Чуорунай муораҕа (Күннүк Уурастыырап)

Чуорунай муора, эн, халлааҥҥа харбаһа,
Хараарар баалынан харылыы сытаҕын,
Үрдүгэр өҥейбүт хайалыын хатыһа,
Өргөннөөх долгуҥҥун чөмехтөен ыытаҕын.

Кемүстээх төбөлөөх күлүмнүүр Кавкаһы
Түөһүттэн тэбинэн төттөрү тэйэҕин.
Уордайбыт сырайдаах очуостаах күр тааһы
Уураары-сыллаары сэниэҕин эһэҕин.

Кэтирээн мэндээрэр киэҥ далай киэлигэр
«Коминтерн» кириэйсэр эрдинэн тиҥийэр,
Советскай улуу сир быысаһар биэрэгэр
Кэлиини-барыыны кэтэһэн кэрийэр.

Эн үрдүк Перекоп тыастарын истэҥҥин
Өрүтэ түллэҥниир сахтарыҥ аастылар.
Килэйбит хааннары киэлигэр кистээҥҥин,
Тибиилээх кэмнэрбит мэлитэн саптылар...
   .
Мин быдан ыраахтан — кыһыннаах кыраайтан
Сүүһүнэн көстерү уҥуордаан куоһааттым,
Муустардаах байҕалым маанылаах кыыһыттан
Элиэнэ өрүстэн бирибиэт аБаалтым.

Ол өрүс — Элиэнэ эҥсиллэр сүүрүгэр
Утаппыт сүрэхпин угуттуур буоларым,
Умайар долгуннаах улахан үеһүгэр
Мин, таптаан ыллааммын, тангнары устарым.

Батталлаах баайдары бахтатан-самнаран,
Ол кыраай — мин дойдум кеҥүлү туппута.
Олохтуун, үөрэхтиин барыта барҕаран,
Октябтан ерүттэн, кыайыыга турбута.

Ол көҥүл, ол кыайыы кэскилин түмүгэр
Хоту сир уола мин бу кэлэн турабын,
Советскай сир ийэм соҕуруу бүүрүгэр
Будуллар муораны — эйигин туойабын.