Этиҥ (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Хаар хараарыыта, үрэх эстиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
[[]]→


Этиҥ


Күдэн былыт үктэллээх,
Итир былыт илдьиттээх,
Дугуй былыт олбохтоох,
Сүгэ-таас сүргүөһүннээх,
Сааллар чаҕылҕан сапсыырдаах,
Кутаа уот куйбуурдаах,

Дуксуурдаах Буура Дохсун,
Амырыыннаах Аан Дьааһын,
Одурууннаах орой Буурай тойон

Үс күүрүүлээх
Үллэр этиҥ буолан,
Үрдүк халлаан өрөһөтүгэр
Өрө сүүрэн лүһүгүрэйдэ,

Хабырыттар халлааны
Хайа сүүрэн лаһыгырайда,

Добун халлааны
Тоҕо сүүрэн лоһугурайда.
Онтон —
Сир ийэ хатыҥы
Сидьиҥ өлүүлэр
Сирдиргэттэхтэрэ диэн,
Симэлитэн кэбиһээри
Силлиэрэн сирилэттэ.

Сүөһү-киһи
Сүрүн-кутун
Сүлүүкүн аймаҕа
Сүтэрбитэ буолуо диэн,
Сүүлэр этиҥ сүргүөһүннэннэ.
Саха урааҥхай санаатын
Сах аймаҕа
Сарбыйбыта буолуо диэн,
Салаҥкый баҕадьы
Сааллар чаҕылҕан сапсыырданна.

Куччугуй-улахан киһи
Кутун-сүрүн
Куһаҕан аймаҕа
Куттаабыта буолуо диэн,
Кутталлаах үлүгэр
Кутаа уот куйбуурданна.

Аан ийэ дайдыга
Абааһы аймаҕа
Адаҕыйбыта буолуо диэн,
Амырыыннаах үлүгэр
Аан халарык аргыстанна.

Ытык нуолур дайдыбын
Ыарыы-сүтүү төрдө
Ыксаппыта буолуо диэн,
Ынырыктаах тыас ымыыланна.

Турар маска
Дурдаламмыт абааһыга
Дуксуйан тоҕо барда.

Чаллах маска
Саспыт абааһыга
Дьааһыйан сатарытта...



Сүрүн сирэйгэ