыманан хостооһун радиацияны тарҕатар. Олус былыргы динозаврдар баар кэмнэригэр сир үрдэ радиациянан сутуллубут эбитин наука дакаастаабытыттан өй ылынан радиацияны тарҕатыыга дьон олус улахан сэрэхтээх буолуохтара этэ.

Киһи айылҕаҕа сыһыана харыстааһын өттүгэр уларыйдаҕына эрэ, Сиргэ дьон олоҕо кыаллар кэмнэрэ кэлэн эрэллэр. Кыыллар, көтөрдөр аҕыйааһыннара күөх үүнээйилэр аҕыйааһыннарын кытта быһаччы тутулуктаах. Айылҕаҕа үүнэр олус туһалаах тутуу матырыйаала буолар мутукчалаах мастары, билигин дьон кэрдэн лаппа аҕыйаппыттарын кэннэ, аны үөннэр сиэн тобоҕолуох курдуктар. Ол курдук күөх үүнээйилэр суох буолуулара айылҕа кыыллара, көтөрдөрө эмиэ суох буолууларыгар тириэрдиэн сөп.

Сири, күөх үүнээйилэри биһиги сахалар харыстыыр санаабыт күүстээх, былыр-былыргыттан олохпут айылҕаттан тутулуга улаханыттан харыстыыр санааны иҥэринэн сылдьабыт. Бу харыстыыр баҕа санаабытын туһанан алдьаммыт, кээһэммит күөх хонууларбытын, тыабытын оннугар түһэрэр үлэлэри кыайа-хото ыытар, атыттары харыстыырга ыҥырар кыахтаахпыт.

Олох сайдан, тупсан иһиитэ уруккуттан олохсуйбут өй-санаа, үгэстэр эмиэ уларыйалларыгар тириэрдэр. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит таҥаралар аныгы дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар сөп түбэспэттэр, хаалан хаалбыттар. Бу эргэрбит, туһаларыттан тахсыбыт таҥаралары хаалларыы, умнуу, уларытыы, сайдыыны ситиһэн иһэр дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол аата сайдыыны ситиһии биир кэрдиис кэмигэр туттулла, туһалааҕынан ааҕылла сылдьыбыт баҕа санаа, таҥара уларыйар, атынынан солбуллар кэмэ тиийэн кэлэн иһэр.

Сайдыылаах, үөрэхтээх киһини “суор курдук буол”, “собулҕаны тоҥсуй” диэтэххэ чахчы өһүргэниэн, хомойуон сөп. Олус былыргы таҥара туттуллар кэмэ аастаҕына хаалан хаалар, умнуллар дьылҕаланарын билинэн былыргы таҥараларбытыттан босхолонуо этибит. Аныгы, сайдыылаах кэмҥэ биһиги сахалар былыргы итэҕэлбитин эмиэ уларыттахпытына эрэ айылҕаны толору харыстыыр кыахтанабыт. Айылҕаҕа аҥардастыы күөх хонуу, тыа эрэ киирбэтинэн, онно араас кыыллар, көтөрдөр, уулар, балыктар, араас үөннэр бары холбуу киирсэллэриттэн харыстааһын барыларын холбуу хабан ылара туһатын улаатыннарыа.

Биһиги былыргы Байанай таҥарабыт тыа кыылларын, көтөрдөрүн харыстыырга анала суох. Ол курдук Байанай таҥара, былыргы булчуттар таҥаралара, дьон бултаан айахтарын ииттэр, таҥас оҥостон таҥнар эрдэхтэринэ үөскээн сайдыбытыттан айылҕаны харыстыырга ыҥырбат. Оччолорго булт элбэх, онтон дьон аҕыйах эрдэхтэринэ элбэхтик бултуу, онтон туһана, аһылык, таҥас оҥосто сатыыллара, Байанай таҥара көмөтүгэр олуһун наадыйаллара. Билигин кэлэн ол уларыйан, төттөрү эргийэн булт букатын аҕыйаата, дьон ахсааннара аһара элбээтэ, аҥардастыы булдунан иитиллээччилэр бэйэлэрэ эмиэ лаппа аҕыйаатылар. Ол иһин былыргы Байанай таҥара биирдэ эмэ айылҕаҕа тахсан сынньанааччылар эрэ туһаналларыгар туттулларга тиийбитин таба өйдөөн, сыыйа хаалларыа этибит уонна саҥа, айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстыырга аналлаах “Харыстас” таҥараны сайыннарыахпыт этэ. Таҥара диэн дьон үтүөҕэ баҕарар баҕа санаалара маннык уларыйыыта өй-санаа сайдан, уларыйан, тупсан иһиитинэн быһаарыллар.

Билигин аныгы, үөрэхтээх сахалар өйгө-санааҕа ити уларыйыы үөскээбитин таба өйдөөн өйдөрүн-санааларын уларытан, сайдыы, тупсуу диэки хайысхалаан, ол аата харыстааһын өттүгэр эргийэн биэрэллэрэ олох көрдөбүлэ, ирдэбилэ буолла. Былыргы кэмнээҕи, сайдыылаах олохтон хаалан хаалбыт өйү-санааны тутуһуу аныгы үөрэхтээх, билиилээх, сайдыылаах киһиэхэ сөп түбэспэт майгы буоларын таба өйдүөхпүт этэ.

Оҕолорбутун, кэлэр көлүөнэлэрбитин иитии, үөрэтии билигин сыыһа, хаалбыт хайысханан баран иһэрин тохтотуу, көннөрөн биэрии хайаан да эрэйиллэр. Ол курдук саҥаттан саҥаны арыйа сатыыр, “айыы үчүгэй” диир, айыыны элбэхтик оҥорор дьон бииртэн бииргэ, саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлииллэрэ, солумсаҕыраллара элбэҕиттэн айылҕаны харыстаабаттар, алдьаталлара элбээн хаалар. Айыыны үчүгэй диири, айыы буола сатыыры хаалларыа этибит.

Олох сайдан истэҕинэ олус былыргы хаалбыт өйү-санааны тутуһуу олох хаамыытыттан хаалан хаалыыга тириэрдэрин бары билэбит. Сайдыылаах дьон бары айылҕа кыыллара, көтөрдөрө аҕыйаабыттарын билинэн харыстыыр, көмүскүүр санаалара күүһүрэн истэҕинэ биһиги, сахалар былыргы Байанай таҥарабытын өрө тута сылдьарбыт, оҕолору үөрэтиигэ туһанарбыт өйбүт-санаабыт хаалан иһэрин биллэрэрэ чахчы.

Сайдыылаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон бу ыган кэлбит уларыйыыны ылыннахпытына эрэ табыллабыт. Сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрин таба өйдөөн олох көрдөбүлэ эргийэн, уларыйан биэриитигэр, ол аата үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйыытыгар, улаханнык оҕустарымыахпытын сөп этэ. Ол курдук хас биирдии айылҕа кыыллара харыстабылга наадыйар кэмнэрэ кэлбитин бары билэ, истэ сылдьабыт. Оннооҕор бары кыттыһан дэлэйдик бултуур куобахпыт киин улуустарга кыайан үөскээбэккэ харыстабылга наадыйбытын бары билэбит.

Аан дойду дьоно бары түмсэн биир баҕа санааланыылара саҥа, айылҕаны харыстыыр таҥара үөскээһинигэр тириэрдиэ этэ. Бу саҥа таҥара сахалар айылҕаны харыстыыр үөрэхтэриттэн, үчүгэйгэ ыҥырар алгыстарыттан үөскээн таҕыстаҕына сахалыы «Харыстас» диэн ааттанара ордук табыллыа. Бу үтүө баҕа санаа дьоҥҥо үөскээн сайыннаҕына сахалар туруоруммут сыалларын ситиһэ сатыылларыгар кыахтара улаатыа, күүһүрүө, кыаҕырыа, биир санааланыа этилэр.

Онон айылҕаны харыстааһыҥҥа, сиргэ туруктаах олоҕу ситиһиигэ дьон тулуурдара, дьулуурдара эбилиннэҕинэ, бэйэлэрин ону-маны, буолар-буолбаты, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр быстах баҕа санааларын өрө туппатахтарына, хааччахтаатахтарына, ситиһиилэри оҥорор кыахтаныахтара. Көрсүө, сэмэй дьон сыыһа-халты, аһара туттуналлара аҕыйаҕыттан харыстыыр, көмүскүүр санаалара элбэҕин туһаныахпыт этэ.

КИҺИ - АЙЫЛҔА ОҔОТО

Саха дьоно айылҕаны харыстыыр, буорту оҥорбот, уларыйбакка өр кэмнэр, үйэлэр усталарыгар биир кэмник турарыгар баҕа санаалара элбэх. Күөх халлаан, үрэхтэр, өрүстэр ыраас дьэҥкир уулара, күөҕүнэн чэлгийбит алаастар уонна онно мэччийэ сылдьар сылгылар, ынахтар сахалар үтүө, үчүгэй, олохторугар ситиһэ сатыыр баҕа санааларынан буолаллар.

Сахалар бэйэлэрэ “Айылҕа оҕото” буолалларын билинэллэр, “Киһи – айылҕа оҕото” диэн бэйэлэрин этинэллэр. Саха киһитэ айылҕа оҕото буоларын билиниитэ олус дириҥ суолталаах, өй-санаа төрүттэрин, сайдан иһиитин суолун, киһи айылҕаҕа ылар миэстэтин таба быһаарыы буолар. Айылҕа бэйэтэ киһини айбытын, үөскэппитин, киһи айылҕаттан кыратын, “оҕото” эрэ буоларын билинии, киһи айылҕаҕа дьиҥнээх бэйэтин миэстэтин арыйар, оннун булларар, аһара өйдөөҕүмсүйэн, барыны-бары кыайарын курдук сананан барарын тохтотор. Киһи айылҕаттан кыратын, оҕотун билиниитэ айылҕаны ордук кыһанан харыстыырыгар, уларыта, аһара баһылыы сатаабатыгар тириэрдэр дириҥ суолталаах быһаарыы буолар.

Саха дьоно «Киһи – Айылҕа оҕото» диэн этэллэр. Бу этии аһара улааппыт, тоталитарнай турукка тиийбит Христос, Аллах таҥаралар Сири-дойдуну, киһини, кыыллары, көтөрдөрү барыларын таҥара айбыта диэн этиилэрин сымыйатын дакаастыыр.

Сахалар дьиҥнээх итэҕэллэрин билбэт, өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин анньа ахтыбат, араас атын омуктары үтүктээччилэр сахаларга “творец”, “айыы” баар диэн этэллэрэ таһы быһа сымыйалааһын буолар. Ол курдук сахалар “Киһи - айылҕа оҕото” диэн бэйэлэрэ билиниилэрэ айылҕаны ханнык да киһи, таҥара айбатаҕын чуолкайдык биллэрэр.

Сир Күн планетата буолан “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, икки өттүттэн тутулуктааҕыттан, эргийэриттэн, хардары-таары хамсааһыны уонна тэҥнэһиини үөскэтэн иһэрэ, уһун үйэлэргэ айылҕа сайдан, билиҥҥи туругун ситиһиитигэр тириэрдибитэ. Бу быһаарыыга киһи сайдыыта эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук киһи этэ-сиинэ биир өрүтүн, онтон өйө-санаата иккис өрүтүн үөскэтэллэрэ уһун үйэлэргэ хардары-таары хамсааһыны үөскэтэн сайдыыны ситиһэригэр кыах биэрбитэ.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыы өйгө-санааҕа аан бастаан сыһыаннаһарын аныгы наука билиннэҕинэ, бары атын, сахалар таҥараларыттан уратылар сыыһаларын билинэргэ тиийиэхтэрэ. Ол курдук Сири, айылҕаны ханнык да таҥара айбатаҕа, айылҕа бэйэтэ икки өттүттэн тутулугун икки ардыларыгар хардары-таары хамсааһыныттан уонна кэмиттэн кэмигэр тэҥнэһиини үөскэтэриттэн уһун үйэлэргэ сайдан, билиҥҥи туругун ситиспитин сахалар билэллэриттэн “Киһи – айылҕа оҕото” диэн этэллэрин ылыныа, киһини айылҕа айбытын билиниэ этибит.

Улахан, тоталитарный турукка тиийбит таҥара үөрэхтэрэ бары кэриэтэ киһи, таҥара “Сири-дойдуну айбыта” диэн этэллэрэ айылҕа дьиҥнээх үөскээһинигэр сөп түбэспэт. Көннөрү да санаан көрдөххө, киһи хайдах даҕаны Сири-дойдуну айар, оҥорор кыаҕа суоҕун аныгы үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон билиэхтэрин сөп этэ. Сатаатар бэйэтин “ойоҕоһун уҥуоҕуттан” дьахтары оҥорон таһаарбыта диэн этиини букатын итэҕэйимиэххэ сөп.

Айылҕаны кытта туруулаһыыга дьон-аймах кыаттарыахтарын, ахсааннара лаппа аҕыйыырыгар тиийиэхтэрин сөбүн олус былыргы кэмнэргэ Ной диэн киһи баар буола сылдьыбытын уонна улахан устар ааллары оҥорбутун туһунан кэпсээннэр туоһулууллар. Ол кэмҥэ олус улахан уу соһуччу кэлбитигэр дьон улахан устар ааллары оҥостон быыһаммыттарын, үрдүк, хайалаах сирдэри этэҥҥэ булбуттарын туһунан кэпсээннэр бааллар.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан улахан тиэхиникэлэри оҥостор буолан истэхтэринэ айылҕаны тупсаран, уларытан, өрүстэри төттөрү сүүрдэр санаалара эбиллэн испит кэмнэрэ бааллара. Ону баара кэлин кэмҥэ айылҕа дьон үлэлэрин-хамнастарын түмүгэр уларыйан, сир хамсааһыннара, улахан долгуннар, күүстээх тыаллар уонна уу эбиллэн иһиитэ дьон оҥорбут тутууларын, туохтарын барытын суох оҥорор кыахтаахтара кэлин кэмҥэ биллэн таҕыста. Билигин киһи айылҕаны кыайан уларыппатын үгүстэр билинэргэ тиийэн эрэллэр.

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ сири-дойдуну үс; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдуларга араарар. Үөһээ дойдуга айыы, абааһы сирэ-олохторо бааллар, аллараа дойдуга – абааһы сирэ. (2,313). Бу дойдулартан Орто дойдуга эрэ тыыннаах, эттээх-сииннээх дьон олохторун олороллор диир сахалар таҥараларын үөрэҕэ.

Үөһээ дойдуттан киһилии дьон Орто дойдуга түспэттэрин сахалар былыргы кэпсээннэрэ биһиэхэ тириэрдэ сатыыллар. Улуу ойуун үс түүннээх-күнү быһа кыыран түһэрбит дьонун, аатырбыт Додор кулуба куттанан, дьиэттэн тахсан көрсүбэтэҕин туһунан кэпсээн баар. (3,29). Бу кэпсээн Үөһээ дойду дьоно Орто дойду дьонуттан олус улахан уратылаахтарын, куһаҕан сыттаахтарын, хаһан да тапсыбаттарын биллэрэр.

Үөһээ дойду диэн былыргы үйэлэргэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үгэс, айыы буолбуттара сылдьар сирдэрэ буолар. Бу дойдуга былыргыта ыйанан өлбүт Бороҕон Айыыта, Дүпсүн Айыыта, киһи өлөрбүт киһитэ Бахсы Айыыта уонна да атын былыр үйэҕэ өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, араас, үрүҥ, үчүгэй, хара, куһаҕан айыыларга кубулуйбуттара бары холбуу сылдьаллар. Тыыннаах, эттээх-сииннээх Орто дойдуга олорор киһи кыайан сылдьыбат, олох олорбот сирэ, дойдута буоларын иһин, дьону Үөһээ дойдуга барыыга ыҥырыы, онно “үчүгэй” диэн этии өлүүгэ ыҥырыыга тэҥнэнэриттэн олус улахан куһаҕан быһыы, бэйэтэ хара айыы буолар.

Өй-санаа Үөһээ дойдуттан түспүтэ, үөһээттэн көнтөстөөхпүт диэн этиилэр сахаларга бааллар. Үөһээ дойду өйө-санаата киһи түүлүгэр биллэн, араас былыргы да үйэҕэ өлөн хаалбыт дьон өйдөрүн-санааларын билиигэ тириэрдэрэ былыргы дьон санааларыгар Үөһээ дойдуттан түспүт курдук өйдөнөн хаалбыта ити этиллэ сылдьар. Итини тэҥэ киһи өйө-санаата түүллэриттэн улахан тутулуктааҕа, түүл киһи өйүн-санаатын уларытара, үөһээттэн көнтөстөөхпүт, тутулуктаахпыт, өй-санаа Үөһээ дойдуттан түспүтэ диэн этиллэрэ сөптөөх. Онон сахалар таҥараларын үөрэҕэ өй-санаа уратыларын табатык быһаарарын олохпутугар туһаныахпыт этэ. Тыыннаах, Орто дойдуга олорор дьону “айыы буолууга” ыҥырыы, “айыы киһитэ” диэн ааттааһын олус улахан сыыһа, өлүүгэ, өйө көтүүтүгэр ыҥырыыга тэҥнэнэр быһыы буолар. Орто дойдубутугар киһи буолан, биирдэ бэриллэр кылгас олохпутун киһи быһыылаахтык олорорго кыһаныахпыт этэ.

Сахаларга айыы диэн тыл «творец» диэн нуучча тылын оннугар хаһан да туттуллубат этэ. Тыл өйдөбүлүн уларытан тутта сатааһын олус улахан сыыһа. Айыы диэн тыл куһаҕан өйдөбүлэ элбэҕин былыргылар билэллэр, оннук тутталлар этэ. Оҕолорун «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн этэн үөрэтэллэрэ. Киһи айылҕаны айбатаҕа, киһи бэйэтэ «Айылҕа оҕото» буоларын, айылҕа киһиттэн үрдүктүк турарын сахалар үөрэхтэрэ былыргыттан билинэр уонна тутуһар.

Айылҕа киһиттэн үрдүктүк турар, үөскээбит кэмэ олус диэн былыргы, киһи өйө-санаата кыайан тиийбэт ыраах кэмэ. Ол иһин сахаларга Күн саамай үрдүкү, улахан, сүрүн таҥаранан ааттанар. «Киһи Айылҕа оҕото» диэн этиинэн киһи айылҕаттан кырата, оҕото эрэ буолара чуолкайдаан бэриллэр. Саха дьоно киһи айылҕаттан кыратын, оҕото эрэ буоларын билинэллэрэ араас ааттаах атын таҥара үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын билбэттэрин биллэрэр.

Күн - айылҕа тутаах тутулуга. Айылҕа Күнэ суох үөскээбэт. Ол иһин Күн сахаларга саамай улахан, үрдүк таҥараҕа кубулуйбут. Айылҕаҕа тугу барытын Күнтэн кэлэр итии быһаарар. Күн Айылҕаны айбыта диэтэхпитинэ, наука этиитигэр эмиэ сөп түбэһэр.

Киһи айылҕа айыыта, айылҕа оҕото эрэ. Сахаларга ханнык да таҥара сири, айылҕаны, киһини айбыта, оҥорбута диэн этии букатын суох. Нууччалар православнай таҥараларын быһалыы үтүктэн Үрүҥ айыы тойон айылҕаны айбыта диэн сыыһа үөрэҕи тарҕатааччылар этэллэр. Кинилэр биир киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр икки өрүттээх майгынын уратытын өссө да арааран билэ иликтэр, ол иһин өй-санаа үөрэҕэр ханнык да сыһыаннара суохтар.

Сахалар Үрүҥ Аар тойон таҥаралара олус былыргы кэмҥэ олорон ааспыт улахан салайааччы, Аар тойон диэн ааттаах баһылык аата-суола өйдөнөн хаалбыта сылдьар. Кини өйө-санаата өлбүтүн кэннэ дьайа, биллэ сылдьарын биллэрэн, үчүгэйи, туһалааҕы оҥорбутун үтүктээри, өйүн-санаатын иҥэринээри Үрүҥ Аар тойон таҥара оҥостубуттар.

Филосов Дмитрий Макаров быһаарарынан сахаларга айыы “творец мира и человека” буолара ханнык да үһүйээҥҥэ баара биллибэт эбит. Үрүҥ Айыы таҥара диэн ааттан айыы диэн тылы быһа тардан ылан “творец” диэн курдук өйдөөһүн улахан сыыһатын быһаарар. Айыы диэн тыл сахаларга киһи ураты өйө туохха сыһыаннаһарын, саҥаны айарын эрэ биллэрэр эбит. (4,24).

Айыы диэн тыл маннык быһаарыыта бу тыл суолтатыгар ордук сөп түбэһэр. Ол курдук киһи ханнык саҥаны айбыта, айыыны оҥорбута атыттартан уратытынан, маарыннаабатынан айыы буолан туспа сылдьар кыахтанара өй-санаа, үгэстэр үөскээһиннэринэн быһаарыллар. Киһи өлбүтүн кэннэ өйө-санаата куттара тус-туспа баран ыһыллаллар. Ордук күүстээх, атыттарга маарыннаабат өйдөр-санаалар, айыылар Үөһээ дойдуга уһуннук сылдьар кыахтаналлар. Ол иһин сахаларга “Айыы буолуу” диэн өйдөбүл олус былыргы кэмҥэ үөскээбит уонна киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа бардаҕына, Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына биирдэ кэлэр өйдөбүл буоларын арааран билиэ этибит.

Саха дьоно киһи өйө-санаата улахан кыыл, сүөһү өйүттэн-санаатыттан сайдан, тупсан субу таһымын ситиспитин билинэллэр. Ол курдук киһи өйүгэр-санаатыгар, оҥорор быһыытыгар сөп түбэспэт быһыыны оҥорор киһини сүөһүнэн ааттааһын, онно тэҥнээһин олохсуйбут. Ол аата киһи өйүгэр-санаатыгар тиийбэт өй-санаа сүөһүгэ, улахан кыылга баар буолар.

Айыыны оҥоруу киһи быһыытын аһара бардахха, сиэр көрдөбүлүн тутуспатахха, кэстэххэ эрэ кыаллар, олоххо киирэр кыахтаах. Сиэри кытаанахтык тутуһар сахаларга айыы диэн тыл былыр-былыргыттан куһаҕан өйдөбүлэ элбэҕин иһин бэйэтэ куһаҕан тылга киирсэр. Нууччалыы тылбаастаатахха «грех» диэн тылга сөп түбэһэрэ элбэх тылдьыттарга киирэн, суруллан сылдьар. Бу айыы диэн тыл киһи оҥорор бары быһыыларын; үчүгэйин уонна куһаҕанын холбуу ылан быһаарарыттан, оҕо ийэ кута сыыһа иитилиннэҕинэ сыыһа-халты туттунара үксээн, куһаҕаны оҥороро элбээн хааларыттан куһаҕан өйдөбүллээх.

Сахаларга айыы диэн тыл ”творец” диэн өйдөбүлгэ букатын туттуллубат. Ол курдук Аан дойдуну киһи, таҥара айбыта диэн сымыйа, дьону албынныыр өйдөбүл сахаларга суох. Аан дойду айыллыыта, куба көтөр ууга умсан таһаарбыт буоруттан үөскээбитин туһунан кэпсээн биһиэхэ баара киһи таҥара онно букатын сыһыана суоҕун быһаарар.

Киһи өйө-санаата сайдыыларын таһымнарын, куттара үөскээһинин уонна киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара арахсан туспа баралларын сахалар арааран билэллэриттэн, хайа эрэ киһи, таҥара Аан дойдуну барытын айбыта диэн өйдөбүлү хаһан да туттубаттар, таҥараны да, айыыны да аһара улаатыннара сатаабаттар.

Нууччалыы итэҕэли сахатыта сатааһынтан Айыы тойон таҥара диэн хайа эрэ былыргыта өлбүт салайааччы, тойон киһи өйүн-санаатын быһаарар этиини аһара улаатыннаран Аан дойдуну барытын айбыта диэн этэ сатыы сылдьаллара олус улахан сыыһа. Учуонай Д.С. Макаров сахалар итэҕэллэрин хомуйбут үлэтигэр айыы диэн тылы сыыһа өйдөөн буккуйуу үөскээбитин толору арыйар.

Сахалар айыы диэн өлбүт киһи өйө-санаата Үөһээ дойдуга сылдьарын ааттыыллар. Хас киһи өйө-санаата бэйэтин уратытынан, атын ханнык да өйгө-санааҕа маарыннаабатынан өлбүтүн кэннэ туспа баран айыы буолан сылдьар кыахтанарын арааран билэн итинник ааттаабыттарын аһара улаатыннара сатааһын табыллыбат, өй-санаа сайдыытыгар сөп түбэспэт. Ол курдук айыы диэн үчүгэйи ааттаан, олус улаатыннаран кэбистэххэ куһаҕаны айыы, оҥоруу эмиэ элбээн, улаатан тахсарыттан сэрэниэ этибит.

Онон өй-санаа уратытын таба өйдөөн айыы диэн тылбытын бэйэтин икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах өйдөбүллээх суолтатыгар, уларыппакка эрэ туһанарбытын өй-санаа уратылара ирдииллэр.

Киһи оҥорор саҥаны айыылара барылара быстах, кылгас кэмнээхтэрин, олоххо, айылҕаҕа киллэрэр уларытыылара айылҕа тэҥнэһиитин алдьаталларын сахалар былыр-былыргыттан арааран билэн айыы диэн тыл үчүгэйинээҕэр куһаҕан өйдөбүлэ элбэх, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ букатын туттуллубатын «Айыы диэмэ», «Айыыны оҥорума» диэн аналлаах үөрэх баара биллэрэр.

Улуутуйар Улуу Тойон таҥара киһи өйүн-санаатын салайааччы, сүрү биэрээччи таҥара буолар. Киһи сүрдээх буоллаҕына эрэ киһи буолан сылдьарын сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ быһаарбыта ырааппыт. Ол аата сүр диэн тулуур, тулуурдаах, өһөс буолуу ааттанар. Киһи көрсүө, сэмэй, тулуурдаах буоллаҕына эрэ сыыһа-халты, аһара туттубакка олоҕун уһуннук олорор кыахтанарын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр олоххо туһаналларыттан “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун айаннар оҕону иитиигэ туһаналлар.

Сахаларга Улуу Тойон таҥара өйө-санаата ситэ сайда илик киһини кыылга, көтөргө кубулутара кэпсээҥҥэ киирбит. Ол курдук уоруйах сылгыһыты элиэ көтөргө кубулуппута кэпсэнэр. Улуу Тойон таҥара бу быһыыта өй-санаа уларыйыытынан, кубулуйуутунан толору быһаарыллар. Уоруйах өйө-санаата киһи өйүгэр-санаатыгар тиийбэтэ, кыыл, көтөр өйө-санаата буолара биллэн тахсар.

Өй-санаа сайдыытын уратыларын сахалар билэллэриттэн «Өлөн иһэн өйдөммүт», «Буолар буолбутун кэннэ» диэн өй-санаа муҥурун, хойутаан киирэрин биллэрэр этиилэр бааллара буолар. Киһи субу оҥорор быһыыларыттан дьэ өй ылынан өйө-санаата сайдарын билиэхпит этэ. Ол аата өй-санаа киһи оҥорор быһыыларыттан хойутаан, кэнниттэн кэлэн иһэрин биллэрэр этиилэр бааллара дьон олохторун сайдыыта улахан уустуктардааҕын, аҥар өттүн, аҥардастыы сайдыы диэки бара турбатын быһааран кэлэр көлүөнэлэргэ тириэрдэр.

Онон “Киһи айылҕа – оҕото” диэн этии киһи айылҕаны баһылыы, салайа сатаабакка, ордук кыһанан харыстыырыгар ыҥырар. Ол иһин айылҕаны харыстыырга, ийэлии, оҕо ийэтигэр сыһыаннаһарын курдук сыһыаннаһарга ыҥырарынан ордук улахан суолталааҕын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ.

ТЫЫН ХАРЫСТАНЫЫТА

Тыыннаах диэн бары тыынар-тыыннаахтар холбуу ааттара буолар. Бары салгынынан тыыналларын иһин итинник ааттаабыттар. Киһи эмиэ тыынар-тыыннаахтарга киирсэр. “Тыын” диэн киһи сүрүн тутулуга. Аҕыйах мүнүүтэ тыыммата даҕаны киһи өлүөҕүн сөп.

Бары тыынар-тыыннаахтар тыыннарын, тыыннаах сылдьыыларын кыахтара баарынан харыстыыллар. Кыралар куотан, саһан көмүскэнэр буоллахтарына, улахаттар ыгыллан, хааттаран хааллахтарына хардары саба түһүөхтэрин сөп.

«Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны» диэн ырыаҕа этиллэрэ тыынар-тыыннаахтар олохторун сыалынан тыыннарын харыстаныылара буоларын быһаарар. Киһи буолуу үөрэҕэ киһи тыынын харыстаныытын өйүүр. Ол курдук тыын харыстаныытыгар сыыһа-халты туттунуу үөскээтэҕинэ буруйу сыаналааһыҥҥа чэпчэтиилэр баар буолуохтарын сөп.

Былыргы кэмнэргэ кислород тыынарга туһатын туспа арааран билбэтэллэр даҕаны, ыраас, чэбдик салгын тыынарга ордук улахан туһалааҕын сахалар билэллэрэ. «Салгынна сиэ» диэн этии ыраас, чэбдик салгыҥҥа сылдьыыны, салгынынан тыыныыны этэллэр. Бу этии киһи салгыны сиирин, иҥэринэрин биллэрэр. Ол курдук салгыны кытта кислород киһиэхэ киирэн хааны байытар.

Тыынар-тыыннаахтар бары кылгас да кэмҥэ кыайан тыымматахтарына, салгыны иҥэриммэтэхтэринэ өлүөхтэрин сөп. Тыын диэн киһи тыынар салгыныттан тутулуга ааттанар. «Тыын быстыыта» өлүүгэ тириэрдэр.

«Тыын харыстаныыта» диэн киһи тыыннаах буолан сылдьарын, олох олорорун харыстаныыта, көмүскэниитэ буолар. Тыын харыстаннаҕына эрэ киһи тыыннаах буолан сылдьара, олоҕун сыалын толороро кыаллар. Тыын харыстаныытыгар аан бастакынан киһи бэйэтэ сыыһа-халты, аһара туттубата, бары оҥорор быһыыларын дириҥник сыаналыыра туһалыыр.

“Харыстас” таҥара үөрэҕэр тыын харыстаныыта аан бастакынан киирсэр. Ол аата барыны бары харыстааһын тыын харыстаныытыттан үөскээн, сайдан тахсар. Манна тыынар салгыны харыстааһын, ыраас буоларын ситиһии барыта холбуу киирсэ сылдьар.

Тыынар-тыыннаахтар бэйэ-бэйэлэригэр маарынныырдык хамсыыр, үлэлиир эттээхтэр-сииннээхтэр. Ол курдук барыларыгар баар сүрэхтэрэ бары тыынар-тыыннаахтар хааннарын хачайдыыр, кислороду килиэткэлэргэ тириэрдэр аналлаах. Бу маарынныыр эккэ-сииҥҥэ хамсатар, хамсаныыны үөскэтэр өйдөрө-санаалара, буор куттара биир буолар аналлаахтар.

Ойууннар өлөөрү сытар киһини эмтээн өрүһүйэллэригэр атын тыынар тыыннааҕы; сылгыны, ынаҕы толук тутталлара, өлөрөллөрө биллэр. Эмтээһин, буор куту солбуйуу табылыннаҕына ыарыһах үтүөрүөн сөп.

Эт-сиин үгүс ыарыыта араас уорганнарын хамсатар быччыҥнара кыайан хамсаабат буолууларыттан араас бүөлэниилэр үөскүүллэриттэн тахсара быһаарыллыбыта ыраатта. Бу быччыҥы кыайа-хото хамсатарга үөрүйэх буолбут өйө-санаата, буор кута уларыйыыта, саҥанан, атынынан солбуллуута туһалыырын ойууннар туһаналлар.

Атын, маарынныыр эттээх-сииннээх тыынар-тыыннаахтан бу быччыҥы хамсатар буор куту ылан, ыалдьыбыт эккэ-сииҥҥэ иҥэрэн биэрдэххэ эт-сиин үлэтэ оннугар түһэр кыахтанар.

Маннык солбуйуу тыынар-тыыннаахтар эттэрин-сииннэрин хамсатар буор куттара биир тутулуктаахтарынан, биирдик үлэлииллэринэн, биирдик хамсаныыны үөскэтэллэринэн толору быһаарыллар кыахтаах.

Сахалар былыр-былыргыттан сүөһү этиттэн сорох чаастарын букатын сиэбэттэр, онтон сорохторун хат дьахталлар уонна оҕолор сиэбэттэригэр сүбэлииллэр. Букатын сиэбэт чаастарыгар ынах маҥырыыра, сылгы кистиирэ киирсэллэр. Балары сиэтэххэ киһи саҥата буккуллуон сөп диэн сэрэтэллэр.

Киһи күөмэйэ сайдыылаах буор куттааҕыттан, уратытык хамсыыр кыахтааҕыттан саҥарар саҥабытын үөскэтэр кыахтанар. Сүөһү сайдыыта суох буор кута күөмэйгэ киирэн киһи бэйэтин буор кутун буккуйар кыахтааҕын сахалар былыргы кэмнэртэн билэн ити бобуулары оҥорбуттар уонна олохторугар туһаналлар.

Киһи тыынар органнарын үлэтин кэһиллиитин, тыыныыны үөскэтэр быччыҥнар кыайан хамсаабат буолууларын, буор куттара буккуллуутун астма ыарыыттан булан ылыахха сөп. Астма пристуба киирдэҕинэ киһи кыайан тыынын ылбакка түргэнник өлөн хаалыан сөп. Бу ыарыыга тыынар салгын дьайыыта эмиэ улахан.

Олус былыргы кэмнэргэ айылҕаҕа салгын киртийиитэ диэн билии суоҕунан салгыны харыстааһын үөрэҕэ сахаларга суох этэ. Билигин айылҕа киртийиитэ эбиллэн уонна салгыны буортулааччылары дьон бэйэлэрэ оҥорор буолуулара элбээһиниттэн аналлаах салгыны харыстааһын үөрэҕэ баар буолуо этэ. «Харыстас» таҥара үөрэҕэ тугу барытын харыстааһын үөрэҕин түмэринэн тыын харыстаныытын аан бастаан оҥорор. Тыын харыстаныытыгар олорор сири, айылҕаны харыстааһын улахан суолталаах.

Тыынар салгыны харыстааһыҥҥа араас салгыны буортулааччылары оҥорбот буолуу улахан оруолу ылар. «Саа биирдэ эстэр» диэн этиини кыра эрдэхтэриттэн сааны соһо сылдьыбыт саха булчут дьоно билэллэр. Хайа да бэйэлээх умнугана суох киһи сыыһа туттан биирдэ сааны алҕаска эһэрин бэйэбит да билэбит. Дьааттаах эттиктэри туһанар ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр киһи сыыһа-халты туттунуутуттан абаарыйалар үөскүөхтэрин сөп.

Тыыны харыстаныыга тулалыыр айылҕаны харыстааһын, киртиппэт, буорту оҥорбот буолуу сүрүн сыалынан киирсэр. Сыыһа туттаран тоҕо бардахтарына салгыны улаханнык буортулуур эттиктэри дьон олорор, туһалаах үүнээйилэр үүнэр сирдэриттэн, өрүстэртэн тэйиччи ыраах сиргэ тутарга кыһаныахха.

Тыыны харыстаммат буолуу үөскээһинэ киһини бэйэтигэр тиийиниитигэр тириэрдиэн сөп. Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааһын элбэхтик табыллыбакка, сыыһа-халты буолара элбэҕиттэн айыы буолууга, эдэр сааска өлүүгэ тириэрдиэхтэрин сөп. Бу быһыыга эдэрдэр киирэн биэрэр кыахтара олус улаханыттан «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэн эдэр олохторун кылгатан кэбиһэллэриттэн харыстыахпыт этэ.

Сахалар үөрэхтэринэн бэйэҕэ тиийинии киһи быһыыта буолбатах, тыыны харыстаныыга сөп түбэспэт. Айылҕа биэрбит олоҕун киһи быһыылаахтык олорбокко киһи бэйэтэ кылгатан кэбиһиитин сахалар сөбүлээбэттэр.

Көрсүө, сэмэй буолуу – сахалар олохторун, таҥараларын үөрэҕэ. «Харыстас» таҥара үөрэҕэ хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥмит. Киһи барыта тыынын харыстанар санаата буор, ийэ куттарыгар иҥэн сылдьар. Көрсүө, сэмэй киһи тыынын харыстанар күүһэ сыыһа-халты туттубатыттан улахан. Тугу барытын таба сыаналаан, тиэтэйбэккэ, ыксаабакка оҥорорунан, тугу оҥорбута сыыһа-халты буолара аҕыйаҕынан олоҕун харыстанар күүһэ улаатар.

Онон “Харыстас” таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй дьон харыстыыр, көмүскүүр санаалара элбэҕэр тирэҕирэр. Сотору кэминэн көрсүө, сэмэй буолуу барыстара дьоҥҥо билиннэҕинэ ахсааннара биллэрдик эбиллиэҕэ.

ОҔО ӨЙҮН – САНААТЫН ХАРЫСТААҺЫН

Оҕо өйүн-санаатын харыстааһын диэн оҕону киһилии өйгө-санааҕа иитии, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго, оннук үгэстэри иҥэрэргэ, ол аата сыыһа-халты, аһара туттубат, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии ааттанар. Ол курдук киһи өйүнэн-санаатынан салаллан олоҕун олорорунан оҕо өйүн-санаатын сайыннарыы, аһара барбатын хааччахтааһын туһалааҕа улааппытын кэннэ биллэрин итэҕэйиэ этибит.

Оҕо улаата охсоору, улахан дьон оҥорор дьыалаларыгар кыттыһаары, кыайа-хото тута охсоору ыксыыр, тиэтэйэр. Ол да тиэтэйдэр оҕо олус түргэнник этэ-сиинэ улаата да, өйө-санаата да сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран, үчүгэй быһыылары талан оҥорорго үөрэниитэ мунньулла охсубаттар. Олох олорууга ыксыыр, тиэтэйэр табыллыбат, куһаҕан, сыыһа-халты туттунууга тириэрдиэн сөбүттэн сэрэниэххэ, харыстаныахха. Бу быһаарыыны «Сыыһар сыыстааҕар элбэх, оһол оттооҕор элбэх» диэн өс хоһооно бигэргэтэр.

Ыксыырыттан, тиэтэйэриттэн уопута суох эдэр киһи сыыһа-халты, аһара туттара элбээн хаалар кыахтанарыттан куһаҕаны оҥоруу элбээһинигэр тириэрдиэҕин сөп. Айылҕа айбытынан оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн истэҕин аайы онно сөп түбэһэринэн өйө-санаата сайдан, билиитэ-көрүүтэ дириҥээн биэрэн истэҕинэ уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһа үөрэннэҕинэ улахан табыллыы, сөп түбэһии, өйө-санаата туруктаах буолуута үөскүө этэ.

«Көрсүө, сэмэй буол, урут түһүмэ» диир сахалар үөрэхтэрэ. Туохха барытыгар уруттаан түһэн иһэр, айыыны оҥоро сатыыр оҕо тиэтэйэригэр, ситэ билбэтигэр уонна табан сыаналаабатыгар оҕустаран сыыһа-халты, аһара туттара элбиириттэн эдэрдэри харыстаан итинник сэрэтэллэр.

Сахалар ордук элбэхтик көрсүө-сэмэй диэн холбуу этиини тутталлар. Көрсүө, сэмэй оҕо диэн мэнигэ, тэбэнэтэ суох, оттомноох, болҕомтолоох, боччумнаах, үөрэҕи ылымтыа, сыыһа-халты туттубат оҕону этэллэр. Киһи сирэйиттэн-хараҕыттан майгынын уратылара эмиэ биллэр. Көрсүө сирэйдээх-харахтаах эдэр киһи киирэн кэллэ диэн таба көрөн сыаналаан этэллэрэ элбэх. Киһи барыта көрсүө, сэмэй буоларга дьулуһуохтаах диир сахалар таҥараларын үөрэҕэ.

Дьон оҥоруохтарын иннинэ урут түһэ охсон оҥорон туһаны ылыахтарын баҕалаахтар аҕыйах да буоллар син-биир баар буолуохтара. Маннык быһыыланыы биирдэ эмэ, тугу эрэ үллэстиигэ, былдьаһыыга туһалаабытын, барыс биэрбитин да иһин, урут түһүү сыыһа-халты буолара элбэҕинэн урутаабыт киһи онно-манна түбэһэрэ, ночоотурара үксээн хаалыан сөбүттэн куһаҕана хойутаан син-биир биллэр. Саха дьонун үгүс өттүлэрэ көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон. Таҥара үөрэҕэ үгүс дьоҥҥо аналланар. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ көрсүө сэмэй дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарыыга туһуланар. Ол иһин “Айыы диэмэ”, «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума», «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн өй-санаа аһара барарын тохтоторго аналлаах хааччахтары тутуһуннара үөрэтэр.

Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыларыгар аһара барыы сыыһа-халты туттунууларга тириэрдэринэн быстах быһыыны элбэтээччигэ киирсэр. Сымнаҕас майгылаах, олох ханнык да кэмнэригэр аһара барбат, аһара туттубат майгылаах дьон олоҕу олорор күүстэрэ элбэх. Аһара барбат, сыыһа-халты туттубат буолуу өйө-санаата көрсүө, сэмэй киһини үөскэтэр.

Yгүс дьоннортон барыларыттан элбэхтэрин, үлэһиттэрин көрсүө, сэмэй дьон ылаллар. Улахан ханна да биллибэт-көстүбэт курдук үлэлэринэн оҥорон-тутан элбэх туһалааҕы оҥороллор, оҕолорун киһилии быһыылаах буолууга үөрэтэннэр аймахтара, уруулара элбээн омук ахсаанын бу дьоммут элбэтэллэрин, урут түһээччилэртэн туспа арааран билиэхпит этэ.

Киһи оҥорор быһыылара барылара сэрэхтээх, сыыһа-халты туттубат буолууну эрэйэллэр. Көрсүө, сэмэй буолууга үөрэммит киһи аан маҥнай бу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын өйүгэр-санаатыгар ырытан көрөн быһаарар, ол иһин сэрэхтээх буолар. Сэмэйдик, ол аата сэрэнэн туттуу буолар. Аһара барыы сыыһа-халты туттунууга тириэрдэрэ элбэҕинэн сэмэй быһыы буолбатах.

Биирдиилээн эмэ аһара барар, айыыны оҥорон саҥаны арыйар дьон төһө даҕаны дьоҥҥо туһалааҕы оҥорон өйү-санааны сайыннарбыттарын иһин биир эмэ оҕолорунан уонна биллиилээх дьон майгыларын уратытынан оҕолорун киһи быһыылаахтык ииппэккэлэр, омук уопсай сайдыытыгар ханнык да туһалаах хамсааһыны киллэрбэттэр.

Тугу барытын наллаан, нэмин билэн туһанар, ыспат-тохпот, алдьаппат, хаһан да аһара барбат, аһара туттубат бэрээдэктээх киһи көрсүө, сэмэй киһи диэн ааттанар уонна сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһар киһи буолар.

Төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар. Ол эрээри биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры билбэттэр, аҥардастыы халыҥнык таҥыннарар, көмүскэһэр, сытыарар, сынньатар өттүгэр салаллан хааллылар. Оҕону харыстааһын диэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтии, оҕо өйө-санаата аһара барарын хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга үөрэтии ааттанарын умнан, хаалларан сылдьабыт. Ол аата киһи быһыытын аһара барыма, айыыны оҥорума, сиэри тутус, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун алдьатыма, эдэргиттэн харыстаа диэн үөрэҕи оҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэрии буоларын элбэх сыыһалардаах «айыы үөрэҕин» албыныгар киирэн биэрэ сылдьарбытыттан туһаммакка хаалларан сылдьабыт.

Олох сайдыыта элбэх саҥаны айан туһаҕа таһаарыыттан улахан тутулуктаах. Бары саҥаны айыахпытын баҕарабыт. Ол эрээри бары саҥаны айыыларбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорууга чахчы аналламмыт үрүҥ айыылар буоллахтарына эрэ, олоҕу сайдыы, тупсуу диэки сыҕарытар кыахтаналларын таба сыаналыахпыт этэ. Үчүгэй, туһалаах, үрүҥ айыылары сиэри, киһи быһыытын тутуһарга үөрэммит дьон ордук элбэхтик оҥорор кыахтаахтар. Ол иһин оҕо улаатан иһэн аан маҥнай киһи буолуу, киһилии быһыыланыы, сиэри тутуһуу өйүн-санаатын баһылыырын сахалар таҥараларын үөрэҕэ ирдиир.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ көрсүө, сэмэй дьон омугу сайыннаралларын, элбэтэллэрин быһаарар. Кэлин кэмҥэ олохпутугар сэбиэскэй былаас кэмигэр мунньуллубут баайы-малы үллэстиигэ харса суох, урутаан түспүттэр элбэхтик барыстаммыттарыттан сэмэй буолуу диэни испитигэр аанньа ахтыбат курдукпут эрээри, үлэһит, туохха да аһара туттубат, аһара барбат көрсүө, сэмэй бэрээдэктээх дьон уһун олохторун киһи быһыылаахтык олороннор, элбэх оҕолорун аһара барбат, киһи быһыылаах, үлэһит дьон буола улаатыннараннар омук ахсаанын элбэтэн омугу сайыннаралларын билэр кэммит буолла.

Бэйэтэ көрсүө, сэмэй майгылаах киһи оҕолорун бэйэтин курдук көрсүө, сэмэй майгылаах, киһилии быһыылаах буолалларыгар үтүгүннэрэн үөрэтэр кыаҕа улахан. Төрөппүт бэйэтэ көрсүө, сэмэй буоллаҕына эрэ, оҕото кинини үтүктэн көрсүө, сэмэй буола улаатар кыахтанарын билиэ этибит.

Көрсүө, сэмэй буолууга үөрэнии диэн тугу эмэ оҥоруох иннинэ хатылаан сыаналааһын, өйгө-санааҕа өссө төгүл ырытан көрүү ааттанар. Ханнык баҕарар быһыыны оҕо оҥоруон иннинэ, бу быһыыбыттан туох уларыйыы, содул тахсыаҕай диэн сыаналаан, ырытан көрөргө үөрэннэҕинэ сэмэй киһи буола улаатар кыахтанар. Сахалар таҥаралара «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этэр уонна көрсүө, сэмэй буолууга оҕону кыра эрдэҕиттэн, ийэ кута иитиллэр кэмиттэн ыла үөрэтэргэ аналланар.

Өйү-санааны харыстааһын биир тутаах ньыматынан куһаҕан санаалартан ыраастаныы, олору санаабат буолуу, умнуу киирэр. Санаа олус түргэнинэн, элбэхтик мунньуллан хаалыан сөбүттэн күҥҥэ хаста да ыраастаныы туһатын улаатыннарар. Ол аата, күҥҥэ үстэ, аһылыктар иннилэринэ уонна утуйуох иннинэ чуумпура, олоро түһэн куһаҕан, туһата суох санаалары умнуу, аралдьыйыы, аһыыр аһылыгы хайҕаан биэрии киһиэхэ туһата улахан.

Билигин Россияҕа өй-санаа ыраастаныыта бара турар. Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро сатааһына Россия дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар оҥорбут куһаҕанын, буортуларын ситэ сыаналыы иликпит. Бу өй-санаа халыйыытын кэмигэр үгүстэргэ куһаҕан санаалара мунньуллуутуттан билигин куһаҕан, сиэргэ баппат быһыылары оҥорооччулар аһара элбээтилэр. Үгүс эдэрдэр онно-манна быстах быһыыга түбэһэн өлүүлэрэ эр дьон өйдөрө-санаалара аһара барара элбээбитин, ханнык да хааччаҕы, сууту-сокуону билиммэт буолуу олоҕурбутун бэлиэтэ буолар.

Киһи куһаҕан санааларыттан ыраастаннаҕына чэпчиир, төбөтө дьэҥкэрэр, ырааһырбыта биллэр. Санаа киһини хам баттыы сылдьыбыта суох буолар. Хас да хааннаах революциялар, дьону ытыалааһыннар, ыар репрессия дьайыыта Россия дьонугар иҥмитэ ыраастаннаҕына, суох буоллаҕына эрэ табыллыа, дьон санаалара түргэнник көнүө этэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр быстар дьадаҥылар, “эриэн тараһалаахтар”, үлэни-хамнаһы кыайбаттар былааһы ылан бэйэлэрин куһаҕан генофондаларын киэҥник тарҕатыыларыттан Россия дьонун өйдөрө-санаалара быстах быһыыны оҥоруу, уһуннук үлэлэнэр үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу, баайы-малы ыскайдааһын диэки халыйан сылдьара хайдах эрэ көнөрө наада этэ. Өйгө-санааҕа үөскээбит бу халыйыыны ырыынак сыһыаннаһыылара дьон өйүн-санаатын үлэнэн-хамнаһынан тупсаран сыыйа көннөрүөхтэрэ дии саныыбыт.

Таҥара дьиэтигэр сылдьан таҥара үлэһитигэр мунньуллубут куһаҕан санаалары кэпсээһин, ол куһаҕан санаалартан ыраастаныыга тириэрдэрин билигин туһаммат буола сылдьабыт. Итини тэҥэ киһи оҥорор быһыылара ханнык санаалардааҕыттан быһаччы тутулуктааҕын билбэппититтэн куһаҕан санаалартан ыраастаныыга суолта биэрбэккэ, хаалларан сылдьабыт.

Киһи итирэн баран куһаҕан, сиэргэ баппат быһыылары оҥордоҕуна киһини бэйэтин буолбакка, арыгыны буруйдуубут. Куһаҕан санаалара мунньуллубут, үгэс буолбут буоллаҕына киһи итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ бэйэтэ ол санаатын оҥорон кэбиһэр кыахтанарын кут-сүр үөрэҕиттэн билиибит, арыгыга сыһыаммытын уларытыа этэ.

Сайдыылаах өй-санаа үөрэхтэрэ куһаҕан санаалартан ыраастаныыны былыргы кэмнэртэн ыла үгэс оҥостон туһаналлар. Киһиэхэ санаата дьайар күүһүн билбэппититтэн нууччалар сыыһа өс хоһооннорун холобур оҥостобут. Ол курдук «Грехи замаливать» диэн этиини элбэхтик туттабыт уонна өй-санаа үөрэҕин күлүү гынабыт. Куһаҕан санаалартан ыраастаныы суолтатын, туһатын билбэппититтэн, туһаммаппытыттан хайдах эрэ олус судургу курдук саныырбытыттан итинник этэбит.

Куһаҕан санаалартан ыраастаныы диэн киһи сотору кэминэн оҥоруохтаах куһаҕан быһыытын оҥорботун туһугар эрдэттэн ыытыллар олус туһалаах быһыы буоларын таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата куһаҕан санааларыттан ыраастаннаран киһиэхэ сотору үөскүөхтээх куһаҕан үгэһи суох оҥорон, куһаҕан майгыланарыттан быыһааһын, оҥоруохтаах быһыытын көннөрөн, тупсаран биэриигэ аналланар олус туһалаах үлэ буолар.

Киһи оҥорор үгүс ахсааннаах кыра, улахан суолтата суох куһаҕан быһыылара сотору умнуллан суох буола симэлийэр кыахтаахтар. Ол курдук этиһэ түһэн баран сотору кэминэн эйэлэһии хас киһиэхэ барыларыгар киирэн ааһар быһыы буолар. Ол да буоллар эйэлэһии кэлэригэр, бу этиһии төрүөтүн суох оҥоруу олук буоларын умнумуохха.

Онон оҕо өйүн-санаатын харыстааһын диэн оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии ааттанар. Көрсүө, сэмэй киһи аһара туттубатыттан тугу барытын харыстыыр күүһэ улахан. Ол аата “Харыстас” таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэрин төрөппүттэр туһаныа этилэр. Сахалыы таҥара үөрэҕин олоҕор тутуһар, толорор киһи сэмэй киһи буолар уонна олоҕор сыыһа-халты туттунуулары оҥороро аҕыйыырыттан туһалааҕы оҥороро элбиирин тэҥэ, уһун үйэлэниини ситиһэр кыахтанар.

ДЬОН БАРЫ СӨБҮЛҮҮР ОҔОЛОРО

Сэбиэскэй былаас эстэн эрэр кэмигэр оҕолору барыларын маанылааһын, атаахтатыы, саҥаны, айыыны оҥороллорун хайҕааһын, киһиргэтэн биэрии, сыыһа үөрэтии тэнийбитэ. Ол түмүгэр билигин кэлэн эдэрдэр оҥорор буруйдара-сэмэлэрэ аһара элбээн иһэриттэн үгүстэр санааҕа ыллараллар, хаһыаттарга суруйа сатыыллар. Оҕону иитиигэ элбэх дьон биир санааланнахтарына уонна ол санааларын толорууга туруннахтарына, сахалыы өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин тутустахтарына оҕону иитии сыыһаларын көннөрөр кыахтаахтарын билиниэ этилэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр тутуллубут “Барыта оҕо туһугар” диэн этии оҕону атаахтатар, бэлэмҥэ үөрэниитигэр тириэрдэр ыҥырыы буолар. Аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатааһын оҕо иитиитигэр халыйыыны үөскэтэр. Сахалар оҕону кыра эрдэҕиттэн бэйэни үтүгүннэрэн, үлэнэн-хамнаһынан үөрэтиини туһаналлар.

Төрөппүттэр бука бары оҕолоро этэр тылларын истэр, толоругас, бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй буола улаатыахтарын, үөрэҕи, билиини ситиһиэхтэрин, үлэни-хамнаһы кыайыахтарын, уһун үйэни ситиһиэхтэрин олуһун баҕараллар. Кинилэр көрсүө, сэмэй майгылаах, аһара барбат, сыыһа-халты туттубат киһи уһун үйэни ситиһэр кыахтанарын билэллэрин оҕолоругар тириэрдэн кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитиэ этилэр.

Сахалар оҕону кыра эрдэҕиттэн «Бэрээдэктээх буол», «Үчүгэй оҕо бэрээдэги тутуһар», «Көрсүө, сэмэй буол» диэн этэн үөрэтэллэр уонна бэйэлэрэ бэрээдэктээх киһи диэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор киһи буоларын оҕолоругар тириэрдэ сатыыллар. Бу үөрэҕи ылынан тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор оҕо киһи быһыылаах киһи, бэрээдэктээх киһи буола улаатар кыахтанар. Кыра эрдэҕиттэн бэрээдэги, үтүө үгэстэри тутуһарга үөрэммит оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорорго иитиллэриттэн, соннук үгэстэр үөскүүллэриттэн, хаһан да аһара туттубат, куһаҕан быһыылары оҥорбот киһилии киһи буола улаатар кыаҕа элбиир. Этэр тылларын истэр, этиллибити соннук толорор оҕолорун төрөппүттэр бары сөбүлүүллэр. Иитии, үөрэтии көмөтүнэн этэр тылларын хайдах этиллибитин курдук толороругар үөрэтэллэр, күһэйэллэр. Оҕолоро көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх буола улааттаҕына төрөппүттэр абыраныа, сыыһа-халты туттунарыттан эрэйи көрсүө суоҕа этилэр.

Оҕо улаатан иһэн детсадка барар. Детсад үлэһиттэрэ, иитээччилэрэ көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх оҕону олус диэн сөбүлүүллэр, атыттарга холобур оҥостон туһаналлар. Буруйу оҥорор, мэниктиир оҕолору муннукка туруораллар, мөҕүөхтэрин сөп. Буруйу, куһаҕаны оҥоруу диэн тугуй? Киһи оҥорбот быһыытын эбэтэр киһи оҥороруттан атыннык, туспатык, урут суоҕу оҥоруу, айыыны оҥоруу буолан тахсарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Ол курдук оҕо айыыны оҥорон буору, кумаҕы ыһан бурҕаттаҕына тохтоторго, куһаҕаны оҥорума диэн этэргэ эрэ тиийиллэрин бары иитээччилэр билэллэр.

Оҕо улаатан оскуолаҕа киирдэҕинэ көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх оҕолор үчүгэй оҕолор аатыраллар, учуутал этэрин болҕойон истэллэр, үчүгэйдик үөрэнэллэр, куруук хайҕаналлар. Бары учууталлар көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх оҕолору үөрэтэ сылдьыахтарын чахчы баҕара саныыллар.

Бары баспытааталлар, учууталлар, преподавателлэр истигэн, толорумтуо, үчүгэй, сымнаҕас, көрсүө, сэмэй майгылаах оҕолору иитэ, үөрэтэ сылдьыахтарын олуһун баҕараллар. Элбэхтик хамсанар, мэник-тэник, саҥаны, урут оҥорботоҕун, дьон оҥорботторун, айыыны элбэхтик оҥорон иһэр оҕону кинилэр бары сөбүлээбэттэр, мөҕөллөр, туораталлар. “Айыы үчүгэй" диэн үөрэтии оҕо аһара барар майгынын сайыннаран кэбиһэрин билэн сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэллэрин туһаныа этибит.

Аһара барар майгылаах оҕолорго «Трудные подростки», “Маргиналлар” диэн туспа ааттары иҥэрдилэр. Ол да буоллар маннык ураты майгылаах оҕолор кыра эрдэхтэриттэн киһилии быһыыга иитилиннэхтэринэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэннэхтэринэ элбэх туһалаах, ол аата үрүҥ, саҥаны айыылары оҥорор кыахтаныахтарын сөбүн билигин умнан, бу оҕолору туората сатыы сылдьаллар.

Үгүс оҕолорбут, ордук саҥаны, туһалааҕы оҥоруохтаах уолаттарбыт «Трудные подростки» диэн араарыыга түбэһэллэр, оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн, салгыы үөрэххэ киириилэрэ хааччахтанар. Оҕону кыра эрдэҕинэ киһилии быһыыланарга, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарарга ииппэккэ, үөрэппэккэ, аҥардастыы оонньото сылдьан баран улааппытын кэннэ үөрэтэ, такайа сатааһын оҕо утарсыытын, сөбүлээбэт буолуутун үөскэтэрин умнан кэбистибит. Онно эбии оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатан, маанылаан өйүн-санаатын бэйэмсэх, бары мин эрэ туспар кыһаныахтаахтар диэҥҥэ иитэрбититтэн, үөрэтэрбититтэн аһара барар майгылара улаатар.

Аһара барар майгылаах, тулуура суох оҕолор элбээбиттэрэ учууталларга илэ кутталы үөскэтэр буолла. Учуутал элбэх икки сыананы туруорарын иһин оҕолор кырбаан баран тэтэрээттэрин тула уураннар уматан кэбиспиттэрэ, кырдьаҕас физкультура учууталын охторо сылдьан кырбааһыннара, оҕо учууталы быһаҕынан анньыыта онно биллэр холобурунан буоллулар.

Үөрэҕи ылыныы ыарахан, бэйэ урукку өйүн-санаатын уларытары эрэйэр. Ол иһин ханнык баҕарар үөрэҕи ылыныы оҕоттон ураты тулуурдаах буолууну, туруоруллубут көрдөбүлү хайаан да кэмигэр толорууну эрэйэрин төрөппүттэр умнубаттара, оҕону кыра эрдэҕинэ тулуурдаах, көрсүө, сэмэй майгыга иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ буоллар, оҕо салгыы олоҕо улахан долгуннарга оҕустарбакка эрэ биир тэҥник баран иһиэ этэ.

Үөрэтэр, такайар киһи этэрин болҕомтолоохтук истэр уонна толорор оҕо үөрэҕи ылынар кыаҕа улаатар. Үөрэҕи, билиини ылыныыга тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй оҕолор көрдөрөллөр. Бары иитээччилэр, учууталлар көрсүө, сэмэй оҕолору иитэ, үөрэтэ сылдьыахтарын кырдьык баҕараллар.

Бэрээдэги көрөөччүлэр, полиция үлэһиттэрэ эдэрдэр бары бэрээдэктээх, бары быраабылалары, сокуоннары халбаҥнаабакка эрэ тутуһар, арыгыны аһара испэт көрсүө, сэмэй майгылаах буола улааталларыгар эмиэ баҕараллар. Буруйу-сэмэни оҥорооччулары аһара барааччылар, киһиттэн ураты буола, айыыны оҥоро сатааччылар ордук элбэтэллэрин бэрээдэги көрөөччүлэр билэллэр.

Эдэрдэр аһара барар майгылара улаатыыта оҥорор буруйдара-сэмэлэрэ улаатан, ыараан иһэригэр тириэрдэр. Эр дьон майгылара туруга суоҕуттан кыралар, кыамматтар, дьахталлар ордук атаҕастаныахтарын сөп. Аһара барар майгылаах, сыыһа-халты туттунар, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥорор киһиттэн дьон бары сыыйа тэйэллэр, сэрэнэллэр.

Күөнтэһииттэн сылтаан өлөрсүү эмиэ элбэх. Сакаастаан өлөрүү уратылара эмиэ аһара баран эрэллэр. Ол курдук тугунан өлөрөрү ыйан биэриигэ кытта тиийэн эрэллэр. Биир киһи сакаастаабыт киһитин бейсбол биитэтинэн кырбаан өлөрөр наада диэн ураты сакааһы оҥорбута биллибитэ. Бу быһыы ким да оҥорон көрө илик быһыыта буолан саҥаны айыы уонна олус куһаҕан, хара айыы буолар.

Төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрин үтүгүннэрэн, тугу барытын бэйэлэрэ, улахан киһи оҥорорун курдук оҥотторо, оннук үөрэтэ сатыыллар. Оҕо саҥа улаатан истэҕинэ сыыһа-халты туттунан, улахан киһи оҥороруттан атыннык оҥорон кэбистэҕинэ, табыллыбакка хаалан, куһаҕаҥҥа кубулуйуон сөп. Ол иһин оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ аан бастаан тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго иитэр, үөрэтэр, оннук үгэстэри иҥэрэр туһата улахан. Бу үөрэҕи ситиһиигэ баҕа санаа киһитэ, киһи таҥара баара үөрэх тиийимтиэтин улаатыннарар.

Оҕо улаатан иһэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэрэ киһи быһыылаах буолуу, киһи буолууну ситиһии диэн ааттанар. Киһи быһыылаах киһи буолуу диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ тутуһар биир тутаах үөрэҕэ буолар.

Туох эмэ үлэни үлэлээри гыннахпытына аан маҥнай бу үлэни кытта билсиһэн, сэрэхтээх буолууга үөрэнэн эрэ баран үлэлиэхтээхпит. Ханнык баҕарар үлэ биэрээччи эдэр үлэһитин үлэҕэ сэрэхтээх буолууга үөрэтэн эрэ баран үлэ биэрэн үлэлэтиэхтээх. Үлэҕэ аһара барыы, атыннык, киһи оҥороруттан туспатык оҥоруу букатын да көҥүллэммэт, барытын урут оҥорулларын курдук, киһи быһыылаахтык оҥоруу эрэйиллэр. Ол аата үлэлии сылдьан араас айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу букатын да көҥүллэммэт, үлэ быраабылатыгар сөп түбэспэт. Үлэҕэ киһи оҥороруттан атыннык оҥоруу сыыһа-халты туттунууга, дэҥнэниигэ тириэрдэрэ элбиэн сөбүттэн эрдэттэн сэрэннэххэ эрэ табыллар.

Үлэҕэ-хамнаска сыыһа-халты, аһара туттубат, көрсүө, сэмэй үлэһит киһи хайҕанар, тулуура улаханыттан таһаарыылаахтык үлэлиир кыахтанар. Үлэ уһуннук үлэлэнэр, күҥҥэ аҕыс чаас устата. Пиэнсийэҕэ тахсыахха диэри кырата сүүрбэ биэс сыл үлэлиэххэ наада. Тиэтэйэр, ыксыыр, киһиргиир, буолар-буолбат айыыны оҥоро сатыыр үлэҕэ букатын табыллыбат быһыылар буолаллар, киһини сыыһа-халты, аһара туттунууга тириэрдиэхтэрин сөп.

Үлэһит көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх, барыны-бары үчүгэйдик сыаналаан, тэҥнээн көрөн быһаарыыны ылынар буолара ордук. Бука бары салайааччылар, араас көрүҥнээх үлэни тэрийээччилэр үлэһиттэр бары үөрэхтээх, бэрээдэктээх, көрсүө, сэмэй, сыыһа-халты, аһара туттубат, үлэлии үөрүйэх буолуохтарын баҕараллар. Үлэ кэмигэр сыыһа-халты туттунуу суох буоларын туһугар үлэһит киһи сэрэхтээх, үлэни оҥоруу быраабылаларын кытаанахтык тутуһара ирдэнэр. Ол иһин көрсүө, сэмэй, бэрээдэги тутуһар үлэһиттэрдээх буолуон хас биирдии салайааччы баҕарар.

Ити курдук туһалаах үлэни-хамнаһы оҥорор дьон бары баҕа санааларын түмнэхпитинэ оҕолор, эдэрдэр бары көрсүө, сэмэй бэрээдэктээх буолуохтарын баҕараллар. Оҕону көрсүө, сэмэй буолууга сахалар таҥараларын үөрэҕэ иитэр, үөрэтэр кыаҕа улахан. Ол курдук оҕо уонна улахан киһи өйдөрө-санаалара уратыларын арааран билэн, оҕону иитиигэ туһаныыны сахалар таҥараларын үөрэҕэ былыр-былыргыттан тутуһар.

Кырдьаҕас, уһуннук олорбут, үлэлээбит киһини тиһэх суолугар атаарыыга бары көрсүөтүк, сэмэйдик олоҕун уһуннук олордо диэн хайҕаан этэбит. Көрсүөтүк, сэмэйдик олорор киһи олоҕун уһуннук олорорун, сыыһа-халты, аһара туттубатын бары билэбит. Биир улахан сыыһа-халты туттунуу киһи олоҕун кылгатыан сөбүттэн бары сэрэнэ, харыстана сатыыбыт. Ол харыстаныыбыт аата көрсүө, сэмэй буолуу буоларын бары билэбит эрээри, сымыйалыы, албынныы сылдьар тылбыт үөрэхтээхтэригэр, аһара нууччатымсыйбыт учуонайдарга, кинилэр оҥорбут элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэр” балыттаран, билигин хаалларан сылдьарбыт хомолтолоох.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарынан оҕону көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх буолууга кыра эрдэҕинэ, биэс сааһыгар диэри, ийэ кута иитиллэр кэмигэр иитэр, үөрэтэр ордук тиийимтиэ, туһата улахан. Бу кэмҥэ үйэлээх үгэстэрэ, ийэ кута үөскүүрүттэн оҕо үйэтин тухары бу үөрэҕэ дьайа, туһалыы сылдьар.

Дьон бары сөбүлүүр оҕолорун үгүс оҕолортон туспа арааран ылыы өй-санаа, майгы уратыларын быһаарыыга туһалыыр. Ол курдук бары төрөппүттэр, иитээччилэр, учууталлар, үлэ биэрээччилэр көрсүө, сэмэй, бэрээдэктээх, сыыһа-халты, аһара туттубат, сиэри тутуһар, ону-маны буолары-буолбаты, айыыны оҥорбот оҕону, киһини сөбүлүүллэр.

Онон дьон бары сөбүлүүр оҕолоро, киһилэрэ көрсүө, сэмэй майгылаах буолара быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй майгыга иитиэ, үөрэтиэ этибит. Көрсүө, сэмэй киһи диэн хаһан да аһара туттубат, тугу барытын харыстыыр санаата улахан, сыыһаны-халтыны оҥорбот, сиэри тутуһар, бэрээдэктээх киһи буоларын таба өйдөөн оҕону иитиигэ төрөппүттэр туһаныа этилэр.

“Харыстас” таҥара үөрэҕэ көрсүө, сэмэй дьону иитэн, үөрэтэн улаатыннарар таҥара буолар. Ол курдук көрсүө, сэмэй дьон Айылҕаны харыстыыр күүстэрэ ордук улахан, алдьаппаттар, тоҕута түспэттэр. Онтон айыыны оҥорор дьон сиэри таһынан бараллар, аһара тутталлар, алдьаталлара элбэх. Өй-санаа бу уратытын билэн оҕону кыра эрдэҕинэ көрсүө, сэмэй буолууга иитиэ этибит.

НЭМИ БИЛЭН ТУТТУНУУ

Оҕо улаатан иһэн барыны-бары билэ-көрө, таба оҥоро үөрэнэ илигиттэн сыыһаны-халтыны оҥорор бырааптаах. Ол иһин “Оҕо курдук” диэн улаатан да баран сыыһа-халты туттунара элбэх киһини этэллэр. Оҕо киһи буолуор, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор, ол аата киһи буолууну ситиһиэр диэри үөрэннэҕинэ, элбэхтик боруобалаан көрдөҕүнэ, сыыстаҕына уонна олорун көннөрдөҕүнэ эрэ таба оҥоро үөрэнэрэ кыаллар. Оҕо өссө киһи буолууну ситиһэ илигиттэн оҕо диэн ааттанар.

Эрдэлээн улахан киһи буолууну ситиһии диэн өйдөбүл баар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик үлэлээтэҕинэ, үлэлии үөрэннэҕинэ, эрэйи-кыһалҕаны биллэҕинэ өйө-санаата эрдэлээн сайдан улахан киһи буолууну эрдэ, сааһын ситэ илигинэ баһылыыр кыахтанар. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кэмин оҕолоро, ыарахан эдэр саастара дьайан, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ эриллэннэр, эрдэлээн улахан киһи буолууну ситиспиттэрэ, күүскэ үлэлээн-хамсаан сэрии содулун кылгас кэмҥэ суох оҥорбуттара.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр “Нэми билэн туттунуу” диэн этии баар. Бу этии дириҥ суолтатын бэйэлэрэ оҥорор, тутар дьон ордук билэллэр, олохторугар туһаналлар. Ол курдук биирдэ сыыһа туттунуу киһи өр кэмҥэ оҥорбутун, туһалааҕы айбытын барытын суох оҥорон кэбиһиэн сөбүттэн нэми билии, нэмин билэн туттунуу эрэ харыстыыр, көмүскүүр кыахтааҕын билиэ этибит.

Нэм диэн сөп түбэһэр кээмэйи булуу ааттанар. Туохха барытыгар, кыраны да, улаханы да оҥорууга сөп түбэһии хайаан да наада. Нэм “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн ортокуну, сөп түбэһиини булан ылыыга аналланар. Киһи оҥорор быһыыларын барыларын аһара туттубакка, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан, нэмин билэн туттунара эрэйиллэр. Кыра гаайканы аһара күүскэ эрийэн резьбатын быһа тардан кэбиһии туһаны оҥорордооҕор улахан алдьатыы буолан тахсарын билиэ этибит. Ол аата нэми билэн туттубат киһи туһаны оҥорорунааҕар элбэхтик алдьатыыны оҥоруон сөп.

Дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта уһуннук билсистэхтэринэ, үлэлээтэхтэринэ майгыларын уратыларын билсэллэр. Нэмнэрин билсибиттэр диэн этии бэйэ-бэйэлэрин бары кыахтарын, күүстэрин, мөлтөх өрүттэрин билэллэрин холбуу ылан биллэрэр.

Нэми билэн туттуу диэн аһара туттубат, сэрэхтээх буолуу ааттанар. Көрсүө, сэмэй киһи нэми билэн туттар кыаҕа улахан. Киһи күүһэ, ыйааһына элбэҕиттэн аһара хамсаннаҕына, тутуннаҕына тугу барытын алдьатыан, буорту оҥоруон сөп. Ол иһин тугу барытын оҥорорго, хамсанарга ханнык эрэ, онно сөп түбэһэр мээрэйи аһара барбат буолуу, өйдөөх-санаалаах дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Бу көрдөбүлү толоруу нэми, сэрэхтээх буолууну үөскэтэр. Ол курдук буспут дьэдьэни хомуйа сылдьан аһара ыга тутан кэбиһии илдьи тутууга тириэрдэринэн дьэдьэни хомуйууга күүһү нэмин билэн туһаныы эрэйиллэр.

Сахалар бары эйэлээх, түмсүүлээх буолуохпутун баҕарабыт. Нэми билии, тутуһуу эйэлээх буолуубутугар ордук улаханнык туһалыа этэ. Ол курдук эйэ олус намчы, харысхаллаах, көмүскэллээх сыһыаны эрэйэрин таба өйдүөхпүт этэ. Ол иһин эйэ-нэм диэн этиибитин куруук туһаннахпытына, урукку оннугар түһэрдэхпитинэ, “эйэ-дэм” диэн тыл үөрэхтээхтэрин этиилэрин аны туттубатахпытына эрэ, эйэлээх буолуубут кэлэр кыахтааҕын билиэхпит, онно кыһаныахпыт, тыл үөрэхтээхтэрэ оҥоро сылдьар сыыһаларын, буккууру киллэриилэрин көннөрүөхпүт этэ.

Киһи оҥорор быһыыларыгар барыларыгар, тугу барытын оҥорууга, тутууга нэмин билэн туттунуу баар буоллаҕына эрэ табыллар. Ол курдук үлэлии үөрэнэ илик эдэр киһи биирдэ буор хаһан абыраары күрдьэх угун тосту олуйан кэбиһэрэ, кини туһалааҕы оҥорорунааҕар алдьатыыны оҥоро охсорун быһааран биэрэр. Киһи нэмин билэн, харыстаан туттуннаҕына эрэ алдьатыыны оҥорбокко, туох эмэ туһалааҕы оҥорор кыахтанарын билиэ этибит.

Киһи ханнык баҕарар оҥорор быһыыларыгар нэмин билэн туттунуута харыстааһыны оҥорорун биллэрэр. Эмискэ тураары остуолу тоҕо көтөр киһини бары сөбүлээбэппит, бэрээдэккэ үөрэммэтэх, холус хамсаныылаах киһи диэн ааттыыбыт, кыайан сэрэнэн хамсамматыттан сэрэнэрбит улаатар.

Нэмий диэн сыыйа-баайа баттааһыны улаатыннар, күүһүрдэн биэр диэн өйдөбүллээх, киһи оҥорор быһыыларын сыыйа күүһүрдэригэр ыҥырар сүрүн тылбыт буолар. Бу тылы туһаныы аһара барыыны суох оҥорорго аналланар. Ол курдук аһара барыы, сыыһа туттуу эмискэ хамсаныыттан тутулуга улахан буоллаҕына, нэмий диэн хамсаныыны сыыйа күүһүрдэри эрэйэр, ол иһин киһини сыыһа туттууттан харыстыыр аналлаах.

Ыһыы-тоҕуу, алдьатыы, аһара туттунуу киһилии майгы буолбатаҕа быһаарыллыбыта олус ырааппыт буолуон сөп. Ыспат-тохпот, ыскайдаабат буолуу киһилии майгыга киирсэр уонна харыстааһын диэн ааттанар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн бу майгы аһара барбатаҕына кэччэгэй, харам диэн куһаҕан майгыга кубулуйбатаҕына, олоххо туһаны аҕалара элбэх. Нэми билэн туттунар киһи ыспат-тохпот, алдьаппат кыаҕа улаатарыттан оҥорор, тутар күүһэ улаатар.

Айылҕаҕа сыһыаҥҥа ыксааһын, тиэтэйии кэлин улахан содуллаах буолуохтарын сөп. Бүлүү өрүскэ быһыты тутууга тиэтэйэн, айыыны оҥоро охсоору ыксаан ууга тимириэхтээх маһын-отун ыраастаабакка эрэ, улахан быһыты тута охсон элбэх ууну мунньубуттара билигин сытыйан, фенол диэн дьааты тарҕатар, өрүс уутун уһун кэмҥэ буортулуур. Бу тиэтэйэн, ыксаан айыыны оҥоро охсуу куһаҕан содула буоларын билиниэхпит этэ. Өй-санаа сайдан иһиитэ биир тэҥник барбакка, хардары-таары, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа улаатан эбэтэр кыччаан биэрэр кэмнэрдээхтэр. Ол курдук өй-санаа уларыйбакка эрэ өр кэмҥэ кыайан турбат, үчүгэйэ уонна куһаҕана эргийэн кэлэн, солбуйсан биэрэн иһэллэр. Өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктанааччылар маннык кэм кэлиитин арааран билэн, өй-санаа үөрэхтэригэр уларыйыылары, эбиилэри, тупсарыылары кэмигэр киллэрэн биэрэллэрэ ирдэнэр.

Өйө-санаата туруга суох киһи оҥорор быһыыларыттан, сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн куһаҕаны оҥоруута элбээн тахсарын сахалар былыр-былыргыттан арааран билэн «Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй тахсар» диэн этэллэр. Бу аата киһи бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан алдьархайы оҥороро элбиирин, алдьатара үксүүрүн дьоҥҥо быһааран биэрии буолар. Ол иһин сыыһа-халты, аһара туттубат буолууга үөрэнии, киһи буолууну ситиһии хас биирдии киһилии быһыылаах киһиттэн ирдэнэр көрдөбүлгэ киирсэр. Оҕо улаатан иһэн киһи буолууну ситиһэрин сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҥорор.

Үлэлии-хамсыы сылдьар киһи сыыһа туттара улахан содуллаах буолуон сөп. Мас кэрдээччи сүгэнэн биирдэ сыыһа охсон атаҕын дэҥнээн кэбистэҕинэ өр кэмҥэ эрэйдэниэн, оҥорон испит үлэтэ тохтоон хаалыан сөп.

Сэбиэскэй былаас сыыһа өйүгэр-санаатыгар үөрэнэммит оҕо төрөөтөр эрэ «үчүгэй киһи» буолар диэн алҕас санааҕа иитиллибиппитин билигин даҕаны оччотооҕу учууталларбыт, учуонайдарбыт салҕаан иһэллэр. Арай куһаҕан, буруйу оҥорор дьон хантан кэлэн, кимтэн төрөөн баар буолалларын кыайан быһаарбакка эрэйдэнэллэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии быһыыга иитиллибэтэх, атаахтыы сылдьыбыт оҕо улааттаҕына сыыһа-халты туттунара, киһи быһыытын аһара барара элбэх буолан хаалыан сөп. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии ордук улахан суолталааҕын итэҕэйиэхпит, оҕону иитиигэ кут-сүр үөрэҕин туһаныахпыт, көрсүө, сэмэй буолууга иитиэхпит этэ.

Онон нэми билэн туттунуу диэн киһини харыстааһын, кини сыыһа-халты, аһара туттунарын суох оҥоруу уонна “Харыстас” таҥара үөрэҕэр киирсэр биир тутаах көрдөбүл буолар.

ХАРЫСТААҺЫН ИККИ ӨРҮТЭ

Аан дойду төрүт тутулуга уонна өй-санаа сайдыыта «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар үөрэхтэрэ этэригэр сөп түбэһэллэр. Өй-санаа сайдыытын, тупсуутун, киһилии быһыыланыыны ситиспитин бэлиэтэ харыстааһын диэн буолар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Киһи тугу барытын харыстыыр аналлааҕын иһин аһара баран аҥардастыы харыстааһын халыйыыны үөскэтэр. Ол иһин оҕону харыстааһын икки тус-туспа өрүттэрэ манныктар:

1. Көрөн-истэн харыстааһын.

2. Иитэн-үөрэтэн оҕо бэйэтэ харыстаныытын үөскэтии.

Харыстааһын бу икки өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Оҕону кыһыл оҕо эрдэҕиттэн көтөҕөн, сытыаран эрэ аһатан, көрөн-истэн улаатыннарар ийэ, дьахтар, көрөн-истэн харыстааһыны урутаан, элбэхтик оҥорор уонна онно үөрэнэн хааларыттан оҕото улааппытын да кэннэ, көрө-истэ сатыырын кыайан бырахпакка эрэйдэнэр, куруук кыра оҕо курдук саныырын уларыппат. Ийэ оҕону кыра эрдэҕиттэн көрө-истэ, харыстыы үөрэниитэ оҕото улааппытын да кэннэ хаалан хаалбакка, куруук кыра оҕо курдук саныырыттан, улааппыт оҕотун өйүгэр-санаатыгар буортуну оҥорорун өйдөөн, улаатан истэҕинэ бэйэтин бэйэтэ салайынар кыаҕын улаатыннарара туһалаах буолуо этэ. Ол аата оҕо улаатан истэҕинэ иитии, үөрэтии хайысхата тосту уларыйан, оҕо кыаҕа эбиллэн истэҕинэ, бэйэтэ ону-маны оҥороро, харыстанара эмиэ элбээн иһэрин төрөппүт кэтээн, көннөрөн, салайан эрэ биэрэрэ ирдэниэ этэ.

Оҕону көрүүгэ-истиигэ, иитиигэ-үөрэтиигэ дьахтар ылар оруолун үрдэтэн биэриини биһиги государствобыт кыаҕа баарынан оҥоро сатыыр. Yс сааһыгар диэри оҕо ийэтин көрүүтүгэр сылдьарын государство хааччыйар. Оҕо бу кэмҥэ ийэ кута, ол аата төрүт өйө-санаата сайдан, саҥарар тыла барыта төрүттэнэн оннуларын булалларын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарын, билигин ийэлэр тутуһаллара буоллар, оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаахтык сайдыа, атаах буола иитиллиэхтэрэ суоҕа этэ.

Айылҕа айбытынан төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар диэни олус көнөтүк, аҥар эрэ өттүттэн көрөн сыаналыыбыт. Бу санаа биир эмэ оҕолоох буолууттан аһара баран күүһүрэн хаалара харыстааһын аҥар өттүгэр халыйан барарын улаатыннарар буолла. Оҕону харыстааһын көрүү-истии өттүгэр халыйан барыыта барыттан-бары харыстыы, көмүскэһэ, хос-хос, эбии таҥыннара, сытыара, сынньата сатыылларыгар, ол аата көрөн-истэн харыстыылларыгар тириэрдэр. Бу санаа төһө да үчүгэй курдугун иһин улаатан иһэр оҕону атаах буолууга тириэрдэрэ, өйүн-санаатын туруга, тулуура суох оҥорон төрөппүттэринээҕэр күүһэ-уоҕа аҕыйах, мөлтөх үлэһит киһи буолуутугар, ол аата олоххо оҥорор ситиһиитэ намтыырыгар тириэрдиэн сөбүн сахалар үөрэхтэрэ дакаастыырын билигин тутуспакка сылдьабыт.

Көрөн-истэн харыстааһын кэмнээх-кэрдиилээх буолара, оҕо улаатан өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ уларыйан биэрэрэ ордук. Аһара халыҥнык таҥыннаран харыстааһын аны оҕону тиритиннэрэн ыарыыга ылларыыга тириэрдиэн сөбүн ийэлэр умнуохтара суоҕа этэ.

2. Оҕо өйө-санаата сайдан иһэринэн туһанан бэйэтин этин-сиинин харыстыыр кыаҕын улаатыннаран биэрии, харыстанар кыаҕа улаатан иһэригэр тириэрдэр. Ол курдук олорор оҕо охтор эрэ кутталлаах буоллаҕына, үөһээ ыттар буолбут оҕо улаханнык сууллуон, дэҥнэниэн сөбүттэн харыстаныы эмиэ улаатан биэрэрин ирдиир.

Оҕо улаатан, бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата киирэн истэҕинэ этин-сиинин харыстыырга үөрэнэрэ хайаан да эрэйиллэр. Эти-сиини харыстыырга ыарыы үөскээһинин туһата улахан. Ыарыы биллиитэ аһара барыыны тохтотор, харыстаныы наада буолбутун биллэрэр. Харыстаныы диэн киһи айылҕаттан бэриллибит олоҕун биир тутаах сыала буолар.

Оҕо тарбаҕын туохха эмэ дэҥнээн, хаан таҕыстаҕына “Аны оһоҕоһун тахсан хаалыа” диэн куттааһын, сэрэтии оҕону этин-сиинин кыра эрдэҕиттэн харыстыырга үөрэтэр күүһэ улахан.

Итииттэн харыстаныы диэн араас итии тэриллэртэн, ордук ууттан, күн уотуттан харыстаныы ааттанар. Оҕо тарбачыһан тугу барытын тардыалаан көрө сылдьар кэмэ улаатан истэҕинэ кэлэр. Оҕону итии тэриллэри тыытарыттан харыстаан кыра эрдэҕинэ тарбаҕын төбөтүн итиинэн хаарыттаран, кэһэтэн үөрэтии туһата олус улахан. Ол кэһэйиититтэн үөрэх ылынан оҕо ханнык да тэриллэри таарыйан көрөн, бэрэбиэркэлээн баран тыытарга соҕотохто үөрэнэр уонна уһуннук умнубат.

Тымныыттан харыстаныы диэн халыҥнык таҥнан биэрии буоларын бары билэбит уонна туһанабыт. Элбэхтик хамсанан биэрии тымныыны тулуйарга көмөтө улаханын эмиэ билиэ этибит. Эдэр, кыанар, эрчимнээхтик хамсанар киһи чараас соҕус таҥастаах сылдьыан сөп. Урукку кэмҥэ улахан тымныыга тоҥо быһыытыйан эрэр оҕону «Ыл, сүүрэкэлии түһэн биэр» диэн этэллэрэ билигин хаалан сылдьар. Эти-сиини харыстааһын диэн сайдан иһэр өй-санаа биир тутаах билиилэрэ буолуо этилэр. Манна халтарыйан дөлбү түһүмэ диэн үөрэх бастаан иһэрин тэҥэ, эрчиллиилээх буолуу эрэйиллэр.

Сэрэхтээх буолуу харыстаныы үөрэҕин төрүтэ буолар. «Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этии киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан тугу оҥороругар барытыгар сэрэхтээх буоларын ирдиир. Сэрэхтээх буолуу харыстаныыны үөскэтэр.

Эр киһи оҕо төһө эмэ улаатан бэйэтэ ону-маны оҥорор буолуоҕуттан ыла иитиигэ ылсыһарынан, кыттыһарынан оҕону иитэн-үөрэтэн сэрэхтээх буолуутун улаатыннаран, бэйэтин бэйэтэ харыстаныытын саҕалыыр. Оҕо өйө-санаата сайдан, билиитэ-көрүүтэ кэҥээн истэҕинэ бэйэтин харыстанар кыаҕа түргэнник эбиллэр. Кыра эрдэҕинэ харыстанар кыаҕа саһыы, куотуу эрэ эбит буоллаҕына, улаатан иһэн араас харыстанар ньымата, албаһа элбиир, күүһүрэр. Ол харыстанар ньымаларга, албастарга үөрэтэринэн эр киһи үөрэҕэ уол оҕолорго олус туһалаах. Эти-сиини туохха эмэ дэҥнээһин, ыарыы үөскээһинэ харыстаныы улаатан биэрэригэр түргэнник тириэрдэр.

Онон оҕону харыстааһын иккис өрүтүнэн өйүн-санаатын сайыннарыы, көрсүө, сэмэй, сыыһа-халты туттубат, сэрэхтээх буолууга, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии, оҕо өйө-санаата аһара барарын көрөн хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго, тулуурдаах буолууга үөрэтии ааттанар. Ол аата киһи быһыытын аһара барыма, айыыны оҥорума, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун алдьатыма, харыстаа диэн өйүн-санаатын үөрэтэн бэйэтэ харыстаныытын улаатыннарыы буолар. Бу үөрэх оҕо бэйэтэ өйүн-санаатын күүһүнэн, тулуурунан, кыаҕынан этин-сиинин харыстанарын үөрэтэн иҥэрии буоларынан туһата олус улахан.

Айылҕа айбытынан төрөппүттэр бука бары оҕолорун харыстыыр санаалаахтар. Бу санаа биир эмэ оҕолоох буолууттан аһара күүһүрэн хаалара харыстааһын аҥар өттүгэр баран хааларын үөскэтэн оҕону иитиигэ халыйыыны таһаарара куһаҕаҥҥа, оҕо атаахтык улаатыытыгар тириэрдэр. Оҕону харыстааһын аҥар өттүгэр барыыта барыттан-бары харыстыы, көмүскэһэ, эбии таҥыннара, сытыара, сынньата сатыылларыгар, ол аата көрөн-истэн харыстыылларыгар тириэрдэн кэбиһэр. Бу санаа төһө да үчүгэй курдугун иһин оҕону атаах буолууга, үлэни-хамнаһы кыайбат буолууга тириэрдэрэ улааппытын кэннэ уустуктары, өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтиэн сөп.

Ити курдук харыстааһын аҥар өттүгэр халыйыыта биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры ситэ билбэттэриттэн оҕону харыстааһын бэйэтэ эмиэ икки өрүттээҕин табан туһамматтарыттан үөскүүр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ оҕо өйө-санаата сайдыыта эмиэ сөп түбэһэр. Сэбиэскэй былаас өйү-санааны токурутуутуттан төрөппүттэр оҕолорун көрөллөр-истэллэр, харыстыыллар диэн өйдөбүлү аҥардастыы биир өрүтүнэн өйдүү, ылына үөрэнэн хаалбыппыт. Ол аата оҕону аҥардастыы көрөн-истэн, минньигэстик аһатан, сылаастык таҥыннаран, сынньата сытыаран харыстыы сатыыбыт. Итини тэҥэ буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорбут оҕобутун харыстыыр санаабытыттан көмүскэһэ сатаан, оҥорбут буруйун атыттарга түһэрэ сатыыбыт. Маннык харыстааһын, оҕо атаахтык иитиллэр буолуутугар тириэрдэрин сахалар үөрэхтэрэ быһаарарын билигин умнан сылдьабыт.

Элбэх остуоруйаларга олус элбэхтик үлэлиир, тоҥор-хатар көйгө кыыс улааттаҕына элбэх ситиһиилэри оҥорорун кэпсииллэрин өй-санаа үөрэҕин билбэппититтэн табан өйдөөбөппүт. Итини тэҥэ биир төрүппүтүнэн ааҕыллар Эллэй Боотур Омоҕой Баай икки кыыһыттан көйгө кыыһы талан, кэргэн ылан сахалары сайыннарбытын, элбэппитин таба өйдөөн олохпутугар туһаммат буоллубут.

Төрөппүттэр харыстааһын бу икки өрүттэрин аһара ыыппакка, бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктарын суох оҥорбокко, оҕо улаатан өйө-санаата сайдан иһиитигэр сөп түбэһиннэрэн туһаннахтарына туруктаах, ол аата туох барыта икки өрүттээҕин; үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын таба арааран туһанар өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэниэхтэрин сөп. Онтон харыстааһын аҥар өттүгэр халыйыыта биһиги аныгы төрөппүттэрбит оҕолорун хайдах харыстыыры ситэ билбэттэриттэн оҕону харыстааһын бэйэтэ эмиэ икки өрүттээҕин табан туһамматтарыттан үөскүүр.

Олоххо «Туох барыта икки өрүттээҕин» билэн, тус-туспа арааран таба туһанар буолуу киһи буолууга тириэрдэр суос-соҕотох суол буоларын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһаарар уонна киһи олоҕун устата, бу икки өрүттэри туһааннаах кэмигэр таба сыаналаан, ылынар быһаарыыларын икки ардыларынан, ол аата ортолорунан көрөн ылыннаҕына ордук таба, туһалаах буоларын туһанарыгар ыҥырар. Онон оҕо улаатан истэҕинэ көрөн-истэн, бүөбэйдээн харыстааһын уларыйан, өйүн-санаатын сайыннаран бэйэтин бэйэтэ харыстаныытын үөскэтиигэ уларыйан биэриэхтээх. Төрөппүттэр, дьахталлар бу кэми аһаран, оҕону бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиспэккэ өйүн-санаатын сайыннарыыга ылсыһалларыгар баҕарабыт.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ ити быһаарыыны, ол аата харыстааһын икки өрүтүн кэмиттэн көрөн таба тутуһарга уонна оҕо өйүн-санаатын үөрэтэн харыстааһын кэлэр көлүөнэлэр салгыы сайдан иһэр суолунан баралларын хааччыйарын туһанарга ыҥырар.

Айылҕа айбытын быһыытынан аҥардастыы көрөн-истэн харыстыы сатыыр дьахталлары буруйдуу сатаабакка эрэ эр дьону оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ ылсыһалларыгар ыҥырабыт. Эһиги көмөтө суох, аҥардас дьахталлар оҕолору, ордук уол оҕолору, киһи быһыылаахтык иитэн улаатыннарбаттарын таба өйдөөн, кинилэри кытта сыһыаҥҥа тулуурдаах буолууну ситиһиэ этигит. Ол аата оҕолоргут тустарыгар олоххо көрсөр араас ыарахаттары тулуйаргытыгар ыҥырабыт.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ ити быһаарыыны, ол аата харыстааһын иккис өрүтүн уруттаан тутуһар уонна оҕону өйүн-санаатын үөрэтэн харыстааһын кэлэр көлүөнэлэр салгыы сайдан иһэр суолунан баралларын хааччыйарын быһаарар. Ханнык баҕарар ийэ оҕотун харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Кыаҕа баарынан. Оҕо кыра эрдэҕинэ кырдьык харыстааһыҥҥа, көмүскээһиҥҥэ, көрүүгэ-истиигэ, көтөҕө сылдьыыга наадыйар. Биһиги үгүс ийэлэрбит ити эбээһинэстэрин кыайа-хото толороллоругар ханнык да саарбахтааһын тахсыбат, арай аһара көмүскэһэн, көрөн-харайан атаахтатан, бэлэмҥэ үөрэтэн, доруобуйатын, өйүн-санаатын мөлтөтөн кэбиспэттэрэ эбитэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Ийэ оҕотун харыстыыра айылҕа биэрбит үтүө майгына буолар. Ийэ¬лэргэ: «Оҕону харыстыахха, көмүскүөххэ» диэн өйдөбүл олох көнөтүнэн, ол аата аҥар өрүтүнэн эрэ ылыныллар буолан хаалбыта оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар куһаҕан өттүгэр улары¬йыылары киллэрдэ. Аныгы ыаллар биир уол, биир кыыс оҕолоох эрэ буолуулара харыстыыр санааларын ордук улаатыннарар, күүһүрдэр. Баар-суох, биир эрэ улааппыт оҕолорун аһара харыстыыр, көмүскүүр ийэлэр элбээн хааллылар. Бу үтүө өйдөбүлү аһара ыытыы улаатан иһэр эдэр дьону аны кэбирэтэн, ыараханы тулуйбат, мөлтөх майгылаах, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат оҥортуурун сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ бэлиэтиирин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Оҕону көрүү-истии, аһатыы, айаҕар ону-маны укпатыгар үөрэтии, дөлбү түһэриттэн харыстааһын ийэ хайаан да оҥоруохтаах эбээһинэһэ буолар. Таҥас-сап дэлэйбитинэн туһанан тымныыттан харыстаан таҥыннара сатааһыны биһиги ийэлэрбит кыайа туталлар. Араас түүлээх таҥастарынан нэһиилэ хамсыыр гына үллэччи таҥыннаран бараннар, аны сиэтэ сылдьан, бэйэлэрин кытта тэҥҥэ хаамтаран, тиритиннэрэн кэбиһэллэр уонна куһаҕаны оҥоробут дии санаабаттар. Тымныы кэмҥэ оҕо тиритэрэ доруобуйатыгар куһаҕанын, туоҕа эрэ тиийбэтин, туга эрэ улаханнык табыллыбатын эбэтэр бэйэтэ мөлтөөбүтүн чуолкайдык көрдөрөр бэлиэ буоларын умнан кэбистилэр. Тириппит оҕо тымныйыыга түргэнник оҕустарар кутталлааҕын төрөппүттэр билэн сэрэниэ этилэр.

«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх»,- диэн этэллэр. Харыстааһын эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолуо этэ. Туохха барыты¬гар аһара барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Биһиги ийэлэрбит тымныыттан харыстаныыга аҥардастыы итиитик таҥыннарыы өттүгэр салаллан хаа¬лыылара оҕолорун доруобуйаларын мөлтөтөр. Аныгы оҕолор тымныынан эрчиллиилэрэ суоҕуттан олус элбэхтик тымныйан ыалдьалларын үгүстүк атын ыарыыларга балыйабыт. Урукку кэмҥэ чараас таҥастаах тоҥоору гыммыт оҕону, олоххо уопуттаах төрөппүттэрэ: «Таах тоҥон турума, ыл сүүрэкэлии түһэн биэр»,- диэн кытаанахтык этэллэрэ умнууга хаалбыта ыраатта.

Тымныйыыттан харыстаныыга сүрүн оруолу эрчиллии ыларын эдэр ийэлэр ситэ өйдөөбөттөр. Кинилэр бэйэлэрэ эмиэ эрчиллибэккэ улааппыттара ити дьарыгы ылыналларыгар уонна толороллоругар мэһэйдиир. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тымныыны тулуйа, тымныы уунан кутта үөрэннэҕинэ, этэ-сиинэ эрчиллэн бөҕөргөөн хаалар диэн көн¬нөрү этии кинилэргэ тиийбэт. Куруук эрчиллэрин бырахпатаҕына, оҕо тымныыны тулуйара өссө эбиллэн иһэр диэн медицинэ үлэһиттэрэ этэ, суруйа сатыыллар даҕаны ким да аахайбат, толорбот. Эрчиллиинэн, эти-сиини бөҕөргөтүүнэн куруук дьарыктаныыга арай, ырыынак үйэтэ кэлэн медицинэ көмөтө харчынан сыаналанар буолуута ыган, сыыйа-баайа хамсааһын тахсыан сөп. Бу быһаарыы «Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр» диэн этиигэ сөп түбэһэриттэн үгүстэргэ дьайыыта тиийэр кыахтаах.

Этин-сиинин эрчийбэккэ эрэ аҥардастыы сылаас таҥаһы таҥна сыл¬дьар киһи биирдэ эмэ сыыһа туттаран, ол эбэтэр аһара итиитик таҥнан баран, аны итииргээн, тиритэн хааллаҕына, «Этэ арыллан», эмискэ тоҥон, тымныйан ыалдьан хаалыан сөп. Маннык быһыыттан ким да кыайан харыстаммакка хаалар. Бу курдук ыалдьааччылар элбээн хаалыылара, аны төттөрү өттүгэр дьайан эрчиллии туһалаах диэч¬чилэри соччо итэҕэйбэттэригэр тириэрдэр.

Ыаллар барылара биирдии, иккилии эрэ оҕолоохторо харыстыыр, көмүскүүр санааларын аһара күүһүрдэн кэбиһэрэ халыйыыны үөскэтэр. Кинилэр оҕо эрчиллэн истэҕинэ доруобуйата бөҕөргүүрүн ум¬нан, аҥардастыы хаайа, халыҥнык таҥыннара, көрөн-истэн харыстыы сатааһын диэки, ол аата элбэх ахсааннаах дьахталлар баҕа санааларын толоруу диэки салалыннылар.

Киһи тымныыны тулуйар буолара хайаан да эрэйиллэр. Тымныытынан дьону, кыыллары үөрэтээри, эрчийээри кэмиттэн кэмигэр айылҕа кыһына хойутаабакка эрэ кэлэн иһэр. Ол аата айылҕаҕа кыһын син-биир эргийэн кэлэн иһэринэн, халлаан тымныйарын уларытар кыах суоҕунан, киһи тымныыны тулуйарга эрчиллэр эрэ эбээһинэстээх. Манна кэлэн киһи кырдьык «Кыһалҕа кыһайан» тымныыны тулуйа үөрэнэргэ тиийэрэ, доруобуйатын, этин-сиинин бэйэтэ эрчийэн бөҕөргөтөрүн таба сыаналаабатын арыйар.

Онон, оҕону сөптөөхтүк харыстааһын диэн кинини улаатан истэҕинэ үөрэтии уонна эрчийии буолуо этэ. Халлаан тымныйарын ким да тохтоппотун быһыы¬тынан аҥардас эрчиллии, дьарыктаныы эрэ киһини тымныыны тулуйар гына оҥорорун билиниэхпит этэ. Ким барыта төһө кыаҕа тиийэринэн эрчиллэ, тымныыны тулуйарга үөрэнэ сылдьара эрэйиллэр да, көрдөнүл¬лэр да быһыы буолар. Бу эрчиллиини, тыа сиригэр элбэхтик таһырдьа сылдьыыны, куоракка тымныы уунан куттууну, төрөппүттэр оҕолоро олох кыра эрдэҕиттэн саҕалаан баран быраҕан кэбиспэккэ, утумнаахтык дьарыктаан, үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэрин ситистэхтэринэ ордук туһаныа, бөҕө доруобуйалаах кэлэр көлүөнэлээх буолуо этилэр.

Медицинэ үөрэхтээхтэрэ оҕону биир сааһын иннинэ тымныынан эрчи¬йэ үөрэтиэххэ, оччоҕо оҕо доруобуйата өссө бөҕө буолар диэн этэ сылдьыбыттара хаалан сылдьар. Аҥардастыы харыстыы, таҥыннара сатааһын тымныыны тулуйарга көмөлөспөт диэни кытаанахтык билэн, элбэхтик эрчилиннэхпитинэ эрэ доруо¬бай кэлэр көлүөнэлээх буоларбытын итэҕэйиэхпит этэ.

Билбэт, үөрэммэтэх киһи араас быһылааҥҥа түбэһэрэ быдан элбэх буолар. Суол быраабылатын билбэт киһи ааһан иһэр массыынаҕа киирэн биэриэн, уоту хайдах сэрэнэн туттарга үөрэммэтэх киһи уоту ыытан кэбиһиэн сөп. Бары суол быраабылаларын билии уонна олору халбаҥнаабака эрэ тутуһуу массыынаҕа сатыы киһи киирэн биэрэрин лаппа аҕыйатар. Аны массыыналар куруук элбээн иһэллэрин быһыытынан, арай суол быраабылаларын эрэ билии уонна кытаанахтык тутуһуу киһи массыынаҕа киирэн биэрэрин аҕыйатар кыахтаах. Үөрэх киэҥник тарҕаммытынан билии-көрүү – оһолу, быстах суолга түбэһиини аҕыйатар кыаҕын туһаныахпыт, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн сэрэхтээх буолууга үөрэтиэ этибит.

Халтарыйан сууллан түспүт киһи уҥуоҕун тоһутан кэбиһэрэ баар суол. Кыахтаах, эрчиллиилээх киһи мээлэ охто сылдьыбат, биирдэ-эмэтэ оҕуннаҕына даҕаны халымырдык охтуон сөп. Тустуук киһи хас оҕуннаҕын аайы дэҥнэнэн испэт. Барытыгар эрчиллии, дьарык быһаарар. Ол аата, ийэ оҕотун харыстааһына диэн өйдөбүл - кинини эрчийиитигэр саһан сыл¬дьар. Ийэ оҕотун эрчийиэ, үөрэтиэ, дьарыктыа, барыга-бары кыахтаах буоларын ситиһиэ этэ.

Ийэ оҕотун харыстыахтаах диэн өйдөбүлү бары тутуһабыт. Ол эрээри бу өйдөбүлбүт эмиэ икки өрүттээҕин таба туһаныахпыт этэ. Харыстааһын диэн аҥардастыы халыҥнык таҥыннарыы, сытыарыы эрэ буолбатах, саҥа үөрэнэр оҕону иитии, үөрэтии буоларын умнан кэбиһэрбит хомолтолоох.

Ийэ оҕотун хайдах көмүскүүрүттэн оҕотун өйө-санаата сайдар. Аһара баран көмүскээһин, куруук көмүскэтэ үөрэниитигэр тириэрдэр. Оҕо куруук, сыыһаны да, куһаҕаны да оҥордоҕуна көмүскэтэ үөрэниитэ бэйэтэ тугу оҥорбутугар эппиэтинэһэ суох буолуутун үөскэтэр. Ол аата, тугу да оҥордоҕуна ийэтэ эппиэттиирин курдук өйдөбүл оҕотугар иҥэн, үгэс буолан хаалар. Маннык үөрэтии улаатан иһэр оҕолорго ордук куһаҕан дьайыылаах. Ол курдук куһаҕан быһыыны оҥорон баран көмүскэппит оҕо, өссө аһара баран куһаҕан быһыыны оҥоруон сөп.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыаҕынан көмүскэнэ, харыстана үөрэ¬нэрэ ордук. Кыайан көмүскэммэт оҕо муҥкук, барыттан-бары салла сыл¬дьар буола үөрэнэр. Ийэ оҕотун харыстыыра, көрөрө-истэрэ харыстааһын бастакы өрүтүгэр сөп түбэһэр буоллаҕына, аҕа үөрэҕэ харыстааһын иккис өрүтүгэр сөп түбэһэр. Ол курдук аҕа хайдах көмүскэнэргэ, харыстанарга үөрэттэҕинэ, оҕото улаатан иһэн бэйэтэ харыстанарга үөрэнэн иһэр кыахтанар.

Оҕолорун иитиилэрэ, үөрэтиилэрэ мөлтөҕүттэн, сымнаҕаһыттан, атаахтаталларыттан баай дьон уһун үйэлэрэ суохтар. Үһүс, төрдүс көлүөнэ дьонтон саҕалаан арыгыга, хаартыга ыллараллар, майгылара бардам, татым буо¬лан араас быһылааннарга, быстах быһыыларга түбэһэллэр, баайдара, маллара сотору ыһыллан баранар. Баай Оруоһун уолугар үс сүүс сүөһүнү хаалларбытын, арыгыһыт, хаартыһыт уола балтараа сыл иһигэр матайдаан суох оҥорбута кэпсээҥҥэ киирэ сылдьар.

Сахалар олус уһун үйэлээх омуктар буоланнар баай дьон ити май¬гыларын билэллэр. Ол иһин «Баай дьон тоҕус көлүөнэҕэ тиийбэт¬тэр»,- диэн этэллэр. Бу этии биир аймах дьоҥҥо быһаччы сыһыан¬наах. Ол курдук кэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии өбүгэ үгэстэрин тутуһан уонна «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн этии ыйыытынан баран иһэр буоллаҕына эрэ, аймах дьон сайдан-үүнэн иһиилэрэ ситиһиллэр кыахтанарын умнуохпут суоҕа этэ. Ол аата оҕо төрөппүттэринээҕэр барытынан бары ордук, чорбойор, туох бары үлэҕэ-хамнаска, үөрэххэ баһыйар киһи буола улаатыахтаах. Манна ордук өйө-санаата тулуурдаах буолуута бастаан иһэрин бэлиэтинэн өһөс диэн буолара ирдэнэр.

Аныгы төрөппүттэр оҕолоро уҥуоҕунан улахан буоллаҕына, быһалыы быһааран бэйэбитинээҕэр ордук киһи буолар буолла диэн үөрээхтииллэр. Ол эрээри киһи буолуу аан бастаан өйүттэн-санаатыттан тутулуктааҕын билигин да итэҕэйээччи аҕыйах. Өһөс, дьиппиэн майгылаах киһи олоххо ситиһэр ситиһиилэрэ сыыйа-баайа да буоллар сайдан, эбиллэн иһэр кыахтаналларын, арыгыга, наркотикка ылларара аҕыйаҕын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Онон оҕо кыра, бэйэтин кыайан харыстаммат эрдэҕинэ төрөппүт оҕотун көрөн-истэн харыстыыр эбээһинэстээх. Онтон оҕото улаатан истэҕинэ бэйэтэ бэйэтин харыстанарын ситиһэн, онно үөрэтэн биэрии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Улааппыт оҕо бэйэтэ бэйэтин хайдах эмэ харыстанан, көрүнэн-истинэн сылдьарыгар кыах биэрии төрөппүт оҕотун өйө-санаата сайдарыгар кыһанарын, олоххо таба суолу тутуһарын көрдөрөр.

Оҕо киһи билбэтин, оҥорботун оҥороро ордук кутталлаах. Киһи билбэтин оҥоруу диэн саҥаны айыы, ону-маны арыйа, буолары-буолбаты оҥоро сатааһын буолар. Киһи билбэтин оҥорууттан араас дэҥ, оһол тахсара ордук элбэх. Эдэрдэр киһиргэс, тиэтэйэр санааларыттан уонна “айыы үөрэҕин” сыыһаларыттан онно киирэн биэрэллэрэ элбээтэ.

Оҕо саҥаны айыыны оҥороруттан, айарыттан төрөппүттэр эрэйдэнэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр. Оҕо айыыны, киһи билбэтин, оҥорботун оҥороро олус кутталлаах, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ аһара элбэх. Уоту умата үөрэнэ илик оҕо испиискэни умата оонньооһуна, саҥаны айыыта буолар. Оҕо уоту ыытан кэбистэҕинэ алдьархай чахчы тахсыан сөп. Ол иһин сахалар оҕолорун харыстааннар “Айыы диэмэ”, «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэрин таба өйдөөн олохпутугар, оҕону иитиигэ туһаныа этибит.

Көрсүө, сэмэй буолуу харыстаныы сүрүн төрүтэ буолар. Манна “Урут түһүмэ” диэн этэн үөрэтии аан бастаан туттуллар. Ол аата билбэт суолгар киирэн биэримэ, аан маҥнай толкуйдаан, ырытан көр, саҥа оҥоруллар дьыалаҕа туга эмэтэ табыллыбата хайаан да элбэх буолуон сөп диэн сэрэтэр үөрэх буолар. Бу быһаарыыга «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии олус сөп түбэһэр. Эдэрдэр оҥорор быһыыларыттан туох содул үөскээн тахсарын ситэ ырытан быһаарбаккалар оҥорон кэбистэхтэринэ, табыллыбакка хаалан эрэйгэ түбэһэллэрэ элбэх.

Төрөппүттэр оҕолорун көрсүөтүк, сэмэйдик туттууга, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, ол аата киһи буолууга, киһилии быһыыланарга аан бастаан, оҕолоро кыра эрдэҕиттэн үөрэтэллэрэ буоллар кэлэр көлүөнэлэрин олохторун туһугар санаалара бөҕөх буолуо этэ. Көрсүө, сэмэй дьон бэйэлэрин да харыстаналлар, оҕолорун харыстанарга үөрэтэллэр, кыайа-хото үлэлииллэр уонна олохторун киһи быһыылаахтык уһуннук олороннор, элбэх оҕолорун, сиэннэрин улаатыннараннар омугу сайыннараллар.

Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ тугу барытын харыстаан, кэмчилээн, ыскайдаабакка туһанарга үөрэнэн иһэллэр. Японецтар мастан хатырыгын да хаалларбакка туһаҕа таһааралларын туһунан бары хайҕаан кэпсииллэр. Ол аата тугу барытын туһаныы эмиэ харыстааһыҥҥа олоҕурара ирдэнэр.

Өй-санаа диэн киһиэхэ уһун кэмҥэ үгэс буолан үөскүүр айылҕа биир тутаах көрүҥэ буолар. Туох барытын курдук өй-санаа эмиэ харыстаннаҕына эрэ табылларын саҥа билэн туһанан эрэбит. Ол барыта сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорууттан үөскээбит сыыһа өйдөбүллэр сыыйа-баайа уларыйан эрэллэринэн быһаарыллар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ өй-санаа ордук сөп түбэһэр. Өй-санаа сыыһа хайысханан сайдан хаалыыта оҥорор, тутар өттүгэр сайдарын оннугар алдьатар, кэҕиннэрэр диэки халыйан хаалыан сөп. Ол курдук атеизм үөрэҕэ айыыны оҥорууну өрө тутан өйү-санааны алдьатар өттүгэр халыппыта хойутаан да буоллар билэн тахсан, билигин таҥара үөрэхтэрэ сайдан, тарҕанан эрэллэр. Ырыынак олоҕо өй-санаа тупсуутун эрэйэрэ онно көмө буолар кыахтаах.

Харыстааһын өйдөбүлүн сахалар былыр-былыргыттан билэн сатаан туһаналлар этэ. Куһаҕан тыллары саҥарбат буолуу өйү-санааны харыстааһын биир тутаах көрүҥэ буоларын билэн, ордук кыра оҕолор истэллэригэр куһаҕан тыллары ончу туттубаттар этэ. Бу үөрэх сүрүн төрүтэ «Айыы диэмэ», “Айыыны оҥорума” диэн этиилэргэ саһан сылдьарын сэбиэскэй былаас өйбүтүн-санаабытын буорту оҥорбутуттан, тиэрэ буккуйбутуттан билигин кэлэн таба өйдөөбөт буола сылдьабыт. Оҕолору куһаҕан тыллары саҥарбат буолуҥ диэн үөрэтиини оннугар киллэриэхпит этэ.

Онон оҕону харыстааһын бастакы өрүтүнэн көрүү-истии, аһатыы, таҥыннарыы буоллаҕына, харыстааһын иккис өрүтүнэн көрсүө, сэмэй, сэрэхтээх буолууга үөрэтии, оҕо өйө-санаата куруук аһара барарын көрөн хааччахтааһын, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго, тулуурдаах буолууга үөрэтии ааттанар. Ол аата киһи быһыытын, сиэри аһара барыма, айыыны оҥорума, сыыһа-халты туттан эдэр олоххун алдьатыма, харыстаа диэн өйүн-санаатын үөрэтэн харыстааһын буолар.

Сэбиэскэй былаас Улуу Өктөөп өрө туруутун, былааһы ылыытын айыыны оҥоруу үчүгэй диэн ааттаан ылыммытыттан билигин айыыны “үчүгэй” диэччилэр, сэбиэскэй былаас тобохторо элбэхтэр. Сэбиэскэй былаас дьон олоҕор оҥорор сыыһалара биллэннэр билигин суох буолбутун, эстибитин кэннэ, бу айыы диэн тылбытын урукку, куһаҕана элбэх оннугар төттөрү киллэриэхпит этэ.

Айыы диэн тылбытын урукку оннун булларыахпытыгар, бу тыл куһаҕан өрүтэ элбэҕин билэн аҕыйахтык, биирдэ-эмэтэ туттар буолуохпутугар диэри эрэйдэнэрбит, эдэрдэрбитин кыайан киһилии быһыыга ииппэккэ буруйу-сэмэни оҥороллоро элбииригэр тириэрдэрбит салҕанан баран иһэригэр тиийиэҕэ. Сотору кэминэн буруйдаахтар, сэбиэскэй былаас тобохторо биллибиттэрин кэннэ, эппиэккэ тардыы, иэстэбил саҕаланыан сөп. Ол курдук дьон баар-суох биир оҕолорун өйүн-санаатын “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн үөрэтэн буорту оҥоруу таах хаалара табыллыбат.

Эргэни харыстыахха наада диэни бары билэбит. Ол эрээри олох сайдан истэҕинэ эргэ сороҕо хаалан, атыҥҥа уларыйан биэрдэҕинэ, ол аата иккис өрүтэ эргийэн кэллэҕинэ эрэ табылларын таба өйдүөхпүт этэ. Ол курдук урукку кэмҥэ айылҕаттан ылан аҥардастыы туһаныы эрэ эбит буоллаҕына, билигин кэлэн харыстааһын, чөлүгэр түһэрии өттүгэр өй-санаа уларыйара эрэйиллэр кэмэ кэллэ.

Былыргы кыыл, көтөр айыылар, Байанай таҥара айылҕаттан тугу эрэ ыларга, туһанарга аналлаах эбит буоллахтарына, билигин дьон айылҕаҕа сыһыаннара тосту уларыйан харыстыыр өй-санаа баһыйар өрүт буолара быһаарыллыбытынан, сахалар “Харыстас” таҥаралара сайдар кэмэ кэллэ. Ол иһин былыргы, эргэрбит, туһалара суох буолбут таҥаралар хаалан, уларыйан биэрэллэрэ, саҥа “Харыстас” таҥара сайдыыта, харыстыыр санаа элбээн иһиитэ аныгы дьон олоҕун сүрүн көрдөбүлэ буоларын билиниэ этибит.

Биһиги сахалар айылҕаны харыстыыр санаабыт атын омуктардааҕар быдан күүстээх. Ол иһин айылҕаны харыстааһын сахалар үөрэхтэрин тутуһан, алгыстарынан салаллан сайдара ордук олохтоох буолуо этэ. Айылҕаны харыстыыр “Харыстас” таҥара үөскүүрэ, сайдара, уларыйан, тупсан иһэр өй-санаа көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр буолла.

ТАПТАЛЫ ХАРЫСТАА

Киһи куруук тугу саныырыгар суолта биэрэрэ, куһаҕаны, ол-буну, араас туһата суоҕу санаабыта буола сылдьара, кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдэрин билэрэ сөп этэ. Ханнык баҕарар санаа элбэхтик хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан хаалара уонна киһини бэйэтин салайыыга быһаччы кыттыһара сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн дакаастанар, “Куһаҕаны санаама, бэйэҕэр тиийиэҕэ” диэн этиигэ санаа хайдах дьайара быһаччы этиллэр. Ол аата дьоҥҥо куһаҕаны саныы сырыттахха, бу санааттан куһаҕан үгэс үөскээн, бэйэ куһаҕан майгыланан хаалыан сөбүн быһааран этэллэр.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан ыла санаа киһиэхэ дьайыыта суох буолбут курдук сыыһа санааҕа киирэн сылдьабыт, куһаҕан санааларбытын умнан, ыраастаммаппыт. Ол иһин билигин Россия дьоно барылара куһаҕан санааларын хаатыйаланан илдьэ сылдьалларыттан куһаҕан майгылара элбээн, куһаҕан быһыылары оҥорооччулар олус элбээтилэр. Бу быһаарыы сүрүн дакаастабылынан Россия дьоно арыгы иһэн итирдэхтэринэ куһаҕан тыллары саҥараллара, үөхсэллэрэ, өлөрсөллөрө элбээбитэ буолар. Таптал үтүө санааны үөскэтэрэ элбэҕинэн, киһиэхэ таптыы, таптата сылдьыы, олоҕун устата хаһан баҕарар наада. Дьахталлар бары тапталы аһара сөбүлүүллэр, ырыаҕа ыллыыллар эрээри, таптал туохтан үөскүүрүн быһааран билэ иликтэр. Тиэтэйбит санааларыгар тапталы көрсө охсоору, “Көрө түһээт таптаабытым” диэн этиини ордук саныыр курдук буоллулар. Көрө түһээт таптал тас көрүҥтэн ордук улахан тутулуктааҕыттан билигин үчүгэйдик көстө сатааһын бастаан иһэрэ улаатта, өйү-санааны, эт-сиин бөҕөтүн, үлэни-хамнаһы кыайыыны букатын да хаалларан туһата суохтарга кубулутта.

Таптал араас көрүҥэ элбэх уонна бары тус-туспа тутулуктанан үөскүүллэр. Ийэҕэ таптал оҕо ийэттэн тутулугуттан, көрөрүттэн-истэриттэн үөскүүр буоллаҕына, ийэ дойдуга таптал төрөөбүт, үөскээбит алаастан, оонньообут сиртэн саҕаланан умнуллубат өйдөбүллэргэ кубулуйар.

Таптал үөскүүрүгэр эр киһи уонна дьахтар бэйэ-бэйэҕэ тардыһыыларын баҕа санаата аан маҥнайгы көрдөбүлгэ киирсэрэ хаһан да кыччаабат. Бу баҕа санаа сахалыы “Баҕалаах маска ыттар” диэн этиинэн бэриллэр. Ол аата баҕа санаабытын сорук оҥостон тапталлаахпытын көрдүүбүт. Сахалар кэргэн кэпсэтиини саҕалыылларыгар “Санаабытын сорук оҥостон кэллибит” диэн этиини тутталлара ону бигэргэтэр.

Киһиэхэ баҕа санаатыгар сөп түбэһэр туох барыта сөбүлүү көрүүнү, сөбүлээһини үөскэтэр. Сөбүлүү көрүү тапталга кубулуйуор диэри төһө эрэ кэм, бириэмэ наада буоларын билигин умнубут курдукпут.

Уол сөбүлүү көрөр кыыһын куруук, элбэхтик саныыра уонна санаатыгар үчүгэй өрүттэрин чопчу бэлиэтээн саныы сылдьара, кэлин соннук үгэһи, тапталы үөскэтэр, өйүгэр-санаатыгар олохсутар. Бу үтүө санаа үгэскэ кубулуйбута уһун кэмҥэ умнуллубат тапталы үөскэтэр. Дьон бары маҥнайгы тапталларын хаһан да умнубаттар, өйдүү сылдьаллар.

Онон кыыс оҕону уһун кэмҥэ ыраахтан сөбүлүү көрө сылдьыыттан уол өйүгэр-санаатыгар олохсуйар баҕа санаата күн-түүн күүһүрэн, эбиллэн сыыйа үгэскэ, тапталга кубулуйар. Ол аата таптал диэн уһун кэмҥэ сөбүлүү, баҕара санааһынтан үөскээбит үгэс буолар. “Таптыыртан харах арахпат” диэн этии таптал үөскээбитэ аан бастаан харахха биллэн таптыыр киһиэхэ тиийэрин биллэрэр.

Киһи баҕа санаатыгар сөп түбэһэр киһини сөбүлүү көрөр. Уолаттар ийэлэригэр маарынныыр дьахтары сөбүлүүллэр. Сөбүлүүр киһиҥ куолаһын сөбүлүү истии, тас көрүҥүн, туттарын-хаптарын көрөн сөбүлээһин, сөбүлүү көрүү дуоһуйууну, астыныыны аҕалар буоллаҕына таптал саҕаланан, күүһүрэн барар кыахтанар.

Туох барытын курдук таптал эмиэ харыстааһыҥҥа наадыйар. Тапталы харыстааһын диэн аан маҥнай тапталы үөскэтии, өйгө-санааҕа элбэхтик санаан, үгэс оҥорон иҥэрии буолар. Ол аата кыргыттар сөбүлүү көрөр уолга, өссө сөбүлүүрүн уһун кэмҥэ үөскэтэллэрэ, сөбүлүү көрөрүн, куруук саныырын үгэскэ кубулутан иҥэринэрин, тапталга кубулутарын ситиһэллэрэ үйэлээх тапталы үөскэтэрин билиэхтэрэ этэ.

Таптал төһө уһун кэмҥэ үөскүүр даҕаны үйэлээх буолара элбэҕин бары билэбит. Биирдэ эмэ сөбүлүү көрө түһүү табыллан хаалыыта кэпсээннэргэ киирбитин да иһин, ити быһаарыыны кыайан уларытар кыаҕа суох. Таптал үгэс буолан үөскүүрэ элбэх кэми ылар. Ол курдук кылгас кэмҥэ сөбүлүү көрүү сотору уларыйан хаалыан сөбө элбэх.

«Киһини билиэххин баҕардаххына, кинилиин буут тууһу сиэххэ наада» диэн этии хаһан да уларыйбат. Ол курдук икки киһи буут тууһу икки сыл кэриҥэ сииллэринэн киһини ис санаатын кытта билии, бу кэм устата ситиһиллэр кыахтанар. Уһун үйэтин тухары бииргэ олорор киһини талан ылыыга бу быһаарыыны тутуһар буолуу туһата элбэх буолуо этэ.

Тапталлаахтар бэйэ-бэйэлэрин түһээн элбэхтик көрөллөр. Үгэс буолбут өйдөбүл түүлгэ киирэн көстөрүнэн, тапталлааҕы түүлгэ көрүү, таптал үөскээн, олохсуйан, дириҥээн, үгэс буолан эрэрин биллэрэр.

Таптыыр киһини түһээн көрөр буолуу тапталлаах көрүҥэ үгүстүк санаан көрө сылдьыыттан үгэс буолан, өйгө-санааҕа иҥмитин биллэрэр. «Таптыыртан харах арахпат» диэн тапталлаахтар үгүстүк сөбүлүү көрсөллөрүн быһааран биэрэр этии хаһан да уларыйбат. Бииргэ буолар баҕа санаа уһун кэмҥэ улааттар-улаатан, үтүө үгэскэ кубулуйан тапталы үөскэтэр. Тапталы үөскэтии, иитии уһун кэми ылар. Баҕа санаа үгэскэ кубулуйара уһун кэмҥэ наадыйар.

Олох сайдан иһиитэ тапталы суох оҥорор куттала улахан. Таптал суох буолуо диэн билигин ким да санаатыгар оҕустаран көрө илик. Ол эрээри аныгы үөрэхтээх, сайдыбыт диэн ааттанар, эмансипицированнай дьахталлар тапталы суох оҥорон иһэллэрин бэйэлэрэ да билбэттэр, субу күннээҕи баҕаларын ханнара охсор санаалара аһара элбээтэ. Ол курдук биирдэ түбэһэн, бииргэ аһыы түһээт эбэтэр массыынанан биирдэ тиэйдэхтэринэ ороннорун була охсоллоро таптал үөскээһинигэр тириэрдибэт, көннөрү боруобалаһыы эрэ буолар уонна умнуллан иһэрэ элбиир.

Эр киһи булчут, саҥаттан саҥаны боруобалыыр санаата элбэҕин дьахталлар ситэ сыаналаабаттар. Кини ситиһэ сатыыр этин-сиинин баҕата ханарын, баҕа санаата туоларын кытта, дуоһуйдар эрэ, умнан, өссө саҥа, атын санаа киирэн, аны онтон дуоһуйууну кэтэһиэн сөп. Ол аата атын баҕа санааны булунан, ону ситиһэ сатыырга дьулуһар, булчут санаата киирэн атыны боруобалыыр санаата улаатар. Таптал диэн тугуй? Эр киһи эбэтэр дьахтар бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик саныыр, ахтыһар, тардыһар, көрсүөхтэрин баҕарар санаалара үгэс буолан иҥиитэ тапталы үөскэтэр. Ол аата дьахтары баҕарар эр киһи, субу эрэ дьахтары үчүгэй диэн өр кэмҥэ санаатыгар иҥэринэн үгэһи үөскэтиниитэ тапталы үөскэтэр, бу мин тапталлааҕым диэн өйдөбүлү үөскэтэн өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэрэр. Итинник үөскээбит таптал өр кэмҥэ умнуллубат дьылҕаланар.

Таптал ыалы үөскэтэргэ анала хаһан да уларыйбата буоллар. Үйэлээх таптал үөскээһинэ туруктаах олохтоох ыалы үөскэтэр. Туруктаах олохтоох ыал эрэ киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэрин билиэ этибит. Ыал оҕону төрөтүүгэ, иитиигэ аналланар. Оҕо үчүгэй үгэстэргэ үөрэнэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улааттаҕына бу аймахтар сайдар кыахтаналлар. Киһи баҕа санаата үгэскэ кубулуйуутун уонна өр кэмҥэ умнуллубат буолуутун сахалар кут-сүр, таҥараларын үөрэҕиттэн билэрбит уонна олохпутугар туһанарбыт ордук этэ.

Онон аныгы, сайдыылаах диир олохпутугар таптал харыстааһыҥҥа олус улаханнык наадыйар буолла. Дьахталларбыт тулуурдара улаатан тапталы таҕылы тарҕатыыга кубулуппаттара буоллар. Тапталы уһун кэмҥэ үөскэтэн, харах харатын курдук харыстыы сырыттахха эрэ уһун үйэлэнэр кыахтааҕын таба өйдүөхпүт этэ.

СЫЫҺА ТУТТУУТТАН ХАРЫСТААҺЫН

Көрсүө, сэмэй киһи уратыларын билии уонна оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныы билигин саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолла. Ол курдук көрсүө, сэмэй киһи диэн тугу да сыыһа-халты туттубат, тугу барытын оҥороругар туох содул үөскүүрүн эрдэттэн быһааран баран оҥорор, ол аата харыстааһыны тутуһар киһи буолар. Бу уратылары хас биирдии улаатан иһэр оҕо билэр, олоҕор тутуһар буоллаҕына, уһун үйэлээх буолууну ситиһэр кыаҕа кыра эрдэҕиттэн улаатыа этэ.

Сахалар киһи оҥорор быһыылара өйүттэн-санаатыттан тутулуктаахтарын биллэрэр этиилэрэ элбэхтэр. «Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук», «Көрсүө-сэмэй быһыы киһини киэргэтэр» диэн этиилэр көрсүө, сэмэй киһи оҥорор быһыылара ордук сыаналаналларын, таба буолан тахсан туһаны аҕалаллара элбэҕин быһаараллар.

Саха өс хоһоонноругар киһи оҥорор быһыыларын быһаарар «Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй тахсар» диэн этии баар. Киһи бэйэтэ тутан-хабан алдьархайы оҥорорун биллэрэр буолан, бу өс хоһоонун суолтата олус улаханын билигин умнан, сэбиэскэй кэм саҕаттан бары бэйэбитин “үчүгэй” курдук сананыыбыт улаатан сылдьабыт. Киһи оҥорор бары быһыыларыгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһарын, элбэхтик ырытан, толкуйдаан баран тугу барытын оҥороро ордугун, оччоҕо эрэ оҥорор быһыытын туһалаах быһыыга кубулутарын бу этии биллэрэр.

Сыыһа-халты туттунара элбээтэҕинэ киһи туһалааҕы оҥороро суох буолуон сөбүн бу этии эмиэ биллэрэр. Ол курдук оҥоро-тута үөрэммэтэх киһи оҥорорунааҕар алдьатара элбээн хаалыан сөп. Бу быһаарыыны бигэргэтэр “Салаҥтан хара тыа маһа ытыыр” диэн этии баар. Бу этии төһө эмэ туһа буолуохтаах маһы буортулаан, алдьатан баран тугу да туһалааҕы кыайан оҥорбот киһи эмиэ баарын биллэрэр.

Киһиргэтии оннооҕор улахан киһи сыыһа-халты туттунуутун элбэтиэн сөп. Атаахтык иитиллибит, тулуурдара аҕыйах, дэбдэҥ майгылаах дьон кыахтаах массыынанан кыахтарын таһынан аһара түргэнник айаннааһыны элбэхтик оҥороллор. Ол иһин биир сылга Россияҕа отуттан тахса тыһыынча доруобай дьон массыына абаарыйатыгар өлөллөр.

Кыра оҕону киһиргэтии өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтэр, киһиргээтэр эрэ тугу барытын, куһаҕаны эмиэ элбэхтик оҥорор кыахтанар. Куруук киһиргэтэ үөрэттэххэ өссө киһиргээри арааһы, ол-буну барытын була сатаан, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥороору сыыһа-халты туттунара улаатыан сөп. Сахалар ол иһин оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанар буолуор диэри “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэннэр сыыһа-халты туттунарыттан харыстыыллар.

Тыыннаах киһини хаһан баҕарар киһиргэтэр куһаҕан, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп диэн сахалар үөрэхтэрэ «Киһиргээмэ» диэн үөрэтэр уонна киһиргэтии «Быһа этии» буоларын дьоҥҥо тириэрдэр. Бу өй-санаа куһаҕан өттүгэр уларыйыытын биллэрэр этиини тутуһуу бары дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук киһиэхэ үгэс үөскээһинэ уонча сылы ылар. Бу үгэс үөскээһинин кэмин сайдыылаах омуктар салайааччыны, президени талыы уһунун быһаарыыга билигин туһана сылдьаллар. Америкаҕа президени иккистээн быыбарданнаҕына 8 сылтан ордук кэмҥэ үлэлэппэттэр.

Киһи өйө-санаата уларыйыыта тулалыыр, туһанар дьон арбааһыннарыттан, өрө тутууларыттан, «Мин эрэ үчүгэйбин» диэн санаата бэрт сотору кэминэн үөскээн олохсуйан, өссө аһара баран хаалыан сөбүттэн харыстаныыны, көмүскэниини өй-санаа сайдыбыт, демократичнай тутулуктаах государстволар ити курдук оҥороллор. Салайар былаас быыбарынан талыллан уларыйарын кытары бары кэриэтэ салайааччылар эмиэ уларыйалларын ситиһэллэр. Былаас кэмиттэн кэмигэр уларыйыыта коррупция суох буолуутугар тириэрдэр уонна сайдыыны ситиһиини түргэтэтэр соҕотох суол буоларын сайдыылаах, билиилээх, үөрэхтээх дьон билиэхтэрэ этэ.

Дьон өйө-санаата үйэлэргэ биир тэҥник турбакка кэмиттэн кэмигэр уларыйан биэрэр кэмнэрдээх уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн хардары-таары хамсааһыны үөскэтэр. Ол курдук көрсүө, сэмэй буолуу оҥоруу, тутуу сайдыытын төрүттүүр, тупсууга тириэрдэр буоллаҕына, аһара баран саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааһын дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын элбэтэринэн олоҕу алдьатыы, кэхтии өттүгэр салайар.

Билигин Россия дьонун ахсааннара көҕүрээн, сыл аайы аҕыйаан иһэр. Бу быһаарыы Россия дьонун өйдөрө-санаалара бу кэмҥэ алдьатыы өттүгэр уларыйан турарын биллэрэр. Бу кэм тиийэн кэлбитин олоххо буолар уларыйыылартан булан ылыахпытын сөп:

1. Араас баһаардар барыылара эбиллэн иһэр. Баһаардар барыыларын ырытыы түмүгүнэн дьон бэйэлэрин сыыһа-халты туттунууларыттан, уоту сэрэҕэ суох туһаныыларыттан үгүс өттүлэрин бэйэлэрэ ыыталлар.

2. Массыына абаарыйалара аһара элбэхтэр. Туруга суох өйдөөх-санаалаах суоппардар сэрэҕэ суохтарыттан, сыыһа-халты туттунууларыттан үгүс абаарыйалар тахсаллар.

3. Элбэх киһи өлүүлээх хас да самолет абаарыйата летчиктэр сыыһа туттунууларыттан буолбуттара быһаарылынна.

4. Охсуһууттан, кырбаныыттан дьон өлүүтэ аһара элбэх. Туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин өлөрсүүлэрэ элбээтэ. Ол курдук кыыһырыы, өһүөн аһара барыыта, охсуһууга, өлөрсүүгэ тиийэ охсон хаалыыта кэлин кэмҥэ ордук элбээтэ уонна майгы-сигили сатарыйбытын бэлиэтиир, дьон бэйэлэрин туттуммат буолуулара улааппытын биллэрэр.

Туруга суох өйдөөх-санаалаах, ийэ куттара үчүгэй быһыылары оҥорууга иитиллибэтэх эдэрдэр арыгы истэхтэринэ, итирдэхтэринэ бу уларыйыылар өссө улаатан, дириҥээн биэрэллэр. Дьон буруйу оҥорууларыгар арыгыны буруйдуу сатыыбыт даҕаны, өй-санаа туруктаах буоллаҕына, арыгы да испит киһи буруйу оҥорботун билиниэ, сыыһабытын көннөрүө этибит.

Дьон өйүгэр-санаатыгар бу улахан уларыйыылар иитии, үөрэтии таһыма букатын мөлтөөбүтүн, оҕо өйө-санаата сайдыыта халыйбытын биллэрэллэр. “Айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн үөрэх оҕолор өйдөрүн-санааларын сыыһа, туруга суох буолуу суолунан салайарыттан билигин сыыһа-халты туттунар, аһара барар эдэрдэр элбээһиннэриттэн куһаҕан быһыылар үксээтилэр.

Сахалыы өйү-санааны тутуһуу, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии эрэ бу, сэбиэскэй былаас көмөтүнэн үөскээбит куһаҕан майгыны, “айыы үчүгэй” диэн этиини суох оҥоруо этэ.

Онон төрөппүттэр, оҕоҕут хайдах өйдөөх-санаалаах буола улаатара кыра эрдэҕинэ ийэ кута ханнык өйгө-санааҕа иитиллибититтэн быһаччы тутулуктааҕын билэн иитии, үөрэтии хайысхатын көрсүө, сэмэй буолуу диэки салайдаххытына эрэ киһи быһыылаахтык олоҕун уһуннук олорор кэлэр көлүөнэлэниэххитин сөп. Сыыһа-халты туттунууттан харыстааһын диэн оҕону, улахан да киһини киһиргэппэт, ыксаппат, тиэтэппэт буолуу ааттанар. Киһиргэппэт, тиэтэппэт буолуу сыыһа-халты, аһара туттунууну суох оҥороруттан өй-санаа туруктаах буолуутугар тириэрдэр олус туһалаах быһыы буолар.

САНАА УОННА ИЛЭ ОҤОРУУ УРАТЫЛАРА

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ олоҕурар уонна бу икки өрүтү туһааннаах кэмигэр таба быһааран олоххо туһанарга аналланар.

Олоххо икки өрүтү; үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы, таба быһаарыыны ылыныы улахан уустуктары үөскэтэр. Сахалар ону билэн «Олоҕу олоруу уустук» диэн этэллэр. Киһи буолуу сүрүн сыалынан ханнык баҕарар дьыалаҕа, бу дьыала икки өрүттээҕин билэн, олору арыйан, ол аата бу икки өрүтү, иккиэннэрин дириҥник билэн, хайа да диэки халыйбакка эрэ ортотунан, икки ардыларынан барар курдук быһаарыыны ылыныы буолар. Сахалар дьон-аймах олорор, үөскүүр дойдуларын Орто дойду диэн ааттааһыннара ити быһаарыыга олоҕурар. Ол аата таба быһаарыы ортотунан, икки аҥы хайысхалаах өрүттэр; үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан барыахтааҕын билэн таба ылыныы бэйэтэ улахан суолталаах. Икки өрүт икки аҥы тардыһар, икки өттүттэн тутулуктаах буоллахтарына, таба быһаарыыны ортотунан кэмнээн ылыныы ханнык эрэ балаһыанньаҕа, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар сөбүлэһии, тэҥнэһии баар буоларын ситиһэргэ аналланарын өйдүө этибит.

Ханнык баҕарар быһаарыыга тэҥнэһии баар буолуутун ситиһии Айылҕа төрүт сокуонугар сөп түбэһэр. Ол курдук биһиги айылҕабыт, Сирбит уһун үйэлэргэ үөскээбит олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар икки өттүттэн кытаанахтык тутуллан, Күн уонна планеталар икки ардыларынан киэҥ куйаарга көтө сылдьар. Хайа да өттүн диэки халбаҥныыра, сыҕарыйара табыллыбат, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Ол курдук Сир, Күн диэки чугаһаан хааллаҕына сир дойду уотунан умайыыга тиийэр, онтон тэйиччи барыы, ыраатыы космос тымныыта дьайан Айылҕа чоҥкуччу тоҥоругар, тыыннаах харамайдар эстиилэригэр тириэрдэрин билигин үөрэхтээх дьон үчүгэйдик билэллэр.

Айылҕа тутулуктарын сокуоннарыгар аҥар өттүн диэки барыы хайа да өттүнэн көҥүллэммэт, табыллыбат, кэлин тиһэҕэр эстиигэ, Айылҕа тутулуктара алдьаныыларыгар тириэрдэр. Ол иһин өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх дьон таһаарымыахтарын сөп этэ. Көрсүө, сэмэй, үлэни-хамнаһы кыайыы өй-санаа аҥар өрүтэ буоллаҕына, өй-санаа хайа эрэ утары өттүгэр халыйыытын айыыны оҥоруу уонна олору олоххо киллэрэн иһии үөскэтэрин билэн айыыны оҥорорго олус улахан сэрэхтээх буолуу өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьонтон ирдэнэрин таба өйдүөхпүт этэ. Сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһата олус улахан. Ол курдук оҕо өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи куһаҕаны кыайан арааран билэ илик кэмигэр куһаҕан айыыны элбэхтик оҥорон кэбиһэриттэн харыстааһын буолар.

Киһи өйө-санаата биир төрүттээх, биир мэйииттэн үөскээн, айыллан, сайдан тахсаллар уонна “ай” диэн тылбытынан этиллэр эрээри, киһи оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэй, туһалаах уонна куһаҕан, туһата суох, буортулаах диэннэргэ арахсалларыттан киһи оҥорор быһыылара икки өрүттээх буолан тахсаллар. Киһи оҥорор ураты быһыыта, саҥаны, урут суоҕу, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруута “ай” диэн тылбытыгар “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы диэн ааттанар. Айыы диэн киһи оҥорор быһыыларын биллэрэр тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах буолан тахсара ханнык быһыы буолан тахсарыттан тутулуктаах.

Үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах быһыы буоллаҕына, үрүҥ айыы, онтон туһата суох, буортулаах буоллаҕына, хара айыы диэн ааттаналлар. Аан маҥнай оҥорууга ханнык баҕарар айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан араарыллан биллэ охсубатынан уустуктары үөскэтэр. Төһө эмэ өр кэмҥэ айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллибэккэ эрэ сылдьыан сөп. Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыыта олус улахан саҥаны айыы буоллаҕына, дьон олоҕор куһаҕана 74 сыл кэнниттэн биирдэ биллэн тахсыытыттан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик, тыаһа-ууһа суох эстибитэ.

Туох барыта икки өрүттээҕин киһи бэйэтин өйүн-санаатын, билиитин көмөтүнэн арааран быһаарыа уонна олоҕор туһаныа этэ. Ол аата бу икки өрүтү; үчүгэйи уонна куһаҕаны иккиэннэрин тус-туспа арааран билэр буолуу өйдөөх-санаалаах дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Куһаҕан диэн тугун чуолкайдык арааран билэр буоллахха эрэ, үчүгэй диэн туспа араарыллан биллэр кыахтанарын умнан сылдьабыт, олохпутугар туһаммаппыт. Аҥардастыы үчүгэйи эрэ билии олох кэлтэйдии барыытын, аҥар эрэ өттүн диэки сайдыытын, халыйыытын үөскэтэр. Бары барыта үчүгэй буолан хааллаҕына, куһаҕан диэн суох буолан, симэлийэн, сүтэн хаалар курдук эрээри, олох ханньары баран аҥар өттүн диэки халыйан барыыта, кэлин тиһэҕэр бары-барыта куһаҕаҥҥа кубулуйуута саҕаланар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы субу тирээн турар кэмигэр эрэ сөп түбэһэр уратылаах. Таҥас муодата аастаҕына төһө да саҥатын иһин кэтиллибэт дьылҕаланар. Атын, уларыйбыт кэмҥэ субу үчүгэй диэн этэрбит уларыйан, аны куһаҕан буолан хаалыан сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыы, атын атын тылынан этэ сатааһын букатын табыллыбат, өй-санаа уһун кэмнээх өйдөбүллэрин буккуйара быһаарыллар. Сахалар өй-санаа бу уратытын олус былыргы кэмнэртэн, саха тыла үөскүөҕүттэн ыла билэллэрин ай диэн өй-санаа сайдыытын быһаарар соҕотох тылбыт төрдүттэн, былыргыттан икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ биллэрэр. Ол курдук киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айан, оҥорон кэбиһэр кыаҕа тыыннааҕын тухары хаһан да хаалан хаалбат.

Ай диэн өй-санаа баспыт иһигэр, мэйиибитигэр үөскүүрүн быһаарар тылбыт. Бу тыл санааны быһаарар буолан куһаҕан өрүтэ араарыллан биллэрэ уустук, биллибэт даҕаны. Ол иһин хайа баҕарар киһи араас санаалары саныыра баа буолан бобуллар, хаайыллар кыаҕа билигин суох. Ол иһин сахалар «Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар» диэн киһи ханнык санаалардааҕа биллибэтин быһааран этэллэр.

Араас элбэх куһаҕан да санаалардаах киһи олорун кистээн, атыттарга биллэрбэккэ эрэ, үчүгэй аатыран сылдьар кыахтаах.

Баспыт иһигэр, мэйиибитигэр санаабыт санааларбытыттан талан ылан, бу туһалаах дии санаабыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, дьоҥҥо биллэрдэхпитинэ, бу оҥорбуппут ким да оҥорон көрө илик быһыыта буоллаҕына айыы, саҥаны айыы буолан тахсар уонна аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан биллибэт уратылаах. Төһө эмэ кэминэн бу оҥорон таһаарбыт быһыыбыт, айыыбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥороро билиннэҕинэ, үрүҥ айыы, онтон туһата суох, куһаҕаны оҥоруу буолан хааллаҕына, куһаҕан, хара айыы диэн араарыллан ааттанара өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Сахалар былыр-былыргыттан бу быһаарыыны тутуһаннар айыы диэн тылбыт икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары оҥорууну холбуу ылан быһаарар.

Айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕана элбэҕин «ыы» диэн ытааһын дорҕооннорунан бүтэрэ быһаарар. Бу тыл туһалаах, үчүгэй айыыны оҥорору тэҥэ, киһи куһаҕаны, буруйу оҥорор майгынын, кыаҕын эмиэ холбуу ылан быһаарара куһаҕан өрүтүн элбэтэр. Бу тыл куһаҕан дьайыытыттан оҕолор, эдэрдэр ордук эрэйдэнэллэр. Кинилэр үгүстүк киһи оҥорбот быһыытын, саҥаны айыыны оҥороору сыыһа-халты туттуналлара элбээн хааларыттан, куһаҕаны оҥороллоро элбииригэр тиийэн хаалар кыахтаналлар. Биһиэхэ маннык кэм кэлэн эрэр. Ол курдук эдэр оҕолор бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээһинэ “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн этииттэн, үөрэтииттэн быһаччы тутулуктаах. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга үөр, айыы буолан сылдьаннар, туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри ыҥырар, угуйар кыахтаахтар. Айыы буола сатаан эдэрдэр онно киирэн биэрэр кыахтара улаатан хаалыан сөп.

Бэрээдэктээх дьон бары сокуоннары, сиэри, киһи быһыытын тутуһар буоллахтарына, балары кэһэр, толорбот киһи киһи оҥорбот, билбэт быһыытын оҥорор, ол аата уратыны, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥорор. Сокуоннары, сиэри тутуспат, дьон оҥороруттан уратытык оҥорор майгылаах киһи кырата куһаҕан быһыылаах киһи буолар, онтон улааттаҕына ыар, хара айыылары оҥоруон сөп.

Өй-санаа үөрэҕин бассабыыктар, коммунистар суох оҥоруулара киһи өйө-санаата сайдыытын сыыһа сыаналыыр буолуубутугар тириэрдэн кэбистэ. Ол курдук оҕо тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга, үчүгэй майгыга аан бастаан иитиллиэхтээҕин, үөрэниэхтээҕин, оннук үгэстэри иҥэриниэхтээҕин, ол аата аан маҥнай үчүгэй майгылаах, үчүгэй киһи буола улаатыахтааҕын умнан, хаалларын кэбиһэр, үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатыыр буоллубут. Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорууну, киһи буолууну ситиспит эдэр киһи өйө-санаата өссө сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарар буолан баран биирдэ саҥаны айыылары оҥордоҕуна элбэх киһи быһыылаах саҥаны айыылар үөскээннэр үгүс туһаны аҕалыахтарын сөбүн туһаныа этибит. Киһи быһыытын аһара барбат, сиэр иһинэн саҥаны айыылар айыы-сиэр диэн ааттаналлар.

Омук сайдыыны ситиһиитэ элбэх саҥаны айыылары олоххо туһаннаҕына эрэ кыаллыан сөбүн бары билэбит. Сайдыыны ситиһээри элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыыбыт. Сэбиэскэй былаас үөскээһинэ омук олоҕор олус улахан саҥаны айыыны оҥоруу буоллаҕына, 74 сыл кэнниттэн куһаҕана биллэн тахсан, аны төттөрү баран, олоҕу урукку оннугар түһэрэ сатыы сылдьарбытын таба өйдүөххэ, өй-санаа халыйыыларын көннөрүөххэ, олус элбэх саҥаны айыылартан туһалааҕа, үчүгэйэ биир эмэ буоларын, онтон атыттара бары сыыһа-халты буолан тахсаннар, куһаҕаны элбэтэллэрин үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон билиэхтэрин сөп этэ.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии өйгө-санааҕа быһаччы сыһыаннаах. Ол иһин сир-дойду үрдүгэр аҥардастыы үчүгэй диэн букатын суох. Үчүгэй аһара үчүгэйгэ кубулуйан, алдьархай эбэтэр ынырык үчүгэй диэҥҥэ уларыйдаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйара тиийэн кэлиэн сөп. Элбэх буолар-буолбат саҥаны айыылар сыыһа-халты буолуулара элбээһиниттэн куһаҕан быһыыга кубулуйаллара үксүүр. Ол иһин айыыны оҥоруу кэмнээх-кэрдиилээх, туспа араарыылаах буолуохтааҕа үрүҥ айыы диэн быһааран этиинэн бигэргэнэр. Дьоҥҥо туһалаах саҥаны айыы үрүҥ айыы диэн ааттанар. Онтон куһаҕаны айыы хара айыы диэн туспа араарылларын ааттанарын хайаан да туһаннахпытына эрэ өй-санаа сайдыыта оннугар түһэн, үчүгэйи оҥоруу элбээһинэ үөскүөҕэ.

Сахалар нууччалар буолбатахпыт. Биһиги сахалыы өйбүт-санаабыт «Туох барыта икки өрүттээх» уонна “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этиилэри тутуһууттан, айылҕа төрүт тутулугун билинииттэн үөскээбит. Ол иһин айыы диэн тылбыт бэйэтэ икки өрүтү, үчүгэйи уонна куһаҕаны, иккиэннэрин холбуу иҥэринэн сылдьар тыл буоларын буккуйа сатааччылартан харыстыахпыт этэ.

ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Итэҕэйии – итэҕэли, таҥараны үөскэтэр. Киһи куруук биир санааны санаатаҕына, ол санаата үгэскэ кубулуйар. Үгэскэ кубулуйбут санаалар киһини бэйэтин салайар кыахтаналлар. Бу санаата үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаа буоллаҕына, кэлин бэйэтэ бу санаатын итэҕэл, таҥара оҥостуон, ситиһэргэ дьулуһуон, толоруон сөп. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй киһини үтүктэн үчүгэй киһи буола сатыыр баҕа санааланнаҕына, ол баҕа санаатын үгэс оҥостон ситиһиэн, толоруон, үчүгэй киһи буола улаатыан сөп.

Итэҕэл, таҥара туһата итиннэ саһан сылдьар. Оҕоҕо үчүгэйгэ баҕарар, ыҥырар баҕа санааны үөскэтии таҥара үөрэҕин сүрүн сыала буолар. Ол курдук оҕо үчүгэй киһи буолар баҕа санаатын үгэс оҥостуннаҕына үчүгэй киһи буола улаатар кыахтанарын төрөппүттэр туһаныа этилэр.

Саха дьонун олохторун, таҥараларын үөрэҕин этиилэрэ өс хоһоонноругар кубулуйбуттарын билигин үөрэтэн туһана сылдьабыт. Киһи санаата өйгө-санааҕа дьайыытын туһунан өс хоһоонноро биһиэхэ элбэхтэр:

- Саҥарыаҥ иннинэ санаан көр.

- Киһи санаалаах, туу сүрэхтээх.

- Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы саныыр.

- Киһи санаата оҕус да, ынах да буолбатах.

- Ыйааһына чэпчээбит, санаата түспүт киһи.

- Санаалаах татыма, өйдөөх мөлтөҕө.

- Санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ, кыайтарбатах кыайыллааччы.

- Киһи тугу барытын кыайар, санаатын ууруо эрэ кэрэх.

- Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ.

- Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар, түөн саҥа үрүҥ санаа ордук. (5,52).

- Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар.

Саныыр санаабыт “ай” диэн тылбытынан этиллэн баспыт иһигэр саныыр буоламмыт үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана соччо араарыллан биллибэт буоллаҕына, ол санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, быһыыга кубулуттах-пытына “ай” диэн тылбытыгар “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн куһаҕана элбэх буолан тахсара быһаарыллар. Саныыр санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллар кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ.

Айыы диэн тылбыт киһи оҥорор бары быһыыларын быһаарарынан икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүлү холбуу иҥэринэн сылдьар тыл. Ол курдук киһи үчүгэйи, туһалааҕы айарын тэҥэ, куһаҕаны, буортулааҕы эмиэ айан таһаарыан сөбүн бу тылбыт биллэрэр. Өй-санаа ити уратытын сахалар былыр-былыргыттан, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн ыла билэннэр, айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылы айаннар билигин да туһана сылдьабыт.

Киһи үчүгэй, туһалаах айыыны биири эмэни оҥорон олоххо киллэрэринэн, атын оҥорор бары айыылара туһата суохха кубулуйаннар, куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. Айыы диэн тыл былыр-былыргыттан, хайа айыллыаҕыттан ыла куһаҕан өйдөбүлэ олус элбэх тыл буолар. Бу тыл сахаларга хаһан даҕаны аҥардастыы үчүгэй өйдөбүллээх тылга кыайан кубулуйуо суоҕа. Ол курдук бу тыл бүтүүтэ «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ хаһан даҕаны уларыйбат уонна бу тыл элбэхтэ, улаханнык этилиннэҕинэ куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүн арыйан көрдөрө сылдьар.

Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы курдук «аньыы» диэн сахаларга урут суох тылы туттар, айыы диэн тылбыт бэйэтэ икки өрүттээҕин, куһаҕан өттө элбэҕин арааран билбэт дьон итэҕэл, өй-санаа үөрэҕэр кыра да сыһыаннара суохтар. Бу дьон сымыйа этиилэрин истимиэххэ, оҕолор өйдөрүн-санааларын буккуйумуохха. Ол курдук биир киһи оҥорор быһыылара икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах буолан тахсалларын арааран билбэт дьон, төһө да хас да үрдүк үөрэхтэммиттэрин, учуонай диэн ааттаммыттарын иһин өй-санаа үөрэҕин, тутулуктарын букатын билбэттэрин көрдөрөллөр.

Киһи өйө-санаата икки аҥы тутулуктааҕын; үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын, сайдыылаах дьон арааран билбиттэрэ икки тыһыынча сыллартан ордон эрэрин, бу кэмҥэ үчүгэй киһи “Христос” таҥара үөскээбитин биһиги итэҕэли үөрэтэр ааттаах тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учуонайдара билбэттэрэ уонна ол билбэттэринэн атын дьону, ыаллар баар-суох оҕолорун өйдөрүн-санааларын буорту оҥороллоро, буккуйаллара аһара хомолтолоох.

Төрөппүттэр өй-санаа бу уратыларын билэн биир эмэ оҕону өйүн-санаатын буккуйбакка сахалыы таҥара үөрэҕин тутуһан киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, көрсүө, сэмэй буолууга, барыны-бары харыстыыр өйгө-санааҕа иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ буоллар туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэниэ этилэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ, тыл үөрэҕэ буолбатах. Үчүгэй санааны оҕоҕо, дьоҥҥо иҥэрэн биэрэн үчүгэй санаалаахтары элбэтэн, дьон үчүгэй быһыылары оҥороллорун үксэтии таҥара үөрэҕэр киирсэр. Таҥара үөрэҕэ – хас биирдии киһи барыта билиэхтээх, олоҕор тутуһуохтаах үөрэҕэ буолар. Өй-санаа киһиэхэ иҥэн иһэр уратыларын арааран билэн, ханнык кэмҥэ хайдах дьайарын быһааран үөрэтии олоххо туһата улахан. Сахаларга өй-санаа, таҥара үөрэҕэ олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбытын уонна билигин да туттулларын туһунан элбэх өс хоһоонноро кэпсииллэр:

- Үҥэр таҥаралаах, үҥсэр сууттаах киһи.

- Үрдүк таҥараҕа айыы, бар-дьоҥҥо саат.

- Үгүс киһи хараҕа – таҥара хараҕа, үгүс киһи санаата – таҥара санаата.

- Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах.

- Таҥара гынан үҥэр.

- Эрэйдээҕи таҥара аһынар.

- Таҥара тулаайаҕы аһынар.

- Киһи таҥара илиитин иһигэр сылдьар.

- Таҥара уон оччону биэриэ.

- Таҥара сэрэҕи таптыыр.

- Аҥара күрдьэх маһа, аҥара таҥара маһа. (5,52).

Онон өй-санаа, таҥара үөрэҕин этиилэрэ, дьону сэрэтиилэрэ сахаларга былыр-былыргыттан туттуллаллар, өс хоһоонноругар кубулуйан сылдьаллар. Аныгы, айылҕаны харыстыыр санаа күүһүрбүт кэмигэр “Харыстас” таҥарабыт үөрэҕэ сайдан тарҕаннаҕына, омукпут биир санааланыыта хайаан да үөскүөҕэ.

Омук дьонун үгүстэрэ ханнык эрэ дьыаланы ситиһэ сатыырга биир санааланнахтарына түмсүүлээх буолуулара үөскүүр. Биһиги сахалар айылҕаны харыстааһыҥҥа биир санааланыыны түргэнник ситиһэр кыахпыт аһара улахан. Ол иһин “Харыстас” таҥара үөрэҕин ылынан, сайыннаран, айылҕабытын харыстыырга бары бииргэ турунуохпут этэ.

ИТЭҔЭЛБИТИН ТАБА ӨЙДҮӨХХЭ

Итэҕэл диэн итэҕэллээх буолууну быһаарар уопсай өйдөбүл буоллаҕына, таҥара хас биирдии олох сыалыгар ыҥырар аналлааҕынан хас даҕаны буолуон сөп. Таҥара биир буолуута элбэх дьону биир санааланыыга тириэрдиэн сөбүн былыргыттан туһаналлар. Ол курдук улахан итэҕэллэр биир таҥараны үөскэтэннэр тоталитаризмы үөскэппиттэр.

Саҥа үөскүүр “Харыстас” таҥара итэҕэлэ улаатан омук дьоно бары тутуһар итэҕэллэригэр кубулуйуон, саха дьонун бииргэ түмүөн сөп. Омук араас элбэх дьонун бииргэ холбуур итэҕэл, таҥара баара омук өйө-санаата күүстээх, биир ситимнээх, тутулуктаах, биир баҕа санаалаах буолууларын үөскэтэр кыахтаах. Айылҕаны харыстааһынтан бу санаа ордук күүһүрүөҕэ.

Таһыттан омукка дьайар күүстэр, омугу суох оҥоро, симэлитэ сатааһын омук биир санааланыытын, биир итэҕэлгэ түмсүүтүн үөскэтиэхтэрин, “Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этиигэ тириэрдиэхтэрин сөп. Ол иһин бу күүстэри арааран билэн дьон билиитигэр таһаарыы бастаан иһээччилэртэн, өйү-санааны үөрэтээччилэртэн ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Бары-барыта “үчүгэй” буолуута омук санаата сымнаан, бэринэн иһэрин, най барыыны үөскэтэр. Сэбиэскэй былаас «үчүгэй» олоҕор уһуннук олорон омукпутун харыстыыр, көмүскүүр санаабыт олус аҕыйаабыт, аҥардастыы былаас күүһүгэр бас бэринэн, кинилэр эппиттэринэн салаллан, хайдах да буоллун диэн аахайбат турукка тиийбит эбиппит.

Омук дьоно икки аҥы: тус-туспа санаалаах баайдарга уонна дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ хаһан баҕарар арахсаллар. Баай киһи дьадаҥыны кытта биир санааланыыта дойдутун, омугун туһунан үтүө санааттан эрэ үөскүүр кыахтаах. Атын кэмҥэ баай киһи дьадаҥыттан туһанар, чэпчэкитик үлэлэтэн барыс киллэринэр санаата хаһан баҕарар баһыйар.

Омук иһигэр арахсыылар төһө күүстээхтэрэ омук дьонун олохторуттан, үлэлэриттэн-хамнастарыттан, тугунан ииттинэн олороллоруттан, ас-таҥас булуналларыттан улахан тутулуктаах. Сахалар бииргэ холбоһууларын утарсааччылар тус-туспа өйү-санааны киллэрэннэр арахсыылары үөскэтэллэр:

- нууччалары, арҕааҥҥы омуктары үчүгэй диэччилэр, үтүктэ, батыһа сатааччылар сахаларга сэбиэскэй кэмтэн ордук элбэхтэр. - илиҥҥи омуктары, кытайдары, кэриэйдэри, дьоппуоннары үчүгэй диэччилэр эмиэ элбээн эрэллэр.

Омук дьонугар төһө элбэх тус-туспа хайысхалаах арахсыылар үөскүүллэр даҕаны, омук мөлтөөн, ыһыллан барар, биир санааланыы, сомоҕолоһуу кыайан ситиһиллибэт кыахтанар. “Раздели и властвуй” диэн баһылыыр омук туһанар өйө-санаата кыра омуктарга дьайыыта олус күүстээҕиттэн, биһиги билигин даҕаны сомоҕолоһо, түмсүүлээх буолууну ситиһэ иликпит.

Былыргы өй-санаа үөрэҕин айааччылар «Бытие – определяет сознание» диэн этиилэрэ, хаһан да хаалан хаалбат. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олорор олоҕо үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалыытыттан өйө-санаата төрүттэнэрэ, ийэ кута үөскүүрэ хаһан да уларыйбат. Бу төрүккэ, кут-сүр үөрэҕэр тирэҕирэн сахалыы таҥара үөрэҕэ салгыы сайдар.

Дьон олохторун бу кэмҥэ тиийбит таһыма өй-санаа ситиспит ситиһиитин, кыйыата, кэрэтэ буолар. Инники, бастаан иһэр өй-санаа, баҕа санаа сайдыытыттан тирэх ылан дьон олоҕо ону батыһан, салгыы сайдан иһэр. Ол аата киһи баҕа санаата олоҕу иннин диэки хамсатыы өттүгэр хайысхалаах буоллаҕына, сайдыыны ситиһэргэ кыах үөскүүр.

Итэҕэл, итэҕэйии, таҥара, баҕа санаа үгэс буола кубулуйуутуттан үөскээн өйгө-санааҕа иҥэр, олохсуйар. Итэҕэл, таҥара киһи баҕа санаатын иннин диэки, сайдыы, тупсуу диэки ыҥырар буоллаҕына, сайдыыны аҕаларга көмөлөһөр кыаҕа улаатар. Дьон бастаан иһээччини, үчүгэй киһини үтүктэр күүстэриттэн сайдыы, тупсуу диэки дьулуһаллара улаатар. Баччаҕа диэри Европа дьонун үтүктэ, батыһа сатаабыт эбит буоллахпытына, билигин илиҥҥи дойдулары үтүктэрбит элбээн иһэр.

Биһиги сахалар таҥарабыт үөрэҕэ «таҥ», «таҥар», «таҥара» диэн төрүт сахалыы өйү-санааны иҥэринэн сылдьар тылынан ааттаммыт бэйэлээх бэйэбит таҥарабыт, былыр-былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн баар, «тенгрианство» диэн аатынан киэҥник биллибит өйбүт-санаабыт үөрэҕэ буолар. Бу үөрэх хас биирдии өй-санаа үгэс буолан мунньуллан, таҥыллан, хомуллан үөскүүрүн быһаарарынан өй-санаа тутулуктарыгар, сайдан иһиитигэр сөп түбэһэр.

Билигин демократия олоҕун тутуу биһиэхэ сыыйа сайдан иһэр. Итэҕэлбит киһилии быһыылаах, эйэлээх буолууга, демократия тутулугар ыҥырарыгар бары баҕарабыт. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи буолуу, киһилии быһыылаах буолууга ыҥырарынан уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини халбаҥнаабакка тутуһарынан, аныгы демократия сайдыылаах олоҕор бары баар итэҕэллэртэн ордук сөп түбэһэрин таба сыаналыахпыт, олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Таҥара үөрэҕин сүрүн өйдөбүлэ “Спаси и сохрани” диэн нууччалыы этиллэр. Бу этии сахалыыта “Көмүскээ уонна харыстаа” диэн таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо сабыдыалын, туһатын ордук табатык быһаарар уонна хас биирдии киһи көмүскүүр, харыстыыр санаата улаатарыгар ыҥырар.

Дьон ахсааннара эбиллэн, өйдөрө-санаалара сайдан, күүһүрэн бэйэлэрин билинэн иһэллэр. Ол эрээри айылҕа киртийиитэ, күөх үүнээйилэрэ аҕыйааһыннара “Көмүскээ уонна харыстаа” диэн этиигэ аан маҥнай наадыйар буолбутун билигин биллэрэн эрэр. Сиргэ олох салгыы сайдыыта, бу этиигэ олоҕурдаҕына эрэ салҕанар кыахтааҕын өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх дьон билиэхтэрэ этэ.

Онон сахалыы “Харыстас” таҥара үөрэҕэ айылҕаны көмүскүүр, харыстыыр өйдөбүлэ билигин бары дьон баҕара саныыр, олохторугар ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар, айылҕаны харыстааһыҥҥа сөп түбэһэринэн сайдар, тэнийэр, бары дьон итэҕэйэр итэҕэллэригэр, таҥараларыгар кубулуйар кыаҕа улахан.

ОЛОХ СЫАЛА УЛАРЫЙАР

Олох биир сиргэ туран, тохтоон хаалбат. Олох сайдан уларыйар, хамсыыр, салгыы баран истэҕинэ, олох сыала эмиэ уларыйар кэмэ тиийэн кэлэр. Олох сыала уларыйыыта өй-санаа, таҥара уларыйарыгар тириэрдэр.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон бултаан эрэ аһыыр эрдэхтэринэ араас улахан кыыллар, көтөрдөр курдук булду кыайа-хото бултуур баҕа санаалаах эрдэхтэринэ кыыл, көтөр таҥаралардаах этилэр. Бу кыайа-хото бултаан аһыыр кыыллары, көтөрдөрү үтүктэн өйдөрө-санаалара бултуурга үөрэнэрэ. Байанай таҥара ордук улахан суолталааҕа, олох барыта онтон, бултууртан эрэ тутулуктаах этэ. Дьон бары бултаатахтарына үөрэллэрэ, Байанай таҥара биэрэр диэн итэҕэйэллэрэ, кыайбат-хоппот өттүлэрэ көмө көрдүүллэрэ.

Сахалар олоххо сайдыыны ситиһиилэриттэн бултаан аһыыллара аҕыйаан сылгы, ынах иитиитигэр көһөн иһиилэриттэн араас кыыл, көтөр, Байанай таҥаралара кинилэргэ көмө буолар кыахтара сүтэн, мөлтөөн, симэлийэн, саҥа; Дьөһөгөй, Ынахсыт таҥаралар баар буолан, олоххо киирэн испиттэрэ. Билигин Байанай таҥара улахан булчуттар эрэ билинэр таҥаралара буолла, атыттар, араас кыыл, көтөр таҥаралар бары симэлийдилэр, туһаттан таҕыстылар, ааттара эрэ умнуллубакка хаалан сылдьаллар.

Олох уларыйыыта сыалы-соругу уларытар. Билигин бултааһын хотугу улуустарга эрэ ордон хаалан, булчуттар эрэ бултаан айахтарын ииттинэллэр, атыттарга булт сүнньүнэн сынньалаҥҥа, күүлэйгэ эрэ кубулуйда. Олох бу уларыйыытыгар биһиги өйбүт-санаабыт эмиэ хаалсыбакка, өссө эрдэлээн уларыйан биэрэрин ситистэхпитинэ эрэ, олох хаамыытыттан хаалан хаалымыахпытын сөп.

Онон билигин, сайдыылаах, уруккуттан уларыйбыт олоххо Байанай таҥараны өрө тутуу, арбааһын олус улахан сыыһа, өйү-санааны халытыы, хаалыы диэки ыҥырыы буолар. Байанай таҥараны өрө тутуу дьону күүлэйгэ, сынньалаҥҥа ыҥырыыга кубулуйбута Саха сирин киин өттүгэр хас да үйэ буолан эрэр. Араас улахан тойоттор аҕыйах ахсааннаах хаалбыт мааны кыыллары, чубукулары сынньана, күүлэйдии сылдьан ытыалыы оонньуулларын бары истэн, көрөн билэ сылдьабыт.

Куорат дьонугар бултуу барыы күүлэйгэ, аһааһыҥҥа, сынньалаҥҥа кубулуйбута ыраатта. Элбэх буолан аһыы-сии, ону-маны ытыалыы барыы айылҕаҕа туох да үчүгэйи оҥорбот, киртитэр, алдьатар өрүтэ элбээн хаалар. Аныгы, тупсубут олоххо булчут өбүгэлээх сахаларга спорт ытыыга сыһыаннаах көрүҥнэрэ сайдыылара туһалаах буолуо этэ.

Уһун үйэлэргэ омуктар олохторун сыала уларыйыыта баҕа санааларын, таҥараларын уларытарыттан уонна биир таҥара аһара баһылааһынын, атыттары симэлитиитин, суох оҥоруутун үөскэппэтэхтэриттэн уһун үйэлээх саха омуга элбэх таҥаралардаах буолбут. Олоххо сайдыыны ситиһиигэ, киэҥ сирдэри баһылааһыҥҥа тириэрдибит «Сах» таҥаралаах саха тимир уустара нууччалар кэлэннэр араас заводтарга оҥоруллубут тимир туттар тэриллэри аҕаланнар мөлтөөтүлэр, симэлийдилэр. Билигин уустарбыт тимири уһаарбат буоланнар «Сах» таҥарабыт умнуллан сылдьар.

Олус былыргы кэмнэргэ дьон табаны көлө оҥостон туһанар эрдэхтэринэ таба таҥаралаах эбиттэр. Бу таҥара үгүс улуустарга таба көлө буолан бүппүтүнэн, хаалбыта, умнуллубута ыраатта, аата эрэ хаалан сылдьар. Ынахсыт уонна Дьөһөгөй таҥаралар ынах уонна сылгы билигин да үгүстэргэ туһаны аҕала сылдьалларыттан туттулла сылдьаллар.

Остуоруйа үөрэҕиттэн туһанан былыргы кэмҥэ «тыал буолбут» хоро омуктар тимир уустара сахаларга баһыттаран, аҥардастыы ынах, сылгы иитиитигэр көһүүлэриттэн эстэн, симэлийбиттэрин таба өйдөөн, олоххо сайдыыны аҕалар үлэ тутаах көрүҥнэриттэн туораан биэрбэккэ, ылсыһан иһии омук сайдыылаах дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буоларын билиэхпит этэ.

Онон, олох сайдан истэҕинэ үгүс дьоҥҥо туһалаабат, туттуллубат буолбут таҥаралар атынынан солбуллан, туоратыллан, хаалан иһэллэр. Дьон олохторугар туһата суох, туттуллубат буолбут таҥараны итэҕэйэллэрэ аҕыйаан, таҥара умнуллар, хаалан хаалар, былыргы кэпсээннэргэ эрэ ахтыллар кыахтанар.

Билигин айылҕа уларыйбыта биллэриттэн, дьон айылҕаны уларыйбатыгар, уһуннук турарыгар баҕара саныыллара сылтан-сыл аайы эбиллэн иһэр. Бу улаатан иһэр баҕа санаа «Харыстас» таҥараны үөскэттэҕинэ эрэ табыллар кэмэ тиийэн кэллэ. Биһиги саҥа, “Харыстас” таҥара өйү-санааны кытта тутулуктарын ырытан бу үлэбитигэр хомуйдубут.

Дьон бары айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаалара өссө күүһүрдэҕинэ «Харыстас» таҥара үөрэҕэ Аан дойдуга тарҕаныа. Бу таҥара сахалар үөрэхтэринэн, алгыстарынан салаллан барыыта сахалары лаппа күүһүрдүө этэ.

Билигин саҥа өй-санаа олоххо киириитэ түргэтээбит кэмигэр «Харыстас» таҥара үөрэҕин тарҕатыы быдан түргэнник барыан сөп. Саха тылын үөрэтии, сахалыы үгэстэри тутуһуу айылҕаны харыстыырга тирэх, олук буолар кыахтаахтар. Ол курдук айылҕаны харыстыырга ыҥырар алгыстары саха тылынан ыытыы, оҕолору иитиигэ кут-сүр үөрэҕин туһаныы сахалар сайдыыларыгар тириэрдэр кыаҕа улахан. Онон саха омук сайдыытыгар айылҕаны харыстыырга, көмүскүүргэ аналлаах, киһини тугу барытын харыстыырга үөрэтэр «Харыстас» таҥара үөрэҕэ олус улаханнык туһалыаҕа.

ТАҤАРА МӨЛТӨӨҺҮНЭ

Дьон олохторун таһыма үрдээһинэ, өйдөрө-санаалара, баҕара, ситиһэ сатыыр санаалара уларыйыытыттан кэмэ кэллэҕинэ таҥаралара эмиэ уларыйар. Сайдан, тупсан, уларыйан иһэр олоххо туттуллара аҕыйаан, дьоҥҥо туһата кыччаан иһэр таҥара, мөлтөөн иһэр таҥараҕа киирсэр. Мөлтөөбүт таҥараны өйөөччүлэр, бу кэмҥэ араас албастары булан таҥараларын күүһүрдэ, тарҕата сатыылларыттан, бюджет харчытыттан көмө көрдөһөллөрө эбиллэр.

Олус былыргы кэмҥэ үөскээбит таҥаралар сайдар, үүнэр кэмнэрэ ааһан турар. Бу таҥаралар былыргы кэмҥэ дьон өйө-санаата сайдыытын син быһаарар курдук эбит буоллахтарына, билигин бэйэлэрин “үчүгэйбит” диэн сананар салайааччылар быһаччы баһылааһыннарыгар киирэннэр, аһара тоталитарнай салайыныыны үөскэтэннэр, өй-санаа төрүттэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин аахсыбат, тутуспат буолбуттар, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа араарбыттар, атын-атын тылларынан этэллэриттэн хайдыһыыны, арахсыыны үөскэтэллэр, өйдөспөт буолууну улаатыннарар кыахтаахтар. «Айыы үчүгэй» диэн этээччилэр бэйэлэрин айыыларынан ааттанан баран атыттары, былыргы, өй-санаа сайда илигинэ, олоҥхоҕо курдук абааһыларынан ааттаатахтарына дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар өйдөспөт буолуулара олус улаатан сэриилэһиигэ, бэйэ-бэйэлэрин суох оҥоро сатааһыннарыгар тиийэн хаалар кыахтаныахтара.

Салайааччылар бэйэлэрин ураты “үчүгэй” курдук сананалларыттан, үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн этинэллэриттэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны биир киһи оҥорор кыахтааҕын кистии сатыыллар. Ол курдук улахан, мусульманскай уонна православнай таҥаралар дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсыытын, үчүгэй санааны уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа тылларынан этиини үөскэппиттэр. Үчүгэй санааны уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа тылынан этэннэр, олору атын-атын дьон оҥороллорун курдук өйдөбүлү тарҕаталлар. Нууччалар үчүгэйи “хорошо” диир буоллахтарына, куһаҕаны “грех” диэн туспа тылынан этэллэр. Биһиги барыны-бары үтүктэн иһэр дьоммут эмиэ, итини быһалыы үтүктэн үчүгэйи айыы, онтон куһаҕаны “аньыы” диэн сахаларга хаһан да суох тылы буланнар, тус-туспа тылларынан этэн өйү-санааны икки аҥы араара сатыыллар, дьон өйүн-санаатын буккуйаллар.

Былыргы кэмнэргэ үөскээбит уонна өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппит, Улуу Өктөөп өрө туруутун кэмигэр аҥардастыы баайдар диэки буолан үлтү сынньыллыбыт православнай таҥара үөрэҕэ билигин улаханнык мөлтөөн сылдьарын государствоны салайааччылар бэйэлэригэр туһанаары араастаан күүһүрдэ сатыыллара элбээтэ.

Билигин нууччалар мөлтөөбүт православнай таҥараны сайыннараарылар, урукку ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы туругар киллэрээри дьулуһаллар, урукку дьиэлэрин, баайдарын төннөрөллөр, араас сымыйа аҥардаах быһаарыылары, кур итирик дьон ону-маны көрүүлэрин булан таҥара баарын дакаастыы сатыыллара элбээтэ, араас буолар-буолбат холобурдары буланнар дьону итэҕэтэ сатыыллар:

- Былыт быыһынан икки киһи харахтара балтараа чаас устата көрөн турбуттара диэн интернеккэ уһулан көрдөрбүттэр. Таҥараны илэ курдук көрдөрө сатааһын быһаччы сымыйалааһыны үөскэтэр. Аныгы үөрэх-билии эбиллибит, сайдыыны, наука үөрэтэрин билбит дьоҥҥо таҥара баарын итинник дакаастааһын кыайан былыргы, сайдыыта суох, хараҥа кэмҥэ курдук кыаллымыан сөп.

- Аҥардастыы ону-маны көрдүбүт диэн сорохтор кэпсээннэринэн үөрэхтээх, аныгы, киэҥ билиилээх дьону итэҕэтэр кыаллыбат. Ол курдук дьон уонча бырыһыаннара өйдөрө-санаалара мөлтөҕүнэн атыттар сабыдыалларыгар киирэн биэрэр кыахтаахтарын билиниэххэ, олор этиилэрин итэҕэйимиэххэ сөп этэ.

- Уйулҕата хамсыы үөрүйэх киһи аһара улахан баҕа санаатын хараҕынан илэ көрөр курдук көрүөн сөп уонна таҥара араас көстүүлэрин көрбүт курдук кэпсэниэн сөп.

- Тугу да көрбөт киһи эмискэ көрөр буолан хаалыытын кытта таҥара оҥорбута буолуо диэн балыйаллар.

- Таҥара уруһуйдаммыт күлүктэрэ бэйэлэрэ ыалдьыбыт киһини үтүөрдэр кыахтара суох. Арай киһи бэйэтэ олус күүскэ итэҕэйдэҕинэ, санаатын түмнэҕинэ, күүһүртэҕинэ үтүөрүөн сөбүн таҥараҕа балыйаллар.

- Иконалар арыынан сыбанан хаалыылара “мира” диэн ааттанар. Химическэй састааба билигин да биллэ илик, ханнык эрэ органическай арыы буолуон сөбө быһаарылла сылдьар. (6).

Итэҕэйиэхтэрин баҕарар дьон ханнык эрэ кыра да буоллар дакаастабыл баар буоларыгар кырдьык наадыйаллар. Бэйэлэрэ мөлтөх, ыарыһах, кыаммат дьон ону-маны көрөллөрө элбэх, атыттар көмөлөрүгэр улаханнык наадыйаллар. Россия уон бырыһыан олохтоохторо инбэлииттэр, араас өрүттээх көмө кинилэргэ кырдьык наада. Ол ылар көмөлөрүн кимтэн эрэ илэ ылыахтарын баҕара саныыллар, “Надейся на бога, но сам не площай” диэн киһи таҥараҕа сыһыанын быһаарар этии баарын бэйэлэрэ тугу эрэ быһаччы ылыахтарын баҕаралларыттан умнан кэбиһэллэр. Көмөлөһөр, ыйан биэрэр, үтүгүннэрэр таҥара, ити дьоҥҥо олус диэн наада.

Александр Невзоров эдэр эрдэҕинэ духовнай семинарияҕа үөрэнэ сылдьан бырахпыт. Православнай таҥараны аһара өрө тутуу Россия үрэллиитигэр тириэрдиэн сөп диэн сэрэтиини оҥорбута, Россия атеистар дойдулара диэн эппитэ.

Православнай таҥара дьиэтэ аныгы олоххо сөп түбэспэт, ол иһин уларыйыылар наада буоллулар диэн Александр Невзоров биллэрдэ. Россия дьонун отут үс бырыһыаннара алкоголиктар. Кинилэр ону-маны көрдүбүт диэн этиилэрэ барылара олус арыгылаабыттарыттан “белай горячкалыы” сылдьан бытыылкаҕа абааһылары көрбүттэрин кэпсээннэрэ буоларынан атын дьону итэҕэтэ сатааһын өссө куһаҕаҥҥа тириэрдиэ диэтэ.

Православнай таҥара дьиэтин үлэһитэ Всеволод Чаплин церковь тыыннаах организм буолар диир. Дьон уларыйан истэхтэринэ церковь эмиэ уларыйарын, дьон бэйэлэрэ сиэртибэ биэрэллэрин быһаара сатаата.

Ольга Кормухина церковь туттар былыргы тыла уларыйара наада диэн эттэ.

Церковь бизнеһинэн регистрацияланан баран дьарыктанара, чүмэчини, иконалары атыылыыра ордук буолуо этэ диэн эмиэ эттилэр. Араас шарлатаннар таҥара дьиэтигэр мунньустубуттар, Липецкэй уобаласка, Донское дэриэбинэҕэ отец Роман хоруоптары уонна кириэстэри оҥорон атыылыыр эбит. (7).

Бу быһаарыылар барылара олус былыргы билиилэргэ тирэҕирэр православнай таҥара үөрэҕэ кризискэ киирэн сылдьарын, салгыы сайдар кыаҕа суоҕун илэ билиниинэн буолаллар.

Онон олох салгыы сайдан истэҕинэ мөлтөөбүт, дьон үксүлэрэ итэҕэйбэт буолбут таҥаралара уларыйар кэмнэрэ тиийэн кэлэн иһэр. Үөрэҕи-билиини баһылаабыт, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон үксээбиттэринэн, үгүс дьон баҕа санааларын таба сыаналаан, мөлтөөбүт, үгүстэр итэҕэйбэт буолбут православнай таҥараларын уларытарга үлэлэһиэ этилэр. Евразия дойдуларыгар барыларыгар, “тенгрианство” диэн аатынан биллэр сахалар таҥаралара оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын табатык быһаарарынан, кут-сүр үөрэҕин уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһарынан аныгы демократия олоҕор ордук сөп түбэһэрин өйдөөх-санаалаах дьон арааран билиэхтэрэ, туһаныахтара этэ.

ТАҤАРА УЛАРЫЙЫЫТА

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ атын таҥара үөрэхтэрин курдук олус былыргы, догма буолбут, олоххо туттуллубат этиилэринэн туһаммат. Бу үөрэх киһи өйүгэр-санаатыгар үөскээбит үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаалара үгэстэргэ кубулуйбуттара таҥараны үөскэтэр диэн быһаарар уонна өй-санаа сайдан, тупсан истэҕинэ таҥаралар уларыйан иһэллэрин билинэр. (8,59). Ол аата үгэс буолбут ситиһэ сатыыр баҕа санаалар таҥараны үөскэтэллэр уонна кэмэ кэллэҕинэ, баҕа санаа уларыйдаҕына уларыйан биэрэллэр. Киһи ханнык үгэс буолбут санаалардаах даҕаны соннук таҥаралаах буолар.

Тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор киһи үчүгэй киһи таҥаралаах киһи буолар. Үчүгэй киһи таҥара дьоҥҥо барыларыгар туһата улахан. Ол курдук оҕо улахан, үчүгэй дьону төрөппүттэрин таҥара оҥостон улааттаҕына кинилэр курдук олоҕун оҥостор кыахтанар.

Таҥара диэн туох эрэ элбэҕи хомуйуу, таҥыы, олортон улаханы таҥан үөскэтии ааттанар. Элбэх үгэстэртэн хомуллан, таҥыллан үөскээбит өй-санаа таҥараны үөскэтэр. Аныгы үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон таҥара халлааҥҥа олорор уонна дьоҥҥо ону-маны биэрэр диэн сыыһа санааны быраҕыахтарын сөп этэ. Таҥара диэн киһи бэйэтин үтүөҕэ ыҥырар баҕа санааларын үгэс оҥостон иҥэриниитэ буолар.

Олус былыргы биһиги өбүгэлэрбит хара тыаҕа уһун үйэлэргэ бултаан-алтаан айахтарын ииттинэн, «Байанай» диэн ааттаах таҥараланан олорбуттарын бары билэбит. Билигин олох сайдыбытынан хара тыаттан бултаан аһааччы аҕыйах киһи хаалла, атыттар бары, элбэх ахсааннаахтар, булт диэни харахтарыгар да көрбөт кэмнэрэ тиийэн кэллэ. Аныгы сайдыылаах олох кэлэн иһэр сиригэр булт бары көрүҥэ биллэрдик аҕыйаан иһэрин бары билэбит. Саха дьонун үгүстэрэ бултуур-алтыыр, онтон туһа, ас-үөл таһаарынар кыахтара суох буолбута кырдьык да ыраатта. (9,17).

Онон булт таҥарата, «Байанай» аныгы, сайдыылаах кэмҥэ хаалан, умнуллан иһэрэ быһаарыллар. Аҕыйах ахсааннаах булчуттар уонна биирдэ эмэ сынньана, бултуу сылдьааччылар эрэ туһанар таҥаралара буолла. Былыргылар билиилэриттэн аныгы олоххо туһалааҕын, туттулларын, ол аата үрүҥүн талан ылан олоххо туһаныы аата Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанарын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ. Ол аата былыргылар, Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьар өбүгэлэрбит билиилэриттэн аныгы, сайдыылаах олоххо туһалаах билии бэрт аҕыйах, олору таба талан ылан, үрүҥүн, үчүгэйин эрэ арааран ылан олоххо туһаныы эрэйиллэр.

Олоххо ситиспит ситиһиибититтэн салгыы, сайдыы, үүнүү диэки ыҥырар баҕа санааланнахпытына, олору ситиһии диэки ыҥырар таҥараланнахпытына өйбүт-санаабыт салгыы сайдарын ситиһэр кыахтанабыт. Киһи бэйэтин олоҕор сыһыана суоҕу, ханан да таарыйбаты хаһан да ылыммат, таба өйдөөбөт. Ол курдук олус былыргы, аһара хаалбыт, аныгы дьоҥҥо таба өйдөммөт, олоххо туттуллубат буолбут таҥаралар өй-санаа сайдыытыгар тириэрдибэттэр, ол оннугар өй-санаа хаалыытын үөскэтэллэр.

Аныгы, түргэнник сайдан иһэр олоххо уларыйыылар, тупсуулар киирэн иһэллэр. Олох уларыйыытыттан өй-санаа эмиэ хаалсыбакка уларыйан, тупсан истэҕинэ эрэ табыллабыт, оччоҕо эрэ сайдыыттан хаалан хаалбаппытын таба өйдүөхпүт этэ.

Олох сайдан, уларыйан иһиититтэн тутулуктанан киһи баҕа санаата, таҥарата эмиэ уларыйан биэрэр кэмнэрдээх. Ол курдук олус былыргы кыыл, көтөр таҥаралар аныгы, сайдыыны ситиспит дьоҥҥо букатын да наадалара суохтара кырдьык. Бу хаалбыт таҥаралары сөхсүтэ, онно-манна, ыйдары олорунан ааттаан иҥэрэ сатааһын аныгы сайдыылаах олоххо олорор дьоҥҥо таба өйдөммөт, сөп түбэспэт. Билигин Россия дьоно 450 эрэ ахсааннаах ордон хаалбыт амур тиигирин харыстыыр, хайдах гынан ахсааннарын элбэтэр туһунан толкуйдуу, туох кыайалларын барытын оҥоро сатыыллар. Россияҕа тиигири бултааһын бобуллубутун кэнниттэн ахсааннара арыычча эбилиннэ диэн ааҕаллар. Ол аата былыргы, айылҕа кыылларын бултуурга, киэргэлгэ, аһылыкка туһаныыга ыҥырар Байанай таҥара аны хаалан “Харыстас” таҥараҕа уларыйара ирдэнэр.

Билигин сахалар таҥаралара эмиэ өйдөрүн-санааларын курдук сайдан иһэр уонна аныгы олоххо олус туһалаах буолуохтаах, айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстыырга аналлаах, саҥа “Харыстас” таҥараны аан бастаан үөскэтэр кыахтанна.

Таҥара диэн киһиэхэ бэйэтигэр, мэйиитигэр олохсуйар, өйүгэр-санаатыгар иҥмит, үгэскэ кубулуйбут баҕа санаата буолар. Үтүө, үчүгэй баҕа санаалары үгэс оҥорон иҥэрэн биэрии таҥараны үөскэтэр. Ол курдук үгүс дьоҥҥо айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр баҕа санаа баар буолуута “Харыстас” таҥараны үөскэтэр кыахтанна.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн үөскээбит, иҥмит баҕа санаалара, таҥарата киниэхэ инники ыҥырар сулус буолан олоххо сирдииллэр, тугу эмэ ситиһэригэр тириэрдэллэр. Төрөппүтүн үтүктэн, тугу барытын кини оҥорорун курдук оҥорор, кини курдук буолар баҕа санааны иҥэриннэҕинэ, улахан киһи буолуу өйө-санаата оҕоҕо иҥэр, олохсуйар. Бу үтүө баҕа санааны ситиһиигэ киһи таҥара көмөлөһөр кыаҕа улахан. Ол аата киһи таҥара оҕо өйүн-санаатын киһи буолууга иитэргэ көмөлөһөр буоллаҕына, тугу барытын, айылҕаны харыстыырга «Харыстас» таҥара көмөтө улаатыаҕа.

Дьон бэйэлэрин куһаҕан санааларын күҥҥэ түөртэ; үстэ аһылыктар иннилэринэ уонна киэһэ утуйуу иннинэ тохтуу, чуумпура түһэн куһаҕаны умнан, ыраастанан уонна үчүгэй санааларынан толоруна сылдьаллара олох көрдөбүлэ буоларын тутуһуо этибит. Сахалыы таҥара дьиэтигэр хас нэдиэлэ биир күнүгэр сылдьан куһаҕан санаалартан ыраастаныы олоҕурдаҕына, куһаҕан санаалар арыычча аҕыйыа этилэр. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн оннук ыраастанар үгэскэ үөрэтии төрөппүттэр сыалларыгар кубулуйдаҕына эрэ таҥара итэҕэлэ олоххо киирэр, дьоҥҥо туһалыыр кыахтанар.

Дьон өйө-санаата сайдыыта өй-санаа көҥүл барарын үөскэтэринэн, өйүнэн-санаанан салаллан олоххо туһалаах быһыыны, үлэни киһи оҥороро ыараханын быһыытынан кыратык ыган, хаайан биэрии эрэ өйү-санааны ыраастааһыны олоххо киллэрэр кыахтанар.

Аһара барар өйү-санааны кыччатыы, оннугар түһэрии бэйэттэн ордук үчүгэй киһи баарын билинииттэн, «Таҥараттан ордоору гыннын дуо?» диэн дьарыйыыттан, өйдөтөн биэрииттэн кыаллар кыаҕа улаатар. Бокулуоннааһын, төбөнү төҥкөтүү, умсары көрүү аһара барар өйү-санааны суох оҥорор, намтатар, аллараа түһэрэр кыахтаахтар. Киһи өйө-санаата аһара барарын суох оҥорууга сахалар таҥараларын үөрэҕэ төбөнү төҥкөтүүнү, умсары көрүүнү туһанан, “Өрө көрүүнү” намтатар, аһара барар быһыылары оҥорууну суох оҥорор.

Католическай, православнай уонна мусульманскай таҥаралар аһара тоталитарнай, диктаторскай тутулуктаахтар. Аан дойдуну барытын таҥара айбыта диэн өйү-санааны үөскэтэн салайааччылар бэйэлэрин тустарыгар туһаналлар, тарҕаталлар. Бу быһаарыыттан тирэх ылан итэҕэйэр дьон бары таҥараҕа бас бэринэллэр, таҥара үөрэҕин этиилэрин толороллор, бэйэлэрэ таҥара курдук үчүгэй киһи буола сатыыр баҕа санааны үөскэтинэллэр уонна ону ситиһэ сатыыллар.

Таҥараны туох эрэ курдук санаабаккытыгар баҕарабыт. Таҥара диэн киһи бэйэтин үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаата үгэскэ кубулуйбута ааттанар. Ким ханнык үгэс буолбут баҕа санаалардаах даҕаны соннук таҥаралаах буолар. Көммөт буолбут уоруйах таҥарата уоруйах буолар. Ол аата кыра эрдэҕиттэн айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаата үгэс буолан иҥмит оҕото “Харыстас” таҥаралаах киһи буола улаатар кыахтанар.

Онон төрөппүттэр оҕолоргутугар кыра эрдэхтэриттэн айылҕаны, тыыннаахтары харыстыыр “Харыстас” таҥара үөрэҕин иҥэрэргит аныгы, тупсубут олох көрдөбүлэ буолла.

Билигин Аан дойду үрдүнэн айылҕа уларыйыыта түргэтээһиниттэн араас хамсааһыннар үөскүүллэрэ элбээн иһэр. Дьон салгыы олохторугар, айылҕа уларыйбата буоллар диэн баҕа санаалара күүһүрэр. Ол аата билигин, аныгы олоххо айылҕаны, кыыллары харыстыыр таҥара, «Харыстас» диэн ааттаах таҥара бар дьоҥҥо наада буолара тиийэн кэллэ.

Уһун үйэлэр тухары сахабыт сирин харыстааммыт билигин кэлэн биһиги олорор сирбит чөл туруктааҕынан киэн туттабыт. Биһиги сахалар олорор сирбит былыргы туругунан уһун кэмҥэ турарын туһугар «Харыстас» таҥара көмөтө олус улахан буолуо этэ.

Онон бары сахам дьонун барыларын «Харыстас» таҥараны итэҕэйэн олоххутугар туһанаргытыгар, оҕолоргутун айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстыырга үөрэтэргитигэр, харыстааһын өйүн-санаатын үгэс оҥорон иҥэрэргитигэр ыҥырабыт.

ИККИ СААРЫ ИККИ АРДЫНАН

Олоххо туох барыта уларыйан, эргийэн биэрэн, саҥалыы үөскээн тахсар кэмнэрдээх. Бу уларыйыы кэмнэрин барыллаан быһаарыы омуктар сайдан, үүнэн иһэр уонна мөлтүүр, ахсыыр кэмнэрин чуолкайдыыр кыаҕы биэрэр.

Омуктар сайдар, үүнэр уонна мөлтүүр кэмнэрэ кэлиилэрин урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт. Билигин бу үлэбитигэр бу икки, солбуйсар кэмнэр икки ардыларыгар, уларыйыы кэлиитигэр, үөскээн ааһар быыс кэми ырытыахпыт. Бу кэм хаһан баҕарар баара биллэр. Сахалыы «Сырдык, хараҥа былдьаһыыта», «Быыһык кэм» диэн ааттанар. Сырдык, хараҥа былдьаһыыта саамай кылгастык уонна дьоҥҥо биллэрдик кэлэн ааһар кэмэ, сырсыарда күн тахсыан иннинэ уонна киэһэ күн киирбитин, хараҥарыан иннинэ буолан ааһарын айылҕаҕа сылдьар киһи барыта билэр, бэлиэтиир.

«Үөл-дьүөл», «Бадыа-бүдүө» диэн сырдык уонна хараҥа былдьаһыытын, ол аата сырдык да, хараҥа да буолбатах, туох да үчүгэйдик көстүбэт, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана ситэ биллибэт кэм кэлиитин бэлиэтиир этиилэр. Маннык кэмҥэ киһи көрөрө мөлтүүрүнэн сыыһа-халты туттунара элбээн оһолго, быстах быһыыга киирэн биэрэрэ элбиэн сөп. Ол иһин бу кэм олус сэрэхтээх буолуу улаатар кэмигэр киирсэр.

Олоххо маннык кэм эмиэ кэлэн ааһар. Ол курдук икки омук уһуннук бииргэ олорон икки ардыларыгар саҥа омугу үөскэттэхтэринэ, бу саҥа омук, кырдьаҕас омуктар үтүө үгэстэригэр үөрэнэрэ аҕыйаҕыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат буола улаатааччылар элбииллэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ араарбат эдэрдэр олоххо араас хамсааһыннары үөскэтиэхтэрин сөбүн өссө Л.Н.Гумилев быһаарбыта, пассионарийдар диэн ааттаабыта эрээри, сахалар бас-баттах быһыылаахтар диэн быһаарыылара бу дьоҥҥо ордук сөп түбэһэр.

Империялары, атын омуктары хайа эрэ кыахтаах омук баһылааһынын, бэйэтин бас билиитигэр ылынарын бары сөбүлээбэт курдукпут. Ол эрээри империя аҥардастыы куһаҕан буолбатах, биир эмэ үчүгэйдээх. Ол үчүгэйэ диэн омуктар бииргэ олорууларын, үлэлииллэрин үөскэтэн омугу омукка холбооһуну төрүттүүрэ, түргэтэтэрэ буолар. Биирдиилээн эмэ да буоллар омук дьоно бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһууларыттан, ыал буолууларыттан бааһынайдара элбииллэр. Бу бааһынайдар ахсааннара түргэнник эбиллэринэн, атыттары, кырдьаҕастары олох бары өттүттэн туоратан баралларыттан, ордук сири-дойдуну былдьааннар, үтүрүйсүүнү үөскэтэн, хамсааһыны таһаараллар. Хааннарын уларытан доруобуйалара тупсубутунан туһанан элбэх оҕолоноллорунан ахсааннара кырдьаҕас омуктардааҕар ордук эбиллэн кэлин баһылыыр кыаҕы ылыахтарын сөп.

Саҥа омук үөскээһинигэр, сырдык уонна хараҥа былдьаһыытын кэмигэр курдук, ким кими, хайа омук хайаларын кыайара, сабырыйара, баһыйара биллибэт кэмэ кэлэр. Омук бааһынайдара икки омук тылынан холбуу саҥараллара элбэҕиттэн, буккуллубут, бурут тылы туһанан барыылара, онуоха эбии саҥа тыллары булан туһаналлара элбэҕиттэн дьоҥҥо саҥаны айааччылар курдук көстөр кэмнэрэ кэлиэн сөп.

Эдэрдэр саҥаны батыһыылара, үтүктүүлэрэ элбээһинэ бу, саҥа омугу сайыннарыан, ахсааннарын элбэтиэн сөп. Биһиги сахалар нууччалыы, сахалыы тылланаммыт икки омук тылын, өйүн-санаатын бу кэмҥэ баһылааммыт, өйбүт-санаабыт сайдыытын ситиһэммит, саҥа үөскүүр омукка бэйэбит киирсэр кыахтаахпыт. Арай итэҕэлбитин, таҥарабытын, олохпут былыргы үөрэхтэрин таба өйдөөн, Үрүҥ айыылартан ылынар билиилэрбитин сатаан туһаныа, тылбытын, өйбүтүн-санаабытын уларыппакка оннунан, уруккутун курдук хаалларарга ордук кыһаныа этибит.

Саҥа омук үөскээһинэ «Туох барыта үһүстээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн, икки кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар саҥа, үһүс омугу үөскэтэр, “Үс саха үөскээһинэ” диэн этиигэ сөп түбэһэр буолар. Үһүс омук үөскээһинин кэмэ кэлиитэ сахаларга «Икки саары икки ардынан» кэм кэлэн ааһан иһэринэн быһаарыллар. Бу кэм ааһыыта иккиттэн биирин быһаарсыы кэмэ кэлэн эрэрин биллэрэр уратылаах. Билигин биһиэхэ, сахаларга маннык, ким кими баһыйарын быһаарсар быыһык кэмэ кэлэн эрэрэ сабаҕаланар, бэйэбит омукпутун билинэр, харыстыыр санаабыт күүһүрдэ.

Төһө эмэ кэминэн бу икки саары икки ардынан сылдьыы кэмэ бүтэр, ааһар. Саҥа үөскээбит омук дьоно бэйэлэрин туспа ааттарынан билинэн арахсаннар, атын омук буолалларын билинэллэр эбэтэр кырдьаҕас омуктарга холбоһоллор. Бу быыһык кэмҥэ мөлтөөн, ахсаан биэрбэккэ, буккуллубакка, сайдыыны ситиһиигэ бары кыаҕы уурунан, түмсүүнү, сомоҕолоһууну үөскэтии биһигиттэн, кырдьаҕас омуктан ирдэнэр кэмэ кэллэ.

Омукка бэрээдэктээх, үлэһит, үчүгэй, үтүө үгэстэри тутуһар, көрсүө, сэмэй дьон элбэх ахсааннаах буолуулара омук ахсаана элбииригэр, үлэни-хамнаһы кыайалларыгар олук буолар. Ахсаана эбиллэн иһэр омук бииргэ олорор омуктарын баһыйан барара ситиһиини оҥороругар ханнык да саарбахтааһыны үөскэппэт.

Эдэр, сайдан иһэр көлүөнэлэри олох үөрэҕэр үөрэтиини чиҥэтэн биэрии көрсүө, сэмэй, үлэһит буолууларын үөскэтэн, олоххо таба суолу тутуһалларыгар кыаҕы биэрэрин умнумуохха. Үчүгэйи уонна куһаҕаны икки аҥы арааран билиини төрөппүт оҕотугар иҥэрэн биэрэрэ эрэйиллэр. Улааппыт оҕо бэйэтин өйө-санаата сайдарынан, олоҕор тэҥнээн көрүүнү туһанан үчүгэйи, куһаҕаны арааран быһаарар буоллаҕына эрэ табыллар.

Үчүгэйи куһаҕантан араарарга сахаларга Күн таҥара туһалыыр. Ол курдук халлаан сырдааһына киһиэхэ үчүгэй буолуутун аҕалара олус былыргы кэмнэртэн үгэс буолан иҥмитин тэҥэ, сырдык киһиэхэ быһаччы дьайан сылааһынан угуттаан, тыыннаах күөх айылҕаны сайыннарар, ол иһин үрүҥ дьүһүн үчүгэй буолууну бэлиэтиир эбии суолталаммыт. Күн таҥара үөһээттэн, үрдүктэн киһи ханнык быһыылары оҥорорун көрө-истэ олорор, үчүгэй, сырдык санаалары иҥэрэн биэрэр курдуга хаһан да уларыйбат.

Киһи баҕа санаалара үгэс буолан хомуллан, таҥыллан иҥиилэрэ таҥара диэн ааттанар. Элбэх туһалаах үгэстэртэн хомуллан, мунньуллан, таҥыллан сахалыы таҥара үөрэҕэ үөскээбит. Бу үөрэх сүрүн салаатынан оҕо улаатан иһэн киһи буолуу үөрэҕин ситиһиитэ буолар.

Үтүктэн, батыһан үөрэнэр таҥарабыт Үрүҥ Аар тойон таҥара буолар. Бу таҥараны киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан үтүктэн, кини оҥорорун курдук үчүгэй быһыылары оҥорон, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанарыгар аналланар.

Улуутуйар Улуу тойон таҥара киһини кэһэтэн үөрэтэр таҥара. Киһи бэйэтин сыыһа-халты туттунууларыттан кэһэйэн үөрэнэр таҥарата Улуутуйар Улуу тойон таҥара буолар. Киһи тугу эмэни сыыһаны оҥордоҕуна хайаан да кэһэйиэхтээҕин биллэрэр, ол иһин киһини кэһэтэн үөрэтэр таҥара ордук элбэхтик сыыһа-халты туттунар эр киһиэхэ, туһата улахан.

Киһи үгэс буолбут баҕа санааларын толоро сатыыр. Ол иһин киһиэхэ баҕа санаа, таҥара баара олоҕун олороругар сирдьит буолан туһалыыр. Ордук улаатан иһэр оҕоҕо үтүктэн, кини курдук быһыылары оҥорор буола үөрэнэригэр үчүгэй киһи таҥара хайаан да баара ордук. Оҕо улаатан истэҕинэ төрөппүтэ үтүктэр, батыһар киһитэ буоллаҕына, оҕо төрөппүтүн үтүктэр таҥаратыгар кубулутар, кини курдук буолар баҕа санааланан кини оҥорор быһыыларын үтүктэн үөрэнэн, киһи быһыылаах буолууну ситиһэр, оҕону иитии ханнык да халыйыыта суох баран иһэр кыахтанар.

Дьон бары үчүгэйи, ол аата бэйэлэригэр туһалааҕы оҥостор санаалара хаһан баҕарар баһыйар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба быһааран араарыы уонна олоххо быһаччы туһаныы киһи буолуу сүрүн үөрэҕэ буоларын төрөппүттэр билэн оҕолорун иитиигэ таба быһааран туһаныахтара этэ.

Олоххо туох барыта эргийэр, уларыйар кэмнэрдээх. Аҥардастыы үчүгэй буолуу уһуннук барбат. Үчүгэй кэмэ кэллэҕинэ, кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ уларыйан, эргийэн биэрэр уратылаах. Кэрэ диэн тылбыт кыйыаны, кэрэни бэлиэтиирин таба өйдүө этибит. Киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин билэн олоҕор табан туһанарга үөрэниитэ, киһи буолууну баһылааһына, олоҕор ситиһиини оҥоруутунан ааҕыллар.

Онон, олоххо кэлэн ааһар сырдык, хараҥа былдьаһыыта, үрүҥ, хара быһаарыллар, икки саары икки ардынан кэм кэлиитэ эмиэ баар. Бу кэмҥэ баһыйар оруолу ылыы олох салгыы сайдыытыгар инники күөҥҥэ тахсыыга олук буолар кыаҕа улахан. Олоххо маннык кэм кэлэн аастаҕына, олох сыыйа-баайа оннун булунан, итэҕэллэр күүһүрэр кэмнэрэ кэлэр.

Биһиэхэ икки саары икки ардынааҕы кэм кэлиитигэр саҥа, “Харыстас” таҥара үөскээһинэ уонна тарҕаныыта атыттары баһыйар оруолу ыларбытыгар тирэх, үктэл буолар кыаҕа улахан. Биир итэҕэллээх буолуубут омукпут сомоҕолоһуутугар, күүһүрэригэр тириэрдэрэ баһылыыр оруолу ыларбытыгар олук буолуо этэ.

СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУУ

Сэрэхтээх буолуу өйдөөх-санаалаах киһиттэн ирдэнэр олох биир тутаах көрдөбүлэ буолар. Киһи сэрэхтээх буоллаҕына эрэ, тугу барытын харыстыыр кыахтанарын билиниэхпит этэ. Киһи ханна баҕарар сырыттаҕына, тугу эмэ оҥороругар сэрэхтээх, сыыһа-халты хамсаммат, ордук-хоһу туттубат буоллаҕына эрэ табыллар, туох эмэ туһалааҕы оҥорор, тутар кыахтанар. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук сэрэхтээх буолуу эмиэ икки өрүттээх:

Бастакытынан, киһи улахан, ыйааһыннаах, күүстээх буолан тугу эмэни алдьаппатарбын, тоҕо кэспэтэрбин диэн куруук сэрэнэрэ, көрөн, мээрэйдээн, нэмин билэн хамсанара хаһан баҕарар наада.

Киһи үгүстүк тиэтэйэриттэн эмискэ олоро түһэн олоппоһу да тоҕо түһүөн, сыыһа-халты хамсанан толору астаах остуолу да тоҕо анньыан сөп. Арыгы иһиитин кэнниттэн киһи сыыһа-халты, мүччү-халты хамсанара ордук элбиир. Холуочуйан баран бырааһынньык остуолун тоҕо көппүт киһини сэрэҕэ суох, куһаҕан киһинэн ааттыахха сөп курдук. Хоонньоһон утуйа сытан кыра оҕотун хам баттыыр ийэ эмиэ баара биллэр, итини тэҥэ, эргийээри оронтон сууллааччылар хаһан баҕарар элбэхтэр. Ол иһин киһи утуйа да сытан сэрэхтээх буоларын умнубатаҕына табылларын билиэ этибит.

Киһи ханнык баҕарар хамсаныылары оҥороругар, бу хамсаныыларбынан туох эмэ куһаҕаны оҥорботорбун, сыыһа-халты туттубатарбын диэн олус сэрэхтээх буолара ити холобурдартан быһаарыллар.

Иккиһинэн, аны бэйэм онтон-мантан дөлбү түспэтэрбин, кыбыллыбатарбын, улахан, түргэн тиэхиникэлэргэ киирэн биэрбэтэрбин диэн сэрэннэҕинэ, тулатын көрүнэ сырыттаҕына эрэ, эчэйбэккэ сылдьыан сөбүн хайаан да билэрэ табыллар. Халтархай суолга киһи көннөрү хааман да иһэн охтон улаханнык эчэйэн хаалыан сөбө сэрэнэри тэҥэ, эрчиллиилээх буолууну эмиэ эрэйэр.

Оҕо саҥаны айар, урут билбэтин, оҥорботун оҥорон иһэр санаата аһара күүстээх, бииртэн-биири булан, талан оҥорон иһиэн сөп. Кыра оҕо төбөтүн ол-бу араас, нэһиилэ батар хайаҕастарыгар уган, кыбытан кэбиспитин кыайан араарбакка төрөппүттэр эрэйдэнэллэр. Итини тэҥэ үүттээх тимир төгүрүгү биһилэх курдук ыга кэтэн кэбиспит кыыс иһэн хаалбыт тарбаҕын эппэрээссийэлээн эрэ араарыы быыһаабыта, оҕо ону-маны урут билбэтин, айыыны оҥорботугар иитии, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтии туһата улаханын биллэрэр. Оҕо туохтан эмэ кэһэйдэҕинэ, туга эмэ ыарыыланнаҕына сэрэнэрэ, харыстанара ордук күүһүрэрин, харыстанар санаата киирэрин иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныахха сөп этэ.

Үлэһит киһиэхэ улахан сэрэхтээх буолуу хайаан да эрэйиллэр. Ону-маны оҥорууга, тутууга, илиинэн үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэниигэ киһи өр кэмҥэ дьарыктаннаҕына эрэ табыллар. Тоһоҕону саайарга тарбаҕы быһа охсубат туһугар сэрэнэри, ыарыыта бэрдиттэн бары билэбит. Аны улахан тиэхиникэнэн үлэлииргэ өссө улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Манна тугу эмэ тоҕо көтүппэтэрбин, дьону тэбистэрбэтэрбин диэн сэрэҕи кытта аны бэйэм киирэн биэрбэтэрбин диэн сэрэнии эрэ туһалыыр.

Ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр аналлаах сэрэхтээх буолуу үөрэхтэрэ үлэ-хамнас уопутунан уһун үйэлэргэ мунньуллан, оҥоруллан туттулла сылдьаллар. Хас биирдии үлэһит ол үөрэхтэри билэн үлэтигэр туһанара аналлаах, ирдэниллэр көрдөбүлгэ киирсэр. Ол курдук булчут киһи сааны илдьэ сылдьыыга уонна тыаҕа уоту сатаан туһаныыга сэрэхтээх буолуу быраабылаларын үөрэтэн туттардаҕына эрэ бултуур быраабы ылара сыыһа-халты туттунууну суох оҥорорго аналланар.

«Таҥара сэрэҕи таптыыр» диэн этии киһи хаһан баҕарар сэрэхтээх эрэ буоллаҕына, сыыһа-халты туттунан туох эмэ куһаҕаны оҥорбокко, туһалааҕы оҥорорун уонна бэйэтэ олоҕун уһуннук олорорун быһаарар. Бу этии сэрэхтээх киһи субу оҥоруохтаах быһыытын өйүгэр-санаатыгар өссө хатылаан оҥороруттан, хаста да боруобалаан көрөрүттэн, “Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс” диэн үөрэҕи тутуһарыттан сыыһа-халты туттунара аҕыйыырын бигэргэтэн үөскээбит.

Сэрэхтээх буолууга үөрэммэтэх оҕо оннооҕор дьиэҕэ киирэн иһэн ааҥҥа тарбаҕын кыбытыа. Ыһыы-хаһыы, айдаан бөҕө буолуо. Аныгы төрөппүттэр оҕо ааҥҥа тарбаҕын кыбыттаҕына, сатаан илиитин тутта үөрэнэ илигин, сэрэхтээх буолуута суоҕун умнан туран, ааны оҥорбут киһини холбуу мөҕүөхтэрин сөп.

Тиэтэйбитигэр тэптэрэн сэрэҕэ суох хааман иһэр, хантаарыҥнаабыт киһи хаһыллыбыт умуһаҕы көрбөккө, онно түһэрэ баар суол. «Муннун аннын көрбөт» диэн итинник киһини этэллэр. Билигин сэрэхтээх буолуу үөрэҕин умнубуппут бэлиэтинэн умуһахха оҕо, киһи түстэҕинэ, умуһаҕы хаспыт дьону буруйдааһын олохсуйан сылдьара буолар.

Киһи үлэлиириттэн, этин-сиинин сатаан-табан хамсата үөрэтэриттэн, сэрэхтээхтик туттарыттан киһи быһыылаах буолууну ситиһэр. Бары үлэлиир тэриллэринэн сатаан, сэрэхтээхтик тутта үөрэнии эрэ киһи кыайа-хото үлэлээн ситиһиини, туох эмэ туһалааҕы оҥороругар кыах биэрэрин умнумуохха.

Сатаабат, үлэлии үөрэммэтэх, аһара туттуна сылдьар киһи сыыһа-халты туттунан тарбаҕын онно-манна кыбыппыта, илиитин хайыта тардыбыта эрэ баар буолар. Бу киһи өссө өтүйэ ыллаҕына тарбаҕын дьукку охсуоҕа, быһах ыллаҕына быһыаҕа, хайа анньыаҕа. Быһаҕынан, биилээҕинэн сатаан тутта үөрэниигэ табан хамсаныы, олус сэрэхтээх буолуу хайаан да наадатын билэн оҕону кыра эрдэҕиттэн үөрэтии туһалыырын элбэх сыыһалардаах «айыы үөрэҕин» албыныгар киирэн бу кэмҥэ умнан сылдьабыт.

Сэрэҕэ суох табаахсыт киһи билигин уоту ыытар куттала хас эмэ төгүл улаатта. Араас үчүгэй, гааһынан умайар зажигалкалар, умуллубат сигареталар баар буолуулара уоту сатаан туттубат киһи уоту ыытар кутталын аһара улаатыннарда. Ол түмүгэр дьон бэйэлэрэ сыыһа туттунан уоту ыыталлара элбээтэ.

Сааны-сэби сатаан туттууга, илдьэ сылдьыыга улахан сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Манна сааны ииппэккэ эрэ илдьэ сырыт диэн этиини тэҥэ, саа уоһун киһи, дьон диэки хаһан да туһаайыма диэн үөрэх холбуу туттулуннаҕына ордук туһалаах диэн этэбит.

Суоппар суол бары быраабылаларын тутуһан айанныырын таһынан олус сэрэннэҕинэ, тулатын көрүннэҕинэ эрэ билигин, массыына элбээбит кэмигэр сатаан айанныыр кыахтанар. Атын массыына суоппардара сыыһа-халты туттунууларыттан, хабырыйыыларыттан сэрэнэрэ, аһаран биэрэ сылдьара эрэ абырыыр. Суоппар сыыһа-халты туттунара абаарыйаҕа тириэрдэр кыахтааҕын бары билэн сэрэнэбит, аналлаах үөрэҕи бүтэрдэхтэринэ эрэ массыына ыытар быраабы биэрэбит. Сэрэҕэ суох, киһиргэс, «оруо маһы ортотунан барар» суоппарга олорсубатах ордук курдук.

Сайдан иһии бэлиэтэ – массыына элбээһинэ, сатыы киһи куоракка уулуссаны туорууругар тула өттүн үчүгэйдик көрүнэн, ааһан иһэр массыыналарга киирэн биэрбэтэҕинэ эрэ этэҥҥэ уҥуор тахсарыгар тириэртэ.

Онон киһи сэрэнэн бэйэтин харыстанарын тэҥэ, атыттары эмиэ харыстыахтаах, ордук сэрэниэхтээх. Олус былыргы кэмҥэ курдук киһи аар тайҕаҕа суос-соҕотоҕун сылдьар кэмнэрэ, бэйэтин эрэ харыстанара ааспыта быданнаата. Билигин сайдыыны ситиспит, улахан, күүстээх тиэхиникэлэри баһылаабыт киһи олоҕун сүрүн сыалынан, аан маҥнай атыттары харыстыахха, сэрэниэххэ диэн эрэ буолара табыллар кэмэ кэлэн турар.

Бука бары үчүгэйдик буһарыллыбыт, амтана үчүгэй аһылыгы сиирбитин сөбүлүүбүт. Аһылык буһарааччы тууһун, туматын сөбүлээн көрөн, сэрэнэн куттаҕына эрэ, бу аспыт табыллар кыахтанар, аһара туустаан кэбистэҕинэ киһи сиэбэт аһылыга буола охсон хааларын, аһыы диэҥҥэ, куһаҕаҥҥа кубулуйа охсорун, буорту буоларын хаһан да умнумуохха, туох барыта икки өттүттэн тутулуктааҕын, хайа да өттүгэр аһара бардаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйарын билэн куруук олоххо туһана сылдьыахха. “Ас” диэн мааны, бары сөбүлүүр тылбытыгар “ыы” диэн ытааһын дорҕооно эбиллиитэ бу тылбытын букатын куһаҕаҥҥа, аһыыга кубулутарын умнумуохха.

Сыыһа-халты туттунан, аһара баран быстах быһыыга түбэспэккэ олоҕун көрсүөтүк, сэмэйдик, уһуннук олорбут киһи дьон хайҕабылын ылыан ылар. «Киһини күҥҥэ 44 оһол күүтэр» диэн сахалар этэллэр. Бу хантан да, халлаантан ылыллыбатах олох уопутунан дакаастаммыт быһаарыы, киһи үгүстүк бэйэтэ сыыһа-халты туттунарыттан онно-манна, быстах быһыыга түбэһэрэ элбиириттэн сэрэтэр этии буолар.

Киһи олоҕор «Туох барыта икки өрүттээх» буоларынан ханнык эрэ кээмэйи, сиэри аһара бардаҕына атын өттүгэр уларыйарынан сэрэхтээх буолуу аһара барара куһаҕаҥҥа кубулуйар. Ол аата сэрэхтээх буолуу аһара баран барыттан бары сэрэниигэ кубулуйара сыыһа. «Бөрөттөн куттанар буоллахха, тыаҕа тахсымыахха» диэн этии итини бигэргэтэр. Ол аата бэйэтэ тыаҕа олорор киһи кутталыттан тыаҕа тахсыбатаҕына олоҕор туга эрэ улаханнык табыллыбат, суох буолуутугар тириэрдиэн сөп. Ол иһин киһилии өйө-санаата сайдыбыт киһи сэрэнии эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буоларын билэн, хайа да өттүгэр аһара барбата эрэйиллэр.

“Харыстас” таҥара үөрэҕэ киһини бэйэтин харыстаан сэрэхтээх буоларыгар үөрэтэр. Киһи барыттан-бары сэрэхтээх буоллаҕына, онно-манна киирэн биэрбэтэҕинэ, ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥорботоҕуна, сэрэнэрин хаһан да умнубатаҕына олоҕун киһи быһыылаахтык, уһуннук олорор кыахтанарын билиэ этэ.

Онон сэрэхтээх буолуу “Харыстас” таҥара биир тутаах үөрэҕэ буолар. Ол курдук киһи тугу оҥороругар барытыгар сэрэхтээхтик тутуннаҕына эрэ, ону-маны алдьаппакка, харыстыыр кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ.

ЭДЭРДЭРИ ХАРЫСТААҺЫН

Билигин буруйу-сэмэни эдэрдэр элбэхтик оҥорор буоллулар. Кинилэри иитии, үөрэтии сыыһа хайысханан, харыстыыр өттүгэр буолбакка, алдьатар өттүн диэки баран иһэриттэн ити куһаҕан быһыылар элбииллэр.

Саҥаны айыы үчүгэй, саҥаны айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруҥ диэн оҕолору иитии, үөрэтии сыыһа, оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ илигинэ эрдэлээн хааларын, куһаҕаҥҥа тириэрдэрэ элбэҕин билиэ этибит. Эдэрдэр бэйэлэрэ саҥаны айа, оҥоро сатыыр кыахтара аһара улахан, таһынан таһымныыр, ол-бу, буолары-буолбаты барытын айа сатыахтарын, онтон элбэх өттө куһаҕаҥҥа кубулуйуон сөп. Сахалар аһара барыма, аһара туттума диэн үөрэхтэрэ киһи быһыылаах киһини иитэргэ, үөрэтэргэ аналланар уонна оҕо киһи буолууну баһылыар диэри “Айыы диэмэ”, «Айыыны оҥорума» диэн этиини тутуһарыгар ыҥырар.

Көрсүө, сэмэй киһи уратыларын билии уонна оҕону иитиигэ туһаныы билигин саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолла. Ол курдук көрсүө, сэмэй киһи диэн тугу да сыыһа-халты туттубат, тугу барытын оҥороругар туох содул үөскүүрүн эрдэттэн быһааран баран оҥорор киһи буолар. Бу уратылары хас биирдии улаатан иһэр оҕо билэр, олоҕор тутуһар буоллаҕына, уһун үйэлээх буолууну ситиһэр кыаҕа кыра эрдэҕиттэн улаатыа этэ. Төрөппүттэр бу быһаарыыны тутуһан оҕолорун ииттэхтэринэ, үөрэттэхтэринэ оҕолоро улааппытын кэннэ элбэх туһалааҕы оҥорорун билиэхтэрэ этэ.

Сахалар киһи оҥорор быһыылара өйүттэн-санаатыттан тутулуктаахтарын биллэрэр этиилэрэ элбэхтэр. «Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук», «Көрсүө-сэмэй быһыы киһини киэргэтэр» диэн этиилэр көрсүө, сэмэй киһи оҥорор быһыылара ордук сыаналаналларын, олоххо таба буолан тахсан туһаны аҕалаллара элбэҕин быһаараллар.

Саха өс хоһоонноругар киһи оҥорор быһыыларын быһаарар «Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй тахсар» диэн этии баар. Киһи бэйэтэ тутан-хабан алдьархайы оҥорорун биллэрэр буолан, бу өс хоһоонун суолтата олус улаханын билигин умнан, сэбиэскэй кэм саҕаттан бары бэйэбитин «үчүгэй» курдук сананыыбыт улаатан сылдьабыт. Киһи оҥорор бары быһыыларыгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһарын, элбэхтик ырытан, толкуйдаан баран тугу барытын оҥороро ордугун, тугу оҥорбутун туһалаах быһыыга кубулутарын бу этии биллэрэр.

Сыыһа-халты туттунара элбээтэҕинэ киһи туһалааҕы оҥороро суох буолуон сөбүн бу этии эмиэ биллэрэр. Ол курдук оҥоро-тута үөрэммэтэх киһи оҥорорунааҕар алдьатара элбээн хаалыан сөп. Бу быһаарыыны бигэргэтэр “Салаҥтан хара тыа маһа ытыыр” диэн этии баар. Бу этии төһө эмэ туһа буолуохтаах элбэх маһы буортулаан, алдьатан баран тугу да туһалааҕы кыайан оҥорбот киһи эмиэ баарын биллэрэр.

Киһиргэтии оннооҕор улахан киһи сыыһа-халты туттунуутун таһаарыан сөп. Тулуурдара аҕыйах, дэбдэҥ майгылаах дьон кыахтаах массыынанан кыахтарын таһынан аһара түргэнник айаннааһыны элбэхтик оҥороллор. Ол иһин биир сылга Россияҕа отуттан тахса тыһыынча доруобай дьон массыына абаарыйатыгар өлөллөр.

Кыра оҕону киһиргэтии өйө-санаата туруга суох буолуутун үөскэтэр. Киһиргээтэр эрэ тугу барытын, куһаҕаны эмиэ элбэхтик оҥорор кыахтанар. Куруук киһиргэтэ үөрэттэххэ өссө киһиргээри арааһы, ол-буну барытын була сатаан, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, айыыны оҥороору сыыһа-халты туттунара улаатыан сөп. Сахалар ол иһин оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанар буолуор, киһи буолуу үөрэҕин баһылыар диэри “Айыыны оҥорума” диэн хааччахтаан үөрэтэллэр.

Тыыннаах киһини хаһан баҕарар киһиргэтэр куһаҕан, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп диэн сахалар үөрэхтэрэ «Киһиргээмэ» диэн үөрэтэр уонна киһиргэтии «Быһа этии» буоларын дьоҥҥо тириэрдэр. Бу өй-санаа куһаҕан өттүгэр уларыйыытын биллэрэр этиини тутуһуу бары дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Урукку үлэлэрбитигэр быһаарбыппыт курдук киһиэхэ үгэс үөскээһинэ уонча сылы ылар. Бу үгэс үөскээһинин кэмин сайдыылаах омуктар салайааччыны, президени талыы уһунун быһаарыыга билигин туһана сылдьаллар. Америкаҕа президени иккистээн быыбарданнаҕына 8 сылтан ордук кэмҥэ үлэлэппэттэр. Салайааччы киһи өйө-санаата бу кэмҥэ араас элбэх арбааччылар этиилэригэр үөрэнэн бэйэтин аһара үрдүктүк сананар буолуутун үөскэтэн кэбиһэриттэн харыстаналлар.

Киһи өйө-санаата уларыйыыта тулалыыр, туһанар дьон арбааһыннарыттан, өрө тутууларыттан, «Мин эрэ үчүгэйбин» диэн санаата бэрт сотору кэминэн үөскээн олохсуйан, өссө аһара баран хаалыан сөбүттэн харыстаныыны, көмүскэниини өй-санаа үөрэҕэ сайдыбыт, демократичнай тутулуктаах государстволар ити курдук оҥороллор. Салайар былаас быыбарынан талыллан уларыйарын кытары бары кэриэтэ салайааччылар эмиэ уларыйаллар. Былаас уларыйыыта коррупция суох буолуутугар тириэрдэр соҕотох суол буоларын сайдыылаах, билиилээх, үөрэхтээх дьон билиэхтэрэ, олоххо туһаныахтара этэ.

Дьон өйө-санаата үйэлэргэ биир тэҥник турбакка кэмиттэн кэмигэр уларыйан биэрэр кэмнэрдээх уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр. Ол курдук көрсүө, сэмэй буолуу оҥоруу, тутуу сайдыытын төрүттүүр, үлэни-хамнаһы сайдыыга тириэрдэр буоллаҕына, аһара баран саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааһын дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын элбэтэринэн олоҕу алдьатыы, кэхтии өттүгэр салайар.

Билигин Россия дьонун ахсааннара көҕүрээн, сыл аайы аҕыйаан иһэр, үлэ-хамнас эмиэ кыаттарбат, атын омук үлэһиттэрэ кэлиилэрэ элбээтэ. Бу быһаарыылар Россия дьонун өйдөрө-санаалара бу кэмҥэ алдьатыы өттүгэр уларыйан турарын биллэрэр. Бу кэм тиийэн кэлбитин олоххо буолар уларыйыылартан булан ылыахпытын сөп:

1. Араас баһаардар барыылара эбиллэн иһэр. Баһаардар барыыларын ырытыы түмүгүнэн дьон бэйэлэрин сыыһа-халты туттунууларыттан, уоту сэрэҕэ суох туһаныыларыттан үгүс өттүлэрин бэйэлэрэ ыыталлар.

2. Массыына абаарыйалара аһара элбэхтэр. Суоппардар сэрэҕэ суохтарыттан, киһиргииллэриттэн, сыыһа-халты туттунууларыттан үгүс киһи өлүүлээх абаарыйалар тахсаллар.

3. Элбэх киһи өлүүлээх хас да самолет абаарыйата летчиктэр сыыһа туттунууларыттан буолбуттара быһаарылынна.

4. Охсуһууттан, кырбаныыттан дьон өлүүтэ аһара элбэх. Туруга, тулуура суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр бэйэ-бэйэлэрин өлөрсүүлэрэ элбээтэ. Ол курдук кыыһырыы, өһүөн аһара барыыта, охсуһууга, өлөрсүүгэ тиийэ охсон хаалыыта кэлин кэмҥэ ордук элбээтэ уонна майгы-сигили сатарыйбытын бэлиэтиир, дьон бэйэлэрин кыайан туттуммат буолуулара улааппытын биллэрэр.

Дьон өйүгэр-санаатыгар бу улахан уларыйыылар иитии, үөрэтии таһыма букатын мөлтөөбүтүн биллэрэллэр. “Айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн үөрэх оҕолор өйдөрүн-санааларын сыыһа, туруга суох буолуу суолунан салайарыттан билигин сыыһа-халты туттунар, аһара барар эдэрдэр элбээһиннэриттэн куһаҕан быһыылар үксээтилэр.

Сахалыы өйү-санааны тутуһуу, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга иитии, үөрэтии эрэ бу, сэбиэскэй былаас көмөтүнэн үөскээбит куһаҕан майгыны, “айыы үчүгэй” диэн этиини суох оҥоруо этэ.

Онон төрөппүттэр, оҕолоргут хайдах өйдөөх-санаалаах буола улааталлара кыра эрдэҕинэ ийэ куттара ханнык өйгө-санааҕа иитиллибиттэриттэн быһаччы тутулуктааҕын билэн иитии, үөрэтии хайысхатын көрсүө, сэмэй буолуу диэки салайдаххытына эрэ киһи быһыылаахтык олоҕун уһуннук олорор кэлэр көлүөнэлэниэххитин сөп. Эдэрдэри харыстааһын диэн оҕону, улахан да киһини киһиргэппэт, ыксаппат, тиэтэппэт буолуу, тугу барытын улахан, олоххо уопутурбут киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга аан маҥнай иитии, үөрэтии, оннук үгэстэри иҥэрии ааттанар. Киһиргэппэт, тиэтэппэт буолуу аһара туттунууну суох оҥороруттан өйгө-санааҕа олус туһалаах быһыы буолар.

ЭР ДЬОНУ ХАРЫСТААҺЫН

Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата сайдарынан, үөрэҕэ, билиитэ эбиллэринэн этин-сиинин харыстыыр, көрөр-истэр күүһэ улаатан иһэр. Эт-сиин харыстаннаҕына эрэ киһи тыыннаах буолан олоҕу олорорун билиниэ этэ. Харыстаныы диэн өй-санаа үөрэҕин оҕо кыра эрдэҕиттэн билэн таба туһанарга үөрэннэҕинэ уһун үйэни ситиһэр кыахтанар.

Уол оҕото, эр киһи үгүстүк аһара барарыттан, сыыһа-халты туттунарыттан араас оһоллорго, быстах быһыыга түбэһэрэ элбэх. Онтон харыстаан сахалар үөрэхтэрэ көрсүө-сэмэй буол, сыыһа-халты туттума, аһара барыма, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”, киһи быһыытын, сиэри тутус диэн үөрэтэр, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини билинэн үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанарын ирдиир.

Сахалар «Киһини санаата салайар» диэн этэллэр. Бу этии сүрүн тутулугунан «Аан дойдуну санаа тутан турар» диэн этии буолар. Ол аата элбэхтэр баҕа санаалара хайа диэки салаллар даҕаны дьон өйө-санаата сыыйа-баайа, ол диэки салаллан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уларыйан барар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн өй-санаа эмиэ икки өрүттээх:

1. Үчүгэйи, олоххо туһалааҕы санааһын.

2. Куһаҕаны, туһата суоҕу, буолары-буолбаты, кыаллары-кыаллыбаты, буортулааҕы санааһын.

Киһи өйө-санаата икки аҥы арахсар уратылааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэн өс хоһооно оҥорон туһаналлар. Бу арахсыы “Өйдөөх үтүөнү, акаары алдьархайы саныыр” диэн өс хоһоонунан толору бэриллэр. Биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, нууччалары үтүктэр учуонайдар өй-санаа бу арахсыытын билигин да билбэттэр уонна бу билбэттэринэн саха дьонун барыларын буккуйа сылдьаллар.

Сахалыы ай диэн тылга иҥэн сылдьар өйдөбүл икки өрүттээх суолталааҕын арааран билбэт киһини туох киһи диэххэ сөп эбитэ буолла. Өйдөрө-санаалара тиийбэт диэҕи эмиэ үрдүк үөрэхтээхтэр, учуонайдар, ахсааны төһөнү эмэни билэр курдуктар. Киһи хаһан баҕарар үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа суох буолан хаалбатын арааран билбэт буолуу биһиэхэ, сэбиэскэй былаас кэмигэр дьону барыларын “үчүгэйдэр”, ордук салайааччылар «үчүгэйдэр» диэн сымыйанан этэ сылдьыбыттарыттан үөскээн, олохсуйан сылдьар. Киһи биир мэйиитинэн толкуйдаан үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыны оҥорор кыахтааҕын билиммэт буолуу айыы диэн бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууну холбуу иҥэринэн сылдьар тылы үчүгэй эрэ курдук саныылларыгар тириэрдэр. Онтон киһи оҥорор быһыыларын быһаара сатаан сахаларга суох “аньыы” диэн саҥа тылы булан сыыһаларын саптынаары оҥостоллор.

Өй-санаа үөрэҕин билбэт киһи бэйэтин аһара үчүгэйдик сананарыттан, улаханнык туттарыттан ханнык да куһаҕан санааларым суохтар диэн кистиириттэн итинник, үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн сымыйалыан эмиэ сөп. Өй-санаа үөрэҕин салайааччылар, бэйэлэрин «үчүгэйбит» диэн сананааччылар баһылаатахтарына өй-санаа аҥар өттүгэр аһара барыытын, халыйыыны үөскэтиэхтэрин сөп.

Саха тыла өйү-санааны кытта дорҕооннорунан тутулугун кыайан арааран билбэт араас сымыйа ойууннар, тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, нуучча тылын учууталлара, учуонайдар итэҕэлбитин буккуйаллар, атын сыыһа, нууччалары үтүктүү суолунан ыыта, салайа сатыыллар. “Ыы” диэн ытааһыны биллэрэр дорҕоон сахаларга хаһан даҕаны үчүгэйи биллэриигэ кыайан кубулуйуо, айыы диэн тыл хаһан даҕаны аҥардастыы үчүгэй эрэ буолуо суоҕа, куһаҕанын син-биир холбуу илдьэ сылдьыаҕа. Айыы диэн тыл куһаҕаны айыыны, оҥорууну биллэрэрэ хаһан да уларыйбат. Үчүгэй уонна куһаҕан айыылар биир төрүттээхтэр, иккиэннэрин киһи өйө-санаата айан таһааран үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыга кубулутар.

Бэйэбит итэҕэлбит, таҥарабыт хас да тыһыынча сыллардаахтан баарын, дьон билэллэрин үрдүнэн өссө саҥа таҥара оҥордубут дэнээччи тыл үөрэхтээхтэрэ бааллар, үлэһит дьону, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи бэйэлэрэ билэр дьону көрдөрөн туран албынныы сатыыллар.

Сэбиэскэй былаас истигэннэрин, барыны-бары “тук” курдук толороллорун иһин аҥардастыы дьахталлары эрэ өрө туппута, маанылаабыта дьайан эр дьон билигин мөлтөөн сылдьаллар, үлэҕэ-хамнаска дьулуурдара аҕыйаата, арыгыһыттарынан эрэ ааттанар буолбуттарыттан өссө да кыайан көнө иликтэр. Үлэ эрэ, ырыынак кэмигэр кыайыылаах үлэ кинилэри көннөрүөҕэ.

Омук сайдыыта, үлэни-хамнаһы ситиһиитэ, кыайыыта эр дьонтон ордук улахан тутулуктаах. Үлэни-хамнаһы тупсарыыны эр дьон эрэ ситиһэр кыахтаахтар. Эр дьону харыстааһын диэн үлэһит эр дьон утумнарын, кэлэр көлүөнэлэригэр, оҕолоругар бэриллэр буор куттарын харыстааһын ааттанар. Сайдыылаах буор куттаах оҕо диэн төрөппүтүттэн үлэлиир-хамсыыр үөрүйэҕи ылыммыт оҕо буоларын кут-сүр үөрэҕэ дакаастаата.

Оҕону иитиигэ эр киһи бэйэтин курдук оҥоро-тута үөрэтэ сатыырынан, өйүн-санаатын, тулуурун улаатыннарар кыаҕа улаханынан дьахталлары баһыйар оруолу ыларын таба туһаныа этибит. Сахалар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн тулуурдаах буолууну улаатыннарар өс хоһоонун эр дьон эрэ таба өйдөөн, бэйэлэрин холобурдарынан, көрдөрөн үөрэтэллэринэн оҕоҕо тириэрдэр кыахтаахтар. Итини тэҥэ кинилэр кыайа-хото үлэлииллэриттэн, оҥороллоруттан, туталларыттан сайдыыны ситиһии быһаччы тутуллар. Ол иһин сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук эр дьонун күүһүрдэр туһугар туһалаах дьыалалары оҥоруо, үлэ-хамнас оҥорор-тутар өттүн урутаан сайыннарыа этилэр. Үлэ-хамнас сайдыыта, күүһүрүүтэ эр дьону инники диэки ыҥырар баҕа санааны үөскэтэн биэриигэ туһата улахан буолуо этэ.

Эр дьон үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир, дьиэ кэргэҥҥэ барыһы аҕалар аналлаахтар. Бу аналы умнан, хаалларыыбыт түмүгэр үлэбит-хамнаспыт кыаллыбат. Кэлии омук дьоно баһыйа таһаарыылаахтык үлэлииллэриттэн, оҥороллоруттан, туталларыттан санааҕа түһүөхпүт этэ. Баһылаабыт диир үлэбитигэр, тыабыт хаһаайыстыбатыгар элбэх кытайдар кэлэн үлэлээтэхтэринэ үлэтэ суох хаалыахпытын сөптөөх балаһыанньа үөскүөн сөп курдук буолла.

Киһи баҕа санаата муҥурданан хаалбакка иннин диэки, сайдыы, уларыйыы диэки тардыһар күүстээх буоллаҕына, олоҕу олорууга интэриэһэ түспэккэ, улаатан иһэр кыахтанар. Арай бу инники, сайдыы диэки ыҥырар баҕа санаа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн өйдөбүлү суох оҥорбокко, харыстааһын, көмүскээһин эмиэ баар буолара туһалаах буолуо этэ.

Эр дьон бары биир сэниэлээх буолбатахтар. Син-биир дьон өйө-санаата, этэ-сиинэ арахсалларын курдук кыахтарынан көрөн тус-туспа арахсаллар. Чахчы күүстээх эттээх-сииннээх, дьахталларга сөбүлэтэр эр дьон элбэхтэрэ суохтар. Ол курдук алта уоннарын ааһан баран, кыайа-хото үлэлии сылдьар эр дьон чахчы аҕыйахтар эрээри, бааллар.

Билигин эр дьон сааһыран истэхтэринэ олоххо, үчүгэйгэ тардыһар күүстэрэ аҕыйаан, арыгыһыт буолаллара элбээтэ диэн бары этэллэр. Оҕо иитиитэ, үөрэтиитэ төрөппүттэргэ эппиэтинэһи, үчүгэйгэ тардыһыыны үөскэтэр кыаҕа олус улахан. Оҕо улаатыыта, бэйэтэ киһи буолууну ситиһиитэ сүүрбэттэн тахса сылы ылар. Ол аата сүүрбэ биэһигэр оҕоломмут эр киһи түөрт уон биэс сааһыгар оҕото улаатан туспа ыал буолан барбытын кэннэ, бэйэтэ букатын иллэҥсийэн, ким да наадыйбат киһитигэр кубулуйара элбээтэ.

Эр дьоҥҥо барыларыгар баар, айылҕа биэрбит күүһэ, кинилэр олоххо тардыһыыларыгар көмө буолар кыахтааҕын билигин, быстах санаалаах нуучча омугу, сыыһа үөрэтэр православнай таҥара үөрэҕин үтүктэрбититтэн, хаалларан сылдьабыт. Ол күүс эр киһи оҕо оҥорор кыаҕа үйэтин тухары хаалан хаалбатыгар саһан сылдьар. Өй-санаа киһи сааһыран истэҕинэ эбиллэн иһэр диэни бары билэбит. Эр киһиэхэ күнтэн-күн аайы сайдан иһэр, хамсаныылартан үөскүүр буор кута сааһыран истэҕинэ эмиэ эбиллэн, мунньуллан, оҥорор хамсаныылара тупсан иһэллэр. Сатаан, табан хамсанарыттан үлэни-хамнаһы кыайара улаатар.

Төрөппүт буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэрин сахалар билэллэр уонна утумнааһын диэн ааттыыллар. Биир хаан аймах дьон биир буор куттаах буолаллар. Сааһырбыт эр киһи төрөтөр оҕото өйдөөх, үлэҕэ-хамнаска үөрүйэҕэ элбэх, ол аата сайдыылаах буор куттаах буоларын былыргы сахалар билэллэрин олоххо киллэрэн туһаныахпыт этэ. (10,16).

Эр киһи сааһыран истэҕинэ олоххо, баайга-малга тардыһарыгар ыҥырар, угуйар күүһүнэн иккис, эдэр кэргэни ылар кыаҕа баара буолар кыахтаах. Эдэр кэргэннээх эр киһи олоҕун саҥалыы саҕалыыр кыахтанара, олоххо тардыһыыта лаппа улаатара эмиэ биллэр, эдэр кэргэннэннэхтэринэ эдэрдэригэр түһэллэр.

Сэбиэскэй былаас дьахтар уонна эр киһи тэҥнэр диэн үөрэҕэ аһара баран дьон эттэрин-сииннэрин уратыларын аахсыбат буолууга тириэрпитэ билигин ырыынак кэмигэр урукку оннугар уларыйыа этэ. Дьахтар уонна эр киһи эттэрин-сииннэрин уратылара өй-санаа, баҕа санаа араастаһыыларын, олоххо тардыһыыга уратылары үөскэтэрин билигин билиммэппит, хаалларан сылдьабыт.

Православнай таҥара үөрэҕэ эр киһи биир кэргэннээх буолуохтаах диэн этиитэ дьон айылҕаларыгар, эттэрин-сииннэрин уратытыгар сөп түбэспэт, омуктары эстиигэ тириэрдэр кыахтааҕа билиннэ. Бу үөрэх дьайыыта бэйэлэригэр урут тиийэн, нууччалар билигин ахсааннара аҕыйаан иһэллэрин тэҥэ, буор куттара мөлтөөһүнүттэн үлэни-хамнаһы кыайбат буоллулар. Россия дьонун буор куттарын мөлтөтүүнү сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан, арбаан киэҥник тарҕатан кэбистэ.

Биһиги сахалар олус былыргы үйэлэртэн, олоҥхо кэмин саҕаттан эр дьон хас да кэргэннээх буолууларын олохпутугар туһанар этибит. Бэйэлэрэ эстиигэ тиийэн эрэр омуктары үтүктүбэккэ, бэйэбит былыргы, туһалаах үгэспитин олоххо киллэриэхпит этэ. Бу быһаарыыны олоххо киллэриигэ Үрүҥ айыылартан кэлэр билиилэри өрө тутааччылар ордук кыһанан ылсыахтара этэ.

Мусульманнар сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэллэрин бары истэ-билэ сылдьабыт. Кинилэргэ эр киһи хас да кэргэни ыларын итэҕэллэрэ көҥүллүүрүттэн ахсааннара эбиллэн иһэрэ, үлэни-хамнаһы кыайаллара быһаччы тутулуктаах. Биһиэхэ былыргыны, олоҥхо кэмин саҕанааҕыны үөрэтээччилэрбит, батыһааччыларбыт элбээн иһэллэр. Олоҥхо кэмин саҕана саха эр дьоно хас да кэргэннээх буолуулара көҥүллэнэр этэ.

Билигин биһиэхэ олоҥхо кэмин үөрэтээччилэр, үчүгэй диэччилэр элбээбиттэринэн, Үрүҥ айыы итэҕэлин тутуһааччылар үгүстэринэн былыргыттан туттуллар, омук сайдыытыгар туһалаах үгэспитин олоххо киллэриэхпитин сөп буолла.

Эр киһи утумун салҕааһыны эдэр, ыраас кыыс оҕону кэргэн ыллаҕына олоххо киллэрэр кыахтанарын билиэ этибит. Эр дьон кыыс оҕону харыстааһыннара олоххо киирдэҕинэ бу быһыы кыаллыа этэ. Билигин “айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн тыл үөрэхтээхтэрэ этиилэрэ уол оҕолорго айыыны оҥорор санааларын күөртээн, бииртэн биир кыыс оҕолору буорту оҥоро сатыылларын үөскэттэ.

Онон эр дьону харыстааһын диэн эмиэ икки өрүттээх; биир өрүтүнэн олоххо инники диэки тардыһыылаах баҕа санааны, дьулууру, тулууру, өһөс буолууну үөскэтэн биэрии буоллаҕына, иккиһинэн, аһара барар, сыыһа-халты туттунар майгыларын хааччахтааһын, ол аата көрсүө-сэмэй буолууларын ситиһии буолар. Итини тэҥэ кыахтаах эр дьон иккис, үһүс кэргэннэрин ылалларын хааччыйыы кэлэр көлүөнэлэр сайдыылаах буор куту төрөппүттэриттэн ылыналларын үөскэтэн, үлэҕэ-хамнаска кыахтаах буола улааталларын ситиһиэхпит этэ.

КЫЫС ОҔОЛОРУ ХАРЫСТААҺЫН

Омук сайдыыта, ахсааннара эбиллиитэ кэлэр көлүөнэлэри үөскэтииттэн уонна иитииттэн, үөрэтииттэн ордук улахан тутулуктааҕын билигин аахсыбат буола сылдьабыт. Биир эмэ оҕону төрөтөн баран кыайан киһилии быһыылаах буолууга ииппэккэ, үөрэппэккэ, атаахтатан, киһиргэтэн кэбиһэрбититтэн быстахтык быһыыланан, сыыһа-халты туттунан олохторун кылгатаннар, көрүүтэ-истиитэ суох хаалар кырдьаҕастар элбээтилэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта ыалтан, дьиэ иһиттэн үүнэн-сайдан тахсарын, ийж кута кыра эрдэҕинэ иитиллэрин таба өйдөөн дьахталлары дьиэҕэ чугаһатан, оҕону көрө сылдьан дьиэ үлэлэринэн дьарыктаналларын үөскэтии оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаах, үлэнэн-хамнаһынан эрчиллэн киһи буолуу суолунан сайдалларын ситиһиигэ тириэрдиэ этэ.

Дьахталлар олоххо аналларынан кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии, иитии, үөрэтии буоларын былыргы сахалар билэн олоххо туһаналлар, дьиэ иһинээҕи үлэлэринэн дьарыктаннарар этилэр. Дьахталлар бу аналларын умнубут, хаалларбыт, сайдыылаахпыт диэн ааттанар Европа дойдуларын дьоно ахсааннара аҕыйаан, кэлиилэр баһылааһыннарыгар сыыйа киирэн эрэллэрин истэ-билэ сылдьабыт эрээри, үтүктэр санаабытын хааллара иликпит.

Айылҕа бэйэтэ көмүскүүрүттэн, харыстыырыттан дьахталлар доруобуйалара эр дьоннооҕор бөҕө уонна көрсүө, сэмэй майгылара элбэҕиттэн урут түспэккэ, аһара барбакка сылдьалларыттан, быстах быһыыга түбэһэллэрэ аҕыйаҕыттан олохторун уһуннук олороллор. Россия дьахталлара олохторун сыалын сэбиэскэй былаас уларытан, эдэр эрдэхтэриттэн үөрэххэ, кыра хамнастаах үлэҕэ умса анньыбатаҕа эбитэ буоллар оҕо төрөтөр сыалларын аһара толоруо этилэр.

Дьон бары эттэрин-сииннэрин харыстаатахтарына, көрдөхтөрүнэ-иһиттэхтэринэ эрэ уһун үйэни ситиһэр кыахтаналларын билэллэр. Оҕону харыстааһын диэн көрсүө-сэмэй буолууга иитии, үөрэтии буоларын таба өйдүөхпүт этэ. Аныгы дьахталлар эр дьону үтүктэ сатыылларыттан билигин харыстаналлара аҕыйаан иһэр.

Дьахталлары харыстааһын диэн кыыс оҕолору харыстааһынтан, көрүүттэн-истииттэн, улааттаҕына кэргэнигэр ыраас кыыһынан тиксэрин ситиһииттэн саҕаланарын былыргы сахалар билэллэрэ, олохторугар быһаччы туһаналлар этэ. Кыыс оҕолорун “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” иитэн, улаатыннаран кэргэнигэр ыраас кыыһынан туттараллара. Былыргы сахалар кыыс оҕону көрүүлэрин-истиилэрин уратытынан эргэ тахсыар диэри атын эр киһилиин сылдьыспатын кытаанахтык ирдииллэрэ.

Ыраас кыыс оҕо эрэ эр киһини утумнуур, ол аата киниттэн бэриллибит буор куттаах оҕону төрөтөр кыахтааҕын аныгы наука билиммэккэ сылдьан баран, билигин үөрэтэн эрэр. Былыргы сахалар бу үөрэҕи билэллэрэ уонна олохторугар быһаччы туһаналлара, кэргэн тахсар кыыс оҕо ыраас кыыһынан кэргэнигэр тиксэрин эдэр эрдэҕинэ, сааһын ситэрин кытта кэргэн биэрэн ситиһэллэр этэ.

Билигин оскуола үөрэҕэ аһара уһаан 11 сылга тиийбитэ кыыс оҕолору харыстааһыҥҥа, кыыстарынан эргэ тахсыыларыгар улахан буортуну оҥорор. Ол курдук аныгы сайдыылаах, “айыыны элбэхтик оҥор” диэн сыыһа үөрэххэ иитиллэр кыыс оҕо, айыыны оҥоро сатыырыттан, эр дьону боруобалаан көрбөккө эрэ, оскуоланы бүтэриигэ тиийбэтэ кырдьык буолла. Оскуоланы эдэр дьахталлар үөрэнэн бүтэрэллэриттэн эр дьон утумнарын харыстааһын диэн суох буолла.

Ханнык эрэ сайдыыта суох буор куттаах киһини кытта сылдьыспыт кыыс хойутаан кэргэн таҕыстаҕына даҕаны маҥнайгы оҕото аан маҥнай сылдьыспыт киһитин сайдыыта суох буор кутун ылынан төрүүрүн кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Сахалар урукку кэмнэргэ кыыс оҕо эргэ барарыгар ыраас кыыһынан буоларын ирдииллэрэ ити быһаарыыга олоҕурар.

“Төрүт уус ыал оҕото” диэн өйдөөх, үлэҕэ-хамнаска сыһыамах, сайдыылаах буор куттаах оҕону төрөтүүгэ сыһыаннаах этии билигин хаалан сылдьар. Эдэр эрдэҕинэ атын эр киһилиин элбэхтик сылдьыспыт кыыс эр киһини утумнуур оҕону кыайан төрөппөтүн билигин телегония науката үөрэтэ сылдьар. Былыргы сахалар кыыс оҕону харыстааһыннара диэн кэргэн таҕыстаҕына кэргэнигэр бэйэтин утумнуур оҕону төрөтөрүгэр аналланара, ол аата эр киһиттэн бэриллибит буор куттаах оҕо төрүүрэ. Ол курдук дьахтар бэйэтигэр маарынныыр оҕону хайа баҕарар эр киһиттэн төрөтөр кыахтаах буоллаҕына, эр киһи бэйэтин утумнуур оҕону, ыраас кыыс оҕоттон эбэтэр бэйэтин дьахтарыттан эрэ төрөтөр кыахтаах. Ол аата эр дьон бэйэлэрин утумнуур оҕолонуохтарын баҕарар буоллахтарына ыраас кыыс оҕону кэргэн ылыа уонна кыыс оҕолору харыстааһыҥҥа ылсыһыа этилэр.

Билигин статистика ааҕарынан Россияҕа эр дьон орто саастара биэс уон аҕыс сылынан бүтэр буоллаҕына, дьахталлар орто саастара сэттэ уон үскэ тиийэрэ биллэр. Ол да буоллар дьахталлар 55 саастарыгар пенсияҕэ тахсар буоллахтарына, эр дьон 60 саастарыгар биирдэ тахсаллар, үгүстэр пенсия ылар саастарыгар олох да тиийбэттэр. Эт-сиин тутулуктарын үөрэтии түмүгүнэн дьахталлар төрөөбөт буолбут кэмнэриттэн ыла өйдөрө-санаалара дьэ көнөрүттэн араас туһалаах үлэлэргэ таһаарыылаахтык, эр дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиэхтэрин сөп. Ол иһин сэбиэскэй былаас оҥорбут үтүөтэ, дьахталлар эр дьоннооҕор эрдэ пенсияҕэ тахсыылара эт-сиин көрдөбүллэригэр сөп түбэспэт.

Сэбиэскэй былаас дьахталларга үчүгэй курдук көстөөрү араас элбэх көмөлөрү биэртэлээн кэбиспитэ омуктар сайдыыларыгар, ахсааннара элбииригэр мэһэйи оҥорор. Арҕааҥҥы омуктары үтүктэн биир эмэ оҕолоох буолуу аҕыйах ахсааннаах омугу эстиигэ, симэлийиигэ тириэрдэрэ саарбаҕа суох. Ол курдук Европа олохтоох омуктара ахсааннара эбиллибэт буолбута ыраатан эрэриттэн кэлии омуктар баһылааһыннарыгар киирэн эрэллэрин истэ-билэ сылдьабыт эрээри кыһаммаппыт.

Эдэр, төрүүр кыахтаах дьахталлары ыарахан үлэттэн харыстааһын биһиэхэ суолтата сүттэ. Ол курдук тэҥ буолууну сыыһа саныылларыттан аныгы дьахталлар эр дьонтон туохха да хаалсымаары дьулуһаллара эттэрин-сииннэрин уратыларыгар сөп түбэспэт. Ол курдук дьахтар эдэр сааһыгар харыстанар, оҕолонор аналлаах, онтон төрөөбөт буоллаҕына, бары үлэлэри үлэлиэн дьэ сөп буолар, эр дьону кытта этин-сиинин туруга ол кэмтэн ыла тэҥнэһэр.

Билигин сорох эр дьон кыра кыргыттарга саба түһэллэрэ элбээбититтэн кинилэри харыстыыр санаа дьоҥҥо барыларыгар тарҕанна. Оннооҕор Государственнай думаҕа киллэрэн саҥа сокуон ылынан эрэллэр. Бу үтүө санаа туһалаах буоларын туһугар салгыы баран кыргыттары барыларын кэргэн тахсыахтарыгар диэри харыстааһыҥҥа кубулуйара уонна оскуолаҕа үөрэтии уолаттартан туспа уонна кылгас эбитэ буоллар омукпут сайдыытыгар, ахсаана эбиллэригэр туһаны оҥороро улахан буолуо этэ.

Өй-санаа үөрэҕэ халыйыыттан тахсыа, урукку көрсүө, сэмэй буолуу үөрэҕэ тарҕаныа этэ. “Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн үөрэх кыргыттар кыыстарын харыстаабат, хайа эрэ түбэһэ түспүт эр киһилэригэр биэрэ охсоллорун, айыыны оҥоро сатыылларын үөскэтэр. Кыыс оҕолору харыстааһын диэн омук сайдан, үүнэн, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тупсан иһэрин бэлиэтэ. Ол курдук сайдыылаах буор куттаах оҕону сааһырбыт, олоххо уопутурбут, үөрүйэхтэри үөскэтиммит эр киһи төрөтөр кыаҕа улаатарынан эдэр кыыс сааһырбыт эр киһиттэн уол оҕону төрөттөҕүнэ сайдыылаах буор куттаах буолуон сөбүн туһаныахпыт этэ.

Онон дьахталлары харыстааһын диэн ыарахан, күн аайы үлэлэнэр үлэни үлэлэппэт буолуу уонна кыыс оҕолору харыстааһын, ол аата оҕо төрөтөр кыахтарын харыстааһын буоларын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ. Бу быһаарыыны ахсааннара аҕыйаан иһэр омуктар аан бастаан туһаннахтарына, омук ахсаана эбиллиитин, төрүүр оҕолор хаачыстыбалара тупсуутун, үлэни-хамнаһы кыайыыларын ситиһиэхтэрэ этэ.

УОТУ АҺАТЫЫ

Олоххо билигин да туһалаах, куруук туттулла сылдьар былыргы үгэстэри харыстааһын “Харыстас” таҥара үөрэҕэр эмиэ киирсэр. Сахаларга хардары-таары кэһии бэрсии үгэһэ олус былыргы кэмнэртэн ыла сайдыбыт. Кэһии биэрии ылааччы санаатын тупсарар, көннөрөр уратытын аан маҥнайгынан үрдүктүк сыаналаан куруук туһаналлар эбит.

Киһи саамай сөбүлүүр, таптыыр киһитин үөрдээри, санаатын көтөҕөөрү оҥорор бадаарагынан, биэрэр кэһиитинэн бэйэтэ саамай сөбүлүүр, үчүгэй дии саныыр малын тэҥэ, анараа киһитэ ордук сөбүлүүр буолара бадаарак, кэһии табыллыбытын, туһаны аҕаларын биллэрэр. Ол аата кэһии биэриибит «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр буоллаҕына, кэһии биэрээччигэ уонна ылааччыга, иккиэннэригэр үөрүүнү, санаалара тупсуутун үөскэтэрэ туһалаах дьайыытын улаатыннарар.

Бадаарагы, кэһиини талан ылыыга үгүстэр аҥардастыы бэйэлэрэ сөбүлүүллэрин ылан биэрэн кэбиһэллэрэ кэһии сыанатын түһэрэн кэбиһэр, табыллыытын суох оҥорор. Туһата суох, мэһэй буолар, таах хаалар бадаарактар, бырааһынньыктарга бэриллэр кэһиилэр билигин ыал аайы дэлэйэн иһэллэр.

Уот биһиги саамай сөбүлүүр, таптыыр таҥарабыт, Хатан Тэмиэрийэ диэн ааттыыбыт. Аһара тымныылаах дойдуга олорорбутуттан уот сылааһын илиитин иһигэр баарбытын билигин да билинэммит уоту ытыктыырбыт былыргыттан кыччыы илик. Ол иһин уоппутун аһатаары, харысхалыгар киирээри, ону тэҥэ үөрдээри, күлүм аллатаары, мичик гыннараары бэйэбит саамай сөбүлүүр, харыстыыр, олус күндүтүк саныыр мааны аспытыттан күндүлүүбүт, бэрсэбит.

Олус былыргы да буоллар өйгө-санааҕа туһалаах үгэстэри харыстааһын аныгы дьонтон эмиэ ирдэнэр. Үгэстэри харыстааһын диэн бу үгэһи уруккутуттан уларыппакка эрэ туһаныы, ону-маны була сатаан эбэн биэрбэт буолуу ааттанар. Хас киһи барыта тус-туспа өйдөөҕүттэн-санаалааҕыттан, туох аһылыгы үчүгэй дии саныырыттан уокка тугу бэрсэрэ тутулуктанара уларыйбата ордук. Ол аата уоту аһатыы диэн киһи бэйэтэ саамай сөбүлүүр, күндүтүк саныыр субу аһылыкка бэлэмнэммит аһыттан уокка бэристэҕинэ уот үөрүүтэ өссө улаатарын туһаныы буолар.

Уокка ас биэрии “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэринэн уот баҕа санаатын эмиэ аахсар буолуу ирдэнэр. Уот араастаан умайар, эмиэ күөдьүйэр, намырыыр, умуллар кэмнэрдээҕэ санаата, аһылыга табылларыттан улахан тутулуктаах. Уот түргэнник умайар, сандаарар тугу эмэ биэрэри сиирин сөбүлүүр, ол аата күүскэ умайары бэристэххэ санаата көнөр, тупсар, күөдьүйэн кэлэр кыахтанар.

Кэриэрэри, хоруорары, араас биллибэт куһаҕан сыттары таһаарары уокка биэрбэт ордук этэ. Бу тахсар куһаҕан сыттарынан сирдэтэн араас абааһылар, иччилэр уһуктуохтарын, тиийэн кэлиэхтэрин, куһаҕан санаалаахтар мунньустуохтарын эмиэ сөп. Ол курдук араас абааһылар, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорооччулар бары олус куһаҕан сыттаах буолаллара биллэр.

Алгыырга, тугу эмэ көрдөһөргө уокка биэрэр туох эмэ ураты, үчүгэй сыты таһаарар буолара ордук. Сылгы араас дьүһүннээх сиэлин ол сыалга сахалар былыр-былыргыттан ыла туһаналлар. Биһиги өссө сыт туох оруоллааҕын ситэ үөрэтэн билэ иликпит эрээри, куһаҕан абааһылар, иччилэр аһара куһаҕан, киһи аҕынньыта төллөр сыттаах буолаллара уонна оннук сыттары сөбүлүүллэрэ биллэр. Кэриэ, хоруо эмиэ олус куһаҕан сыттааҕын бары билэбит, тугу да хоруордубакка кыһанабыт.

Уоту аһатыыны биир халыыпка киллэрии, аҥардастыы алаадьынан эрэ аһатыы кэрэгэй, итэҕэс. Алаадьы сииргэ төһө да үчүгэйин, бэлиэ кэмҥэ буһарылларын иһин уокка сүгүн умайбат, кэриэрэр, хоруорар, буруолуур, кэриэрбит сыты таһаарар. Уоту умуруорар, хоруорар астары уокка букатын биэримиэххэ, уоту умуруорумуохха, мөлтөтүмүөххэ, санаатын түһэримиэххэ. Уот бэйэтэ сөбүлүүр, үөрэ-көтө сиир, ол аата үчүгэйдик умайар астарын биэрдэххэ үөрэрэ-көтөрө, күлүмнүүрэ, сандаарара биллэрдик улаатарын туһанар ордук. Уоту умуруорар тугу барытын уокка бэриллиэ суохтаах. Уоту умуруоран кэбиһэрин иһин кымыһы уокка букатын кутуллубат, уот умуруорары сөбүлээбэт, санаата түһэр. Кымыс ыһыахха сири аһатыыга, ыһыахтыырга эрэ туттуллара сөп.

Арыы уокка да үчүгэйдик умайар, сыт да таһаарар үчүгэй ас. Уоту аһатыыга саамай табыллар, былыр-былыргыттан туттуллар ас буолар. Элбэх арыыны кыра алаадьыга ууран биэриэххэ сөп.

«Байанай арыгыһыт буолбут» диэн этии сымыйа, булчуттары түһэрэн этии буолар. Ол курдук ыраах тайҕаҕа сылдьар булчуттар саамай бочуоттуур, тоҥортон харыстыыр, күүс-уох биэрэр баар-суох мааны астарынан үрүҥ арыгы буолара саарбаҕа суох. Бу мааны, аҕыйах, кэмчилэнэр, үчүгэйдик умайар астарыттан күндүлэттэҕинэ, уот чахчы үөрэр, сылааһа эбиллэр, умайара күүһүрэр, санаата көнөр.

Бэйэ үчүгэй дии саныыр, харыстыыр, кэмчилиир аһылыгыттан бэриһиннэрдэҕинэ уот санаата көнөр, үөрэр, кыымынан ыһыахтанар, үөрбүтэ биллэр, күүскэ умайар. Ол иһин уоту аһатар ас уоту бэйэтин эмиэ үөрдэр, үчүгэйдик умайар буолара хайаан да ирдэнэр. Аал уот иччитин аата – Хатан Тэмиэрийэ. Сахалар олус ытыктыыр, харыстыыр уонна аһара барбатын көрөр-истэр, сэрэнэр иччилэрэ. Туох барыта аһара барыыта куһаҕаҥҥа тириэрдэрин курдук уот аһара барыыта алдьархайы үөскэтэр. Ол иһин “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини таба өйдөөн уоттан олус улахан сэрэхтээх буолуу син-биир ирдэнэр. Тайҕаҕа уот барара олус кутталлаах. Уоту туһаныы олус улахан сэрэхтээх буолууну ирдиирин хаһан да умнубатахпытына табыллабыт. Биһиги дойдубутугар хас киһи барыта уоту туһаныыга сэрэхтээх буолуу үөрэҕин баһылыыра ирдэнэр. Оҕолору оскуолаҕа уоту сэрэхтээхтик туһаныыга үөрэтии аналлаах экзаменнаах буолара туһатын улаатыннарыа этэ.

Билигин айылҕаҕа быһаччы сылдьарбыт төһө даҕаны аҕыйаабытын иһин улахан тымныыттан уот итиитэ эрэ быыһыыр, уоппутун син-биир оттобут. Уоппутугар аспытын буһарабыт, уот суолтата уларыйа илик.

Уокка ас бэрсии – олус былыргы үгэс. Бу үгэс уот тымныыттан харыстыырын, аһылыгы буһарарын иһин олус улахан ытыктааһын бэлиэтэ буолар. Итини тэҥэ тимир уустара сахалар, үлэлэрэ-хамнастара уоттан ордук улахан тутулуктааҕа ити үтүө үгэһи салгыы сайыннарбыт.

Киһи бэйэтэ илдьэ сылдьар олус күндүтүк саныыр аһыттан бэрсэр, аан маҥнай уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни күндүлүүр. Урут арыгы дэлэйэн, күндү аска кубулуйуутугар дьон бары арыгы иһээри гыннахтарына эбэтэр көннөрү кэһии гынан уокка арыгы биэриилэрэ тэнийэ сылдьыбыта.

Билигин уокка арыгы биэримэҥ диэн дьахталлар этэ сатыыллар. Арыылаах алаадьы Хатан Тэмиэрийэҕэ сөп буолар диэн этэллэрэ сыыһа. Аҥардастыы бэйэлэрин эрэ алаадьыны сөбүлүүр санааларын өрө туталларын биллэрэр. Ол курдук алаадьы уокка аанньа умайбат, хоруорар, буруолуур. Ол аата уот сөбүлээбэтин биллэрэр. Ону биһиги дьахталларбыт аахсыбат буоллулар.

Булчуттарга, үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо арыгы үчүгэй ас буолан бүтэрэ ыраах, суох да буолуо. Ким тугу үчүгэй, баар-суох күндү аһым диэн санаатыттан тугу биэрэрэ, бэрсэрэ тутулуктааҕын, баар-суох үчүгэй дэнэр астан бэриһиннэрдэҕинэ уот эмиэ үөрэрин алаадьыны биэр, кымыһы кут диир дьоммут хата аахсыбаттар.

Онон кэһии биэрии, бэрсии икки өрүт санаатын иккиэннэрин таба сыаналыыр, иккиэннэригэр үчүгэйи оҥорор буоллаҕына ордук табыллар, туһата улаатар. Былыр-былыргыттан сахалар уокка бэрсэр күндү аһылыктарынан үчүгэйдик, өр умайар арыы буолар этэ. Кыра алаадьыга эбэтэр кириэп тооромоһугар элбэх арыыны сыбаан бэрсэллэрэ. Уокка арыыны биэрэр үгэһи харыстыахха, оннугар түһэриэххэ сөп этэ.

ТОЛУК БИЭРИИ

Сахалар былыр-былыргыттан айылҕа сүрүн тутулуктарын билэллэрэ уонна олохторугар туһаналлара билигин улахан интэриэһи үөскэтэн эрэллэр. Биир оннук олус былыргы үгэһинэн толук биэрии ааттаныан сөп.

Толук диэн туох эрэ атыытыгар, төлөбүрүгэр бэриллэр туох эрэ ааттанар. Туох барыта толук биэриигэ туттуллуон сөп. Ол аата толук биэрии диэн киһи оҥорор быһыыта айылҕаҕа үөскээн турар тэҥнэһиини аҥар өттүгэр хамсатарын эрдэттэн билэн оннугар түһэрэн биэрэргэ аналланар эбит.

Толук туттуута диэн туох эрэ туһугар тугу эмэ сүтэрии, сиэртибэлээһин аата. Айылҕаҕа туох барыта тугунан эрэ атынынан, тэҥнээҕинэн солбулларын биллэрэр.

Айылҕа былыр-былыргыттан икки өттүттэн олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын сахалар билэллэр. Хайа да өттүгэр аһара барыы айылҕаҕа табыллыбат. Ол курдук Сир Күн диэки чугаһаан хааллаҕына уотунан умайыан, онтон Күнтэн тэйэн бардаҕына космос тымныыта тоҥоруон сөп. Ол иһин сахалыы үөрэх этэринэн “Туох барыта икки өрүттээх”, «Аһара барыма», «Айыыны оҥорума», «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн быһаарыылар олоххо туттуллаллар. Хайа эрэ өттүгэр аһара барыы, айыыны оҥоруу, халыйыы аҥар өттүн диэки хамсааһыны үөскэтэр. Бу хамсааһыҥҥа эппиэттээн, онно сөп түбэһэр утары хайысхалаах хардары хамсааһыны айылҕа тэҥнэһиигэ тутуллан турарыттан эмиэ оҥороругар тиийэр. Бу дьон оҥорор быһыыларыгар утары хайысхалаах хайаан да үөскүүр хамсааһыны сахалар сэт диэн ааттыыллар.

Сахалар үөрэхтэринэн, олус былыргы кэмнэргэ быһаарбыттарынан киһи оҥорбут быһыытыгар хардары, утары хамсааһын сэт үөскүүрүгэр тириэрдэр. Ол курдук дьон-норуот үлэлэрин күүһүттэн айылҕаҕа углекислай гаас элбээһиниттэн халлаан сылыйан иһиитэ хотугу уонна соҕуруу полюстарга мунньуллар муустар ууллууларыттан уу элбээһинин үөскэтэн эрэриттэн дьон эрэйдэрэ эбиллэн эрэрин бэйэлэрэ билэр буоллулар. Ол аата дьон уһун үйэлээх үлэлэрин түмүгэр айылҕаҕа үөскээбит уларыйыылар, сахалар үөрэхтэринэн сэти үөскэтэн, халлаан сылыйыытыгар, уу элбээһинигэр тириэрдэн эрэллэр.

Киһи оҥорор быһыыларыттан Айылҕаҕа үөскүүр уларыйыылары арай толук биэрии оннугар түһэрэр диэн сахалар билэллэр. Ол аата киһи өйүнэн-санаатынан сирдэтинэн салалларынан субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын эрдэттэн билэн, олору суох оҥорор туһугар аан маҥнай тугу эмэ урутаан оҥоруохтааҕын, толук биэриэхтээҕин быһааран биллэрэр.

Онон киһи айылҕаҕа туох эмэ уларытыыны оҥоруон иннинэ, ол уларыйыыга сөп түбэһэр толук биэрэрэ көрдөнөр. Холобур, киһи алааска оттуу кэлэр. Кини оттоон, тыаһаан-ууһаан сири-дойдуну аймыахтаах, олоҕуран турбут айылҕа бэрээдэгэр уларыйыылары киллэриэхтээх. Булчут бултуу кэллэҕинэ, айылҕа булдун аҕыйатарын биллэрэн толук диэн тугу эмэ биэриэхтээх.

Бэлэх биэрэр бэлиэ сирдэр улахан суоллар кытыыларыгар бааллар. Саҥа айаннаан иһээччи ааһа барбата ордук. Суолга айаннаан иһээччи суолум, айаным табылыннын, мэһэйдэр суох буоллунар диэн айылҕаттан көрдөһөн тугу эмэ толук биэрэр.

Онон саха дьоно айылҕаҕа оҥорор уларыйыыларын тэҥнээри, толуйаары, сир иччитин уоскутаары, кыыһырдымаары, үөскээн турар тэҥнэһиини оннугар түһэрээри, туох эмэ куһаҕан содулу үөскэтимээри тугу эмэ тэҥнээҕи, сөп түбэһэри толук биэрэллэр. Айылҕаҕа сылдьар киһиэхэ уот оттон уоту, сири-дойдуну аһатыы, бэлиэ сирдэргэ бэлэх-туһах ыйааһын толук биэрии сүрүн, куруук туттуллар көрүҥнэрэ буолаллар.

Киһи Айылҕаҕа оҥорор дьайыылара кэлин, тиэхиникэ күүскэ сайдыбыт кэмигэр олус күүһүрдүлэр, куһаҕан дьайыылара кэҥээтэ. Сир баайын тоҕо хаһан хостоору күөх кырыһы алдьатан, күөх үүнээйилэри суох оҥорон хара буорунан көрдөрүү күн уотуттан сир дириҥник сылыйарын үөскэтэрэ, халлаан сылыйыытыгар сабыдыала улахан.

Айылҕаҕа мутукчалаах ойуурдар аҕыйааһыннара түһэр ардахтар, хаардар аһара элбииллэригэр уонна күүһүрэллэригэр тириэрдэн билигин ууга барааччылары аһына, көмөлөһө сатыырбыт элбээтэ.

Сир түгэҕиттэн араас радиациялаах ыарахан эттиктэри хостоон таһаарыы ордук улахан содуллаах буолара биллэр. Ол курдук сир үрдүгэр радиация тарҕаныыта улахан уларыйыылары киллэриэн сөбө быһаарыллыбыта ыраатта эрээри, соҕотох Германия республиката эрэ саҥа атомнай станциялары тутууттан аккаастанна.

Айылҕаттан босхо эрэ диэн аҥардастыы ылыы хаһан да кыаллыбат, табыллыбат. Сир баайын тоҕо хаһан хостооһунтан сир хамсааһыннара үөскүөхтэрин сөп.

Сахалар толук биэрэр үгэстэрэ айылҕаҕа үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын уларыппат, хамсаппат туһуттан оҥоруллар олус былыргы үгэс буолар. Бу үгэс киһи айылҕаҕа оҥоруохтаах уларыйыыларын эрдэттэн билэн, туох содул үөскүүрүн быһааран олору суох оҥоро сатыырыгар аналлаах. Ол курдук айылҕаҕа былыр-былыргыттан үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньата кыратык да аҥар өттүгэр хамсааһына, сыҕарыйыыта таҕыстаҕына утары өттүгэр хардары хамсааһын, сэт үөскүүрүн сахалар билэллэр. Бу хардары хамсааһыны, сэти үөскэппэт туһугар толук биэрии үгэһин тутталлар.

Онон толук биэрии диэн айылҕаны харыстааһын, хардары хамсааһыны, сэти үөскэппэт буолуу биир көрүҥэ буолар. Ол иһин айылҕаны харыстыыр санаалаахтар куруук тутта сылдьыахтара этэ. Олох сайдан, тупсан иһиитигэр уонна дьон өйө-санаата сайдыытыгар, баҕа санааларыгар сөп түбэһэр, айылҕаны харыстыырга, көмүскүүргэ аналлаах сахалар “Харыстас” таҥаралара сайдан, үүнэн иһэр кыаҕа улахан.

ҮГЭС УЛАРЫЙЫЫТА

Былыргы, сурук-бичик суох кэмнэригэр дьон олоҕо үгэстэргэ, үчүгэй үгэстэртэн үөскээбит сиэргэ олоҕуран, олортон тутуллан сайдан испитэ. Сурук-бичик, үөрэх-билии сайдыаҕыттан олох сиэрин сурукка киллэрэн суруйан сокуоннары олохтообуттара.

Сокуоннар кумааҕыга суруллуулара төһө да түргэтээбит курдугун иһин, дьон бары өйдөрүнэн-санааларынан ылынан, олору тутуһан толорор буолууларын, соннук үгэс үөскээн өйгө-санааҕа олохсуйуута, олоххо киириитэ эрэ хааччыйар кыахтааҕын таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата кумааҕыга сурулла охсубут сокуону дьон бары толоро үөрэниилэрэ син-биир уһун кэми, соннук үгэс дьоҥҥо үөскүүрүн, олохсуйарын эрэйэр. Сокуону толоруу үгэһэ бары дьоҥҥо үөскүү илигинэ, ол сокуон толоруллара уустуктары үөскэтэр, аҕыйахтар толоруохтарын сөп.

Аҕыйах ахсааннаах хаалбыт кыыллары, көтөрдөрү харыстыырга аналлаах, бултууру бобор сокуоннары син уруккуттан таһаара сатыыллар эрээри, сорохтор олору тутуспаттар, уоран бултааччылар, браконьердар син-биир бааллар.

Үгэс уларыйыыта урукку үгэһи суох оҥордоххо, умуннардахха эрэ олоххо киирэр кыахтааҕынан уһун кэмҥэ кыаллар кыахтаах. Үгэс ыл да уларыйа охсубат. Үгэс уларыйыыта дьон бары өйдөрө-санаалара уларыйан, саҥа үгэһи ылынан олору толорор буолуохтарыгар диэри уһун кэми ылар. Сэбиэскэй былааспыт эстибитэ сүүрбэттэн тахса сыллар буола оҕустулар эрээри, ырыынак өйө-санаата биһиэхэ өссө да киирэ, баайдар уонна дьадаҥылар өйдөрүн-санааларын араастаһыыларын уратылара олоххо киирэ иликтэр.

Айылҕаны харыстыыр санаабыт сылтан-сыл аайы эбиллэн иһэр. Билигин айылҕаҕа үүнэр мастар аҕыйаан истэхтэринэ, хас биирдии ыал саҥа сылы көрсүһүүгэ анаан улааппыт харыйаны кэрдэн киллэрэн киэргэтэ симииллэрэ уонна бырааһынньык ааһарын кытта таһааран быраҕан кэбиһэллэрэ сиэрэ суох быһыыга киирсэр буолбутун үгүстэр өссө да өйдүү иликтэр.

Айылҕаҕа харыйа мас үүнэрэ аҕыйаҕынан, бу мас саппааһа биллэрдик аҕыйаан, айылҕаны харыстааччылар айдааны тардыбыттара эмиэ ыраатта. Кинилэр туруорсууларынан араас көрүҥнээх бобуулары оҥорон үүнэн турар мастары харыстыы сатыыллар эрээри, бэйэлэрэ кэрдээччилэр син-биир элбэхтэр. Ол иһин үүнэн турар мастары аналлаах убаҕаһынан ыстаран харыстааһын билигин олоххо киирэн эрэр. Убаҕаһынан ыстарыллыбыт маһы кэрдэн киллэрэн сылааска, дьиэҕэ туруордахха амырыын сыты таһаарара, бу мастары кэрдибэт буолууларын чахчы үөскэтиэн сөп.

Үгэс уларыйыыта уонна саҥа үгэһинэн солбуллуута олус уһун кэми ыларынан сорохтор үүнэн турар харыйаны кэрдэн ылалларын билигин төһө да ыстарааба улаханын да иһин быраҕа иликтэр. Тыыннаах күөх мас көрүҥэ, сыта-сымара уратытынан, бырааһынньыгы тупсарарынан дьон олору ордук сөбүлүүллэр. Бу сөбүлүүр санаа үгэс буолан хаалбытын уларытыы, атын, саҥа үгэһинэн солбуйуу уустуктары үөскэтэрин тэҥэ, уһун кэмҥэ кыаллар кыахтанар.

Саҥа, олоххо туһалаах үгэс үөскээһинигэр уонна олоххо киириитигэр кыра да буоллар көмө, дьону ол диэки үтүрүйэн биэрии хайаан да баар буоллаҕына табыллар курдук. Дьон бары өйдөрүнэн-санааларынан салаллан саҥа үгэһи тутуһар буолуулара уустук, уһун кэми ылар. Ол курдук үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу эрэйи, үлэни эрэйэрэ элбэҕиттэн, тиэтэйэр, ыксыыр дьон олору оҥорордооҕор, куһаҕаны, дөбөҥнүк, эрэйэ суох оҥоруллары оҥоро охсоллорун сөбүлүүллэрэ хаһан да уларыйбат. Бу быһаарыы саҥа улаатан эрэр оҕоҕо ордук күүскэ дьайарыттан «Айыыны оҥорума» диэн үөрэх оҕо айыыны, дьон оҥорботторун оҥорон куһаҕаны элбэтэриттэн харыстыыр аналлааҕын төрөппүттэр туһаныа этилэр.

Былыргы, тыа маһа кэмэ суох элбэх эрдэхтэринэ үөскээбит, саҥа сылы көрсүһүүгэ харыйа маһы кэрдэн киллэрэн киэргэтии үгэһэ, билигин айылҕаҕа үүнэр мастар аҕыйаабыт кэмнэригэр уларыйара, атынынан солбуллара сайдыылаах олох көрдөбүлэ буолбутун таба өйдүөхпүт этэ. Үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон, сайдыбыт иһитиннэрэр-биллэрэр тиэхиникэлэри туһанан, бу хаалбыт, айылҕаҕа буортулааҕа биллибит үгэһи кылгас кэм иһинэн уларытыахтарын сөп этэ да, билигин кыалла илик.

Олохсуйбут үгэстэрин дьон бары тутуһа, толоро сылдьаллар. Ол да буоллар уһун үйэлэргэ олох бэйэтэ уларыйарынан саҥа үгэстэр үөскээннэр олоххо киирэн иһэллэр. Олох сайдан, тупсан, үөрэх-билии тарҕанан истэҕинэ былыргы, олохтон хаалбыт үгэстэр уларыйар кэмнэрэ тиийэн кэлэрин билиниэхпит этэ. Ол курдук билигин айылҕаны харыстааһын инники күөҥҥэ тахсыбытынан саҥа үгэстэри, харыстааһын үгэстэрин иҥэринии, олоххо киллэрии ирдэнэр кэмэ кэлбитин бары өйдүөхпүт этэ.

Саҥа сылы көрсүһүүгэ хас ыал аайы күөх, тыыннаах харыйаны кэрдэн киллэрэн киэргэтэн туруоруу айылҕаны харыстааһыҥҥа сөп түбэспэт. Ол иһин бу үгэһи уларытыы, саҥа үгэһинэн солбуйуу өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Сорох былыргы үгэстэр аныгы, сайдыылаах олоххо сөп түбэспэт өрүттэрэ элбэхтэр. Ол курдук билигин тииттэр, мастар кэрдиллэн бүтэн эрдэхтэринэ, аны харыстааһын үлэлэрэ ыытыллар кэмнэригэр хас биирдии үүнэн турар мас сыаналанара, харыстанара ордук этэ. Хас саҥа сыл саҕаланан кэлиитигэр дьон харыйа туруоран симииллэрэ, хас биирдии ыал аайы харыйа баар буолара үгэс буолбута олус ыраатта. Үгүс ыаллар билигин саҥа сылы көрсүһүүгэ искусственнай харыйалары киэргэтэн, симээн туһаналлара былыргы үгэһи, тыыннаах харыйатын эрэ уларытан туһаныы буоларынан былыргы үгэс тутаах өттө уларыйбакка салҕанан барар кыахтанар.

Араас суол аныгы матырыйааллартан оҥоруллубут оҥоруу харыйа элбэхтэ туһанылларыттан үгүс үүнэн турар күөх маһы харыстыырга аналланарын айылҕаны харыстааччылар туһаныа этилэр.

Сайдан, уларыйан, тупсан иһэр олоххо үчүгэй, туһалаах үгэстэри саҥалыы үөскэтэн туһаныы хайаан да эрэйиллэр. Саҥа сылы көрсүһүүгэ араас үчүгэй, оҥоруу харыйалары туһаныы сайдан иһэр дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолбутун таба өйдүөхпүт этэ.

Онон айылҕаны харыстааһын, “Харыстас” таҥара үөрэҕэ олоххо киириитэ эргэрбит, сайдан, уларыйан иһэр олохтон хаалбыт, былыргы үгэстэри уларытыыны, саҥанан, харыстыыр аналлаах үгэһинэн солбуйууну эрэйэр. Итини тэҥэ дьон-аймах үөрэҕи-билиини баһылааннар айылҕаны харыстыырга, көмүскүүргэ саҥа суоллары булан олоххо киллэрэллэрэ ирдэнэр көрдөбүл буолла.

СОМОҔОЛОҺУУ

Омук сайдыыта, ахсаана эбиллиитэ атын омуктуун холбостоҕуна эрэ үөскүүрүн сахалар былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналларын “Уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук”, “Хаан тупсарыыта” диэн этиилэрэ баара быһаарар. Биһиги сахалар уһун кэмҥэ нууччалардыын бииргэ олороммут, кинилэр тылларын, үөрэхтэрин баһылаатыбыт, ону тэҥэ, эт-сиин холбоһуута бааһынайдары үөскэтиитэ эмиэ элбэх. Арай бу икки тылланыыбыт, икки омук өйүн-санаатын баһылааһыммыт бэйэбит испитигэр хайдыһыыларга тириэрдэрин “Үс саха үөскээһинэ” диэн этии баара быһаарар.

Урукку “Үс саха үөскээһинэ” диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт курдук тус-туспа итэҕэллээх икки омук дьоно бииргэ олорон бэйэ-бэйэлэрин кытта холбостохторуна, икки омуктар үстүү аҥы арахсаллар, “Үс аҥы бардылар” диэн этии ону быһаарар. Бу арахсыы кэнниттэн хайалара баһылаан, салайан, сайдан барара хаттаан быһаарыллар кыахтанара омуктарга улахан хамсааһыны үөскэтэллэр. Омуктар сайдыыларын сокуона дьайыытын билигин, иһитиннэрэр, биллэрэр тиэхиникэ сайдыбыт кэмигэр ордук билэбит. Ол курдук бу кэмҥэ арабтар сайдар, үүнэр кэмнэрэ кэлэн, ол омуктарга улахан хамсааһыннар саҕаланнылар.

Биһиги сахалар билигин икки омук тылын баһылааммыт, өйбүт-санаабыт сайдыыта үрдүк таһымҥа тахсыбытынан, бу арахсыы кэлиитигэр нууччалары баһылыыр оруолу ылар кыахтаныахпытын сөбө билиннэ. Бу үөскээбит кыаҕы омукпут сайдыытыгар таба туһаныы биһигиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолла.

Биир санаалаах дьон бииргэ түмсэр кыахтаахтар. Сахабыт сирин харыстааһын хас биирдии саха киһитин ытык иэһэ буолар кэмэ кэллэ. Саха сирин үрэйиигэ, саха тылын мөлтөтүүгэ тула өттүттэн түһүнүү салҕанан баран иһэрин түмсүүлээх буоллахпытына, сахалыы таҥарабыт итэҕэлин оннугар түһэрдэхпитинэ, саҥа “Харыстас” таҥараны олоххо киллэрдэхпитинэ эрэ тохтотуохпутун сөп.

Биһиэхэ, Саха сиригэр өй-санаа туһунан үөрэх сэбиэскэй былаас суох оҥорбутуттан ыла хаалан, умнуллан сылдьар. Өй-санаа уратылара киһи олорор олоҕуттан быһаччы тутулуктаахтар диэн бары үөрэхтээхтэр этэллэрин биһиги эмиэ туһаныахпытын сөп. Ол курдук олох уратылара өй-санаа уратыларын үөскэтэллэрэ хаһан да хаалан хаалбаттар.

Россия киэҥ киэлитин алта гыммыт биирин ылар киэҥнээх сиргэ олорор саха дьоно бары биир тыллаахпыт иһин, бары биир өйдөөхпүт-санаалаахпыт диэн этэр кыаллыбат. Билигин ырыынак кэмэ кэлэн баай-мал үллэһиллэн дьадаҥылар уонна баайдар үөскээбиттэрин кэнниттэн, бу дьон өйдөрө-санаалара эмиэ тус-туспа арахсалларын билинэрбит кэллэ. Баай киһи «Бу үчүгэй», “Маны үтүктүҥ” диэн этэрэ уонна күн аайы туттар быһыыта дьадаҥы, үлэһит киһиэхэ хаһан да туолбат ыра санаата буолара олоххо баар буолла. Дьадаҥылар, үлэһиттэр баайдар, тойоттор араас этиилэрин ыраас мууска ылыммакка, улаханнык сиидэлээн баран, бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ талан ылан ылыныахтара этэ.

Итини тэҥэ үөрэҕи-билиини нууччалартан ылыныыбыт, барыга бары үтүктэ, батыһа сатааһыммыт биһиги биир санааланыыбытыгар улахан охсууну оҥороруттан, билигин биир санаалаах буолуубут өссө үөскүү, олохсуйа, оннун була илик. Ол аата тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаарыыбытыгар нууччалар диэки тардыһыылаах тус-туспа арахсыы баара, биир санааланыыбыт суох буолуутугар тириэрдэр.

Онон биир санаалаах, сомоҕолоһуулаах буолуубутугар, бу үөскээбит өй-санаа уратыларын таба өйдөөн олохпутугар таба туһанарбыт, туһалаах өрүттэрин булан иҥэринэрбит, сайыннарарбыт ордук этэ.

Сахаларга “Үрүҥү – үрүҥ, хараны – хара” диэн этии былыргыттан баар. “Үрүҥү, хараны сатаан араарбат” буолуу олоххо таба суолу тутуһууну, киһи буолууну суох оҥорор. Омук бииргэ сомоҕолоһуута, биир санааланыыта үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик өйдөөн араарыытыттан, олоххо туһаныытыттан, биир тылынан ааттааһыныттан үөскүүр. Ол аата, үчүгэйи, үрүҥү үрүҥ, онтон куһаҕаны, хараны хара диэһин биир өйдөбүллээх, биир тыллаах буолара уонна соннук туттуллара омук биир санаалаах, түмсүүлээх буолуутугар тириэрдэр кыахтаах.

Биир кэлим сомоҕолоһуулаах буолуубутун ситиһиигэ өйбүт-санаабыт биир буолуутун, үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик өйдөөн, ылынан, тус-туспа арааран олоххо туһанарбыт ирдэнэр. Үчүгэй уонна куһаҕан кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, уларыйан биэрэллэрин таба өйдөөн олоххо туһаныыга хайа да өттүгэр аһара барбат буолууну сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрин тутуһуу үөскэтэрин туһаныа этибит.

Онон сахалар былыр-былыргыттан тутуһар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ аан бастаан Күн уонна Сир халбаҥнаабат тутулуктарын быһаарар уонна өйгө-санааҕа сыһыаннаан куруук тутуһуллуохтааҕын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии сахалыы «ай», «айыы» диэн тылларбытыгар иҥэн сылдьар. Бу «ай», «айыы» диэн тылларбыт үчүгэйи уонна куһаҕаны холбуу, бииргэ быһаараллара икки өрүттээх өйдөбүлү үөскэтэрин уларыппакка туһаныы биир өйдөөх-санаалаах буолууну төрүттүүр.

Бу өй-санаа үөрэҕэр атын омуктартан ураты билиибитин эстибит сэбиэскэй былаас саҕаттан нууччатыйбыт тыл үөрэхтээхтэрэ уонна нуучча тылын учууталлара, учуонайдар суох оҥорор санааларын билигин да хааллара иликтэр, бу икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын билигин да уларытаары оҥостоллорун тохтотуохпут, “аньыы” диэн сахаларга суох тылы киллэрэ сатыылларын туһаныахпыт суоҕа этэ. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аҕыйах ахсааннаах омуктары симэлитэн нууччаларга кубулутуу былаан быһыытынан ыытыллан испитин бары билэбит, умна иликпит. Саха буолуу букатыннаахтык бобулла сылдьыбытын тэҥэ, саха тылын хааччахтааһын бары өттүттэн ыытыллара, тылбытыгар куһаҕан өттүгэр дьайыылаах уларытыылары киллэрбиттэрэ. Ол курдук эйэлээх буолуубутун төрүттүүр эйэ-нэм диэн этиибитин “эйэ-дэм” диэҥҥэ уларытан эйэлээх буолуубут үөскүүрүн бу дьон утараллар.

Билигин «перестройка» уларыта тутуутун кэнниттэн сэбиэскэй былаас кэмигэр үчүгэйдик, далбардана, маанылана сылдьыбыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, нуучча тылын учууталлара уонна үгүс учуонайдар билигин даҕаны оччотооҕу, сэбиэскэй кэмнээҕи үөрэҕи салҕаан иһэллэр. Учууталлар, учуонайдар оҕолору сахалыы үөрэтиини хааччахтыы, аҕыйата сатыыр буоллахтарына, суруйааччылар уонна тыл үөрэхтээхтэрэ сахалыы өйү-санааны буккуйалларын өссө даҕаны тохтото иликтэр.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн өйү-санааны быһаарар этиилэрин билбэттэрэ ордук хомолтолооҕын тэҥэ, бу билбэттэрин эдэрдэри, атын ыаллар оҕолорун үөрэтиигэ киллэрэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу биллэрэр айыы диэн тылбытын аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥороору, онтон куһаҕаны туспа арааран «аньыы» диэн саҥа тылы булан туһаннара сатыыллара олус улахан сыыһа, сахабыт тылыгар, өй-санаа үөрэҕэр буккууру оҥороллор. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ “аньыы” диэн саҥа тылы булан киһи биир баһынан, мэйиитинэн толкуйдаан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорорун бэлиэтиир айыы диэн соҕотох тылбытын икки аҥы араараары, икки тус-туспа тыл оҥороору оҥостоллор. Сахабыт тылын харыстыылларын оннугар алдьатар, үрэйэр санаалаахтар.

Өй-санаа үөрэҕин буккуйууну, айыы диэн тылбытын уларытыыны биһиги бары оҥорор, тутар үлэһиттэр, уустар утарабыт. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ иһигэр олорон кумааҕыны эрэ көрөр тыл үөрэхтээхтэринээҕэр үлэлии, ону-маны бэйэтэ тута-оҥоро сылдьар дьон айыыны оҥоруу диэн киһи билбэтин, оҥорботун оҥоруу буоларынан киһи олоҕор ордук кутталлааҕын уонна оҕону үөрэтиигэ табыллыбатын чуолкайдык арааран билэллэр, “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи бары үлэһиттэр оҕону иитэллэригэр, үөрэтэллэригэр туһаналлар.

Уһун, хас эмэ тыһыынчанан сыллар усталарыгар сахалар киһи өйүн-санаатын, саҥаны айарын бэлиэтиир тыллара биир эрэ. Бу “ай” диэн тыл буолар. Ай диэн тыл киһи санаатын быһаарар буолан үчүгэйэ, куһаҕана соччо биллибэт буоллаҕына, киһи тугу эмэ илэтигэр оҥорон таһаардаҕына, быһыыга кубулуттаҕына “айыы” диэн тылынан этиллэр. Бу тыл “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытынан бүтэрэ куһаҕан өттө улааппытын биллэрэр. Айыы диэн тылы элбэхтик туттар, улаханнык саҥарар дьон кэлин тиһэҕэр ытааһыҥҥа тиийиэхтэрэ.

Айыы диэн тыл киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыыларын өйүттэн-санаатыттан айан таһаарарын биллэрэр соҕотох тылбыт. Сахаларга бу тыл үрүҥ эбэтэр хара диэн быһаарар тыллаах туттуллара таба. Оччоҕуна эрэ киһи оҥорор быһыытын; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын биллэрэр кыахтанар.

Бэйэтэ икки өрүттээх; үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айыыны холбуу иҥэринэн сылдьар тылы сатаан саҥарбатаҕа буолан дьону албыннаан икки аҥы араарыы, саҥа тылы, “аньыы” диэни булан киллэрэ сатааһын сахалар өйдөрүн-санааларын икки аҥы араарыыга, икки бастаах дьону оҥоро сатааһыҥҥа, сомоҕолоһуубутун суох оҥорууга аналланар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалары суох оҥоро, симэлитэ сатааннар киллэрэ сатаабыт тыллара “аньыы” диэн тыл буолар. Бу “аньыы” диэн тыл сахаларга хаһан да суох этэ, ханнык да тылдьыкка киирбэтэҕэ, ону бу саҥа оҥорор тылдьыттарыгар киллэрэн эрэллэр.

Сахаларга “ан” диэн төрүттэн аны, анньыы диэн тыллар үөскүүллэр. Бу тыл өйү-санааны быһаарарга ханнык да сыһыана суох. Ол курдук «ын» дорҕоон ыгыллартан, ынчыктыыртан атын ханнык да туһалаах хамнааһыны үөскэппэт, өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох дорҕоон буолар.

Бу саҥа, урут суох тылы булан киллэрэ сатааһын сахалары үрэйэргэ, өйдөрүн-санааларын тус-туспа, икки аҥы араартыырга аналланарын билиэхпитин наада. Туспа, атын омук тылынан ийэлэрин, аҕаларын, эһэлэрин, эбэлэрин ааттыыр, нууччалар үчүгэйи “хорошо”, онтон куһаҕаны “грех” дииллэрин быһаччы үтүктэн, үчүгэйи “айыы”, онтон куһаҕаны “аньыы” диэн этэр саҥа, нууччатыйбыт омугу үөскэтээри, онон сахалары ыһаары, үрэйээри оҥостоллор.

Бу саҥа «аньыы» диэн тылы суох оҥоруу, аны туттубат буолуу сахалар үрэллэн иһиилэрин тохтотуо этэ. Өй-санаа үрэллиитин суох оҥоруу, киһи оҥорор быһыыларын барыларын; үчүгэйдэрин уонна куһаҕаннарын биир айыы диэн тылынан уруккутун курдук ааттааһын сахалар сомоҕоло-һууларыгар, биир өйдөөх-санаалаах, ол аата үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик өйдүүр түмсүүлээх омук буолалларыгар тириэрдэр кыахтаах.

Нууччалары быһаччы үтүктээччилэр саха тылын, өйүн-санаатын буорту оҥороллор, сахалары икки аҥы араара сатыыллар. Ол быһыылара остуоруйа диэн олохпут кэпсээнин саҥа “устуоруйа” диэн тылынан солбуйан, саҥа, ыраас лиистэн устуоруйалаах саҥа омугу үөскэтэ сатааһынтан биллэр. Итини тэҥэ айыы диэн тылбытын икки аҥы араарыы өйдөрө-санаалара туруга суох эдэрдэри үөскэтэн омукпут ахсаана өссө аҕыйыырыгар тириэрдиэн сөп.

Өй-санаа буккуллуута үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну икки аҥы араарыыттан, үчүгэйи атын, онтон куһаҕаны туспа тылынан ааттааһынтан үөскээн тахсар. Бу быһыы ордук улахан охсууну эдэрдэргэ оҥоруон сөп, оҥорор да кыахтаах. Ол курдук айыы диэн тылы өрө тутуу эдэрдэр үчүгэйи уонна куһаҕаны табан араарбаттарыттан элбэх айыыны, саҥаны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсоорулар сыыһа-халты туттунуулары оҥороллоро элбээн куһаҕан быһыыны элбэтэллэрин тэҥэ, айыы буола сатаан бэйэлэригэр тиийинэн эдэр олохторун кылгатан кэбиһэр кыахтаналларыгар тириэрдэрин таба өйдүөххэ.

Өйү-санааны икки аҥы арааран үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттааһын өй-санаа өйдөбүллэригэр, үөрэҕэр сөп түбэспэт, халыйыыны үөскэтэр. Киһи биир мэйиитинэн быһааран үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны, иккиэннэрин хаһан баҕарар оҥорор кыахтааҕын хаһан да буккуйумуохха, айыы диэн тылбытын икки аҥы араарымыахха. Бу сахалар былыр-былыргыттан илдьэ сылдьар ураты билиилэрэ, биһиги өй-санаа үөрэхпит төрүт тутулуга буолар. Ол иһин ордук күүскэ харыстыахпыт этэ.

Саха дьонугар урут ханна да суох «аньыы» диэн тылы булан киллэрэ сатааһын «Туох барыта икки өрүттээх» диэн төрүт билиибитин суох оҥоро сатааһын буолар. Ол иһин сахаларга олус кутталлаах, улахан сыыһа, өйү-санааны халытыы буолар. Бу тылы нууччалары быһаччы үтүктэн «грех» диэн куһаҕаны оҥорууну бэлиэтээн этэллэрин үтүктэн киллэрэ сатыыллар, сахалыы айыы диэн тыл бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан бэлиэтиирин умуннараары, суох оҥороору сананаллар.

Киһи оҥорор үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын тус-туспа тылынан ааттааһын кэнниттэн үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорор дьон тус-туспа баран арахсыахтарын сөп. Ырааҕы билгэлээн быһаардахха үчүгэй «айыы» диэн дьон уонна куһаҕан «аньыы» диэн дьон тус-туспа барыылара, арахсыылара саҕаланыыта саха дьоно үрэллиилэригэр тириэрдэр кыахтааҕа, биһиги түмсүүлээх буола, сомоҕолоһо сатыырбытыгар сөп түбэспэт.

Онон «айыы» диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын харыстааһын, уларыппат буолуу сахалыы өйү-санааны, сахалары барыларын харыстааһын, бииргэ сомоҕолооһун диэн буолар. Ити курдук сомоҕолоһуубут, биир санааланыыбыт төрүтэ ханна баарын буламмыт, сыыһабытын көннөрөр кыахтанаммыт саха дьоно үрэллибэттэрин, тус-туспа барбаттарын, биир санааланыыларын үөскэтиэхпит. “Харыстас” таҥараны үөскэтии айылҕаны харыстааһыны бастакы күөҥҥэ таһаардаҕына саха дьоно бииргэ түмсүүлэрэ, сомоҕолоһуулара кэлиэҕэ.

САХАЛАРЫ ҮРЭЛЛИИТТЭН ХАРЫСТААҺЫН

Сэбиэскэй былаас кэмэ саханы эһэр, симэлитэр үйэ этэ. Бу кэм арыыйда уһаабыта эбитэ буоллар Сэбиэскэй Сойуус бары кыра омуктара суох буола симэлийэннэр, «сэбиэскэй» омукка кубулуйбут, нууччалыы эрэ саҥарар буолуохтаах этилэр.

Сэбиэскэй Сойууска олохтоох бары омуктары холбуу буккуйа охсон коммунистар “сэбиэскэй норуоту” үөскэтэн, оҥорон таһаарар сыалларын чуут-чуут ситиһэ сыспыттара. Оннооҕор хас биирдии киһи автобуска нууччалыы эрэ саҥарарын ситиһэн испиттэрэ баара. Саха тылын суох оҥорууга тула өттүттэн барытыттан саба түспүттэрэ.

Коммунистар киэҥник, далааһыннаахтык ыыппыт сэбиэскэй норуоту үөскэтэр үлэлэригэр кыра омуктары ыһыы, үрэйии эмиэ киирсэрэ. Кинилэр бу үлэни нууччатымсыйбыт, мааныламмыт суруйааччыларынан, тыл үөрэхтээхтэринэн оҥотторо сатаабыттарын, бу дьон билигин даҕаны салгыы ыытан иһэллэр. Манна ордук саха тылын сүрүн дорҕооннорунан тутулуктарын суох оҥоруу, үрэйии, уларытыы киирсэр. Урукку кэмҥэ коммунистар салайар эрдэхтэринэ үгүс дьон олоҕун таарыйар да боппуруостарга олохтоохтортон букатын тугу да ыйыппакка эрэ үөһээттэн быһа дьаһайан оҥороллоро. Ол курдук Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр 12 ядернай дэлби тэптэриилэри олохтоох дьонтон кистээн оҥортообуттара. Балартан 3 дэлби тэптэрииттэн улахан абаарыйалар тахсаннар киэҥ сир-дойду радиациянан сутуллубута. Олохтоохтор тыаҕа өлө сытар кыыллары булан төһө эмэ этэ сатыылларын үрдүнэн, ол абаарыйалары билиммэккэлэр, тыа кыылларыгар, көтөрдөрүгэр төһөлөөх сутуллуу тахсыбыта, дьоҥҥо ханнык ыарыылар үөдүйбүттэрэ билигин да кыайан быһаарылла иликтэр.

Билигин демократия сокуоннара суолтатыгар да буоллар араадьыйа, бэчээт үлэлэрин соччо боппотторунан олохторун, үлэлэрин таарыйар боппуруостарга дьон өйүн-санаатын эрдэттэн бэлэмнээһин күүскэ ыытыллар буолла. Биһиги сахалыы саҥарар араадьыйабыт Сахабыт сирин үрэйиигэ үлэлиирин бэйэлэрэ да арааран билбэккэ сылдьаллара хомолтолоох.

Араадьыйа үлэһиттэрэ хас чаас аайы дьон бары олус кэтэһэн истэр халлаан туругун икки тылынан, сахалыы, нууччалыы этэн биэрэллэригэр Сахабыт сирин тус-туспа түөлбэлэринэн уонна илин, арҕаа, соҕуруу улуустар диэн араартаан ааттыыллара, оннук өйү-санааны тарҕаталлара омукпут түмсүүлээх, биир кэлим сомоҕо буолуутугар сөп түбэспэт.

Маннык уһун күҥҥэ биири элбэхтэ хос-хос хатыылаан биэрии дьон өйүн-санаатын сыыйа-баайа уларытан, тус-туспа барыы үгэһин дьоҥҥо иҥэрэн кэбиһэр кыахтаах. Ол аата саха дьонун түөлбэлэринэн тус-туспа араартааһын өйдөбүллэрин дьоҥҥо тарҕатыы араадьыйа көмөтүнэн ыытылла турар.

Үөрэҕи-билиини баһылаабыт саха дьоно урукку кыайа-хото үлэлиир-хамсыыр, уһанар, эргинэр, барар-кэлэр эрдэхтэринэ аҥардастыы ат көлөлөрүнэн тилийэ сүүрдэн баһылаабыт, уһун үйэлэргэ олорор сир оҥостубут сирдэрин-дойдуларын, улуустарын ханна, хайа диэки баалларын күҥҥэ уончата хатылаан ким да этэн биэрбэтэҕинэ бэйэлэрэ да билиэхтэрэ этэ. Саха дьонун түөлбэлэринэн тус-туспа араарыыга улуус уонна оройуон диэн арааран ааттааһын оруола улахан. Сахалар олорор сирдэрин элбэх ахсааннаах буоллахтарына улуус диэн ааттыыллар. Онтон нууччалар баһыйар сирдэригэр оройуон диэни ордороллор.

Олорор сири бас билиигэ, ханнык тылынан саҥаран кэпсэтиигэ элбэх ахсааннаах буолуу барыһа улахан. Сахалар түөлбэлээн олорор сирбитигэр атын кэлии омуктар ахсааннара аһара элбиирин үөскэтиэ суоҕа этибит.

Билигин Россия салайааччыларыгар Саха сирин тус-туспа түөлбэлэргэ арааран сирин-уотун хостонор баайын туһаныы былаана оҥоруллан бэлэм сылдьар курдук. Дьон өйүн-санаатын Саха сирин үрэйиигэ бэлэмнээһин эрдэттэн сыаллаах соруктаах ыытыллар. Бу дьыалаҕа Саха сирин араадьыйатын үлэһиттэрэ кыттыһан бүтэргитигэр баҕарабыт.

Хас үтүө күн аайы минньигэс саҥалаах дьахталлар алгыс тылларын араадьыйанан этэллэр. Саҥа күммүт алгыһынан саҕаланара үчүгэй. Үтүө санааны иҥэрэр алгыс хас биирдии киһиэхэ олус наада. Арай алгыска туттуллар тылларга иҥэн сылдьар өйдөбүллэрин таба туһаныы хайаан да эрэйиллэрин умнумуохха сөп этэ. Алгыска куһаҕан өттө баһыйар айыы диэн тылы туттуу өй-санаа үөрэҕинэн олус улахан сыыһа. Итини тэҥэ айыылар өлбүттэр дойдуларыгар, Үөһээ дойдуга сылдьалларынан, онно ыҥыралларынан, айыы буолууга ыҥырыы дьону өлүүгэ ыҥырыыга тэҥнэнэр олус куһаҕан быһыы буоларын араадьыйа үлэһиттэрэ арааран билиэхтэрэ этэ.

“Айыы суолун тутус” диэн алҕааһын эдэрдэри өлбүттэр, үөрдэр, айыы буолбуттар, Бороҕон Айыыта, Бахсы Айыыта өйдөрө-санаалара сылдьар дойдутугар, Үөһээ дойдуга барыыга ыҥырыы буоларын таба өйдөөн алгыска туһанымыахха сөп этэ. Айыы диэн тылы алҕааһыҥҥа туттуу айыы буола охсууга эдэрдэри тиэтэтэн, бэйэлэригэр тиийиниилэрин элбэтиэн сөп. Ол курдук билигин Саха сиригэр эдэрдэр бэйэлэригэр тиийиниилэрэ аһара элбээһинэ ити, «айыы буолуҥ, айыы үчүгэй» диэн алҕааһынтан быһаччы тутулуктааҕын төрөппүттэр билиэ этилэр.

Сэбиэскэй былаас тобохторо, нууччалыы үөрэхтэммит тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учуонайдара сахалар өйбүт-санаабыт сайдыытыгар, уһун үйэлээх буолуутугар ханнык да көмөлөрө суох, хата буккуйар, саҥа тыллары булбута буолан дорҕооннорун дьайыытын үрэйэр санаалаахтар. Айыы диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээҕин, олортон куһаҕан өрүтэ быдан баһыйарын арааран билбэт дьон, араас сымыйа ойууннар сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэр ханнык сыһыана суохтарын, көннөрү тыл үөрэхтээхтэрэ эрэ буолалларын арааран билиэхпит этэ.

Онон сахалар түмсүүлээх, эйэлээх, биир санаалаах, сирбитин-дойдубутун харыстыыр санаабыт үөскүүрүгэр уонна күүһүрэригэр элбэх соруйан оҥоруллар мэһэйдэр бааллар. Олору барыларын эрдэттэн билэн, өйбүтүттэн-санаабытыттан туоратар кыах биһиэхэ баар. Төрүт тылларбытын урукку оннуларыгар түһэрэн туһаннахпытына, дорҕооннорун дьайыытын оннугар түһэрдэхпитинэ эрэ өй-санаа туруктаах буолуутун ситиһэрбитин, уһун үйэлээх омук буоларбыт салҕанарын умнумуохха.

САХАЛЫЫ ӨЙҮ – САНААНЫ ХАРЫСТААҺЫН

Олус былыргы төрүттээх саха омук буоларбытынан өйбүт-санаабыт уратылара атын омуктартан туспа араарыллан биллэр кыахтаахтар. Ол уратылар бары холбоһон сахалыы өйү-санааны үөскэтэллэр. Сахалыы өйү-санааны харыстааһын сахалары харыстааһын буоларын таба өйдөөн туһаныахпыт этэ.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕин уратыларын атын омук тылыгар, нууччалыы эмиэ тылбаастаабат буолуу сахалыы өйү-санааны харыстыан, уһун үйэлиэн сөп. Ол курдук элбэх уратылардаах сахалыы өйү-санааны атыттар баһылаарылар сахалыы тылы үөрэтэр буолуулара сахалар элбээн иһэрбитигэр илэ тириэрдиэ этэ.

Өйбүтүн-санаабытын былдьатымыахха. Бары уһун үйэлээх кистэлэҥ билиилэрбитин атын омук тылыгар тылбаастаатахпытына, ол омук билиитэ-көрүүтэ буолан хаалара биһигини, аҕыйах ахсааннаахтары кураанах хаалларар, улаханнык ночоотурдар кыахтаах. Ол курдук аҕыйах ахсааннаахпытыттан билиибит-көрүүбүт элбэх ахсааннаахтарга тарҕанан, ыһыллан түргэнник симэлийэр кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ.

Саха омук уһун үйэлээх буолан кистэлэҥ билиитэ элбэх. Ол курдук биһиги сахалар эрэ билэр, олохпутугар туһанар ураты билиилэрбит манныктар:

1. Кут-сүр үөрэҕин оҥорор туһаныы. Киһини үс куттаах диэн быһаарыы. Киһи куттарын үс аҥы араартаан; буор, ийэ уонна салгын куттар диэн тус-туспа ааттааһын.

2. Салгын кут киһиэхэ эрэ сайдарын быһаарыы. Киһини эрэ киһи диэн ааттааһын.

3. Оҕо улаатыар диэри ситиһэр киһи буолуутун үөрэҕэ.

4. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн үөрэҕи тутуһуу. Бу үөрэх айылҕа тутулуктарынан дакаастанар уонна олоххо, туохха барытыгар дьайыыта тиийэрин быһаарыы, өй-санаа икки өрүттээҕин арыйан сахалар олоххо туһаныылара.

5. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар туһалаах икки таҥараны үөскэтэн туһаныы.

Биһиги бу билиилэрбитин олохпутугар быһаччы туһанар кыахпыт баар. Бу билиилэри сурукка киллэрии биһиги олохпут сыала буолан хомуйа, дьон билиитигэр таһаара сатыыбыт. Олус уһун үйэлээх саха омук буолуубутун, салгыы сайдар кыахпытын өйбүтүн-санаабытын харыстыырбыт, ыскайдаабаппыт быһаарар.

Сахабыт тылын төрүт тутулуктарын ситэ билбэттэриттэн сорох тылларбытын уларытаары, атын сөп түбэспэт өйдөбүллээх тылларынан солбуйа сатыыр дьон, сэбиэскэй былаас тобохторо билигин да бааллар. Сэбиэскэй былаас саха дьонун өйүн-санаатын буккуйууга оҥорбут олус улахан буортутунан сэбиэскэй норуоту үөскэтэ сатаан сахалары уонна да атын кыра омуктары симэлитии, суох оҥоруу политиката күүскэ ыытыллыбыта буолар. Бу сахалары эһэр политиканы уһун сылларга анаан-минээн ыытарга анаан сахалыы өйү-санааны буккуйууну ыыппыттара. Саха тылын сыыйа-баайа уларытан онно иҥэн сылдьар өйү-санааны буккуйууну, атын алдьатар өйдөбүллээх тыллары туһаннара сатааһыны тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдарын, нуучча тылын учууталларын уонна элбэхтик мааныланар суруйааччылар көмөлөрүнэн өй-санаа төрүттэрэ иҥэн сылдьар тылларын уларытыынан ситиһэ сатаабыттара. Ол киллэрбит, уларыппыт тыллара манныктар:

1. Сахалар эйэлээх буолууларын алдьатыыга аналлаах “эйэ-дэм” диэн холбуу этиини киллэрэн туһаннарыы, былыргыттан баар, туттулла сылдьар, эйэлээх буолууну төрүттүүр уонна харыстыыр аналлаах эйэ-нэм диэн этиини хаалларыы, умуннарыы буолар.

Саха дьоно түмсүүлээх, эйэлээх буолууларын утаран, суох оҥороору эйэ-нэм диэн эйэни харыстыыр, көмүскүүр былыргыттан туттулла сылдьыбыт этиибитин уларытан «эйэ-дэм» диэн дэбдэтэр, сахсатар, киһиргэтэр этиини туттуҥ диэн этэллэр. Бу куһаҕан «дэ» диэн киһиргэтэр, дэбдэтэр дорҕоонноох тыл дьайыытыттан биһиэхэ эйэлээх буолуубут кыайан олохсуйа илик, үрэллэ, алдьана сылдьар.

2. Туһалаах, уһуннук үлэлэнэр үлэттэн-хамнастан аралдьытар сыалтан солун диэн ону-маны саҥаны билиини биллэрэр, аһара бардаҕына солумсах диэн куһаҕан өйдөбүллээх тылы үөскэтэр тылбытын суох оҥоро сатаан “сонун” диэн саҥа тылы булан туһаннарыыларыттан дьон бытархайдьыт, саҥаттан саҥаҕа көтүөккэлээн, аралдьыйан иһэр буолуулара үөскээтэ. Солун диэн тылбытын “сонун” диэҥҥэ уларытыы дьоммутун барыларын “сонумсах” оҥордо, бииртэн-бииргэ көтүөккэлии сылдьар санаалара улаатыытыттан үлэни-хамнаһы кыайбат буолууларыгар тириэртэ.

3. Айыы диэн куһаҕан өйдөбүлэ элбэх тылы аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥоро сатааһын, куһаҕан айыыны туспа арааран “аньыы” диэн ааттааһын, өй-санаа икки өрүттээх тутулугун суох оҥороруттан туруга суох өйдөөх-санаалаах дьону үөскэтэрин саха дьонугар тарҕата сатыыллар.

Өйдөрө-санаалара буккуллубут, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну икки аҥы араарбыт, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн үөрэҕи тутуспат буолбут омуктар үөрэхтэрин быһалыы үтүктэ сатааһын сыыһа, сахалыы өйү-санааны буккуйарын табан өйдүөхпүт этэ.

«Аньыы» диэн саха тылыгар төрүт суох тылы булан киллэрээччилэр сахалыы өйү-санааны, айыы диэн тыл бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээҕин буккуйаллар, суох оҥороору оҥостоллор. Ол курдук айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх; киһи куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи оҥорор майгынын быһаарар соҕотох тылбытын икки аҥы араараары, икки тус-туспа тыл оҥороору кыһаналлар.

4. Киһи диэн өй-санаа иҥмит баар-суох өйдөөх-санаалаах киһини эрэ быһаарар тылбытын атын кыыллары кытта холбуу ааттаан, ону-маны барытын киһититэ сатаан буккуйууну оҥороллор. Ол аата сахалар киһини эрэ туспа арааран «Ким», «Кини», «Кимий?» диэн ааттаан ыҥырыыларыгар өй-санаа үөскээһинин, сайдыытын билэллэрэ иҥэн сылдьар. Киһиэхэ өйдөрө-санаалара тиийбэт бары кыыллар, көтөрдөр «Ол», «Бу», «Тугуй?» диэн ааттаналлар, оннук ыҥырыллаллар.

Ыты, араас кыыллары «кини», «уол», «кыыс» диэн киһи курдук, өйүнэн-санаатынан киһиэхэ тэҥнээн ыҥырыыны киллэрэн өйө-санаата сайдар, сайдыылаах киһини ыкка-куска тэҥнэбили нууччалары үтүктээччилэр киллэрэ сатыыллэр.

5. Остуоруйа диэн тылбытын «устуоруйа» диэн тылга уларыта сатааһын саҥа, ыраас “устуоруйалаах” саҥа омугу оҥоро сатааһын, сахалары үрэйэ, ыһа сатааһын бэлиэтэ буолар.

6. Салалта диэн салайар диэн тылтан үөскээбит салайыыны биллэрэр тылбытын “саламта” диэҥҥэ уларыта сатыыллар, тылга иҥэн сылдьар өйдөбүл уларыйарын аахсыбаттар.

Сахалыы былыр-былыргыттан баар тылы уларыта сатааһын, бу тылга иҥэн сылдьар өйү-санааны буккуйар, уларытар. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ олус кыһанан харыстыахтаах тылларын бэйэлэрэ уларыта сатыыллара кыайан таба өйдөммөт. Бу тылбытын уларытан өйбүтүн-санаабытын буккуйар, буортулуур дьону тохтотор кэм кэллэ.

Сахабыт тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит тыл буолан, онно иҥэн сылдьар өйдөбүллэр өйү-санааны кытта тутулуктаахтар, дорҕооннорун дьайыытыгар сөп түбэһэллэр. Тылы уларытыы аҥардастыы буукубаларын эрэ уларытыы буолбатах, бу тылларбытыгар иҥэн сылдьар сахалыы өйбүтүн-санаабытын буккуйуу, дорҕооннорун дьайыытын уларытыы буолар. Омукпут уларыйбатын туһугар төрүт тылларбытыгар иҥэн сылдьар өйдөбүллэри букатын уларыппакка эрэ туһаныахпыт этэ. Ол иһин сахалыы өй-санаа аан маҥнай харыстанара ирдэнэр.

7. Саха дьоно, кэлэр көлүөнэлэрэ тулуурдаах, өһөс, олох бары ыарахаттарын тулуйар кыахтарын улаатыннарар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун умуннаран, хаалларан сылдьыбыттара. Билигин, ырыынак ыарахан олоҕун тулуйар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн, үөрэтэн улаатыннарыы ирдэнэр, ол иһин бу өс хоһоонун бары төрөппүттэр оҕону иитиигэ туһаныахтара этэ.

70-тан тахса сыллар усталарыгар Россия норуоттарыгар дьадаҥылар, үлэһиттэр былаастара диэн ааттанар сэбиэскэй былаас уһун кэмнээх эксперимени боруобалыы сатаан баран кыайан табыллыбакка, сайдыбакка хаалан билигин бэйэтэ быраҕылынна, хаалла. Былаас уларыйан аны баайдар баһылыыр былаастара олоҕурда. Былаас уларыйыыта эйэлээхтик барбытынан урукку сэбиэскэй былаас үөрэхтээхтэрэ, үлэһиттэрэ бэйэлэринэн билигин да олороллор, өссө оҕолору үөрэтэллэр, ол сылдьан эрэ сахалыы өйбүтүн-санаабытын буккуйалларын тохтоппоттор. Сэбиэскэй былааһы төнүннэрэ сатыыр күүстэр, бу ордубут тобохтору туһанаары харыстыыллар, сыыһа хайысхалаах үлэни ыыталларыгар хата кыһамматтар.

Сэбиэскэй былаас дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, оҕону иитиигэ оҥорбут халыйыылара саха дьонун олохторугар туох куһаҕаҥҥа тириэрдибитин ырытан быһаарыахпыт:

1. Оҕолору атаахтатыы.

2. Үөрэҕи эрэ эккирэтии.

3. Дьахталлары кыра хамнастаах үлэһит оҥостуу.

Бу халыйыылар түмүктэринэн билигин кэлэн Россия дьоно эстэн, ахсааннара аҕыйаан, ханнык да туһалаах үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, чэпчэки үлэни, үөрэҕи эрэ эккирэтэр дьоҥҥо кубулуйдулар. Манна ордук оҕолору атаахтатыы, маанылааһын аһара барыыта быстах быһыылаах буола улааталларын сайыннаран, бэйэлэрэ оҥорор сыыһа-халты туттунууларыттан олохтон эдэр эрдэхтэринэ туоруулларын элбэтэр.

Дьахталлары кыра хамнастаах, эппит хоту сылдьар үлэһиттэргэ кубулутууну сэбиэскэй былаас үлэлииргэ көҥүлү биэрэбит, эр дьону кытта тэҥниибит диэн албыннаан олоххо киллэрбитэ. Бу көҥүл ыытыы аныгы дьахталлар үлэлээн абыраары оҕоломмот буолууларыгар тириэрдэн Россия дьоно сыл аайы аҕыйаан иһэллэрин үөскэппитин тэҥэ, дьадаҥылар буор куттара баһыйбытыттан ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолла.

Дьахталлар төрөөн абыраатахтарына босхо харчы биэрии бу халыйыы өссө улаатан, букатын аһара барбытын биллэрэр. Оҕо бэлэмҥэ иитиллэн улааттаҕына, бэлэми туһанар өйө-санаата урутаан сайдарыттан ханнык да үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт киһи буола улаатарын сэбиэскэй былаас босхоҕо үөрэтэн кэбиспититтэн ыла аахайбат буола сылдьабыт. Итини тэҥэ, аҥардас дьахталлар оҕолоноллоро элбээбитэ өйдөрө-санаалара туруга суох, үлэни-хамнаһы кыайбат эдэрдэр элбээһиннэригэр тириэртэ.

Сэрии кэнниттэн олох ыарахан этэ. Дьон чааһынайдарыгар сүрүн үлэлэрин кэнниттэн эбиискэ үлэлии сатыыр этилэр, сирэ суох эрээри сүөһү эҥин туталлара. Аныгы дьон үлэни кыайа-хото үлэлээбэт буолууларыттан билигин төһө эмэ көҥүл, сир бэриллэн, чааһынайга үлэлииргэ төһө эмэ кыах баарын үрдүнэн үлэлии-хамсыы сатыыр дьон аҕыйаан иһэллэр. Ол түмүгэр тыа сириттэн куоракка көһөн киирээччилэр элбээтилэр.

Онон олоххо сахалыы өйү-санааны тутуһуу омук сайдыытыгар, өйдөөх, үлэни-хамнаһы кыайар кэлэр көлүөнэлэнэригэр аналлааҕын таба өйдөөн олохпутугар туһаныа этибит. Сахалары харыстааһын диэн сахалыы өйү-санааны, тылы харыстааһынтан, уларыппат буолууттан саҕаланарын умнумуохха. “Харыстас” таҥара үөрэҕин сайыннарыы сахалары харыстааһыны күүһүрдүө этэ.

ИЧЧИЛЭРИ ХАРЫСТААҺЫН

Айылҕа сүрүн тутулуктарын, киһи этэ-сиинэ, өйө-санаата, куттара тус-туспаларын уонна сайдан иһиилэрин уратыларын билэр буолууттан киһиэхэ айылҕаны харыстыыр санаата улаатар кыахтанар.

Сахалар “Туох барыта иччилээх” диэн этэллэр. Бу этии сахалыы өй-санаа, кут-сүр үөрэҕинэн толору дакаастанар. Ол курдук тыыннаах күөх айылҕа бары үүнээйилэрэ, отторо-мастара, кыыллара, көтөрдөрө уонна дьонноро бары куттаахтар, өйдөрө-санаалара тус-туспатык да буоллар сайдаллар. Өй-санаа сайдыытын ситиһэр кыахтарынан тус-туспа арахсаннар, куттара тус-туспалар.

Үүнээйилэр, оттор-мастар бары эттэрин-сииннэрин хамсатарга, көрөргө-истэргэ аналлаах буор куттаахтар. Бытаан да буоллар эттэрин-сииннэрин күн уотун батыһа хамсаталлар, бааһырдахтарына оһоруналлар. Былыргылар билиилэринэн от-мас иччилэрэ “Ойуу-бичик оҕолорунан” ааҕыллаллар, оннук көстөллөр эбит. Ол барыта от-мас иччилэрэ өй-санаа сайдыытын кыра, намыһах таһымыгар сылдьалларынан, буор эрэ куттаахтарынан быһаарыллара сөп. Буор кут диэн эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьар, ону хамсатарга аналлаах өй-санаа ааттанар.

Айылҕа бары тыынар-тыыннаахтара; кыыллара, көтөрдөрө эттэриттэн-сииннэриттэн тутулуктаах, онно иҥэн сылдьар буор уонна ийэ куттаахтар. Тыынар-тыыннаахтарга икки; буор куттарын тэҥэ, өй-санаа өссө үрдүкү таһыма - ийэ куттара сайдар.

Киһи сайдыыны ситиһэр ураты кыахтааҕынан ааҕыллар. Дьоҥҥо үс; буор, ийэ уонна салгын куттара сайдаллар. Киһиэхэ салгын кута сайдарыттан өйө-санаата олус түргэнник сайдыыны ситиһэр кыахтанар. Итини тэҥэ, сахалар киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара туспа баран ыһыллалларын, үөр, айыы буолан Үөһээ дойдуга көтөллөрүн арааран билэллэр.

Аныгы наука өй-санаа бу таһымнара сиргэ-дойдуга сылдьалларын, көстөллөрүн “тонкий мир”, “фантом” диэн ааттыыр буоллулар.

Сахалар көстүбэт эйгэ диэн киһи хараҕар мээнэ көстүбэттэрин, ураты эньиэргийэ көрүҥэ буолалларын бэлиэтээн ааттыыллар.

Талааннаах экстраценстар бу эньиэргийэни билэн урукку кэмҥэ буолан ааспыт быһыылары арааран билэр кыахтанан эрэллэр. Сахалар бу эньиэргийэни былыр-былыргыттан билэн тылларыгар киллэрэн санаа диэн ааттаабыттарын билигин туһана сылдьабыт.

Эт-сиин биир эрэ үйэлээх буоллаҕына, өй-санаа, куттар төһө уһун үйэлээхтэрэ быһаарыллар кыаҕа суох. Ол курдук киһи хаһан эрэ быданнааҕыта өлөн хаалбыт киһини түүлүгэр хаһан баҕарар көрөр кыахтаах.

Айылҕаны харыстааһын сахалар кут-сүр үөрэхтэрин тутуһан сайыннаҕына эрэ табыллар, харыстыыр кыаҕа улаатар. Ол курдук сахалар үөрэхтэринэн киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туспалар. Киһи этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ өйө-санаата, куттара этиттэн-сииниттэн арахсан туспа сылдьар кыахтаналларын, үөргэ, айыыга, иччигэ кубулуйалларын сахалар билэллэриттэн айылҕаны харыстыыр санаалара ордук күүстээх.

Иччи диэн тугуй?

Иччи диэн өй-санаа баара илэ көстүүтэ ааттанар. Хараҕы көрүүттэн биллэр кыахтанар. Иччилээх харах диэн өйдөөх, болҕомтолоох, сырдык сыдьаайдаах, дириҥ түгэхтээх харах ааттанар.

Иччи биирдэ-эмэтэ илэ көстүөн сөп. Иччилээх балаҕаннар, ампаардар, хотоннор бааллара биллэр. Өлөн баран кыайан көмүллүбэккэ, хараллыбакка хаалбыт киһи уҥуоҕун булан көмөн кэбистэхтэринэ, ол иччи сүтэрэ эмиэ биллэр. Буор кут эти-сиини кытта бииргэ сылдьарыттан киһи уҥуоҕа барыта иччилээх.

Иччилээх саҥа диэн киһи өйүн-санаатын долгутар саҥа ааттанар. Саҥа дорҕоонноро иччилэннэхтэринэ киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара ордук күүһүрэр.

Иччилээх түүл диэн киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанар, хаһан да умнуллубат түүл ааттанар.

Иччитийии – арахпат буолуу, биир сиргэ эбэтэр биир киһиэхэ баайыллыы. Ыт иччитийиэр диэри төһө эмэ бириэмэ наада буолар. Иччитэх дьиэ диэн этии иччитэ суох буолбут диэн өйдөбүллээх, дьоно бары көһөн барбыттарын быһаарар.

Онон иччи диэни тылбытыгар иҥэн сылдьар өйдөбүллэрин ырытан быһаардахпытына, тыыннаах киһиттэн, дьонтон ураты, туспа сылдьар кыахтаах өй-санаа көстүүтэ буолара быһаарыллар. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, куттара туспа баран ыһыллан ханнык эрэ малга, дьиэҕэ-уокка иҥэн, олохсуйан иччи, ханна эмэ быралгы сылдьан үөр, айыы буолан өр кэмҥэ сылдьар кыахтаналлар. Ол иһин айылҕаны харыстааһын аан маҥнай иччилэри харыстааһынтан саҕаланара табылларын сахалар билэллэр.

Иччилэри, абааһылары, айыылары ахтыы, ыҥырыы, сүгүн сытыарбакка тыаһаан-ууһаан үргэҥнэтии тыыннаах сылдьар дьоҥҥо туох да үчүгэйи аҕалбат. Эдэрдэр билбэт сирдэригэр-дойдуларыгар сылдьан аһара айдаарбыттарын, оонньообуттарын, күлбүттэрин кэннэ иччилэр биллэн ааһалларын туһунан суруйуулар элбэхтэр.

«Үс сыл ааспытын кэннэ киһи уҥуоҕар сылдьыма» диэн сахалар үөрэхтэрэ тыыннаах дьону өлбүттэртэн туспа араарар, харыстыыр, көмүскүүр аналлаах. Ол курдук өлбүт дьон буор куттара көҥүл бардахтарына, тыыннаах дьоҥҥо туох да үчүгэйи аҕалбаттарын сахалар былыргы кэпсээннэрэ туоһулууллар.

«Өлбүтү кытта өлүмэ» диэн этии өлбүттэр уонна тыыннаахтар өйдөрө-санаалара олус уратылаахтарын тэҥэ, сылдьар сирдэрэ эмиэ тус-туспаларын, Үөһээ, Аллараа уонна Орто дойду диэн арахсан ааттаналларын быһаарар. Ол курдук Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр, айыы буолан сылдьар буоллахтарына, тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи Орто дойдуга эрэ олоҕун олорор кыахтааҕын билиниэхпит этэ.

Киһи буолуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу Орто дойдуга эрэ кыалларын билиэхпит, бары үрүҥ, хара айыылар Үөһээ дойдуга, киһи олорбот дойдутугар сылдьалларын арааран өйдүөхпүт этэ.

Тыыннаах дьону Үөһээ дойдуга “үчүгэй”, “айыы үчүгэй” онно барыахха диэн ыҥырыы олус куһаҕан, өлүүгэ ыҥырар быһыы буолар. Бу быһыы кыра оҕолору үөрэтиигэ туттуллар буоллаҕына, суукка бэриллэр кыахтанар. Ол курдук саҥа сайдан эрэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕо өйүн-санаатын сыыһа үөрэҕинэн буккуйуу, куһаҕан өттүгэр халытыы хаһан баҕарар бобуллар кыахтааҕын өйдүөхпүт этэ. Быһаччы эттэххэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илик оҕолору куһаҕан быһыылары, киһи оҥорбот быһыыларын, айыыны оҥоруҥ, киһи быһыытын, сиэри аһара барыҥ диэн ыҥырбыкка тэҥнэнэр быһыы буоларын төрөппүттэр билэн сыыһа үөрэҕи хаалларыа этилэр.

Өй-санаа уратыларын, Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар тугунан арахсалларын, тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи тутулун туһунан аныгы үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон билэллэрэ, олохторугар туһаналлара ордук этэ. Ол курдук бу дойдулар бэйэ-бэйэлэригэр сабыдыаллара хас киһини барыларын хаарыйар кыахтаахтар.

Былыргы христианнар абааһылары, иччилэри, үөрдэри кытта аһара куудьуспуттары, олор сабыдыалларыгар киирбиттэри, эҥэрдэспиттэри бэйэлэриттэн киэр кыйдыыллара, үүрэллэрэ. Ордук улахан сабыдыаллаахтарын тутан ылан уокка уматаллара. Ол барыта тыыннаах киһи өйүн-санаатын харыстааһынтан оҥоруллар быһыылар буолалларын өйдүөхпүт этэ.

Үөр, айыы тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһиэхэ биллиитэ суола, сабыдыала суох хаһан да ааспат. Туох эмэ соһуччу быһыы, быһылаан кэлэн иһэрин итилэр аан маҥнай биллэрэллэр. Билиннэхтэринэ туох да сабыдыала, толуга суох төннүбэттэрин билиэххэ сөп этэ.

Бүлүүһэ сүүрдүүтүгэр былыргы үйэлэргэ олорон ааспыт араас айыылары, үөрдэри ыҥырыы билигин үөдүйбүтэ куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Маны быһаарыыга А.Гаврильева “Туймаада уоттара” хаһыакка суруйбута туһалыа этэ. Алтан Айыытын ыҥыран ыйытыы кэнниттэн айанньыттар автобус абаарыйатыгар түбэһиилэрэ быһаччы сибээстээх буолуон сөп. (11,14).

Сахалар былыр-былыргыттан үөрдэри, айыылары тыыппакка, уһугуннарбакка, аймаабакка тыыннаах киһи Орто дойдуга олорор аналлааҕын этэллэр, эдэрдэр ити үөрэҕи тутуһалларыгар баҕараллар. Ону баара ол дьоммутугар бэйэлэрэ кэһэйдэхтэринэ, туохха эмэ түбэстэхтэринэ эрэ өй-санаа киирэр кыахтааҕа улахан уустуктары үөскэтэр. Автобус охтуута оннук, кэһэтэр дьайыы буолан ааспытын бигэргэтэр.

Иччилэр киһи түүлүгэр киирэн көстөллөр. Иччилээх түүллэри киһи биирдэ эмэтэ да буоллар көрөр. Бу түүллэр киһи өйүгэр-санаатыгар дьөлө хатанан өйүн-санаатын уларытар күүстээхтэрин сахалар билэллэр. Ол иһин иччилэри харыстааһын өйдөбүлэ сахаларга ордук күүстээх.

Онон иччилэри харыстааһын диэн тыыннаах күөх айылҕаны ордук күүскэ харыстааһыҥҥа, уһун үйэлэргэ уларыйбакка турарыгар тириэрдии буолар уонна «Харыстас» таҥара үөрэҕэр киирсэр.

АЙЫЫЛАРЫ ХАРЫСТААҺЫН

Үөһээ дойду өйө-санаата Орто дойдуга олорор дьон өйдөрүн-санааларын түүл көмөтүнэн салайар диэн этэр сахалар үөрэхтэрэ. Ол иһин Үөһээ дойду өйө-санаата үчүгэй, үчүгэйи оҥоруу диэки өттүгэр тардыстыылаах буоларыгар саха дьоно баҕараллар. Үөһээ дойду өйүн-санаатын харыстааһын үрүҥ айыылары харыстааһынынан ситиһиллэр.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн итэҕэл эмиэ икки өрүттээх. Бастакы, олоҕу баһылаан, сирдээн иһэр өрүтэ таҥара үөрэҕэ буоллаҕына, былыргылар билиилэриттэн тутулуктаах өттө үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанар. Үрүҥ айыы итэҕэлинэн, былыргылар билиилэрэ аныгы олоххо суолтатын таба өйдөөн олоххо туһаныыны өйдөрүн-санааларын туппут, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр, улахан дьон дьарыктаналлара туһата улаханын билиэ этибит.

Айыылар Үөһээ дойдуга олороллор диэн өйдөбүл сахаларга былыр-былыргыттан баар, урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куруук туһаналлар этэ. «Көхсүттэн көнтөстөөх» диэн этии киһи Үөһээ дойдуттан өйүнэн-санаатынан тутулла сылдьарын, ханна да арахсан барар кыаҕа суоҕун биллэрэр. Ол курдук түүлгэ куһаҕан диэн сыаналанар киһини көрдөххө туох эрэ табыллыбат буолуута, санаа түһүүтэ буолуон сөп.

Дьон олоҕо Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан олус улахан тутулуктаах. Киһини өлбүт төрөппүттэрин айыы буолбут өйдөрө-санаалара хаһан баҕарар түүлүгэр көстөн сэрэтэллэрэ, көмүскүүллэрэ биллэр. Ол иһин дьон айыылары харыстааһын уонна Үөһээ дойду өйүн-санаатын ыраастааһын диэн сиэрдэри-туомнары олохторун устата толоро сылдьаллара ирдэнэр.

1. Айыылары харыстааһын диэн итилэри үргүппэт, ыспат, ыҥырбат буолуу ааттанар. Биһиги тулабытыгар араас иччилэр, айыылар сылдьалларын билэн, олору харыстыа, уйгуурдуо суоҕа этибит.

Үөһээ дойду диэн ааттыыр, ыраах баар буолуо дии саныыр дойдубут бэйэбит тулабытыгар, эргийэн, бүрүйэн сылдьар. Көрбүөччү киһи хаһан баҕарар көрүөн, билсэ сылдьыан сөп. Үгүстэр Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта түүлү көрөн билсиһэллэр.

Айыылар диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара киһи өлбүтүн кэннэ туспа баран сылдьаллара ааттанар. Хас биирдии киһи өйө-санаата атыттартан ураты, хаһан да маарыннаабат. Ол иһин өй-санаа атыттартан уратытын, маарыннаабатын бэлиэтээн айыы буолуу диэн ааттаабыттар. Үгүс дьон айыылары, өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын кытта түүллэригэр көрсөн билсэллэр, кэпсэтиэхтэрин, араас билгэлээһиннэри кытта билиэхтэрин, үөрэҕи ылыныахтарын сөп.

Ыраах сылдьар өлбүт киһи кутун ыҥыран, чугас аҕалан араас сэрэбиэйдэри ыйыталаһыы куһаҕана элбэх. Урукку олоҕуттан хоҥнон кэлбит кут аны барымаары эбэтэр кыайан барбакка, хаалаары сорунара эмиэ баар буолуон эбэтэр ким эмэ кутун илдьэ барыан сөп. Ханнык баҕарар өлбүт киһини кытта барсыы олус куһаҕан түүл буоларын таба өйдүө этибит.

Сахалар өлбүт дьон ааттарын да улаханнык ааттаан куттарын аймаабаттар, уйгуурдубаттар этэ. Манна өлбүт киһи туһунан куһаҕаны этимэ диэн үөрэҕи сахалар тутуһаллара куһаҕан санаа арахсыбакка тардыһар дьайыылааҕынан быһаарыллар.

Айыылары харыстааһын диэҥҥэ өлбүт киһи уҥуоҕун тыыппат буолуу эмиэ киирсэр. Өлбүт киһи кута уҥуоҕун харыстыырын, тыыттахха, алдьаттахха араас тыаллары, холоруктары түһэрэрин туһунан кэпсээннэр элбэхтэр.

Киһи уҥуоҕар мунньуста-мунньуста арыгылааһын, улаханнык айдаарыы, аһара баран ытааһын-соҥооһун куту харыстааһыҥҥа сөп түбэспэт. Ол иһин сахалар киһи өлбүтэ үс сыла аастаҕына, онтон ыла уҥуоҕар сылдьыбаттар.

2. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа баран ханнык эрэ; үрүҥ эбэтэр хара айыы буолан сылдьарын бары сахалар билэллэр. Туспа барбыт өй-санаа Үөһээ дойдуга тахсар диэн, бу дойду үөһээ диэки баарын курдук этиллэр.

Киһи үйэтин тухары оҥорбут айыытын-харатын этэн өйүн-санаатын ыраастанан баран өллөҕүнэ Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас буолар аналланар. Киһи өйүттэн-санаатыттан куһаҕан санаалар ыраастаннахтарына, кимиэхэ эмэ этиллэн хааллахтарына Үөһээ дойдуга тахсыбаккалар ыһыллан, хаалан хаалалларыттан Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар кыахтанар.

Өй-санаа төһө ыраах барарын ханнык санаалардааҕа быһаарар. Ол курдук куһаҕан санаа тардыһар күүһэ улаханыттан ханна да ыраах барбакка чугас сылдьан, оннооҕор көннөрү дьоҥҥо биллиэн сөп. Өй-санаа маннык турукка киириитин үөр буолуу диэн ааттанар. Үөр аймахтарга урут-бастаан биллэр уратылаах.

Өйү-санааны үөр буолууга кубулуппат туһугар киһи өлүөн иннинэ санаата ыраас, хантан да тардыспат гына арахсыбыт буолара ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол иһин өлөөрү сытар киһи бэйэтэ итэҕэйэр, эрэнэр киһитигэр айыы этиитэ диэн сиэри-туому толороро туһалаах. Бу сахалар таҥараларын үөрэҕин сиэргэ-туомҥа кубулутан билигин православнай таҥара дьиэтэ киэҥник туһана сылдьар.

Киһи ханна да сырыттаҕына Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан кыайан харыстанан, хаххаланан хаалар кыаҕа суох, бу өй-санаа сири бүтүннүүтүн бүрүйэн турар. Үөһээ дойду өйө-санаата куруук биллэ, түүл буолан киирэ сылдьарын бары билэбит. Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүөҕэ ыҥырара элбэх буоллаҕына, сиргэ, Орто дойдуга дьон өйө-санаата тупсар, олох сайдар кыахтанар.

Киһи өлүөн иннинэ айыытын-харатын этэрэ, өйүн-санаатын ыраастыыра Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүө буоларын хааччыйарга аналлаах. Өлүөх иннинэ таҥараҕа тиксии диэн айыыны этии, бу сиэри-туому толорууга аналлаах. Ол курдук киһи санаата атын кимиэхэ эрэ эттэххэ биллэн тахсарынан, өйүгэр-санаатыгар хаатыйаланан сылдьыбыт санаалара тахсаннар киһи өйө ырааһырар кыахтанар. Өй-санаа ырааһырдаҕына, санаа-оноо туохтан да тардыспат буоллаҕына ыраах барар, тэйэр, Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар кыахтанар.

Былыргылар ити билиилэрин аныгы наука үөрэҕэ эмиэ утарбат. Ол курдук киһи өллөҕүнэ ханнык эрэ эньиэргийэ тахсан барара быһаарыллан эрэр. Бу үтүө үгэһи сахалыы таҥара үөрэҕин тарҕатааччылар туһаныа этилэр.

Онон былыргы сахалар билиилэринэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара билигин ханнык эрэ; үрүҥ эбэтэр хара айыыга кубулуйан сылдьалларынан олору харыстааһын диэни саха дьоно оҥоро сылдьыахтаахтар. Айыылары харыстааһын диэн сахалыы өйү-санааны харыстааһын, былыргыттан олохсуйбут үгэстэри, сиэри-туому тутуһуу буолар.

АЛДЬАТЫЫ ӨТТҮГЭР ХАЛЫЙЫМЫАХХА

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии дьон оҥорор быһыыларыгар барыларыгар дьайар. Дьон үгүстэрэ оҥорор быһыыларыттан хомуллан олоххо сыһыан үөскүүр уонна маннык икки аҥы арахсар:

1. Харыстааһын өттүн тутуһуу.

2. Алдьатыы өттүгэр халыйыы.

Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:

1. Ыраахтааҕылаах Россия кэмигэр сахалар олохторо харыстааһын өттүн тутуһан сайдан, ахсааннара биллэрдик эбиллэн, бары араас саҥа үлэлэри, тиэхиникэлэри баһылаан испиттэрэ. Дьон бары көрсүө, сэмэй буолууга иитиллэллэриттэн киһини өлөрүү отой аҕыйаҕа, үлэ оҥорон таһаарыыта үрдүк этэ. Билигин Россияҕа ол кэми төннөрө сатааһын ыытыллар.

Киһи буолуу үөрэҕин сүрүн салаатынан харыстааһын буоларынан киһи тугу барытын харыстыахтаах, кээмэйин билэн туһаныахтаах, нэмин билэн хамсаныахтаах. Киһи буолуу үөрэҕэ көрсүө, сэмэй дьону үөскэтэр. Маннык майгылаах дьон элбээтэхтэринэ олох харыстааһын өрүтүн тутуһан үлэни-хамнаһы сайыннарар.

Саха дьоно айылҕаттан олус улахан тутулуктаахтар. Тыа дьоно бары кэриэтэ бэйэлэрэ үүннэрэр, көрөн-истэн улаатыннарар аһылыктарынан аһыыллар. Айылҕаҕа туох эмэ уларыйыы тахсыыта бу дьоҥҥо барыларыгар дьайар, олохторун уларытар кыахтаах. Бука бары айылҕабытын харыстыырга турунар кэммит кэллэ.

Айылҕа уларыйбакка уһун кэмҥэ баар буолуон баҕарар киһи айылҕаҕа уларыйыылары киллэрэригэр олус улахан сэрэхтээх буолара ирдэнэр. «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этии туттуллара хайаан да наада буолар. Саха дьоно айылҕаҕа туох эмэ уларытыыны киллэрэллэригэр толук биэрии үгэһин туһаналлар. Ол аата бу буолуохтаах уларыйыыны эрдэттэн билэн содулун аҕыйатыы, кыччатыы ыытыллар.

2. Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥороннор киһи буолуу үөрэҕин оҕону иитиигэ туһаммат буола сылдьабыт. Саҥаны айыыны, революцияны оҥорон былааһы саа-сэп күүһүнэн былдьаан ылыы өй-санаа халыйыытын үөскэтэн «айыы үчүгэй» диэн этиигэ тириэрдибитин билигин «айыы үөрэҕэ» салҕаан иһэр. Киһи өйө-санаата алдьатыы өттүгэр халыйыыта үөскээтэҕинэ араас элбэх саҥаны, ону-маны, буолары-буолбаты айа сатааччылар, сыыһа-халты туттунааччылар үксээннэр, алдьатыыны элбэтэллэр.

Олохпут алдьатыы өттүгэр халыйан эрэрин бэлиэтинэн оҕолор дьиэлэрин, төрөппүттэрин быраҕан баран хаалыылара сыл аайы эбиллэн иһэрэ буолар. Саҥаны билиилэрэ төрөппүттэриттэн тутулуга суох буолуутун ситиһэ сатаан оҕолор дьиэлэриттэн бараллар.

Айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥорор киһи айылҕаны алдьатааччы буолар. Кини олус элбэх саҥаны айыылары оҥороруттан үгүс өттө сыыһа-халты буолан тахсаннар куһаҕан быһыыны элбэтэллэр. Итини тэҥэ айыыны оҥоруу айылҕаҕа үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын уларытар, алдьатар, айылҕаҕа хамсааһыны үөскэтэр. Айылҕаҕа үөскээбит уларыйыылар улаатаннар, араас күүстээх тыаллар, самыырдар, хаардар дьону санаарҕатар буоллулар.

Саха сиригэр химическэй завод тутуллуутун утарааччылар айылҕаны харыстыыллар, туох эмэ содул тахсан улахан уларыйыылары киллэрэриттэн сэрэнэллэр, оҕолоро, сиэннэрэ олорон хаалар сирдэрин харыстыыллар.

Саҥа, урут саха сиригэр тутулла илик химическэй заводу тутуу олус улахан саҥаны айыы буолар. Дьон хаһан даҕаны оҥорон көрө илик быһыылара буолан айыы диэн ааттанарыттан сэрэниэ этибит.

Саҥаны айыыттан олус улахан сэрэхтээх буолуохха диэн этиини билигин бары өйдөөтүбүт. Үлэлии турар химическэй заводтарга улахан да, кыра саахаллар син-биир тахсалларын билэ сылдьабыт. Билигин дьон өйө-санаата туруга суох буолууга тиийбит кэмигэр саахал буолуо суоҕа диэн ким да эрэннэрэр кыаҕа суох. Биһиги ирбэт тоҥноох сирбитигэр бу саахаллар дьайыылара олус улахан буолуон сөп. «Айыы үчүгэй» диэн этээччилэр саҥа заводу, урут саха сиригэр тутулла илик заводу туталларын өйүүллэр. Кинилэр быстах санааларыгар туох саҥа барыта «үчүгэй» курдук көстөрүттэн, туох эмэ барыс ылыахтарын саныыллар. Ол эрээри туох саҥа барыта үчүгэй буолбат уратылаах, үгүс өттүлэрэ куһаҕан буолан тахсаннар хомотоллоро элбэх. Правительствобыт дьоно саҥаны оҥорор санааларыгар саба оҕустараннар саҥа заводу тутар, саахал буолуо суоҕа диэн дьону албынныыр санаалаахтар.

Араас иннэ-кэннэ биллибэт, буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥорууттан туттунуоҕуҥ, сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрин оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныахпыт этэ. Ону тэҥэ «айыы үчүгэй» диэн албынныы сылдьар дьонтон босхолонуубут айылҕаны харыстыыр санаабытын улаатыннарыа.

Саҥаны айыыны, урут суоҕу оҥоруу урукку баары алдьаттахха, суох оҥордоххо ситиһиллэр ураты быһыы буолар. Бу быһыы былыргыттан олохсуйбут сиэри кэһэр, киһи оҥорор быһыытыгар сөп түбэспэт. Сэбиэскэй былаас урукку олох үөрэхтэрэ диэн сахалар олохторун былыргы үгэстэрин барыларын суох оҥортообута.

Билигин нууччалары үтүктэр үөрэхтээх сахалар сэбиэскэй былаас үөрэҕин салгыыр, элбэх сыыһалардаах «айыы үөрэҕэр» оҕустаран, айыы «үчүгэй» диэн сыыһа санааҕа ылларан сылдьаллар. Бу дьон айылҕаны харыстыыр туһунан тугу да этэллэрэ иһиллибэт.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥаны айа сатыыр санаалара аһара элбээн хаалан олоххо алдьатыы өттүгэр халыйан эрэллэрин сахабыт тылыгар маннык уларытыылары киллэрбиттэрэ дакаастыыр:

а. Эйэ-нэм диэн эйэбитин харыстыыр, күүһүрдэр этиибитин «эйэ-дэм» диэҥҥэ уларытаннар эйэлээх буолуубутун алдьаталлар.

б. Солун диэн саҥаны, солуну билиини биллэрэр тылбытын «сонун» диэҥҥэ уларытаннар саха дьонун барыларын солумсах оҥорон эрэллэр. Тыа дьонун уларыйбат биир үлэлэриттэн эдэрдэр барыылара үөрэҕи, саҥаны билэ сатыылларыттан ордук улахан тутулуктаах.

в. Остуоруйа диэн былыргы олохпут туһунан этэрбитин саҥа булбут «устуоруйа» диэн тылларынан солбуйаннар саҥа, ыраас лиистэн «устуоруйалаах» саҥа омугу үөскэтэр, сахалары үрэйэр, ыһар санаалаахтар.

г. Айыы диэн тылбытын икки аҥы арааран айыы уонна «аньыы» диэн икки тылынан этэн, аҥардастыы үчүгэй курдук оҥорон, сахалыы өйбүтүн-санаабытын буккуйаллар. Айыы «үчүгэй» диэн этэннэр араас буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥорор дьону элбэтэннэр олохпутун алдьатыы өттүгэр халытан эрэллэр.

Бу уларытыылары хайаан даҕаны көннөрдөхпүтүнэ эрэ олоҕу харыстааһын, көрсүө, сэмэй буолуу өттүгэр салайан биэриэхпитин сөп. Тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыттан босхолонуо, олохпутун харыстааһын, көрсүө, сэмэй буолуу өттүгэр салайыа этибит.

Саха дьонун айылҕаны харыстыыр санаалара атын омуктардааҕар улаханын өссө биллэриэхтэрэ. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр элбэх дьааты оҥорор заводу тутуу букатын да табыллыбат быһыы буолар.

Саха дьоно айылҕаны харыстыыр санааларын өссө улаатыннаран «Харыстас» таҥараны үөскэтэр кэмнэрэ кэллэ. «Харыстас» таҥара үөрэҕэ сахам дьонугар харыстааһын, көрсүө, сэмэй буолуу үөрэҕин тарҕатан айылҕаны харыстыылларыгар хайаан даҕаны көмөлөһүө.

ХОС БЫҺААРЫЫЛАР

1. Каженкин, Иван Иванович. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. – Дьокуускай: РИМЦ, 2008. – 78 с.

2. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену. – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 352 с.

3. Колосов, Федор Дмитриевич. Дьикти кэпсээннэр уонна үһүйээннэр. – Дьокуускай: Сайдам, 2009. – 176 с.

4. Макаров, Дмитрий Степанович. Избранные труды. – Дьокуускай: Сайдам, 2009. – 544 с.

5. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

6. Телепередача «НТВ». Доказательство бога. 8.08.2010.

7. Телепередача «НТВ». 10.07.2011. “Александр Невзоров против православной церкви”.

8. Каженкин, Иван Иванович. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

9. «Туймаада» хаһыат. №127. 15.11.2012.

10. Туймаада уоттара» хаһыат. №93. 22.03.2012.

11. “Туймаада уоттара” хаһыат. №49, 15.12.2011.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Айылҕа уларыйан иһэр

“Харыстас” таҥара үөрэҕэ

Айылҕаны харыстааһын

Киһи – айылҕа оҕото

Тыын харыстаныыта

Оҕо өйүн-санаатын харыстааһын

Дьон бары сөбүлүүр оҕолоро

Нэми билэн туттунуу

Харыстааһын икки өрүтэ

Тапталы харыстаа

Сыыһа туттууттан харыстааһын

Санаа уонна илэ оҥоруу уратылара

Таҥара үөрэҕэ

Итэҕэлбитин таба өйдүөххэ

Олох сыала уларыйар

Таҥара мөлтөөһүнэ

Таҥара уларыйыыта

Икки саары икки ардынан

Сэрэхтээх буолуу

Эдэрдэри харыстааһын

Эр дьону харыстааһын

Кыыс оҕолору харыстааһын

Уоту аһатыы

Толук биэрии

Үгэс уларыйыыта

Сомоҕолоһуу

Сахалары үрэллииттэн харыстааһын

Сахалыы өйү-санааны харыстааһын

Иччилэри харыстааһын

Айыылары харыстааһын

Алдьатыы өттүгэр халыйымыахха

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ