Мин тапталым эн эрэ,
Олоҕум киэргэлэ эн эрэ,
Эн мөссүөнүҥ кэрэ,
Сырдык күн мичээрэ
Ананар эйиэхэ эрэ.
Сүрэҕим эйиэхэ этэрэ,
Тапталга билинэрэ,
Сылаас сыһыаны тиэрдэрэ…
Мин тапталым эн эрэ,
Күнүм-ыйым барыта эн эрэ…