Эмиэ эн эйэҕэс күлүгүҥ (В. Потапова)

Оо, эн ырааххын мин туспар (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Бадаҕа, мин таптыырым (В. Потапова)




Эмиэ эн эйэҕэс күлүгүҥ
Иннибэр көстө элэҥниир,
Эмиэ хап-хара түннүгү
Илбиһирэн тыал илгиэлиир...

Чуумпу хоһум иһин
Хараҥа халыҥыы хаххалыыр,
Ардах, курулаан түһэн,
Курус дорҕоонунан таммалыыр.

Тыйыс санаабын ылынан,
Тымныыны бэйэбэр ыҥыран,
Харса суох утары харбастым —
Түүн түннүгүн тэлэйэ астым.

Кып-кыра күлүк буоламмын
Турдум мин хоҥкуйаммын.
.