Ыйдаҥа (Ньукулай Неустроев)

ЫЙДАҤА

Ылдьаана, эдэр, сүүрбэ биэс саастаах дьахтар, caссыарда ынаҕын оннун ыраастаан баран, хотонуттан дьиэҕэ таҕыста. Ол тахсан, тиэтэйэ-саарайа сырайын, илиитин, удьааттан уутун омурдан суунна, онтон көлөһүннээх соҕус соттор былаатынан маҥан сырайын ньылаарыччы соттон кэбистэ. Онтон туран, утуйар оронун үрдүгэр мас көхөҕө ыйаанан турар caҥa сиидэс ырбаахытын, көлөһүннээх даба ырбаахытын таһынан кэтэн киэркэйдэ, маллаах дьааһыгыттан маҥан былаат ылан, баһыгар баанан, маҥхайда, ынах олооччу этэрбэһин устан, тыс этэрбэһи анньынна.Ол кэннэ Ылдьаана, көхсүн этитэн баран, түргэн соҕустук хааман тиийэн, хотон аанын өҥөйөн туран эрэ:

— Эмээхсин, мин мунньахха бардым, киэһэ кэлиэм, оҕону көрөөр, — диэн баран, таһырдьа тахса ойдо.

Ол тахсан, Ылдьаана маҥан хаарынан сабылла сытар төрөөбүт алааһын, эргичийэн, тула көрдө.

Туох да тыас-уус иһиллибэт, киһи-сүөһү көстүбэт. Ылдьаана тиэтэйбит киһи быһыытынан түргэнник, икки илиитин хардары-таары тайбаан, тыа диэки хаама турда.

Кини тахсан барарын аҕай кытта биһиккэ сытар ньирэй оҕо уһуктан, ытаан тыҥкынаата. Онуоха, өр соҕус буолан баран, холоҥсолоох хотонтон кыһылынан көрбүт, аҕыластаабыт-мэҥилэстээбит, тордох сонноох, чомпой бэргэһэлээх, атах сыҥынньах, айыы-абааһы икки ардынан эмэхсийбит эмээхсин оронон тахсан, умуллаары гыммыт уокка тоҥмут көлөһүннээх тарбахтарын саллан баран, биһиктээх оҕону биэбэйдии барда. Оҕо ытыырын оттотугар куһаҕан, киҥкир caҥa иһилиннэ:

— Бу дьахталлар, иҥин apaac буолан, аны мунньахха барабыт диэн үгэстэнэн, оҕолорун да оҕолообот буоллахтара. Оттон былыр биһиги син мунньаҕа да суох, оҕо оҕолоон cүөhү иитэн, ыал буолан олорбуппут. Дьахтарга мунньах туох сыһыаннаах баҕайытын, үлэлээбэккэ, дьиэлэрин, сүөһүлэрин-астарын көрүмнэ, мунньахтыы дии-дии, аныгы дьахталлар чолоҥностохторо үhү, — диэн, эмээхсин күтүр, үгэх иччитин курдук, үгэргээн-хоһорҕоон иһэн, туохтан эрэ иэдэйбит саҥатыттан соһуйан, орон анныгар сытар ыт оҕото, киниэхэ эккэлии-эккэлии, өрө сүүрэн тиийдэ. Бадаҕа, ньирэй oҕo тугу эрэ баакастаата быһыылаах.

Ити курдук, эмээхсин күтүр, улуу киһи, ньуу-ньаа буолан эрдэҕин саҕана, Ылдьаана, төрөөбүт алааһын сыырын өрө сүүрэн тахсан, хаҥкыйа тоҥмут хатыҥ чараҥ устун хааман истэ.

Бу иһэн, киниэхэ өйүгэр араас санаа көтөн түстэ. Урут дьахтары мунньахха ыҥырбат этилэр. Билигин туох эрэ наадаттан ыҥыран эрэр буоллулар? Дьахтар аны эр киһини кытта тэҥнэстэ дииллэр. Ол аата, туох буолуой? Былырыын кыһын биир будьуруйбут баттахтаах кыһыл нуучча тахса сылдьан, эмиэ дьахталлары мунньахтата сылдьыбыта. Ол нуучча тугу эрэ сахалыы түҥ-таҥ кэпсиэн лахсыйбыта да, Ылдьаана кыайан быһааран өйдүөбэтэҕэ. Ол кыһыл нуучча дьaxтapга көҥүл олох кэллэ, дьахтары атаҕастыыр-баттыыр сатаммат диэбитэ. Ону истиэххэ хайтах эрэ үчүгэй этэ, ол гынан баран, Ылдьаана дьиэтигэр мунньахтан киэһэ кээлтин кэннэ эрэ Сүөдэр, тыаттан мас кэрдэн киирэн, аччыктаан, чэйэ бэлэмэ суох буолан, кыыһыран, кинини кырбаабатаҕа эрэ, бэккэ диэн үөхпүтэ-түрүйбүтэ, аны мунньахха сылдьыма диэн буойбута. Ол кэнниттэн аҕыйах хонон баран, оскуолаҕа туох эрэ оонньуу буолбутугар, Ылдьаана бараары гыммытын, эрэ ыыппатаҕа. «Ол аата дуу, дьахтар көҥүлгэ тиийбитэ диэн? Билигин куораттан үөрэхтээх саха дьахтара тахсыбыт үhү. Бэйи, дьэ, кини тугу этэр эбит, истиэхпит ээ. Былырыыҥҥы нуучча саҥарбытын дьахталлар хотон өйдүөбэтэхтэрэ. Сүөдэр төһө да мөҥүө буолтун иһин, мин биирдэ хайтах дьону-сэргэни көрө барбат буолуомуй, үөрэхтээх дьахтары да көрөр туһа.

Оскуола таһыгар баар ыалга Ылдьаана сылдьан баран, дьүөгэ дьахтарын Маайаны кытта аргыстаһан, оскуолаҕа, мунньахтыыр сирдэригэр, барда. Ол баран иһэн, куораттан тахсыбыт дьахтар дьүһүнүн, таҥаһын-сабын, хайтах туттунарын, саҥарарын, сырайынан төһө үчүгэйин, урут билбит киһи быһыытынан, Маайа сиһилии кэпсээн биэрдэ. Ол кэпсээни Ылдьаана бэккэ кэрэхсии иһиттэ.

Оскуола таһыгар кэлбиттэрэ, сэргэҕэ хас да сыарҕалаах ат баайыллан турар эбит. Дьахталлар aaҥҥa тиийэн атахтарын тэбэнэ турдахтарына, дьиэттэн биир хара дьүһүннээх тэллэх ыта сүүрэн тахсан, туох да эппиэтэ суох, үрэн ньолугурата-ньолугурата, Ылдьаана куобах истээх билиис сонун тэллэҕиттэн ытыран баран, тэбинэ-тэбинэ татта. Онуоха дьахталлар, соһуйан, мээлэ xahыытаcтылар. Хаһыыны истэн, дьиэттэн остуорас уол ойон тахсан, тэллэх ытын саҕатыттан ылан баран, ыраах чигдигэ кыыратан кэбистэ. Онуоха тэллэх ыта, көрдьүөбүппүн ыллым ээ диэх курдук, саҥата суох ханна эрэ наадатыгар сүүрэн бэйбэрийэ турда.

Дьахталлар, сааҕынаан-суугунаан, дьиэҕэ киирдилэр. Ылдьаана, бэргэһэтин, былаатын устан баран, өйдүөн көрбүтэ, аан хоско хас да дьахтар кэлэн олороллор эбит.

Дьэ, бары табаах тардан унаарытыы, сорохтор ис хос ааныгар үмүөрүһэн, тугу эрэ көрөллөр. Мунньах эрэ иннинэ, аргыый аҕай үөмэн, сэрэммит киһи быһыытынан Уһун Дьурантаайы диэн ааттаах кырдьаҕас акыҥнаан киирдэ. Туох да эппиэтэ суох, оҕонньор, бэргэһэтин устан баран, анараа хоско үөмэн киирэ турда. Ол киирэн баран, уҥа муннук диэки өрө көрөн туран, тaҥapaҕa кириэстэннэ.

— Бу оҕонньор дьахтар мунньаҕар эмиэ тоҕо кэллэ? — дэстилэр дьахталлар.

— Бэй, хайтах кэлбэт буолуомуй?! Ол курдук кистэлэҥнээх мунньах дуо? Куоластаах киһи, син сылдьар ини, — диэн баран, оҕонньор, устурууктар дьахтарга тиийэн, дорообо биэрдэ, oл кэннэ эттэ:

— Дьэ, эн, табаарыс устурууктар, кэпсээниҥ? Туох сонун баарый? Куорат хайтах-туох олорор? — диэн, кэпсэтэн истэҕинэ, дьахтара, халыр-мулур кэпсэтэн баран, туран мунньахтыыр хоско киирэн барда. Кини кэнниттэн дьахталлар эмиэ батыһан киирдилэр.

— Табаарыстар, олорон кэбиһиҥ, — диэтэ учуутал, тoҕo эрэ күлэн баран. Онуоха дьахталлар бары тула олорон кэбистилэр. Биһиги Ылдьаанабыт дьон кэнниттэн устурууктар дьахтары тобулу одуулаһа олордо.

«Барахсан тaҥaha-саба тоҕо баҕас ырааһай, бэйэтэ даҕаны дьүһүнүнэн богдо coҕyc кыыс эбит, Дьэ, тугу эрэ этэн тaһaapap» диэн, кини чөрбөйөн иһиллээн олордо. Биир аҕамсыйан эрэр дьахтары, мунньаҕы салайдын диэн, бириссидээтэл таллылар, учууталы көрдөһөн, суруксут оҥордулар. Бириссидээтэл талбыт дьахталлара, аргыый аҕай сыылан кэлэн, остуолга чөмчөйөн олорон кэбистэ. Дьэ, били устурууктар дьахтар туран араатардаабытынан барда. Кини этэрин былаанын тухары дьахтар урукку кэмҥэ батталга олорбутун, аны хайтах сэбиэскэй былаас туругуран, дьахтар эр киһини кытта тэҥнэспитин, быһатын эттэххэ, наар дьахтары хайҕаан, кичэйэн, бэккэ диэн сүрэҕиттэн-быарыттан санаан, кыһанан туран эттэ. Дьахталлар астыннылар быһыылаах. «Дьэ, үчүгэйдик да ыпсаран этэр кыыс, доҕор, — диэн, Ылдьаана иһигэр хайгыы олордо. — Үөрэҕэ да бэт буоллаҕа!» Устурууктар этэн бүтэрбитин гэннэ ыйытыы буолла. Инники олорбут дьахталлар ону-маны мээлэ ыйыттылар. Ылдьаана эмиэ тугу эрэ ыйытаары гынан эрдэҕинэ, Уһун Дьурантаайы оҕонньор дьон кэнниттэн көкөс гына уһулу ойон туран эттэ:

— Эн, табаарыс устурууктар, ити дьахтар эр киһини кытта тэҥнэһэр диэн этэҕин, дьахтар үтүөтүн таһаараҕын. Ол гынан баран мин биир суолу эйигиттэн ыйытаары гынабын. Ол сөп буолуо дуо?

— Дьэ, тугу ыйытаары гынаҕын, эт, — диэтэ устурууктар.

— Ээ, ити оҕонньор туох эрэ дьиибэни ыйытаары гынара буолуо! Сымыйанан киниэхэ тылы көҥүллээтиҥ, — диэн, учуутал сибис гынан эттэ. Ол икки ардыгар, кырдьык, учуутал эппитин курдук, Уһун Дьурантаайы бэт быдьардык ыйытта. Онуохаҕа дьахталлар саҥалара аймана түстэ, устурууктар буоллаҕына, кыыһыран, иҥин хаана кытарда. Онтон, туох да бокуойа суох, дьахталлар оҕонньору таһырдьа анньарга эттилэр. Инньэ гынан Уһун Дьурантаайы оҕонньор куукунаҕа унньулус гынан хаалла. Кини тылыттан дьахталлар бэккэ диэн өһүргэннилэр, абардылар. Бириссидээтэл дьахтар Уһун Дьурантаайы куһаҕанын хостоон этээри гыммытын, устурууктар дьахтар буойан кэбистэ. Ол аймааһын кэнниттэн мунньах сүнньүнэн барда. Дьахталлар мээлэ элбэҕи кэпсэттилэр. Устурууктар дьахтар, сайдан туран, Лиэниҥҥэ, Үһүс Интэрнэссийэнээлгэ тиийэ сэһэргээтэ. Дьахталлар истэриттэн нэһилиэк сэбиэтигэр хандьытаат туруоттаатылар. Ылдьаананы хандьытаакка эмиэ туруордулар. Ону кини, эрим сөбүлүө суоҕа дии санаан, аккаастанан көрбүтүн ылымматылар. Киэһэ, хараҥа буолуутун саҕана, Ылдьаана дьиэтигэр кэллэ. Эрим кыыһыран мөҕөр эрэ диэн, куттана-куттана, дьиэтигэр киирдэ. Эрэ дьиэтигэр суох эбит, арай ньаадьыта Ааныска эмээхсин кэлэн хоно сытар эбит.

Дьэ туран Ылдьаана, мунньахха сылдьыбыт киһи быһыытынан, тугу истибитин сиһилии кэпсээн биэрдэ. Ааныска эмээхсин ордук устурууктар дьахтар хайтах дьүһүннээҕин, хас хос ырбаахылааҕын, этэрбэһигэр тиийэ, биринчиктээн ыйытта. Уһун Дьурантаайы оҕонньор ыйыппытын истэн баран, эмээхсин туораттан кыһыйан, кини куһаҕанын барытын хостоото.

Оттолуу, чэй иһэ-иһэ, сэһэргэһэ олордохторуна, хотоҥҥо cүөhү тыаһа тиҥинээтэ, абааһы эмээхсин өлөр саҥатын саҥарда. Онтон соһуйан, утуйа сытар биһиктээх оҕо ытаан ньырылаата, ыт оҕото эмиэ үрэн ньаҕыйда. Ылдьаана хаһыытаабытынан xoтоҥҥo ыстанан киирдэ, ньаадьы Ааныска оҕону көрө барда. Күннээҕи кыһалҕа кыһарыйбытынан бардаҕа...

1926 с., 4-с Байаҕантай нэһилиэгэ