ЭКЗАМЕН ИННИГЭР (сэһэнтэн быһа тардыылар)

уларыт

Яков сынньалаҥ пааркатын үрдүк кирилиэһин өрө тахсан иһэн, сүһүөҕэ кыратык мөҕөн ыларын билбитэ. Төһө да наҕыл, чуумпу киэһэ сатыылаабытын иһин, кини кулгааҕар куугунас, метеорологтар этэллэринии, сиккиэр тыаллаах этэ. Касса иннигэр уонча киһи кэтэһэ туралларын көрөн, кини, поэт муҥутаан, «саахарга сыстыбыт сахсырҕаларга» тэҥнии санаата. Кини ол «сахсырҕалар» аайы кыһаллыбакка ааһа баттаан, паарка аанын анньан көрбүтэ, аан бэриммэтэ. «Туй-сиэ, эрдэ кэлэн хаалбыт эбиппин!» — дии санаата кини.

Паарка аһылла илик эбит. Киһи төттөрү эргиллэн, биир сиргэ кыайан тохтообокко, тула халаара сырытта. Биир да билсэрэ түбэспэтэ. Тулуйуо, тэһийиэ суох курдук буолан барда. Онтон мустубут дьонтон ойдом, паарка аанын быыһынан антах, иһирдьэни одуулуу турар кыыһы көрдө. Маҕан холуста ырбаахы сайбаҕар киэҥ бүлгүнүгэр олорбут бөдөҥ, бүп-бүлтэркэй дьэрэкээн ойуулар биһиги киһибит хараҕар быраҕылла түстүлэр. Оттон кылабачыгас буп-будьурхай баттах ахса суох элбэх аптаах, нарын утахтара араастаан сарбынньахтанан кэлэн, ол чөҥөрүспүт ойуулар аттыларыгар кэккэлэһэн, туох эрэ кэрэни, сонуну санаталлара. Онуоха эбии ол баттах, ойуу-оһуор сиэхтээх ырбаахы иччитэ бэйэтэ дьүһүннүүн, уҥуохтуун-иҥиэхтиин нуоҕайан-нусхайан тураахтыыра — ити барыта маннык бэйэкээннээх чуумпу, сөрүүн киэһэҕэ эмискэ тосхойор дьол сүрэ бэйэтэ-бэйэтинэн субу кэтэһэ-кэмчиэркии, ыҥыра-тарда турарга дылы этэ. «Тыый, хайдах маннык бэйэлээҕи аныаха диэри көрбөккө сылдьыбыппыный?!» — диэн сөҕө санаата киһи.

Биһиги киһибит атын бириэмэтигэр, өйдөөҕөр-төйдөөҕөр, кыыһы хайдах көрүө эбитин мин билбэтим, оттон ити этиллэр кэмҥэ кини өйүгэр кыыс итиччэ киэркэйэн, тупсан көстүбүтэ үһү... «Хайдах, тоҕо эмискэтэй?.. Көрдө көрөөт дуо?» — дии саныы-саныы, киһи кыыһы супту одууласпахтаата. Эмискэ күөдьүйэр таптал биитэр онуоха маарынныыр туох эрэ туһунан кини ааҕара да, соччо итэҕэйбэт этэ. Дьэ ол бэйэтэ бу кэлэн хаптаран эрэр. Киһи онтон куота, аралдьыйа таарыйа, онон-манан тумна хаампыта, төгүрүйбүтэ буола сатаата да — суох, туһа тахсыбата. Кини өйүн-санаатын, дууһатын туох эрэ биллибэт күүс туһааннаах биир сиргэ булгу ытыйан аҕала турар. «Кыыс буолбатах, буруу!» — дии санаата Яков уонна эрдэ-сылла ол бурууга бэйэтэ киирэн биэрэргэ сананна. Кини чугаһаан, кыыс одуулаһа турар сирин диэки кыҥастаһа сатаата да, им-ньим барыһан турар бэстэр төрдүлэриттэн атыны арааран көрбөтө.

— Барышня, эн паарка айылҕатын олус да таптыыр быһыылааххын?

Кыыс саҥа хоту аат аҕай харата эргиллэн, киһини букатын улахаҥҥа уурбатахтык көрөн аһарда уонна туох да саҥата суох төттөрү хайыһан кэбистэ.

— Сэрэйбит сэрэх!.. Сааһым тухары сирдэрбит муҥнаахпын. Хата, эн сөбүлээн кэпсэппитиҥ буоллар, мин оччоҕо соһуйуо этим! — диэн биһиги киһибит курутуйар дуу, оонньуур дуу былаастаан аргыый ботугураата. Кыыс, итини истэн, биллэр-биллибэтинэн мүчүк гынан аһарбытын көрөн, киһи эр ылла.

— Барышня, эн тоҕо соҕотоххунуй?

— Хайдах?.. Мин дьүөгэлэрбин күүтэбин, — диэтэ кыыс балачча сымнаабыт куолаһынан.

— Кэлиэхтэрэ суоҕа! — сүр эрчимнээхтик быһа баттаан хардарда эдэр киһи.

Бэккиһээбит харахтар ити тылтан чаҕылыс гына түстүлэр.

— Эн ону хайдах биллиҥ?.. Чэ, ол эрээри баҕар буолуон да сөп, — диэтэ кыыс истиҥник.

— Мин эмиэ... табаарыстарбын күүтэ сатаатым.

— Кэлиэхтэрэ, эрдэ буолбат дуо?

— Суох, кэлбэттэр! — киһи баһын быһа илгиһиннэ.

Инньэ диэн баран, кини доҕотторо кырдьык кэлбэттэрин көрдөрөөрү, икки илиитин нэлэс гыннаран, кураанах салгыны баспахтаан ылла. Кыыс онуоха тугу да утарбата, эргийэн, иэдэс да биэрбэтэ.

— Быһата, мин алҕаһаабатах буоллахпына, эн биһикки бу киэһэ иккиэйэх буоллубут быһыылаах. Оттон дьон мустар сиригэр чороҥ соҕотох сылдьар соччо бэһиэлэйин мин истэ да, көрө да илик этим. Баҕар, эн истибиттээх буолуоҥ?..

Кыыс итиннэ эмиэ саҥата суох мичик гынан ылла. Яков санныттан хайдах эрэ сүгэһэрэ түһэргэ дылы буолла... Бу да буолбатар, муҥ саатар, кыайыы аҥаара, чиэппэрэ, уон гыммыттан биирэ буолуон сөп.

Ити кэнниттэн Яков аны соҕотоҕун сылдьар куһаҕанын өйдөтөн киирэн барда. Бэйэтэ да кини тыла тахсар киэһэтэ буолан биэрдэ. Кини да буолбатах, атын ким эрэ уус тыллаах устар ууну сомоҕолоон эрэрин курдук, бэйэтин тылын бэйэтэ иһиллии, бэккиһии турда...

Кыыс, хаста да күүскэ дьигис гынан, күлэн ылбахтаата. Кинилэр балачча кэпсэттилэр. Кэпсэтэн да диэн, үксүн биһиги киһибит араатардаан таҕыста. Истээччитэ төһө да маҥнай диэки тоҥкуруун курдук буолтун иһин, кэннэкинэн аламаҕай, киһи сүбэтин-аматын ылынымтыа, тылыгар кииримтиэ буолан истэ...

— Эн дьүөгэлэриҥ кэлбэтилэр, мин табаарыстарым биллибэтилэр. Онно биһиги туох буруйдаах буолуохпутун сөбүй? — диэн биһиги киһибит ыйытта. Кини ыйыппыта муодатыттан кыыс мунчаарбыттык мүчүйэ түһэн баран, саҥата суох турда.

— Миэхэ маннык сүбэ баар. Бачча ыраах сиргэ тахсыбычча бу киэһэни иккиэн күүспүтүн холбоон бииргэ атаарыах. Эн санааҕар?

Кыыс итиниэхэ хап-сабар эппиэттээбэтэ, саарбаҕалаан умса тутунна.

— Эйигин билбэппин ээ, — диэтэ кини турбахтаан баран.

— Ол улахан буолбатах. Өстүбэһэ, эйиэнэ аатыҥ ким этэй?

— Таня...

— Оттон миэнэ Яков... Яша... Бүттэҕэ ити дии. Биһиэхэ сахаларга киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн билсэр диэн өс хоһооно баар, — диэн Яков маҥнайгы билсиһиини түмүктээтэ.

Биһиги дьоммут ити курдук билистилэр.

Ити икки ардыгар дьон элбээбит эбит. Паарка ойоҕос аана тэлэллэ биэрдэ. Ол хороон устун аргыый кутуллан киирэн бардылар мустубут дьон. Болтуо уонна бинсээк, ырбаахы уонна былаачыйа ахса суох эҥин эгэлгэ өҥнөрүн ахтыбатахха, үрдүк каблуктаах моднай туфлятыттан бастыы салтаҕар саппыкытыгар, бэл диэтэр, хам-түм көстүтэлиир саары этэрбэһигэр, тэллэҕэр сэлээппэлэриттэн эргэ киэпкэтигэр тиийэ сүүс араас күндү-көйгө, үтүө-мааны таҥастаахтар — быһата ким хайдах сатыырынан уонна төһө кыайарынан киэркэйэ сатаабыта бука барыта бииргэ былаахсан, эриэн ситии курдук хатыллан, синньээн-соноон, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн, долгуйа устан киирэн барда.

Сибилигин аҕай ньимийэн утуктуу турбут паарка иһэ, онно кэккэлии аспыт халыҥтыа мастарыныын бары тиллэннэр, сүүс аҥыы тус-туспа бытарыспыт, быдаммыт куоластар барылара бииргэ бөлүөхсэннэр, биири чуолаан, биир куолас буолан сипсиһэн-сибигинэһэн, сөтөллөн барбыт курдуктара... Ол долгун быыһыгар кыбыттан биһиги дьоммут, тоҕонох тоҕонохторуттан сиэттиһэн, төбөлөрүн холбуу тутан, бэрт өр уонна бэрт эйэлээхтик кэпсэтэ сылдьыбыттара. Ол иһэн киһи саҥа билсиилээҕин күндүлүөх санаата киирдэ.

Ресторан күөх үүнээйи быыһыттан бу үүнэн тахсан кэллэ. Яков сүрэҕэ хайдах эрэ мөҕөн ылла. Кинилэр, көҕүспүт курдук, үрдүк кирилиэс устун өрө хааман тахсыбыттара, ресторан иһэ номнуо туолан, кымыс курдук кыынньа олорор эбит. Яков, төбөтө эргийэ сылдьар киһи, санаатыгар дьон бары итирик дуу, обургу холуочук дуу курдуктар, онуоха эбии ханна эрэ саамай ыраах муннукка, ким эрэ титирэстээбит куолаһынан кимиэхэ эрэ бэркэ бэрдимсийэр кэһиэхтээх куолаһа быһыта-орута охсуллан кэлэн, уопсай дорҕооҥҥо сүтэр. «Мин дуо? — диир ол кэһиэхтээх куолас. — Мин оннооҕор буолуох киниттэн бэйэтиттэн куттамматаҕым... Көр, ол баар истиэххин тиэтэйдэххинэ... Вообще оннук... Эн ону истэн кэбис... өйдөөтүҥ дуо... көр, оннук уонна вообще...».

Биһиги киһибит сакааһы биэрэн дьэ холкутуйда. Онуоха эбии мэйиитин эргиппит холорук арыый намыраан, тохтоон барда, дьэ арыый болҕойон, аргыһын кытта киһилии кэпсэтэр кыахтанна. Таня остолобуойга повардыыр эбит. Саҥардыы бу куоракка кэлбит. Дьону-сэргэни кытта ситэ-хото билсэ илик үһү. Ити тыллар Яков өйүгэр бэрт чуолкайдык түстүлэр. Кини, төрүт да кэргэнэ суох, сулумах киһи буолан, общественнай аһылык дьыалатын улаханнык ытыктыыр этэ, оттон бу бары барыта татымсыйбыт сэрии саҕанааҕы кэмҥэ, кини ол ытыктабыла итии тапталга тиийэ үүммүтэ. Дьэ онуоха баара повар бэйэтинэн киниэхэ кэлэн биэрдэҕэ.

— Кэлэ сылдьаар, мин бэйэм эйиэхэ астыам, — диир Таня сэмэй куолаһынан. Ити тыл биһиги киһибит сүрэҕин букатын уулларан кэбистэ. Кини хараҕар сап-саһархай бэрэскилэр, ип-итии котлеттар субу буруолаабытынан кэлэр курдуктар. Быһата, дьэ бу повар баар буолар эбит аан дойдуга саамай кэрэ, букатын поэтичнай идэ. Көр, ону баара биир да поэт биир да повар дьахтары ыллыы-хоһуйа илик эбит. Бу — баттал!

Яков мэнээк барбыт өйө ханан эрэ эргийэн кэлэн, иччитин төбөтүн хат сырдата түһэн ааһыытыгар, кини халтаҥ таҥастаах аргыһа киэһээҥҥи дьыбарга титирии олорорун көрөн, улаханнык долгуйда. Яков аһыныык муҥутаан ону тулуйара кэлиэ дуо?

Туох да бокуойа суох бинсээгин уста биэрээт, дьахтар санныгар иилэ бырахта: «Кэт, итин!»

Таня саҥата суох бинсээги ылан көхсүгэр быраҕынна уонна иттэрдии, дьыбартан көмүскэнэрдии, кумуччу туттан олорбохтоото. Яков өйүн туомата хат хараҥа былытынан бүрүллэн, төбөтүн түөһүгэр түһэрэн испитэ.

— Күүт, мин сибилигин... наадабар, — дииргэ дылыта кини доҕоро уонна олорор сириттэн тура эккирээбитэ. Яков төбөтүн начааска өрө көтөҕөн, өр кэппит, бөҕөтүк доҕордоспут сиэрэй бинсээгэ дьахтар санныгар олорсон, тыа боруҥуй күлүгэр киирсэн, элэҥнээн хаалбытын көрдө. Кини ону батыһа көрбөхтөөн баран, баһын хат төҥкөтөн, тиит төрдүгэр муннун тыаһа буккураабытынан барда.

Яков төһө өр буолтун билбэт. Биирдэ уһуктан кэлбитэ, Танята кини аттыгар суох эбит. Кини кэлбэтэх. Кэлиэх буолан күүттэрбитин Яков чахчы өйдүүр. Өссө «сибилигин» диэбиттээх. Онтуката ханна баарый? Яков өссө өйдөөбүтэ, били суос-соҕотох сиэрэй бинсээгэ муҥнаах дьахтар санныгар олорсон тыа быыһынан элэҥнээн хаалбыта. Дьэ, ону баҕас Яков олус үчүгэйдик өйдүүр. Онтуката ханнаный? Мэлигир. Уорбалыыр санаа кини өйүгэр эмискэ көтөн түһэн, кинини олорор сириттэн биирдэ туруору тардан кэбистэ. Саатта барахсан, кэһэйдэххинэ итинник буолбат буол!..

— Ама оннук үһүө?! — диэн өссө да туохха эрэ эрэнэрдии, Яков санныгар бинсээги иилиммит дьахтар икки өттүктэринэн оонньоон тыа диэки киирэн элэҥнээн хаалбыт сирин одууласпахтаата. «Дьахтарыҥ атаҕын суола тоҥмута, атаас, тоҥмута!» — диэх курдук тииттэр суоруһаллар.

Яков барытын өйдөөтө. Төбөтө соһумардык дьэҥкэрэ охсон хаалла. Кини эмискэ тапталтан оннооҕор эмискэ уһуктууга киириитэ ордук күчүмэҕэй эбит этэ. Ол омунугар кини маҥнай диэки тугу гыныан, саныан булбакка, тула холоруктуу сырытта. Онтон олорбут сирин диэки мээнэ төҥкөс гыммыта, кини бэрт өр соһуспут, хаһан да киниттэн хаалсыбатах уонна хаһан да хатанары билбэтэх бартыбыалын сыыһа (маны кини дьиэтигэр таарыйан хаалларар түгэн булбатаҕа!) тиит төрдүгэр таппайан сытар эбит. Яков ол таппайбыты түбэһиэх харбаан ылан, арыйа баттаабыта, иһигэр бэрт элбэх эҥин эгэлгэ маллар баар буолбут этилэр. Кини ону ситэ өйдөөбөккө, булкуйбахтаан көрбүтэ, паспора, тииһэ алдьаммыт эргэ тараах элээскэтэ, уһуга тостубут харандаас уга...

«Оттон харчым?» — дии санаат, киһи өрө харбана түспүтэ, ол бүгүҥҥү күн кини санаатын маа бэйэлээх модьурҕаппыт, хармааныгар батыа суох айылаах хачыгырыы мөхсүбүт харчыта бүүс-бүтүннүү малыйбыт этэ.

— Уордарбыппын, оок-сиэ, дьэ акаары да эбиппин! — диэн саҥа аллайда Яков. Кыраны да уордарар улахан кыһыылаах. Оттон Яков тириитин кытта сүллэрбит кэриэтэ буолла. Көнө уонна уолҕамчы киһиэхэ бу олус ыар этэ. Киһи ыгылынна, тыына-быара кылгаата. Ол омунугар түбэһиэх, тугу эрэ улаханнык баллыгыраан, саҥаран ылаттаата. Онтон сүүрдэ, хаһан да арахпатах эргэ таппаҕар бартыбыалын кыбыммытынан. Ким эмэ ол киэһэ запонката суох буолан, икки харыта ньыппарыллыбыт, соҕотох сорочкалаах киһи тыа быыһынан элэҥнээн сылдьарын көрбүт буоллаҕына, ол биһиги киһибит Яков буолуохтаах...

Итинтэн салгыы Яков милицияларга тиийэн, халаппытын туһунан этээри, дьахтарга халаппыт диэн дьон күлүүтүгэр түбэһэрэ кэпсэнэр. Онтон тиһэх кууруска үөрэнэр студеннарга бэриллибит иккилии киһи олорор хоһугар тиийэр, онно табаарыһа Павел баар эбит.

Павел, биитэр студеннар ааттыылларыныы, Пал Палыч, киһи үтүөтэ, уҥуоҕунан эрэ намыһах, хата, ол оннугар сарыннаах, түөһэ нап-нанаҕар уонна сэбэрэтэ үчүгэй — сүүһэ маччаҕар, төбөтө улахан, лэппэгэр, сирэйинэн — дьэс алтан. Оннук киһи сорунан, дьиппиэриэҕинэн дьиппиэрэн уруок ааҕа олордоҕуна (кини оннук ааҕааччы даҕаны!) — билии, үөрэх дириҥ далайын биирдэ эҕирийэн ылыах курдук дьүһүннэнэр. Дьүһүн дьүһүнүнэн, оттон үөрэх киниэхэ соччо бэринэ охсубута көстүбэт. Ити өттүнэн Яков киниэхэ ымсыырыахтааҕар, хата, бэйэм баһыйдарбын диир киһи бу сорсуйан кэлэн сыттаҕа...

Пал Палыч үөрэҕэр ортонон айанныыр. Ол кини үөрэххэ дьоҕура суоҕуттан буолбатах. Кини булгуччу үөрэхтээһин аан маҥнай тэнийиитин саҕана учуутал тиийбэт буолан, алтыс-сэттис кылааһы нэһииччэ бүтэрбит «суһал оҥоһуулаах» учууталларга үөрэнэн абыраммыт уонна алдьаммыт көлүөнэттэн биирдэстэрэ. Билигин кини үрдүк үөрэххэ киирэн ол хаалбытын, көтүтүллүбүтүн ситэринэ сатыырыгар күүһүн-күдэҕин өһүллэ, былыргы ааттаах хааттыһыттары кэпсиир курдук, сорох түгэннэргэ түүннэри утуйбакка, икки хараҕа хаттаччы хатан хаалыан тухары ааҕар. Билигин госэкзамен, онуоха бэлэмнэнэн уһун түүнү быһа олорон баран, ити утуйа сытар киһи буолуохтаах. Чэ, бэйи утуйа түстүн...

Яков сааһынан кинитээҕэр өссө аҕа буолуохтаах. Кини бэйэтин тылынан «очурга оҕустарбыт, тэхтиргэ тэптэрбит» урааҥхай. Тылын тамаҕыттан өйдөөтөххө, тыһыынча тоҕус сүүс отут аҕыс сыллаах дьыбар тыына кинини балачча хаарыйа түһэн ааспыт, «доҕуурга ылларбыт туллук чыычаах курдук» (эмиэ ити бэйэтин тыла) өр толугуруу мөхсөн, эрэйи эҥээринэн, муҥү муннунан тыыран көҥүлү көрбүт. Кини онно элбэҕи сүтэрэн, бу олоҕун хат саҕалаан эрэр дьүһүнэ эбит...

Дьэ икки итинник саастарынан хойутаабыт соҕус дьон институту бүтэрэн эрдэхтэрэ, оччолорго, сэрии саҕанааҕы бириэмэҕэ, биир тэҥ эдэр саастаах ыччат ортотугар сааһыран эрэр дьон киирэн кыбытта сылдьаллара соччо толоос, соһумар курдук көстүбэт этэ.

Яков доҕорун уутун харыстаан балачча сөҥөн, хам-бааччы сыппахтаан иһэн, өйө-санаата хат тырыта тыытыллан, бэҕэһээҥҥи хартыыналар хат көбүтэлээн кэллилэр. Ону саба баттыы сатыыр күүс Яковка тиийбэтэ. Күлүк иһигэр элэҥнээн киирэн иһэр сырдыктыҥы бинсээк сүрэх бааһын эбии бэргэттэ, онуоха били Иирик Күлүүкэбис: «Ити сутуруккунан бинсээккин көмүскэниэх этиҥ буоллаҕа дии», — диир тумсун тууһа, күлэн алларастыы турар айаҕын абата санааны эбии алдьатта. Яков кыайан тулуйбата, хата, мөхсөн, уһууран, оронугар эргийбэхтээн киирэн барда. Ол мөхсө, охсуолана сытан, баһыгар турар туумба үрдүттэн уу испит куруускатын уонна ханнык эрэ кини-элэри, биир кураанах бытыылканы алҕас тоҕу сотон түһэртээтэ. Бэйэтэ соһуйан хаалла. Ян Амос Коменскай туһунан тугу эрэ түһээн, доцент Федот Степановичка бэрт эрэйинэн эппиэттэһэ сытар Пал Палыч уһукта биэрэн, хата, улаханнык үөрдэ. Кини олус тириппит, уҥуох уҥуоҕа халыр-босхо барбыт. Яков кинини эрдэ уһугуннарбытыгар сорох кыыһырыа эбит, оттон Пал Палыч, хата, эрэйиттэн быыһанан үөрэ санаата.

— Дьэ, бу Ян Амос Коменскай миигин экзамеҥҥа хайаан да эрийэригэр тиийдэ быһыылаах, түүлбүттэн-биппиттэн арахсыбат буолла, — диэн баран Пал Палыч, куолутунан олус диэн итиитик мичээрдээн, түспүт инники биир тииһин онно сүр көрүдьүөстүк оҥойон көһүннэ.

Яков, уруккута буоллар, туох эмэ көрүдьүөһү тоһуйа хоруйдаан, иккиэн күө-дьаа буолан уһуктан туруо этилэр, ону баара кини бу сырыыга көҕү көтөхсүбэккэ, арбы-сарбы сытта. Пал Палыч киһитэ туохтан эрэ санаарҕаабытын сонно тута сэрэйдэ.

— Дьэ, мин иэдэйэн кэлэ сытабын, — диэн Яков сонунун саҕалаабытынан барда.

Яковы халаабыт дьахтар остолобуойга үлэлиибин диэбитин өйдөөн, кэрийэн булан ыйыталаспыта, Михеева Татьянаны милициялар эмиэ көрдүүллэр, элбэх киһиэхэ куһаҕаны оҥорбут уоруйах эбит. Биир күн эмискэччи көрсө түһэр.

Кини өссө эргийбэхтии түһэн баран, маҕаһыынтан тахсан, библиотека диэки эргиллиэх буолта, соһуйан, хайдах эрэ соҕотохто чугурус гына түстэ. Алҕаһаатым дуу диэбиттии, хараҕын сотто-сотто одууласта. Кини. Гастроном иннинээҕи тротуар кытыытыгар Таня, хантан күөрэйбитэ биллибэккэ, субу аһаҕастык уонна бэрт холкутук нөрүччү соҕус туттан, биир хара бэкир киһини кытта сүр холкутук аргыый ботур-ботур кэпсэтэ турар. Кини, бэл, таҥастыын уларыйбатах. Били үнүргү үрүҥ куоптата, бүлгүнүгэр олорбут тэтэркэй ойуулара күн уотугар эбии тупсан, киһи хараҕын хаадьылаан, атын үлүгэрдик дьэрэлиһэн көстөллөр.

Ону көрөөт, били, экзамен да, тылбаас да Яков өйүттэн соҕотохто көтөн хааллылар. Яков, тыын ыла таарыйа тохтоон турбахтаата, онтон көстүүмүн тупсарынна, букатын атын үлүгэрдик чинэччи туттан кэбистэ. Бэйи, үнүргү Яков буолбатах. Бу сырыыга баҕас атыннык көстөр ини. Инньэ дии санаан баран, дьахтары аттынан соҕус кэлэн ааста, арыый ааһа баттаан, кэннинэн эргилиннэ. Ол курдук көстө-көстүбэттик аттынан хаста да ааһыталаата, били булчут киһи талах быыһыгар кирийэ сытар куобаҕы туран куоппатын диэн эргийэ хааман ыларыныы, биһиги киһибит төгүрүйэ хаампахтаата (Яков оҕо эрдэҕинэ куһаҕана суох булчут этэ). Ол да буоллар, хата, «куобаҕа» соччо кирийбитэ биллибэтэ, ону ааһан кини, Яковы эр киһи курдук санаан, иҥин да таттаран көрбөт быһыылаах. Яков онтон абалана санаата. Өссө чугаһаан, хабырыйа соҕус кэлэн ааста. Бу сырыыга баҕас биллэ ини. Билиэхтээх. Ама, бачча күн сырдыгар бүтүн киһини көрбөтөҕөй? Көр, ити баҕас чахчы көрдө. Ол үрдүнэн кинини букатын таһаҕаска холоммот быһыылаах. Куолутунан, туохха да кыһаллыбатах курдук туттан, уҥуоҕунан балачча үрдүк, сарыннаах соҕус, күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар күтүр нөрүллэн турар. Яков дьүһүнүн сирийэ көрбүтэ, — били кини төбөтө холоруктуу сылдьан умсугуйбут Танятыттан ыраах атын эбит. Ордук харахтара тымныытын, хаана-сиинэ тыйыһын кини таба көрбөтөх. Иэдэстэрин этэ хайдах эрэ ииммит, кубарыйбыт соҕус буолан көстөр. Таня, Яковы өр кэтэһиннэрэн баран, кэмниэ-кэнэҕэс кэпсэтэн бүттэ. Ону көрөөт, Яков, кырыллыбытынан хаарты курдук, сабыс-саҥа көстүүмнээх киһи дьахтар иннигэр соҕотохто баар буола түстэ.

— Ах, Яша! — диэн баран, Таня уоһун кырыытынан мичик гынна, тоҥ, тымныы харахтара күн уотугар чаҕылыһан, хайдах эрэ ирэн ыллылар.

— Хайа, эн үнүрүүн хайдах сүтэн хааллыҥ? — диэн Яков бүтэҥи соҕустук ыйытта.

— Ой, да! — дьахтар салгыны күүскэ эҕирийэн ылла. — Эйигиттэн тэйэрбин кытта, миэхэ хулиганнар саба түспүттэрэ. Эйигин ыҥыра сатаабытым, истибэтэҕиҥ дуо?

— Суох.

— Санныбар иилинэн иһэр бинсээкпин сулбу тардан ылаат, сырсан хаалбыттара, ону эккирэтиһэ сылдьыбытым. Онтон эргийэн эйигин көрдүү сатаан баран булбатаҕым.

Яков итиннэ тугу да сатаан утарбата. Кини төрүт да оннук. Сонно утарсар тылы өйүттэн хаба тардан булбат үгэстээх. Хойут, кэмниэ-кэнэҕэс, барыта ааспытын кэннэ, өй киирэн, инньэ диэминэбин диэн абаланан хаалааччы. Бу сырыыга кини утарсыан да баҕарбата. Дьахтар буоллаҕына, барытын быһаарбыт киһи курдук туттан, аат аҕай харата төбөтүн төҥкөх гынан быраһаайдаста, өссө кыратык мичийэн ааста. Бүттэҕэ ол. Өр көрдөөһүн, сүтүк, кыһыы-аба барыта ол биир мичээринэн боруостанна.

Дьахтар икки өттүктэринэн оонньоон, аа-дьуо хааман, гастрономҥа киирэ турда. Яков туран хаалла. Кини хайыыр? Оттон тыллаан биэрэн туттардахха? Дьэ оччоҕо көрүллүө этэ кини хайдах хааман-сиимэн тэйиэккэлэнэрин!.. Ол эрээри кэбис, тыллыыр Яков дьыалата буолбатах. Итинник суолунан бардаҕына, дьахтар син биир уһун оту оттуура биллибэт. Ол кэриэтин сылдьан эрдин. Көҥүл диэн күндүтүн Яков бэйэтэ билбит киһи, кини ол иһин атын киһи көҥүлүн былдьыан баҕарбат. Яков уруккуттан билэр киһитин, Ганяны, көрсөр, ол киһи кэпсээнинэн, хотуттан сылдьар Дормидонт диэн табаарыһын кытта моһуокка ылларбыттар.

— Чэ, бэйи, мин кэпсиим, — диэтэ Ганя. — Дьэ биһиги бэҕэһээ киэһэ пааркаҕа күүлэйдии, таарыччы оһуохайдыы тахсыбыппыт. Ол тахсан рестораҥҥа киирдибит. Ити киһи докумуонун арааһын, ыарыһах кэргэнигэр эмп оҥорторон илдьиэх буолбут рецептэрин, харчытын уктан барбыт. Мин этэ сатаабытым — хааллараар диэн, ону истибэтэх. Дьэ биһиги онно уочараттаһан, биир муннук остуолу ылан, аһыах-сиэх курдук олорунан кэбистэхпит дии. Төрүт да манна, куорат ааттаах сиргэ кэлбит дьон, кыратык амсайан тахсыбыппыт. Онно тиийэн эбиннибит. Чэ, ортолуу холуочуйан олордохпутуна, арай хантан кэлбиттэрэ биллибэт, икки мааны бэйэлээх кыргыттар икки үрүүмкэни, биир бытыылка арыгыны туппутунан субу сайбаҥнаһан тиийэн кэллилэр. Олус диэн эйэҕэстик дорооболостулар. Икки өттүбүтүгэр — муҥар икки олох мас иллэҥ турбуттара — кэлэн олорон кэбистилэр. Дьэ үчүгэй. Хантан сылдьар эдэр дьоҥҥутуй диэн буолла. Биһиги кистээбэтибит. Онтон сылтаан аны билсэн, кэпсэтэн, оонньоон-күлэн киирэн барыы буолла. Арыгыбыт бүтэн хаалла. Кыргыттарбыт хотон испэттэр, үксүн биһигини күндүлүүллэр. Биһиги күндүлээн көрдөхпүтүнэ, баһыыбалыыллар уонна быыкаатык уостарын эрэ таҕайан ылаллар.

— Баһыыбалыыллар уонна испэттэр? — ыйытта Яков хайдах эрэ ытырыктаппыттык.

— Ээ, баһыыбалыыллар. Мин тугу кистиэмий, хотторон бардым. Киһим да миигиттэн оппото быһыылаах. Мин киһибэр «туран барыах, сөп буоллубут» диэн көрдүм. Кыргыттарбыт бырачыастаан айдаарса түстүлэр. Дормидонт үрүҥ куоптатын бүлгүнүгэр бүлтэркэй ойуулаах кыыска букатын сыста олорон кэбистэ.

Итини истэн, Яков хайдах эрэ этэ дьигис гынан ылла уонна тугу да саҥарбакка иһиллээн олордо.

— Дьэ, мин ол да буоллар Дормидоммар барыах дии сатаа, киһим туох иһин истибэт. Кыргыттарбыт буоллаҕына ыыппаттар. Ити киһи бэйэтэ да өсөһө киирдэҕинэ, — оннук үгэстээх. Эн кинини таһыйбытыҥ да иһин эргитиэҥ суоҕа. Мин оһуохайы ахтыбытым туох да сүрдээх. Онуоха эбии иһиллээн көөртүм, субу ханна эрэ чугас тыа иһэ сатарыы олорор. Мин эмиэ өсөһөн турдум. Бардым да сабаас, ол кэриэтэ кыргыттар хааллыннар диэн буолла. Ити киһи баара оччо айылаахтартан арахсара кэлиэ дуо, букатын инчэҕэй лабахай курдук, сыста сытар. «Чэ, эн баран оһуохайдас, мин тиийиэм, тиийбэтэхпинэ манна кэлээр», — диэн баран, били үрүҥ куопталаах кыыһыгар эбии ыксаласта. Эн кинини билигин тимир кытаҕаһынан даҕаны тардан, кыыстан араарыа суох курдуккун. Мин бараары турдум.

— Биһиги кинини сиэхпит суоҕа, бар! — дэһэн кыргыттар киһилэрин тулалаан, саһыгыраччы күлсэ хааллылар.

Мин баран хааллым. Тиийбитим, доҕоор, дьэ оһуохай бөҕө ааттааҕа сайда турар эбит, икки-үс эргиир буолан, омунугар сирдиин ньиргийэ олорор.

Ганя оһуохайга балачча өр сылдьан баран кэлбитэ — киһитэ суох, били кыргыттардыын барсыбыт. Ол курдук сылдьан, Дормидонт таҥаһын, харчытын халаппыт. Яков көмөлөһөргө сананар.

Яков паспорын хостонон баран, өрө харбыалана түстэ. Срогун милицияҕа уһаттарыахтааҕын умна сылдьар эбит, үс хонук ааспыт. Дьэ аны ол айдаана буолла. Доҕордуулар аһаан, бөҕөргөтүнэ түһэн баран, милициялыырга сүбэлэстилэр.

Кинилэр эбиэт ааспытын кэннэ кэлэн, Бористарыгар сылдьан, тугу да ситиспэтэхтэрин кэпсээтилэр. Онтон тахсан паспорт остуолугар, уһун синньигэс мас дьиэ нөҥүө муннугар баар хоско, дежурка аттынан ааһыахтаах этилэр. Ону ааһан иһэн, Яков дежурка аһаҕас аанын өҥөс гынабын диэн, эмискэ тохтуу түстэ. Дьонугар имнэннэ.

— Тугуй? — диэтэ Ганя.

Яков саҥарбата. Сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Дьонугар тугу эрэ хам имнэнэн кэбистэ. Көрбүттэрэ — кинилэр иннилэригэр, дежурка иһигэр, ханнык эрэ эргэ велосипед ыҥыырыгар аҥаар тоҕоноҕунан өйөммүт, эргэрбит соҕус сырдыктыҥы өҥнөөх бинсээктээх, украиналыы ойуулаах косоворотка ырбаахылаах, уҥа иэдэһигэр уһун синньигэс чэрдээх, тор курдук бытыктаах хара бэкир киһи арбы-сарбы буолан тургр эбит. Дежурнайы кытта куруубай соҕустук кэпсэтэриттэн иһиттэххэ, кини бу велосипедка балыллыбыт, ол эрээри кинини онон уорбалыыр, тутар-хабар биричиинэ суох быһыылаах. Хара бэкир киһи үлэтигэр хойутаан эрэрин, дежурнай онно эппиэттиэхтээҕин, уулуссанан ааһан иһэр чиэһинэй киһини мээнэ тутар сатамматын туһунан тугу эрэ киҥир-хаҥыр тыллаһар. Анарааҥҥыта: «Тохтуу түс, сибилигин ыытыахпыт», — диир.

Яков көрдөҕүнэ, били гастроном иннигэр Таняны кытта кэпсэтэ турар киһи. Чахчы кини. Дьэ өйдөөтө. Онтон өссө ордук кини бинсээктэн соһуйда. Киниэнэ!.. Алҕаһыыр дуу?! Киниэнэ буоллаҕына бэлиэлээх: уҥа ис сиэбэр күөх чэрэниилэ тохтубут, хаҥас тас хармаана хара сабынан абырахтаммыт буолуохтаах. Ону кини өссө уоттаах бөппүрүөскэни алҕас уктан сиэппитэ. Ону баҕас кини сыттары-сымардары, күөдьүйэн тахсыбыт буруолары өйдүүр. Ол эрээри алҕас буолаарай: киһини алҕас туттарар эмиэ сатаммат ээ. Инньэ дии санаан баран, доҕотторун диэки хайыспыта, Дормидонт дьүһүнэ эмиэ уларыйан хаалбыт. Кини билбэт киһитин коверкот бүрүүкэтин супту одуулаан турар эбит.

— Чэ-чэ, барыаҕыҥ, манна туох тахсыаҕын турдубут, — диэн тугу да сэрэйбэккэ турбут Ганялара тиэтэттэ. Кини иһигэр бэйэтэ эмиэ туспа кыһалҕалаах турбута. Доҕотторо хамсаабаттар, онтон тугу эрэ ыйытыһардыы бэйэ-бэйэлэрин көрсүмэхтииллэр. Онтон көрдөххө, кинилэр иккиэн биир боппуруоһунан эрэйдэннилэр быһыылаах. Ол да буоллар киһилэрин саҥата суох батыһан, тахсар ааҥҥа кэлэн тохтоон, аргыый ботур-ботур кэпсэттилэр.

— Ити мин сүппүт бинсээкпин кэтэн турар киһи быһыылаах, — диэн маҥнай Яков сибис гынна.

— Оттон бүрүүкэтэ миэнэ быһыылаах, адьас үкчү миэнэ эрэ буоллар билиэм, бэлиэлээх, ис биэтэһэ, ис биэтэһэ... — диэн иһэн, ол ис биэтэһэ туохтааҕын эппэккэ, Дормидонт тохтоон хаалла.

— Кырдьык даҕаны! — диэн Ганя саҥа аллайда. — Оччоҕо хайыыбыт, сибилигин тахсан бараары турар киһи буолбат дуо?

— Куотара буолуо аны! — букатын уҥуохтара халыр-босхо баран титирэс буолбут Яков ыксаата.

— Тыллыахха, Бориска киириэххэ, эн таҕыстаҕына, манна тохтотоор, — диэн бухатыырдарын, Ганяларын, ааҥҥа туруоран кэбистилэр. Ганя, айылҕаттан олус сымнаҕас, үтүө майгыннаах барахсан, ороспуойу хайдах тохтоторун сатаан өйдүөбэккэ, дьулайбыттык көрөн, ааҥҥа кискэйэн туран хаалла.

— Өр буолумаҥ! — диэн доҕотторун тиэтэттэ. Яковтаах Дормидонт сержаннарыгар, тылларын былас түһэрэн, аҕылаан-мэҥилээн киирэн, туох буолтун тиэтэлинэн кэпсээтилэр, кэпсээтилэр да буолан, бэйэ-бэйэлэрин аанньа саҥарпакка, тыын быһаҕаһынан тылластылар, сүтүктүүр таҥастарын оннук бэлиэлээҕин, маннык бэлиэлээҕин, хара сап абырахтааҕын, үрүҥ сабынан сабы тардыылааҕын, быһыта-орута да буоллар кута-симэ сатаатылар. Хаҥас хармааны бөппүрүөскэ уота эчэппитэ кытта умнуллубата.

Киһилэрэ эмиэ уларыйа түстэ. «Көрдөрүҥ, ханна баарый?» — диэт, ойон турда. «Оо, аны сыыһа буолан алдьархай тахсыа!» — диир санаа Яков өйүгэр охсуллан ааста.

— Дежуркаҕа, сибилигин бараары турар.

— Чэ, көрдөрө охсуҥ!..

Кинилэр үһүөн батыаккалаһан тахсыбыттара, киһилэрэ, кырдьык, дежуркаттан номнуо босхолонон, тахсар ааҥҥа, велосипедын соспутунан кэлэн, Ганяттан иҥнэн турар эбит. Ганя, букатын ыксаабыт дьүһүннээх, тохтото сатыыр курдук, тоҕо тохтоторун аанньа быһаарбат быһыылаах, төрүт кыһыл киһи, сирэйэ эмиэ дьэс алтан буолан хаалаахтаабыт.

Сержант сүүрэн тиийэн, хара бэкир киһини соҕотохто эргилиннэрэ тарта.

— Давай, миигин батыс! — диэтэ бөҕө, чиҥ куолаһынан.

Анараа киһи тугу эрэ бырачыастаһан көрдө, ол икки ардыгар хантан кэлбиттэрэ биллибэккэ, икки-үс милиционер соҕотохто баар буола оҕустулар да, хара бэкир киһини мөрөйдөөн ылан, сержант хоһугар тарахаччытан киллэрдилэр.

— Олор! —диэтэ сержант хара бэкир киһиэхэ. Киһи олордо.

— Бу эн бинсээгиҥ дуо? — ыйытта сержант Яковтан.

— Миэнэ! — оннук бэлиэлээх, маннык бэлиэлээх диэн буолла.

— Бу эн бүрүүкэҥ?

— Миэнэ! — диэтэ Дормидонт.

— Ыл, уһулталаа, түргэн, түргэн! — диэн сержант көбүөлүүр куолаһынан хара бэкир киһиэхэ бирикээстээтэ.

Бэрт сотору, этиэх түргэнэ, аны халабырдьыт бэйэтэ баккылаах ырбаахынан туран хаалла.

Яков уонна Пал Палыч бу сарсыарда эрдэ уһугуннулар. Бүгүн кинилэр түөрт сыллааҕы үөрэхтэрин түмүктүүр мүччүргэннээх күннэрэ. Ордук Яковка эппиэттээх күн түбэстэ. Кини, дьиҥэр, икки хос экзамены туттарар сүгэһэри сүктэ. Биириттэн кини мүччү түстэ. Төһө да сыыһа-халты тутуннар, кэнники күннэригэр кини элбэҕи толкуйдаан, кэмсинии-кэмиринии эрэйин туораан, сыыһатын көннөрсө сатаата. Кини олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда. Аны билигин бэйэтэ дьону сэрэтэр, үөрэтэр киһи буолла. Биир тыл, биир санаа!.. Аны билигин кини кыһыл сукуна сабыылаах остуол кэтэҕэр кэчигирэспит государственнай комиссия иннигэр тахсан туран, иккис экзаменын туттарара тирээтэ. Билии билиинэн. Онно ыраас суобаһынан тахсан, инники кэрэ кэскил, олох туһугар, уопсастыбаҕа, бар дьоҥҥо туһалыыр иһин экзамен туттарыахтаах. Бу төһөлөөх үрдүк чиэһий?! Кини, ону ситэ сыаналаабакка, ити бутуллан ылла. Аата, абата, маны кини эрдэттэн өйдөөбүт баҕас буоллаҕын! Кини оччоҕо төһө эрэ ис дууһатыттан чэпчээн, өрө көтөҕүллэн, дэгдэйэн бүгүн сарсыарда уон чааска кинини түөрт сыл ииппит, бүөбэйдээбит, оҕолообут институтун аанын арыйар этэ.

Доҕордуулар аһаан-сиэн, конспектарын-кумааҕыларын кыбынан, хосторуттан аа-дьуо тахсан бардылар. Куйаас түһэн сырылаан эрэр. Сып-сырдык, ып-ыраас күн. Ол кинилэр инники кэскиллэрин сырдатар курдуга. Кинилэр иннилэринэн, кэннилэринэн, эмиэ кинилэр курдук, кумааҕы тутуурдаах, кыбыныылаах эдэр дьон кус оҕотунуу субуһаллар. Кинилэр бука бары биир санааны сананан истэхтэрэ — үөрэхтэрин түмүктээн, олох биир кирилиэһин өрө ыттарга.