Үлэҕэ ыҥырыы (С.И. Лыткина чабырҕаҕа)

Үлэҕэ ыҥырыы


Хаҥсыатыы харсыаты
Харлаампый Молоочуок,
Хаарыаннаах бэйэлээх
Хаҥалас былчыҥнаах
Киһи аймах кэскилэ,
Дъон аймах тускула.
Үллүбүт элбэх үп,
Баллыбыт баһаам баай,
Туу маһын киспэтэ
Тулаайах буолааччы,
Киһи иһин киспэтэ
Килиэп диэн үүнээччи.
Үөрэниэҥ да аһыаҥ!
Үлэттэн куотума,
Үгэҕи булума,
Бэскигин тараанан,
Бэлэми булбаккын,
Күүлэйи батыһан,
Күн көрүн көрбөккүн.
Кыһыл уол кытаныас,
Туҥуй уол тутаныас,
Тур, барыах үлэлиэх,
Туһалаан абырыах...