Кэлиилээх-барыылаах
Улахан дойдуга
Кытыастар тылларбыт
Көрүлүүр долгуна,
Ойуулаах-оһуордаах
Уус-уран олохтон
Бэйэтэ тарҕанар,
Киэҥ толоон уҥуортан,
Баай хара тыалартан
Бааллыра барҕарар.
Холобур, бу киэһэ
Хоспор мин олорон,
Уобарас миҥэтин
Оҕуурдаан ыламмын,
Оҥорон, чочуйан
Ырыабар көлүйдүм,
Уоттааҕар дохсуннук,
Тыаллааҕар сытыытык,
Муҥутуур түргэнник
Буурҕалыы көтүттүм.
Түргэнник, түргэнник
Төгүрүк өттүттэн
Түөрт саҕах салгынын
Дуоратан, доргутан,
Ынаҕы, сылгыны,
Хара тыа табатын,
Халыҥ сис тайаҕын
Үргүтэ-үргүтэ
Үрэҕи өҥөйөр,
Тайҕаны дабайар
Дарбааннаах ырыаны
Суруйдум дии санаан
Суоһуран кэбистим.
Бу курдук үчүгэй
Сүөгэйдии миньньигэс
Сөп-сөрүүн түүннэргэ
Сүрэхпэр тыын туолар, -
Ырыабар тыл туолар
Үрдээбит үөрүүбүн,
Саньньыйбыт санаабын
Уустуктаан этэрим
Ырыам диэн аатырар.
Саныыбын оччоҕо:
Мин поэт эбиппин,
Дьиктилээх лирикам
Умайар уотунан
Иириэхпин иирбиппин,
Муҥура суох ыраас
Муҥутуур санаабын
Эгэлгэ тылбынан
Этиэхпин эппиппин!