Ырыаһыт Бүөтүр Черныхха (Алампа)

Ырыаһыт Бүөтүр Черныхха


Күн сирин күчүмэҕэй олоҕун
Күһэлтэтигэр күөйтэрбэккэ,
Көҥүл күүстээх өйдөнөҥҥүн,
Ийэ дайды эрэйдээх олоҕуттан иннибэккэ,
Эпчиҥнээх эгэлгэ санааланаҥҥын,
Оҕо буолан төрүөххүттэн
Оонньуулаах олоххо оҕустарбакка,
Ордук уус тылланаҥҥын,
Ыарыһах бэйэҕин кымаардаабакка,
Ыраас кумааҕыга
Ыар-дьиппэ санааҕын,
Ыарахан, дириҥ өйгүн
Саас-үйэ тухары
Өлбөт диэн үйэлээх,
Эргэрбэт диэн бэйэлээх,
Эгэлгэ хоһоон оҥорон тэлгэттиҥ.
Ол да иһин,
Эн ыллыыр ырыаҥ,
Эн туойар тойугуҥ,
Нуучча омук оонньуур
Тыһы кыл куоластаах
Кырыыппатын курдук.
Мин
Чой-бараан оройбор
Чуораадыйан иһиллэр.
Эн
Орто дойду оло5ун,
Сир-дойду киэбин
Көстүбэт күүстээх өйгүнэн
Сир сибэккитигэр дэгийэн,
Муора долгунугар до5уйан,
Ыраас тылгынан ыпсаран,
Дьоллоох куоласкынан тупсаран,
Ырыа ырааһын ыпсаран,
Тойук дьоһунун холбоон, -
Ким да
Туора хаама илик
Нуудара ойуурун туораан,
Хаһан да
Хайа хардыылана илик
Халыҥ хаары хардыылаан,
Туох да
Туоруу илик
Тон муоратын туораан,
Хара былыт курдук
Хаххалаан турар
Хара тыалары,
Халыҥ ойуурдары,
Харса суох
Хайыта хаамыталаан,
Халтаҥ сири булан хайҕаттыҥ.
Ол да иһин,
Этэр тылын кимиэлээх,
Ыллыыр ырыаҥ,
Ырыҥалаан көрдөххө,
Ынчык быластаах эбит...
Онон буоллаҕына,
Дьокуускай уобалас
Дьоһун сибэккитин холбооттоон,
Арааһынай маһын наардаан,
Атаҕа-илиитэ суох
Айаҕынан саҥарар оҥорбут,
Өлөр-сүтэр үйэтэ,
Кырдьар-буорайар сааһа суох гына
Кырыыппаны онорбут
Хамныыр хартыынаһыта,
Бэрт мэтириэтчитэ,
Эн бааргын.
Онон
Ис сурэхпиттэн
Эҕэрдэни эттим,
Саргыны санардым.


1914