Үгүлээт
Үгүлээт былыргыта Билиҥҥи Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин территорията XVIII-XIX үйэлэргэ Үөһээ Бүлүү улуһугар киирэрэ. Улуус киинэ (инородческай управа) III Үөдүгэй нэһилиэгин Дүллүкүтүгэр баара. Үгүлээт сиригэр-уотугар элбэх ахсааннаах аҕа уустара булкуһан олорбуттара. Кинилэр атын-атын нэһилиэктэр, улуус дьонноро этилэрэ. Холобура, быстах Тааһаҕардар, быстах Халбаакылар уонна да атын нэһилиэк быстахтарын дьонноро бааллара. Билиҥҥи Үгүлээт хоту өттүгэр - Амыһаахха, Хоргоччумаларга, Чимидикээҥҥэ былыыр-былыргыттан Үгулээт аҕа ууһун дьоно балыктаан, бултаан олорбуттара. Кинилэр аттыларыгар Солоҕооттор (Ээйик), Хатыгыттар (Эдьигээн) көһө сылдьар аҕа уустара бааллара. Амыһаахтар бары эбэҥкилэр. XVIII үйэттэн саҕалаан - 1911 сылга диэри Үгүлээт аҕа ууһун кинээстэринэн элбэх киһи талыллан үлэлээбиттэрэ. Саамай биллибит кинээстэринэн Топпуруун уонна Баадаҥныыр Баһылай буолаллар. Кинээстэр олорбут сирдэрэ – Маныбычаан, Амыһаах уо.д.а. Бу аҕа ууһун дьоно сирдэрэ киэҥэ-куоҥа бэрт буолан кэлии-барыы өртүгэр улахан эрэйи көрөллөрө. Амыһаах нэһилиэнньэтэ кэлин сүөһү иитиитигэр көспүттэрэ. Арҕаа диэки, билиҥҥи Тылгыны сиригэр Дьаархан, Наахара аҕа уустарын быстахтарын сирдэрэ буолара. Кинилэр түһээннэрин Ньурба Дьаарханыгар төлүүллэрэ. Бу сирдэр территориальнай өттүнэн урукку Боотулуу нэһилиэгэр киирсэллэрэ, билиҥҥиннэн – 1919 сыллаахха тэриллибит Бүлүү улууһун Тылгыны уонна I Күүлэт нэһилиэктэрэ. Хотугулуу илин бардахха, XX-с үйэҕэ (1919-1951 сс.) III Күүлэт диэн ааттана сылдьыбыт нэһилиэк сиригэр туспа улахан кинээстээх (ыстаарысталаах) Үөһээ Бүлүү улууһун былыргы Күүлэт нэһилиэгэ баара. Бу нэһилиэккэ киирэр сирдэр ааттара маннык – Быччагдаан, Күбэйиҥдэ, Баҕадьа, Күрүөйэх, Муоһааны уо.д.а. Нэьилиэнньэтин ахсаана – 555 киьи (1854 с.). 18 үйэттэн саҕалаан нуучча итэҕэлэ күүскэ өтөн киирбитэ. Ол туоһутунан буолар – 1854 сыллаахха тутуллубут Үгүлээт Похуодунай Былаҕаччыаныскай таҥара дьиэтэ (чосуобуна). Бу иннинэ улууска таҥара дьиэлэрэ I Үөдүгэй Далыырыгар уонна II Үөдүгэй Куорамыкытыгар бааллара. Чосуобуна тутуллубут сирэ кэлии-барыы табыгастаах суолун төрдө - Күбэйиҥдэ Эбэ буолар, былыргы Күүлэт нэһилиэгин сирэ, билиҥҥи Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин киинэ Күбэйиҥдэ сэлиэнньэтэ. Кэлин (1911 с.) таҥара дьиэтин тула нэһилиэнньэ элбээн саҥа Үгүлээт нэһилиэгэ тэриллибитэ. Нэһилиэк аата саамай былыргы уонна элбэх киһилээх Үгүлээт аҕа ууһун аатынан ааттаммыта. Күбэйиҥдэ дэриэбинэтэ Арҕаа Бүлүү улууһун биир бөдөҥ сэлиэнньэтигэр кубулуйбута. Онон Үгүлээт нэһилиэгэ дириҥ историялаах Бүлүү улууһун биир бастыҥ нэһилиэгэ буолар.