Эн ханна бааргыный... (Арбита)

Оччоҕо саас. Сааскы күн... Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Сурук




Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?

Тохтор тыл сүүрүктээх
Тойугум дуораанын
Быһааран, түмүктээн
Истэриҥ буолаарай?

Мичээр күн уоттанар
Бэһиэлэй кэмигэр,
Саныыбын, ахтабын
Соҕотох эйигин.

Төрөөбүт куораккар
Бааргын дуу, суоххун дуу,
Кэпсээ – эн олоххор
Туох дьикти көр турда?

Биитэр эн мииҥиттэн
Биэс төгүл ордугу,
Бу дьоллоох сиргиттэн
Булбутуҥ буолуо дуу?

Эйиҥин суохтааммын
Элбэх дьон иһигэр
Соҕотох мас курдук
Сукуллан турабын.

Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа.
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?