Былыргы чабырҕах



Дьиибэ дии:
Дьэ били
Маа бэйэлээх
Мааны корүҥнээх,
Көстүүлээх көкөттөй –
Көстүүнэп Лөгөнтөй
Үрдэ эрэ үүт-тураан,
Анна аан-ньамаан үһү.
 
 
Бэргэһэ эрэ саарба,
Бэйэтэ саарбах,
Кэпсээнэ эрэ дэлэгэй,
Киһитинэн эрэ кэрэгэй,
Үтүөмсүйэрэ эрэ олус,
Үлэһитинэн холус,
Таһа эрэ солко,
Иһэ – хоххо,
Дьиэҕэ-уокка,
Дьиҥ олоххо
Бахтайбыт майгылаах,
Балыыҥка аҥардаах
Бэтэтрээнэн бэтэрээски,
Чугаһынан тойооску үһү.