Шурале (Тукаай/Кузьмина М.И. тылбааһа)

Шурале[1]


I

Биир аул баар Казань таһыгар- ол аул аата Кырлаай.
Бэл манна куурусса да ыллыыр . . . Дьэ, дьикти да кыраай!

Ахтабын олоро сылдьыбыт аулум ыалларын;
Арыт сир таратар, бурдук да бысыһар буоларым.

Аарыма аул этэ дуо? Эчи суох, бэрт бүрэ,
Ааһар да үрэҕэ кыракый сүүрээннии сүүрдэрэ.

Умнарым кэлиэ дуо ол сири, ойуур тыа дойдутун.
Оһуордаах суорҕанныы тэлгэнэн күөгэйэр күөх отун.

Муус тымныы, уот куйаас түспэккэ, бар дьону абырыыр.
Бу дойду халлаана кэмигэр тыалырар, самыырдыыр.

Дьэдьэннээх малина тиһэллэр чараҥ, тыа дьарҕаатын,
Дьэдьэнньит иһитэ туолара ойуурга тахсаатын!

Халлааны одуулуу күөх окко сытарбын таптыырым,
Халыҥ тыа мастарын көй сэрии курдук дии саныырым.

Дьыраспыт буойуннуу дууп, липа, тэҥкэ бэс мастардаах
Тыалара тэллэйдээх, атын да эҥин сир астардаах.

Тырым күөх, кып-кыһыл, тэтэркэй сибэкки от үүнэн,
Дыргыйа устара мүөттээх сыт хонуутун үрдүнэн.

Уон араас лыах бииһэ түһэрэ, көтөрө элиэтии,
Ол аайы сибэкки симэҕэ силэллэр этэ дии.

Чубу-чуп, чыбы-чып үер чыычаах саҥата-иҥэтэ
Чуҥкуйбут дууһабын көрүнэн көччүтэр да этэ.

Музыка, циркач дьон, үҥкүү да, ырыа да үтүмэн,
Бульвара, театра, тустуук да дьонноро суох диэмэҥ!

Бу тыалар Чингисхан сэриитин кэриэтэ халыҥнар,
Муораттан да кэтит, былыттан да үрдүк курдуктар.

Арыллан көстөрө ааспыт кэм, урукку көлүөнэ,
Араас биис атаана, өлөрсүү, өстөһүү өһүөнэ.

II

Сайыҥҥы күөх тыаны ойуулаан көрдөрдөр даҕаны,
Сайаҕас тойугум хоһуйа илик хаар кыһыны,

Күһүнү, эдэр кыыс кэрэтин, сабантуй сааскытын.
Көбүтэ барыта, мин ырыам, туох буолан ааспытын!

Ахтылҕан улдьаардан кэбистэ... Ыраас лиис бэлэмниим!
Арба да Шурале туһунан сэһэргиэх буолтум дии!

Барытын умнабын Кырлаай туһунан ахтарбар,
Баалаама ол ону, этэбин ааҕааччы атаспар.

III

Номоххо кинрбит бу дьикти тыа албын да саһыллаах
Торҕон да бөрөлөөх, эмиэ да эһэчээн диэн кыыллаах.

Булчуттар үгүстүк көрөллөр тииҥи, буур тайаҕы,
Буут быстар муҥунан тэбинэр бороҥ да куобаҕы

Бу манна кистэлэҥ омоон суол, кылаат да баар дииллэр.
Бу манна баар суостаах ынырык суоллары кэпсииллэр

Абааһы, суос-суодал Шурале, иччи да туһунан
Арбыыллар-кэпсииллэр араас суол номохтор тарҕанан.

Ол кырдьык үһү дуо? Түҥ ойуур муҥура суох халыҥ,
Ол курдук, тыаҕа баар дьикти да муҥурун булбаккын.

IV

Бидэҕит үөрэммит үгэспин,— мин змиэ ырыанан,—
Билигин сэһэргиэм ол оннук биир номох туһунан

Ыйдаҥа түүн туран, джигит хап-сабар таҥныбыт,
Ыккый сие тыатыгар мае мастыы аултан тахсыбыт.

Ол тахсан, аарбаттан түһээтин, мае кэрдэн барчалыыр,
Утуйбут ойуурга сүгэтин тыастара чабыргыыр.

Тыаҕа түүн сайынын сибизһэй, сииктээх да буолааччы,
Чыычаахтар утуйан, тыа иһэ уу-чуумпу турааччы.

Джигит маc кэрдэр. Атыны тугу да аахайбат.
Тэрээк да сүгэтин чабыргыыр тыастара уурайбат.

Чуу, тохтоо! Ыраахтан туох эрэ үөгүтүн иһиттэ,
Тугуй диэн, күөрэппит сүгэтин тохтотон кэбистэ.

Соһуйдар даҕаны куоппата джигит обургу.
Суодаллан-бэкиллэн сүрэ бэрт. Киһи дуу? Кимий бу?

Илэ бу илиэһэй иччи дуу, абааһы, сибиэн дуу?
Эчи, суос да дьүһүн! Көстүүһүк эр бэрдин да куттуу.

Балыксыт күөгүтүн кэриэтэ топ-токур тумустаах,
Бакыйбыт-икийбит хап-хара илиилээх-атахтаах.

Түүн эрэ буолбакка, күнүс да куттуохха айылаах
Төлөннөөх чох курдук чолбоотуу көрбүт уот харахтаах!

Дьаабал кус сыгынньах, хатыҥыр. акыйбыт уҥуохтаах,
Намыһах сүүһүттэн тахсыбыт чөрөгөр биир муостаах.

Такыйбыт илиитэ уп-уһун уон дэгиэ тарбахтаах.
Тарбаҕын уһуна арсыын да аҥаара бадахтаах.

V

Илиэһэй уолун уот хараҕын утары одуулуу
Эр бэрдэ ыйытта: «Хайа, туох наадатын этиэҥ дуу?»

«Эдэркээн, джигит, толлума, мин, баҕар, ороспуой,
Эбэтэр сибэтиэй буолбатым эйиэхэ туох буолуой.

Иэхэйим-чуохайым да эбит эйигин көрбүтүм.
Иэритэн өлөрөр үгэһим имнэнэн үөрбүтум.

Тарбаҕым таарыйыа да тута чачата күллэриэ,
Таарыйбыт киһитин иэритэн иинигэр киллэриэ.

Чэ, нойоон, оонньуох дуу, тарбаххын хамсатан көрдөрүй.
Дьээбэлээн, күллэрэн, көһүйбүт көхсүбүн көнньүөрдүй!»

«Баҕардар, оонньуох да,— диэтэ мас кэрдээччи хардатын,—
Манныгы оҥоруоҥ этэ дуо оонньуурум манньатын?»

«Ол тугун этэ тарт, киһийдээн, оҥоруом барытын,
Уһата-кэҥэтэ барымыах көрбүтун-нарбытын!»

«Оччоҕо, чэ, иһит, туох да диэ, кыһаныам суоҕа мин
Ол сытар суон, модьу дүлүҥү эн көрөр инигин?

Ойуур тыа овцата! Хара тыа иччитэ! Кэл миэхэ,
Ол сытар дүлүҥү көтөҕөн, аарбабар илдьиэххэ!

Көр эрэ дүлүҥ суон, аппаччы хайдыбыт төбөтүн,
Күүс-күдэх муҥутаан, эн ылар инигин ол өттүн!»

Шурале көрбүт да тугун да быһааран билбэтэх,
Шурале, утарса барбакка, «сөп» диэбит ес киирбэх.

Таайдыгыт ини мае кэрдээччи бэрт албас булбутун,
Тарбаҕын Шурале хайдыбыт дүлүҥҥэ укпутун.

Шурале түөкүн ис санаатын джигит уол таайбыт
Соруйан, дүлүҥүн хайытан, ытаһа мас саайбыт

Ол ону Шурале уорбалыы, дьиктиргии барбатах,
Укпут да уп-уһун тарбаҕын төттөрү ылбатах.

Ытаһа мас мүччү ыстаммыт, ып-ыраах кыырайбыт ...
Ыпсыбыт дүлүҥҥэ шурале тарбаҕын былдьаппыт!

Албыҥҥа киирбитин дьэ билэн ыһыытыыр-хаһыытыыр,
Абырааҥ диэн бары шурале биистэрин ыҥыртыыр.

Айыытын-харатын билинэн, ааттаһар-көрдөһөр-
«Аһын даа, абыраа, үтүөҕүн төлүүрбүн өйдөөн көр!

Миигин ыыт, босхолоо, иһит даа иэйэрбин-туойарбын,
Бэйэҕин, уолгун да тыыттарыа.тыытыа суох буоларбын!

Андаҕарт да баҕар. Бары баар аймахпар кэпсиэҕим:
«Атаһым тыаларбар сылдьара көҥүл!» диэн этиэҕим.

Тарбаҕым agaй ньии! Миигин ыыт, аһын даа, абыраа!
Таах миигин сордооҥҥун, туһаны ылбаккын да санаа!»

Улуйан, оҥторон, ый да хай түһэрэн сордонор-
Ону мас кэрдээччи истибэт, дьиэлээри оҥостор.

«Иэйэрбин-туойарбын эн хайдах истибэт буолуоҥуй?
Эн аатыҥ ким диэний? Бу маннык муус сүрэх, туоххунуй.

Мин хайдах гынаммын сарсын күн тахсыыта тиийиэмий,
Миигин бу муҥнаабыт киһини ким диэммин кэпсиэмий?»

«Дьиэлиирбэр сөп буолла. Мин ааппын эн умнуо суохтааххын.
Чэ, этиим даҕаны. Былырыын этэ диэн ааттаахпын ...»

Шурале ситиһэр кыах-түгэн суоҕуттан кыһыйда-
Суланна, суҥхарда, часкыйда, ордоотуу улуйда.

«Өлөрүм буолла дии! Шурале биистэрэ абырааҥ!
Өлөрдө Былырыын, илиэһэй биир уола албыннаан!»

Шурале биистэрэ сарсыарда түмсүһэ түспүттэр:
«Сордоох, туох буолаҥҥьш улуйдуҥ? Иирдиҥ дуу? —-
дэспиттэр.-
Бырдыгын быһыма, эчи, өй мэйдээҕи дөйүттүҥ,
Былырыын буолбуту быйыл туох буолаҥҥын сөргүттүн?»


<>

  1. Шурале - тыа иччитэ