Эргэ сүктэр кыыс (Алампа)
ЭРГЭ СҮКТЭР КЫЫС
уларыт- (Биир төгүллээх, ырыанан кэпсэтэр ооньньуу)
- Ооньньуур дьоно:
- Кыыс — сүүрбэтин туола илик эдэр, үчүгэй дьүһүннээх, үчүгэй таҥастаах.
- Аҕата — кырдьа барбыт, мааны таҥастаах киһи.
- Ийэтэ — кырдьа барбыт, мааны таҥастаах дьахтар.
- Күтүөт — кыыс эрэ. Эдэр, ыраас киһи.
Алта-сэттэ үчүгэй таҥастаах кыргыттар.
- Ооньньуур сирдэрэ:
Сааскы киэһэ. Ооньньуур сир тулата күөх тыа. Ону кытта балаҕан аҥаар муннуга аанныын көстөр.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
уларыт<poem> Ооньньуур сир оттотугар, тиит төрдүгэр күөх от, сибэкки үрдүгэр олорон, кыыс, баттаҕын тараана-тараана, сахалыы куолаһынан бытааннык ыллыыр. Атын ким да суох. К ы ы с: Сассыҥҥы саһарҕалаах күн Сатыы ойуур быыһынан Сандаарар саһарҕатыгар Күндүл маҕан күн Күөх тыа күөнүттэн Күндээрэ күөрэйэригэр Халыҥ халыым харыйданан, Аҕам дьахтар арыальдьыттанан, Сүҥкэн олоҕу сүрүннүү Сүктэр күнүм буолла!.. (Тохтуур). Туох иннигэр Күөх от көрдүк Көҕөрө үүнэн эрэр Күндү сааспын Көҥүл өттүбүнэн Көтүрбүтүм буолуой... Туох иннигэр Сибэкки сэбирдэҕин курдук, Ситэн эрэр сиэдэрэй Сэргэх сааһым сиэрэ Ситэ, ситэ илигинэ, Сиэтиллибитим буолуой... Туох иннигэр, Ойуур чыычааҕын курдук, Оонньуур сааһым оройугар Олох долгунугар охсуллан, Оҕо бэйэбин ытатан, Ол-бу буолтум буолуой... (Тохтуур). Туох иннигэр, Аалай сибэкки атылыыта Аламаҕай айылгыбыттан Аккаастанан тураммын, Атын аймахха Арахсыбытым буолуой... (Тохтуур). Аны Атаахтатан аһаппыт Аҕабыттан арахсан, Имэрийэн ииппит Ийэбиттэн тэйэн, Күөх ойуур курдук Көхтөөх дьүөгэлэрбиттэн күрэнэн, Туспа омукка тутуллан, Атын сиргэ арахсан, Омук дьонугар олохсуйан, Ойох дьахтар аатыран, Ойоҕос өттүбүттэн одуулатан, Кырыы өттүбүттэн кыӨатан, Хотунтан куттанар, Тойонтон толлор, Эртэн сибистэр, Ааҕан үктүүр, Аргыый саҥарар, Килбигийэн кэпсэтэр Кийиит дьахтар буолар Кэскилим кэлбитэ Кэмсилгэнин эбитин... Ийэтэ эмээхсин, балаҕан диэкиттэн кэлэн, кэннигэр турар. Ол кэриэтэ, Оҕо бэйэбин уураппакка, Ооньньуу сыльдьыбытым буоллун, Эдэр бэйэбин эҥмэниппэккэ, Эккирии сыльдьыбытым буоллун, Көҥүл күммүн көҕүрэппэккэ, Көрүлүү сыльдьыбытым буоллун.
И й э т э: (кыыс аттыгар кэлэн турар, сахалыы куолаһынан ыллыыр). Уой, куукаам, Ону-маны саҥарыма даа! Хаһан эрэ мин даҕаны, Эмньик кулун курдук, Эпчиҥнээх, элэркэй Эдэр бэйэлээх этим. Күн уотун көрдүк, Күлэ, оонньуу сылдьар Күлүмүрдэс күннээх этим, Сааскы күн сарсыардааӨӨы Саһарҕатын курдук, Сайаҕас саастаах этим, Тэргэн ый курдук, Тэнигир тириилээх, Тэбиэлиир сүрэхтээх, Тэһии санаалаах этим... (Тохтуур, кыыс аттыгар олорор). Мин даҕаны, Кыыс оҕо аатыран, Кыһыл көмүс курдук, Кырыы өттүбүттэн Кыҥата сылдьарым саҕана, Кырааскам сууйуллан, Кыырыктыйа кырдьыам диэн Кыһаммат этим... Онтон, Эрэһэлээх тииһим Эргэрэн эмтэрийбитин, Хара баттаҕым Хагдарыйа хаппытын, Мааны ньуурум Барчыста барбытын, Субай хааным сууйуллан, Суһуктуйбутун кэннэ, Эдэр эпчиҥнээх бэйэм Эмэхсийэн эргэрэн, Эмээхсин буолан баран, Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ, Этэр тылым тиийбэтинэн Эгэлгэ эриэккэс эбит. Ол гынан баран, Оҕо даа саас уочараттаах, Эдэр да саас идэккилээх, Аламаҕай да саас Ахсааннаах буолар эбит. Ханнык даа киһи Хатыҥ сэбирдэҕин курдук Хагдарыйар хааннаах, Эргэрбит мас курдук, Эмэхсийэр эттээх, Эммэнийэр бэйэлээх эбит... (Аҥаар илиитинэн кууһар.) Онон, Ооккоом!.. Оҕо сааһым оройун Оччоттоҕум диэн оруһуйума, Саргылаах санаабын Саппаҕыттаҕым диэн Саньньыйан санаарҕаама. Отто аан дойдуга Оҥоһуллубут эрэ киһи Олох олордун, Оҕо төрөттүн диэн Одун биис оҥоһуута, Дьылҕа-хаан ыйааҕа буолар. Үрүҥ күн үгүс Үтүөтүн, куһаҕанын үллэстэр Үөлээннээх доҕор диэн, Талысханнаах олоххо Талаһа буолар Тапталлаах наар диэн, Эгэлгэ олох эрииригэр Эрэллээх доҕор диэн Эр эрэ баар буолар. Онон, хата, Хаарыан дьүһүнүҥ Хагдарыйа илигинэ Хараҕыҥ хайҕаабытын, Эдэр бэйэҥ Эмэхсийэ илигинэ Эт сүрэҕиҥ эҥмэнийбитин, Сүһүөҕүҥ сүүдүйэ илигинэ, Сүрэххинэн сөбүлээбит Сөптөөх доҕоргор сүктэн, Таптал диэни таайан, Олох диэҥҥэ умсугуйан, Оҕо төрөттөххүнэ, Оччугуй сааскын умнуоҥ. Орто дойдуга Олорор эрэ киһи Оҥоһуута оннук эбээт, оокком!.. Онон...
К ы ы с: (хаба тардан) Ол даа буоллар, Аан дайдыбыттан арахсан, Атын сиргэ ананарым, Таптыыр дайдыбыттан тахсан, Тас киһиэхэ наардаһарым, Кудурҕанын-куһаҕанын, Ыараханын-ынырыгын... (Бүк түһэр).
И й э т э: Иньньэ диэмэ дээ, биэбэйиэм!.. Кыыс оҕо ыйааҕа, Кэрэ дойду кэскилэ, Орто дойду олоҕо Оннук буолар эбээт... Хата, хаарыаным оҕото...
К ы ы с: Ханнык да буоллар, Хааным хамныыр, Хараҕым уута халыйар, Сүрэҕим сөбүлээбитин иһин, Сүрэ бэрт ээ... (Ытамньыйар).
И й э т э: Санаарҕаама-саньньыйыма, Кутуруйума-куттаныма, Хата баран, Аналлааххын кытта Алгыстаах олохто арый, Сөбүлүүргүн кытта Сүһүөх олохто сүрүннээ... (Турар). Эйигин кытта, Эдьэн иэйэхсит эӨэрдэстин, Аҕам айыыһыт аргыстастын, Айхал-уруй, Мичил-кэскил буоллун!.. Биэбэйим сыыһаа, билигин, Дьиэҕэр киирэн тэрин!..
Барар, кыыс бүк түһэн олорор, аҕата балаҕан диэккиттэн иһэн, кыыһа олорорун көрөн кэлэн, аттыгар олорор. Кыыс саҥата суох сир диэки көрөн олорор.
А ҕ а т а: (ыллыыр) Көмүс сымыытым, Күндү тааһыам!.. Ороскуоту оройдообот Ооньньууну ордорор Оҕо сааскыттан уурайан, Оломун булларбатах Олох муоратын Одурууннаах долгунугар Олороруҥ уольдьаста, хотуой! Көмнөҕү көрбөтөх Көрү көҕүллээбит, Көҥүл күннэргиттэн, Көмүһүм сыыһа, күрэнэн, Сир ийэ силбиктээх силлиэтин Сирэйгинэн силэйэриҥ, Аан дайды амырыыннаах Адырҕайыгар атаххынан Атыллыырыҥ буолла, хотуой!.. Аал уоту оттон, Алаһа дьиэни тэрийэн, Иэримэ дьиэни иччилээн, Иннигин көрүнэриҥ кэллэ, хотуой! Ол буоллаҕына, Аан дойду олоҕор Аргыстаһан айанныыр, Аналаах атаскын, Антах-бэттэх буолан, Атаҕастыыр буолаайаҕын! Эҥин олох эрииригэр Эрэллээх эргин, Эгэлгэ санааҕа эриллэн, Эҥин-дьүһүн буолан, ЭӨмэнитэр буолаайаҕын! Туруу дойду долгунугар Тутуулук буолан туһалыыр Туһааннаах тус доҕоргун Тумус уос туруоран Тулаайахтытар буолаайаҕын! Хата, хотуой!.. Хаҥыл санааҕын Хаарыан доҕоргор ханыылаан, Хоодуот санааҕын Хооньньугар сытаргар холбоон, Сүбэнэн сүрүннэнэн, Сүҥкэн олоҕу сүрүннээ, Эйэнэн эҥэрдэһэн, Эгэлгэ олоҕу эккиннээ, Батыһа сылдьан, Баараҕай дьиэни баһылыктаа, Күөмчүтэ суох көссөн, Күр үбү күрүөлээ, көмүһүөм! (Тохтуур).
К ы ы с: (аҕатын санныгар илиитин ууран баран, өрө көрөн олорон ыллыыр) Итиннигин даа иһин, Иитиллибит сирбиттэн, Олох обургу Оҥоһуута буоллаҕа диэн, Оҕо сааспар Огдолуйан эрэрим Олус хомолтолоох, Ол даа буоллар, Оҕом диир буоллаххына, Охтон биэрбэт оҥоһуубун, Алдьарыйан биэрбэт алгыспын, Айхаллаан атаар, аҕаккайыам!..
А ҕ а т а: (турар) Оокком сыыһа!.. Оҕо төрөтөн, Олох олорон, Оҕоньньордоох эмээхсин буолуоххутугар дылы Уруйдаах уйгу-быйаҥ олохтонуҥ, Кэлтэрийбэт кэтит кэскиллэниҥ, Сахалыы салааһынынан саргы, Урааҥхайдыы быһыыннан уруй буоллун, Уу тумуй ооккоом!.. Баттаҕыттан имэрийэн, таптаан баран, дьиэтин диэкки барар. Кыыс бүк түһэн олорор, сотору соҕус буолан баран, эрэ балаҕантан тахсан аттыгар кэлэн турар.
Э р э: (ыллыыр) Күн үтүөтүгэр көстүбүт, Күөрэгэй чыычааҕым! Туохтан, Сайыҥҥы күн саһархай Сандаҕатын курдук, Сайаҕас санааҥ саньньыйда, Ырыа чыычаах курдук, Ылбаҕай санааҥ ыараата?..
К ы ы с: Эн иннигэр, Күөмчүттэн көмүскээн Көҥүлү көрдөрбүт, Күөгэльдьитэн ииппит Күн ийэбиттэн Күрэнэн эрэбин, Аалай сүрэҕэр артыаллаан, Айхалынан айан, Аһатан атаахтаппыт, Аҕабыттан арахсан, Айманан эрэбин, Көрүлээн үөскээбит Көмүс доҕотторбуттан Көрдөрбүтүнэн күрэнэн, Көҥүл күммүн Көмүскэ көмөн эрэбин... Баҕа өттүбүнэн Баспын биэрэн, Барар суолум маӨхайда... Көҥүл өттүбүнэн Күүспүн күөттэрэн, Көтөр сирим көҕөрдө... Аан дайдыбыттан арахсан, Атын аҕа ууһугар Аттанар суолум арылынна... Ол иннигэр эн, Туох туһаҕынан Туоххаһыйбыт сүрэхпин Тохтотуоҥ буолуой, Саппаҕырбыт санаабын Сайа саҥаран Саататыаҥ буолуой?.. (Тохтуур.)
Э р э: Саньньыйыма, саҥарыма даа! Саллар сааһым саргытыгар Сайаҕас санааҕын Саппаҕырдыам суоҕа, санаарҕаама!.. Айманыма даа, атаһыам, Атахпар турарым тоххору Аламаҕай айылгыгын Аймыам суоҕа, аанньалыам!.. Хараастыма даа, хайҕаллааҕыам!..
К ы ы с: Хайа, хата, Алтан хаччыбынан Атыылаһан ылбыт Аналлааҕым диэҥҥин, Ааньньа ахтыбакка Атаҕастыаҥ эбээт... Халыҥ халыыммынан Харыйдаан ылбыт Хара хамныырым диэҥҥин, Хааҥҥар киллэрдэххинэ, Халатыаҥ эбээт... Суон сулуубунан Суккунан ылбыт Суһуохтааҕым диэҥҥин Суомах даа суолларга Сулуйа сыльдьыаҥ ээ... Сыыһа сырыттахпына, Сыспа сиэллээҕим сыанатыгар Сыһыаран ылбытыҥ диэҥҥин, Сыыһа көрдөҕүҥ аайы, Сынньа-мөҕө сыльдьыаҥ ээ... Тойон аҕаҕар торуттарар, Хатын ийэҕэр халаататар, Убайгар одуулатар, Уһурумаҕай оҕо Оҥостуох бэйэҥ буоллаҕа... ...Былыр, Эт сүрэҕиҥ эҥмэнийэн, Эпчиҥнээх санааҥ, экчи, Эриллибэт буоллаҕына, Эр эрэ киһи Эҥин диэн этэрин Эрэммэт буол диэн, Эмээхсин эдьиийдэрим Этэр буолаллара... Хааныҥ дьалкыйан, Хара быарыҥ хамнаан, Хараҕыҥ хатанан Хайҕаабат буоллаҕына, Ханнык даа киһи Халыан үгүс тылыгар Хараҥарбат буол диэн, Хатан эдьиийдэрим Халаатыыр буолаллара... Онтон буоллаҕына, Талыы баайгар таласпаппын, Таптыа диэн тахсабын, Ыраас үпкэр ымсыырбаппын, Ытыктыа диэн ыпсабын, Хоруопалаах хаччыгар Хотон хоһулайбаппын, Холоонноох гыныа диэн Хооньньоһор хотун буолабын, Бардам баайгар баҕарбаппын, Баара гыныа диэн барабын, Сүүһүнэн сүөһүгэр сүүдүйбэппин, Сүрэҕэ сөбүлүө диэн сүктэбин, Ону оройдоо, Итинин иһит!!! (Кыыс тохтуур, былаатын баанар, эрэ ки¬ни иннигэр тобуктуур, илиитинэн кыыс илиитин тутар.)
Э р э: Үтүргүннээх олохпор Үөрүүнү үөскэппит Үтүө үөлээннээҕиэм!.. Көппөҕүрбүт көхсүбүн Көччүтэргэ көстүбүт Күөрэгэй чыычааҕыам! Сааскы күн Сандаҥатын курдук Сайдам санааҕын Саньньылытан санаарҕаама даа! Эн, Күөх мутукча көрдүк Күөгэльдьигэс бэйэҕин Күөмчү күөмэйбинэн көбүөлээн, Көньньүөрбүт санааҕын Көҕүрэтиэм суоҕа... Эн, Ааньньал курдук, Аламаҕай санааҕын Ааньньа ахтымына атаҕастаан, Арытыаллыам суоҕа... Эн, Хатыҥ мас курдук, Ханаҕар бэйэҕин Хара батталбынан Харгыстыам суоҕа...
К ы ы с: Хайа Халыан санааҕынан Хатан санаабын хаайаары, Хааннанарыҥ буолаарай... Оҕо санаабын Ол-бу тылгынан Оҕуруктаары оҥосторуҥ буолаарай?...
Э р э: Эн Кыталык кыыл курдук Кынтаҕар бэйэҕин Кыырыктыта санаан Кыыһырдыам суоҕа... Эн, Уу долгунун курдук, Унаархай бэйэҕин Уорба санаабынан Уҕалдьалыам суоҕа...
К ы ы с: (бииргэ ыллыыр) Хайа, Улуу санаабын Уҕалдьалаан ууллараары, Уһанарыҥ буолаарай...
Э р э: Эн, Кэнчэрэ от курдук Кэрэ дьүһүҥҥүн Кэтэ кэмэлдьибинэн Кэҕиннэриэм суоҕа... Эн, Сыһыы сибэккитин курдук Сымнаҕас сырайгын Сынньан-мөҕөн, Сынтатыам суоҕа...
К ы ы с: (ыллыыр) Сыһыйа илик сааскын Сыаналаан көрбөккө, Сыыһа сылыктаан Сыаналыырыҥ буолаарай?..
Э р э: Сыыспаппын, хата, Сыльдьарым тоххору Сытыы тыллаахха Сыстарыам суоҕа... Олорорум тоххору Ойоҕос олуурга Ол-бу тылга Оҕустарыам суоҕа... Атахпар хаамарым тоххору Атын аймахха Арааран биэрэн, Атаҕастатыам суоҕа... Хайҕаллаах хааӨӨын Хаарга хаарыттаран, Хаһан даҕаны Хагдарытыам суоҕа... Сэргэх бэйэҕин Сир Ийэ Силбигэр сикситтэрэн, Сиигирдиэм суоҕа...
Хата, Талаан олох талаһата Тапталлаах наар, Тойон сүрэх доҕуһуола Томонноох доҕор, Үрүҥ күн үтүөтэ Үөрүүлээх дьүөгэ гынан, Сиэттиһэн сыльдьан Сир олоҕун ситэриэхпит, Атастыы буолан аргыстаһан Аан дайды олоҕун атаарыахпыт, Кырдьыахпытыгар дылы Кыыһырбакка сыльдьан Кыһалҕаны кыйдыахпыт, Кыһыл көмүһүөм, Кыыһырыма даа!!!
(диэн баран кыыһы кууһар. Кыыс туран, иккиэн куустуһан, балаҕан диэки бараллар). Өр соҕус ким да суох. Киэһээҥҥи ый тахсар. Алта-сэттэ киэргэммит, сибэккиннэн таҥныбыт, бары тэҥ, биир таҥастаах кыргыттар, ооньньуур сир аҥаар өттүттэн илиилэриттэн сиэттиһэн, дьиэрэҥкэйдээн кэлэннэр, саҥата суох, уоллаах кыыс олорбут сирдэрин үстэ төгүрүйэллэр уонна сиэттиһэ сылдьан, биир-биир хаамалларын быһыытынан ыллыыллар.
Б и и р к ы ы с: (ыллыыр) Үөл талах үөрүн курдук Үөлээннэһэн үөскээбит Үтүөлүүрэ дьүөгэбит Үс дойду үгэһинэн...
И к к и с кыыс: Үөрүүлээҕин кытары Үөрдүһэн барарыгар Үрүҥ күн үтүөтүнэн Үөгүлээхтээн хаалыаҕыҥ!.. Бары: (биир куолаһынан) Үрүҥ күн үтүөтүнэн Үөгүлээхтээн хаалыаҕыҥ} Иккитэ
Ү һ ү с кыыс: Арыы талах курдук, Атах тэпсэн үөскээбит, Артыаллаһан улааппыт, Аалайдыыра атаспыт...
Т ө р д ү с кыыс: Аймаҕыттан арахсан, Аналлааҕын кытары Атынныыра аймахха Аттанаахтыыр күнүгэр...
Б а р ы: Айхалынан айааран, Атаарыаҕыҥ, атастаар!..} Иккитэ Бэһис кыыс: Маҕан туллук курдук, Бааралаһан үөскээбит Майаҕастык санаспыт Маанылыыра доҕорбут...
А л т ы с кыыс: Балаҕаныттан баран, Бааралааҕын батыһан, Бастыҥ олох баһыгар Бараахыйдыыр күнүгэр...
С э т т и с кыыс: Бастыҥ олох туһа диэн Бары баарбыт тоххору Бачыгыраһан тураммыт Баҕараахтаан хаалыаҕыҥ...
Б а р ы: Бастыҥ олох туһа диэн Баҕараахтаан хаалыаҕыҥ} Иккитэ
Илиилэрин ыытыһан бараннар, имигэс баҕайытык тус-туспа эргичийэллэр уонна, иккилии буола-буола, атах тэпсэллэр, чохчоороҥнууллар, кулун куллуруһаллар, арахсан бараннар, икки кыыс эҥин араастык тутта-тутта, ырыаларын матыыбын быһыытынан араастаан хамнанан, атах тэпсэллэр, онно сорох доҕотторо кэккэлэһэн тураннар, бары ыллыыллар.
- * *
Күндү-күндү доҕорбут Көтөр-күрэнэр сирдэрэ Күөхтүүр солко көрдүк, Көҕөрөн-наҕаран көһүннэ. Күөрэгэйбит оҕото, Күөгэл-нусхал буоллун!..} Иккитэ
- * *
Мааны-мааны доҕорбут Барар-бастыыр сирдэрэ, Маҥан солко курдук, Маҥхайан, арыллан көһүннэ. Майаҕаспыт барахсаан, Майгы-туску буоллун! } Иккитэ
- * *
Айыы-атас алтыалбыт Аттанар-барар сирдэрэ, Аалай солко курдук Аҥаарыйан, аһыллан көһүннэ. Айыыһыппыт аймаҕа, Айхал-уруй буоллун!.. } Иккитэ
- * *
Сэргэх-сэмэй доҕорбут Симэнэн-таҥнан барар, Сиэги маҕан ааттыга Сэлэлэнэн, тэлэллэн көһүннэ. Сэгэртэйбит оҕото! Сиэрдээх кэскил буоллун!.. } Иккитэ
Бары сиэттиһэн бараннар «Уруй-айхал буоллун!» дэһэ-дэһэлэр, түргэнник төгүрүйэллэр уонна эмискэ арахсан бараннар, тахсар сирдэрин диэки дьиэрэҥкэйдииллэр, сонно быыс түһэр. Быыс түһэр.