Эмиэ мин дьиэтэ суох истииҕим... Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Ардах иннинэ



Ырыачаан


Хатыҥ ойуур, харыйа
Быыстарынан халыйар
Үрүйэчээн үрэҕим
Тоҕо миигин үүрэҕин?

Манна күүппэт этим дуо
Маҕан күнүм киирэрин?
Баҕар этиэм этэ… Суох!
Түргэн тыыбын миинэбин…

. . . . .

Үрүҥ туман устара
Үөһэ тахсан уостара…
Эрэй тылын истибэт
Эдэр саастаах этибит…

. . . . .

Эмиэ күнүм киириитэ
Бүгүн ыраах устабын,
Үрүҥ туман кэриэтэ
Үөһэ тахсан уостабын…


1941