Эһиэхэ аныыбын (Айыы Уола)

Эһиэхэ аныыбын


Айылҕа чочуйбут оҕото буоламмын,
Бу Орто дойдуга ыллаары кэлбитим.
Кэрэни-үөрүүнү бэлэхтиир баҕаттан,
Бу ырыам тылларын эhиэхэ аныыбын.

Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым,
Мин тыыннаах тылларбын эhиэхэ аныаҕым,
Ханна да, ханна да буолларбын ыллыаҕым,
Мин тыыннаах тылларбын эhиэхэ аныаҕым.

Ыллыаҕым ырыабар сүүрүктээх үрэҕи,
Туойуоҕум тойукпар толомон хонууну,
Үрдүк таас хайаны, халыҥ тыа ойууру -
Ханнык да дьыл кэмэр, сүрэхтэн иэйэммин.

Бэлэхтиэм эhиэхэ ып-ыраас тапталы,
Сүрэхтэн кутуллар бу тыыннаах тыллары,
Бэлэхтиэм эhиэхэ кырдьыгы хоhуйан,
Олоххо кэрэни-үтүөнү баҕаран.