Хомус (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Айыңат хаан аймађа
Аан ийэ дайдыны
Айар күнүгэр,

Икки атахтаађы
Ийэ сиргэ
Кэскиллиир күнүгэр

Ураанхай дьону
Орто дойдуга
Олохтуур күнүгэр,-

Хохуоралаах тыллаах,
Хоңгунас тыастаах,
Холобура суох хоhоонноох
Хомус барахсан
Хомуhуннаан айбыта үhү.

Ол кэннэ таңхалаабыта үhү
Ол курдук диэн:
"Бэрт тимиринэн бэйэлээтим,
Сүдү тимирэн бэйэлээтим,

Сыыйыы тимиринэн сыңаахтаатым,
Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,
Тыйыс тимиринэн тыллаатым.

Араас омук
Альас саңатынан
Абылаан айдым,
Үгүс омук
Үгэтин-хоhоонунан
Үмүрүтэн түмнүм,

Элбэх омук
Этэр тылын
Иңэрэн биэрдим.
Тыл иччитин

Тыллаах-өстөөх
тыhы ыымыы чыычаах гынан
Тылгар сыhыардым,

Саңа дуораанын
Сайа-күдүө
Саhыаран биэрдим.гэр

Ырыа хоhоонун
Ыралаах тыллаан
Ымыы уктум.

Босхо бастаађы
Муң-сор обургу
Бођутуннаран буоллађына,
Буомурбут кутун-сүрүн
Булгута туойар буол!

Икки атахатаађы
Эрэй-буруй обургу
Иэдэтэр күнүгэр
Эңсиллибит көхсун
Эмтии этэр буол!

Саха ураанхайы
Санаа-оноо обургу
Сылатыннаран күнүгүр
Сарбыллыбыт санаатын
Саатата саңарар буол!

Тыыннаах буолар кыhалђатыгар,
Өлбөт буолар мөккүөрүгэр,-
Үлэђэ өлөн-өлөн,
Сылаађа сылдьан-сылдьан,

Тымныы кыhарыйан,
Хараңа хаайан,
Киэhээлик диэки

Оођой бараан ордууну булан,
Титирик дьэиђэ иhийэн,
Саах сыбах анныгар саhран,

Кыдьыктаах кыhын хатын
Кырыыстаах хараңатын
Кылгата сытаан,

Сордоох уhун түүнун
Оччото сытаан,

Кэпсээн кэбэлийэн,
Сэhэн эстэн,
Оонньуур уурайан,
Утуйарга улук буолан,
Аhыырга ас ађыйаан,

Санаалара сарбыллан,
Өйдөрө түмүллэн,
Көђүстэрэ чөңкүйэн,
Түөрт үөдэннэрэ бүөлэнэр

буоллађына -
Лыңкынас ырыађынан
Тыыннарын уhатаар,
Чуңкунас ырыађынан
Чуңкуктырын уђарытаар,

Дьиэрэнкэй ырыађынан
Чэңкийбиттэрин дьэгдьитээр.

Самаан сайын барахсан
Салалланкэлэн
Тымныыны тыhытытан,
Кыhыны кыайан,
Хаары хараардан,
Күөх унаар урсуннанан,
Күөх от үктэллэнэн
Көр-нар күөннэнэн,

Уйгу-быйаң олохтонон,
Кэтит-кэскил кэhиилэнэн,
Уруй-туску дођордонон,
Хоргуйбуту тоторон,
Ааспыты аhатан,
Охтубуту уотан,
Үөнү-көйүүрү үөскэтэн,
Көтөрү-сүүрэри көрүлэтэн,
Хамныыр-харамайы харайан,
Икки атахтаах
Иитимньитин тэрийэн,
Босхо бастаах
Буомун төлөрүтэн,
Саха урааңхай саргытын салайдађына, -
Туңуй ыhыађы торолутар,
Дэлэй ыыађы тэнитэр,
Эбир ырыађы элбэтэр,
Эђэрдэлээх күннэригэр
Дохсун оонньууну олохтууругар,
Үтүө үңкүүнү үөдүтэригэр
Лыңкынас тыаскынан
Ырыаларын ыллыктаар,
Хоңкунас ырыаынан
Хоhооннорун холлотоор,
Кэђэ чуураан тойуккунан
Кэпсээннэрин кэђэhирдээр ! - диэбитэ үhү Үрүң Аар тойон