Чэ, куус миигин, куус (В. Потапова)

Эргилин (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Мин билигин суруйан (В. Потапова)




Чэ, куус миигин, куус,
Орто дойдуну умуннара,
Чэ, куус миигин, куус,
Курус санаабын умуллара.
Уураа миигин, уураа
Улуу дьиктигэ угуйа,
Уураа миигин, уураа,
Улахана суох буруйа
Сүрэхпит чуор буолбутугар,
Сүппүт дьолун булбутугар...
Биһиги
Сүүрбэһис үйэ оҕолоробут,
Дирбиэннээх
Кэм кэрдииһигэр олоробут...
Ким билиэй,
Баҕар, бүгүн,
Баҕар, өйүүн,
Төннүөхпүт
Аҕабыт, ийэбит аҕалбыт
Ахталҕаннаах суолларынан,
Ол эрэн,
Тус-туспа ыллыктарынан...
Чэ, куус миигин, куус,
Орто дойдуну умуннара,
Чэ, куус миигин, куус,
Курус санаабын умуллара...