Үрүҥ айыы буолуу (Каженкин И.И.)
YРYҤ АЙЫЫ БУОЛУУ Дьокуускай 2006
«Yөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, Алларааттан аргыар аргыйбатын! Орто дойду олоҕо туруктаах буоллун!»
АННОТАЦИЯ
Киһи өйүн-санаатын сайдыыта үс тус-туспа кэрдиис кэмнэргэ арахсар:
1. Киһи буолуу. Киһи буоларга үөрэнии.
2. Киһи быһыыта. Киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу.
3. Yрүҥ Айыы буолуу.
Биһиги бу үлэбитигэр өй-санаа айыы буолуу туругар тиийиитин ырытыахпыт.
Учение народа саха полностью охватывает все периоды развития сознания человека.
Каженкин Иван Иванович
ААН ТЫЛ
Сахалар айыы туһунан билиилэрэ олус киэҥ, дириҥ төрүттээх. Былыргы олоҥхолорго, кэпсээннэргэ ахтыллар айыылар уонна абааһылар бэйэлэрин кэмнэригэр илэ олорон ааспыт дьон эбиттэрэ оҥорбут дьыалаларынан уонна ааттарынан-суолларынан сыыйа-баайа дакаастанан иһэллэр.
Саха тимирин ууһа уһааран таһаарбыт тимиринэн үҥүү-батас оҥостон дойдутун, сирин-уотун көмүскээн атын омук бухатыырын кытта охсуһуута былыргы кэмнэргэ элбэхтик буолбута биллэр. Саха тимир уустара улуу бухатыырдарын тимир сэрии сэбинэн кыайа-хото хааччыйаннар атыттарга кыаттарбакка, эстибэккэ баччаҕа тиийэн кэлэн олордохпут.
Сахалар Улуу уустара Кытай-Бахсылааны уус диэн ааттааҕа уонна бу икки аҥы арахсыбыт уустар билигин да бааллара тимири уһаарыыны уонна уһаныыны олус былыргы кэмнэргэ бу уустартан холбоспут дьон саҕалаабыттарын туоһулуур.
Одун хаан чахчы баар буола сылдьыбыт Модун хаан аата буолара остуоруйа сөп түбэһиилэринэн дакаастанан эрэр. Онтон Чыҥыс хаан Чингис хаан сахалыы аата буолара быһаарыллыбыта ыраатта. Ити курдук атын айыылар ааттара остуоруйа докумуоннарынан сыыйа-баайа бигэргэтиллэн иһэллэр.
Айыы диэн тыл олус дириҥ өйдөбүллээх уонна элбэх суолталардаах буолан мээнэ туттуллубат, сэрэхтээх, ыарахан тыл. Бу тыл «Ай» диэн төрүттээх, өйү-санааны быһаарар, ол иһин суолталара өй-санаа өйдөбүллэринэн эрэ табатык быһаарыллаллар. Биһиги бу үлэбитигэр айыы бары суолталарын ырытан оннуларын булларарга кыһанныбыт.
Түүллэри үөрэтии - өйү-санааны үөрэтэр. Киһи мэйиитигэр ханнык өй-санаа, куттар үөскээбиттэриттэн уонна иҥэн сылдьалларыттан түүл көстүүлэрэ уратыланалларын, киһи бэйэтин туспа сылдьар куттарын эмиэ түүлүгэр көрөрүн, сорох кэмнэргэ куттара бэйэ-бэйэлэрин кытта сөбүлэспэттэрин «Түүллэри тойоннооһун» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт.
Биһиги өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктаныыбытын хойутаан саҕалааммыт саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар билигин үөскээбит балаһыанньаны ситэ быһаарбакка эрэ «Айыы» туһунан суруйарбыт олоҕо суох буолар. Ол иһин «Айыы үөрэҕин» сыыһаларын туһунан аҕыйах этиини оҥорорбут наадалаах.
Өй-санаа сайдан, олох тупсан истэҕинэ үөрэх-билии, араас саҥаны арыйыылар кырдьык эбиллэн иһэллэр. Саҥа үөрэҕи арыйары ким да бопсубат, арай бу үөрэх уруккуттан баар үөрэҕи токуруппата, атыннык эргитэн таһаарбата ирдэнэр.
Сахаларга былыр-былыргыттан бэйэбит таҥарабыт баар. Таҥара диэн ааттаах. Бары билэбит. Куруук туттар тылбыт. Атын омуктар эмиэ билэллэр. Кинилэр биһиги таҥарабытын тенгрианство диэн аатынан билинэллэр. Биһиэхэ саҥа таҥара наадата суох. Оннооҕор нууччалар таҥараларын Христоһу ылыммаппыт. Бэйэбит таҥарабыт баар буолан күлүктүү, атын таҥаралары үтүрүйэ сылдьар. Ол иһин атын таҥараны өйдөөбөппүт, иҥэриммэппит.
Олохпут үөрэҕин билигин даҕаны сурукка ситэн киллэрэ иликпитинэн туһананнар таҥаралара суох диэн балыйан, баттаан этэллэр. Сахалыы өй-санаа үөрэҕин былыргы ыраахтааҕы батталыттан саҕалаан большевиктар, коммунистар уһун кэмҥэ олус күүскэ буккуйаннар таҥарабыт үөрэҕэ букатын суоҕун курдук санааҕа киллэрэ сатыыллар.
Биһиги таҥарабыт үөрэҕин саха киһитэ барыта билэр. «Yтүө санаалаах киһи буола улаат» диэн үтүө баҕа санааны оҕолорбутугар иҥэрэн, төрөппүтүн көрдөрөн, батыһыннаран, үтүгүннэрэн улаатыннарабыт. Ол иһин таҥарабыт «Киһи» диэн ааттаах. Бука бары оҕолорбутун «Киһи буол», «Хаһан бу улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын», «Киһи оҥорорун курдук онор» диэн үтүө киһи быһыытын үтүгүннэрэн үөрэтэбит, киһи буолар баҕа санааны кыра эрдэҕиттэн иҥэрэбит, «Yчүгэй киһи» буоларыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт, «Yчүгэй киһи буол» диэн күн аайы этэн баҕа санаабытын тириэрдэбит. Киһи буолуу баҕа санаатын оҕобутугар иҥэрэр буоламмыт таҥарабыт үөрэҕин аата «Киһи буолуу» диэн ааттанар.
Киһи буолууга саха киһитэ барыта дьулуһар, оҕолоро киһи быһыылаахтык олохторун олоруохтарын баҕарар. Ол аата киһиэхэ үчүгэй киһи буолууга дьулуһар баҕа санааны үөскэтии, иҥэрии аата таҥара диэн ааттанар.
Бары биир санаалаахтарбытыгар, бу ыарахан ырыынак кэмигэр үлэбитин бэчээттээн таһаарыыга көмөлөспүт бар дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит. Киһи буолан, киһи быһыылаахтых биирдэ бэриллэр олоххутун олорон, аймахтаргыт, кэлэр көлүөнэлэргит олоҕу салгыы киһи быһыылаахтык олороллорун ситиһэргитигэр баҕарабыт.
ТЫЛ ӨЙY-САНААНЫ КЫТТА ТУТУЛУГА
Омук тыла төһөнөн былыргы даҕаны өйү-санааны кытта тутулуга ордук күүстээх, кытаанах. Ол курдук тылы үөскэтэр дорҕооннор Айылҕаҕа үөскүүр араас тыастан-уустан быһаччы үөскээбиттэр, ол тыаһы-ууһу, дорҕооннору үтүктэллэр. Саха тыла олус былыргы тыл буолан айылҕаны кытта дорҕооннорунан тутулуктарын билигин да иҥэрэн илдьэ сылдьар.
Айылҕаҕа аан маҥнай араас тыастар, дорҕооннор баар буолбуттарын ким да утарбат. Ханнык баҕарар тыл тус-туспа дорҕооннортон хомуллан үөскүүр. Хас биирдии дорҕооннору тус-туспа буукубаларынан бэлиэтээн тыллары суруйабыт.
Дорҕооннор киһи мэйиитигэр араас хамсааһыннары үөскэтэллэр. Тылы үөскэтэр дорҕооннор киһи мэйиитигэр оҥорор хамсааһыннара, доргутуулара киһиэхэ араас санаалары үөскэтэллэрин, ол иһин өйү-санааны кытта быһаччы тутулуктаахтарын биһиги бу үлэбитигэр быһаарабыт.
Дьон бары музыка алыптаах тыастарыгар ылларан санаалара көтөҕүллэр, күүһүрэр кэмигэр киирэллэрин билэллэр. Киһиэхэ музыка алыптаах дорҕоонноругар куустаран араас санаалар киирэллэр. Сорох музыка өрө күүрүүлээх, кыайыыга-хотууга ыҥырар, соннук санаалары үөскэтэр, атыттар нуһараҥ, сынньалаҥ, дуоһуйуу санааларын киллэрэллэр. Ол аата музыка дорҕонноруттан араас санаалар үөскүүллэр. Онтон хас да дорҕооннортон тыл хомуллар. Хас биирдии дорҕооннор киһи мэйиитигэр бу дорҕооннорго сөп түбэһэр санаалары үөскэтэллэр. Ол иһин тыл иччилээх диэн этиллэр.
Тыл суолтата дорҕоонноруттан быһаччы тутулуктааҕын хайдах саҥарартан араастаан уларыйан, кытаатан, күүһүрэн, сымнаан, минньээн биэрэрэ быһаарар. Ол курдук кыыһырбыт киһи саҥатын ханнык да омук тыла буолбутун иһин киһи барыта араарар. Ол аата тыл хайдах саҥарылларыттан дорҕоонноро уларыйаннар атын суолтаны, күүһүрдэн, сымнатан биэрэллэр. Кыыһырбыт, күүһүрбүт саҥаны ордук кыыллар, ыттар, аттар, кыра оҕолор арааран билэллэр.
Ханнык баҕарар үтүө тыллары араастаан эҕэлээн «Куһаҕаннык иһиллэр» гына этиэххэ сөп. «Кытаанах, дьиппиэн саҥа» атын киһиэхэ ордук тиийимтиэ, ылыннарыылаах буолар, онтон «Сымнаҕастык эттэххэ» баҕар кыһанымыахха да сөп курдук.
Кыра оҕо ытаан бэбээрэр саҥата истэргэ олус ыарахан, куһаҕан, хайа да киһи тулуйан истибэт, өйө-санаата айманар, тэһииркиир, ыксыыр, уһуннук иһиттэххэ олорбот да турбат да кэмҥэ киирэр. Бу киһи өйүгэр-санаатыгар саамай күүскэ дьайар дорҕоон. Ытыыр саҥаны иһиттэххэ киһиэхэ көрө-истэ, көмөлөһө, көмүскүү барар санаа үөскүүр.
Оҕо ытыыр саҥата кыра эрдэҕинэ «Ээ» диэнтэн улааттаҕына «Ыы» диэҥҥэ уларыйар. «Ээ» диэн дорҕооннортон киһи мэйиитигэр үөскүүр хамсааһыннар көмүскүүр, харыстыыр, көмөлөһөр санаалары үөскэтэллэр. Холобур, эйэ, эбэ, эһэ, эм уонна да атыттар. Айылҕа кыылларыттан куобах эмиэ ытыыр. Ыксаатаҕына, ыгылыннаҕына оҕо курдук ытаан тоҕо барар. Бу айылҕаҕа сотору-сотору аһара элбэхтик үөскээн хаалан букатын суох буола сыһыар диэри эстэргэ тиийэр кыыл кыра оҕо курдук ытаан бэбээрэрэ мээнэҕэ буолбатах. Дьон-аймах куобах ытыырын истэн, долгуйан, санааҕа түһэн олох туһунан толкуйдуулларын үөскэтэр аналлааҕын билигин да аахайбакка сылдьабыт.
«Ы» дорҕоон «Ыы» буола холбостоҕуна ытааһыны үөскэтэр. Ханнык баҕарар тылга «ыы» дорҕоон сыһыннаҕына бу тыл суолтата мөлтөөн, бүтүүтэ ытааһыннаах буолуохтааҕа арыллар. Холобурга, бар диэн тылга «ыы» дорҕоон сыһыннаҕына барыыны, өлүүнү биллэрэр өйдөбүллэнэр. Сыт диэн тылга «ыы» дорҕоон эбиллиитэ мөлтөөһүн, сытыы кэлэрин тэҥэ аны биилэнэн, уһуктанан ордук кутталланарын быһаарар. Ыт диэн тыл ытыы буола уларыйдаҕына алдьархайы оҥорорун таһынан ытааһыны эмиэ көрдөрөр. Ас диэн бэйэтэ үчүгэй суолталаах тылбытыгар «Ыы» дорҕоон сыһыннаҕына аһыы диэҥҥэ кубулуйан букатын да буорайыыны, аспыт буорту буолбутун, аһыйбытын биллэрэр.
Бу быһаарыыбытын өссө дириҥэтэр, халбаҥнаабат гына түмүктүүр «Айыы-айа» диэн эстиини-быстыыны, мөлтөөһүнү уонна «Аһыы-аба» диэн кыһыйыы-абарыы күөдьүйүүтүн биллэрэр тыллар бааллар.
Ай диэн бэйэтэ үтүө, саҥаны арыйар икки утарыта, үчүгэй уонна куһаҕан суолталарын холбуу бииргэ илдьэ сылдьар тылга «ыы» диэн ытыыр дорҕоон сыһыннаҕына бу саҥаны айыыбыт туох эрэ куһаҕаннаах буолан ытааһынынан бүтүөхтээҕэ чуолкайдык быһаарыллар. Уһаабыт «ыы» дорҕоон куһаҕан суолтата хаһан да уларыйбат. Бу ытыыр дорҕоон суолтата саха тыла олус былыргытын, аан маҥнайгы тыл буоларын халбаҥнаабат гына быһаарар.
Айыы диэн тыл уһаабыт «ыы» дорҕоонунан бүтэрэ хаһан даҕаны үчүгэйгэ тириэрдибэтин, үчүгэйгэ туттуллуо суохтааҕын биллэрэр. Саха тылыгар «р» дорҕоон ордук ыгыллан, хатыланан «рр» диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына ырдьыгынааһыҥҥа кубулуйар. Айылҕа бары кыыллара ырдьыгыныыллар, ыгааһынтан көмүскэнэллэр. Ыт аһылыгыттан көҥөөтөҕүнэ эбэтэр маныы сытар дьиэтигэр киллэримээри ырдыгыныыр. «Р» диэн ырдьыгынааһын бар диэн өйдөбүллээх, соннук көнөтүк өйдөнөр. «Бар» диэн тылбыт «Киэр бар» диэн эбиллэн этилиннэҕинэ, «р» дорҕоон эбии хатыланан ордук күүһүрэр, кытаатар, ырдьгынааһыҥҥа кубулуйан барар. Киһиттэн тэйэн биэрэххэ эрэ табыллар кэм кэлбитэ биллэр.
«Тур-р» диэн олус күүскэ этиллэр тылга холоотоххо «Кэл» диэн тыл быдан сымнаҕас, кэлимиэххэ да син курдук. Нуучча тылыгар ырдьыгыныыр «р» дорҕооннор тыл иннигэр тураллар. Эрдэттэн ырдьыгынаан, суоһурҕаммытынан бараллар. Холобурга, рычит, рык. Саха тылын күүһэ, иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. Ол аата тылы үөскэтэр дорҕооннор суолталара бу тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэр. Холобур, «Ытыыр»,- диэн тыл ыы буукубаларын дорҕоонноро үөскэтэр суолталара бу тыл бэйэтин суолтатыгар сөп түбэһэллэр. Нуучча тылыгар ытааһын «Плач», диэн тылынан бэриллэр. Бу тыл дорҕоонноро ытааһыны кытта ханнык да тутулуктара суох. Сахалыы «Айыы» диэн тыл суолтата өйү-санааны кытта «Ай» диэн дорҕоонунан быһаччы тутулуктаах, онтон «Грех» диэн тыл киһи өйүн-санаатын кытта ханнык да тутулуга, сыһыана суох. Ол иһин нуучча тыла кэлин үөскээбит, буккуллубут, киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник тиийбэт тыл буолар.
Дорҕооннорун суолталара сөп түбэстэхтэринэ тыл өссө күүһүрэр. Суруйааччылар, поэттар итини табан туһаннахтарына дьон бары сөбүлээн ааҕар айымньыларын айаллар.
«А» дорҕоон өйү-санааны быһаарарын «Тыл санааны салайар» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт. Аҥардастыы «А» диэн саҥарар эбэтэр тугу эмэ ыйыттахха «Аа» диэн иһэр киһи аҥала эбэтэр улахан төйүҥү буолар. Төйүҥү киһиэхэ өй-санаа киирэрэ бытаана бэрт буолан аҥалатыҥы буолара сөп курдук.
«Й» дорҕоон ыйан биэрэри тэҥэ халлаан ыйын холбуу көрдөрөр. Ый Сиргэ баттааһыны оҥорор. Муора уута үллүүтэ уонна түһүүтэ Ый тардыытыттан тутулуктаах. Саха дьоно Ыйы өйү-санааны төрүттүүр диэн этэллэр. Ый туолбут кэмигэр киһиэхэ түүлэ элбиир, чуолкайданар уонна бу кэмҥэ көстүбүт түүллэр үгүстүк туолаллар. «Й» дорҕоон өйү-мэйиини кытта итинник тутулуктаах.
«А» уонна «Й» дорҕооннор холбоһон «Ай» диэн өйгө-санааҕа олус суолталаах тылы үөскэтэллэр. Бу тыл өй-санаа сайдыытын быһаарар, ханнык баҕарар саҥаны айыыны бэлиэтиир, саҥаны арыйыы өйтөн-санааттан тутулуктааҕын, онтон үөскээн тахсарын быһаарар. Ай диэн тылтан төрүттэнэр «Айыкка» диэн тыл бу айыы иккис өрүтэ куһаҕанын, ыарыылааҕын киһи барыта билэр гына көнөтүк быһаарар. «Айыкка» диэн соһуччу, урут биллибэт ыарыыттан айманар саҥа, кэһэйбит эҥин бэлиэ буолар. «Айыы-айа» диэн саҥа аллайыы сылайыыны-элэйиини, мөлтөөһүнү биллэрэр.
Ити курдук хас биирдии дорҕооннор киһи өйүн-санаатын үөскэтэллэр. Бу быһаарыы ордук киһи аатын дорҕоонноро өйүн-санаатын төрүттүүллэринэн чуолкайданар. Кытаанах дорҕооннордоох ааттаах оҕо чиҥ, дьиппиэн майгылаах буола улаатар. Чыҥыс диэн ааттаах оҕо Чыныс хаан суолун солуур кыахтанарын өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр.
Киһиэхэ аата олус дириҥ суолталаах. Аат дорҕоонноро өйү-санааны чочуйан оҥороллор. Киһини куруук аатын кыччатан «Ваньканан» эбэтэр «Саньканан» ааттыы сырыттахха, кыра аатын курдук өйө-санаата оҕотунан хаалан хаалыаҕа, ылгын уолга кубулуйуоҕа. Ол иһин Иванушка дурачок буолбута куруук кыччатан ааттааһыны кытта быһаччы сибээстээх.
Сахалар киһи аатыгар олус улахан суолтаны биэрэллэр. Оҕо улаатан өйө-санаата киириитигэр улахан киһи аатын биэрэн, иҥэрэн өйүн-санаатын төрүттүүллэр. «Ааты түһэн биэримэ»,- диэн этии үчүгэй да аакка харыстабыллаахтык сыһыаннаһар наадатын быһаарар. Айылҕаҕа «Ма» дорҕоон ынах маҕырааһынын кытта сибээстээх. Дьиэ таһыгар ынах маҕыраатаҕына, бу барахсаммыт кэллим диир, туохха эрэ наадыйдаҕа диэн дайааркалар этэллэр. Бу дорҕоонтон ордук көрдөөһүн, ас наада буолла диэн өйдөбүл үөскээн өйгө-санааҕа олохсуйар.
Саха дьонугар «Па» дорҕоон куһаҕаны, сирэри, сиргэнэри кытта сибээстээх. Өйгө-санааҕа дьайыыта эмиэ оннук. «Па-па» диэн буоллаҕына букатын мөлтөҕү биллэрэр.
Оҕо аан маҥнайгыттан ийэтин, аҕатын ким диэн ааттаан ыҥырарыгар ийэтэ эрэ үөрэтэр. Дьахталлар атын омук тылын үтүктэллэриттэн оҕолоругар аҕаларын «па-па» диэн ааттатан ыҥыттаралларыттан оҕолор аҕаларын соччо ытыктаабат, аанньа ахтыбат буола улааталлар. Итини тэҥэ эр дьону оҕолоро «Па-па» диэн сирэр дорҕоонунан элбэхтик ааттыылларыттан өйдөрө-санаалара буорту буолар, үгүстэрэ арыгыга ыллараллар, кэргэннэрин оҕолору быраҕаллар, арахсан бараллар. «Па» диэн куһаҕан, сирэр, сиргэнэр өйдөбүллээх дорҕоон дьайыыта сыыйа-баайа тиийэн билигин Россия эр дьонун эстиилэригэр тириэрдэн эрэр. Ол курдук эр дьон үлэлэрэ-хамнастара мөлтөөһүнэ уонна ахсааннара дьахталлардааҕар быдан аҕыйааһына өйдөрө-санаалара мөлтөөн быстах быһыыга киирэн биэрэллэриттэн, арыгыга ылларыыларыттан ордук тутулуктаах.
«Ма» уонна «Па» дорҕооннор киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыыларын саха эдэр ыччаттарын туруктарын тэҥнээн көрүүнэн быһаарыахха сөп. 50-с, 60-с сыллардаахха саха оҕолоро ийэлэрин «Ийэ»,- диэн, аҕаларын «Аҕа»,- диэн ааттаан ыҥыраллара. Бу тыллар саха омук төрүт тыллара буоланнар «и» уонна «а» дорҕоонноро оҕо өйүгэр-санаатыгар ытыктыыр, сыаналыыр өйү-санааны иҥэрэллэр. Бу дорҕооннор сахалар итэҕэллэрин Иэйиэхсити уонна Айыыһыты кытта сибээстээхтэр, өйү-санааны төрүттүүр суолталаахтар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн, саҥа саҥаран эрэр кэмиттэн ыла «Ийэ», «Аҕа» диэн төрөппүттэрин ыҥыра үөрэннэҕинэ өйө-санаата туруктаах буола улаатар. Оҕолор ийэлэрин, аҕаларын ытыктыыр, тылларын истэр буола улааталларыгар, өйдөрүн-санааларын иҥэринэллэригэр бу дорҕооннор көмөлөһөллөр. Ол иһин оччотооҕу кэмҥэ төрөөн улааппыт эдэрдэр бэрээдэги кэһиилэрэ, уоруулара-алдьатыылара, быстах быһыыларга түбэһиилэрэ отой да суоҕа. Kыра эрдэхтэринэ кытаанахтых, чиҥник, үтүө үгэстэргэ үөрэтиллибит, ийэлэрин, аҕаларын ытыктыыр оҕолор салгыы олохторо туруктаах буолар. Кинилэр билигин даҕаны, лаппа сааһырыахтарыгар да диэри быстах суолга киирэн биэрэн алҕас туттунуулары оҥороллоро букатын аҕыйах.
50-с, 60-с сыллардаахха төрөөн, иитиллэн улааппыт дьон ахсаан өттүнэн элбээн хаалыылара бүтүн Россия үрдүнэн биллэр. Бу дьон пенсияҕа тахсар саастара тиийэн кэлбитигэр ахсаан өттүнэн элбэхтэрэ, кинилэри үлэлээн солбуйуохтаах эдэрдэр аҕыйахтарыттан улахан проблеманы үөскэттэ. Биһиги бу дьон олохторун киһи быһыылаахтык олорон, быстах быһыыга түбэспэккэлэр ахсааннара элбээн хаалбытын өйдөрө-санаалара ордук туруктаах, иитиилэрэ киһи быһыытынан эбитинэн быһаарабыт. Ол курдук оҕо эрдэхтэринэ оонньуу-көрүлүү сылдьыбыт, мааныга-талбаҕа, көрүүгэ-истиигэ иитиллибит кэнники көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан быстах быһыыга түбэһэллэрэ, арыгыга, наркотикка ыллараллара элбээһинигэр тириэртэ.
Билигин куорат сахаларын оҕолоро ийэлэрин, аҕаларын «Ма-ма», «Па-па»,- диэн ааттыырга үөрэммиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буола оҕуста. Бу кэм устата эдэрдэр өйдөрө-санаалара, майгылара уларыйбыта биллэр уратыланна, ийэлэрин, аҕаларын отой ытыктаабаттар, этэр тылларын истибэттэр. Бу уратылар үөскээһиннэригэр оҕо ийэтин, аҕатын ким диэн ааттаан ыҥырара, дорҕооннор дьайыыларын табан туһаныы суоҕа ордук улахан суолталаах дии саныыбыт. Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин өр сыллаах кэтээн көрүүлэр түмүктэринэн маннык быһаарыылары оҥоруохха сөп.
Туруга суох өйдөөх-санаалаах, атаах, мааны, ийэлэрин, аҕаларын ытыктаабат, тылларын истибэт оҕолор салгыы олохторугар улахан эрэйгэ түбэһитэлииллэр. Ол түбэһэр быһыыларын манныктарга араартыахха сөп:
1. Өйдөрө-санаалара туруга суох, киһиргэстэр, киэптэнньэҥнэр, ол иһин атын дьону кытта сыһыаннара аһара тыҥааһыннаах, уустук, утарыта харсыһыылаах буолла.
2. Быһаҕынан, биилээҕинэн, саанан сыыһа туттуулары элбэхтик оҥороллор.
3. Арыгыһыт, наркоман буолуулара элбэх.
4. Көрдөөтөллөр эрэ барылара-бары баар буола охсоругар үөрэнэн хааланнар ханнык да үлэни кыайаллара уустугурар. Маннык иитиилээх оҕолор улаатаннар үгүстэрэ билигин бэрээдэги кэһээччилэр, арыгыһыттар кэккэлэрин хаҥаталлар, киһилии үлэлээбэттэриттэн, төрөппүттэрин тылларын истибэттэриттэн, ытыктаабаттарыттан олох чэпчэки өттүн диэки талаһаллар. Бу дьон ордук бэлэми туһаныыга, атын дьон бэлэмнэригэр олорууга салалыннылар. Уоруу, дьону халааһын сылтан сыл эбиллэн иһэр. Былырыыҥҥы сыллааҕар буруйу оҥоруу 7,3 бырыһыанынан эмиэ эбиллибит диэн милиция үлэһиттэрэ дакылааттарыгар этэллэр.
«Московскай комсомолец» хаһыат 2005 сыллааҕы ыам ыйын 11 күнүнээҕи ньүөмэригэр суруйарынан былырыын Москваҕа буолбут бары баһаардартан 71 бырыһыаннара дьон уоту сэрэҕэ суох туттууларыттан уонна табаахтааһыннарыттан тахсыбыттар. Сэрэҕэ суох, тугу даҕаны аанньа ахтыбат иитиилээх эдэрдэр сыыһа-халты туттаннар уоту ыыталлара элбээбитин тэҥэ түргэн сырыылаах массыыналарынан айаннаан иһэн сыыһа тутталлара, дэҥи-оһолу таһаараллара эмиэ элбэх.
Эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ. Биирдэ кыыһыран быһа ыстаннахтарына эбэтэр арыгы истэхтэринэ туох эмэ улахан буруйу, дьон оҥорботторун, хара айыыны оҥоро охсон кэбиһэллэр. Эдэр саастарыгар хаайыы дьонугар кубулуйаллар, саҥа саҕаланан эрэр олохторо алдьанар.
Аныгы ыччаттар көрдөбүллэрэ сиэри таһынан үрдүк, бэйэлэрин кыахтарын, тугу сатаан оҥороллорун кыайан учуоттаабаттар. Төрөппүттэриттэн көрдүүргэ, ыларга, бэлэмҥэ олорорго олус үөрэнэннэр бэйэлэрэ үлэлиир, булар-талар кыахтара кыра. Бары баҕа санааларын төрөппүттэрэ толоро үөрэппиттэрэ оҕолоро атаах буола улааппыттар.
Билигин олох син оннун булан, үлэлиир дьон сөбүгэр соҕус да буоллар хамнас диэн ылаллар. Yлэ суох буолбатах, баар, көрдөөн булуохха эрэ наада. Арай үлэлиэн баҕарар дьоммут, эдэрдэрбит аҕыйахтара хомотор. Бэлэмҥэ үөрэтии сабыдыалыттан эдэрдэр ыарахан диир үлэлэрин үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, кыратык үлэлээбитэ буолан баран элбэҕи ылыахтарын баҕара саныылларыттан буруйу барытын хамнас аҕыйаҕар түһэрэллэр.
Төрөппүттэр дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыытын ситэ билбэттэр. Ол иһин оҕолорун үөрэтиигэ кыайан ылса иликтэр. Кэлэр көлүөнэлэрэ, оҕолоро бэйэлэрин ордук ытыктыыр, тылларын истэр, баҕа санааларын толорор дьон буола улаатыахтарын баҕарар буоллахтарына биһиги этиибитин, үөрэхпитин ылыннахтарына эрэ табыллыахтара. Ол курдук айылҕа дорҕоонноро киһи мэйиитигэр оҥорор дьайыылара хаһан да уларыйбаттар, атынынан кыайан солбуллубаттар.
Сэбиэскэй былаас эстэрин саҕана олох көнө быһыытыйбытынан туһанан оҕолору аһара көрөн-истэн, атаахтатан, барыта оҕолор тустарыгар диэн этэн үөрэтии тэнийбитэ билигин да салҕанан баран иһэрэ хомолтолоох. Билиҥҥи кэмҥэ бэйэлэрэ байан-тайан, аһара кыахтаахтык олорор ыаллар олох уонна өй-санаа туһунан санааларыгар оҕустаран көрбөттөр, булуу-талыы, мунньунуу диэки өйдөрө-санаалара аҥардастыы халыйан салаллар. Баай дьон кэлэр көлүөнэлэрэ туруга суох өйдөөх-санаалаах буола улаатаннар бу аймахтар үйэлэрэ уһаабаттар диэн сахалар олох туһунан үөрэхтэрэ этэрин умнубаппыт ордук этэ.
Омук сайдыытын, тылын-өһүн, үлэтин-хамнаһын орто баайыы үлэһит дьон оҥороллор. Yлэһит дьон элбэхтэр. Yлэһит дьон оҕолорун киһи буолуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу өйүгэр-санаатыгар үөрэтэллэр. Бу үөрэх сахалар төрүт үөрэхтэрэ, итэҕэллэрэ буолар.
ТЫЛ СУОЛТАТА
Биһиги сахалар олохпут үөрэҕин хомуйан сурукка ситэ киллэрэ иликпит. Урукку кэмҥэ бары билиибитин суруйан ууран иһэр кыахпыт суоҕунан тылынан уус-уран айымньыларбыт ордук сайдыбыттар. Уһун үйэлэрдээх олохпут үөрэҕэ сахабыт тылыгар этиллэ сылдьарын атын, кыра ычалаах омук үөрэҕин өрө тутаммыт билигин да бэйэбит туһана иликпит.
«Оҕону иитиэххэ-үөрэтиэххэ наада»,- диэн бары этэбит. Иитии уонна үөрэтии диэн тыллары холбуу этэн үгүстүк туттабыт. Бу тыллартан иитии диэн тыл куруук бастакы этиллэр. Ону көннөрү сыаналаатахха кыра оҕо аан маҥнай иитиллэр, ол аата оҕону төрөппүт көрөр-истэр, аһатар-сиэтэр, иитэн улаатыннарар. Маннык өйдөбүл иитии диэн тыл бастакы, биллэр суолтата буолар. Тыл бу суолтатын бары билэбит, куруук туттабыт. Бу тылбыт биир эрэ суолтатын аҥардастыы туһанаммыт оҕоҕо кыра эрдэҕинэ аһыырыттан, таҥнарыттан уонна оонньууруттан ураты туох да наадата суох буолуо дии саныы үөрэммиппит.
Биһиги бу тылы аҥардастыы биир эрэ, биллэр суолтатынан туһаныы оҕо иитиитигэр ордук улахан сыыһаны оҥорорун бу үлэбитинэн дакаастыыбыт.
Ол курдук иитии диэн тыл өйгө-санааҕа сыһыаннаах өссө иккис, кистэлэҥ суолталаах. Билигин бу тылы ити суолтатыгар куруук булчуттар тутталлар. «Сааны иит», «Хапхааны иит»,- диэн этэллэр, эрдэттэн бэлэмнээн, оҥорон, кэтэһэн турар кэмҥэ киллэрэллэр. Ол аата тылбыт иккис суолтата эрдэттэн бэлэмнээ, иитэн биэр диэн эбит. Бу тыл оҕоҕо анаан «Оҕону иит» диэн этилиннэҕинэ иккис суолтата бэйэҥ билиигиттэн биэр, иитэн, хаалаан бэлэмнээ диэн буолар. Биһиги кут-сүр үөрэҕэр оҕо ийэ кута иитиллэр диэн быһаарыыбыт бу төрүккэ олоҕурар. Оҕо кыра эрдэҕинэ билиини быһалыы ылынарын, ийэтин, аҕатын, төрөппүттэрин көрөн үтүктэн үөрэнэрин, ийэ кута иитиллэрин «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт.
«Иитиилээх» диэн этии оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык билиини иҥэриммитин бэлиэтиир. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук иитии эмиэ икки өрүттээх. Оҕо ийэ кутугар ханнык өй-санаа иҥэриллибиттэн тутулуктанан «Yчүгэй иитиилээх» эбэтэр «Куһаҕаннык иитиллибит» диэн этиллэр. Ол аата оҕо кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр ханнык өйү-санааны иитэн, иҥэрэн биэрииттэн салгыы олоҕо барыта тутулуктанар. Ол курдук оҕо өйө-санаата, ийэ кута кыра эрдэҕинэ хайдах иитиллибитинэн үйэтин тухары улаханнык уларыйбакка сылдьар. Кыра эрдэҕинэ куһаҕаннык, атаахтык иитиллибит киһи көнөрө олус уустугун кут-сүр үөрэҕэ дириҥник быһаарар. Салгыы оҕо улааттаҕына, өйө-санаата, салгын кута сайыннаҕына үөрэнэр, үөрэҕи ылынар. Улаатан өйө-санаата сайдан бэйэтэ толкуйдаан быһаарынар кыахтаннаҕына үөрэнэр кэмэ дьэ кэлэр. Манна этиллэр үөрэнии диэн тыл толору өйдөнөр, оҕо улааттаҕына, салгын кута сайдан, билэн-көрөн үөрэнэн, билиитэ эбиллэрин үөрэнии диэн тыл толору быһаарар.
Саха тылыгар холбуу этиллэр тыллар элбэхтэр. «Эйэ-дэм»,- диэн холбуу этиини туттуохха диэн сахалыы кылгас тылдьыты оҥорооччулар суруйбуттара билигин туттулла сылдьар. Ол эрээри бу икки тыллар тус-туспа суолталаахтарын, атын, утарыта өйдөбүллээхтэрин ситэ араарбакка итинник холбуу суруйуҥ диэн эппиттэр. Бу тылдьыт суруллуон иннинээҕи суруйааччылар элбэхтик «Эйэ-нэм» диэн холбуу этиини элбэхтик туһаналлар этэ.
Сэбиэскэй былаас олус күүһүрбүт кэмигэр ССРС-ка олорор норуоттары барыларын холбоон нууччалыы тыллаах сэбиэскэй норуоту үөскэтиэххэ диэн этэллэрэ. Биир норуоту үөскэтэр сыалтан атын омуктары барыларын нууччаларга холбоон симэлитии сыала-соруга баар буолбута. Бу сыалы-соругу Саха сиригэр ситиһэргэ сахалары ыһыы, бытарытыы, тус-туспа ыытыы үлэтэ бардаҕына эрэ табыллара. Ол иһин саха нууччатымсыйбыт дьонун көмөлөрүнэн өйдөрүн-санааларын буккуйууну бу «Эйэ-дэм» диэн этиини киллэриинэн оҥоруллубута билигин да куһаҕанынан дьайа сылдьар, саха дьонун эйэлээх буолууларын бу этии дэмниир, алдьатар.
Эйэ диэн тыл сымнаҕастык этиллэр, дириҥ, биир көнө өйдөбүллээх. Эйэлээх буолууну бэлиэтиир буолан саха дьонун олохторугар олус дириҥ суолталаах. Бары эйэлээхпит, түмсүүлээхпит буоллар диэн баҕа санаалаахпыт уонна эйэлээх буолуубут тоҕо кэлбэтиттэн хомойобут.
Тыл дорҕоонноругар суолта биэрбэппититтэн эйэ диэн тылбытын кытта ханнык тылы холбуу туттарбытын аахайбаппыт. Дэм диэн тыл дэбдэтэр, алдьаммыты өссө бэргэтэр аналлаах. Дорҕооннорун охсуулара «дэбдэҥнэтэн» оннук суолтаны биэрэр. Бу тыл эйэ диэн тылы кытта бииргэ суруллуохтааҕар аттыгар да чугаһыа суохтаах этэ, эйэбитин алдьатар, мөлтөтөр, үрэйэр тыл. Саха дьоно эйэлээх буолан түмсэллэрин утарааччылар анаан-минээн киллэрэн кэбиспиттэрэ билигин да туттулла сылдьара ордук хомолтолоох.
Бу «Дэм» диэн тыл оннугар «Нэм» диэн тыл туттуллуохтаах. «Эйэ-нэм» диэн буоллаҕына «Эйэни харыстаа, сэрэнэн, нэмин билэн, сыыйа күүһүрдэн ис» диэн өссө дириҥ өйдөбүллэнэр. Yгүс суруйааччылар үлэлэригэр бу тыллары «Эйэ-нэм» диэн көрүҥүнэн элбэхтик туһаналлар этэ.
Тыл дорҕоонноро киһи мэйиитигэр оҥорор хамсааһыннара, үөскэтэр өйдөрө-санаалара хаһан да уларыйбаттар. Оҕо ытыыра, кыыллар ырдьыгыныыллара, ынах маҥырыыра хаһан даҕаны уларыйар кыахтара суох. Ол курдук биир дорҕоон куруук биир өйдөбүлү, биир санааны киһи мэйиитигэр үөскэтэр. Төрүт тылларбытын сэрэнэн, харыстаан, ийэ куппутугар иҥэринэн илдьэ сырыттахпытына омукпут үйэтэ өссө уһаан биэрэрин ситиһиэхпит, өйбүт-санаабыт туруктаах буолуо этэ.
САХА ТЫЛА ТОҔО МӨЛТӨҔYЙ?
Биһиги сахалар олус уһун үйэлээх омук буоларбытын саҥа билэн эрэбит. Олохпут үөрэҕин, киһи буолуу өйүн-санаатын саҥа үөрэтэн сурукка киллэрэр кыахтанныбыт.
Билигин оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ төрөппүттэр ордук улахан оруолу ылан эрэллэрэ махталлаах суол. Урукку социализм кэмин саҕана оҕону иитиини уонна үөрэтиини государство барытын бэйэтигэр ылынара төрөппүт суолтатын түһэрэн, намтатан кэбиспитэ. Ырыынак кэмигэр государство ыал олоҕор орооһоро, көмөлөһөрө лаппа аҕыйаата. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх буоларынан төрөппүттэр оҕолорун туһугар бэйэлэрэ кыһаналлара, үөрэтэ, үлэлэтэ сатыыллара лаппа элбээтэ.
Төрөппүт аан маҥнай оҕотун, кэлэр көлүөнэтин туһугар кыһанара – олох салҕанан баран иһиитин тутаах ирдэбилэ. Оҕотун туһугар төрөппүт эрэ кыһанар. Аймах-хаан тэнийэн, сайдан иһиилэригэр төрөппүттэр ылар оруоллара үрдээн иһэр.
Оҕо туһугар кыһаныы диэни бары билэбит. Кыһаныы диэни аҥардастыы көрүү-истии эрэ курдук өйдүү үөрэммиппит уонна бу эрэ суолтатынан, көрүү-истии диэн өйдөбүлүнэн туһанарбыт хомолтолоох. Оҕо туһугар кыһаныы диэн иккис өйдөбүлүнэн оҕону иитии-үөрэтии ааттанар. Иитии-үөрэтии диэн этиигэ иитии диэн тыл икки суолтатыттан биһиги иккиһин бастатан туһанарга ыҥырабыт. Ол курдук төрөппүт оҕотун барыга бары, бэйэтэ тугу сатыырыгар барытыгар үтүгүннэрэн үөрэтэн, ийэ кутун иитэн кэбистэҕинэ оҕотун туһугар санаата бөҕөх, мин курдук олоҕу олорор кыахтанна диэн эрэллээх буолар.
Киһи олоҕо соччо уһуна суоҕа биллэр, сааһыран истэххэ ордук кылгыырга дылы, түргэтиир. Төрөппүт туох ханнык өйдөөх-санаалаах оҕону, кэлэр көлүөнэтин иитэн-үөрэтэн улаатыннарар даҕаны бу аймах дьон олохторо соннук саҕанан баран иһэр.
Кэлин 2002 сыллаахха алтынньыга ыытыллыбыт бүтүн Россиятааҕы перепись түмүгүнэн сахалар лаппа элбээн иһэбит, оҕолорбут ордук элбээбиттэр. Элбэх хаһан баҕарар баттааһыннаах, ыгааһыннаах, бэйэтин батыһыннарар күүстээх. Оҕону иитиини-үөрэтиини төрөппүттэр бэйэлэрэ баһылаан-көһүлээн салайарга турунуулара уонна сахалыы иитиини талан ылыылара омукпут өссө сайдан иһэригэр эрэли үөскэтэр.
Саха тыла мөлтөөтө диэни бары билэбит. Ханнык баҕарар дьыала мөлтөөтөҕүнэ, бу дьыаланы буортулуур, мөлтөтөр быһыыны булан көннөрүү эрэ дьыаланы тупсарар, көннөрөр кыаҕы биэрэр.
Буруйданар, кэмсинэр санаа баар буоллаҕына эрэ киһи көннөрүнэр кыахтаах. Ол аата ханна сыыһа баарын булуу, билинии эрэ бу сыыһаны көннөрөргө көмөлөһөр, кыах биэрэр. Сыыһа ханна баарын булбакка эрэ кыайан көннөрбөккүн, көстүбэт сибиэни кытта охсуспукка тэҥнэһэр. Биһиги сахабыт тыла мөлтөөһүнүгэр буруйдааҕы буллахпытына эрэ тылбытын күүһүрдэр, сахалары элбэтэр кыахтаахпыт.
«Омук тыла, үгэстэрэ ордук дьахталларга иҥэн сылдьаллар»,- диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Биһиги бу этиини бары өттүнэн ырытарбыт буруйдааҕы булууга туһалыан сөп. Саха тылын харыстыы сатыыр «Тыл. Өй. Билии.» конференцияҕа кыттааччылар барылара кэриэтэ кыргыттар, дьахталлар. Эр дьон аҕыйахтар. Саха тылын харыстыы сатааччылар кырдьык дьахталлар эбиттэр.
Саха үгэстэригэр үөрэтиини эмиэ дьахталлар баһылаабыттар. Yлэлэрэ-хамнастара таһаарыылаах. «Эйгэ», «Айылгы» түмсүүлэр онно үлэлииллэр. Омук дьоно төһө үгэстэрин, үөрэхтэрин утумнаан салгыы сайыннаран иһэллэр даҕаны омук үйэтэ уһун буолар. Саха омук сайдыыта, кэхтиитэ эбэтэр мөлтөөһүнэ барыта дьахталларыттан тутулуктаах. Манна эбии кинилэр төһө оҕону төрөтөллөрө ордук улахан оруолу ылар.
Кыыс оҕолор бары ийэлээхтэр. Кинилэр хаһан баҕарар олох үгэстэрин уонна үөрэҕин ийэлэриттэн быһалыы, үтүктэн ылынар кыахтаахтар, кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара иитиллэр. Ити иһин олох үгэстэрэ ийэттэн кыыһыгар быһаччы бэриллэн иһэрэ ордук күүстээх, дириҥ силистээх. Кыыс оҕо ийэтин курдук буола сатаан, кинини көрөн, батыһан, үтүктэн үөрэнэр. Ол аата оҕо аан маҥнайгы өйүн-санаатын, ханнык тылынан саҥарарын, кими хайдах ыҥырарын ийэ уонна эбэ эрэ төрүттүүллэр. Кинилэр көмөлөрүнэн оҕо аан маҥнай санара үөрэнэр. Санарар тылын дорҕоонноруттан өйө-санаата төрүттэнэр.
Оҕо улаатан иһэн аан маҥнайгы үөрэҕин, билбит билиитин олус кытаанахтык ылынар, иҥэринэр. Оҕото аан маҥнай саҥара үөрэнэригэр ийэтэ бэйэтин «Ийэ» диэн ааттаан ыҥырарга үөрэтэр толору кыахтаах. «Ийээ» диэн ийэтин ыҥыра үөрэннэҕинэ, куруук соннук ааттыырга үөрэнэр. Оҕо ийэтиттэн үтүктэн, быһалыы ылбыт өйүн-санаатын сахалар ийэ кут диэн ааттыыллар. Биһиги арай бу быһаарыыга оҕо аан маҥнай билбит билиитин, саҥарбыт саҥатын олус күүскэ өйдөөн хаалбыта үйэтин тухары умнуллубат диэн эбэн биэриэхпитин сөп. Оҕо аан маҥнай хайдах саҥара үөрэнэр даҕаны ол саҥата куруук баһыйар. Yс сааһыгар диэри ырыа ыллыыр, хоһоон ааҕар оҕо олох бары сүрүн өйдөбүллэрин иҥэринэр, билэр буолар.
Ити курдук өй-санаа сайдыытын, сахалыы тылынан саҥарыыны дьахталлар баһылыыр эбит буоллахтарына, баай-мал өттүн хааччыйыы эр дьоҥҥо сүктэриллэр. Дьахталлары хайдах хааччыйан, үчүгэй атахтарынан туруоран биэрии эр дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол аата дьахтар бары баҕата туолан санаата көннөҕүнэ оҕотугар эһигини хайдах диэн ааттатара көҥүлэ. Сирдэҕинэ «Па-па» диэн ааттатыан эбэтэр хайҕаатаҕына, ытыктаатаҕына боччумнук «Аҕа,- диэ» диэн этэн оҕотун үөрэтиэн эмиэ сөп.
Биһиги оҕо кыра, саҥа саҥарар буолан эрдэҕинэ сахалыы эрэ саҥара үөрэтиэххэ диэн этэбит. Саха олус баай, айылҕаттан дорҕооннорунан тутулуктаах буолан иччилээх тылыгар оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ ийэтэ, эбэтэ сахалыы үөрэтэллэрэ наада. Ийэ оҕотун баҕардар эрэ аан маҥнай саҥарарыттан саҕалаан «Ийээ» диэн бэйэтин ыҥырарга үөрэтэр кыахтааҕын өссө чопчулаан бэлиэтиибит. Оҕо саҥа саҥаран эрдэҕинэ аан маҥнайгы үөрэтии ордук дириҥник иҥэр. Онтон бу ыал аҕаларын ийэлэрэ ытыктыыр, таптыыр буоллаҕына оҕотугар аҕатын «Аҕаа» диэн ыҥырарга үөрэтиэн эмиэ сөп.
Оҕо өйө-санаата үөскээһинэ сахалыы ийэ кут диэн ааттанар. Бу оҕо ийэтиттэн үтүктэн, көрөн үөрэнэр өйө-санаата. Саха төрүт тылларын күүстэрин, оҕону иитэр-үөрэтэр кыахтарын туһунан урукку үлэлэрбитигэр суруйан турабыт.
Билигин ырыынак үөскээн, үлэлиир-хамсыыр дьон кыра да буоллар баайы-малы мунньунан эрэллэр. Бу мунньуллар баайы-малы кыайа хото салайар, өссө байытар, ыйан-тоҕон кэбиспэт, туруктаах өйдөөх-санаалаах оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарыы хас биирдии төрөппүттэн ирдэнэр көрдөбүл буолан эрэр. Оҕоҕо маннык көрдөбүл үрдээбитин ситиһэригэр кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун иитии көрдөнөр. Туруктаах өйдөөх-санаалаах буолуу ийэ кут иитиллиититтэн эрэ тутулуктаах диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
Бары баҕа санааларгытын толорор, ытыктыыр, туруктаах өйдөөх-санаалаах, киһилии быһыылаах кэлэр көлүөнэлээх буоларгытыгар баҕарабыт.
ТУОХ БАРЫТА ИККИ ӨРYТТЭЭХ
«Туох барыта икки өрүттээх»,- диэн сахалар этэллэр. Бу этии олус дириҥ, киэҥ өйдөбүллээҕин ситэ арыйбакка сылдьабыт. Ол курдук бу этии хас биирдии киһи тугу саныырыттан, тугу оҥороруттан саҕалаан Аан дойдуну барытын хаппытын таһынан Күн уонна планеталар тутулуктарын кытары арыйар.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини таба быһааран олоххо туһаныыга туох барыта икки өттүттэн халбаҥнаабат гына тутулуктаах диэн өйдүөххэ наада. Ол аата Сир үрдүгэр олох бу икки тутулуктар икки ардыларынан, хайа да диэки халыйбакка эрэ сайдан иһиэхтээх. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы халыйыы диэн ааттанар уонна үчүгэйгэ тириэрдибэт.
Туох барыта икки өрүттээҕэ олоҕу ордук таттарыылаах, туох быһыы күүтэн турара иннэ-кэннэ биллибэт оҥорор. Кэлэр үйэлэргэ туох буолара, олох ханнык хайысханан сайдан, үүнэн барара ситэ биллибэтэ олоҕу олорорго интэриэһи үөскэтэр. Биир тэҥник иннин, «коммунизм» диэки баран иһэр олох кыайан уһаабатын Сэбиэскэй Сойуус кыайан сайдыбат буола муомуруута уонна үрэллиитэ бары дьоҥҥо дакаастаата. Былыргы сахалар этэллэрин курдук олох суола долгуннардаах, өрүтэ мөхсөн ылар кэмнэрдээх. Бу хамсааһыннар тустарынан биһиги «Олох суолун долгуннара» диэн үлэбититтэн булуохха сөп.
Биһиги бары үлэлэрбитинэн киһини санаата салайарын дакаастыыбыт. Төрөппүттэрэ оҕолоругар кыра эрдэҕиттэн ханнык санаалары үгэс оҥорон иҥэрэн биэрбиттэриттэн тутулуктанан кини олоҕун оҥостон олорор, ханнык тыллары саҥара үөрэппиттэриттэн хайа омук буоларын ылынар, өйө-санаата сайдар.
Хас биирдии киһи санаата, тугу оҥороро барыта иккилии өрүттээхтэр, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллар. Хас киһи барыта үчүгэй санаалара элбээтэхтэринэ – үчүгэйи, онтон куһаҕан санаалара баһыйдахтарына – куһаҕаны оҥоруон сөп, оҥорор кыахтаах даҕаны. Киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй уонна куһаҕан диэн арааран быһаарыы барыта киһи бэйэтэ бу быһыыны хайдах диэн саныырыттан, өйдүүрүттэн уонна атыттар туох диэн саныылларыттан уонна өйдүүллэриттэн тутулуктаах.
Киһи өйө-санаата икки өрүттээх, икки аҥы арахсар. Ол аата киһи оҥорор дьыалалара барылара үчүгэйи оҥоруу эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэннэргэ арахсаллар. Үчүгэйи оҥоруу - үрүҥ айыыны оҥоруу буолар, онтон куһаҕаны оҥоруу - хара айыыны оҥоруу диэн сахалыы ааттанар.
Ити курдук киһи оҥорор туох баар быһыылара барылара эмиэ санааларын курдук иккилии өрүттээхтэр. Үгүс киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр өйдөбүл, кинилэр сөбүлүүр быһыылара – үчүгэй диэн буолар, онтон ханнык эрэ өйдөбүл эбэтэр быһыы дьон үгүстэрин санааларыгар сөп түбэспэтэҕинэ куһаҕанынан ааҕыллар.
Саха тыла олус былыргы тыл. Ол иһин өйү-санааны быһаарар тыла икки эрэ дорҕоонноох, биир сүһүөхтээх. «Ай» диэн тыл. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка сурулларынан «Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар; кими, тугу эмэ баар гын, олохтоо» диэн киэҥ өйдөбүллээх. Бу «Ай» диэн тыл киһи өйүттэн-санаатыттан «Айыы», ол эбэтэр саҥаны арыйыы оноруллан, чочуллан, үөскээн тахсарын чуолкайдык быһаарар.
Айыы диэн тыл икки, утарыта турар өйдөбүллэрин куруук бииргэ илдьэ сылдьар. Ол аата бу тыл үчүгэйи оҥорууну тэҥэ куһаҕаны оҥорууну эмиэ бэлиэтиир. Тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйи дуу эбэтэр куһаҕаны дуу оҥороро аан маҥнай биллибэт, кыайан быһаарыллыбат. Ол курдук В.И.Ленин салайан ыыппыт Улуу Октябрьскай революцията дьон олоҕор туһаны аҕалыаҕынааҕар төттөрү охсууну оҥорбута билигин кэлэн дакаастана сылдьар. Бу «Айыы» диэн тыл суолтатын арыыйда дириҥник быһаарыыны «Саҥаны арыйыы», «Айыыны оҥорума» диэн үлэлэрбитигэр киллэрдибит.
Киһи өйүн-санаатын быһаарар икки утарыта өйдөбүллээх тылы аҥардастыы биир өйдөбүлүнэн, үчүгэйи эрэ бэлиэтииргэ анаан туттуллуутун холбурдарын «Айыы санаалаах», «Айыы дьоно», «Айыы бухатыыра» диэн этиилэргэ буолуохха сөп. Бу этиилэр саха хас да өйдөбүллээх тылын биирдэ эмэ аҥардастыы биир эрэ өйдөбүлүнэн бэлиэтээн туһаныы баарын көрдөрөр.
«Айыыта киирбит» диэн этии киһи үчүгэй майгыта киирбитин бэлиэтиир эрээри, бу майгы биирдэ эмэтэ эрэ киирэрин биллэрэр. Айыы диэн тыл куһаҕаны көрдөрөргө аҥардастыы туттуллара эмиэ биллэр. «Айыыта таайар» диэн этии киһи тугу эмэни куһаҕаны оҥорбуттаах, дьон иннигэр буруйдаах буолан онуоха баттатарын быһаарар. Бу киһи ол буруйун иэстэбилигэр түбэһиэн сөп. «Айыылаах айыыта таайар» диэн ону этэллэр. Элбэх айыыны оҥорбут киһи сэккэ түбэһэр. Бу этии быһаарыытын биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбититтэн булуохха сөп.
Хас да өйдөбүллээх тылы туһаныыга үксүгэр холбуу этиллэр тылларынан быһааран биэрии туттуллар. Холобур, Айыы-сиэр диэн холбуу этии айыы эмиэ сиэри тутуһар, сиэри таһынан барбатын быһаарар. Айыы сиэргэ бас бэриниэхтээх, сиэр иһинэн буолуохтаах.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини быһаарар уустук. Бу этии ордук «Мэтээл икки өрүттээх» диэн маарынныыр этиинэн өссө чуолкайданар уонна биир, сирэй өттө көстө, биллэ сылдьар буоллаҕына, анараа өттө көстүбэтинэн, биллибэтинэн, кэтэх өттө буолан табан быһаарыллыбатынан уратыланар. Мэтээл аҥар өттө эрэ көстө сылдьарын курдук туох баар барыта биир өттө дьоҥҥо биллэр, көстө сылдьар, онтон атына баара соччо биллибэт, ол иһин үгүстүк табан быһаардахха эрэ булуллар. Өй-санаа уратыта итинник саһан сылдьар. Ити уратыны кыайан быһааран өйдөөбөккөлөр сорохтор айыы диэн тылы үчүгэйи эрэ бэлиэтээн туһана сатыыллар.
Холобур, билигин дьон үксэ өй үлэтинэн, үөрэҕинэн дьарыктаныы үчүгэй диэн өйдөбүлгэ киирэн сылдьаллар. Бу үлэ кырдьык үчүгэй, үгүстүк сылаас сиргэ сынньалаҥнык, олорон эрэ үлэлэнэр, салайар үлэһит буоллахха хамнаһа да ботуччу курдук. Ол эрээри бу кэмҥэ ситэ сыаналана илик олус куһаҕан өрүттэрдээх. Куруук сылааска олорор, дьиэҕэ кэллэҕинэ сытар киһи доруобуйата, этэ-сиинэ мөлтүүр, үйэтэ кылгыыр. Кинини көрө-көрө оҕолоро өссө мөлтөх үлэһит буола улааталлар. Бу аймах дьон үһүс көлүөнэлэриттэн эстэр кутталлаахтар.
«Үчүгэй эмиэ куһаҕаннаах» диэн этиини быһаарыыга дьон барыта билэр холобурдарын туһаныахха сөп. Ол курдук олус минньигэс, сыалаах, арыылаах астары аһыы сылдьар киһи сотору олус уойан, доруобуйата мөлтөөн барыан сөп эбэтэр куруук арыгыны элбэҕи иһэр киһи арыгыһыт буолан хаалыыта үчүгэй олус элбэҕэ киһиэхэ буортулааҕын быһаараллар. Өссө бу этиини быһаарыыга куруук сылааска сылдьарга үөрэнэн хаалбыт киһи доруобуйата мөлтөөн, тымныйан ыалдьан иһэрэ элбиирэ олук буолуон сөп.
Yгүс дьон бурдугу, хортуоппуйу үүннэрэллэр, араас элбэх собуоттар арыгыны оҥороллор, элбэх барыһы киллэрэллэр. Бу элбэх барыстан биһиги государствобыт эмиэ тииһинэр. Арыгыттан барыс киллэринээччилэр төһө да элбэх киһи арыгыһыт буолан эрэйдэннэхтэринэ син биир арыгы куһаҕан диэбэттэр.
Кэмнээн, төһөнү иһэрин билэр киһини куһаҕан киһи диир сыыһа. Бэйэтин билинэн аһы ас курдук аһыыр киһи дииллэр. Хас бырааһынньык кэллэҕин аайы толору астаах, бытыылкалардаах остуоллары бары дьахталлар үөрэ-көтө тарданнар мааны ыалдьыттары аһаталлар, күндүлүүллэр. Арыгы-үчүгэй, күндүгэ-мааныга туттуллар ас.
Аһара иһэн кэбиһэр, кыайан арыгыны испэт киһини куһаҕан киһи диэххэ сөп. Бары дьоно барылара эрэйи көрөллөр. Аһара испэтин диэн хааччахтыы сатыыллар. Бу дьон арыгы суох буоларыгар кырдьык, ис сүрэхтэриттэн баҕараллар. Аһара иһэн кэбиһэр дьоммут элбэхтэриттэн арыгы куһаҕан диэн этээччилэр эмиэ элбэхтэр.
Аһара көрүү-истии, киһини бэйэтин мөлтөтөр, атыттар көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ диэн санааҕа киллэрэр. Бу санаа олохсуйан, үгэс буоллаҕына куһаҕан быһыыга киирсэр. Көрүүгэ-истиигэ үөрэммит киһи аһара иһэн кэбиһэрэ хаһан да аҕыйаабат, хаалбат. Арыгыны суох оҥорон дьон арыгыны испэттэрин үөскэтии киһи быраабын кэһии буолара сөп. Бырааһынньыктар сотору-сотору син-биир кэлэн иһэллэр. Киһи биирдэ-эмэтэ да буоллар кыратык иһиэн баҕарара баар буоллаҕа дии. Ону хааччахтааһын бу киһини хаайбыкка, көҥүлүн быспыкка тэҥнэнэр.
«Арыгыны утары охсуһуу» диэн дьон бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын сайыннаран, тулуурдарын элбэтэн арыгыны аһара испэттэригэр тириэрдии буолар. Арыгы биир өттүттэн элбэх барыһы киллэрэр, ол иһин бобон кэбиһэр кыаллыбат. Онтон аҥар өттүттэн арыгы дьон өйүн-санаатын, доруобуйатын буорту оҥорор. Бу арыгы туһунан икки өрүттээх боппуруоһу быһаарыыга арыгы баарын утарбакка эрэ дьон өйүн-санаатын сайыннаран, тулуурдарын элбэтэн арыгыны аһара испэттэрин ситиһии буолуохтаах.
Ханнык баҕарар быһыы аһара баран хааллаҕына төттөрү өттүгэр кубулуйан хаалар. «Хотели как лучше, а получилось как всегда» диэн быһаарыы үчүгэйи оҥороору санаммыттара кыаттарбакка, табыллыбакка хаалбытын бэлиэтиир.
«Kуһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн этии киһи үчүгэйтэн да, куһаҕантан да кыайан арахсан быыһамматын быһаарар. Үгүс дьон куһаҕан диэн ааттыыллара аҕыйах киһиэхэ үчүгэй буолан тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга, оҕону үөрэтиигэ кимиэхэ үчүгэй буоларын таба быһаарыахха наада. Ол курдук олус баай киһи күн аайы тутта үөрэммитин үчүгэй диирэ үлэһит киһиэхэ хаһан да ситиһиллибэт ыра санаа буолан хаалара элбэх. Баай уонна дьадаҥы дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаараллара элбэх сөп түбэспэт өрүттэрдээхтэр.
Туох барыта икки өрүттээх уонна олор куруук бииргэ сылдьалларын киһи барыта билэр. «Мэтээл икки өрүттээх», «Yчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар», «Палка с двумя концами» диэн этиилэр икки өрүт хаһан да арахсыбакка бииргэ сылдьалларын быһаараллар. Арай иккис көстүбэт, биллибэт өрүтү булан, таба быһаарыы, табан туһаныы дьонтон ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар. Бу этиилэр барылара киһи оҥорор быһыылара, үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ арахсалларын уонна куруук бииргэ сылдьаларын, хаһан да арахсыспаттарын быһаараллар.
«Ытыыр уонна күлэр аҕас балыстыылар» диэн этии куһаҕан кэнниттэн үчүгэй эмиэ кэлэрин бигэргэтэр курдуктар. Эбэтэр аһара үөрүү кэнниттэн хомолто, ытааһын кэлэрин бу этии эмиэ биллэрэр.
«Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх» диэн этии быһаарыытын киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата сөп түбэспэттэриттэн булуохха сөп. Ол курдук куруук тымныы уунан куттуу эрэйдээх, куһаҕан, ол эрээри маннык эрчиллииттэн киһи этэ-сиинэ бөҕөргөөн кыра ыарыыларга ыалдьа сылдьыбата, доруобуйата тупсара үчүгэйгэ тириэрдэр. Сайын айылҕа хааны сиир үөннэригэр элбэхтик сиэтии ыарыылааҕын, эрэйдээҕин иһин киһи өйө-санаата бөҕөргөөн тулуура эбиллэригэр тириэрдэрэ элбэх кыайыыны ситиһэр кыаҕын улаатыннарар. «Аһара үөрдэххэ сотору хомолто кэлиэҕэ», «Наһаа алларастаама, ытыырын кэлиэҕэ» диэн сахалар этиилэрэ икки өрүт ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын быһаараллар уонна хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрин чуолкайдыыллар.
Туох барыта икки өрүттээх буолуута сөптөөх, таба быһаарыы ханна эрэ икки ардыларынан, ортотугар буоларын биллэрэр. «Истина как всегда где-то на середине» диэн этии баара ханнык баҕарар быһыылартан табалара, кырдьыктаахтара ортотунан буолуохтааҕын быһаарар. Бу быһаарыы сахалар Орто дойду диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Былыргы дьон кырдьыктаах олоҕу тутуһан олорбуттарын Орто дойду диэн олорор сирдэрин ааттаабыттара эмиэ быһаарар. Бу өйдөбүл дьон олохторо хаһан баҕарар ортотунан эрэ баран иһиэхтээҕин чуолкайдыыр. Дьон быһыылара хайа да диэки, үчүгэй да, куһаҕан да өттүн диэки халыйан барыыта аһара барыы, сыыһа суол буолар. Ол иһин олох суола бу икки быһаарыы икки ардыларынан, ортотунан баран иһэрэ эрэ табыллар.
Сахалар Орто дойдуну быһаарыылара дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин суолун чуолкайдыыр. Дьон-аймах ханнык баҕарар быһыылартан ортотун талан ылыахтаахтарын биллэрэр.
Ити курдук дьон бары туттар «Истина где-то на середине» диэн этиилэрэ таба, сөптөөх быһаарыы икки өрүттэн ханан эрэ ортолорунан, икки ардыларынан баран иһэрин быһаарар. Бу быһаарыылар бары сахалар билэр Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойду диэн этиилэрэ өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын уонна дьон олорор, үлэлиир, сайдар сирдэрэ Орто эрэ дойду буоларын чуолкайдыыр. Ол аата дьон оҥорор быһыылара хайаан даҕаны икки өрүт, үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан барара быһаарыллар.
Дьон өйдөрө-санаалара сайдыыта аҥардастыы биир өттүн диэки барар кыаҕа суох. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы кэлтэйдии сайдыыны таһаарар. Дьон бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро хайдах да табыллыбат буолуон сөп. Үгүс элбэх киһи үгүс араас санаалаахтар. Kиһи барыта биир буолбатах, бары биир санааны тутуһар кыахтара суох уонна бары куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥороллоро ол иһин кыаллыбат.
Ханнык баҕарар быһыы аһара бардаҕына аҥар, куһаҕан өттүн диэки уларыйан хааларын киһи түүллэрэ чуолкайдаан көрдөрөллөр. Ол курдук түүлгэ аһара баран күүскэ ытаатахха үөрүү буолар, онтон аһара үөрдэххэ, күллэххэ – хомойуу, ытааһын тиийэн кэлиэн сөп. Сахалар киһилии иитиитэ суох киһини: «Yчүгэйи, куһаҕаны араарбат»,- диэн этэллэр. Ол аата бу тугу оҥорорун соччо быһааран билбэт киһи буолар. Тугу барытын оҥоруон сөп. Ол иһин киһи барыта тугу оҥордоххо атын дьоҥҥо, айылҕаҕа туох сабыдыаллааҕын, үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын арааран билэр буола үөрэниэхтээх уонна олоҕун устата сайыннаран тупсаран биэрэн иһиэхтээх. Киһи буолуу үөрэҕэ дьон оҥорорун курдук оҥорорго улаатан иһэр оҕону үөрэтэр үөрэх буолар.
Туох барыта икки өрүттээҕин курдук киһи бэйэтэ эмиэ икки өрүттээх: дьахтар уонна эр киһи диэн икки аҥы арахсаллар. Кэргэнэ суох киһи «Аҥардас киһи» диэн ааттанар, ол аата киһи аҥара эрэ буолар. Бу икки өрүт биир тылы булунан холбостохторуна эрэ саҥа киһи үөскүүр, олох сайдар кыахтанар.
Өй-санаа үөрэҕин төрүтэ итэҕэл буолар. Өй-санаа барыта икки өрүттээҕин курдук итэҕэл эмиэ икки өрүттээх. Бу икки өрүттэр айыылаах уонна таҥаралаах диэн ааттаналлар.
Айылҕаҕа туох барыта итинник иккилии өрүттээхтэр. Бу икки өрүттэр бииргэ холбостохторуна, биир санааланнахтарына олох иннин диэки сайдар кыахтанар. Ол иһин олох кэлимник, икки өрүттээхтик сайдар диэн этэллэр.
«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии ордук чуолкайдык Айылҕа тутулуктарынан дакаастанар. Айылҕаҕа уу эргиирэ икки өрүттээхтик дьайар. Сорох дойдуларга уһуннук курааннаан уу тиийбэккэ улахан баһаардар туран эрэйдээтэхтэринэ, атыттарга уу дэлэйэн аны ууга барыы куттала үөскүүр. Уһун кэм устата Сир полюстарыгар муустар мунньуллуулара Айылҕа сылыйан барыытын тэҥнээн, оннугар түһэрэн биэриигэ аналланар.
Айылҕаҕа үөскүүр аҕыйах да кээмэйдээх гаастар уонна эттиктэр Айылҕа уларыйыытыгар олус улахан дьайыыны оҥороллор. Чаҕылҕан чаҕылыйыытыттан үөскүүр озон Сири үөһээнэн бүрүйэн Күн уотун тыынар-тыннаахтарга буортулаах уонна итиийиини үөскэтэр сардаҥаларыттан харыстыыр аналлаах.
Айылҕаҕа озон аҕыйааһына хотугу уонна соҕуруу полюстар үрдүлэринэн озон бүрүөһүнэ чарааһааһыныгар тириэрдэн онно мунньуллар муустар ириилэрин үөскэтэн Сир үгүс өттө ууга барыыларыгар тириэрдиэн сөп.
Аан дойдуга, Айылҕаҕа туох баар барыта икки өттүттэн тутулуктана сылдьар. Бу тутулугу Күн систиэмэтигэр таһааран көрдөхпүтүнэ Күнү тула эргийэ сылдьар планеталар, ол иһигэр Сир эмиэ иккилии өттүлэриттэн халбаҥнаабат тутулуктаахтар. Бастакытынан, улахан ыйааһыннаах Күн бэйэтин диэки тардар күүһэ барыларын ыраах ыыппакка тута, бэйэтин диэки тарда сылдьар. Иккиһинэн, планеталар, Сир эмиэ тас диэки быраҕар күүс дьайыытыттан Күнтэн тэйэ, ыраата сатыыллар. Бу икки утарыта дьайар күүстэр тэҥнэһиилэрин түмүгэр планеталар, Сир эмиэ Күнтэн ырааппакка биир тэҥник эргийэ сылдьаллар. Бу тулхадыйбат тутулуктартан хайалара эмэ баһыйан барыыта улахан алдьархайдар үөскээһиннэригэр тириэрдэрин ким да саарбахтаабат.
2006 сылга киириигэ кэнники 13 сыллар усталарыгар мунньуллубут Сир эргиирин бытаарыыта 1 сөкүүндэ буолбутун олус туочунай атомнай чаһыыларга эбэн биэрии оҥорулунна. Олус кыра да буоллар бу бытаарыылар мөлүйүөнүнэн сылларга эбиллэн иһиэхтэрин, Сир төрүт тутулуга сыыйа-баайа хамсаан барыан сөп.
Ити курдук сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ Аан дойду сүрүн тутулуктарын барыларын арыйар олус дириҥ уонна киэҥ өйдөбүллээх. Маннык дириҥ, киэҥ өйдөбүллээх этиини нууччалыы тупсаран «Палка с двумя концами» диэн кылгас, бытархай дьиэ таһынааҕы өйдөбүлгэ кубулутуу сыыһа.
САҤАНЫ АРЫЙЫЫ
Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата икки өрүттээҕин арааран билэннэр «Туох барыта икки өрүттээх» дииллэр. Ол билиилэрэ барыта «Айыы» диэн өйү-санааны быһаарар тыл икки, утарыта өйдөбүллээҕэр түмүллэн сылдьар. Бу тыл саҥаны арыйыыны тэҥэ итэҕэлгэ олоҕурбут бобууну, үгэһи кэһиини, дьон сиэригэр баппат быһыылары оҥорууну эмиэ быһаарар. Бэйэтэ икки өрүттэрин холбуу илдьэ сылдьар тыл. Ол аата киһи оҥорбот, билбэт быһыыларын оҥоруу эмиэ саҥаны арыйыы, айыы буолар, онон ордук кутталлаах уонна куһаҕан. Сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах эдэрдэр билбэт дьыалаларын, айыыны оҥоруулара араас ыарахан содулланан тахсалларыттан быыһанаары сахалар оҕолорун «Айыыны оҥорума» диэн этэн үөрэтэллэр.
Киһи биир мэйиилээх буолан «Мэйии» диэн тыл хос өйдөбүлэ суох. Өй мэйииттэн үөскээн тахсара ханан да саарбахтаммат. Мэйиибитигэр үөскээбит өйбүт санаа буолан эппитигэр-сииммитигэр, тулабытыгар тарҕанар, санаабыт санаабытын тылбытынан этэн дьоҥҥо тириэрдэбит.
Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ ханнык өй-санаа иҥэриллибититтэн өйө-санаа¬та туспа уратылардаах буоларын саха дьоно былыргыттан бэлиэтиил¬лэр. Аһара көрүллэн, мааныланан иитиллибит киһини «Атаахтык иитил¬либит киһи» диэн туспа арааран ааттыыллар. Оҕону атаахтык иитии куһаҕаны уонна үчүгэйи араарбатыгар тириэрдэрэ үлэһит дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэттиттэн атын өйү-санааны бэлиэтиирин иһин итинник туспа арааран этэллэр. Атаах оҕо өйө-санаата үлэһит дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, олохторун сиэригэр, үлэлэригэр-хамнастарыгар, тугунан дьарыктаналларыгар уонна үчүгэй киһини үтүктэн «Киһи буолуу» үөрэҕин ситиһэллэригэр эмиэ сөп түбэспэт.
Олох сайдан истэҕинэ саҥаны арыйыылар кырдьык элбээн иһэллэр. Оҕо улаатан истэҕинэ күүскэ сайдан иһэр өйө-санаата саҥаны арыйыылары ордук элбэхтик оҥоруон баҕарар. Саха дьоно оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан киһи билбэтин, өссө туттулла илик быһыылары оҥороро туох сабыдыаллааҕын быһааран билэр эрэ буоллаҕына саҥаны айыылары оҥороругар баҕараллар. Ол аата оҕо улаатан киһи буолуу үөрэҕин баһылаан, киһи быһыылаах буолан эрэ баран араас саҥаны айбыта дьоҥҥо ордук туһаны аҕалара быһаарыллар. Сахалар киһи оҥорор бары быһыыларын бэйэтэ мэйиитинэн толкуйдаан айан таһаарарын барытын холбоон «Ай» диэн тылтан үөскэтэн «Айыы» диэн ааттаабыттар. Ол аата үчүгэйи да, куһаҕаны да айыы, оҥоруу барылара айыыны оҥоруу диэн буолаллар. Ити саҥаны арыйыылар биир мэйииттэн үөскээн, айыллан тахсалларыттан хайалара да айыы буолаллара оруннаах. Ол иһин бу айыылары икки аҥы арааран үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн быһаарыллаллара хайаан да наада.
Айыы диэн тыл сэрэхтээх, элбэхтик туттуллубат. Бу тыл икки өрүтэ, үчүгэйэ уонна куһаҕана холбуу бииргэ оҕо, киһи өйүгэр-санаатыгар дьайаллар. Сайдан, улаатан иһэр оҕо өйүн-санаатын сүрүн уратытынан ханнык баҕарар дьыалаттан аан бастаан оҥорорго дөбөҥүн, боростуойун, эрэйэ суоҕун, түргэнин оҥоруу буолар. Куһаҕаны оҥоруу, алдьатыы, ыһыы хаһан баҕарар үчүгэйи, туһалааҕы оҥорордооҕор төһөнөн эмэнэн судургу, улахан толкуйу, быһаарыыны, үлэни-хамнаһы эрэйбэт. Ол иһин оҕо аан маҥнайгы айыыны оҥоруута куһаҕаны оҥоруу диэки хайысхаланар кыахтааҕын саха дьоно былыргыттан билэн оҕо өйө-санаата саҥаны, билбэтин оҥорорун хааччахтыыллар: «Айыыны оҥорума»,- диэн этэн үөрэтэллэр, тугу барытын киһи оҥорорун курдук, киһи быһыылаахтык оҥороругар ыҥыраллар, үөрэтэллэр.
Сахалар оҕолорун үөрэтэллэригэр ытык сирдэргэ мэниктээбэт, ай¬даарбат куолу уонна киһи уҥуоҕар ону-маны тыытар улахан айыы диэн этэллэр. Былыргыттан үөскээбит үгэстэри кэһиини саха дьоно ордук сөбүлээбэттэр. Өлбүт киһи кута иҥмит малын-салын ыстахха, алдьаттахха кута айманыан, хамсыан, ол иһин дьоҥҥо биллэ сылдьыан сөп дии саныыллар. Куһаҕаны оҥоруу киһи быһыытыгар сөп түбэспэт, ол аата урут дьон оҥорбот быһыыларыгар киирсэллэр, ол иһин саҥаны арыйыы, эмиэ айыы буолаллар.
Айылҕаҕа аһара улахан алдьатыылары оҥоруу, сири-уоту, мастары алдьатыы, дьон оҥорбот быһыыларын онорууга киирсэллэр, ол иһин айыыны оҥоруунан ааҕыллаллар. Сахалар Айылҕа бары тыыннаах мастара куттаахтарын билэллэр. Улахан, көстүүлээх мастарга араас куттар, иччилэр олохсуйаллар. Алдьатар, буортулуур дьон бэйэлэрэ эмиэ куттаахтарын билэллэрэ буоллар Айылҕаҕа сыһыаннара үчүгэй өттүгэр уларыйыан сөп этэ.
Киһи оҥорор куһаҕан быһыылара, буруйдара барылара айыы буолаллар. Ол аата үгүс дьон оҥорботторун, билбэттэрин оҥорууга киирсэллэр. Сахалар былыр-былыргыттан дьон олоҕор, сиэригэр, майгыныгар сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары «Айыы-ны» оҥоруунан ааҕаннар киһи быһыылаах дьон оҥорботторугар ыҥыраллар.
Дьон өйдөрө-санаалара тугу үчүгэй уонна тугу куһаҕан диэн тус-туспа араартааһыннара сөп түбэспэттэр, тус-туспалар. Үгүс дьон үлэлээн-хамнаан, тоҥон-хатан үчүгэйи, баайы-малы оҥороллор, сорохтор ол баайтан-малтан босхо, талбыттарынан ылан туһа¬ныахтарын баҕараллар. Бу дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан быһыы диэн этэллэрэ букатын да утарыта турар өйдөбүллээхтэр. Дьон бары ханнык баҕарар оҥорор быһыыларын бэйэлэрин өйдөрүнэн-санааларынан төһө эмэ өр кэмҥэ санаан, толкуйдаан баран оҥороллор.
Элбэх өйдөөх киһи оҥорор куһаҕан быһыылара ордук ыар, улахан содуллаахтар. Улахан уоппуттаах буруйу оҥорооччуну булан тутуу, хаайыы улахан уустуктары үөскэтэрин милиция үлэһиттэрэ үчүгэйдик билэллэр. Yлэлээн-хамсаан булуммут баайдарын-малларын, харчыларын үлэһиттэр саҥаттан саҥа хатыырдары, күлүүстэри оҥорон, хатаан, манаан харыстыы сатыыллар. Ону баара куһаҕан дьон ылан туһанаары эмиэ саҥаны арыйан күлүүстэрин кистэлэҥнэрин билэн, уора сатыыллар. Бу курдук дьон олоҕор утарыта турар өйдөбүллэр, айыыны оҥоруулар элбэхтэр.
Араас сэрии сэптэрин улахан өйдөөх дьон элбэх саҥаны арыйыылары, атыттара, утарылаһааччылара билбэттэрин туһанан оҥороллор. Капитализм уонна социализм диэн арахсан утарыта туруу кэмин саҕана олус күүстээх элбэх дьааттары, бактериялары оҥорон баран үгүс государстволар хаһаанан сытыараллар. Бу сэрии сэптэрэ туттулуннахтарына дьон-аймах араас ыарыыларынан сутулланнар олус эрэйдэнэн өлүөхтэрин сөп. Дьон-аймах туһугар олус куһаҕан, хара быһыы буолбатах дуо? Балар барылара урут дьон билбэттэрин оҥорууга, саҥаны арыйыыларга киирсэллэр. Yгүс элбэх өйдөөх дьон өйдөрүн-санааларын түмэннэр хара айыыны, үгүс дьоҥҥо куһаҕаны оҥорорго бэлэмнэммиттэр.
Киһи үчүгэйи да онордоҕуна, дьон бары билэ, үөрэтэ, баһылыы иликтэринэ син-биир «Айыы» буолар. Саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйи оҥорууга туһуламмыта чахчы билиннэҕинэ, туһалааҕа өр кэмҥэ дакаастаннаҕына эрэ, үчүгэй «Үрүҥ Айыыга» биирдэ кубулуйар. Ол курдук тимир сэрии сэбин аан маҥнай оҥоруу дьиҥнээх сананы арыйыы буоллаҕына, хууннар бу сэрии сэбин туһананнар аан дойдуну сэриилээн дьон-норуот бөҕөнү эрэйгэ тэбиилэрэ хара айыыны оҥоруунан ааҕыллара сөп.
Саха дьоно ханнык баҕарар саҥаны арыйыыны, дьоҥҥо урут биллибэ¬ти оҥорууну айыыны оҥоруунан ааҕаллар. Ол курдук былыр-былыргыттан киһи бэйэтин өйүнэн туох саҥаны арыйбытын барытын дьону утары, ки¬нилэри баһылыырга анаан туттар этэ. Билигин даҕаны араас наукалар саҥаны арыйыылара бары быһаччы киһини бэйэтин утарбатахтарына, Айылҕаны утары хайысхалаахтар. Дьон бары саҥаны арыйыыларын үгүс өт¬түн сэрии сэбин оҥостуутугар, дьону хайдах элбэхтик өлөртүүргэ аныыллар. Ол иһин саха дьоно былыргыттан ханнык баҕарар саҥаны арыйыыларга аан маҥнайгыттан сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар, «Айыы буолуо» диэн этэллэр. Онтон кэлин ити саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйэ чахчы биллэр буола дакаастаннаҕына эрэ үчүгэйи оҥоруу, «Үрүҥ айыы» диэн ааттыыллар.
Саҥаны айыыны ханнык да кыыллар уонна көтөрдөр оҥорботтор, киһи эрэ оҥорор. Киһи өйдөөх-санаалаах буолан, бэйэтэ санаан, толкуйдаан, быһааран саҥаны арыйыыны булан, «Айыыны» оҥорор. Сахалар киһи бу саҥаны арыйыытын хайдах көрүҥнээхтик туһанарыттан, дьоҥҥо үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥороруттан көрөн икки аҥы, ханна да халбаҥнаабат чуолкайдык тус-туспа арааран ааттыыллар:
- Үчүгэйи айыы – үрүҥ айыы буолар.
- Куһаҕаны айыы – хара айыы диэн ааттанар.
Киһи тугу оҥорорун толкуйдаан, үгүстүк санаан, ырытан оҥорор, туох оҥорбута ба¬рыта атын дьоҥҥо хайдах өйдөнөрүттэн көрөн, куһаҕан эбэтэр үчүгэй диэннэргэ арахсаллар. Куһаҕан уонна үчүгэй диэн өйдөбүллэр үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар уһун кэм устата олохсуйан хаалбыт, үгэскэ кубулуйбут, түргэнник уларыйа охсубат өйдөбүллэринэн ааҕыллаллар.
Былыргы эбэтэр олус да былыргыта суох кэмнэргэ ханнык баҕарар саҥаны арыйыылары дьон үйэлэригэр биирдэ эмэтэ оҥороллоро биллэр. Киһи – аймах өйдөрө-санаалара сайдан истэхтэрин аайы саҥаны арыйаллара, айыыны оҥороллоро эбиллэн иһэр. Ол иһин саҥаны арыйыылар билигин элбээбит курдуктар.
Дьон бары бэйэлэрэ тутан-хабан туох саҥаны арыйбыттарын барытын бэйэлэрин туһаларыгар туһана сатыыллар. Экономикаҕа саҥаны арыйдахтарына элбэх барыһы киллэринэллэр. Динамиты айан элбэх дэлби тэптэриилэри оҥорууга тириэрдибит Новель олус элбэх барыһы мунньуммута билигин саҥаны айааччыларга бириэмийэ буолан тарҕатыллар.
Былыргы кэмҥэ экономикаҕа саҥаны арыйдахтарына онтуларын сайыннаран атын омуктары, кинилэр сирдэрин сэриилээн ыларга туһаналлар этэ. Туох саҥаны оҥорбуттарын барытын дьону утарарга анаан туһаналлар. Оннооҕор академик А.Д. Сахаров саҥаны арыйыытын водороднай буомбаны оҥорууга аан маҥнай туһаммыта.
Дьон саамай өйдөөхтөрө айан оҥорбут атомнай буомбаларын чахчы саҥаны арыйыынан аахтахпытына бу буомбаны дэлби тэптэрэн 200 тыһыынча киһини биирдэ өлөрүү бэйэтин туһугар эмиэ саҥаны арыйыы буолар. Ол эрээри бу саҥаны арыйыыбыт хара айыы, дьоҥҥо олус улахан куһаҕаны оҥоруунан ааҕыллар. Бу хара айыыттан дьон билигин даҕаны олус саллаллар, аны хатыламматыгар баҕараллар.
Маҥнайгы гааһынан үлэлиир тимири быһары айбыт киһи харчылаах сиэйпэни дьөлө быспыт. Уорууну, куһаҕаны оҥорбут. Киһи итинник быһыытын, бэйэлэрин үйэлэригэр элбэх саҥаны арыйыылары оҥорон туһананнар сахалар билэллэр эбит. Ол иһин былыргы сахалар ханнык баҕарар саҥаны арыйыыттан сэрэнэн «Айыы буолуо» диэн ааттыыллар. Ханнык баҕарар «Айыыны оҥоруу» дьоҥҥо куһаҕаны оҥорор, кинилэр олохторугар уларыйыылары киллэрэр, үгэстэрин уларытарга тириэрдэр, олохторун оҥкулун уларытар.
Дьон олоҕун уларытар буолан ханнык баҕарар саҥаны арыйыы дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр. Ордук саҥа улаатан, тугу барытын билиэн-көрүөн баҕара саныыр эдэр киһи үгүс дьон билбэтин, саҥаны, айыыны оҥорор кыахтаах. Эдэр оҕо «Киһи буолууну» ситэ баһылыы илигинэ «Айыыны» оҥороро куһаҕан содуллаах буолара элбэх. Сахалар оҕолорун «Айыыны оҥорума» диэн үөрэтиилэрэ итиннэ олоҕурар. Онон, киһи билбэтин, урут туттуллубатаҕы оҥоруу син-биир айыыны оҥоруу буолар. Айыы диэн тыл мээлэ туттуллубат сэрэхтээх тыл. «Айыы буолуо» диэн сибигинэйэн этиллэр. Бэйэлэрин олохторун соһуччу ула¬рытыахтарын баҕарбат үчүгэй дьон санааларыгар хаһан да сөп түбэспэт, ыарахан тыл.
Ити курдук киһи өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах «Айыы» диэн тыл икки утарыта өйдөбүллээх. Бу тыл киһи оҥорор быһыыларын барыларын өйүнэн-санаатынан толкуйдаан, быһааран таһаарбытын биллэрэр. Киһи биллэр үчүгэйи оҥордоҕуна - Үрүҥ Айыы, онтон оҥорбута куһаҕана билиннэҕинэ – Хара Айыы буолар. Былыр-былыргыттан өй-санаа хайдах туруктааҕын быһаарар тылбытын харыстыырбыт наада. Хайа да киһи бэйэтэ таҥара биэрбит үчүгэй кэһиитэ, бадаарага буолбатах. Кинини олус өр кэмҥэ үчүгэй быһыылары оҥорорго ииттэххэ уонна үөрэттэххэ эрэ киһилии киһи өйө-санаата иҥэн, үчүгэй киһи буолар. Ол аата, оҕо аан маҥнай дьоҥҥо куһаҕаны, «Хара айыыны» оҥорбот буола үөрэннэҕинэ эрэ, үчүгэйи, «Үрүҥ айыыны» оҥорор буолара быһаарыллар.
Kиһи тыыннааҕын тухары өйө-санаата хамсыы, уларыйа, эбиллэ турар. Өй-санаа киһи тыыннааҕар биир сиргэ хаһан да турбат. Сайдар. Үүнэр. Улаатар. Киһи хаһан баҕарар саҥаны арыйыыны — айыыны оҥорор кыаҕа тыыннааҕын тухары хаһан да хаалбат. Yчүгэйи да, куһаҕаны да хаһан баҕарар оҥоруон сөп.
Өлүү-сүтүү кэнниттэн өй-санаа эбиллибэт, хамсаабат, уларыйбат буолар. Киһиттэн, мэйииттэн ылар эниэргийэтэ быстар. Өй-санаа мастыйар. Дьэ дьиҥнээх, аны уларыйар кыаҕа суох айыыга кубулуйар. Kиһи өлөн, куттара үөр буолан ыһылланнар, Үөһээ дойдуга бараллар. Кытаанах үгэс буолбут өйдөр-санаалар, ол иһигэр саҥаны арыйыылар — айыылар бэйэлэрэ туспа бараннар Үөһээ дойдуга сылдьар кыахтаналлар. Билиҥҥи эниэргийэ мунньуллуутун сокуонугар өй-санаа, кут бу курдук уларыйан тус-туспа сылдьыыта сөп түбэһэр. Ол курдук тус-туспа санаалар, куттар эниэргийэлэрэ эмиэ тус-туспалар, ол иһин тус-туспа сылдьаллар, киһи түүлүгэр эмиэ тус-туспа көстөллөр.
Онон, саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕо улаатан өйө-санаата сайдыытыгар олус сөп түбэһэр. Бу үөрэҕи дьон бары билиилэригэр таһаарыы биһиги олохпут сыала. Бастакы хардыылар оҥоруллан, биһиги үөрэхпит оннун булан, сайдан иһэр. Саха дьоно кут-сүр, киһи буолуу үөрэҕин тутуһан оҕолорун иитэн-үөрэтэн улаатыннардахтарына эрэллээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэниэхтэрэ. Билигин олох чэпчээн бары араас абылыҥнара элбээн иһэр кэмнэригэр кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ сахалар үөрэхтэрэ эрэ туһалыаҕа.
АЙЫЫНЫ ОҤОРУМА
Былыргы кэмнэргэ наука сайдан иһиитин христианскай таҥара үөрэҕэ утарар этэ. Таҥара үөрэҕэ баһылыыр эрдэҕинэ «Сир Күнү тула эргийэр» диэн саҥаны арыйбыт Н.Коперник үгүстүк хаайыыга сыппыта. Аан дойду сайдыытын үөрэппит Д.Бруно уокка уматыллыбыта. Орто үйэлэргэ олус өр кэмнэргэ дьон өйө-санаата сайдыытын таҥара дьиэтэ инквизиция көмөтүнэн хам баттаан олорбута.
Бары улахан таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтыыллар, аһара барбатын хааччыйаллар. Кинилэр: «Айылҕаны барытын таҥара, бог, аллах айбыта»,- диэн этиилэрэ киһи өйө-санаата таҥараттан намыһаҕын, хайдах да кыайан таҥараны аһара барбатын билинэр. Ол иһин таҥараны итэҕэйээччилэр үҥэллэр, бокулуоннууллар, таҥараттан кыраларын билиннэхтэринэ эрэ табыллар. Таҥараны билинии, таҥаралаах буолуу өй-санаа аһара барбатын хааччыйар аналлаах.
Биһиги сахалар «Таҥара айбыта» диэн этиини тэҥэ олус былыргыттан сылдьар өй-санаа хааччахтарын: «Куһаҕаны, айыыны оҥорума», «Киһи буол», «Киһилии быһыылан», «Сиэри кэһимэ» диэн этиилэри куруук туттабыт. Бу дириҥ өйдөбүллээх этиилэри табатык быһаарыы уонна олоххо быһаччы оҕолору иитиигэ туһаныы биһиги сыалбытыгар кубулуйда. Саха дьоно таҥараларын, итэҕэллэрин сайыннарыахтарын ис сүрэхтэриттэн баҕараллар. Таҥаралаах буолуу аҥардас үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаа баарын быһаарарын таһынан, дьоҥҥо өй-санаа бары хааччахтарын тутуһары, өйү-санааны киһи буолууга, киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго үөрэтэри халбаҥнаабакка толорору ирдиир. Өй-санаа хааччаҕа оҕо улаатан өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ хайаан да наада. «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии быһыылаах киһи тахсыбат» диэн саха дьоно ити хааччаҕы былыргыттан билэн олохторугар туһаналлар этэ. Кэлин сэбиэскэй былаас ханнык да таҥара суох диэн үөрэҕэ киһи өйө-санаата көҥүлүнэн сайдан барыны барытын баһылыырын туһунан өйдөбүлү үөскэтэн, тэнитэн кэбиспитэ Россия дьонун өйдөрүн-санааларын олус улаханнык буортулаата. Ол буортулааһын түмүгүнэн оҕону кыра эрдэҕинэ үгэстэргэ, бэрээдэккэ үөрэппэттэн билигин улааппыт эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Хаарыан бэйэлээх эдэр уолаттарбыт биирдэ арыгы истэхтэринэ сыыһа тутта охсон хара айыыны оҥорон кэбиһэллэр. Саҥа саҕаланан эрэр олохторун биир сыыһа туттууттан буортулаан хаайыыга түбэһэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр, ииппит, улаатыннарбыт дьоннорун бары баҕа санааларын, кырдьар, бохтор кэмнэригэр эрэллэрин, тирэхтэрин суох оҥороллор.
Саха эдэр дьонун өйдөрүн-санааларын итинник буортулааһыны билигин айыы үөрэҕин тарҕатааччылар эмиэ салҕаан ыыталлар. Биһиги бу үлэбитигэр айыы үөрэҕин алҕастарын өй-санаа быһаарыыларынан булан дьоҥҥо тириэрдэр кыахтанныбыт.
Оҕо өйө-санаата сайдыыта олус күүстээх уонна түргэн. Бу өй-санаа хайа диэки хайысхалаахтык сайдарыттан бу киһи инники олоҕо барыта тутулуктанар.
Төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах, бэйэлэрэ үлэни-хамнаһы кыайар-хотор буола улаатыахтарын баҕарар буоллахтарына кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин эрчийэн, өйүн-санаатын үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн биэриэхтээхтэрин бары билэр курдукпут эрээри олоххо туһанарбыт кыалла илик. Кыра оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ аҥардастыы тылынан этии эбэтэр кинигэттэн ааҕан биэрии оҕоҕо ситэ тиийбэтин, этин-сиинин эрчийиигэ, үгэстэргэ үөрэтиигэ көрдөрөн, үтүгүннэрэн, батыһыннаран биэрии хайаан да наадалааҕын быһаарабыт.
Биһиги таҥарабыт өйү-санааны хааччахтааһына оҕо улаатан иһэриттэн саҕалаан өйө-санаата сайдыытыттан тутулуктанан уларыйан биэрэн иһэр. Ол иһин маннык икки көрүҥҥэ арахсар:
1. Оҕо кыра, өйө-санаата ситэ сайда, тугу оҥорорун дьүүллээн кыайан быһааран билэ илигинэ: «Куһаҕаны оҥорума», «Айыыны оҥорума» диэн хааччахтааһын, бобуу оҥоруллар.
2. Оҕо улаатан салгын кута сайдан, үөрэҕи-билиини ылынан, үгэстэри үөрэтэн тугу оҥороро туох сабыдыаллаах буолан тахсарын билэр буола улааттаҕына: «Сиэри кэһимэ» эбэтэр «Киһи быһыытын аһара барыма» диэн хааччахтар өйө-санаата аһара барбатын хааччыйаллар.
Өй-санаа бу хааччахтара атын христианскай, мусульманскай таҥаралар курдук кытаанах, кыайан уларыйбат буолбатахтар, кэмэ кэллэҕинэ, олох сайыннаҕына, өй-санаа уларыйдаҕына эмиэ уларыйан, тупсан биэрэн иһэр кыахтаахтар. Ол курдук сиэр көрдөбүллэрин хааччаҕа элбэхтэр быһаарыыларынан, ылыныыларынан уларыйан биэрэн иһэр кыахтаах.
Саха дьоно оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын ордук дириҥник билэллэрин бу өй-санаа хааччахтара уларыйан биэриилэрэ быһаарар. Өй-санаа хааччахтара сайдыыны ситиһиини тэҥнээн уларыйан биэриилэрэ оҕо өйө-санаата сайдан, ийэ кута иитиллибитин кэнниттэн салгын кута сайдан, эбиллэн иһиитин сахалар үөрэхтэрэ таба быһаарарын биллэрэр.
Аан маҥнай оҕо кыра эрдэҕинэ бары билиитин-көрүүтүн, ханнык тылынан саҥарарын, тугу сатыырын барытын ийэтин, төрөппүттэрин, иитэр дьонун үтүктэн, онтун хос-хос хатылаан өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэр. Аан маҥнай тугу, хайдах оҥоро үөрэммитэ соннук үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар олус дириҥник иҥэн иһэр. Кыра эрдэҕиттэн «Куһаҕаны оҥорума» диэн хааччахха үөрэммит оҕо тугу эмэ оҥороору гыннаҕына хайаан да аан маҥнай толкуйдуурга, бу оҥорор быһыыта туох содуллаах буоларын быһаарарга, урукку иҥэриммит өйдөбүлүгэр тэҥнээн көрөргө, онтон биирдэ саҥаны оҥорорго үөрэнэр.
Куһаҕаны оҥоруу оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук боростуой уонна дөбөҥ, ордук таттарыылаах, ону-маны тоҕуу, ыһыы, алдьатыы улахан өйү-санааны эрэйбэттэр, ол иһин оҕо түргэнник олору оҥорорго урут бастаан үөрэнэ охсор. Ол иһин «Куһаҕаны оҥорума» диэн үөрэтии оҕоҕо хайаан да наада уонна уруттаан иһэр буолуохтаах. Оҕо кыратыгар тугу оҥорорун кыайан быһааран билбэт эрдэҕинэ улахан дьон көрөн-истэн үөрэтэллэрэ эрэ туһалыыр. «Yүнэ, тэһиинэ суох барбыт» оҕоттон киһилии киһи тахсыбат. Ол аата дьону кытта тапсан, олоҕу олорууга аналлаах хааччахтары, сокуоннары тутуһар буолууга оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ эрэ табыллар.
Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан оҕо улаатан өйө-санаата сайдан салгын кута үөскээн билиини-көрүүнү кинигэттэн ааҕан, истэн өйдүүр, өйүгэр-санаатыгар хатаан умнубат буоллаҕына, ол билиитэ-көрүүтэ элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына, аны бэйэтин ол үөрэммит үгэстэрэ салайаллар. Бу үөрэҕи сахалар «Yгэһи тутуһуу» диэн ааттыыллар.
Биһиги «Айыы» диэн тылы, өйдөбүлү быһаарыыбытын оҕо улаатан өйө-санаата сайдан иһиититтэн саҕалаан быһааран истэхпитинэ ордук оруннаах, табатык өйдөнөр буолар. Оҕо улаатан өйө-санаата сайдыытыгар араас элбэх саҥаны, дьон оҥорботторун оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр оҕолорун үөрэтиигэ «Айыыны оҥорума» диэн хааччахтааһыны туһаналлар. Ол аата «Айыыны оҥорума» диэн дьон билбэтин, туттубаттарын, бэйэҥ ситэ билбэккин оҥорума диэн быһаччы өйдөбүллээх. Оҕо билиитэ-көрүүтэ ситэтэ суох буолан бу оҥорбута туох содуллаах, туох сабыдыаллаах буолан тахсарын ситэ сыаналаабатыттан, араас алдьархайы оҥороруттан харыстаан итинник хааччахтааһын оҥоруллар.
Оҕо аан маҥнай тугу барытын оҥоро үөрэниитэ бэйэтин өйүгэр-санаатыгар саҥаны, урут билбэтин оҥоруу буолар. Аан маҥнай испиискэни уматан олус соһуйбут оҕо хайдах туттарын илэ көрдөххө киһи ону итэҕэйэр. Кини тугу оҥорбута барыта саҥаны оҥоруу, айыыны оҥоруу буолан иһэр. Дьэ бу саҥаны хайдах быһыылаахтык оҥоро үөрэнэрэ оҕо өйүн-санаатын төрүттүүр.
Аан маҥнай ньуосканы хаҥас илиитинэн тута үөрэнэн хааллаҕына уларытан уҥа илиитинэн туттарга олус эрэйдээхтик үөрэнэр. Ол аата үөрэтэр киһи оҕотугар ньуосканы тута үөрэтиитэ хойутаан хаалан оҕото айыыны, дьон бары оҥорботторун, хаҥас илиинэн тутууга уруттаан үөрэнэн хаалбыт. Билигин уларытан уҥа илиитинэн ньуосканы тутарга үөрэтиигэ аан маҥнай хаҥас илиитинэн тута үөрэммитин умуннаран, суох оҥорон баран аны саҥалыы үөрэтиэххэ наада буолар. Ити курдук хойутаан үөрэнии олус уһаан, аны буккуллан, тардыллан хаалар уратылаах. Кут-сүр үөрэҕэ оҕоҕо билиини кэлэн иһэр кэмин хойутаппакка эрэ иҥэрэн, иитэн биэрэн иһэри эрэйэр. Оҕо сыыһа туттан айыыны оҥороро олус элбэх. Чааскыны муостаҕа быраҕан хайдах алдьанарын көрүүтэ киниэхэ эмиэ саҥаны арыйыы буолар. Таас бытархайдарынан оҕо оонньуура эмиэ олус кутталлаах. Билбэт буолан айаҕар уга оонньуон эмиэ сөп. Таас кыырпаҕын айахтарыгар уган баран соһуйан, ыйыстан кэбиһэн улахан эрэйгэ тэбиллэр оҕолор эмиэ бааллар. Тааһы айахха угартан туох куһаҕан үөскээн тахсарын оҕо билэр буола үөрэнэрэ өссө да ыраах, лаппа улааттаҕына эрэ сэрэнэргэ үөрэнэр. Ол иһин аан маҥнайгы хааччаҕы быһалыы оҥорорго тиийиллэр, «Айыыны оҥорума», «Билбэккин оҥорума» диэн тохтоторго эрэ тиийиллэр эбэтэр чааскыны ылан ыраах ууруллар, атыҥҥа аралдьытыллар.
Улахан, барыны-бары билэр, уоппуттаах киһи, төрөппүт оҕото сыыһа туттан куһаҕаны, ордук бэйэтигэр оҥорботун көрө-истэр, маныыр. Улаатан иһэр оҕону куруук көрө-истэ сырыттахха табыллар диэни бары билэбит. Арыычча сылбырҕа, хамсыыр-имсиир оҕо, ордук уол оҕо үөһээ ытта оонньуурга тардыстыылаах. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр остуол үөһээ тахсыбыта эрэ баар буолар. Yөһээттэн охтуу, төбөнү дэҥнээһин оҕолорго олус элбэх. Хайдах эрэ кыра-кыратык охтон, сууллартан «айа-айа» буолан, этэ-сиинэ ыалдьан сыыйа-баайа сэрэнэргэ үөрэннэҕинэ дэлэ абырал буолуо этэ. Сахаларга «Эти үөрэтэн биэрии» диэн этии баар. Бу этии оҕо этэ ыалдьарыттан олус күүскэ уонна ылыннарыылаахтык үөрэнэр диэн быһаарар. Кыра-кыратык охто үөрэннэҕинэ эбэтэр итиини тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан биллэҕинэ бэйэтэ сэрэнэрэ ордук күүһүрэр. Манна кыратык «Айа-айа» буолуута улахан оруолу ылар.
Тугу эмэ алдьатыы оҕо син-биир саҥаны арыйыытыгар киирсэр. Иһигэр туох баарын билээри оонньууру көтүрэн, арыйа охсон уол оҕолор урут көрөллөр. «Оонньууру алдьатыма» диэн этии оҕону тохтоторун таһынан айыыны, куһаҕаны оҥорума, алдьатыма диэн эмиэ өйдөбүллэнэр.
Обуойу хайыта тыытан оонньуурун оҕо эмиэ сөбүлүүр, киниэхэ үчүгэй курдук, тырылатан тыаһыыра эмиэ астык. Оҕо саҥаны арыйан обуойу хайыта тыыппыта киһи оҥорор быһыытыгар сөп түбэспэт. Ол иһин маннык быһыылары хайдах эрэ тохтоттоххо эрэ табыллар, ону-маны алдьатыы олус куһаҕан быһыы, киһи оҥорор-тутар аналыгар сөп түбэспэт. Ол иһин саха дьоно оҕолорун: «Айыыны оҥорума» диэн тохтотон, аралдьытан атыннык, киһи быһыылаахтык оҥорорго үөрэтэллэр.
Оҕо айыыны оҥороро олус кутталлаах. Дьон бары оҕо испиискэнэн, уотунан оонньууруттан олус сэрэнэллэр. Оҕо испиискэни умата оонньууруттан улахан баһаардар баралларын тэҥэ оҕолор бэйэлэрэ кутталга киирэллэр. Куттал баарын кыра оҕо хантан билиэҕэй? Умайартан буруо тахсарын уонна киһи тыына хааттарарын оҕо лаппа улаатан баран биирдэ билэр. Аан маҥнай испиискэнэн оонньуур олус үчүгэй, умайан сирилээн тахсарыттан уонна бырахтахха умуллубатыттан киһи эрэ умата туруох курдук. Кыра оҕоҕо быһаара сатааһын уонна оҕо ону ылынан толорорго үөрэниитэ олус уһун кэми ыларынан аан маҥнай испиискэни былдьаан ылыы, үөһээ ууруу, бобуу хайаан да оҥорулуннаҕына эрэ табыллар быһыыларга киирсэллэр. Оҕо баҕатын испиискэни умата оонньуурун, бэйэтин санаатыгар саҥаны, айыыны оҥорорун хааччахтааһын хайаан да оҥоруллар. Оҕо саҥаны айарыттан дьиэ умайан хаалара уонна онно оҕолор бэйэлэрэ түбэһэллэрэ ордук иэдээннээх.
Оҕолор вааннаҕа ыт оҕотун сууйа сырыттахтарына ыттара тимирэн, өлөн хаалбыт. Бу быһыыларын кинилэр ыт оҕото төһө уһуннук уу анныгар тыыммакка эрэ сылдьарын билбэттэриттэн сууйан-ыраастаан, үчүгэйи оҥорор санааларыттан оҥорбуттар. Yчүгэйи оҥороору кыһаммыттара куһаҕан буолан тахсыбыт. Ким да кинилэргэ ыт эмиэ тыынарын, тумнастарын туһунан этэн, үөрэтэн биэрбэтэх, билии-көрүү хойутаабыт эбит.
Оонньуу сылдьар обургу оҕолор телевизорга көрбүттэрин үтүктэннэр кыра балыстарын хоппуруон бантигынан моонньуттан ыйаан баран турар олоппоһун туура тэбэн кэбиспиттэрин хата ийэлэрэ түбэһэ тиийэн кэлэн быыһаабыт түбэлтэтэ эмиэ баар. Бу оҕолор киһи ыйаннаҕына хайдах буоларын билбэттэриттэн хара айыыны оҥоро сыспыттар. Оҕо айыыны оҥороро ол иһин кутталлаах, хайаан да тохтотуллара наада. Ити курдук сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата сайдыытын ордук табатык быһаарар.
Билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарар уол оҕолор ону-маны булан-талан оҥорон, боруобалаан көрүүлэриттэн араас сыыһа туттуулар тахсалларыттан оҕолор бэйэлэрэ эчэйэллэр. Испиискэ сиэрэтин кыһыйан мас мутугун дьөлөҕөһүгэр кутан баран тоһоҕонон оҕустахха эстэн тоҕо барар. Оҕо олус кыһанан саҥаны оҥорор күүһүттэн хас оҕустаҕын аайы дириҥээн биэрэр үүтүгэр элбэх сиэрэни кутан баран күүскэ охсубутугар тоһоҕото өрө көтөн сирэйин дэҥниирэ ыраахтан буолбатах.
Кумааҕы ботуруоҥҥа кутуллубут буораҕы бырахтахха эстэрин наадатыгар испиискэ хас да маһын холбуу баайан баран кытыытыттан уматыллар. Хараҥаҕа үөһээ бырахтахха түүтэх саҕа уот күлүм гынан эстэн тоҕо барара олус таттарыылаах. Быраҕа охсоору тиэтэйэн эбэтэр алҕаска аҥар өттүттэн уматан кэбиһэн быраҕыан иннинэ, илиитигэр дэлби тэптэрбит оҕо дэҥнэнэр, ытыһын уокка сиэтэр. Саҥаны айан боруобалаары илиитин эчэтэр.
Оҕо улаатан истэҕинэ айыыны оҥорорун куттала ордук эбиллэн иһэр. Бу оҥороруттан туох содул үөскээн тахсарын ситэ билбэтиттэн табаах тарда, арыгы иһэ, наркотиктары боруобалыы сылдьан аны олоругар ылларын хаалыан сөп. Ити дьаллыктар оҕо аан маҥнай боруобалыырыгар киниэхэ эмиэ саҥаны арыйыы, урут билбэт суолларын боруобалааһыҥҥа тэҥнэнэннэр ордук кутталлаахтар, билбэккэ, боруобалыы оонньуу сылдьаннар арыгыга, наркотикка ылларан хаалыахтарын сөп.
Ытыалыы оонньооһун уолаттар олус сөбүлүүр дьарыктара. Араас пугаастары, бэстилиэттэри оҥорон көрөн боруобалаан ытыалаабатах уол аҕыйах буолуо. Аны буораҕы эбэтэр атыны буллахтарына дэлби тэптэрэ сатыыллар. Дэлби тэптэриилэр содуллара ыарахана бу быһыылар чахчы айыы буолалларын быһаарар. Уотунан оонньуур эмиэ айыы. Күүскэ умайар, дэлби тэбэр убаҕастары умата оонньооһун, урут билбэт быһыыларын оҥоруу оҕо бэйэтин санаатыгар саҥаны айыы буолар. Ол иһин оҕо ордук кыһанан, бары кыаҕын ууран дьарыктаныан сөп. Сахалар оҕо итинник майгынын тохтото сатаан: «Айыыны оҥорума»,- диэн этэллэр.
Сахалар үөрэхтэринэн оҕо ханнык баҕарар быһыыны улахан, олоҕу олорбут, элбэҕи билбит-көрбүт, уоппуттаах киһи хайдах оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитин аата «Киһи буолуу» диэн ааттанар. Онтон киһи оҥороруттан атыннык, уратытык оҥоруу, саҥаны арыйыы «Айыыны оҥоруу» буолар. Ити иһин саха дьоно оҕолору ханнык да айыыны оҥорортон сэрэтэллэр, оҥорбот буолуҥ диэн этэллэр. Бэйэтэ элбэх инициативалаах, инники баран иһэр санаалаах оҕо ону-маны барытын оҥоро охсуон баҕата туох да муҥура суох. Тугу барытын уруттаан оҥорон иһэр. Билиитэ-көрүүтэ ситэ тиийбэт, уоппута суоҕа таайан үгүстүк сыыһа туттар. Yөрэнэ иликкэ тоһоҕону сыыһа охсон тарбаҕы өтүйэлээтэххэ киһи сэрэнэн туттарга ордук түргэнник үөрэтэр.
Арыгыны иһэн көрө илик эдэр киһи элбэх арыгыны истэххэ итирэн хаалыахха сөбүн билбэт. Ханнык эрэ хампаанньаҕа кыттыһан арыгы хайдах дьайарын билбэттэриттэн элбэҕи иһэн кэбиһэн итирэн хаалар эдэрдэр эмиэ элбэхтэр. Уолаттар улаата охсубуттарын биллэрээрилэр, улахан дьон оҥорор быһыыларын оҥорууга кыттыһаарылар табаахтааһыҥҥа уонна арыгы иһиитигэр элбэхтик түбэһэллэр. Арыгыны оҕо аан маҥнай иһиитэ урут билбэт дьыалатын оҥорууга, саҥаны арыйыыга тэҥнэнэр. Аан маҥнай арыгы иһэн үөрэн дэбдэйбит оҕо чахчы саҥа быһыыны, урут билбэтин боруобалыы сылдьара биллэр. Билигин наркотик дэлэйэн иһиитэ оҕо билбэт араас эмтэрин боруобалыы сылдьара ордук кутталланан иһэрин быһаарар. Оҕолор наркотик дьайыытыгар ылларан хаалалларын сүрүн биричиинэтэ итиннэ саһан сылдьар. Арай оҕону билбэт дьыалалары оҥороруттан тохтотор этиинэн: «Айыыны, билбэккин оҥорума» диэн сахалар үөрэхтэрин этиитэ буолар.
Айыы диэн тыл икки өйдөбүллээх. Биир өттө - үчүгэй, онтон аҥара – куһаҕан. Саҥаны арыйыы куһаҕаны оҥорорго эмиэ туттуллара итини өссө чуолкайдыыр. Бу тыл оҕо өйө-санаата сайдарыгар ордук куһаҕаны оҥорор. Ол курдук оҕо сайдан иһэр өйө-санаата элбэх саҥаны арыйыылары оҥоруон баҕарар. Онтон куһаҕаны оҥоруу үчүгэйи оҥорордооҕор ордук судургу, ол иһин оҕо куһаҕаны оҥоруу диэки өйө-санаата урут бастаан салаллыан сөп. Ол иһин куһаҕаны оҥоруу уруттаан хааччахтаннаҕына эрэ табыллар.
Бары төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэргит киһилии быһыылаах дьон буола улаатаннар олоххо элбэх туһалаах дьыалалары оҥоруохтарын баҕарар буоллаххытына оҕолоргутун киһи буолуу үөрэҕэр үөрэтэргит наада.
Оҕо киһи буолууга үөрэнэрэ сүрдээх уһун уонна эрэйдээх. Киһи буолуу - сахалар таҥараларын үөрэҕэ. Оҕо улаатан киһи буолууну баһылаан баран айыыны, саҥаны арыйыыны оҥорорун сахалар үөрэхтэрэ боппот. Ол аата оҕо улаатан, өйө-санаата ситэн, бу оҥорбута туох сабыдыалы оҥорорун билэн, киһи буолан аны бэйэтэ быһаарынан тугу барытын оҥороро көҥүллэнэр. Арай ол айыы, саҥаны арыйыы сиэри таһынан барбакка, киһи быһыылаах буолара ирдэнэр.
Онон оҕо улаатан өйө-санаата киһи буолуу таһымын ситистэҕинэ «Айыыны оҥорума» диэн бобуу бүтэр, быстар кэмэ кэлэр. Оҕо өйө-санаата төһөнөн эрдэ сайдан улахан киһи оҥорор быһыыларын оҥорор буола үөрэннэҕинэ айыыны оҥорума диэн бобуу эрдэлээн бүтэр. Мантан салгыы өйө-санаата сайдыбыт, киһи буолууну ситиспит оҕо улахан киһи буолан аны айыыны оҥороро сиэр көрдөбүллэрин, киһи быһыытын кэспэтигэр олоҕуран салҕанар.
Ити курдук сахалар таҥаралара өйү-санааны хааччахтыыра оҕо өйө-санаата сайдан иһиититтэн уларыйан биэрэн иһэр. Ол иһин киһи өйө-санаата сайдыытыгар ордук сөп түбэһэр.
СИЭР ӨЙ-САНАА ХААЧЧАҔА
Сахалар сиэр диэн тылы элбэхтик тутталлар. Бу тыл киһи тугу оҥорорун, майгынын быһыытын уонна өйүн-санаатын барытын быһаарар. Бу тыл кэнники нуучча сокуон диэн тылыгар үтүрүттэрэн уонна сахалыы олох үөрэҕин умнуу түмүгэр аанньа тутуллубат буолан сылдьар.
Сахалыы итэҕэли сайыннарыы саха дьонун олохторун сиэр көрдөбүллэригэр киллэрэн биэрииттэн саҕаланар. Ханна да суруллубатах да буоллар сахалар олохторо сиэр быһыытынан баран иһэр. Сиэр – сахалар олохторуттан үөскэтэн таһаарбыт үгэстэрэ, таҥараларын сокуона, өйдөрүн-санааларын хааччаҕа буолар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ улахан да киһи айыыны оҥорорун бобор, ханнык баҕарар саҥаны арыйыы сиэри иһинэн, сиэри кэспэт буолуохтаах. Итини тэҥэ «Киһи быһыыта» диэн этии киһи хаһан даҕаны киһи оҥорор быһыыларыттан атыннык, тиэрэтик оҥорбот буоларын хааччыйарга аналланар.
Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта сиэр диэн тылы маннык быһаарар. Сиэр – Дьон туохха эмэ тутуһар майгылара эбэтэр үгэс оҥостубут үөрүйэхтэрэ. Сиэри тутуспат буолуу «Сиэрэ суох, сиэри таһынан, сиэргэ баппат» диэн этиилэринэн быһаарыллар. «Сиэрдээх киһи» диэн этии сиэри тутуһар, үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит киһини быһаарар.
Ханнык баҕарар таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтыыллар, аһара барарын тохтотоллор. Саха норуотун таҥаратын үөрэҕэ киһи өйүн-санаатын хааччахтыыра – сиэр диэн ааттанар. Киһи хаһан баҕарар, олоҕун ханнык баҕарар кэмнэригэр сиэри кэһиэ, сиэри таһынан быһыыланыа суохтаах. Киһи өйө-санаата, бары оҥорор дьыалалара барылара сиэри иһинэн буолуохтаахтар. Ол аата олоххо үөскээбит былыр-былыргыттан тутуһуллар үгэстэри кэспэтэ, аһара барбата ирдэнэр.
Инники үлэлэрбитигэр «Киһини санаата салайар» диэн этиини быһаарбыппыт. Киһи ханнык санаалары куруук саныыр даҕаны соннук үгэс үөскээн киһини бэйэтин салайар диэни «Киһи буолуу» диэн үлэбитигэр толору ырыппыппыт. Санаа бэйэтэ күүстээх, эньиэргийэлээх. Санаа хос-хос хатыланнаҕына мунньуллар, умнуллубат буолар. Мунньулуннаҕына күүһүрэр, үгэскэ кубулуйар. Онтон үгэстэртэн кут үөскүүр. Өй-санаа сайдыыта итинник салҕанан баран иһэр.
Киһини мунньуллубут, үгэскэ кубулуйбут санаалара салайаллар. «Киһини санаата салайар» диэн сахалар этиилэрэ итинник дакаастанар. Yчүгэй үгэстэртэн хомуллан сиэр үөскүүр.
Урукку биһиги иннибитинэ олохторун олорон ааспыт көлүөнэлэр үөрэхтэрэ үгэс буолан кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһиэхтээхтэр. Арай бу үгэстэр кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах бэриллэн иһэллэрин быһаарыыга биһиги: «Оҕо ханнык баҕарар билиитин- көрүүтүн барытын бэйэтэ үөрэтэр, билэр»,- диэн этэбит. Ол аата оҕону туохха да үөрэппэтэххэ, оонньото эрэ сырыттахха ханнык да туһалаах билии баһыгар суох буолар. Yөрэнэр кыахтаах эрээри үөрэммэккэ хаалбыт дьон элбэхтэр.
Оҕо үгэстэргэ олус өр кэмҥэ үөрэнэр. Куруук биири хатылаан үөрэтии үөрэх чиҥник иҥэрин быһаарар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕан, киһи быһыытыгар сөп түбэспэт быһыылары оҥорбот буоларыгар үчүгэй быһыылары оҥороругар бу быһыылары тус-туспа арааран кыһанан үөрэттэххэ, үгэс оҥорон иҥэрдэххэ эрэ сиэр көрдөбүллэрин тутуһар киһи буола улаатар.
Киһи быһыылаах киһи сиэри тутуһар, сиэри таһынан барбат, сиэрдээх киһи буолар. Дьону кытта эйэлээх буолуу, киһини, төрөппүттэри ытыктааһын сиэр тутаах көрдөбүлэ.
Ыаллары кытта эйэлээх сыһыаны олохтооһун, бэйэ-бэйэҕэ хардары-таары көмөлөһүү, кэһиини ылсыы-бэрсии барыта сиэри тутуһар буолуохтаах.
Сиэр диэн киһи куруук тутта сылдьар быһыыта, саҥарар саҥата, дьону кытта сыһыана буолар.
Сиэр сүрүн көрдөбүлүнэн өй-санаа эмиэ сиэри иһинэн, таһынан барбат буолуохтаах. Ол аата сиэри таһынан санаалары элбэхтик санаталыыр эмиэ куһаҕан. Биһиги үөрэхпит сүрүн төрүтэ итиннэ олоҕурар. Санаалартан үгэс үөскээн киһини бэйэтин салайарын, быһыытын уларытарын биһиги быһаарабыт.
Сиэр диэн тыл үчүгэй эрэ өйдөбүллээх. Сиэр киһи тугу оҥорорун, бэйэтин быһыытын, майгынын кээмэйдиир буолан киһи быһыылаах буолууну бэлиэтиир. Сиэр ханна да аһара халбаҥнаппат сокуон буолар. Бу сокуону хаһан даҕаны аһара барыллыа суохтаах. Сиэри таһынан барыы киһи быһыытыгар сөп түбэспэт. Сиэри халбаҥнаабакка тутуһуу киһи буолууга тириэрдэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олох үгэстэрин, сиэри тутуһарга үөрэннэҕинэ эрэ киһи буолууну ситиһэр.
Майгы ийэ кут өйүттэн-санаатыттан үөскүүр. «Ыт майгына», «Киһи майгына» диэн тэҥнээн көрүүттэн үөскээн тахсар этиилэр бааллара майгы эттэн-сиинтэн ордук тутулуктааҕын, кыылларга эмиэ майгы баарын быһаарар.
Киһи майгына эмиэ араастардаах, хас киһи барыта этиттэн-сииниттэн тутулуктаах араас майгылаах. Сиэрдээх майгы диэн киһи майгына сиэри таһынан барбатаҕына этиллэр. Сиэри тутуһар майгы, үчүгэй майгы, сиэр-майгы диэн холбуу этиллэр. Ол аата майгы сиэргэ бас бэринэр, сиэр иһинэн буоллаҕына эрэ табыллар.
Өй-санаа салгын кут үлэтэ, тугу толкуйдаан таһаарара барыта сахалыы «Ай» диэн төрүттээх «Айыы» диэн тылынан бэриллэр. Киһи өйүттэн-санаатыттан чочуллан оҥоруллан, быһаарыллан тахсар буолан айыы эмиэ араастаах. Улахан, кыра, үчүгэй, куһаҕан айыылар бааллар. Ол иһин бу айыы эмиэ сиэр иһигэр киирдэҕинэ эрэ табыллар. Сиэри таһынан барбат айыы сиэрдээх айыы эбэтэр айыы-сиэр диэн буолар. Айыы эмиэ сиэр иһигэр киирдэҕинэ, сиэргэ сөп түбэстэҕинэ эрэ үчүгэй, үрүҥ өйдөбүллэнэр, дьоҥҥо туһаны аҕалар. Ол иһин айыы-сиэр диэн этии үчүгэйгэ эрэ туттуллар.
Киһи оҥорор араас элбэх быһыылара барылара сиэргэ сөп түбэһэр, сиэри таһынан барбатахтарына эрэ киһилии быһыы, сиэрдээх быһыы буолаллар.
Ити курдук сиэр диэн сахалар олохторугар хаһан да кэспэт кыйыалара, таҥараларын сокуона буолара дакаастанар. Киһи оҥорор туох баар быһыылара, киһи араас майгына барыта уонна өйө-санаата тугу айара сиэргэ сөп түбэһэр, сиэри аһара барыа суохтаахтар. Итини тэҥэ киһи олоҕо барыта сиэр иһинэн баран, сиэрдээх олох буолара киһи буолууну кытта сибээстээх. Ол иһин саха дьонугар олох сиэрэ диэн өйдөбүл үөскээбит. Олох сиэрин тутуһар киһи киһилии киһи буолар.
Олох биир сиргэ турбатыттан, хаамыытыттан, сайдан, саҥаны арыйыылар олоххо киирэн иһиилэриттэн олох сиэрэ эмиэ уларыйан биэрэн, саҥа көрдөбүллэргэ эппиэттиир буолан истэҕинэ табыллар. Советскай былаас саҕана киһи тутта сылдьар быһыытын быһаарар «Моральный кодекс строителя коммунизма» диэн баар этэ. Коммунизм кэлэрэ биллибэт буолбутун кэннэ бу кодекс олус өр кэмҥэ уларыйбакка хаалан хаалбыта үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэтэҕиттэн перестройка хамсааһына үөскээбитэ.
Сиэр-майгы эмиэ олох хаамыытыттан, сайдыытыттан кэмиттэн-кэмигэр уларыйан биэрэн иһэрин саха дьоно былыргыттан билэннэр сиэр атын таҥаралар үөрэхтэрин курдук ханнык да биллэр хааччаҕа суох. Дьон бары билинэр буолуулара сиэри уларытар.
Сиэр сыыйа уларыйан иһэрин быһаарарга маннык көстүүнү ыллахпытына ордук табатык өйдөнүөҕэ. Ааспыт үйэ анараа өттүгэр дьахталлар моонньулара уонна илиилэрэ эрэ таҥастарыттан быгар эбит буоллахтарына, билигин кэлэн онон-манан таҥастаах сылдьаллара улахан сиэри кэһиинэн ааҕыллыбат буолла.
Онон, олох уларыйан иһиитин кытта сиэр эмиэ хаалсыбакка уларыйан биэрэн иһэрэ наада. Манна сөптөөх, үчүгэй уларыйыылары дьон бэйэлэрэ өйдөрүн-санааларын күүһүнэн киллэрэн биэрэн иһэллэрэ ирдэниллэр. Наука сайдыыта уонна дьон үгүстэрэ билиниилэрэ сиэри уларытар. Билигин сайдыылаах дойдулар сокуоннары оҥорор мунньахтара былыргы сахалар сиэри быһаарыыларыгар олоҕуран үлэлииллэр, хайа өрүт баһыйар даҕаны сиэр ол диэки сыыйа сыҕарыйар, уларыйар.
Сиэр - биһиги сахалар таҥарабыт сокуона. Таҥара өйү-санааны хааччахтыыр кыйыата. Сиэр хаһан да кэһиллибэт, арай олох хаамыытыттан тутулуктанан сыыйа уларыйар эрэ.
Өй-санаа ханнык да хааччаҕа суох сайдан иһэр диэн этии сыыһа, өй-санаа сайдыытыгар сөп түбэспэт. Оҕо кыра эрдэҕинэ «Куһаҕаны оҥорума», «Аһара барыма», онтон улаатан истэҕинэ «Айыыны, билбэккин оҥорума», онтон улааппытын кэннэ «Киһи быһыытын кэһимэ», «Сиэри тутус» диэн хааччахтары хайаан да тутустаҕына эрэ олоҕун киһи быһыылаахтык олороро табыллар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕин атын таҥаралар, Христос, Аллах үөрэхтэриттэн биир сүрүн уонна тутаах уратытынан киһи өйүн-санаатын сайдыытын быһаччы бобон хааччахтаабата буолар. Бу быһаарыы сахалар олохторун сокуона – сиэр олох сайдан истэҕинэ сыыйа-баайа уларыйан элбэхтэр, баһыйбыттар өйдөрүнэн-санааларынан баран иһэригэр олоҕурар. Ол аата элбэхтэр быһаарыыларынан сиэр көрдөбүллэрэ сыыйа уларыйан биэрэллэр. Аныгы демократия сүрүн көрдөбүллэрэ элбэхтэр баһылаан салайаллара сиэр уларыйан биэриитигэр сөп түбэһэр.
Сиэр диэн тыл хаһан үөскээн туттуллар буолбута чуолкайа биллибэт. Арай нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн сахаларга баара биллэр, нууччалартан киирии тыл буолбатах. Ол аата сахалар олус былыргы кэмнэртэн, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн, өй-санаа үөрэҕин баһылаан туһанар бэйэлэрэ таҥаралаах эбиттэрэ быһаарыллар уонна дакаастанар.
ӨЙ – САНАА САЙДЫЫТА
Биһиги урукку үлэлэрбитигэр өй-санаа киһиэхэ үөрэх буолан салгын кутунан киирэн үгэстэри үөскэтэн эти-сиини үөрүйэх оҥордоҕуна эрэ дьэ дьиҥнээхтик, дириҥник киһиэхэ иҥэрин быһаарбыппыт. Бу үлэбитигэр бары өй-санаа туһунан быһаарыыларбытын уонна этиилэрбитин түмэн графиктарга хомуйдубут. Бу графиктар оҕо өйө-санаата сайдан иһиитин сүрүн хайысхатын уонна өйүн-санаатын кыйыаларын көрдөрөллөр.
Бу графиктарга өй-санаа үөскээн сайдан иһиитэ уонна өй-санаа ханнык хааччахтардааҕа барылара быһаарыллаллар. Ханнык да хааччаҕа, күрүөтэ суох барбыт өй-санаа, кут Үөһээ дойдуга көтүүтэ эбэтэр Аллараа дойдуга түһүүтэ кытта көрдөрүллэр. Ол иһин бу графиктары өй-санаа сайдыытын графиктара диэн ааттаатыбыт.
Графиктарга киһи олоҕун уһуна ортотунан 75 сылга, онтон биир көлүөнэ уһуна 25 сылга тэҥнэһэрэ уруккуттан олохсуйан хаалбыт өйдөбүл. Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан киһи буолууну биир көлүөнэ устата ситиһэр. Бу бэлиэ кэм оҕо улаатан бэйэтэ ыал буолан оҕолонорунан, саҥа көлүөнэни үөскэтэринэн бэлиэтэнэн чопчутук туспа араарыллар.
Өй-санаа сайдыытын ордук чуолкайдык «Бытье определяет сознание» диэн этии арыйар. Бу этии саха дьоно «Олох үөрэҕэ» диэн этиилэригэр бары өттүнэн сөп түбэһэр. Өй-санаа аһара бара сылдьар буола сайдыыта, ханнык да күрүөтэ, хааччаҕа суох барыыта тыыннаах этиттэн-сииниттэн арахсан, көтүүтүгэр, туспа барыытыгар, айыы буолуутугар тириэрдэр. Өй-санаа олус түргэнник сайыннаҕына этин-сиинин эрчийэрин уонна дьарыктыырын быраҕар, ситэн оҥорбот. Эт-сиин өй-санаа сайдыытын кыайан сиппэккэ хаалан хаалар. Эт-сиин быраҕыллар дьылҕаланар, өй-санаа туспа баран айыы буолар. Халлаан диэки хайыспыт үөрэхтээхтэр итинник сайдыыга баҕараллар.
Саха дьонун быһаарыыларынан уонна олохторун үөрэҕинэн өй-санаа хааччаҕа уонна күрүөтэ сиэр диэн ааттанар. Сиэр диэн саха дьонун олохторун сүрүн сокуона. Kиһи сиэри хаһан даҕаны кэһиэ, аһара барыа суохтаах. Kиһи быһыылаах киһи оҥорор бары быһыылара киһи быһыытын, сиэри аһара барбаттар. Сиэри кэһии дьон оҥорботун оҥорууга, айыыны оҥорууга тириэрдэр, өй-санаа арахсан Үөһээ дойдуга көтөн эти-сиини өлүүгэ-алдьархайга хаалларар кыахтанар.
Өй-санаа куруук сайдан-үүнэн эбиллэн иһэринэн сиэр эмиэ сыыйа-баайа уларыйар, графикка өрө диэки тахсар линиянан көрдөрүллэр. Kиһи өйө-санаата куруук икки аҥы, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсалларын быһыытынан олох суола бу икки өйдөбүллэр икки ардыларынан, ортотунан баран иһэрэ эрэ табыллар.
Толору кэргэҥҥэ, туруктаах ыалга улаатан иһэр оҕо өйө-санаата сайдыыта ийэтэ, аҕата уонна эбэтэ, эһэтэ көрүүлэринэн-истиилэринэн, ыйыыларынан баран иһэр. Ол аата, икки хос хонтуруол, көрүү-истии уонна үөрэтии оҕо өйө-санаата аһара, «Көҥүлүнэн баран» сайдыытын хааччахтыыр. Оҕо улаатан иһэн үгэстэргэ үөрэнэн сиэр көрдөбүллэрин толорор кыахтанар. Kини өйө-санаата сиэри кэспэт, аһара барбат буолууга иитиллэр. Графикка сиэр линиятын төрөппүттэр, өбүгэлэр өйдөрө-санаалара, олохторун үгэстэрэ үөскэтэр. Олох сайдан-үүнэн, иннин диэки баран иһэринэн сиэр графикка өрө тахсан иһэр уонна аллараа диэки түһэр икки линиянан көрдөрүллэр.
Сиэр икки линиянан көрдөрүллэрэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна «Сиэрэ суох үчүгэй», «Сиэргэ баппат куһаҕан» диэн этиилэр икки ардыларынан киһи быһыыта баарын көрдөрөр. Сиэр икки линиялара өй-санаа кэлимник, икки өрүттээхтик сайдарын эмиэ быһаараллар. Ол аата кыра куһаҕан, сыыһа-халты быһыылар сиэри аһара барбатахтарына киһи быһыытыгар эмиэ сөп түбэһэллэрин быһаарар.
Өй-санаа аҥардастыы биир өттүгэр сайдыыта хайдах да табыллыбат, ол аата үчүгэйи эрэ оҥорор өй-санаа диэн суох. Өй-санаа икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсар. Графикка бу икки өрүттэр икки кэҥээн иһэр сиэр линияларынан көрдөрүллэллэр. Kиһи буолуу, киһилии быһыылаах киһи өйө-санаата барыта сиэр көрдөбүллэрин иһинэн, хаһан даҕаны аһара барбатахтарына эрэ табыллар. Kиһилии өй-санаа барыта сиэр иһинэн сылдьар. Сиэри кэһэр, аһара барар киһини сахалар – киһи буолбатах, киһилии быһыыта суох диэн сымнаҕастык быһаараллар. Ол иһин киһи быһыыта диэн өйдөбүл графикка сиэр линияларын иһигэр сылдьар.
Kиһи олоҕо үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан баран иһиэхтээҕин биһиги графикпыт эмиэ көрдөрөр. Бу быһаарыы сахалар Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн өйдөбүллэрин ордук чуолкайдыыр. Өй-санаа сайдан истэҕинэ хайа диэки айанныыра, олох үчүгэй диэки өттүн дуу, эбэтэр куһаҕанын дуу тутуһан сайдара графикка эмиэ көрдөрүллэр. Yчүгэйгэ тардыһыы үөһээ, сырдык диэки хайысхалаах, онтон куһаҕаны оҥоруу, куһаҕан, хара быһыы аллараа диэки салаллар.
Өй-санаа күүһүрэн, сайдан истэҕинэ киһи сэрэхтээх, тулуурдаах буолуута өссө күүһүрэн биэрэн истэҕинэ эрэ Орто дойду олоҕо туруктаах буоларын бу графиктар көрдөрөллөр. Ол аата оҕону иитии уонна үөрэтии «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн этиилэригэр олоҕуруохтааҕа быһаарыллар. Өй-санаа сайдыытын линията олус туруору өрө тахсыыта киһи быстах быһыыларга түбэһэрэ элбээн олоҕун уһуна кылгыырыгар тириэрдэрэ графикка арылыччы көстөр.
Саха дьоно аҥардас дьахтар эбэтэр толорута суох кэргэҥҥэ иитиллэр оҕолору туспа арааран «Тулаайах оҕо» диэн ааттыыллар. Kинилэр тулаайах оҕону иитии-үөрэтии олус уустугун куруук бэлиэтээн этэллэр. Атаах буола иитиллибит оҕо өйө-санаата эмиэ тулаайах оҕо өйүгэр-санаатыгар маарынныырын, өйүн-санаатын хааччаҕа аҕыйаҕын, аһара бара сылдьарын билэллэр. Итини тэҥэ сахаларга «Көҥүлүнэн барбыт» диэн оҕо өйүн-санаатын быһаарар этии баар. Бу этии ханнык да хааччаҕа суох, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарбат буола иитиллибит оҕо өйүн-санаатын быһаарар.
Тулаайах оҕо өйө-санаата төрөппүттэрэ уонна эбэтэ, эһэтэ оҥорор баттааһыннара суох буолан ситэ үгэстэргэ үөрэммэккэ хаалан аһара барара элбээн, сиэр-майгы көрдөбүллэрэ соччо суох буола иитиллэр. Сиэр көрдөбүлэ суох буолуута оҕо өйө-санаата ханнык да хааччаҕа суох барыытын үөскэтэр. Оҕо ханнык баҕарар дьыалаҕа аһара бара сылдьар киһиэхэ кубулуйар, өйө-санаата хааччаҕа суох баран Yөһээ дойду, өлүү-сүтүү диэки түргэнник салаллара быһаарыллар, ол иһин быстах быһыыга элбэхтик түбэһэрэ олоҕун уһуна кылгыырыгар тириэрдэр. Өй-санаа бу курдук хааччаҕа суох буола сайдыыта иккис графикка көрдөрүллэр.
Kиһи өйө-санаата сайдан күүһүрэн өрө тахсан иһэр. Бу уларыйыы графикка сиэр линията өрө тахсан иһэринэн көрдөрүллэр. Өй-санаа сайдан үчүгэйи оҥороро төһөнөн эбиллэн биэрэр даҕаны, куһаҕаны оҥорор күүһэ эмиэ соччонон эбиллэр. Бу майгы графикка икки сиэр линиятынан ойууланар. Бу линиялар өй-санаа төһөнөн түргэнник сайдар даҕаны соччонон туруору хайысханы тутуһаллар. Өй-санаа, куттар киһи этиттэн-сииниттэн букатыннаахтык арахсан Үөһээ дойдуга тахсыылара эбэтэр Аллараа дойдуга түһүүлэрэ киһи өллөҕүнэ, өйө көттөҕүнэ ситиһиллэр. Графикка өй-санаа ханнык да хааччаҕа суох сиргэ тахсыыта үрүҥ айыы эбэтэр хара айыы буолуута эмиэ көрдөрүллэр.
Билигин сорох дьон Үөһээ дойду олоҕо үчүгэй диэн этэллэрэ элбээтэ. Kинилэр өйдөрө-санаалара сиэр-туом диэн өйдөбүлү соччо билиммэттэр, өйү-санааны ханнык да хааччаҕа суох сиргэ таһаарыахтарын баҕараллар. Сиэр көрдөбүллэрин аһара барыы бэйэтэ айыыны оҥоруу буоларын умнаары гыннылар.
Айыы-сиэр диэн быһаарыы ханнык баҕарар саҥаны арыйыы барыта сиэри иһинэн, сиэргэ сөп түбэһэр буоллаҕына эрэ дьоҥҥо туһалаахтарын биллэрэр.
Ити курдук саха дьонун өй-санаа туһунан үөрэхтэрэ бу графиктарга толору көрдөрүллэллэр. Саҥа сайдан иһэр өй-санаа уһун кэмҥэ үгэстэргэ үөрэниэр диэри хайаан да хааччахтаах буолуохтааҕа эмиэ быһаарыллар. Бары таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтаан, үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаан, киһи, үчүгэй киһи буолууга салайан биэрэллэр. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ өйү-санааны эмиэ хааччахтыыр. Ол хааччах сиэр диэн ааттанар.
Таҥара үөрэҕэ өй-санаа үөрэҕэ буолан уларыйбат диктатураҕа кубулуйара табыллыбат. Сахалар таҥараларын хааччаҕа – сиэр, кэмэ кэллэҕинэ, олох көрдөбүллэрэ уларыйдаҕына уларыйан, тупсан биэрэр кыахтаах. Элбэх дьон сиэри билинэр буолуулара сиэри уларытар, элбэхтэр баҕаларын диэки сиэр салаллар. Ол иһин сахалар таҥаралара аныгы сайдыылаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт үгүс дьон көрдөбүллэригэр ордук сөп түбэһэр.
ОЛОХ ЫАРАХАН
Олох олоруу уустук, алааһы туорааһын буолбатах. Сахалар «Олох ыарахан» диэн этиилэрин ситэ сыаналыы иликпит, сэбиэскэй былаас сылтан сыл аайы олох көнөн, чэпчээн иһэр диэн үөрэҕин салҕаан илдьэн иһэрбит ордук хомолтолоох. Билигин даҕаны ас-таҥас дэлэй, бары-барыта баар буоллаҕына олох көнөн, чэпчээн иһэр дии саныы үөрэммиппит хаала илик. Ол иһин оҕолорбутун чиҥник, туруктаах өйгө-санааҕа иитэрбитин, үөрэтэрбитин быраҕан сылдьабыт.
Олох чэпчээн иһэр диэн этии төрдүттэн сыыһа, өйү-санааны атын, чэпчэки суолга салайар. Бу этии киһи бэйэтэ эмиэ икки өрүттээҕин билиммэт. Ол курдук ас-таҥас дэлэй буоллаҕына эт-сиин абыранар. Тугу да үлэлээбэккэ, элбэхтик хамсаабакка-имсээбэккэ, эрэйдэммэккэ эрэ бэлэмҥэ аһыы-сии сытар кыахтанар, аһыырга-сииргэ баҕа санаата туолар. Эти-сиини эрчийбэт, дьарыктаабат буолуу киһи өйө-санаата мөлтүүрүгэр, тулуура суох, быстах баҕа санааларга кыаттарарыгар тириэрдэр. Киһи быстах баҕа санааларыгар баһыттардаҕына, быстах быһыыларга киирэн биэрэрэ элбээн эрэйгэ тэбиллэрэ элбиирин кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.
Кут-сүр үөрэҕин баһылыы илик буоламмыт киһи тутулун, өйүн-санаатын арааран билэ иликпит. Кут-сүр үөрэх этэринэн киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, үс куттара тус-туспалар. Бу быһаарыы киһи бэйэтэ эмиэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэрин биллэрэр. Ол курдук этэ-сиинэ биир өрүтэ, онтон куттара, өйө-санаата атын өттө буолар.
«Олох ыарахан»,- диэн этии ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаах. Олох сайдан, экономика күүһүрэн иһиитэ аһы-үөлү дэлэппитин тэҥэ арыгы, табаах уонна наркотик эмиэ дэлэйиилэрин, сайдан, тупсан иһиилэрин үөскэтэр. Киһи арыгыһыт эбэтэр наркоман буолан барбатын наадатыгар өйө-санаата ордук бөҕө, тулуурдаах, быстах баҕа санааларын уодьуганныыр күүстээх буолара олох салгыы баран иһэрин тутаах көрдөбүлэ. Ол курдук дьон үксэ арыгыга ыллардахтарына олох кэхтэр, омук эстэр суолга киирэр.
Өй-санаа тулуурдаах буолуутугар үөрэнэргэ аан маҥнай эти-сиини эрчийии, дьарыктааһын эрэ туһалыыр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга этин-сиинин эрчийиитэ өйө-санаата бөҕө, туруктаах буоларыгар тириэрдэр. Биһиги «Аһылык», «Сахаларга оҕону иитии-үөрэтии» диэн үлэлэрбитигэр эти-сиини эрчийии туһунан суруйбуппут.
Ити курдук киһи олоҕо этиттэн-сииниттэн уонна өйүттэн-санаатыттан төгүрүччү, ол аата эргийэ сылдьар тутулуктаах. Бу тутулуктартан аан бастаан иһэринэн киһи этин-сиинин эрчийиитэ буолар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин тымныынан, итиинэн эрчийэн, сүүрэн-көтөн, үлэлээн-хамсаан дьарыктаан өйүн-санаатын бөҕөргөттөҕүнэ эрэ киһи буолууну, туруктаах өйү-санааны ситиһэр.
Киһи буолуу өйүн-санаатын үөрэтиибит өй-санаа туруктаах буоллаҕына эрэ киһи олоҕун киһи быһыылаахтык олорон түмүктүүрүн быһаарар кыаҕы биэрдэ.
Киһи куруук салгын кутунан салаллан, ол аата үөрэх-билии биэрбит өйдөбүллэринэн ыйдаран олоҕун кыайан олорбот. Олоххо араас олус түргэнник быһаарыллар түгэннэр биирдэ эмэтэ да буоллар түбэһэ түһэллэр уонна ордук улахан суолтаны ылаллар. Ол курдук биирдэ арыгыны элбэхтик иһэн, итирэн сыыһа туттан буруйу, куһаҕан быһыыны оҥорор кэбиһэр дьон элбээн иһэллэр. Маннык түгэннэр кэлэн хааллахтарына сыыһа туттубат буолууну туруктаах өй-санаа эрэ ситиһэр.
Бу курдук кэлэн ааһар түгэннэргэ, өй баайыллан, көтөн ылыытыгар сыыһа туттан, хара айыыны оҥоро охсон олохторун алдьатар эдэр дьон элбээн иһэллэр. Ол курдук кэлин кэмҥэ бииргэ аһыы, арыгылыы олороннор араллааны таһаара охсон кэбиһэллэр. Биир бу араллаан түмүгүнэн хаайыыга түбэһэннэр салгыы олохторо барыта буортуланар.
Аска-үөлгэ далбардана, мааныга-баайга төкүнүйэ сылдьар киһи олоҕун куһаҕан диэн хаһан да сирбэт. Хата хайгыырыттан соло булбат. Маннык олох туох эмэ куһаҕаннаах диэтэххэ өссө өһүргэниэн сөп.
Арай төрөппүт маннык олоҕо салҕанан барыыта оҕотун иитиигэ куһаҕаны оҥорор. Оҕо барыта бэлэмҥэ үөрэнэн, мааныланан, атаахтаан бэйэтэ өйүн-санаатын сайыннарбакка, тулуурун, дьулуурун дьарыктаабакка быстах санаалаах, сыыһа туттан быстах быһыыларга киирэн биэриэн сөптөөх киһиэхэ кубулуйар.
Бэйэтэ маннык олоххо үөрэммит оҕо улаатан баҕар ойох, кэргэн ыллаҕына оҕотун үөрэтэр кыаҕа өссө аҕыйах, сороҕор ончу да үөрэппэт, ол иһин бэйэтинээҕэр мөлтөх өйдөөх-санаалаах киһини иитэн улаатыннарар. Маннык улааппыт киһи оҕолонноҕуна оҕотун үөрэтэр кыаҕа букатын мөлтүүр, барытын дьаалатынан ыытар. Оҕото «Көҥүлүнэн барбыт оҕоҕо» кубулуйар, бу аймахтар эстии суолугар киирэллэр.
Сахаларга «Баай дьон тоҕус көлүөнэҕэ тиийбэккэ эстэллэр» диэн этии ити быһаарыыга олоҕурар уонна ханнык да хос өйдөбүлэ суох баай аймахтар эстэн дьадайыыларын билгэлиир.
Ас-үөл элбээһинэ киһи минньигэстэн минньигэһи элбэҕи сиирин үөскэтэр. Аһара аһааһынтан эт-сиин эбиллэн көрдөбүлэ өссө үрдээн, аһааһын элбээн иһэриттэн киһи өссө уойар-тотор.
Элбэҕи, иҥэмтэлээҕи аһыырга, сытарга-сынньанарга баҕа санаа киһи этин-сиинин баар-суох баҕата. Өйү-санааны сайыннарыы эт-сиин ити баҕатын баһыйдаҕына эрэ кыаллар. Киһи сүрэҕэ суох буолар, сытар, сынньанар баҕатын өйүн-санаатын күүһүнэн баһыйан, күүһүлээн кыайдаҕына эрэ этин-сиинин хамсатан туох эмэ үлэни-хамнаһы оҥорор кыахтанар. Ити курдук эт-сиин уонна өй-санаа утарыта тутулуктарын кут-сүр үөрэҕэ эрэ табатык быһаарар.
Бары улахан таҥара үөрэхтэрэ киһи аһара аһаан кэбиһэр майгынын кытта араас ньымаларынан охсуһаллар. Сотору-сотору кэлэн иһэр элбэх постары, аһылыктан туттунар кэмнэри оҥороннор итэҕэйэр дьону күүһүлээн туран аҕыйахтык аһыырга, аһылыктан туттунар буоларга үөрэтэ сатыыллар.
Урукку кэмҥэ кытаанах айылҕалаах дойдубутугар ас-таҥас кэмчититтэн сахаларга астан-үөлтэн туттунуу туһунан үөрэх үөскээбэтэх. Билигин ас-таҥас сорох ыалларга олус дэлэйбититтэн аны аһылыктан туттунуу, аһара аһаабат буолуу үөрэҕэ биһиэхэ эмиэ наада буолла. Оннук үөрэх төрүттэрин биһиги «Аһылык» диэн үлэбититтэн булуохха сөп.
Арыгы, табаах дэлэйиитэ эдэрдэр боруобалаан көрүөхтэрин баҕаларын улаатыннарар. Күүскэ сайдан иһэр өйдөөх-санаалаах эдэрдэр туох саҥаны билбиттэрин хайаан да боруобалаан көрбөтөхтөрүнэ туохтара эрэ сатаммат курдук. Билии-көрүү, боруобалаан көрүү кинилэр сүрүн сыаллара. Хайаан да боруобалаан көрөллөр. Элбэхтик боруобалыы сылдьан арыгыга, наркотикка ылларан хаалаллара элбээтэ.
Олус бэлэмҥэ, мааныга иитиллибит оҕолор тулуурдара аҕыйах, бэйэлэрин быстах баҕа санааларын кыайан туттуна үөрэммэттэр. Ханнык эрэ биир санаа киирбитин эбэтэр ким эрэ эппитин улаханнык ырыта, быһаара барбакка эрэ толоро охсоору дьулуһаллар. Маннык быһыылаах киһини сахалар: «Быстахтык быһыыланар» эбэтэр «Санаабычча оҥорон кэбиһэр» диэн быһаараллар. Тулуура, дьулуура суох буола иитиллибит оҕолор арыгыга, табаахха ылларан хаалаллара дөбөҥ уонна хаһан да кыайан бырахпакка эрэйдэнэллэр.
Сахалар оҕо өйүн-санаатын туһалааҕы оҥоруу, тутуу диэки хайысхалаан иитиилэрин-үөрэтиилэрин сүрүн төрүттэрэ манныктар:
- Оҕо кыра эрдэҕиттэн барыта бэлэмҥэ үөрэниитин суох оҥоруу. Оҕо көрдөөтөҕүн аайы барыны-бары баар оҥорон, ылан биэрэн истэххэ, барыта бэлэмҥэ үөрэммит киһи улаатан тахсарын билэн чахчы туһалааҕы, наадалааҕы эрэ булан хааччыйыы, аһара бобууну-хаайыыны суох оҥоруохха.
- Оҕо бэйэтин өйүн-санаатын сайыннаран, туох эмэ үчүгэйи, туһалааҕы, кыайар суолларын бэйэтигэр оҥотторуохха, туохха эмэ үөрэннэҕинэ, тугу эмэни ситистэҕинэ барыта-бары баар буоларыгар үөрэтии. Yтүөҕэ ыҥырар баҕа санааны үөскэтэн ону ситиһэн дьоллоох буоларыгар тириэрдии.
Төрөппүт оҕотун өйө-санаата бу курдук сайдарын ситистэҕинэ эрэллээх кэлэр көлүөнэлээх буолар кыахтанар. Ол аата оҕо бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ ситиһэргэ үөрэннэҕинэ киһилии иитиилээх оҕо буола улаатар.
Киһи ханна да соҕотоҕун сылдьыбат. Куруук дьону кытта алтыһан, билсиһэн, арахсан, ону-маны быһаарсан олоҕун олорор. Дьону кытта сыһыан хардарыта эйэлээх буолууга олоҕурдаҕына дириҥ силистэнэр. Охсуһууну, этиһиини саҕалыыр сыыһа. Эйигин оҕустахтарына, куһаҕаннык эттэхтэринэ аан маҥнай тулуйуохха наада. Хайаан даҕаны. Ол иһин киһиэхэ тулуур наада. Утары эппиэттээн иһэр буоллахха охсуһуу, этиһии салҕанан барар кыахтанар.
Сахаларга «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр» диэн этии баар. Бу этиини көннөрү ылыннахха тиэрэ-таары өйдөбүлү биэрэр курдук. Өй-санаа уратыларын үөрэтиибит түмүгэр бу этиини арыыйда дириҥник быһаарар кыах баар буолла. Бу этии киһиэхэ бэйэтигэр быһаччы буолбакка оҕотугар, ол аата кэлэр көлүөнэлэргэ дьайар уратылаах. Кэлэр көлүөнэлэри үөрэтии кытааттаҕына, ыараатаҕына тулуурдара, дьулуурдара элбэх дьон улаатаннар күүскэ үлэлээн-хамсаан омуктарын күүһүрдэллэрин бу этии биллэрэр.
Саха дьоно бэйэлэрин олохторун оҕолорун тустарыгар олоробут диэн санаалаахтар. Урукку кэмҥэ ыаллар бары кэриэтэ элбэх оҕолоох уонна илиинэн үлэлиир эрдэхтэринэ бу этии хос быһаарыыга наадыйбат этэ.
Билигин олох көнөн бары барыта дэлэйэн истэҕинэ уонна ыаллар биир эмэ оҕолонор кэмнэригэр дьон ордук бэйэлэрин тустарыгар олохторун олороллор. Биир эмэ оҕолорун «Барыта оҕолор тустарыгар» диэн ыҥырыыны туһананнар, аһара көрөн-истэн, бары баҕа санаатын толорон, маанылаан, атаахтатан кэбиһэллэр.
Олох ыарааһына санаатахха куһаҕанын, эрэйдээҕин иһин тулуурдаах, дьулуурдаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн, улаатыннарар кыаҕы омук дьонугар барыларыгар биэрэр, ол иһин омук сайдыытыгар туһаны аҕалар. Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ олох ыарааһынын дьайыытын манныктарга араарыахха сөп:
1. Yлэ-хамнас таһаарыыта мөлтөөн хамнас аҕыйааһына оҕо бары баҕатын төрөппүттэр кыайан толорон испэттэрин үөскэтэн оҕо эрэйи, кыһалҕаны билэн тулуурдаах буола улаатар.
2. Бары барыта тиийбэтиттэн барыны-бары кэмнээн туттарга, аһара барбакка оҕону үөрэтэр.
3. Оҕону көрүүгэ-истиигэ бэйэттэн ордук көрөн-истэн маанылааһын суох буолан оҕолор атаах буола иитиллибэттэр.
4. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэригэр кыаҕа баарынан көмөлөһө, үлэлии-хамсыы үөрэнэр, эрдэлээн өйө-санаата ситэр.
Бу курдук иитиилээх эдэрдэр улаатан үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутуулара омугу күүһүрдэр. Эдэрдэр тулуурдара эбиллэн күүскэ үлэлээн-хамсаан элбэх баайы-малы мунньуналларыгар кыахтара улаатар.
Айылҕа дьону көҥүллэринэн хаһан да ыыппат. Сылаас сайын кэлэн сытан сынньанаары гыннахха бырдахтара-үөннэрэ сытыара түспэттэр, дьөлүтэ кэйиэлээн ыарыыны тулуйарга үөрэтэн өйү-санааны эрчийэллэр. Аны сайын кэнниттэн кыыдааннаах тымныы кыһын кэлэн тоҥуу-хатыы эти-сиини, өйү-санааны эрчийэр. Сайын кэнниттэн кыһын кэлиитэ куруук хатылана турарын курдук эрчиллии эмиэ салгыы баран иһэр.
Ас-үөл дэлэйэн барыыта арыгыны арыйыыга тириэрдибитэ. Арыгы айыллыбытын кэннэ төһөлөөх элбэх киһи арыгыһыт буолан кылгас үйэлэммитэ буолла. Кыайан ааҕар кыах суох. Ол да буоллар дьон күүстээх санаалаах, төһө арыгыны иһэллэрин кэмнээн билэр өттүлэрэ арыгыһыт буолбаккалар олох салгыы сайдан иһэр.
Билигин сайдыылаах омуктар наркоманнары кытта охсуһаллар. Билиҥҥитэ хайалара кыайара биллибэт, өйдөөх-санаалаах дьон сөптөөх быһаарыыны ылыныахтара диэн эрэл эрэ баар. Ол эрээри дьон өйдөрө-санаалара өссө бөҕөргөөтөҕүнэ, күүһүрдэҕинэ, тулуурдара өссө эбиллэн, өһөс буоллахтарына эрэ бары наркоман буолбат кыахтаахтар.
«Олох ыарахан» диэн сахалар этэллэр. Өй-санаа ордук күүстээх, ураты тулуурдаах эрэ буоллаҕына аныгы олох араас абылаҥнарын тулуйар кыахтанар. Киһи өйө-санаата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ күүһүрэн биэрэн истэҕинэ эрэ сайдан иһэр олох абылаҥнарын тулуйар кыахтаах. Оччоҕуна эрэ өй-санаа сайдыыта салгыы баран иһэр кыахтанар. Оҕо иитиитэ бу курдук сайдан барыытын сахалар өс хоһоонноро: «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн быһаарар. Оҕо төрөппүтүн бары өттүнэн барытынан баһыйар буола эрчилиннэҕинэ, дьарыктаннаҕына уонна үлэлээтэҕинэ эрэ кинитээҕэр күүстээх санаалаах, тулуурдаах киһи буола улаатарын умнубатахпытына табыллар.
Билигин Россия мөлтөөһүнэ сэбиэскэй кэм бүтүүтүгэр оҕо иитиитэ аһара сымнаан, мөлтөх, олус бэлэмҥэ үөрэммит оҕолору иитэн, улаатыннарбыттарыттан быһаччы тутулуктаах.
Олох сайдан иһиитэ экономиканы күүһүрдэр, сайыннарар. Сайдыылаах экономика аны араас күүстээх синтетическэй наркотиктары оҥорор кыахтанна. Бу наркотиктары билбэт киһи биирдэ эмэ боруобалыы оонньуу сылдьан наркоман буолан хаалар кыахтаах. Ол иһин өй-санаа ордук тулуурдаах буолара наада. Олох маннык ыараабыт кэмигэр сахалар олохторун үөрэҕэ «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонунан бэриллэн Россия дьонун быыһыан сөп.
Билигин сайдыылаах диэн ааттанар Европа дойдуларыгар олох сайдыытыгар дьахтар ылар оруолун сыаналааһын илиҥҥи омуктардааҕар улахан уратыланара билиннэ. Илиҥҥи омуктарга киһи аймах, омуктар сайдыыларыгар дьахталлар ылар оруолларын манныктарга араараллар:
1. Аймах-хаан, омук ахсаанын элбэхтик төрөөн элбэтии.
2. Оҕону кыра эрдэҕиттэн иитии уонна үөрэтии.
Урукку ыраахтааҕы кэмин саҕана сахалар дьахталлар олоххо сүрүн сыалларын таба сыаналыыр эрдэхтэринэ аан бастаан кыыс оҕо ыал буолар кэскилин быһаараллара. Кыыс оҕо ыал буолар аналлааҕын кэлин сэбиэскэй былаас өйү-санааны буккуйан кэбиспитин билиҥҥи салайааччылар эмиэ салҕаан иһэллэр.
Саха дьонун өйүн-санаатын арҕаа омуктар сыыһа үөрэхтэринэн буккуйуу аҕыйах ахсааннаах омукка олус куһаҕан сабыдыаллаах. Билигин сахаларга төрүт уус ыал өйүн-санаатын тилиннэрии, аймах-хаан дьон үйэлэргэ салҕанан баран иһэр үөрэхтэрин оннун булларыы ирдэнэр.
БЫСТАХ БЫҺЫЫЛАР
Сахалар дьону өй-санаа уратыларынан арааран үксүлэрин «Киһи быһыылаах» диэн ааттыыллар. Киһи быһыылаах киһи киһи оҥорор бары быһыыларын оҥорор. «Все человеческое нам не чуждо» диэн этии киһи быһыытын ордук арыйар. Киһи оҥорор быһыыларын киһи барыта оҥорор. Ол иһин «Киһи быһыылаах», «Киһи быһыыта» диэн этиилэр үөскээбиттэр.
Киһи оҥорор быһыылара диэн киһи барыта оҥорор быһыыларын барыларын холбоон ааттыыллар. Саха дьоно киһи оҥорор бары быһыылара туох барытын курдук икки өрүттээхтэрин билэллэр. Ол иһин бу курдук икки аҥы араараллар:
1. Быстах быһыылар.
2. Киһилии быһыылар.
Бу быһыылары «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбитигэр ырытыыны саҕалаабыппыт. Ол да буоллар билигин ордук дириҥэтэн, быһаарыыларын өссө чуолкайдаан биэриэхпит.
Киһи оҥорор бары быһыыларыттан быстах быһыылар диэн ситэ толкуйдамматах, соһуччу оҥоруллар быһыылар ааттаналлар уонна маннык көрүҥнэргэ арахсаллар:
1. Эт-сиин баҕатын толорор быһыылар.
2. Сыыһа туттан, ол аата билбэт буолан оҥоруллар быстах быһыылар.
3. Киһиргэс буолууттан аһара туттуу, бэйэ кыаҕын сыыһа суоттааһынтан алҕас туттуу.
4. Өй-санаа туругуттан үөскээн тахсар быстах быһыылар:
- арыгы иһэн баран оҥоруллар быһыылар.
- өй баайыллан ылар кэмигэр сыыһа туттан кэбиһии.
Быстах быһыыларга киирэн биэрбэт өй-санаа туруктаах өй-санаа диэн ааттанар. Өй-санаа туруктаах, быстах быһыыга киирэн биэрбэт буоларын оҕо ийэ кутун иитэн-үөрэтэн ситиһиллэрин «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр быһаарбыппыт. Таҥара үөрэҕэ кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылан салгыы сайдан иһэр уонна киһи үйэтин тухары бу үөрэҕи тутуһа сырыттаҕына өйө-санаата туруктаах буолар. Билигин Россия үрдүнэн уонна Саха сиригэр эмиэ дьон оҥорор быстах быһыылара эбиллэн иһэллэр. Ол иһин быстах быһыылар туохтан үөскүүллэрин, хайдах гыннахха аҕыйыахтарын сөбүн үөрэтии тэнийэн эрэр. Биһиги сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ бу боппуруоһу быһаарыыга сөптөөх, таба суолу ыйар диэн этэбит.
Киһи оҥорор быстах быһыыларын биир-биир ыламмыт арыыйда киэҥник быһаардахпытына манныктар:
1. Киһиэхэ этин-сиинин баҕаларын толоруу аһара баран хаалбатаҕына туһалаах буоларын бары билэбит. Айылҕа биэрбит эр киһи уонна дьахтар сыһыаннара киһи быһыытын аһара барбаттарын сиэр көрдөбүллэрэ ирдииллэр. Билигин Россияҕа аналлаах полиция нравов диэн тэрилтэни арыйыылара эт-сиин баҕатын толорооччулар аһара элбээбиттэринэн быһаарыллар.
Аһыырга-сииргэ баҕа санаа эмиэ быстах быһыыга киирсэр. Христианскай уонна мусульманскай таҥара үөрэхтэрэ эт-сиин аһара аһыыр баҕатын хааччахтыы сатыыллар. Эт-сиин бары баҕаларын үөрэх-билии көрдөбүллэригэр тэҥнээн, сөп түбэһиннэрэн биэриини өй-санаа кыайа-хото тутан салайыыта киһи буолуу биир тутаах көрдөбүлэ буолар.
2. Эдэрдэргэ ситэ билбэттэн сыыһа туттуулар ордук элбэхтэр. Оҕо хоһун иһигэр саһан олорон испиискэни умата оонньууруттан улахан баһаардар бараллар. Оҕолор уотунан оонньуу сылдьан остуоруйаҕа улахан оруоллаах пааматынньыгы таах уматан кэбистилэр. Араас улахан баһаардарга дьон өлүүлэрэ элбэҕин тэҥэ баай-мал умайыыта эмиэ элбэх.
Киинэҕэ көстөр дьон маһынан оройго бэрдэрэн баран туран сүүрэн хаалалларын үтүктэбит диэн итирбит дьону олоппос атаҕынан оройго биэртэлээн кэбиспиттэриттэн өлөн хаалбыттара эмиэ билбэттэн оҥоруллубут быһыы буолар.
3. Киһиргэс буолууттан бэйэ кыаҕын сыыһа суоттаныы холобурдарын массыынаны ыытыыттан, айаннааһынтан булуохха сөп. Yчүгэй массыынаҕа олорон баран суол араас уратыларын табан сыаналаабаттан олус түргэнник айаннаан абаарыйаҕа түбэһии элбэх. «Якутск вечерний» хаһыакка суруйбуттарынан аҥардас массыына абаарыйатыгар Россия үрдүнэн биир күҥҥэ ортотунан 90 киһи өлөр, 700 киһи араас бааһырыылары ылар. Ол аата биир сылга ортотунан 33 тыһыынча киһи өлөр уонна 256 тыһыынча киһи бааһырар. Бачча элбэх доруобай дьон быстах быһыыга түбэһиилэрэ өй-санаа туруга суох буолуутуттан тахсар. Бу көрдөрүүлэр сыл аайы аҕыйыахтааҕар эбиллэн иһэллэр.
Киһини киһиргэтии диэн сахалыы өйдөбүлүнэн быһа этии буолар. Мин маны кыайабын, хотобун диэн санаа киһиргээһинтэн үөскүүр уонна аһара туттууну үөскэтэр. Аһара туттуу эмиэ куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Киһиргээн, дэбдэйииттэн бэйэ кыаҕын билиммэттэн элбэхтик сыыһа туттуулар тахсаллар.
4. Билигин арыгылаан баран дьон оҥорор быһыыларыттан үтүө санаалаах өттүлэрэ саллан сылдьаллар. Бииргэ арыгы иһэ, аһыы, үөрэ-көтө олороннор тыл-тылларыгар киирсибэккэ эбэтэр ким эрэ инньэ диэтэ диэн сөбүлээбэккэ соҕотохто иирсэн, охсуһан тураллар. Ким эрэ кими эрэ кырбыыра диэн кыра, үгүстүк быһаҕынан анньыһаллар, бааһыраллар.
Итинник буруйу оҥорбут дьон бэйэлэрин быһаарыыларынан тугу оҥорбуттарын ситэн өйдөөбөккө хааллаллар. Арыгы испиттэриттэн кыыһырбыт, ыгылыйбыт омуннарыгар сыыһа туттууну, хара айыыны оҥорон кэбиһэллэр. Психология үөрэхтээхтэрэ киһи маннык быһыытын «состояние аффекта» диэн үчүгэй баҕайытык ааттыыллар эрээри тоҕо, туохтан маннык кэм кэлэрин кыайан быһаара иликтэр. Арай киһи маннык быһыытын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар. Ол курдук киһи элбэхтик арыгы испититтэн эбэтэр олус ыгылыннаҕына, ыксаатаҕына өйө баайыллан ылар кэмнэрдээх. Бу кэм тиийэн кэллэҕинэ салгын кут, өй көтөр, үөрэх-билии, суобас этиилэрэ умнуллаллар, киһини ийэ кута баһылаан салайар кэмэ кэлэр. Кыра эрдэҕинэ ийэ кута киһилии өйгө-санааҕа иитиллибэтэҕинэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтиллибэтэҕинэ эбэтэр үгүс куһаҕан санаалар, үгэстэр муһуннахтарына киһи өйө-баайыллыбыт кэмигэр сыыһа туттан быстах быһыылары оҥорон кэбиһэр кыахтанар.
Арыгыны иһэ үөрүйэҕэ суох киһи арыгыны элбэҕи истэҕинэ өйө көтөр эбэтэр өйө баайыллар. Тугу оҥорорун өйүнэн-санаатынан кыайан хонтуруоллаабат кэмэ кэлэн ааһар. Маннык кэм кэлэн ааһарын кут-сүр үөрэҕэ эрэ таба быһаарар. Сыыһа туттан быстах быһыыны оҥорор дьон кыра эрдэхтэринэ илии барбат буолуута диэн үөрэҕи билбэтэхтэрин туоһута буолар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар киһини охсуолаама, быһаҕынан сэрэнэн тутун уонна да атын куһаҕан быһыылары оҥорбот буол диэн үөрэхтэр дириҥник үгэс буолан иҥэрилиннэхтэринэ быстах быһыыга түбэһэрэ аҕыйыыр, өйө көппүт кэмигэр ийэ кута хонтуруолу ылынан сыыһа туттууну таһаарбат. Кыра эрдэхтэринэ чиҥник, кытаанахтык бэрээдэккэ үөрэммит дьон улааттахтарына быстах быһыылары оҥороллоро отой аҕыйах. Киһи өйө көтөн, өйө баайыллан ылар кэмнэригэр кыра эрдэҕинэ үөрэммит үгэстэрэ, ийэ кута быһаччы салайаллар диэн быһаарыы итинник дакаастанар.
2004 сыл бүтүүтүгэр СР Ис дьыалаҕа министерствотын коллегиятын саалатыгар арыгылааһын туһунан кэпсэтии «төгүрүк остуола» буолла. Бу коллегияҕа иһитиннэриллибит сыыппаралары «Саха сирэ» хаһыат ааҕааччыларыгар тириэрдибититтэн ылан эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суоҕуттан буруйу оҥоруулара элбиирин дакаастыырга туһанныбыт. Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор уулуссаҕа, общественнай миэстэҕэ буруйу оҥоруулара кэлин 4 төгүл үрдээбит.
Биһиэхэ хас үһүс буруйу арыгы испит киһи оҥорор. Куорат медвытрезвителигэр 24219 киһи аҕалыллыбыт. Ити былырыыҥҥы 2005 сыллаахтан икки тыһыынча кэриҥэ киһинэн элбэх. Манна түбэһэр дьон үгүстэрэ ханна да үлэлээбэттэр. Бу дьиэҕэ сокуоннай сааһын ситэ илик 138 оҕо киирэн тахсыбыт.
Эдэрдэр өйдөрө-санаалара сатаан иитиллибэтэхтэриттэн буорту буолуутун барытын милиция үлэтигэр түһэрэн кэбиһии сыыһатын уонна көнө охсоро кыаллыбатын ити хас сыл аайы эбиллэн иһэр чахчылар туоһулууллар. Итини тэҥэ бэйэлэрэ милицияҕа үлэлиир, бэрээдэги кэһиини көрүөхтээх-истиэхтээх дьоммут эмиэ араас буруйу оҥороллор. Ол барыта кинилэр эмиэ кыра эрдэхтэринэ ийэ куттара киһилии иитиини ылбатахтарын туоһулуур.
Онон быстах быһыылары оҥоруу оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута киһилии өйгө-санааҕа иитиллибэтэҕиттэн элбиир. Оҕо улаатан баран сыыһа-халты туттара өссө эбиллэр. Бу дьон үгүстүк сиэргэ баппат сүөргү быһыылары оҥороннор атын дьону эчэтэллэр, бэйэлэрэ хаайыыга түбэһэллэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии үөрэҕин биһиги «Кут-сүр үөрэҕэ» үлэбититтэн булан туһаныахха сөп.
YТYӨҔЭ БАҔАРЫЫ
Сахалар оҕолорун киһи буолууга үөрэппиттэрин быһаарар этиилэринэн: «Оҕом улаатан мин сатыырбын, кыайарбын барытын оҥорор буолла»,- диэн буолар. Бу этии оҕо төрөппүтэ билэрин билэн, сатыырын сатыырга үөрэнэн төрөппүтүн олоҕун салгыы олорор кыахтаммытын бэлиэтиир.
Оҕоҕо үтүөнү баҕарыы диэн кинини иитии-үөрэтии, өйүн-санаатын сайыннарыы, үлэлэтэ үөрэтэн этин-сиинин эрчийии буоларын сахалар былыргыттан билэллэр.
Оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтиигэ кылгас, аҕыйах тыллаах, үчүгэйдик өйдөнөр этиилэри хос-хос хатылаан, үгэс оҥостон үөрэтии, иҥэринии ордук туһалаах буолуо этэ.
Былыргы өс хоһоонноро, холбуу этиилэр киһиэхэ ордук тиийимтиэлэр. Арай оҕолору үөрэтиигэ бу этиилэри таба сыаналаан, быһааран, ырытан, туох суолталаахтарын кэпсээн биэрии эрэйиллэр. Ол курдук «Уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй» диэн этиини бу кэлин кэмҥэ сахалыы үөрэтии дириҥээн эрэ толору быһаарар кыахтанныбыт. Бу этии олус дириҥ суолтатын умнаннар кэлин кэмҥэ саха дьоно олохторугар ситэ туһамматтарыттан доруобуйалара мөлтөөтө диэтэхпитинэ аныгы медицинэ да үлэһиттэрэ сөбүлэһэллэр. Кэргэн ылан, оҕо төрөтөн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ туспа хааннаах аймахтар холбостохторуна оҕолорун доруобуйата, этэ-сиинэ бөҕөргүүрүн саха дьоно былыргыттан билэн туһаналлар этэ. Ол иһин дьон кыахтаах өттүлэрэ ыраах сирдэртэн кэргэн ылан уруу тэрийэллэрэ, хаан аймахтарын тохсус көлүөнэҕэ диэри, сорохтор өссө уон иккис көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ, билсиһэллэрэ, ыалдьыттаһаллара былыргы кэпсээннэргэ элбэхтик кэпсэнэллэр.
Саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ өс хоһоонноругар кубулуйбуттарын тылыттан тылыгар хатылаан үөрэтии оҕо ийэ кутугар иҥэригэр тириэрдэр. Маннык үөрэтии хаһан да умнуллубат, ахсаан таблицатын билии курдук киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар үйэтин тухары иҥэн ууруллар уонна куруук туһалыы сылдьар.
Дьон бары оҕолоругар үтүөнү баҕараллар. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук үтүөнү баҕарыы эмиэ икки өрүттээҕин уонна эмиэ аһара барбата наадалааҕын билигин умнан сылдьабыт. Оҕоҕо үчүгэйи оҥорууну минньигэһи элбэхтик сиэтии, маанытык таҥыннаран баран үчүгэй оонньуурдарынан оонньото сылдьыы уонна бары баҕатын толоруу курдук саныы үөрэммиппитин кыайан быраҕа иликпит.
Биһиги оҕобутугар төһө кыайарбытынан үчүгэйи оҥордохпутуна киниэхэ үчүгэй буолуо диэн төрөппүттэр көнө санаалара куруук баһыйара оҕолорун атаах буола улааталларыгар тириэрдэр. Ол курдук аһынан-үөлүнэн хатаҕалааһын, маанытык таҥыннарыы уонна бары баҕатын толоруу оҕону атаах буола улаатарыгар тириэрдэр. Оҕону үөрэтиигэ киһи бэйэтэ хайдах улааппытын, туох оонньуурунан оонньообутун, тугу үлэлии үөрэммитин санаан оҕотун сол курдук иитэрэ, үөрэтэрэ эбитэ буоллар өйө-санаата бэйэтигэр маарынныа этэ. Оҕоҥ өйө-санаата син-биир бэйэҥ өйүн-санааҥ хайдах сайдыбытын курдук сайдарын, билиини-көрүүнү ситиһэрин умнубатахпытына кэлэр көлүөнэлэрбит өйдөрө-санаалара биһиги, инники көлүөнэлэр курдук туруктаах буолуо этэ.
Олоххо хаһан баҕарар хараҥа түүн кэнниттэн сырдык, күнүс кэлэрин курдук үчүгэй уонна куһаҕан куруук аргыстаһан сылдьаллар, хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэр. Сахалар «Yчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар» диэн этиилэрэ итини бигэргэтэр. Билигин ааттанар үчүгэй быһыы кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ куһаҕаҥҥа кубулуйар уратытын сахалар былыргыттан билэннэр итинник этэллэр. Бу этии олус дириҥ суолтатынан олох аҥардастыы үчүгэй эрэ өттүн диэки барара табыллыбатын, кыаллыбатын эмиэ быһаарар.
Ааспыт үйэҕэ үчүгэй быһыы куһаҕаҥҥа уларыйара дөбөҥ соҕус эбитин Россия дьоно эттэринэн-сииннэринэн билэллэр. Ол курдук Улуу Октябрьскай революция кыайыыта былыргы өйү-санааны төрдүттэн уларыппыта. Оччолорго үчүгэй диэн ааттанар баайдар, таҥара үлэһиттэрэ бары куһаҕан ааттанан туоратыллар дьоҥҥо киирсибиттэрэ. Атыыһыт, эргинэр киһи «спекулянт», албынньыт буолбута. Ити тосту уларыйыы буолбута үс көлүөнэ ааспытын кэнниттэн коммунистар «Киһи барыта тэҥ», диэн этиилэрэ, үөрэхтэрэ сыыһата, өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэспэтэ биллэн төттөрү революцияҕа, аны перестройкаҕа тириэрдибитэ. Билигин баайдар эмиэ үчүгэй дьоҥҥо кубулуйан сылдьаллар.
Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыта атын дьону таарыйарынан хаһан баҕарар үчүгэй уонна куһаҕан өрүттээх диэн сыаналанар. Холобурга, арыгыны бобуу, суох оҥоруу кэнниттэн арыгыһыт киһи аҕыйах кэмҥэ арыгы испэккэ өйө-санаата оннугар түһэрэ чугас дьонугар чахчы үчүгэйи аҕалар. Арыгыһыт киһи эрэйдиириттэн босхолоно, сынньана түспүт дьон арыгыны бобуу кырдьык үчүгэй эбит диэн быстах санааҕа киирэллэр. Онтон саҥа улаатан иһэр уолаттар, кыргыттар кыайыыны, ситиһиини оҥорор сыалларынан ханна да суох буолбут арыгыны көрдөөһүн, ону булуу уонна иһии буола уларыйыыта уонна бу уолаттар арыгы булбут үөрүүлэригэр элбэҕи иһэннэр аны арыгыга ыллардахтарына арыгыны бобуу ордук куһаҕана, кэлэр көлүөнэлэри өссө күүскэ буортулуура салҕанан баран иһэрэ арыллар. Билигин төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ таба суолу була иликтэр. Биһиги инники үлэлэрбитигэр баай киһи Баһылай Ксенофонтов улахан уолун дьадаҥы дьоҥҥо биэрэн ииттэрэн ылбытын ырытан суруйбуппут. Кини уолаттара бары билигин саха дьоно киэн туттар дьонноро.
В.Ксенофонтов оҕолоругар үчүгэйи баҕаран улахан уолун эрэйдэнэн, үлэлээн-хамсаан улааттын диэн дьадаҥы ыалга ииттэрэн ылбыт. Бу үөрэҕи таба сыаналаан олохпутугар туһаннахпытына эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтарын сөп. «Благими намерениями вымощена дорога в ад» диэн олус дириҥ суолталаах этии нууччаларга баарын хата икки омук тылын үөрэтэммит бэйэбит олохпутугар туһанар кыахтаахпыт. Бу этии олус дириҥ суолтатын сахалар олохторун үөрэҕин ситэ сыаналаабаккабыт билигин туһана иликпит.
Бу этиини барытын сахалыы «Yтүөнү баҕарыыларынан аакка барар суол бүрүллэр» диэн өйдүөххэ сөп. «Благими намерениями ... « диэн бу этии саҕаланыыта сахалыы үтүөнү баҕарыыларынан диэн этиллэ сылдьар. Ол иһин биһиги оҕолорбутугар ханнык үтүөнү баҕарарбытын биир-биир ааҕарбытыгар тиийэбит уонна олор туох содуллаахтарын ырытабыт:
- Сэбиэскэй былаас саҕаттан «Барыта оҕолор тустарыгар» диэн ыҥырыыны өрө тутаммыт туох баарбытын барытын оҕолорго аныыбыт. Маанылаан таҥыннарабыт, ас бастыҥын булан-талан аһатабыт. Ол аата сахалар олохторун үөрэҕэ этэринэн атаах оҕолору иитэн улаатыннарар эбиппит.
- Биһиги олус күүскэ үлэлиир этибит, онтон оҕобут үөрэхтээх киһи, тойон буолан сынньалаҥнык сылдьыаҕа дии санааттан араас үөрэҕи ыллара сатыыбыт. Ол түмүгэр оҕобут элбэхтик сынньанар, сытар, ыарахан диир үлэтин үлэлээбэт «Сүрэҕэ суох» киһи буола улаатар.
- Кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһилии өйгө-санааҕа ииппэккэ бас-баттах иитиибит түмүгэр эдэрдэр быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ.
Оҕону иитии-үөрэтии бу курдук тиэрэ өттүгэр барыыта баай дьон оҕолорун иитэллэригэр сөп түбэһэр буолла. Киһи барыта тэҥ диэн үөрэҕи тутуһан уонна сэбиэскэй кэмҥэ бары тэҥҥэ байдыбыт диэн санаа киириититтэн баай аймахтар уһун үйэтэ суохтарын, үһүс көлүөнэлэриттэн ыла эстэн-быстан баралларын сахалар былыргыттан билэллэрин олохпутугар туһаммат буолбуппут.
«Yтүөнү баҕарыылары...» кут-сүр үөрэҕин туһанан быһаардахпытына аҥардастыы үтүөнү баҕардахпытына оҕобут үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэтин үөскэтэн кинини сыыһа туттууга, быстах быһыыга түбэһэригэр үтүрүйэр эбиппит. Ол аата киһи оҥорор бары быһыыларыттан үчүгэй эрэ өттүн оҕоҕо үөрэттэххэ дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын букатын билбэт киһи улаатар. Yчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэтиллибэтэх оҕо, үчүгэйи оҥоробун дии санаан куһаҕаны оҥороро элбиир. Ол курдук олоххо үчүгэй уонна куһаҕан куруук бииргэ, аргыстаһан, кэккэлэһэ сылдьалларын хайдах эрэ араартаан биллэххэ эрэ табыллар. Ол аата оҕо аан маҥнай куһаҕан диэн хайдаҕын, тугун кыра эрдэҕиттэн билэн, арааран олоҕор туһана үөрэнэрин ситиһиэхтээх эбиппит. Холобур, оҕобутун атаҕастыахтара диэн охсорго, тэбэргэ үөрэтэн баран хаһан, ханнык кэмҥэ охсуолууру, тэбиэлиири туһанары ситэн үөрэппэтэххэ атын дьону кытта сыһыаныгар уруттаан сутуруга тиийэ сылдьар киһини иитэн улаатыннардахпытына киһибит үгүстүк сутуругунан туһанан хаайыыга сытарыгар тиийэр кыахтанарын умнубаппыт буоллар ордук этэ.
Оҕоҕо аан маҥнай куһаҕаны биллэрэн үөрэтии туһалааҕын сахалар билэллэр. Манна итиини, чыычыйы тыыппатын наадатыгар тарбаҕын төбөтүн кыратык хаарыттаран биэрэн сэрэхтээх буоларыгар үөрэтии киирсэр. Маннык кэһэйэн үөрэммит оҕо билбэтин сэрэнэн тутарга түргэнник үөрэммитэ үйэтин тухары туһалыыр.
Төрөппүттэрэ оҕоҕо куруук үчүгэйи, бары баҕара санаабытын барытын оҥорон, толорон истэхтэринэ, оҕолоро куруук ол үчүгэйи оҥотторорго үөрэнэн хаалан аны олоҕун устата оннук салҕанан бара туруон баҕарар. Оннук бэлэми туһанар баҕа санаалаах киһи буола улаатар.
Оҕо куруук үчүгэйи, бэлэми оҥотторо үөрэннэҕинэ өйө-санаата онно үөрэнэн хаалан «Бэлэмҥэ үөрэммит» киһиэхэ кубулуйар, этин-сиинин баҕатын букатын кыаммата арыгыһыт буолууга тириэрдибэтэҕинэ аһара уойарыгар тириэрдэр.
Барыта төрөппүттэрин бэлэмнэригэр үөрэнэн хааллаҕына бэйэтэ кыайан туһалааҕы оҥорор, үлэлиир-хамсыыр кыаҕа аҕыйыыр, суох буолар. Оҕону бэлэмҥэ үөрэтиини киниэхэ үчүгэйи оҥорор курдук санааһын төрдүттэн сыыһа. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕо бэйэтэ кыанар буолуоҕуттан кыайар дьыалаларын оҥотторо үөрэтиини эрэйэр. Бу үөрэх үлэһит дьону үөрэтиигэ аналлаах уонна саха дьонун олус уһун үйэлээбит үөрэх буолар.
Yтүөнү баҕарыыны бэйэтин ким да куһаҕан диэбэт. Киһиэхэ үтүөнү баҕарыы хайаан да наада. Yтүөнү баҕарыы үтүө санааны үөскэтэн киһи үтүө быһыылары оҥорорун төрүттүүр. Биһиги аҥардастыы үтүөнү баҕарыы өйү-санааны аҥар өттүгэр халытан куһаҕан диэн баарын суох оҥорорун сөбүлээбэппит. Ол аата аҥардастыы үчүгэй эрэ баарын билэн улааппыт киһи куһаҕан диэн тугун арааран билбэккэ аны ону оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын быһаарабыт. Сахалар этэллэринэн «Yчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт киһи» быстах быһыыга түбэһэрэ элбиир. Холобурга, сотору-сотору үөрэ-көтө, аһыы-сии, арыгы иһэ бырааһынньыктыы сылдьыы кэнниттэн киһи сотору кэминэн арыгыһыт буолан хаалара ордук хомолтолоох, куһаҕан быһыы буолар.
Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин бэлэмигэр үөрэммит киһи бэйэтэ хаалан олоҕу олороору гыннаҕына олус ыарахан балаһыанньаҕа киирэр. Бэйэтэ оҥоро-тута, була-тала үөрэммэтэҕэ таайан барыта-бары кыаттарбата, сатаммата санаатын түһэрэн, олоххо сыалын сүтэрэн арыгыга ылларарыгар тириэрдэрэ эмиэ баар суол.
Биир эмэ оҕолоох, иллэҥ төрөппүттэр барыта оҕо туһугар дии-дии араас баайы-малы мунньунан иһэллэр, оҕолорун бары баҕатын толорон бэлэмнэригэр аһара үөрэтэн кэбиһэллэр. Төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү баҕарар санааларын күүһүттэн оҕолорун инникитин сыыһа сыаналыыллар. Ол курдук оҕо бэйэтэ оҥорон ситиһэр кыайыытын хаһан баҕарар ордук сыаналыыр, онтон атын дьон оҥорор үтүөлэринэн туһанар эрэ санаата хаһан баҕарар бастаан иһэр.
Этиибит салгыыта « ... аакка барар суол бүрүллэр»,- диэн түмүгэ оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Аад диэни биһиги истэр, билэр сирбит. Христианскай итэҕэлгэ бары куһаҕаннара барыта мунньустар сирдэрэ. Саха итэҕэлигэр Аллараа дойду диэн аатынан биллэр. Бу дойдуга барыы диэн өлүү-сүтүү суола буоларын бары билэбит, өйдүүбүт. Ол аата аҥардастыы үтүөнү баҕарыылар киһини ханна тириэрдэллэрэ бу өс хоһоонугар чуолкайдык сурулла сылдьар.
Kиһиэхэ үчүгэйи оҥоруу диэн тугуй? Kиниэхэ туох эмэ туһалааҕы оҥоруу буолар. Онтон туһалааҕы оҥотторуон баҕалаахтар куруук бааллар уонна элбээн иһэллэр. «Моой эрэ баар буоллун, хомуут көстүөҕэ» диэн этии итини эмиэ бигэргэтэр. Оҕоттон тугу эмэни туһалааҕы оҥорорун кэтэһэр буоллахха, бары кыайар үлэлэрин үлэлэтэ үөрэттэххэ, ханан эрэ хайаан да ыктахха эрэ табыллар. Манна «Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ үөрэнэр» диэн этии баарын эмиэ ахтан аһарар наадалаах. Ол курдук оҕо бэйэтэ тутан-хабан, этин-сиинин хамсатан үөрэммэтэҕинэ ханнык да үөрэх ситэ тиийбэт, өйүгэр-санаатыгар дириҥник ылыммат.
«Бэйэбин аһара үчүгэйбин» диэн этинии хайҕаныы, киһиргэнии, эмиэ аһара барыы буолар. Kуруук үчүгэйи оҥоруу олус уустук уонна дьоҥҥо соччо кыаттарбат суол быһыылаах. Kим эмэ кимиэхэ эрэ куруук үчүгэйи оҥордоҕуна анараа киһитэ кини үчүгэйи оҥорорутугар үөрэниитин үөскэтэр. Ол аата бу киһиэхэ үчүгэйи оҥоруу кини өйүн-санаатын буорту оҥорон, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыытын үөскэтэр. Бу ордук кэлэр көлүөнэни, оҕолору үөрэтиигэ ордук биллэр. Олус бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕоттон соччо туһата суох, арыгыһыт эҥин киһи улаатан аймах дьон эстиилэригэр тириэрдэрэ элбэх.
Ол иһин сэбиэскэй былаас кэмигэр сыыһа хайысханан барбыт оҕону иитии-үөрэтии төрдүттэн көнөн сахалыы үөрэҕи тутуһан бардаҕына эрэ омукпут сайдар кэскиллэнэрин быһаарыныахпытын наада.
Дьон бары үтүө, үчүгэй санаалаах буолуохтарын баҕараллар, бэйэ-бэйэлэригэр үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааларын этэллэр. Дьоҥҥо үтүө санаалаах буолуу хайаан да наада. Yтүө санаалаах буолуу баһыйдаҕына эрэ олоххо сайдыы ситиһиллэр, олох иннин диэки сыҕарыйар кыахтанар.
«Бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да көрбөт» диэн этии киһи бэйэтин туһугар ханнык да куһаҕаны, сыыһаны-халтыны оҥорорун билиммэтин быһаарар. Бу этии киһи санаатыгар ханнык баҕарар оҥорор быһыытын бэйэтигэр туһалаах буоллаҕына үчүгэй диэн быһаарар кыахтааҕын биллэрэр.
Аан дойдуга туох барыта икки өрүттээҕин курдук аҥардастыы үтүө санаа, үтүө быһыы диэн суох. Yтүө санаа, үчүгэй быһыы куһаҕан, хара санааны, быһыыны билэн, туспа араардахха, тэҥнээн көрөн быһаардахха эрэ булуллар, билиллэр. Ол аата аан маҥнай куһаҕан санаалары, быһыылары барыларын киһи билэр буоллаҕына эрэ бу билиитигэр тэҥнээн көрөн үчүгэй, үтүө быһыылары быһаарар, араарар, онтон оҥорор кыахтанар. Yтүө санаалаах буолар туһугар аан маҥнай куһаҕан санаалары, быһыылары билэн олору оҥорбот буолуу үөскүүрэ хайаан да наада.
Холобурга, оҕо буору оройугар кутара куһаҕан быһыы, баттаҕын, сирэйин, таҥаһын киртитэрэ эрэйдээх үлэни-хамнаһы элбэтэр. Оччоҕуна үчүгэй оҕо диэн оройугар буору куппат, таҥаһын да мээнэ киртиппэт оҕо ааттанар.
Арыгыны аһара иһэр куһаҕан, онтон сөбүлээн көрөн, мээрэйин билэр киһини үчүгэй киһиэхэ киллэрбэтэрбит даҕаны куһаҕан киһи диэбэппит. Ол аата куһаҕан быһыыны урут бастаан билэн онно тэҥнээн үчүгэй быһыы баара быһаарыллар. Арыгыны аһара иһэн кэбиһэр киһи куһаҕан киһи буолаҕына үчүгэй киһи арыгыны аһара испэт киһи буолар.
«Куһаҕаны, үчүгэйи араарбат киһи» диэн куһаҕан быһыы диэн хайдаҕын, тугун арааран билбэт киһи ааттанар. Бу киһи билбэт буолан, «Билбэтигэр тэптэрэн» куһаҕан да быһыылары оҥорон кэбиһэр кыахтанарын саха дьоно билэннэр итинник этэллэр. Сахалар киһи сыыһаны, куһаҕаны оҥорорун атын киһи ордук таба көрөрүн бэлиэтээн «Туора киһи хараҕа кыраҕы» диэн этэллэр.
Сорох саха дьоно билигин үтүө санаалаах буолууну ситиһэллэригэр аҥардастыы саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу диэки салалыннылар, куһаҕан быһыылары кэпсээбэккэ, кистээн истэххэ үчүгэй быһыылар элбиэхтэрэ диэн сыыһа санааҕа ыллардылар. Дьон сайдыылаах, билиилээх өттүлэрэ аҥардастыы саҥаны арыйан сайдыыны ситиһии муҥура кэлэн «Бэстилиэнэй тыһыынча» туоларын чугаһатан иһэриттэн билигин саллар буоллулар.
Дьон-аймах сайдан-үүнэн иһиилэрин иккис өрүтүнэн, билигин саҥа туттуллан эрэр суолунан куһаҕан быһыылары, дьыалалары оҥорбот буолууга өйү-санааны үөрэтиигэ дьэ киирэн эрэбит. Бу быһыы холобурунан дьон олус элбэх атомнай, водородной буомбалары оҥорбуттарын билинэн билигин аҕыйатан, суох оҥорор санааны ылыммыттара, Айылҕаны харыстааһыҥҥа турунан эрэллэрэ буолар.
Куһаҕан санаалары, быһыылары арааран билэр буолуу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл. Хас биирдии киһи ханнык куһаҕан быһыылар баалларын, дьон тоҕо оҥороллорун билэр эрэ буоллаҕына бэйэтэ оннук быһыылары оҥорбот кыахтанар. Билбэт буолан куһаҕан быһыылары оҥоруу билигин эдэрдэр ортолоругар олус дэлэйдэ.
Куһаҕан санаалартан ыраастанан, умнан, үтүө санааларынан өйү-санааны толоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Yтүө санааны элбэтии, иҥэринии атын дьоҥҥо элбэх үтүөнү баҕарыыларынан өйү-санааны толордоххо ситиһиллэр кыахтаах.
АЙЫЫ ҮӨРЭҔИН АЛҔАСТАРА
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ олус былыргы төрүттээх, былыр-былыргыттан таҥара диэн ааттаах. Нууччалар колония оҥостон православнай христианскай итэҕэли киллэриилэриттэн уонна советскай былаас бары итэҕэллэри туоратыытын кэмигэр саха итэҕэлэ олус күүстээх туоратыыны көрсүбүтэ.
Россияҕа перестройка буолан коммунистар былаастара эстибитин кэннэ сахалар бэйэлэрин итэҕэллэрин чөлүгэр түһэрэр санааламмыттара. Саха дьонун баар-суох баҕа санааларын – бэйэлэрин төрүт итэҕэллэрин чөлүгэр түһэриилэрин тыл үөрэхтээхтэрэ урут түһэн баһылаабыттара. Бу кэмҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ аан бастаан итэҕэл төрүттэрин үөрэттибит, биһиги билэбит диэннэр Л.А.Афанасьев – Тэрис салайааччылаах Айыы үөрэҕин айбыттара.
Kинилэр бу үөрэх былыргы сахалар таҥараларын үөрэҕин салгыыр диэн этэллэр эрээри, кэлин кэмҥэ бу үөрэх сахалар былыргы таҥараларын үөрэҕиттэн хас да улахан уратылардааҕа билиннэ. Биһиги бу үлэбитигэр Айыы үөрэҕэ былыргы сахалар таҥараларын үөрэҕиттэн, итэҕэллэриттэн туох уратылааҕын уонна ханнык быһаарыыларыгар, өйдөбүллэригэр утарсарын быһаарарбыт наада буолла:
1. Тэрис сахалар таҥаралара үөскээбит уочараттарын уонна кыахтарын буккуйар.
Саха итэҕэлэ өссө тыыннаах, дьон туһанар эрдэхтэринэ сурукка киллэрэн хаалларбыт киһинэн А.Е.Kулаковскайы билиниэххэ сөп. Kини суруйууларыгар сахалар элбэх таҥаралара бэйэ-бэйэлэриттэн тутулуктара ордук итэҕэтиилээхтик бэриллэр. Хайа таҥара бастакы буоларын, хайдах ааттаналларын кини үлэлэриттэн биһиги билэр кыахтаахпыт.
Аан бастакы таҥара аата Үрүҥ Аар Тойон диэн А.Е.Kулаковскай суруйар. Бу этиини оччотооҕу кэм киһитэ краевед И.Д.Новгородов эмиэ бигэргэтэр. Кини «Основные черты шаманства якутов» диэн бу саҥардыыта «Якутский архив» сурунаалга бэчээттэммит үлэтигэр бастакы миэстэҕэ эмиэ Yрүҥ Аар Тойон аатын туруорбут. Ол аата саха дьонун өйдөрө-санаалара сайдан таҥаралаах буолар кэмнэригэр Аар диэн ааттаах тойон киһи салайа сылдьыбыта быһаарыллар. Билигин былыргы сахалар арийдары кытта биир геннээх буолууларын наука арыйбытын кэнниттэн бу таҥара аата Аар диэн ааттанара ордук чуолкайданар.
Тэрис сахалар аан бастакы таҥараларынан Айыы буолар диэн букатын уратыны этэр. Үрүҥ Айыы диэн таҥара сахалар итэҕэллэрэ нууччаларынан туоратыллан, итэҕэли илдьэ сылдьааччы ойууннар өлөн, быстан, өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга айыы буолан тахсыбыттарын кэнниттэн үөскээбит саҥа өйдөбүл буоларын Тэрис аахсыбат.
2. Былыргы сахалар киһи аатынан ааттаммыт таҥаралара хайаан да «Үрүҥ» диэн быһаарар тыллаахтар. Ол иһин таҥараны итэҕэйээччилэр бу тыл суолтатын таба быһааран туһаныылара хайаан да эрэйиллэр. Бу үрүҥ диэн таҥара суолтатын быһаарар тыл сахалар билигин да тутта сылдьар үрүҥ уонна хара диэн өй-санаа өйдөбүлүнэн быһаарыллар. Ол курдук үчүгэйи оҥоруу – үрүҥ, үтүө быһыыны оҥоруу, онтон куһаҕаны оҥоруу – хара, куһаҕан быһыыны оҥоруу буолар.
Үрүҥ үчүгэй буолуута халлаан сырдыырын кытта сибээстээҕиттэн сырдык, үтүө быһыы халлаантан кэлбит диэн былыргы дьон өйдөбүллэрэ таҥараны үөскэппит. Ол иһин сахалар үтүө, үрүҥ майгылара – таҥара диэн ааттанар.
Куһаҕан быһыы – хара быһыы. Түүн курдук хара, куһаҕан. Ол иһин дьон бары хараны куһаҕанынан ааттыыллар. «Yрүҥ күммүт таҕыста, хараҥабыт халбарыйда» диэн күн тахсыыта ырыаҕа ылланар үтүө быһыы буолар.
«Үрүҥү-үрүҥ, онтон хараны-хара» диэн быһаарыы киһи майгынын быһаарыыга хайаан да наада. Саха дьоно «Үрүҥү», «хараны» кыайан араарбат диэн «Үчүгэйи», «куһаҕаны» арааран билбэт киһини этэллэр. Үрүҥ Айыы диэн өйдөбүлтэн үрүҥ диэн быһаарыытын быраҕан аҥардастыы айыы диэни туттар буолуу үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт буолууну үөскэтэр. Маннык быһыы оҕолору үөрэтиигэ ордук куһаҕаны оҥорор. Ол иһин өй-санаа өйдөбүлүнэн айыы диэн тылы аҥардастыы туттуу хайдах да табыллыбат. Икки аҥы, утарыта өйдөбүлү биэрэр тылы аҥардастыы үчүгэй өттүнэн тутуннахха даҕаны биллибэт аҥар өттө өйгө-санааҕа син-биир дьайа сылдьар. Аҥар өттө харатын билэ-билэ бу барыта маҕан диир киһини сахалар сэҥээрбэттэр.
Тэрис киһи майгына икки өрүттээҕин билиммэт, буккуйар. Kини санаатыгар киһи баар эрэ буоллар үчүгэй буолуохтаах диэн эстибит коммунистар курдук этэр. Онтубут баара куһаҕан дьон билигин да элбэхтэр уонна суох да буолар чинчилэрэ хата суох, аҕыйаатахтарына улахан кыайыы буолуо этэ. Сахалар «Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар» диэн этиилэрин Тэрис билиммэт.
3. Айыы диэн тыл ай диэн тылтан төрүттээх. Бу тылга бэйэтигэр мөккүөр суох. Арай бу тыл икки утарыта турар өйдөбүллээҕин Тэрис билбэт. 1994 сыллаахха бэчээттэнэн таһаарыллыбыт Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта бу тыл икки утарыта өйдөбүллээҕин билинэр этэ. Тэрис бу тылы уларыта сатыыр. Ханнык эрэ саҥа тылы булан киһи куһаҕан быһыытын бэлиэтээн айыытын үөрэҕин сыыһатын сабынар санаалаах. Аньыы диэн тыл саха тылыгар баара букатын биллибэт этэ. Тыл үөрэхтээҕэ дьон араас саҥа тылы булуу сороҕор табыллан да хаалааччытын билэллэр. Холобур, «поле» диэн тыл куорат таһынааҕы сахаларга киирэн, хонуу диэни солбуйан туттулла сылдьарын курдук туһаныахха сөп. Ол эрээри итэҕэл тылын уларытыы, бу тыл сүрүн өйдөбүлүн, өй-санаа киһи мэйиитигэр үөскүүр буолан «Ай» диэн тылынан бэриллэрин эмиэ уларыттаҕына эрэ табыллар буолан итэҕэли кытта холбуу бииргэ уларыйдаҕына эрэ кыаллар кыахтаах.
Айыы диэн саҥаны арыйыы буолара дьоҥҥо барытыгар өйдөнөр. Тэрис көнө санаатыгар хас биирдии саҥаны арыйыы дьоҥҥо туһаны, үчүгэйи оҥорор курдук. Ол эрээри өй-санаа өйдөбүлүнэн быһаардахха ханнык да саҥаны арыйыы дьоҥҥо үчүгэйи оҥороро аан маҥнай биллибэт. Ханнык баҕарар саҥаны арыйыы дьон олоҕор уларыйыылары киллэрэр буолан аан маҥнай куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэр, онтон улахан айыы буоллаҕына олохторун оҥкулун уларытан ордук улахан охсууну оҥорор.
Улуу Октябрьскай революцияны оҥоруу саҥаны арыйыы, саҥа олоҕу тутуу буоллаҕына дьон олоҕун, үгэстэрин тосту уларытан ордук улахан буортуну оҥорбутун билигин Россия олохтоохторо көннөрө сатыы сылдьабыт.
Сахалар уһун үйэлэрин тухары тимири уһаарыынан уонна уһаныынан дьарыктананнар элбэх саҥаны арыйыылары оҥороннор бэйэлэрин олохторугар туһаммыттар. Ол иһин ханнык да саҥаны арыйыы дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэрин былыр үйэҕэ быһаарбыттар. Холобурга, аан маҥнай тимир сэрии сэбин оҥостон туһаныы хайа эрэ омук атын омуктары сэриилээн ылыытыгар тириэрдэн элбэх хааны, харах уутун тоҕон, сорохтору сир үрдүттэн букатын суох гына симэлитэн кэбиспитэ. Саҥа оҥоруллубут атомнай буомбалар сүүһүнэн тыһыынча киһини суох оҥорбуттара. Ити курдук хас биирдии саҥаны арыйыылар дьон олохторун, үгэстэрин уларыталлар, ол иһин куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэллэр.
Биһиги эбэлэрбит «Айыыны оҥорумаҥ» диэн оҕолору үөрэтэллэрэ. Оҕо саҥа улаатан, өйө-санаата сайдан иһэр буолан элбэх саҥаны, дьон урут билбэттэрин оҥорор кыахтаах. Ол курдук уолаттар улаатан иһэн араас бэйэ оҥорор бэстилиэттэрин, ракеталарын оҥорон, ону-маны булан дэлби тэптэрэннэр саҥаны айыыны элбэхтик оҥороллор. Ол барылара саҥаны арыйыылар, саҥаны оҥоруулар – айыылар буолаллар. Үтүө санаалаах төрөппүттэр оҕолоро киһи билбэт тэриллэрин оҥостоннор, дэлби тэптэрэннэр араас кэлиэкэ, киһи аҥара буолан хаалалларын утараннар «Kиһи билбэтин айыытын оҥорумаҥ» диэн этэ, үөрэтэ сатыыллар. Ол аата «Олоххутугар эмискэ уларыйыылары киллэримэҥ, үгэс буолбут өйдөбүллэри суох оҥорумаҥ» диэн этэллэр. Дьон оҥорботторун, билбэттэрин оҥоруу олоххо уларытыыны киллэрэр, үгэстэри суох оҥорор, ол иһин «Айыыны оҥорумаҥ» диэн этэллэр.
Тэрис айыы – саҥаны арыйыы үчүгэй диэн этэрэ төрдүттэн сыыһа, дьон олоҕор, өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт. Араас элбэх саҥаны арыйыылар дьоҥҥо эбэтэр Айылҕаҕа куһаҕаны оҥороллоро ордук элбэх.
4. Тэрис киһи сирдээҕи, Орто дойдутааҕы олоҕун суолун, сыалын буккуйар. Kини этэринэн киһи айыы буолуохтаах. Онтон саха дьоно киһи олоҕун суолун маннык кэрискэ кэмнэргэ араараллар:
А). Аан маҥнай киһи оҕо буолан төрүүр, үөрэнэр, өйө-санаата сайдар, улаатан этэ-сиинэ ситэр. Үөрэҕи, үгэстэри баһылаан өйө-санаата ситэн-хотон киһи буолууну ситиһэн киһи буолар.
Б). Олоҕор ылыммыт сыалларын толорон, дьиэ туттан, кэлэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн, мас олордон, дьон-норуот туһугар туһалаах дьыалалары оҥорон киһи быһыылаахтык олоҕун олорор, сайдыбыт өйүн-санаатын күүһүнэн этин-сиинин эрчийэн үйэтин уһатар.
В). Kэлэр көлүөнэлэр бу киһи оҥорбут үтүө быһыыларын бэйэлэрин олохторугар туһанар буоллахтарына кини өйө-санаата – үрүҥ айыы буолар, үгүс дьоҥҥо туһаны аҕалар кыахтанар.
Kиһи сирдээҕи, Орто дойдутааҕы олоҕун киһи быһыылаахтык, ол аата киһи оҥорор быһыыларыттан атыттары, куһаҕан быһыылары оҥорбокко эрэ түмүктээтэҕинэ саха дьоно «Олоҕун киһи быһыылаахтык олордо, элбэх туһалааҕы оҥордо» диэн этэллэр.
Тыыннаах киһи өйө-санаата куруук хамсыы, эбиллэ-көҕүрүү турар, ол-бу араас санаалары киһи хаһан баҕарар саныыр кыахтаах. Ол иһин киһи өйө-санаата айыы буолуута, уларыйбат, хамсаабат кэмҥэ киириитэ өллөҕүнэ биирдэ буолар. Эт-сиин өлөн өй-санаа мэйииттэн эньиэргийэ ылара уурайдаҕына мастыйар, аны уларыйбат турукка киирэр. Ол аата эттэн-сиинтэн тутулуга арахсан туспа сылдьар кыахтанар.
Өлбүт киһи өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ туһалааҕа билиннэҕинэ, үлэтин-хамнаһын сыаналаатахтарына, куруук ахта-саныы сырыттахтарына эрэ үрүҥ айыы буолар кыахтанар. Тыыннаах киһи бэйэтинэн айыы буола сатааһына кэрэгэй өйдөбүл, киһини эрдэ, олоҕун ситэ олорбокко, быстах быһыыга түбэһэн өлөрүгэр тириэрдэр.
Айыы буолуу холобурун билигин П.А.Ойуунускайы, М.К.Аммосовы ахта-саныы, кинилэр үлэлэрин сыаналааһын салҕанан баран иһиититтэн быһаарыахха сөп. Айыы буолуу нууччалар святой диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр.
5. Kиһиэхэ өй-санаа хантан кэлэн киирэрин, хайдах үөскүүрүн билбэттэриттэн Айыы үөрэҕин айааччылар оҕоҕо ийэ кут халлаантан кэлэн түһэрин эбэтэр ким эмэ аҕалан биэрэрин курдук этэллэр. Биһиги быһаарыыбытынан оҕо ханнык баҕарар билиитин бэйэтэ билэн-көрөн, тутан-хабан эрэ үөрэнэр.
Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан киһи кыра эрдэҕиттэн үөрэммит үгэстэринэн салаллан олоҕун устата олорор. Ол иһин кыра эрдэхтэринэ сымнаҕастык, атаахтык иитиллибит оҕолор олохторугар туруктаах өйдөрө-санаалара суох буолан быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбиир.
Олус элбэх киһиттэн биир эмэ киһи ханнык эмэ саҥаны арыйан – айыыны оҥорор. Билигин наукаҕа саҥаны арыйааччыларга учуонай аатын биэрэллэр. Бу дьон ахсааннара бэрт аҕыйах. Олоххо айыыны оҥорор дьон отой аҕыйахтар.
Былыргы олоҥхолорго этиллэр Айыы аймахтара диэн этиини быһаччы өйдүүллэриттэн Тэрис уонна атын тыл үөрэхтээхтэрэ айыы өйдөбүлүн буккуйаллар. Киһи Орто дойдуга олорор, онтон айыылар Yөһээ дойдуга сылдьаллар. Ол иһин киһи өллөҕүнэ эбэтэр өйө-санаата көттөҕүнэ айыы буолан Yөһээ дойдуга тиийэр.
Советскай былаас уһун кэмҥэ дьайбыт «Киһи барыта тэҥ» диэн үөрэҕэ салгыы сайдан киһи барыта үчүгэй эрэ буолар диэн өйдөбүлү үөскэппитэ. Соҕотох партия кытаанах бэрээдэгэ, оҕону детсадтартан саҕалаан коммунизм идеятыгар үөрэтии уонна араас көрүҥнээх репрессиялар түмүктэринэн куһаҕаны оҥорор дьону лаппа аҕыйаппыттара. Уонунан сылларга «Киһи барыта тэҥ» диэн ыҥырыы биһиги дьоммутугар кытаанахтык иҥмитэ. Бу өйдөбүлү көнөтүк ылыныыттан аны оҕо төрөөтөр эрэ киһи буолар диэн быһаарыы баар буолбута. Билигин айыы үөрэҕин айааччылар ити сыыһа өйдөбүлгэ оҕустараннар уонна туох эмэ саҥаны, тупсарыыны оҥордорбут диэннэр быһаччы киһи аны айыы буолар диэн этэллэр. Киһи барыта үчүгэй диэн этээччилэр куһаҕан дьон кимтэн төрөөн, хантан кэлэн баар буолалларын кыайан быһаарбаттар.
6. Айыы үөрэҕин айааччылар куһаҕаны оҥорон айыы буолуутун үчүгэй, үрүҥ айыыттан туспа арааран аньыы диэн ханна да суох саҥа тылы булан ааттааһыны олохсута сатыыллар. Икки тылынан этиллэн өйдөнүллэр «Куһаҕан айыы» эбэтэр «Хара айыы» диэн өйдөбүлү биир тылы¬нан «Аньыы» диэнинэн солбуйуу саҥарары уонна суруйары түргэтэтэр эбэтэр тупсарар курдук санааһын улахан сыыһалардаах. Бу курдук саҥа тылы булан ааттааһынтан куһаҕан айыы киһи өйүттэн-санаатыттан үөскээн тахсара кистэнэн, быһаччы тутулуга уларыйан, суох буолан хаалар. «Аньыы» диэн тыл бэйэтэ киһи өйүн-санаатын кытта ханнык даҕаны сибээһэ, тутулуга суох буолан «Куһаҕан, хара айыыны» киһи оҥорботун, атын туохтар эрэ оҥороллорун курдук өйдөбүлү үөскэтэн өйү-санааны бутуйар, аҥардастыы үчүгэй эрэ дьон баалларын уонна айыыны оҥороллорун курдук өйдөбүлү биэрэр.
Киһи өйө-санаата, тугу эмэ саҥаны оҥороро туох барытын курдук икки өрүттээх. Бу икки өрүттэртэн биирдэстэрэ үчүгэйи, үтүөнү, дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруу, айыы, онтон атына куһаҕаны, хараны, дьоҥҥо буортулааҕы оҥоруу, син-биир айыы буолаллар. Киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥороро барыта өйүттэн-санаатыттан биир тутулуктаах. Сахалыы айыы диэн ааттанар. Ол иһин куһаҕаны оҥорууну аньыы диэн ааттааһын өй-санаа тутулуктарыгар сөп түбэспэт, куһаҕан быһыы ханна үөскүүрүн, хантан кэлэрин буккуйар.
Билигин элбэх араас итэҕэллэр минньигэс тылларынан уонна араас килэпэччигэс киэргэллэринэн саптынаннар саха дьонун бэйэлэрин диэки тарда, итэҕэтэ сатыыллар. Ол иһин биһиги сахалар былыргы итэҕэлбитин чөлүгэр түһэрэр кэммитигэр сэрэхтээх буоларбыт наада.
Yчүгэйгэ тардыһан, сайдыыны ситиһэ охсор туһугар бэйэбит төрүт өйбүтүгэр-санаабытыгар сөп түбэспэти үтүктүбэппит наада. Биһиги сахалар бэйэбит туспа тыллаах-өстөөх, быдан дьыллар мындааларыттан ыла сайдыбыт ураты өйдөөх-санаалаах дьоммут. Олус былыргы кэмнэргэ сайдыбыт тылбыт дорҕоонноро киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара хаһан да уларыйбаттар. Ол иһин төрүт тылларбытын харыстыырбыт, атыттарынан солбуйан уларыппаппыт наада.
7. Айыы үөрэҕин айдыбыт дэнээччи тыл үөрэхтээхтэрэ тыл киһи өйүгэр-санаатыгар дорҕооннорунан дьайыытын табан сыаналаабаттар. «Ай» диэн тыл бэйэтэ үчүгэй өйдөбүллээх буоллаҕына, онно «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ куһаҕан өйдөбүлгэ тириэрдэрин, ол аата бу саҥаны арыйыы хайаан да ытааһынынан, куһаҕанынан түмүктэниэхтээҕин билиммэттэр.
Айыы диэн мээнэ ааттаммат сэрэхтээх тыл. Хаһан баҕарар куһаҕан өттө уруттаан дьайар. Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕооннорун суолталарын илдьэ сылдьарын тылбыт үөрэхтээхтэрэ аахсыбаттара ордук хомолтолоох.
8. «Урут итэҕэлэ, таҥарата суох омукка саҥа таҥара айан оҥордубут диир»,- Тэрис. Төһө эмэ «Таҥара» диэн тыл, өйдөбүл сахаларга былыргыттан баарын үрдүнэн саҥа таҥараны оҥордубут диэн этинэллэр. Саҥа таҥараны оҥорооччулар былыргыттан баар таҥара өйдөбүллэрин тосту уларыта сатыыллар. Айыы диэн мээлэ туттуллубат, сэрэхтээх, икки өрүттээх тылы үчүгэйи эрэ оҥорууга анаан туһанаарылар саҥа аньыы диэн тылы булан куһаҕаны оҥорууну туспа арааран туттуллууга киллэриэхтэрин баҕараллар, саха төрүт былыргы таҥаратын итэҕэлигэр буккууру киллэрэллэр.
С.И.Ожегов «Словарь русского языка» үлэтигэр баар таҥара үөрэҕин араарыы сектаны тэрийии буолар диэн быһаарар. Саҥа айыы үөрэҕин айа сатааччылар саха омугу үрэйэн, ыһан саҥа итэҕэлгэ киллэрэ сатыыллар. Тэрис сектант буолара итинник дакаастанар. Тэрис бу сыыһалардаах үөрэҕэ саха дьонун итэҕэллэригэр сөп түбэспэт, ол иһин үгүстэр итэҕэйэн ылымматтар. Айыы диэн тыл икки өрүттээҕин, үчүгэйи уонна куһаҕаны холбуу иҥэринэ сылдьарын, үчүгэйи оҥоруу үрүҥ айыы, онтон куһаҕаны оҥоруу хара айыы диэн ааттанарын уонна өй-көтөн, айыы буолан Yөһээ дойдуга тахсыыта киһи өллөҕүнэ эрэ кэлэрин саха дьоно хаһан да буккуйбаттар.
Киһи олох кэрэтин, үчүгэйин Орто дойдуга олорон билэр. Киһи өлүүтэ олус ыар, ыарахан. Орто дойду дьонун, тыыннаах дьону айыы буолууга ыҥырыы өлүүгэ, алдьархайга, өй көтүүтүгэр ыҥырыы буолар. Ол иһин айыы үөрэҕэ дьон өйүгэр-санаатыгар төрүт сөп түбэспэт, ыар буруйу оҥорууга тэҥнэнэр быһыы буолар.
Олоххо киһи эмиэ арааһынай, үчүгэй дьон төһө да элбэхтэрин иһин куһаҕан дьон эмиэ бааллар. Kиһи өйө-санаата барыта кыра эрдэҕинэ ханнык үгэстэргэ үөрэтиллибититтэн тутулуктанар. Ол иһин сахалар таҥаралара оҕону иитиигэ туһааннаах үөрэҕинэн оҕону атаах гына үөрэтимэ диэн буолар.
Таҥара үөрэҕэ диэн тыл үөрэҕэ буолбатах, өй-санаа үөрэҕэ буолар. Өйтөн-санааттан үөскээн тахсар өйдөбүллэр итэҕэл тылларын үөскэтэллэр. Ол иһин итэҕэл төрүт тыллара хаһан да уларыйыа суохтаахтар. Өй-санаа уонна тыл уларыйдаҕына омук бэйэтэ уларыйан, саҥа, атын омук үөскүүрүн умнубатахпытына табыллар.
Айыы үөрэҕэ диэн үөрэх суох буолара ордук. Айыы суола - өлүү суола. Айыы диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, куттара туспа сылдьаллара ааттанар. Киһи өлөрө ыраахтан буолбатах, бэйэтэ да олус түргэнник кэлэр. Тыыннаах буолуу, олох олоруу диэн өлүүнү тулуурдаах буолан кыайдахха эрэ кыаллар. Сахалар «Олох ыарахан» диэн этэллэр. Киһи бары кыаҕын, күүһүн ууран өлүүнү, өйө-көтүүтүн кыайыахтаах, олоҕу киһи быһыылаахтык олоруохтаах. Ол аата өлүүнү кыайдахха – олоҕу олоруллар. Тыыннаах буолуу, олох олоруу үөрэҕэ – киһи буолуу үөрэҕэ диэн ааттанар уонна сахалар таҥараларын үөрэҕэ буолар.
Өлбүт киһи өйө-санаата этиттэн-сииниттэн туспа арахсан Yөһээ дойдуга бардаҕына, көттөҕүнэ биирдэ айыы буолар. Арай ханнык айыы буолара аан маҥнай биллибэт. Кэлэр көлүөнэлэргэ туһалаах, үчүгэйи, үйэлээҕи айбыт, оҥорбут буоллаҕына Yрүҥ Айыы оҥорон туһаныахтарын сөп, онтон куһаҕаны оҥордоҕуна Хара Айыы буолан умнуллар, симэлийэр дьылҕаланар.
Сахалар итэҕэллэрэ хас эмэ тыһыынча сылы быһа дьон өйүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр буолан саха омуга билигин даҕаны сайдан иһэр. Биһиэхэ сахаларга саҥа таҥара наадата суох. Бэйэбит таҥарабыт баар. Аата Таҥара диэн. Итэҕэлбит тылларыгар барыта этиллэ сылдьар. Арай ону дьаарыстаан, оннун булларан сурукка киллэрии эрэ биһигиттэн ирдэнэр.
Былыргы кэмнэргэ биһиги өбүгэлэрбит төрүттээбит таҥараларын итэҕэллэрэ чинчийээччилэр уонна атын омуктар билинэллэринэн «Тенгрианство» диэн ааттанар уонна Сибиир саамай былыргы таҥарата буолар.
Бу таҥара үөрэҕэ билиҥҥи да киһи өйүн-санаатын барытын толору быһаарарын биһиги билигин дакаастыы сатыыбыт. Христианство уонна буддизм итэҕэлэ сахалар таҥараларын итэҕэллэриттэн үөскээн тахсыбыттара кэнники кэмҥэ дакаастанарыгар ханнык да саарбахтааһын суох. Түүр омуктары дириҥник үөрэтээччи Мурад Аджи «Тюрки и мир. Сокровенная история» диэн улахан үлэтигэр Сибииргэ таҥара олус былыргы кэмнэргэ үөскээбитин арыйар. Бу таҥаралар буддизм уонна христианство үөскээбит төрүттэрэ биирдэр, сахалыы «Киһи буолуу» үөрэҕиттэн сайдан үүнэн тахсыбыттар. Будда «Улахан киһи» буола сатааһын баҕа санаатыттан үөскээбит буолан ордук улахан таас киһиэхэ кубулуйбут, онтон Христос «Yчүгэй киһи» буолууттан үөскээн уруһуйугар үтүө киһи көрүҥнээх уонна аһара улахана суох.
Ити курдук тыл үөрэхтээхтэрэ итэҕэлбит тылын сүрүн өйдөбүллэрин буккуйан бэйэлэрэ таҥаралаах дьоҥҥо аны саҥа таҥара оҥордубут диэн кэпсии сылдьаллар. Маннык сыыһа быһыыны, саха дьонун өйүн-санаатын буккуйууну тохтотор кэм кэллэ. Сахалар таҥара, киһи буолуу үөрэхтэрэ киһи быһыылаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга билиҥҥи, олох ыараан иһэр кэмигэр ордук сөп түбэһэр. Арай билиэххэ, үөрэтиэххэ уонна олоххо туһаныахха эрэ наада.
АЙЫЫ АЙМАХТАРА
Сахалар былыргы кэпсээннэригэр уонна олоҥхолоругар айыы аймахтарынан ааттаналлар.
Аймах диэн тылы сахалыы кылгас тылдьыкка: «Биллэр биир төрүттээх дьон, оннук дьон уруулуу сыһыаннара»,- диэн быһаараллар. Айыы аймахтарабыт диэн этинии сахалар былыргы төрүттэрин үөрэхтэрин, үлэлэрин-хамнастарын, дьон-норуот туһугар тугу оҥорбуттарын умнубаттарын, кинилэр дьыалаларын салҕааччылар буолалларын билинэллэрин илэ бааччы биллэрэр.
Төрөппүт өйө-санаата, кута өлбүтүн да кэннэ оҕолорун көрө-истэ, харыстыы сылдьарын кут-сүр уонна түүл үөрэхтэрэ дакаастыыллар. Түүлгэ көстөр төрөппүт көрүҥэ ханнык быһыы-майгы кини иннигэр кэтэһэрин биллэрэр. Күүстээх куттаах-сүрдээх аймах киһи кута үрүҥ айыы буолан бары аймахтарын көрө-истэ сылдьарын сахалар билэллэр.
Айыылар Yөһээ дойдуга олороллор. Yөһээ дойду диэн тугун биһиги «Түүллэри тойоннооһун» диэн үлэбититтэн булуохха сөп. Бу боппуруоска ханнык да мөккүөр тахсыбат. Былыр үйэтинээҕитэ өлөн да хаалбыт дьону киһи түүлүгэр хаһан баҕарар, өссө тупсаран эттэххэ, халлаан уларыйаары гыннар эрэ көрөр. Өлбүт дьон куттара, ол аата айыылар Yөһээ дойдуга сылдьалларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр.
Орто дойдуга киһи, дьоннор олороллор, онтон айыылар олох туспа Yөһээ дойдуга олороллор. Тыыннаах киһи айыы буолара ол иһин хайдах да табыллыбат. Киһи өйө-санаата Yөһээ дойдуга көттөҕүнэ эрэ айыы буолар. Ол аата киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, кута туспа баран дьэ айыы буолар. Бу айыы буолбут куттар Орто дойду дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар түүллэригэр киирэн дьайаллар.
Сахалар бэйэлэрин Айыы аймахтарынан ааҕыналлар. Бары олоҥхолоругар, былыргы кэпсээннэригэр үөһээ айыылартан төрүттээхтэрин куруук ахталлар. Сахалар айыылар аймахтара буолалларынан олус киэн тутталлар. Ол аата саха дьоно өлбүт дьоннорун кэриэстэрин, баҕа санааларын толороллорунан киэн тутталлар, кинилэри ытыктыылларын биллэрэллэр, үөрэхтэрин, үгэстэрин, тылларын салҕаан илдьэ иһэллэр.
Былыргы кэпсээннэргэ айыылар Орто дойду дьонугар өй-санаа уган көмөлөспүттэрин туһунан элбэхтик ахтыллар. Биллэр көмөнү ылбыт дьон бары түүллэригэр Аан дойду иччитин кырдьаҕас эмээхсини эбэтэр оҕонньору, Байанайы көрсөн сүбэ-ама ылбыттарын уонна ол сүбэлэрэ көмөлөспүттэрин, олохторугар туһалаабыттарын кэпсииллэр. Киһи түүлүгэр төрөппүтүн көрдөҕүнэ, кини көстөр көрүҥүттэн ханнык быһыылар буолаары туралларын эндэппэккэ эрэ билэр.
Онон, киһи өйө-санаата Yөһээ дойду өйүн-санаатын кытта куруук сибээстэһэ, тутулла сылдьар. Саха дьоно ити тутулугу былыргыттан билэннэр айыылартан тутулуктаахпыт дииллэр. Өлбүт аҕаҥ түүлгэр киирэн кыыһырар, сөбүлээбэт буоллаҕына ханнык эрэ санааҕын уурбут дьыалаҥ табыллыа суоҕа, доруобуйаҕын көрүнэ сылдьыаххын наада диэн түүл үөрэҕэ этэр. Айыылары кытта сибээс диэн түүлүнэн сибээстэһиини этэллэр.
Кэлин кэмҥэ Россия дьонун өйдөрө-са¬наалара мөлтөөһүнэ оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр ийэ кутун өйүн-санаатын ииппэт, үөрэппэт буолуу түмүгэ. Былыр¬гылар этэллэринэн омук эстээри гыннаҕына, мөлтөөтөҕүнэ эбэтэр саҥалыы үөскүүр кэмэ кэллэҕинэ оҕолорун атаахтык иитэн итинник ыарахан балаһыанньаҕа киирэр.
Саха ойууннара киһи түһээн инникини өтө көрөн билэрин былыргыт¬тан билэллэрэ уонна олору таба тойонноон сөптөөхтүк туһаналла¬ра. Ойуунтан ханнык баҕарар киһи кэлэн: «Миэхэ инникибин төлкөлөөн кулу»,- диэн көрдөстөҕүнэ утуйан туран баран тугу түһээбитин тойон¬ноон киниэхэ бэйэтигэр кэпсээн биэрэр эбит. Маннык түһээн билбитин ойуун түстэтэр киһиэхэ кэпсээтэҕинэ атын дьоннорго биллэримээр диэн сэрэтэрэ үһү.
Yөһээттэн, айыылартан көмөнү ылыыга сурукка киирбит, ол аата чуолкай буолбут быһыылары холобур быһыытынан ылыахпытын сөп. Өй үлэтинэн үлэлии сылдьар дьон кыайан арыйбакка өр муҥнана сылдьар үлэлэригэр түһээн бэлэм эппиэти ылбыттара биллэр. Маннык бэлэм эппиэти ылан Д.Менделеев оҥоро сылдьар периодическай табли¬цатын бүппүт көрүҥүн көрөн үтүгүннэрэн оҥорбут. Археолог Генрих Шлиман улахан арыйыыны оҥоруон иннинэ хас да төгүллээн хатыланар түүллэри көрбүт уонна ити түүллэрин көстүүлэрин саҥаны арыйыытыгар туһаммыт. Эмиэ итинник арыйыыны Г.Гилпрехт түһээн көрөн оҥорбута чуолкайдык суруллубут. Кини түһээн көрөн былыргы суруктаах туой таблица сороҕун булбут уонна өссө түүлүгэр көстүбүт жрец киһи киниэхэ бу таблица суругун ааҕан биэрбит. Түүлгэ сүдү көрүҥнээх маҕан баттахтаах оҕонньор саҥа атаҕар турбут оҕону саҥарарга үөрэтэр. Оҕото уоһун төгүрүччү тута-тута: «Yү»,- диэн саҥара сатыыр. Оҕонньор: «Оҕону саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы үөрэтиллэр»,- диэн этэр.
Ити курдук өйүн-санаатын барытын түмэн дьоннорго туһалаах үлэни оҥорор киһиэхэ түүл илэ аҕалан көрдөрөн көмөлөспүт уонна сорох алдьархайга түбэһээри гыммыт киһини сэрэппит түбэлтэлэрэ элбэхтэр.
Олус былыргы кэмнэргэ өлбүт үөрэхтээх дьон өйдөрө-санаалара, салгын куттара Үөһээ дойдуга эрэ ордон хаалан уһуннук сылдьыахтарын сөп. Үөһээ дойду өйө-санаата ордубут дьоннор өйдөрүгэр түүл буолан киирэн, кинилэри сайдыы, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки сир¬диэҕин, олохторун оҥостоллоругар, саҥаны арыйалларыгар өй уган биэрэн көмөнү оҥоруоҕун сөп.
Билигин түүлү үөрэтээччилэр билинэллэринэн элбэх саҥаны арыйыы¬ларга түүллэр көрдөрөн биэрэн туһалаабыттар. Түүллэригэр көрөн ба¬ран саҥаны арыйыыларыгар туһаммыт дьон сурукка киллэрэннэр ити көстүүлэр дьиҥнээхтик дакаастаммыттарынан ааҕыллыахтарын сөп курдук. Ити барыта түүл илэ көрдөрөн биэриитэ диэн ааттанар уонна сахалыы Үөһээ дойду өйө-санаата киириитэ диэн ааттаныан сөп. Саха дьоно бэйэлэрэ айыы буолбатахтарын билинэллэр. Ол иһин бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттаналлар. Ол аата былыргы төрүттэрэ, сорохтор эһэлэрэ, эбэлэрэ эбэтэр төрөппүттэрэ өлөн өйдөрө-санаалара Үрүҥ Айыы буолан Yөһээ дойдуга сылдьаллар, онтон тыыннаахтар былыргы төрүттэрин, төрөппүттэрин үөрэхтэрин, өйдөрүн-санааларын салҕаан илдьэн иһэллэрин билинэллэр.
Айыы хаан аймахтара, айыы аймахтара диэн этиниилэр саха дьону¬гар элбэхтик иһиллэллэр. Бу этиниилэр саха дьоно өбүгэлэрин саҥаны арыйар, тупсарар, сайыннарар дьыалаларын салҕааччылар буолалларын биллэрэр. Саха дьоно айыы аймахтара диэн ааттаныылара аан маҥнай тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар элбэх саҥаны арыйыылары, айыыны оҥорбуттарыттан төрүөттээх буолуон сөп. Ол курдук бу саҥаны ары¬йыылар дьон олохторугар улахан хамсааһыннары таһаарбыттарын, тимир сэрии сэбин туһанан хууннар Аан дойдуну барытын кэриэтэ сэриилээбиттэрин остуоруйа чахчылара бигэргэтэллэр.
Айыы аймахтара диэн ааттаныы бэйэ айыы буолуохтааҕын бигэргэппэт. Арай айыылар аймахтара, чугас дьоно, хаһан эрэ бэйэлэрэ өллөхтөрүнэ эмиэ айыы буолуохтарын сөбүн биллэрэр. Киһи хаһан даҕаны өлөрүттэн кыайан куоппат. Ол иһин хаһан эрэ син-биир өйө-санаата айыы буолара хаһан да хаалбат. Хайа баҕарар киһи ханнык эмэ төрөппүтэ, эһэтэ, эбэтэ өлөннөр өйдөрө-санаалара айыы буолан сылдьаллар. Ол иһин айыы аймаҕабын диэн этинии олохтоох.
Тыыннаах, бэйэтэ Орто дойдуга олорор киһини «Айыы буол» диэн этии олус улахан сыыһа. Өйүҥ көтөн Үөһээ дойдуга таҕыстын, бэйэҥ өл диэн алҕаабыкка тэҥнэһэр быһыы буолар. Саха тыла олус былыргы тутулуктарын сүтэрбэккэ эрэ сылдьар соҕотох тыл буолар. Ол иһин саха тылын уларыта сатаабакка бэйэтинэн туттар ордук буолуоҕа.
YРYҤ АЙЫЫ БУОЛУУ
Билигин саха дьонугар уһун кэмҥэ туоратыллан, умнулла сыспыт былыргы итэҕэллэрин сөхсүтүү, оннун булларыы, саҥардан, тупсаран, сайыннаран биэрии үлэлэрэ салгыы баран иһэллэр. Үгүс дьон санааларыгар саха дьоно хаһан даҕаны биир тылы булуммат, бары тус-туспа бара сылдьар өйдөөх-санаалаах дьон курдуктар. Бу дьону барыларын биир итэҕэлгэ киллэрии билиҥҥи демократия үйэтигэр хаһан даҕаны кыаллыа суох курдук. Биир эрэ итэҕэли өрө тутан, биһиги эрэ итэҕэлбит атын итэҕэллэртэн барыларыттан таба, ордук диэһин бэ¬йэтэ улахан диктатура, атыттары күүһүлээһин, сабардааһын көрүҥэр кубулуйар. Ол курдук билигин баар улахан таҥаралар олус күүстээх диктатура, атыннык саныыр дьону барыларын күүс өттүнэн туоратыы, баттааһын түмүгэр үөскээн бөҕөргөөбүттэрэ.
Саха дьонугар атын омуктар итэҕэллэрин соҥнуу уонна саҥа үөрэҕи айдыбыт дии сатааччылар эмиэ бааллар. Таҥара, итэҕэл омукка ханнык кэмҥэ үөскүүллэрин ситэ бил¬бэт буолуу итинник өйгө-санааҕа тириэрдэр. Биһиги инники үлэлэрби¬тигэр 2 тыһыынча сыллааҕыта үөскээбит христианскай итэҕэл төрүттэрэ сахалар кут-сүр уонна таҥараларын үөрэхтэриттэн үөскээн сайдыбыттарын быһаарбыппыт. Онтон мусульманскай итэҕэл өссө хойутуу, арабтар үөскээн сайдыыларын, киэҥ сирдэри сэриилээн ылыыларын кэмигэр тарҕаммыт итэҕэл буолар. Бу итэҕэллэр төрүттэрэ барылара оччотооҕу үөрэҕэ-билиитэ суох киһи санаатын салайан тойотторго, сэриилээн кыайбыт дьоҥҥо бас бэриннэрэн биэриигэ олоҕураллар. Ол иһин ити итэҕэллэр атыттары олус күүстээх диктатура, хам баттааһын, туоратыы күүһүнэн үөскээбиттэрэ уонна тэнийбиттэрэ.
Саха сиригэр кэлин уонча сыл устата барбыт итэҕэли сөхсүтүү, саҥа итэҕэли арыйыы үлэлэрэ биллэр ситиһиилэрэ суохтар. Ол барыта айыы, айыы буолуу өйдөбүллэрин таба сыаналаабаттан, киһи оҥорор үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын араарыыга сөптөөх хайысха суоҕуттан таҕыста. Биһиги бу боппуруоска өй-санаа, кут-сүр үөрэх төрүттэригэр тирэҕирэр эппиэттэри инники быһаарыыларбытыгар биэрдибит.
«Айыы» диэн саха тыла мэйииттэн, өйтөн-санааттан саҥаны арыйыы үөскүүрүн быһаарар. Бу тыл «Ай» диэнтэн төрүттэн үөскээбит. «Ай» диэн тыл урукку өттүгэр дьон билбэттэрин, саҥаны арыйыыны, ол аата айыыны киһи мэйиитинэн үгүстүк толкуйдаан, өйүнэн-санаатынан оҥорон, чочуйан таһаарарын, үөскэтэрин чуолкайдык быһаарар. Ол аата айыы диэн саҥаны арыйыы, туспа, ураты өй-санаа буолар. Бу тыл икки өрүттээх – биирэ үчүгэйгэ туһалыыр саҥаны арыйыы, онтон атына куһаҕаны оҥорууга анаан сананы арыйыы диэҥҥэ арахсаллар.
Бэйэтэ икки өйдөбүллээх, икки суолталаах тылы аҥардастыы үчүгэй эрэ өттүгэр анаан туттуу куһаҕаны оҥорор, өйгө-санааҕа буккууру киллэрэр, ол иһин өй-санаа туруга суох буолар. Куһаҕан быһыы үчүгэйи оҥорордооҕор төһөнөн эмэ чэпчэки, боростуой ол иһин уруттаан оҥоруллар, дьайар, өй-санаа куһаҕан быһыылар диэки салаллар кыахтанар.
Айыы диэн тылы таба быһааран, табатык өйдөөн туһаныы оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ордук суолталаах. Ол курдук оҕо өйө-санаата күүскэ сайдар кэмигэр инники түһэн, дьон билбэттэрин, оҥорботторун, уратыны элбэҕи оҥорон кэбиһиэн сөп. Саҥа сайдан иһэр оҕо өйө-санаата күн аайы саҥаны билэн иһиитэ барыта киниэхэ саҥаны арыйыылар буолан иһэллэр. Бу быһаарыы киһи быһыытын уонна айыы уратыларын эмиэ чуолкайдыыр. Ол курдук оҕо төрөппүттэрин, ол аата, киһини үтүктэн кини оҥорор быһыыларын оҥорор буолуута киһи буолуу, киһилии быһыыланыы диэн ааттанар. Онтон айыы диэн урут дьон оҥорботохторо, билбэттэрэ, олохторугар туттубаттара, куһаҕан диэн ааттыыллара, барылара саҥаны оҥоруу, арыйыы буолан оҕо оҥорботугар киһилии быһыылаах дьон баҕараллар.
Саха тыла олус былыргы тыл. Бу тыл бэйэтэ даҕаны киһи өйүн-санаатын быһаарыыны, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорор быһыытын олус табатык бэлиэтиир. Ол иһин куһаҕаны, хара бы- һыыны, айыыны оҥорума диэн этэллэр. Киһи урут дьон оҥорботох, бил¬бэт, ханнык баҕарар быһыыны оҥоруута өйүттэн-санаатыттан оҥоруллан, айыллан тахсар буолан «Айыы» диэн ааттанар. Онтон бу оҥоруллар быһыы хай¬даҕыттан, үчүгэйиттэн эбэтэр куһаҕаныттан тутулуктанан үчүгэй, үрүҥ айыы эбэтэр куһаҕан буоллаҕына – куһаҕан, хара айыы диэн араарыллан ааттанар.
Саха дьоно оҕолорун «Хаһан даҕаны айыыны оҥорума» диэн үөрэтэллэр. Бу этии киһи ханнык баҕарар оҥорор дьыалаларыгар барыларыгар сыһыан¬наах. Куһаҕаны да, үчүгэйи да оҥоруу барыта «Ай» диэн өйү-санааны быһаарар тылынан бэриллэр уонна «Айыы» диэн тылы үөскэтэр. Үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруу дьоҥҥо хайдах дьайара аан маҥнай кыайан быһаарыллыбат, биллибэт. Ол иһин сахалар ханнык да «Айыыны оҥорума» диэн этэллэр.
Саха тыла олус былыргы тыл буолан киһи өйүн-санаатын ордук та¬батык быһаарар. Айыы диэн тыл киһи оҥорор саҥаны арыйар быһыыларын барыларын, үчүгэйин, куһаҕанын барытын быһаарар. Саха дьоно бэрт соторутааҕы¬та айыы диэн тылы куһаҕаны бэлиэтииргэ ордук тутталлара. Биһиги эбэлэрбит «Айыыны оҥорумаҥ», «Айыы диэмэҥ» диэн үөрэтэллэрэ. 1994 сыллаахха тахсыбыт Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар бу айыы диэн тыл былыргы өйдөбүлүн, үчүгэй да, куһаҕан да быһыыны, иккиэннэрин быһаарарын иҥэринэн сылдьар. Бу тылбыт олох уонна өй-санаа ордук уустуктарын, иккилии өрүттээхтэрин быһаарар, ол иһин өйү-санааны быһаарар баар-суох тылбытын харыстыырбыт наада.
Билигин өй-санаа, кут-сүр үөрэҕэ сайдан иһэллэр. Киһи оҥорор бары быһыылара кини өйүттэн-санаатыттан, мэйиититтэн, куттарыттан тутулуктаах буолара быһаарыллан иһэр. Киһи биир мэйиитинэн толкуй¬даан куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи оҥорон кэбиһэрэ ханна да ырытыллыбат чуолкай буолара быһаарыллар, итини тэҥэ сайдан иһэр оҕо өйө-санаата урут-бастаан дөбөҥнүк, улахан эрэйэ суохтук оҥоруллар быһыылар диэки салаллар. Онтон куһаҕаны оҥоруу, алдьатыы үчүгэйи, туһалааҕы оҥорордооҕор хаһан баҕарар чэпчэки, боростуой, ол иһин оҕо өйө-санаата ситэ сайда илигинэ саҥаны арыйара хааччахтанара эрэ табыллар.
Түүллэри үөрэтии киһи өйө-санаата - куттара тус-туспа буолалларын арыйда. Бу куттар ийэ уонна салгын куттар диэн ааттаналлар уонна «иитиллэр-үөрэтиллэр» диэн сахалыы тылларынан араарыллан быһаарыллаллар. Ол аата ийэ кут иитиллэр, онтон салгын кут үөрэнэр. Киһи оҥорор бары быһыылара уонна өйө-санаата икки куттарын кытта курдук эмиэ икки аҥы арахсаллар.
Билигин үөрэх-билии сайдан, сурук-бичик тэнийбит кэмэ буолан саҥаны арыйыылары дьон элбэхтик оҥорор буолбут курдуктар. Ол эрээ¬ри дьоҥҥо туһалаах саҥаны арыйыылары оҥорор дьон олус аҕыйахтар, 5 эбэтэр 10 тыһыынча киһиэхэ биир эмэ учуонай эбэтэр сертификаттаах, чахчы саҥаны оҥорбутугар патеннаах киһи тиксэрэ биллэр. Ол аата, олус аҕыйах киһи саҥаны арыйыылары, дьоҥҥо туһалаах Үрүҥ айыыны оҥорор. Итэҕэл биир эмэ киһини буолбакка элбэх дьону барыларын түмнэҕинэ, холбоотоҕуна эрэ итэҕэл буо¬лар кыахтанар. Сахалар итэҕэллэрэ айыыны оҥорбот, киһилии быһыы¬лаах дьон итэҕэллэрэ буолар, ол иһин киһи буолуу диэн ааттанар.
Саҥаны арыйан айыыны оҥорууну уонна киһи өллөҕүнэ айыы буолууну кытта холбуу буккуйар табыллыбат. Бу салгыы сайдан иһэр өйдөбүллэр өй-санаа уларыйыытынан быһаарыллаллар. Ол курдук саҥаны арыйыы, дьон оҥорботун оҥоруу бэйэтэ атыттартан ураты маарыннаабат буолан туспа күүстээх, эниэргийэлээх. Ол иһин бэйэтэ туспа сылдьыан сөп. Киһи тыыннаах сырыттаҕына бу өйүн-санаатын уларытан, сайыннаран биэрэн иһэр кыахтаах, бэйэтиттэн туспа ыыппат, илдьэ сылдьар. Бу өйүн-санаатын, саҥаны арыйыытын уларытан, тупсаран биэрэрин тэҥэ бэйэтэ бас билэр, салайар. Арай киһи өллөҕүнэ куттара, өйө-санаата, саҥаны арыйыылара тус-туспа бараннар мэйииттэн ылар эньиэргийэлэрэ, сибээстэрэ быстаннар аны кыайан уларыйбат турукка киирдэхтэринэ айыы буолаллар. Саҥаны арыйыы өйө-санаата айыы буолуута итинник суоллаах.
Ураты, туспа, саҥа, атын туохха да маарыннаабат өй-санаа айыы буолар. Хас киһи өйө-санаата тус-туспалар, хаһан да хатыламматтар, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар. Ол аата хас киһи өйө-санаата бэйэтин уратытынан туспа айыы буолар. Бу өйдөр-санаалар киһи өллөҕүнэ эмиэ туспа баран айыы буолан сылдьаллар.
Киһи түүлүгэр өлбүт дьону элбэхтик көрөр. Бу көстөр дьон өйдөрө-санаалара, көрүҥнэрэ киһиэхэ биллэр сабыдыалы оҥороллор. Айыы таҥараларбыт Yөһээ дойдуга сылдьаллар, онтон киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата Yөһээ дойдуга көтөн айыы буолар. Ол иһин айыы буолууга, айыы суолугар ыҥырыы - өлүүгэ-сүтүүгэ ыҥырыыга киирсэр. Ол иһин олохторун киһилии быһыылаахтык олорор дьон өйдөрүгэр-санааларыгар айыы буолуу сөп түбэспэт.
Киһи өллөҕүнэ куттарын холбуу тута сылдьар тутулуктара, сүрэ суох буолан өйө-санаата тус-туспа ыһылланнар үөр буолаллар, Yөһээ дойдуга бараллар. Өй-санаа мэйииттэн арахсан туспа бардаҕына, хантан да эниэргийэ ылара уурайан, аны уларыйбат кэмҥэ киирэр, мастыйар, атыттарга маарыннаабат туспа, ураты, ол иһин айыы буолар. Арай бу айыыбыт ханнык айыы буолара биллибэт. Өлбүт киһи өйө-санаата ханнык айыы буоларын кэлэр көлүөнэлэр, кэнники хаалааччылар бэйэлэрэ быһаараллар, ол аата бу өйү-санааны, үөрэҕи туһалааҕынан аахтахтарына үрүҥ айыы оҥороннор олохторугар туһаналлар эбэтэр хара айыы оҥорон умнууга, симэлийиигэ атаараллар. Киһи өйүттэн-санаатыттан үөскээн тахсар быһыылары, «Айыылары», үчүгэйин, куһаҕанын дириҥник быһааран, олохтоохтук, таҥара үөрэҕэр киллэрии билиҥҥи саха дьонуттан ирдэнэр көрдөбүл буолла. Дьон олоҕор үчүгэй быһыылар, үчүгэйи оҥоруулар элбээн куһаҕаны баһыйдахтарына эрэ олох сайдарын, иннин диэки барарын төһө да аахсыбыппыт иһин аҥардастыы кэлтэй барыы дьон олохторугар кыаллыбат. Арай куһаҕаны барытын арааран билэн, үөрэтэн олору оҥорбот буоллахха эрэ үчүгэй быһыылар элбииллэр.
Билигин саха дьонугар бэйэ былыргы итэҕэлин сайыннарыы кэмэ буола турар. Итэҕэли, өй-санаа үөрэҕин, былыргы төрүттэрин буккуйа, саҥаны арыйа сатаабакка, урукку бэйэтин оннугар түһэрэр, салгыы сайыннарар ордук туһаны аҕалыа. Сахалар былыргы ойууннара үөскэппит таҥараларын итэҕэлэ үгүс үйэлэр тухары чочул¬лан киһи өйүн-санаатын олус табатык быһаарара син билиниллэн эрэр. Сахалар «Айыы киһитэ» диэн туга эрэ табыллыбатах, өйө-санаата тиийбэт, дьоҥҥо ханнык да куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи оҥорбот буолбут, бэйэтин дьаалатынан сылдьар кэмҥэ тиийбит киһини этэллэр. «Айыы киһитэ» диэн этии иҥэригэр бу киһи сирдээҕи олохтон тэйэн, онно сыһыана суоҕу оҥороро олук буолар. Үгүс дьон оҥорор быһыыларыгар сөп түбэспэт быһыылары оҥорор буо¬луу, холобур, кырдьаҕас киһи түөһэйдэҕинэ, бэйэтэ дьаалатынан сылдьар кэмҥэ тиийдэҕинэ «Айыы киһитэ» диэн этии иҥэригэр сөп буолар.
Ол аата, «Айыы киһитэ» диэн этии өйө-санаата мөлтөөн, төрүт айылҕатыгар төннүбүт, иннин-кэннин соччо арааран билбэт кэмигэр тиийбит киһиэхэ иҥэр өйдөбүл. Тыыннааҕар «Айыы киһитэ» буолбут киһини атын киһи аһынарга, харыһыйарга, көрөргө-истэргэ тиийэр. Бэйэтин кыаммат буолбут киһи «Айыы киһитэ» буолууга дьэ дьиҥнээхтик кубулуйар.
Саха дьоно бэйэлэрэ даҕаны «Үрүҥ Айыы» диэн таҥара баарын били¬нэллэр. Бу хаһан эрэ саха дьонун сатабыллаахтык салайан үгүс кыайыыга-хотууга сирдээбит салайааччы өлбүтүн кэннэ таҥара буолбут өйдөбүлэ, кута сылдьар. Кини оҥорбут үтүө, үрүҥ дьыалаларыгар кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтээрилэр таҥара оҥостубуттар. Бу таҥара сахалар саамай хойукку таҥаралара буоларын хаһан үөскээбит кэмэ чуолкайдык быһаарар. Ол курдук сахалар олохторун үөрэҕэ, таҥаралара, ойууннара нууччаларынан туоратыллан, кинилэр өйдөрө-санаалара Yөһээ дойдуга эрэ ордон хаалбыттарын кэннэ айыы өйдөбүлэ баар буолан тарҕаммыт.
А.Е.Kулаковскай суруйбутунан сахалар киһи аатынан ааттаах маҥнайгы таҥаралара Үрүҥ Аар Тойон диэн буолар. Бу этиини историктар бигэргэтиилэринэн былыргы сахалар аардартан, арийдартан төрүттээхтэрин булбуттарынан дакаастаммыт чахчынан ааҕыахха сөп. Ол аата сахалар олус былыргы кэмнэргэ өйдөрө-санаалара сайдан таҥаралаах буолууну ситиһиилэригэр арийдар баһылыктара Аар тойон салайа сылдьыбыт эбит.
Сахалар киһи аатынан ааттаах таҥаралара православнай таҥара дьиэтин «Святой» диэн өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр. Нууччалар Христос оннугар Святой Николай мөссүөнүгэр эмиэ үҥэллэр. Ол аата, кинилэр эмиэ улаханнык биллэр киһи күүстээх кутугар сүгүрүйүү, үҥүү туһалааҕын билинэллэрин көрдөрөр.
«Киһи тыыннаах буолан тугу эмэни оҥорор», «Киһи диэн киһи буоллаҕа», «Киһи буолан баран» диэн этиилэр бааллара, киһи хаһан баҕарар иннэ-кэннэ ситэ биллибэтин, үчүгэйи даҕаны эбэтэр куһаҕаны эмиэ оҥорор кыахтааҕын бэлиэтииллэр. Киһи тыыннаах сырыттаҕына эрэ сыыһаны, куһаҕаны оҥорорун бу этии эмиэ быһаарар. Тыыннаах киһи сыыһаны хаһан баҕарар оҥоруон сөп. Ол аата, сыыһаны, куһаҕаны оҥорортон ким да кыайан быыһаммат. Арай бу куһаҕаны, сыыһаны билэр киһи өйүнэн-са¬наатынан салайтаран оҥорботоҕуна эрэ киһилии киһи буолара быһаарыллар.
Бу быһаарыы ордук чуолкайдык нууччалыы өс хоһоонунан быһаарыллар. Ол курдук «От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн өс хоһооно киһи хаһан даҕаны киһибин, үчүгэйбин диэн аһара барбакка бэйэтин тулуурунан, быстах санааларын кыана тутта сырыттаҕына эрэ табылларын быһаарар. Баай киһи хаһан баҕарар дьадайар кыахтааҕын курдук сыыһа-халты туттуу, түрмэҕэ түбэһии ханнык баҕарар тыыннаах киһиэхэ баар буолуон сөбүн уонна онтон киһи бэйэтэ, өйүн-санаатын күүһүнэн, тулуурунан эрэ харыстанар кыахтааҕын бу этии чопчулаан бэлиэтиир.
Куһаҕан быһыылары, санаалары арааран билэр киһи үчүгэйи оҥорор санаата элбээн үчүгэй киһи буолан үчүгэйи оҥороро элбиир, куһаҕаны оҥоруон баҕарбат. Үчүгэйи оҥорор баҕалаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи сыыһа туттан куһаҕаны оҥордоҕуна даҕаны көннөрүнүөн баҕата баһыйар. Кини санаата үчүгэй диэки таттарыылааҕыттан сыыһаны оҥордоҕуна кэмсинэр санаата киирэн көннөрүнэр кыаҕа улахан буолар.
Киһи сыыһаны оҥороро өллөҕүнэ эрэ тохтуур. Олус элбэх сыыһаны, куһаҕаны оҥорон иһэр киһини «Итэҕэстээҕи иинин буора эрэ көннөрүө» диэн этэллэр. Ол аата киһи өйүгэр-санаатыгар куһаҕаны оҥороро үгэс буолан иҥнэҕинэ, сыыһаны, куһаҕаны оҥороро элбээтэҕинэ онтун көннөрөрө олус уустугун, олоҕун төрүтүн, ийэ кутун өйүн-санаатын тосту көннөрдөҕүнэ эрэ кыаллар кыахтааҕын быһаарар.
Киһи өллөҕүнэ ханнык да сыыһаны, табаны оҥороро дьэ суох буолан өйө-санаата уларыйбат турукка киирэн биирдэ «Айыы буолар». Тыыннаах киһи хаһан баҕарар сыыһаны-халтыны оҥорор кыахтааҕа «Айыы буолууга» кыайан тириэрдибэт. Ол аата, тыыннаах, тугу эмэ оҥорор кыахтаах киһи хаһан даҕаны айыы буолбат. Ону-маны саныыра, өйө-санаата уларыйара, эбиллэрэ уонна көҕүрүүрэ хамсаабат турукка тириэрдибэт, ол иһин айыы буолара кыаллыбат. Арай киһи өлөн, сыыһаны-халтыны, үчүгэйи-куһаҕаны оҥорбот буоллаҕына биирдэ эрэ «Айыы буолар», ол аата өйө-санаата уларыйбат турукка дьэ киирэр. Айыы буолбут диэн «Өлбүт», үчүгэйи да, куһаҕаны да дьэ оҥорбот кэмҥэ тиийбит диэн сахаларга биллэр өйдөбүллээх, өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолаллар. Саха дьонун кыр-дьаҕастара бу этии итинник суолтатын билигин да өйдүүллэр. Айыы буолуу диэн киһи өйө-санаата уларыйбакка эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ туһалыырын аата. Киһи өйө-санаата айыы буолуутун, ол аата кэлэр көлүөнэлэргэ төһө туһалыырыттан көрөн кинилэр бэйэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар, олохторугар сөп түбэһэринэн талан ылаллар.
Бэйэтин үйэтигэр, тыыннааҕар Айыы буолбут киһи диэн суох. Киһи өллөҕүнэ туох үчүгэйи оҥорбута дьэ биллэр. Киһини тиһэх суолугар атаарыыга үйэтигэр туох үчүгэйи, туһалааҕы оҥорбутун ахталлар, саныыллар. Олус элбэх үчүгэйи оҥорбут киһини сыаналаан киһилии киһи этэ диэн ахталлар, үчүгэйи оҥорбутун үйэтитэн кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһанаарылар өйүн-санаатын үрүҥ айыы оҥороллор. Ол аата үйэтин тухары үчүгэйи элбэхтик оҥорбута бэлиэтэнэр, куруук ахтыллар.
Онтон куһаҕан быһыыны оҥорон өлбүт киһини ахтары, саныыры саха¬лар боболлор. Атын омуктарга куһаҕаннык өлбүт киһини дьону көмөр сиргэ бииргэ көмөрү боболлоро. Оннук быһыы сахаларга эмиэ баара биллэр. Kуһаҕаннык өлбүт киһини ханна эрэ тыаҕа көмөллөрө, өссө хоруобар умсары уураллара биллэр. Ол аата, бу киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын умуннара, дьонтон тэйитэ, суох оҥоро сатыыллар, куһаҕан быһыы аҕыйыырыгар баҕараллар.
«Бэйэм үчүгэйбин, Айыыбын» диэн этинии төрдүттэн сыыһа. Саха дьоно киһи хаһан даҕаны быһа этинэрин, хайҕанарын, киһиргиирин сэҥээрбэттэр. Итини тэҥэ айыы буолууга ыҥырыы өй-санаа Yөһээ дойдуга көтүүтүгэр тириэрдэр буолан өлүүгэ, сүтүүгэ ыҥырыыга тэҥнэнэр.
Ханнык эмэ, кыра сыыһалардаах киһини, киһи буолан баран хайдах сыыһата суох буолуоҕай диэн сахалар өйдүүллэр. Киһи өллөҕүнэ эрэ куһаҕан быһыыны оҥороро букатын суох буолан «Айыы киһитэ» дьэ буолар. Былыргылар итинник этэллэр. Куһаҕаны, айыыны оҥорбот буолбут киһи дьэ Айыы буолар. Сахаларга тыыннаах эрдэҕинэ «Айыы буолбут» киһи суох, баара биллибэт. Айыы буолуу өлүүгэ тэҥнэнэр өйдөбүллээх эбэтэр киһи өллөҕүнэ биирдэ өйө-санаата уларыйбат турукка киирдэҕинэ Айыы буолар. Бу кэннэ ханнык айыы буолара төһө үчүгэй, дьоҥҥо туһалаах дьыалалары оҥорбутуттан тутулуктаах. Былыргы саха-лар таҥара буолбут улуу дьонноро Үрүҥ Айыы диэн ааттаналлар. Ити аата, бу дьон оҥорбут элбэх дьыалаларыттан үчүгэй өттүн, үрүҥүн эрэ ылан дьоҥҥо тиэрдии, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтии буолуохтаах. Ол иһин таҥаралар ааттара барылара Үрүҥ диэн иннигэр быһаарар тыллаахтар. Ол аата үрүҥ, үтүө дьыалалары эрэ кэлэр көлүөнэлэр салҕыахтаахтар. Сахалар киһи аатынан ааттаах таҥаралара барылара Үрүҥ диэн быһаа¬рар тыл эбиискэлээхтэрэ итинник быһаарыллар.
Yрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн өлбүт киһи өйүн-санаатын, үөрэҕин ылыныы ону толорор буолуу аата. Кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ туһалаах өйү-санааны «Yрүҥ Айыы» диэн ааттыыллар.
Өй-санаа сайдан бүтэн, аны уларыйбат, хамсаабат, эбиллибэт буолуута өй-санаа мастыйыытыгар тириэрдэр. Айыы, саҥаны арыйыы аны уларыйбат турукка тиийиитэ айыы буолууга эмиэ тириэрдэр. Өй-санаа Yөһээ дойдуга барар. Айыы буолбут диэн өлбүт киһини этэллэр. Сахалар киһи аатынан таҥараларыгар Үрүҥ Айыы Тойон диэн таҥара эмиэ баар. Таҥара бу аатын биир-биир араартаан туох суолталаахтарын өй-санаа өйдөбүллэринэн быһаардахпытына айыы диэн туга чуолкайдык быһаарыллар:
- Үрүҥ – саха дьоно сырдыгы, сайдыыны бэлиэтииллэрин тэҥэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥорууну быһаарар баар-суох тыллара.
- Айыы - өй-санаа сайдыытын, саҥаны арыйыыны, туспаны-уратыны быһаарар тыл.
- Тойон – салайааччыны, баһылык киһини бэлиэтиир тыл.
Ол аата үтүө өй-санаа, үчүгэйи оҥорууга туһуламмыт саҥаны арыйыылар таҥара буолар эбиттэр. Аатырбыт салайааччы өйө-санаата, дьоҥҥо элбэх туһаны оҥорбут буоллаҕына эмиэ таҥара буолар. Сахалар Үрүҥ Айыы Тойон таҥаралара хайа эрэ өлбүт салайааччы өйө-санаата.
Төрөппүт эбээһинэһэ оҕотун бэйэтин курдук киһи оҥоруу буолар. Оҕо аан маҥнай төрөппүтүн курдук буоларын ситиһии кини өйө-санаата туруктаах буолуутун үөскэтэр. Төрөппүтүн өйүн-санаатын таһымын, үлэтин-хамнаһын ситиһэн баран салгыы сайдыбыт оҕо туруктаах өй¬дөөх-санаалаах буола улаатар. Өйө-санаата салгыы сайдан барыыта төрөппүтүн билиитигэр-көрүүтүгэр тирэҕирдэҕинэ кини өйө-санаата туруктаах буолар. Ол аата оҕо ийэ кута үтүө үгэстэргэ төрөппүтүн көмөтүнэн үөрэнэн өйө-санаата туруктаах буоларыгар тиийэр.
Айыы диэн өйдөбүл «святой» диэн христианскай итэҕэл өйдөбүлүгэр сөп түбэһэр. Ким баҕарар бэйэтин олоҕор дьоҥҥо элбэх туһалааҕы оҥорон хааллардаҕына, өлбүтүн кэннэ аата ааттанан, үтүөнү оҥорбут кута үрүҥ айыы буолар. Үтүө дьыалалары оҥоро сылдьан өлбүт киһи өйө-санаата эмиэ үрүҥ айыы буолуон сөп. Кини оҥорон испит дьыалаларын кэннигэр хаалбыт дьон билинэн кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ-үөрэтиигэ туһаннахтарына бу киһи өйө-санаата, кута үрүҥ айыыга кубулуйар. Ол аата, бу киһи дьоҥҥо үчүгэйи оҥорор санаалаах кута хаһан баҕарар, кэлэр көлүөнэлэригэр күүс-көмө буолан, үчүгэйи оҥороллоругар ыҥырар, ыйар суолталанар.
Айыылар диэн бу дьон эбэтэр кыыллар куттарын холбуу ааттара. Элбэх дьоҥҥо үтүөнү, үчүгэйи оҥорбуттарын ахта-саныы сылдьаарылар, эдэр көлүөнэлэрин үтүө быһыыга үөрэтээрилэр, туспа бэлиэтээн Үрүҥ Айыы оҥороллор. Билигин сахаларга республикабытын аан маҥнай тэрийсибит улуу дьоннорбут үлэлэрин-хамнастарын сыаналаан, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтии ситиһиилээхтик баран иһэр.
Онон, айыы диэн өлбүт дьон куттара, кинилэр ураты өйдөрө-санаалара, саҥаны ары¬йыылара Yөһээ дойдуга сылдьаллара ааттанар. Күүһүрэн, туспа үгэс буола кубулуйбут саҥаны арыйыы өйө-санаата уһун кэмнэргэ үрэллэн, ыһыллан хаалбакка сылдьыыта айыы диэн буолар. Ол иһин айыы буолуу өй¬дөбүлэ сахаларга былыр-былыргыттан баар. Былыргы үчүгэй салайаач-чыларын, бас-көс киһилэрин үтүө санаалаах куттарыттан көмө, тирэх көрдөөрүлэр айыыны таҥара оҥостоллор.
Айыы буолууну итинник быһаарыы кэнниттэн хара айыыны дьон оҥор¬буттара ханна баран суох буолалларый диэн ыйытыы үөскүүр. Дьон үчүгэйи оҥороллорун тэҥэ олус куһаҕан быһыылары эмиэ оҥороллор. Өйдөөх дьон оҥорор куһаҕан быһыылара, хара айыылара олус улахан содуллаах буолара эмиэ биллэр. Билигин даҕаны уоппуттаах уоруйаҕы тутарга, хаайарга бэрээдэги көрөөччүлэр улахан эрэйи көрсөллөр.
Сахалар олус куһаҕан быһыыны, хара айыыны оҥорон өлбүт киһини төрүт ахтыбакка эрэ көмөллөр. Урукку кэмҥэ бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт дьону туспа, дьон сылдьыбат чиэски сирдэригэр кистээн көмөллөрө. Ол аата, бу киһи оҥорбут куһаҕан быһыытын үгүс киһи билбэтин, аата ааттамматын үөскэтэллэр. Kиһи аата умнулларын тэҥэ оҥорбут куһаҕан быһыыта эмиэ умнуллар кыахтанар, ол иһин куһаҕан быһыылар аҕыйыыллар.
Хара айыы диэн олус куһаҕан саҥаны арыйыы, дьоҥҥо буортулааҕы оҥоруу аата буолар. Итинник быһыыны оҥорбут киһи аата - хара айыы¬лаах киһи диэн буолар. Дьон олохторо иннин диэки, сайдыы диэки ба¬ран иһэрин туһугар хара айыыны оҥоруу суох эбэтэр букатын аҕыйах буолара наада. Айыы-хара аҕыйах буоларын ситиһэ сатааннар сахалар «Айыыны оҥорбот буолуҥ» диэн оҕолоругар этэ, үөрэтэ сатыыллар.
Биһиги эмиэ сахабыт дьонугар «Айыы буолумаҥ»— Kиһи буолуҥ. «Айыыны оҥорбот буолуҥ!» — Kиһи быһыылаах буолуҥ- диэн баҕа санаабытын тириэрдиэхпит этэ. Онтон айыы буолууну кэлэр көлүөнэлэр бэйэлэрэ быһаарыахтара, саха дьонугар ким элбэх туһалааҕы оҥорбут өйүн-санаатын ылан кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтэллэригэр туһаныахтарын сөп. Kэлэр көлүөнэлэрбитигэр элбэх үчүгэйи эрэ баҕара саныырбытын олоххо киллэрэргэ аан маҥнай киһи буолууну баһылаан, ситиһэн, олоҕу киһи быһыылаахтык, сиэри тутуһан олорон үгүс туһалаах дьыалаларбытын хааллардахха ордук буолуоҕа.
ИТЭҔЭЛ
Сибиир, Алтай олохтоохторо түүрдэр былыр-былыргыттан, Христос таҥара үөскүөҕүн быдан инниттэн халлаан таҥаратыгар үҥэллэрин уонна таҥаралаахтарын бэлиэтин тэҥ салаалаах кириэстээхтэрин түүр омуктар былыргыларын үөрэтээччи Мурат Аджи бэлиэтиир. (1,17). Христос таҥара үөрэҕэ Сибиир олохтоохторун итэҕэллэриттэн элбэх өрүттэрин холбуу иҥэринэн сылдьарын үөрэтиини Г.В.Ксенофонтов саҕалаабыта. Маҥнайгы Христос таҥараны итэҕэйээччилэр түмсүүлэрин өлбүт дьоннорун ахта-саныыр кэмнэригэр түбэһиннэрэн оҥороллорун былыргы историктар бэлиэтииллэр эбит. Ол кэмнэргэ Италияҕа похороннай ассоциациялар диэн ааттаах элбэх дьон түмсүүлэрэ бааллара историктарынан бэлиэтэммит. Арай бу кимнээх холбоһор, мустар тэрилтэлэрэ эрэ буолалларын биһиги быһаарыахпытын наада. (2,132,133).
Айыы, айыылаах уонна таҥара, таҥаралаах диэн тыллары сахалар былыр-былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн куруук тутталлар. Бу итэҕэл тыллара. Бу тыллар сахалар былыр-былыргыттан итэҕэллээхтэрин, таҥаралаахтарын биллэрэллэр. Омук тутта сылдьар тылыгар быдан үйэтээҕитэ киирбит уонна туттулла сылдьар өйдөбүл кини өйүгэр-санаатыгар баар буолуохтааҕын, дириҥник иҥмитин ким саарбахтыырый? Саха омук олоҕун билбэт, үөрэппэт дьон саарбахтыахтарын сөп. Урукку сэбиэскэй былаас саҕана саха дьонун олохторун үөрэҕэ суох, онон үөрэтии да наадата суох диэн этэллэрэ. Yгүс арҕааҥҥы үөрэҕи тутуһааччылар билигин билэ-билэ соруйан буккуйаллар, сыыһа суолунан салайаллар. Ол иһин биһиги итэҕэлбит өссө да оннун була илик курдук эрээри дьон өйүгэр-санаатыгар, ийэ куттарыгар олус дириҥник иҥэн сылдьар.
Сахалар итэҕэллэрин оннун булларан, сурукка киллэрэн кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтиэхтэрин баҕарар санаалара күнтэн-күн күүһүрэн иһэр. Бу баҕа санаа туоларыгар биһиги кыахпыт баарынан үлэлиибит.
Саха дьоно куруук кэриэтэ итэҕэл икки өрүтүн холбуу этэн: «Айыылаах-таҥаралаах», «Айыым-таҥарам»,- диэн туһаналлар. Бу тыллар төһө да бииргэ этиллэн туттулунналлар өйдөбүллэрэ уонна тутулуктара тус-туспалар.
Итэҕэл өй-санаа төрүтэ буолар. Киһи баҕа санаата, тугу эмэ итэҕэйэрэ итэҕэли үөскэтэр. Өй-санаа барыта икки өрүттээҕин курдук итэҕэл эмиэ икки өрүттээх, икки өттүттэн кытаанах тутулуктаах:
1. Yрүҥ Айыы итэҕэлэ.
2. Таҥара итэҕэлэ.
Итэҕэл бу икки өрүттэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын тутулуктарын быһаараллар. Ол курдук таҥараҕа итэҕэл, киһилии баҕа санаа, киһилии, сиэрдээх саҥаны арыйыылары оҥорон олох иннин диэки сайдарын хааччыйар буоллаҕына, Yрүҥ Айыыларга итэҕэйии киһи урукку олох уоппуттарын туһалаах өрүттэрин бэйэтин олоҕор туһаныахтааҕын быһаарар.
Итэҕэл бу икки өрүттэрин төһө кыайарбытынан дириҥник быһаардахпытына:
1. Yрүҥ Айыы итэҕэлэ. Айыылар Yөһээ дойдуга олороллор диэн былыргы саха ойууннара этэллэр. Онтон түүл үөрэҕэ уонна сайдан иһэр «Кут-сүр үөрэҕэ» былыр үйэҕэ дуу эбэтэр соторутааҕыта өлбүт дьон куттара, өйдөрө-санаалара Yөһээ дойдуга бэйэлэрэ туспа айыы буолан сылдьаллар диэн быһаараллар. Yрүҥ Айыылары итэҕэйии диэн бу олорон ааспыт дьон оҥорбут улуу дьыалаларын ахтыыга, бэйэ олоҕор туһаныыга олоҕурар. Урукку дьон үөрэхтэрэ кэлэр көлүөнэлэр олохторугар туһалаах, өссө да туттуллар буоллаҕына умнуллубакка, хаалан хаалбакка куруук туһалыы сылдьар дьылҕаланар. Манных үөрэх үйэлэргэ сүтэн симэлийэн хаалбакка салгыы туһанылла сылдьыыта Yрүҥ Айыыларга итэҕэйии диэн ааттанар.
Күүстээх куттаах-сүрдээх киһи кута аймах-билэ дьонугар көмөлөһө, көрө-истэ сылдьара айыы итэҕэлэ үөскүүрүгэр тирэх, олук буолбут. Өлбүттэр өйдөрүгэр-санааларыгар итэҕэйии, кинилэр үөрэхтэрин, этиилэрин тутуһуу Yрүҥ Айыы итэҕэлэ диэн ааттанар.
Олох салгыы сайдан иһиитэ урукку көлүөнэлэр билиилэригэр тирэҕирэринэн ааспыт олоҕу билии кэлэн иһэр көлүөнэлэргэ хайаан да наадалаах. Арай бу урукку дьон оҥорбут быһыылара икки өрүттээхтэрин туспа араартаан үчүгэйин, үрүҥүн, туһалааҕын талан ылан олоххо туһаныы хайаан да ирдэниллэр. Ол аата урукку олох уоппуттарыгар үөрэнии, олортон туһалааҕын, үрүҥүн эрэ ылан иҥэринии айыыларга, «святойдарга» итэҕэйии буолар. Ол иһин сахалар биллэр таҥараларын ааттарын иннилэригэр Yрүҥ диэн быһаарар тыллаахтар.
2. Таҥара итэҕэлэ диэн киһи бэйэтин үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаатын итэҕэйиитэ уонна ону толорууга дьулуһуута буолар. Ол аата сайдан иһэр оҕо өйүгэр-санаатыгар, бэйэтин олоҕор ханнык сыалы туруорунан ону толорорго дьулуура, баҕа санааны үөскэтиниитэ кини таҥарата буолар. Аныгы таҥара үөрэхтэрэ киһи үтүктэр күүһүн туһананнар таҥара диэн үчүгэй, холобур буолар киһини үтүгүннэрэ сатыыллар, үчүгэй киһини ойуулууллар, кини үчүгэй быһыыларын кэпсииллэр. Ол иһин оҕо үчүгэй киһини үтүктэн кини курдук буолар үтүө баҕа санаалары бэйэтигэр үөскэтинэрин ситиһэллэр.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтүн үтүктэн кини курдук буолар, олоҕу олорор баҕа санааны үөскэтинэригэр үөрэтэр. Оҕо киһи быһыылаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатарыгар төрөппүттэрэ иккиэн кыһанан-мүһэнэн, батыһыннаран, үтүгүннэрэн, өйө-санаата аһара барарын хааччахтаан үөрэтэллэрэ саха дьонун олохторун үөрэҕэр сөп түбэһэр. «Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа» диэн өс хоһооно уол оҕо аҕатын суолун, олоҕун үтүктүөхтээҕин быһаарар. Бу таҥара үөрэҕэ биир эрэ көлүөнэ дьоҥҥо буолбакка хас да кэлэн иһэр көлүөнэлэргэ салгыы дьайар. Ол курдук киһи оҕото бэйэтинээҕэр тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэһит буола улааттаҕына оҕолорун бэйэтин курдук иитиэн-үөрэтиэн сөптөөх. Олох үөрэҕэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уларыйбакка салгыы бэриллэн иһиитэ итинник төрөппүттэриттэн оҕолоругар бэриллэр.
Киһи баҕа санаата муҥура суох, кыаҕа эбиллэн истэҕинэ элбээн, үллэн иһэр. Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. Бу үөрэх өй-санаа аһара барарын хааччахтаан киһи буолуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу суолугар киллэрии үөрэҕэ буолар. Сахалар олохторун үөрэхтэринэн өй-санаа хааччахтара манныктар уонна оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ уларыйан биэрэн иһэллэр:
1. Оҕо кыра эрдэҕинэ «Аһара барыма», «Куһаҕаны оҥорума» диэн бобуулары туһаналлар.
2. Өссө улаатан бэйэтин өйө киирэн истэҕинэ «Айыыны оҥорума» диэн дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥорор кутталлаах, куһаҕан диэн бобуу оҥоруллар.
3. Оҕо улаатан улахан киһи буолан баран «Киһи быһыытын кэһимэ», «Сиэри тутус» диэн хааччахтары хайаан да тутуһа сылдьара көрдөнүллэр. Киһи быһыылаах киһи тугу барытын дьон оҥороллорун курдук оҥорор.
Бу бобуулар, хааччахтар киһи өйө-санаата, баҕата хаһан да аһара барбатын хааччыйаллар. Өйүн-санаатын аһара ыыппат, хааччахтыыр киһи таҥара үөрэҕин тутуһар, үтүө санаалаах, таҥаралаах киһи буолар. Ол аата таҥара диэн киһи бэйэтэ үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар дьон олоҕун сиэриттэн аһара барбат баҕа санааны үөскэтиниитэ уонна онтун толорорго дьулуһуута ааттанар. Таҥаралаах буолуу баҕа санаа аһара барыытын суох оҥорон, «Көҥүлүнэн барбыт» киһи үөскүүрүн аҕыйатан дьон бииргэ олорууларыгар, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннаһыыларыгар олус улахан туһаны оҥорор.
Таҥаралаах буолуу, таҥараҕа үҥүү диэн дьон оҥороруттан атыннык, тиэрэни, куһаҕаны, айыыны оҥорбоппун диэн билинии уонна ону мэктиэлээһин буолар. Киһи төбөтүн төҥкөччү туттан ылыыта уонна умсары көрүүтэ сыыһаны, куһаҕаны, буруйу оҥорбутун билинэрин бэлиэтиир быһыы уонна өйү-санааны ыраастаныыга тириэрдэр. Сахалар «Өрө көрөн түһэн» диэн ханнык да өй-санаа хааччаҕын билиммэт, аһара мэник, дьалбаа оҕону этэллэр.
Баҕа санаа олус күүстээҕин, киһини араас кыайыылары ситиһэригэр сирдиирин уонна тириэрдэрин сахалар «Баҕалаах маска ыттар» диэн өстөрүн хоһооно бигэргэтэр. Ол курдук ханнык эрэ олус улахан сыалы, баҕа санааны ситиһээри эрэ киһи турар маска ыттан тахсыы ыарахан үлэтин оҥорор кыахтанар. Бу этии киһиэхэ баҕа санаа баара хайаан да наадатын быһаарар.
Сахалар оҕолорун «Киһи буол», «Тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥор», «Улахан киһи курдук буол» диэн үөрэхтэрэ төрөппүтүн курдук буолууга ыҥырар, оннук, киһи буолар баҕа санааны иҥэрэр. Киһилии баҕа санаалары иҥэринэн киһилии быһыылары оҥорор буоллахха «Киһи буолуу» ситиһиллэр.
Таҥараҕа итэҕэл киһи бэйэтин үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаатын толорууга дьулуһуута олох иннин диэки сайдыытын хааччыйар. Ол курдук киһи баҕа санаатын күүһүнэн саҥаны арыйыылары оҥорон, олору олоххо киллэрэн олоҕу иннин диэки сыҕарытар.
Өй-санаа, баҕа санаа аһара баран хаалыытын бары таҥара үөрэхтэрэ хааччахтыыллар. Бу үөрэхтэр «Таҥара барытын айбыта» диэн этиилэрэ киһи өйө-санаата хаһан да таҥараттан үөһээ, үрдүккэ барар кыаҕа суоҕун быһаарар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕин өйү-санааны хааччахтааһына атын таҥаралар курдук олус тоталитарнайа, диктатурата суох, оҕо өйө-санаата сайдыытын, улаатан истэҕинэ уларыйыытын табатык быһаарар. «Сиэр» уонна «Киһи быһыыта» диэн сахалар өйдөрүн-санааларын хааччахтара сыыйа-баайа, дьон өйө-санаата сайдыытыттан, элбэхтэр быһаарыыларыттан тутулуктанан уларыйан биэрэр кыахтаахтар. Өй-санаа бу хааччахтара уларыйан биэрэр кыахтаахтара киһи өйө-санаата аһара барбакка, этин-сиинин эрчийэн, үөрүйэх оҥорон сайдыыны ситиһэр кыаҕа муҥура суоҕун быһаарар.
Yчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааны киһиэхэ үөскэтии уустугунан, уһунунан уонна өйгө-санааҕа куруук хатылаан, өйдөтөн, көннөрөн биэрэн иһии эрэйдээҕинэн таҥара үөрэҕэ диэн өйү-санааны үөрэтии дьоҥҥо олус наадалаах. Өй-санаа үөрэҕэ – таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар.
Yрүҥ Айыылартан кэлэр билиилэргэ урукку олоххо буолан ааспыт быһыылар, оччотооҕу үөрэхтэр, үлэ-хамнас ситиһиилэрэ, тутуллубут тутуулар киирэллэр. Оччотооҕу кэмнэргэ оҥоруллубут саҥаны арыйыылар билиҥҥи кэмҥэ эргэрэннэр дьон бары билэр билиилэригэр кубулуйаннар сыаналара түһэн, суолталара намтаан иһэр. Ол курдук олус былыргы охсуһуулаах-этиһиилээх, суут-сокуон диэн суох кэмигэр дьон олохторун таһыма, өйдөрө-санаалара эмиэ олорор олохторун курдук этэ. Билигин сайдыы, демократия, киһи киһиэхэ сыһыана ордук тупсан иһэр кэмигэр оччотооҕу билии-көрүү туһата кыччаан, омуктар олохторун үөрэҕэ, үгэстэрэ эрэ хаалан турар.
Айыы туһунан өйдөбүл кэнники сахалар итэҕэллэрин үлэһиттэрэ нууччаларынан туоратыллан суох буолбуттарын кэннэ ордук эбилиннэ.
Айыы ойууна диэн ааттааһын дьиҥнээх, кыахтаах, хомуһуннаах ойууннар суох буолбуттарын, өлбүттэрин кэннэ, өйдөрө-санаалара Yөһээ дойдуга тахсыбытын билинэн билигин тарҕанан сылдьар.
Бары таҥара үөрэхтэрин төрүттэринэн сахалар билэр кут-сүр үөрэхтэрэ буолар. Ол курдук күүстээх куттаах ойуун киһи бэйэтин аймахтарыгар көмөлөһөр кистэлэҥ күүстээҕин сахалар билэллэр.
Саха дьоно кут-сүр үөрэх төрүттэрин былыр-былыргыттан бэйэлэрин олохторугар туһаналлар. Үөрдэри, иччилэри билигин да итэҕэйэллэр, харыстыыллар, аймаабаттар, олор куттартан үөскүүллэрин билэллэр. Ол куттар барылара араас көрүҥнэри ылынан¬нар былыргы таҥара үөрэҕин төрүттэрэ буолбуттар.
Норуот өр кэмҥэ мунньуммут олоҕун үөрэхтэрэ таҥара үөрэхтэригэр кубулуйан сылдьаллар. Дьиэ кэргэн олоҕун төрүттэрэ, оҕону иитии-үөрэтии үгэстэрэ, киһи киһиэхэ сыһыанын уратылара барылара таҥара үөрэхтэригэр кубулуйбуттар. Олох үөрэхтэригэр сыһыаннаах сиэри-туому толоруулары таҥара үлэһиттэрэ баһылаан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэллэрэ эрэйиллэр.
Сир үрдүгэр уһуннук олорбут омуктар бэйэлэрин уһун, ыарахан олохторугар мунньуммут туһалаах уоппуттара, үгэстэрэ элбэҕэ ханан да саарбахтаммат.
Итэҕэл, таҥара үөрэҕэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, киһи олоҕун сыалыгар сөп түбэһиэхтээх. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи олоҕун устата өйүн-санаатын сайдыытын маннык кэрискэ кэмнэргэ араарар:
1. Киһи буолуу. Бу кэмҥэ оҕо улаатан, өйө-санаата сайдан киһи буолуу таһымын ситиһэр. Олоҕор «Куһаҕаны, айыыны, дьон билбэтин, туттубаттарын оҥорума»,- диэн өй-санаа хааччаҕын тутуһан өйө-санаата сайдар. Бэйэтэ киһилии быһыылаах киһи киһитэ буола улаатар.
2. Киһи быһыыта. Өйө-санаата сайдыбыт киһи олоҕун «Киһи быһыыта», «Сиэр»,- диэн өй-санаа хааччахтарын тутуһан киһи быһыылаахтык, сиэрдээхтик олорор. Дьиэ туттан, оҕо төрөтөн, мас олордон олоҕун сыалын толорор. Сайдыыны ситиспит өйө-санаата этин-сиинин утумнаахтык эрчийэн, барыга бары үөрүйэх оҥорон үйэтин уһатыыны ситиһэр, киһи быһыылаахтык олоҕун олорор. Киһи Орто дойдутааҕы олоҕун сыала итинник.
3. Yрүҥ Айыы буолуу. Киһи өлөн өйө-санаата Yөһээ дойдуга тахсар. Yгүс дьоҥҥо туһалаах үлэни, үчүгэйи, саҥаны арыйыылары бэйэтин үйэтигэр оҥордоҕуна, кини үөрэҕин кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туһанаары Yрүҥ Айыы оҥороллор, куруук ахта-саныы сылдьаллар, кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтэллэр.
Онон биһиги сахалар итэҕэлбит үөрэҕэ, бары тутуһуллар хааччахтара барылара былыр-былыргыттан бааллар. Бу үөрэх киһи олоҕун бары кэмнэрин хабар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан өйө-санаата сайыннаҕына, күүһүрдэҕинэ этин-сиинин эрчийэн, үйэтин уһатыахтааҕын табатык быһаарар. Биһиги итэҕэлбит киһи өйүн-санаатын атын өй-санаа үөрэхтэринээҕэр ордук дириҥник, киэҥник быһаарар, сайдан, эбиллэн истэҕинэ уларыйан биэрэн иһэрин кытта аахсан толору арыйар. Биһиги итэҕэлбитин билиэххэ, үөрэтиэххэ уонна олоххо туһаныахха эрэ наада.
Эти-сиини утумнаахтык эрчийэн, үөрэҕи-билиини баһылаан олоҕу уһуннук, киһи быһыылаахтык, дьоҥҥо норуокка туһалаахтык олороргутугар баҕарабыт.
Хос быһаарыылар.
1. Мурат Аджи. Тюрки и мир: Сокровенная история.- Москва: ООО «Издательство АСТ», 2004.- 649 с.
2. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 -1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север-Юг», 1992.- 318 с.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Тыл өйү-санааны кытта тутулуга
Тыл суолтата
Саха тыла тоҕо мөлтөҕүй?
Туох барыта икки өрүттээх
Саҥаны арыйыы
Айыыны оҥорума
Сиэр - өй-санаа хааччаҕа
Өй-санаа сайдыыта
Олох ыарахан
Быстах быһыылар
Yтүөҕэ баҕарыы
Айыы үөрэҕин алҕастара
Айыы аймахтара
Yрүҥ Айыы буолуу
Итэҕэл
Иһинээҕитэ