Эт-сүрэх эҥмэнийэн... (Алампа)



Эт-сүрэх эҥмэнийэн,
Эттээх хааҥҥын биэрэн
Эрэммит дьахтар
Эппэккэ сыдьдьан,
Эрэлин сүтэрэн,
Иэдэйэн баран,
Иккиһин эккирэтиһэрэ,
Албыннаан сылдьан
Атыны таптыыра,
Ааһан арахсыбат
Алыс атаҕастабыл,
Сүтэн хаалбат
Сүүнэ өс буолар.
Булуҥ


21/II—1924


Алампа

Сүрүн сирэйгэ