Үтүөнү оҥоруу үйэлэргэ умнуллубат (Каженкин И.И.)
ҮТҮӨНҮ ОҤОРУУ ҮЙЭЛЭРГЭ УМНУЛЛУБАТ - МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТИЭХЭЭН Дьокуускай 2011
Эһэбит, хос эһэбит Тихон Михайлович Каженкин сырдык кэриэһигэр аныыбыт.
АННОТАЦИЯ
Былыргы хараҥа, сайдыыта суох диир үйэбитигэр нэһилиэгин дьоно үөрэх, билии сырдыгар тииһинэллэрин туһугар туох баар баайын-дуолун, үлэтин-хамнаһын харыстаабакка 35 оҕо үөрэнэр оскуолатын босхо тутан биэрбит Тихон Михайлович Каженкин аата үйэлэргэ умнуллубат буола Арыылаах нэһилиэгин оскуолатын аатыгар иҥэрилиннэ.
В старые темные времена за распространение образования и учение тангара трудились много наших, в том числе Тихон Михайлович Каженкин бесплатно построил церковно-приходскую школу на 35 учеников.
Иван Иванович Каженкин
ААН ТЫЛ
Мэтээллээх Тиэхээн – Каженкин Тихон Михайлович Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгин, уруккута I Хайахсыт олоҕор, үөрэх, билии сайдыытыгар ылбыт оруолун таба сыаналаан кини аатын бэйэтэ босхо тутан биэрбит, төһө эмэ уһун кэмҥэ попечителинэн үлэлээбит оскуолатыгар иҥэрии, оскуола тутуллубута 110 сыла туолуутугар Саха республикатын президенин дьаһалынан оҥорулунна.
Үтүөнү, дьоҥҥо туһалааҕы оҥоруу хаһан да умнуллубат диэн этии чахчы дакаастабылынан Тихон Михайлович Каженкин үтүө аата туппут оскуолатыгар хаттаан иҥэриллиитэ буолар. Ол курдук өй-санаа үөрэҕин суох оҥоро сатаабыт сэбиэскэй былаас кэмигэр бары таҥара үөрэхтэрэ хааччахтаналлара, бу үөрэҕи тарҕатыы бобуллара. Ол кэмҥэ Тихон Михайлович аата сотуллубута, умнууга аналламмыта. Кэлин перестройка кыайыытын кэнниттэн дьон өйө-санаата сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин туһатын таба өйдөөһүнтэн эдэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ олус туһалаах былыргы үөрэхтэри хаттаан сөргүтэн туһаныы олоххо киирэн иһэр.
Билигин биһиги, сахалар сайдан, ахсааммыт эбиллэн, үөрэҕи-билиини баһылааһыммыт кэҥээн иһэр. Өй-санаа, түүл үөрэҕин сайыннараммыт биһиги өй-санаа, таҥара үөрэхпит оҕо өйө-санаата сайдыытын, киһи буолууну улаатан иһэн ситиһиитин атын таҥара үөрэхтэринээҕэр ордук табатык быһаарарын арыйдыбыт. Ол иһин билигин сахалар таҥараларын үөрэҕин тарҕатыы биһиги олохпут сыала буолла.
Өй-санаа кыаттарыыта, уларыйыыта диэн атын омук үөрэҕин, өйүн-санаатын туруору, бэйэтинэн ылыныы буолар. Урукку кэмнэргэ нууччалар сахалары өй-санаа өттүнэн сабырыччы кыайбыт бэлиэлэрин, православнай таҥараларын дьиэтин сир-сир аайы барытыгар туппуттара. Билигин да бу православнай таҥара дьиэлэрэ сахалар кыаттарбыттарын бэлиэтээн бөлтөһөн тураллар. Ол эрээри остуоруйа уонна өй-санаа үөрэхтэрин холбуу тутан быһаардахха сахалар таҥараларын үөрэҕэ Аттила аармыйатын кытта арҕаа дойдуларынан тэнийэн, тарҕанан, онтон төттөрү эргийэн биһиэхэ арҕааттан, нууччаларынан тиийэн кэлбитэ сотору дакаастаныаҕа. Ол курдук таҥара үөрэҕин төрүтэ, сыала-соруга, оҕо өйүн санаатын сайыннарыыга, үөрэтиигэ ылар оруола сахалар өй-санаа, кут-сүр уонна олохторун үөрэҕэр иҥэн сылдьарын булан биһиги бэчээккэ таһаардыбыт.
Онон таҥара үөрэҕэ диэн былыр-былыргыттан, хайа айыллыаҕыттан ыла биһиги бэйэлээх-бэйэбит, сахалар айбыт, олоххо туһанар, оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри үөрэтэр үөрэхпит буолар. Бу таҥара үөрэҕин оҕолорго, кэлэр көлүөнэлэргэ тарҕатыыга, дьон өйүн-санаатын тупсарыыга Тихон Михайлович Каженкин туох баар баайын-дуолун харыстаабакка, күүстээх үлэтинэн хамнаһынан кыттыспытын суолтата билигин кэлэн ордук улаатта.
Сайдан, улаатан иһэр оҕоҕо тулуурдаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах буолуу хайаан да наадатын төрөппүттэр өйдүө, ылыныа этилэр. Төрөппүттэр таҥара, сахалыы өй-санаа үөрэҕин баһылаан оҕолоро кыра эрдэҕиттэн дьарыктаннахтарына, туруктаах өйдөөх-санаалаах, олохторун салгыыр кыахтаах кэлэр көлүөнэлэниэхтэрин сөп.
Биһиги эрабыт буолуо биэс сүүс сыл иннинэ грек үөрэхтээҕэ Геродот суруйарынан сакалар (сахалар) Сибииргэ, Алтай хайаларын диэки олорбуттар. Сахалар ааппыт-суолбут ол кэмнэртэн ыла ааттанарын билигин кэлэн биллибит, олус уһун үйэлээх омук буоларбытын итэҕэйдибит. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ уонна олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини халбаҥнаабакка тутуһарбыт, олус уһун үйэлээх буолууну ситиһэрбитигэр кыах биэрбитин билигин да туһана сылдьарбыт, өссө уһун үйэни ситиһэрбитигэр туһалыаҕа.
Итэҕэл икки өрүтүн; үрүҥ айыытын уонна таҥаратын холбуу тутан сатаан туһаныы, хайа эрэ аҥар өттө аһара баран халыйыытын суох оҥоруу өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх-билиилээх дьонтон хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолла. Ол курдук үрүҥ айыылартан, былыргылартан ылынар билиибит улахан, өйдөрүн-санааларын туппут дьоҥҥо быһаччы сыһыаннаах буоллаҕына, таҥара үөрэҕэ диэн оҕолору, кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туттуллар үөрэх буолар.
Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ. Үчүгэй санааны оҕоҕо, дьоҥҥо иҥэрэн биэрэн үчүгэй санаалаахтары элбэтэн, дьон үчүгэй быһыылары оҥороллорун үксэтии таҥара үөрэҕэр киирсэр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн үчүгэй киһи буолуу өйүн-санаатын иҥэрии үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын үтүктэн үөрэниинэн эрэ ситиһиллэр кыахтааҕа киһи таҥара хайаан да наадатын быһаарар. Таҥара үөрэҕэ – хас биирдии киһи барыта билиэхтээх үөрэҕэ буолар. Өй-санаа киһиэхэ иҥэн иһэр уратыларын арааран билии, ханнык кэмҥэ хайа өй-санаа, кут хайдах дьайарын быһаарыы киһи быһыытын ситиһиигэ туһалыыр кыаҕа улахан.
Таҥ, таҥар, таҥара диэн төрүт сахалыы тылларбытынан, өй-санаа хомуллан, таҥыллан, мунньуллан күүһүрэрин, үгэстэри үөскэтэрин быһааран билэн, өй-санаа үөрэҕин былыргылар таҥара диэн ааттаабыттар. Былыр-былыргыттан сахалар бэйэбит айан, олохпутугар туһанар үөрэхпит таҥара үөрэҕэ буолар. Бу үөрэхпитин оннооҕор нууччалар маҥнай кэлиилэригэр кыайан былдьаабатахтара, аатын кыайан уларыппатахтара. Ол курдук нууччалар православнай итэҕэллэрин аата бог диэн. Сахалары аан бастаан бог диэн ааттаан диэн этэ сатаабыттарын үрдүнэн таҥара диэн ааттыылларын уларыппатахтар. Бу үөрэх төрүтүнэн сайдан, үүнэн иһэр оҕо өйүн-санаатын кыра эрдэҕиттэн иитэн, үөрэтэн, киһи буолууну ситиһиннэриитэ билигин кэлэн ордук наада буолла.
Дьоҥҥо саамай уһун үйэлээх өйдөбүлүнэн тутуу буолара чахчы. Маһынан да тутуу хас да үйэлэргэ тиийэринэн элбэх көлүөнэлэргэ өйдөнөн хаалар кыахтаах. Ол иһин олус улахан суолталаах дьыалалары оҥорууну бэлиэтээн араас өйдөбүнньүк тутуу бэлиэлэри туруораллар. Онтон тутуу, турар бэйэтинэн даҕаны уһун үйэлээх өйдөбүнньүк буолар кыахтаах. Тихон Михайлович туппут тутуулара билигин даҕаны дьоҥҥо туһалыы тураллар.
Билигин Тихон Михайлович уһун кэмнээх сыралаах үлэтэ, үөрэх-билии сайдыытыгар элбэх сиэртибэлэри оҥоруута табатык сыаналанан кэлэр көлүөнэлэригэр чахчы тиийэр кыахтанна. Кини аата-суола туппут оскуолатыгар иҥэриллиитэ сырдыкка, үөрэххэ-билиигэ тардыһыы саха норуотугар былыргы кэмнэргэ да баарын дакаастыыр уонна кинилэр күүстэрин, кыахтарын харыстаабаккалар, ону ситиһээри дьулуспуттарын бигэргэтэр.
Сахалар былыр-былыргыттан сайдыы, үүнүү диэки тардыһыылара ураты күүстээх. Бу саҥаҕа, олоххо тупсарыыны киллэриигэ тардыһыы саха омугу олус уһун үйэлээбитин ахтыахпыт этэ. Ол курдук сахалар кэлин Саха сиригэр сайдыыны ситиһиилэрэ тимири уһаарыыны уонна тимиринэн уһаныыны кытта быһаччы тутулуктаах. Үлэ-хамнас сайдыыны аҕалар өрүтүн сайыннарыы үөрэҕи-билиини баһылааһынтан улахан тутулуктааҕын Тихон Михайлович билэн бары күүһүн-кыаҕын барытын өй-санаа сайдыытыгар, үөрэх-билии тарҕаныытыгар анаабыт.
ХАЙАХСЫТ
Хас биирдии омук тыла бэйэтин тылынан таба быһаарыллар, иҥэн сылдьар өйдөбүллээхтэр, ол иһигэр сорох тыллар хас даҕаны, киэҥ өйдөбүллээхтэр, тус-туспа суолталаахтар. Хас да өйдөбүллээх тылы бары суолталарын таба өйдөөн туһаныы хас биирдии саха киһититтэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Тыл өйдөбүлүн быһааран билии хайа омук тыла буоларын быһаарыыга туһалыыр. Хайахсыт диэн сахалар хайах диэн аһыыр астарын аатыттан үөскээбитинэн төрүт сахалыы тылбыт буолар.
Омук тыла уһун үйэлэр тухары сыыйа-баайа уларыйан, атын, саҥа тылларынан эбиллэн, сайдан биэрэн иһэр. Саха омук тыла олус былыргы тыл буолан үгүс тыллара туох суолталаахтара кыайан быһаарыллыбаттар, онтон сорохторо билигин ситэ өйдөммөт буолан эрэллэр. Улахан өрүстэр, сис хайалар, үгүс күөллэр, сирдэр ааттара хаһан, кимнээх ааттаабыттара саҥа быһаарыллыах курдуктар. Саха тылын үөрэтии араас ааттары быһаарыыга ордук туһалааҕынан ааҕыллар буолла. Ол курдук Россия хайа баҕарар муннугар сахалыы өйдөбүллээх сир ааттарын булуохха сөп.
Сахаларга үгүс нэһилиэктэр ааттара төрүттээбит дьоннорун ааттарынан ааттаммыттарыгар сөп. Ол курдук 1637 сыллаахха Боотурускай улууһугар Каяхсыт диэн ааттаах киһи баара бэлиэтэммит. (1,59).
Сорох тыллар суолталарын тус-туспатык быһаарыы билигин да баар. Сахалыы тылдьыкка хайах диэн тыл маннык быһаарыллар: сиикэй арыыны элбэх үүккэ, арыы уутугар эбэтэр тарга булкуйан ытыйан оҥоһуллар, тоҥорон баран сиэниллэр ас. (2,596). Багдарыын Сүлбэ хайах диэн тылы атыннык быһаарар. Хайах – хаһаас балык, атыннык эттэххэ сыма. Сыма уонна хайах диэн тыллар биир суолтаҕа туттуллар эбиттэр. Сыма укпут - Хайах укпут. (3,76).
Хайах хостоһуу диэн сахалыы оонньуу ыарахан хаһааһы соһон таһаарыыны үтүктэр оонньуу буолуон сөп. (4,223).
1710 сыллаахха Сибиирскэй приказ кинигэтигэр саҥа волостар баар буолбуттар. Олортон Боотурускай улууһугар үс: Ожулунскай, Чакырскай уонна Хаяхсытскай диэннэр бу кэмҥэ саҥа үөскээбиттэр. Хайахсыт диэн волость аата Якутскайдааҕы воеводскай канцелярия 1726 сыллааҕы суругар эмиэ киллэриллэ сылдьар эбит. (1,12-13).
1835 сыллаахха Боотурускай улууска 2-с Хаяхсытскай нэһилиэк баар буолбут. (1,22). Сурукка киирбитинэн 2-с Хайахсыт, Соҕуруу Хайахсыт нэһилиэгэ лаппа хойут үөскээбит эбит. Бу икки даталар арахсыылара үйэттэн ордук уһуна хайа нэһилиэктэн кэлэн, кимнээх саҥа нэһилиэги үөскэппиттэрин чуолкайдаан биэриэн сөп. Ол курдук хотугулуу илин олохтоох 1 Хайахсыттан кэлэн иккис, соҕуруу Хайахсыты үөскэппиттэрэ саарбаҕа суох быһаарыллар кыахтанар.
Сахалар хоту дойдуларыгар соҕурууттан төннөн кэлиилэрэ хас да төгүллээн илининэн уонна арҕаанан хардары-таары буолбута былыргы нэһилиэктэр, улахан аҕа уустара тарҕанан испиттэринэн дакаастанар кыахтаах. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар илининэн, Амуртан быһа Алданынан Баайаҕа үрэҕинэн кэлбиттэрэ быһаарыллыан сөп. Ол курдук биэс Хатылы нэһилиэктэрэ, өссө былыргылыы эттэххэ, улахан аҕа уустара Баайаҕа үрэҕиттэн саҕаланан Түөйэнэн киирэн тарҕанан барбыттарын сыыппаранан ахсааннара бигэргэтэр. Бастакы Хатылы, билигин Кытаанах нэһилиэгин сирэ Баайаҕа үрэҕиттэн тардыһар буоллаҕына, төрдүс, бэһис Хатылы нэһилиэктэрэ Түөйэ үрэҕинэн киирэн Таатта үрэҕэр олохсуйбуттар. Бу быһаарыы сахалар илинтэн, Алдантан быһалыы Баайаҕа үрэҕинэн кэлэн Түөйэнэн, Тааттанан, Амманан тарҕаммыттарын чуолкайдаан биэрэр.
1912 сыллаах күһүнүгэр Таатта улууһа үөскээһинигэр бастакы Хайахсыт нэһилиэгэ онно көспүт. (1,23). Революция кэнниттэн бу нэһилиэк аатын хаста да уларыппыттарын кэнниттэн дьэ олохтоох аатын, Арыылаах нэһилиэгэ диэни хойутаан да буоллар син ылыммыттара.
ХААҺАХ
Сахабыт тыла олус былыргы төрүттээҕиттэн хас биирдии тылга иҥэн сылдьар өй-санаа өйдөбүллэрин таба сыаналаан, уларыппакка эрэ туһанарбыт аныгы дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолла.
Былыргы кэмҥэ ат көлөҕө малларын-салларын ыҥырдан айанныыр ис¬тиэп омуктара баар-суох наадалаах малларын хаалыыр иһиттэрэ тирии хааһах буолар эбит. “Хааһах” диэн сахаларга эмиэ олус тэнийбит тыл. Сахалар эмиэ истиэп омуктарын курдук “Хааһах” диэн акка ыҥырдарга ананан тирииттэн тигиллибит улахан суумканы, бэрэмэдэйи ааттыыллар.
Саха дьоно “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэнэ сырыт”, диэн үөрэххэ сыһыаннаах кынаттаах этиилэрэ эмиэ куруук бэйэлэрин кытта араарбакка илдьэ сылдьар улахан суумкаларыгар сыһыаннаах буолан, киһи үйэтин тухары үөрэнэ сылдьарын бэлиэтиир. Итини тэҥэ бу өс хоһооно “Хааһах” диэн тыл төрүт былыргыттан саха тыла буоларын быһаарар. Ол курдук бу тыл төрүтэ хаа диэн уонна туох эрэ хаҕын, хаатын биллэрэр.
Былыргы сахаларга Хааһах диэн ааттаах дьон бааллар эбит.
Г.Е.Федоров “Тараҕайдар” диэн кэпсээнигэр Тараҕай Болтоҥо бииргэ төрөөбүт бырааттара Хааһах Маабыра уонна Айдаҥа Боотур диэн буо¬лалларын суруйар. (5,28).
Саха сиригэр “Хааһах аҕатын ууһа” диэн ааттаах аҕа ууһа Хачыкаат нэһилиэгэр баара биллэр. (6,9).
Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр “Хааһах алааһа”, “Хааһах көрдүгэнэ” диэн алаастар уонна Баайаҕа үрэҕэр “Хааһах” диэн ааттаах киэҥ сабарай баар.
Арыылаахха Каженкин диэн нууччалыы тартаран суруллар фамилиялаах дьон элбэхтэр. Бу дьон былыргы олохторо Арыылаах дэриэбинэтин соҕуруу, арҕаа уонна илин өттүлэринэн элбэх улахан алаастарынан тайаан сыталлар. Ол курдук Уһун Өлөҥ, Чопчулаахтар, Нэлэгэр, Хос Көлүйэлэр, Балык Хатарбыт, Куйбаада, Дулҕа Сайылык, Хааһах Алааһа диэн алаастарга тэнийэн олорбуттар. Бу сирдэр барылара нэһилиэккэ былыргыттан Улахан аҕа ууһа диэн ааттаммыт “Хааһах” аҕатын ууһун дьоно олохсуйбут сирдэрэ. Кэлин ааты-суолу нууччалыы суруллар буола уларытыыларыгар, аҕа ууһун аатын фамилия оҥосторго, тыллара кыайан өҕүллүбэккэ хааһах диэн тылы табатык суруйбатахтар. Ол иһин итинник, Каженкин диэн фамилия үөскээбит.
Урукку кырдьаҕастар бу дьон фамилияларын сахалыы “Хааһыҥныннар” диэн ааттыыллар эбэтэр нууччалыы -кин диэн сыһыарыытын ылан быраҕан, кылгатан “Хааһах” дииллэр этэ. Сороҕор нууччалыы таттаран Кааһынкыннар диэн ааттааһын урукку кэмҥэ баар буола сылдьыбыт. (7,30).
Арыылаах нэһилиэгин остуоруйатыгар биллэр киһинэн Кашен¬ка диэн нууччалар ааттаабыт нэһилиэк кинээһэ баара буолар. Бу дьон сурукка киллэрбиттэринэн кини нэһилиэк төрүтүнэн буолбут. “Хааһах” диэн аҕа ууһун аатын тупсаран Кашенка диэн суруйбут буолуохтарын сөп курдук.
Былыргы сахалар киһиэхэ аатын иҥэрэллэригэр кини туох дьарык¬тааҕын эмиэ аахсаллар. Ол курдук сэриигэ үөрүйэх киһиэхэ сэрииттэн сибээстээх ааттары биэрэллэр эбит. Биир оннук аатынан Кашенка улахан уола Иҥэрчэ диэн буолар. Иҥэрчэ диэн ох саа чаачар кирсэ охсор сирин эбэтэр икки уһугун тостубатын, хайдыбатын диэн бөҕөргөтөн иҥиир сабынан эрэдэһиннээн баайыы ааттанар. Оноҕос төбөтүн бөҕөргөтөн эмиэ итинник гыналлар. (4,78). Иҥэрчэ диэн ааттаах киһи Тааттаҕа эмиэ олоро сылдьыбыта биллэр. (8,131).
И.А.Худяков “Хааһах” диэн тылы нууччалыыттан киирбит (Сума казацкого хлеба) диэн өйдөбүллээҕин быһаарар. Итини тэҥэ бу тылы “Казак” диэн тылга маарыннатар. (9,376). Хааһах диэн тыл сахалар төрүт тыллара буолан оннооҕор былыргы өс хоһоонноругар этиллэ, үһүйээн кэпсээннэригэр кэпсэнэ сылдьарын И.А.Худяков аахсыбатах. Ол курдук нууччалар тохсус үйэттэн эрэ ааттара биллэр, сурукка киирбит буоллахтарына, сакалар (сахалар) ааттара былыргы, биһиги эрэбыт буолуо биэс сүүс сыл иннинэ Геродот суругар киирбит эбит. (10,564).
“Хааһах” диэн түүрдүү тылы нууччалар уларытан саҥараннар арааһынайдаан ааттыыллар. Ол курдук “Казак”, “Казах” диэн тыллар хааһах диэн тылга маарынныыллара чуолкай. Бу хааһах диэн тылтан кэлин үөскээбит казак уонна казах диэн омуктар ааттара үөскээн тахсыбыт буолуохтарын сөп. Бу дьон малларын барытын хааһахха хаалаан баран ыҥырда сылдьалларын иһин итинник ааттаммыттара диэн этиилэр эмиэ бааллар.
Аджи Мурад казак диэн ааттанар истиэп дьоно монголлар сэриилээн кыайбыттарын кэннэ баар буолбуттара диир. Кэлин ыраахтааҕы былааһыгар сулууспалыы киирбит истиэп киһитэ казак диэн ааттаммыт. Ол эрээри маҥнай “козак” диэн ааттыыллар эбит. (11,254). “Хаһаа” диэн төрүт сахалыы тыл атын омуктар саҥаларыгар хайдах уларыйан сылдьалларын Багдарыын Сүлбэ бэйэтин үлэтигэр быһаарар. (12,24). Ол курдук тувалар хаһааны, хотону, бүтэйи барытын кажаа дииллэр, киргизтэр ынах сүөһүнү, барааны тутар сирдэрэ - кашаа диэн эбит.
Онон казак диэн испиэп олохтоох дьоннорун ааттара “Хааһах” диэн маллаах иһиттэрин аатынан ааттанан атын омуктарга биллэр буолуута оруннаах курдук. Итини тэҥэ “Хааһах” диэн сахалар аҕа уустарын аатын нууччалыы фамилияҕа кубулуйан уларытыыларыгар Кашенка диэн буолуон сөп.
Хайахсыт нэһилиэгэр аата-суолу нууччалыы суруйуу киириитигэр Улахан аҕа ууһугар Попов диэн саҥа фамилия эбии киирэн, дьонун ахсааннара эбиллэн барыытыгар бэйэлэрин төрүт аҕаларын ууһун Хааһах диэн аатын харыстааччылар, уларытыахтарын баҕарбаттар баар буолбуттара. Оннук дьонунан Андрей Бэстиин уолаттара Михаил уонна Петр этилэр. Аан маҥнай 1872 сыллаах метрическэй кинигэҕэ Казин, онтон 1873 сыллаахха фамилияларын Кажин диэн суруттарбыттар. Кэлин өссө уларыйан Кашенкин, Каженкин диэн фамилия оҥостон сурукка киллэрбиттэр.
Оҕо фамилиятын аҕатын аатынан суруйуу оччолорго нууччаларга баар этэ. Бу уларытыы сахалар былыргы аҕа уустарынан арахсалларын сыыйа суох оҥорон испит. Ол курдук Николай оҕолоро Николаев диэн буолан тахсалларын утаран сахалар бэйэлэрин аҕа уустарын аатын уларыппакка фамилия оҥостон киллэрэ сатыыллар эбит. Сорох аҕа уустара төрүт ааттарын уларыппат туһугар кыһаммыттар. Олус былыргы төрүттээх Хааһах аҕатын ууһун аатын утумнааччылар Каженкин диэн фамилияны ылынан билигин сайдан иһэллэр.
Онон былыргы аҕа ууһун аатын фамилия оҥостуу нууччалыы ааты-суолу суруйуу киириититтэн улахан туоратыыны көрсүбүт кэмнэрдээх эбит. Былыргы төрүттэрин умнубат, кэриэстиир өбүгэлэрбит аҕаларын ууһун аатын уларыппаккалар, билиҥҥэ диэри тириэрдибиттэригэр аныгы көлүөнэлэр махталларын ылар кыахтаннылар.
ХАЙАХСЫТ НЭҺИЛИЭК ТӨРҮТТЭРЭ
Хайахсыт нэһилиэк төрүттэрин көрдөөһүнү саҕалаабыт суруйуунан Федот Захаров “Боотурускай улуус сахаларын төрүт уустара” диэн кинигэтин ааҕабыт. Улуус былыргытын туһунан атын суруйуулар суохтарыттан бу кинигэнэн салайтарарбыт ордук оруннаах курдук. Бу кинигэҕэ суруллар:
Хайахсыт нэһилиэк былыргыта Хатылы ууһа. Бараайы, Сэрэмээт уонна Улахан Уус диэн үс аҕа уустаах.
Ойоҕостой Бэргэни оччотооҕу нуучча суруксуттара Ондрюшка диэн суруйаллар. Ойоҕостой Бэргэн куоракка киирэн, кинээс буолан куортук ылан тахсыбыт. Хоту алаастары эккээйилээн ылан, Хайахсыт диэн ааттаах нэһилиэк тэрийбит.
Кини Хайахсыт быраата Төлкө диэн киһи уола. Онон Хайахсыт абаҕата буолан тахсар. Ондрюшканы кытта быраата Төбө диэн киһи эмиэ барсыбыт быһыылаах. Кини оҕолорун удьуордара эмиэ Хоту Хайахсыкка олохсуйбуттар.
Ондрюшка сиэнэ Кашинка диэн. Кини уола Иҥэрчэ байан-тайан олорбут. Кашинка оҕолоруттан Карсанай диэнтэн Карсанаевтар, Барашковтар үөскээбиттэр.
Иҥэрчэ уола Кыйма Ньукулайтан кыра Поповтар – Борооччуктар үөскээбиттэр.
Тю диэн киһиттэн Каженкиннар.
Мотоҕо диэнтэн улахан Поповтар ууһаабыттар. Бу дьон бары Кашинка ыччаттара.
Кашинка быраата, Тераса диэнтэн Дагданчалар үөскээбиттэр.
Далбатай диэн Ондрюшка сиэниттэн Винокуровтар бааллара.
Тебе ыччаттарыттан Муруку диэнтэн Неустроевтар, Жабта диэнтэн Белолюбскайдар, Учек диэнтэн Аянитовтар ууһаабыттар.
Мигалкиннар, Потаповтар, Друзьяновтар Кытаанах Баллыр кыыһыгар энньэ кулут буолан кэлбит удьуордарыттан үөскээбиттэрэ үһү. Былыр сахалар маҥнай кэлиилэригэр Бараайы күөл таһыгар тоҥустар олорбуттар. Сахалар кэлбиттэригэр Аллан уҥуор үтүрүллүбүттэр. Кинилэртэн биир тоҕустаах уол хаалан Борисовтар ууһаабыттар. (13,15).
Хос быһаарыылар.
1. Ф.Г.Софронов. Якуты. Мирское управление в 17 - нач. 20 века. Якутск: Якутское книжное изд-во, 1987.- 126 с.
2. Афанасьев, Петр Саввич. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.
3. Багдарыын Сүлбэ. Мэҥэ ааттар. Якускай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- 288 с.
4. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. / П.С.Афанасьев редакциятынан - Дьокуускай: “Бичик” нац.кинигэ, кыһата, 1994.- 264 с.
5. Г.Е.Федоров, Н.Ф.Егоров. Сэргэ төрдүгэр сэһэн: Үһүйээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.
6. П.Н.Харитонов. Купец просветитель и меценат. Якутск: ООО “САПИ-торг-книга”, 1999.- 86 с.
7. Уоттаах сыллар суруктара. Саллааттар суруктара, дневниктэрэ. Дьокуускай: “Бичик”, 2000.- 112 с.
8. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во “Бичик”, 1995.- 224 с.
9. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинград: Изд-во “Наука”, 1969.- 440 с.
10. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. Москва: Эксмо; Форум, 2007.- 960 с.
11. Аджи Мурад. Европа, тюрки, Великая степь. Москва: Мысль, 1998.- 334 с.
12. Багдарыын Сүлбэ. Аал уоту оттунан. Дьокуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1992.- 192 с.
13. Федот Захаров. Боотурускай улуус сахаларын төрүт уустара. – Чурапчы, 1993. – 64 с.
ХААҺАХТАР
Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэ былыр, ыраахтааҕы кэмин саҕана аан маҥнай үөскүүрүгэр Хайахсыт нэһилиэгэ диэн ааттанар этэ. Кэлин, 1835 сыллаахха Чурапчы улууһун соҕуруу өттүгэр саҥа, 2-с Хайахсыт нэһилиэгэ үөскээбитин кэннэ 1 Хайахсыт нэһилиэгэ диэн ааттыыр буолбуттара.
I Хайахсыт нэһилиэгэ үөскээн сайдыытыгар Хааһахтар ылбыт оруоллара улахан, Арыылааҕы тулалаан сытар киэҥ алаастары бас билэллэрэ архыып докумуоннарыгар суруллубуттар.
1795 сыллаахха Саха сиригэр дьаһаах төлөөһүнүгэр анаммыт бэһис биэрэпис испииһэгэр Иҥэрчэ Кашинкин I Хайахсыкка кинээс диэн бэлиэтэммит.
Ведомость Иркутской губернии Якутской области Ботурусского улуса Хаяхсытской волости яшачных якутов состоянии 5-ой ревизии.
1. Князец Игерча Кашенкин - 60 лет.
у него братья:
2. Харсанай - 53 лет.
3. Мочого - 51 лет.
4. Тю - 50 лет.
5. Сенолеб - 39 лет.
6. Кусаган Сырай - 36 лет.
7. Хоч - 34 лет.
у Игерчи дети:
8. Курташка - 39 лет.
9. Кыйма - 21 лет.
у Харсаная сын:
10. Сыбакы - 26 лет.
у Мочого дети:
11. Тушалыр - 13 лет.
12. Нохор - 5 лет.
у Тю дети:
13. Тиэтэйбит - 11 лет.
14. Бейтиин - 4 лет.
Ф. 180-и, оп. 1, д. 2, с. 23.
Ревизкая сказка 1858 года Якутской области Ботурусского улуса 1-го Хаяхсытского родового управления
1. Андрей Бестин – умер 1856 году.
Его сыновья:
Михайло – 39 лет.
его сыновья от первой жены:
Иван – 3 лет.
Николай – 2 года.
от второй жены:
Афанасий – 1 мес.
Петр – 32 лет.
Филипп – 19 лет.
Воспитанник Андрея незаконнорожденный от сестры его Булу
крещеный Михайло – 33 лет.
его сын Тихон – 2 года.
Михайло Андреева вторая жена Пелагея Казмина – 19 лет.
его дочь от первой жены Федосья – 6 лет.
Петра Андреева жена Лукерья Яковлева – 29 лет.
его дочь Александра – 2 года.
Михайло Андреева жена Александра Михайлова – 28 лет.
его дочь Александра – 1 год.
Ф. 349, оп. 4, д. 324, том. 2, стр. 417, 418.
Урукку, ыраахтааҕылаах Россия кэмин саҕана маҥнай түүлээҕинэн төлөнөр дьаһаах кэлин харчынан төлөбүргэ уларыйбыта. 1876 сыллаахха окладной кинигэҕэ сурулларынан олохтоохтор хас биирдии үлэһит киһиттэн араас көрүҥнээх элбэх нолуоктары төлүүллэр эбит. Ол кэмҥэ Боотурускай улууһун I Хайахсыт нэһилиэгэр 211 киһи олорор буоллаҕына, үлэһиттэрэ 101 киһи эбит.
1. Ясаку со 101 души по 90 коп оклада 1876 года - 90, 90 р.
2. Государственный ямской подушной подати по 13 коп с души – 13,13 р.
3. Губернской повинности 43 коп от души – 45,36 р.
4. В ружный сбор на содержание духовенства по 26 коп. с души – 27,43 р.
5. Частной повинности по 15 коп с души – 16,9 р.
6. Хозяйственный по 6 коп с работника – 3,3 р.
7. Межевой по 3 коп с работника – 1,51 р.
Итого: 160,5 р.
Ф. 29-и, оп. 2, д. 1131.
Урукку кэмнэргэ Хааһахтар аҕа уустара I Хайахсыт нэһилиэгэр Улахан аҕа ууһунан ааттанар этэ. Ол дакаастабыла архыып докумуоннарыгар киирбиттэр. Ол кэмҥэ дьоннор олорор сирдэринэн сурукка киллэрии олоҕурбута хайа алаастары кимнээх баһылаан, олохсуйан олорбуттарын быһаарыыга туһалыыр эбит.
I Хаяхсытский наслег, Улахканский Ага – Усовский род. 1895 г.
Кочевье на урочище «Усун-Элень». 1 жилое строение из дерева, крыто землей.
1. Каженкин Николай Михайлович. – хозяин, 40 лет.
2. Варвара Аммосова – жена, 41 лет.
3. Ефим Николаевич – сын, 20 лет.
4. Параскева Иванова – сноха, 18 лет.
5. Иван Николаевич – сын, 16 лет.
6. Анастасия Николаевна – дочь, 13 лет.
7. Марфа Николаевна – дочь, 8 лет.
8. Мария Николаевна – дочь, 5 лет.
9. Александра Николаевна – дочь, 1 год.
Кочевье на урочище «Чопчулах». 1 жилое строение из дерева крыто землей.
1. Каженкин Иван Михайлович – хозяин, 43 лет.
2. Анна Григорьевна – жена, 37 лет.
3. Иван Иванович – сын, 14 лет.
4. Мария Ивановна – дочь, 10 лет.
5. Петр Иванович – сын, 5 лет.
6. Ефимия Ивановна – дочь, 9 дет – на воспитание.
7. Федосия Ивановна – дочь, 1 год.
8. Лебедев Петр Михайлович – жилец, 40 лет – чернорабочий.
9. Агафия Захаровна – работница, 52 лет, скотоводка.
10. Анастасия Петровна – дочь жильца, 7 лет.
Кочевье на урочище «Кос – кюлюэ». Одно жилое строение из дерева, крыто землей.
1. Каженкин Михаил Николаевич – хозяин, 76 лет.
2. Александра Михайловна – жена 65 лет.
3. Дмитрий Тихонович – внук, 16 лет.
4. Винокуров Василий Петрович – работник, 74 лет.
Кочевье на урочище «Косъ – келюя». Одно жилое строение из дерева, крыто землей.
1. Каженкин Тихон Михайлович – хозяин, 43 лет.
2. Марья Филипповна – жена, 26 лет.
3. Параскева Тихоновна – дочь 7 лет.
4. Михаил Тихонович – сын, 5 лет.
5. Пелагея Тихоновна – дочь, 4 лет.
6. Параскева Тихоновна – дочь, 2 года.
Ф. 570-и, оп. 1, д. 406.
I Хаяхсытский наслег, Улахкан Ага – Усовский род.
Кочевье на урочище «Балык – Хатарбыт». Одно жилое строение из дерева.
1. Каженкин Ефим Петрович – хозяин, 40 лет.
2. Варвара Михайловна – жена, 40 лет.
3. Евдокия Ефимовна – дочь, 18 лет –при воспитании.
4. Василий Ефимович – сын, 17 лет.
5. Гликерия Ефимовна – дочь, 15 лет.
6. Ирина Ефимовна – дочь, 10 лет.
7. Марфа Ефимовна – дочь, 9 лет.
8. Хрисанф Ефимович – сын, 8 лет.
9. Ирина Ефимовна – дочь, 5 лет.
10. Мария Ефимовна – дочь, 4 лет.
11. Акулина Ефимовна – дочь, 4 мес.
12. Каженкина Гликерия Яковлевна – мать хозяина, 63 лет.
Кочевье на урочище «Нялягяр».
1. Каженкин Михайла Андреевич – хозяин, 80 лет.
2. Пелагея Кузьминов - жена, 60 лет.
3. Николай Михайлович – сын, 28 лет.
4. Фекла Яковлевна – сноха, 25 лет.
5. Роман Михайлович – сын, 26 лет.
6. Евдокия Прокопьевна – сноха, 21 лет.
7. Ефим Михайлович – сын, 20 лет.
8. Дагданчина Параскева Данилова – работница, 69 лет.
Кочевье на урочище «Нялягяр».
1. Каженкин Алексей Михайлович – хозяин, 33 лет.
2. Пелагея Михайловна – жена, 25 лет.
3. Васса Алексеевна – дочь, 6 лет.
4. Анастасия Алексеевна – дочь, 4 лет.
5. Матрена Алексеевна – дочь, 3 лет – при воспитании.
Ф. 570-и, оп. 1, д. 407.
Поповский род, I Хаяхсытский наслег Таттинского улуса, состояние 28 июня 1917 года.
1. Каженкин Николай Михайлович – 63 лет.
2. Анастасия Егоровна – 23 лет.
1. Каженкина Варвара Михайловна – 60 лет.
2. Хрисанф Ефимов – 29 лет.
3. Мария Ефимова – 22 лет.
4. Акулина Ефимова – 20 лет.
5. Василий Ефимович – 17 лет.
1. Каженкин Василий Ефимович – 35 лет.
2. Вера Григорьева – 30 лет.
3. Анна – 5 лет.
4. Анна – 3 года.
1. Каженкин Иван Николаевич – 38 лет.
2. Лидия Васильева – 26 лет.
3. Федосья – 6 лет.
4. Лидия – 3 года.
1. Каженкин Роман Михайлович – 47 лет.
2. Евдокия Иванова – 37 лет.
3. Илья Романович – 17 лет.
4. Евдокия – 13 лет.
5. Мария – 7 лет.
6. Егор – 4 лет.
1. Каженкин Николай Петрович – 60 лет.
2. Марфа Федорова – 59 лет.
3. Николай Николаевич – 19 лет.
4. Евдокия – 11 лет.
1. Каженкина Анна Григорьева – 59 лет.
2. Анна Иванова – 17 лет.
3. Петр Иванов – 25 лет.
4. Мария Ефимова – 22 лет.
5. Анастасия – 2 года.
1. Каженкин Иван Иванович – 34 лет.
2. Аграфена Михайлова – 19 лет.
3. Филипп – 10 лет.
1. Каженкин Ефим Михайлович – 38 лет.
2. Анна Константинова – 36 лет.
3. Николай – 14 лет.
4. Николай – 6 лет.
5. Семен – 2 года.
1. Каженкин Ефим Николаевич – 42 лет.
2. Параскева Иванова – 40 лет.
3. Василий – 14 лет.
4. Елена – 4 года.
5. Варвара – 9 лет.
1. Каженкин Дмитрий Тихонович – 33 лет.
2. Анна Федорова – 28 лет.
3. Мария – 6 лет.
4. Иван – 2 года.
1. Каженкин Тихон Михайлович – 64 лет.
2. Мария Григорьева – 28 лет.
3. Михаил Тихонович – 24 лет.
4. Иустинья Степанова – 18 лет.
Ф. 48-и, оп. 1, д. 195.
Урукку кэмнэргэ Хааһахтар аҕа уустара нэһилиэккэ Улахан аҕа ууһа диэн ааттана сылдьыбыт. Кэлин 19-с үйэҕэ православнай таҥара дьиэтэ күүһүрүүтэ нууччалыы ааты, араспаанньаны сурукка киллэрэн тарҕаппыта. Саха дьоно барылара кэриэтэ иккилии; нууччалыы сурукка киирэр уонна сахалыы ааттаммыттара. Дьон арыычча сайдыылаах өттүлэрэ аан бастакынан нууччалыы араспаанньалары, ааттары ылыммыттара, православнай таҥараҕа сүрэхтэммиттэрэ. Иҥэрчэ кинээс уола Кыйма Ньукулай сүрэхтэнэригэр Попов диэн араспаанньаны ылынан, кини оҕолоро тэнийэннэр уонна Мочоҕо оҕолоро эмиэ Попов диэн буоланнар, Арыылаахха Поповтар элбээн барбыттар.
20-с үйэҕэ киириигэ 1917 сыллаахха ыытыллыбыт перепись көрдөрөрүнэн Хааһахтар Улахан аҕа уустара икки араспаанньалам-мыттарыттан уонна Поповтар ахсааннара элбээн, баһыйан барыыларыттан аҕаларын ууһун аата Поповскай диэҥҥэ уларыйбыт.
Хааһахтар Улахан аҕа уустара Уһун Өлөҥ диэн ааттаах улахан алааска уонна тулатыгар тэнийэн олорбуттар. Аҕа ууһа бас билэр сирдэригэр Куйбаада, Дулҕа сайылык, Балык Хатарбыт диэн улахан алаастар, сыһыылар эмиэ киирсэллэрэ.
Халлаанап Ньукулай Уһун Өлөҥө диэн улахан алааһы былыр-былыргыттан Хааһахтар бас билэр эбиттэр. Бу алааһы кытта быысаһа Нэлэгэр диэн алаас хонноҕор дьиэ-уот туттан Андрей Бэстиин диэн ааттаах сурукка киирбит киһи олорбут. Бу Андрей бииргэ төрөөбүт балта оҕолонон хаалбытын Мэхээлэ Ньукулаайабыс диэн сүрэхтээх ааты биэрбиттэр.
Онон Андрей аҕата сүрэхтэммитин кэннэ Ньукулай диэн буолуохтааҕа быһаарыллар. Итини тэҥэ Андрей Бэстиин аҕата Ньукулай диэн буоларын Федот Захаров “Боотурускай улууһун төрүт уустара” диэн кинигэтигэр эмиэ киллэрбит. Кэлин Ньукулай Халлаанап алааһа диэн Мүкэ илин өттүгэр сытар киэҥ алааһы, “Уһун Күөлү” ааттыы сатыыллар. Бу алааска Николай Михайлович уола Иван Николаевич олоро сылдьыбыт. Манна буккуур киирбитэ архыып докумуоннарынан дакаастанар. Ол курдук Андрей уола Михаил Андреевич Нэлэгэргэ олорбут эбит. Кини уолаттара Николай уонна Иван Уһун Өлөҥҥө олохсуйбуттара архыып докумуоннарынан дакаастанар.
Андрей Бэстиин сурукка киирбит биллэр оҕолоро:
- Петр Андреевич (1802 - 1897 г.).
- Михаил Андреевич (1810 – 1904 г.).
Михаил Андреевич Хааһахтар төрүт олохторугар Нэлэгэргэ олохсуйбут. Элбэх оҕоломмут. Михаил Андреевич эһэтэ Ньукулай Арыылаах Каженкиннарын уопсай төрүттэрэ буолар. Ол курдук кини кыыһыттан Тиэхээн Михайлович аҕата Михаил Николаевич уонна уолаттарыттан; Михаилтан, Петртан, Ефимтэн атын баар Каженкиннар бары үөскээбиттэр.
Мүкэ алаас диэки Каженкиннар хойутуу, ахсааннара эбиллэн истэҕинэ тиийбиттэр. Ол курдук Михаил Андреевич уола эмиэ Ньукулай диэн ааттаах киһи биир алааһа Мүкэ диэн киэҥ алаас илин өттүгэр сытар.
Михаил Андреевич оҕолоро:
- Иван Михайлович (1852 - 1903 г.).
- Николай Михайлович (1855 г.).
- Алексей Михайлович (1862 г.).
- Николай Михайлович (1867 г.).
- Роман Михайлович (1870 - 1918 г.).
- Ефим Михайлович (1879 г.).
Балык Хатарбыт диэн киэҥ алаас Арыылаах дэриэбинэтин хотугулуу илин өттүгэр сытар. Бу алааска былыр Петр Андреевич Каженкин олохсуйан олоро сылдьыбыта биэрэпискэ ыйыллыбыт.
Петр Андреевич оҕолоро:
- Ефим Петрович (1855 - 1906 г.).
- Николай Петрович (1857 - 1918 г.).
Куйбаада киэҥ алааһа былыр эмиэ Хааһахтар бас билиилэригэр баар эбит. Ол курдук алаас улахан күөлүн анды сөбүлээн түһэр тумуһаҕа билигин даҕаны Каженкиннар бас билиилэригэр баар. Сахаларга булт үгэстэрэ былыр-былыргыттан кэһиллибэттэр. Атын киһи бултуур сирэ хаһан да тыытыллыбат. Былыргы кэмнэргэ алаас баһылыга киһи күөлүн анды саамай түһэр тумуһаҕар дурдатын туттара биллэр уонна бу сир көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ хаһан да уларыйбат.
Биһиги аймахтарбыт Каженкиннар улахан баайдара суох бэйэлэрин эрэ кыанан олорбут ыаллар этэ. Оччотооҕу кэмҥэ төһө сүөһүлээх ыаллар дьадаҥы диэн ааттаналларын архыып докумуоннарыттан билиэххэ сөп.
Сведения о количестве конного и рогатого скота у инородцев 1 Хаяхсытского наслега 1909 года
- Конный скот Рогатый скот
Поповский род 62 402
Николай Петров Каженкин 1 3
Ефим Михайлов Каженкин 2 15
Василий Ефимов Каженкин 1 4
вдова Варвара Каженкина 1 10
вдова Анна Григорьева Каженкина 7 18
Иван Иванов Каженкин 2 8
Ефим Николаев Каженкин 1 5
Николай Михайлов Каженкин 1 11
Тихон Михайлов Каженкин 1 13
Дмитрий Тихонович Каженкин 1 14
Барайский род 87 387
Сыромятский род 69 373
Всего 221 1195
Ф. 29-и, оп. 2, д. 2581.
АХТЫЫЛАР
НИКОЛАЙ ПОПОВ - КЫЙМА КИНЭЭС
Иҥэрчэ Кашинкин кыра уола Кыйма сааһыран баран сүрэхтэнэн Попов Николай Игерчеев диэн нууччалыы ааттаммыт. Ол эрэн биир дойдулаахтара Кыйма Ньукулайынан билинэллэр эбит. Николай 1774 сыллаах төрүөх. Бииргэ төрөөбүт убайа Курташка туох дьылҕаламмыта биллибэт. Кыйма бэрт эдэригэр нэһилиэгин салайбыт. Ол курдук, Николай 1796 сыллаахха Хайахсыт нэһилиэгэр кинээс буолан бэчээтин туруорбута архыып докумуонугар баар.
Ф. 226-и, оп. 13, д. 12, л. 335.
ХОС КӨЛҮЙЭ
Бу олус кэрэ айылҕалаах, хас да кыракый көлүкэлэрдээх сир.
Бу алааска Тиэтэйбит – Андрей Хааһынкын (1787-1856) балтыттан төрөөбүт көрсүү уола Куукалыыр Мэхээлэ балаҕан туттан олорбута биллэр. Булуу Мэхээһи ийэтин убайа Андрей иитэн улаатыннарбыт, ыал оҥорбут. Кэлин Куукалыыр аймах үс тус-туһунан ааттардаах Хос Көлүйэлэри бас билэн олохсуйбуттар.
Мэхээлэ уола Тиэхээн (1856) Мария Филиппова (1869) диэн кыыһы кэргэн ылан аҕатын тиэргэнин иһигэр сытыары мастаах, муосталаах дьиэни туттан олоро сылдьыбыт. Онтон дьонуттан туһунан олохсуйар сыалтан Улахан Хос Көлүйэ арҕас сыырын аннынан иккиһин нуучча дьиэтин туттубут. Ол дьиэтигэр сылтан эрэ ордук олорон баран, нэһилиэгэр сиэртибэлээн Арыылаахха көһөрөн оскуола тутан биэрбит. Тиэхээн бастакы кэргэнэ Мария 1907 сыллаахха өлөн, иккиһин Парасковья диэн кэргэннэммитэ.
Тихон 2 сылгылааҕа, 2 көлүнэр оҕустааҕа, 5 ыанар ынахтааҕа, 8 кыра сүөһүлээҕэ, 10,5 дэһээтинэ оттуур ходуһалааҕа, мас сухалааҕа уонна 1,0 дэһээтинэ сиргэ бурдук ыһынара.
Тиэхээн саха эдэр ыччатын үөрэхтээһинигэр уонна православнай итэҕэлгэ үтүөлэрин иһин 3 мэтээлинэн бэлиэтэммит киһи этэ. Онон сибээстээн өлөр ыарыытыгар ыллара сыттаҕына Дьокуускайтан тахса сылдьар Софроний аккыырай кини Хос Көлүйэтээҕи дьиэтигэр анаан-минээн кэлэ сылдьар чиэһигэр тиксибит.
Тихон Михайлович 1922 сыллаахха өлөн, Хайахсыт таҥаратын дьиэтин илин эҥэригэр уҥуох тутуллубут.
Кэлин Хос Көлүйэҕэ кини уола Дмитрий Каженкин (1880) олохсуйбута. Дмитрий Тихонович аҥар атаҕа кылгас түөрэҥнээн хаамар киһи этэ. Кини бастакы кэргэнэ Лазарева Анна Федоровна (1883) I Хатылыттан төрүттээҕэ, элбэхтэ оҕоломмутуттан Мария (1911), Иван I (1916-2002) уонна Андрей (1927-1999) ордон киһи-хара буолбуттар.
Иван I түөрт кылааһы бүтэрэн сахалыы суруйара, ааҕара, онон холкуоһугар таһаҕасчытын, илии үлэһитин таһынан биригэдьиир буолара. Кини компартияҕа чилиэн этэ.
Дмитрий иккис уола Андрей Япония сэриититтэн кэлэн милиция майора буолбута.
Дмитрий Каженкин иккис кэргэнэ Аанаттан икки кыыс оҕолоро – Анна Дмитрьевна (1937) Улахан Мархаҕа уонна Анисия (Левина араспаанньаланан) Дьокуускайга ыал буолан олороллор.
Дмитрий Тихонович сэбиэскэй кэм саҕаланыытыгар 3 сылгылааҕа, 4 ынахтааҕа, 3,5 дэһээтинэ сир эрэ оттуур ходуһалааҕа.
Билигин Хос Көлүйэҕэ Куукалыыр Мэхээлэ туппут соҕотох ампаара хаалан өбүгэлэрин өйдөбүнньүктэрэ буолан тураллар. Онтон алаастар уулара уолан, балыктара эстэн, ходуһалара кэҥээн, Дмитрий Каженкин ыччаттара техниканан оттонор сирдэригэр кубулуйдулар.
СУУРТ ҮРҮЙЭ САЙЫЛЫК
Тиэхээннээх сайылыктара “Суурт үрүйэ” диэн олус бүөмчү сир. Бу сайылык аатыттан да сылыктаатахха манна түҥ былыргыттан дьон-сэргэ тохтоон ааһар сиринэн буолбутугар сөп курдук. Тиэхээн Хааһынкын өбүгэлэриттэн ылата олохсуйбут сайылыктарыгар сэбиэскэй былаас саҕаланыытыгар, саҥаттан ампаар салҕааһыннаах биэс муннуктаах дьиэ туттуммут. Дьиэтин түннүктэрэ кыралар, ампаарыгар үүт сойутунар умуһахтаах.
Бу саҥа тутууну сыыр үрдүттэн болҕойон одууластахха, дьиэ бэйэтэ сулус, онтон субурҕа ампаара сулус угун курдук буолан көстөр. Саҥа былаас кыайбыт бэлиэтин үйэтиппит курдук.
Тиэхээн таҥара дьиэтин улахан кириэһин сайылыгын тиэргэнин таһынааҕы тумулга уһаннаран, көмүһүнэн дуйдатан биэрбитин туһунан сиэнэ И.Д.Каженкин ол тумулга миэстэтин көрдөрөн кэпсээбитэ. Эһээтэ аҕыйах сүөһүлээх дьадаҥытык олорбут киһи, онон дэлэй күрүө-хаһаа даҕаны суоҕа. Ол оннугар ыччаттара бурдук ыһар буоланнар, солооһуну кыайа-хото оҥостуммуттар этэ. Кэлин сири уопсайдааһын саҕана быстах солооһуннар быраҕыллан оһорбоҕо кубулуйаннар 1938-40 сыллаахха дьэдьэнниир сиринэн буолбуттара.
Тиэхээн ыччаттара эһэлэрин, эбэлэрин сайылыктарынан, алаастарынан сылдьан уот оттон, өтөхтөрүн көрөн-истэн, сөргүтэн ааһаллар эбит. Оннук сылдьан Иван Дмитрьевич эһэбит сөбүлээн көлүнэр, миинэр соноҕостооҕо эбитэ үһү диэн кэпсээтэ. Ону санаппыттыы дуу, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, суос-соҕотох соноҕос ат, былыргы Тиэхээн сылдьыбыт ыллыгынан соруктаах аҕайдык хааман кэллэ.
Соноҕос сайылык дьиэтин аһара түһэн урукку Тиэхээн ууһун кыһатыгар тиийэн тохтоото. Бу дьикти түгэн соһумара бэрдиттэн биһиги ах баран турдубут уонна “оҕонньорбут ата илэ бэйэтинэн көһүннэҕэ” диэн ботугураһан хааллыбыт. Аты киинэҕэ уһулбуппут бэркэ диэн көһүннэ.
Попов Семен Романович ”I Хайахсыт (Арыылаах)” диэн үлэтиттэн кылгас быһа тардыылар.
МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТЫЙАХААН
“I Хаяхсытская одноклассная Духовно-приходская школа им. Тихона Михайловича Каженкина”. (Оскуола былыргы вывеската).
Биһиги Арыылаахпыт оскуолатыгар былыр Тыйахаан диэн үөрэҕэ суох дьадаҥы киһи аата мээнэҕэ иҥэриллибэтэҕэ. Кини туһунан тулалаан олорор түөрт-биэс нэһилиэк кырдьаҕастара, сорохтор күлэн даҕаны, сорохтор аһынан, оттон сорохтор дьиҥнээхтик хайҕаан уонна киэн туттан туран кэпсээн оҥостоллоро.
Мин кэпсээммин “Мэтээллээх Тыйахаан” диэн ааттыыбын, ону, баҕар, билиҥҥи ыччаттар ыраахтааҕыттан мэтээллээх киһини хайҕаан суруйбут диэн толооһургуу саныахтара. Ол эрээри биһиги өбүгэлэрбит сырдыкка үчүгэйгэ талаһан, оччотооҕу батталлаах, хараҥа олох адьырҕаларын кытта мөккүспүттэрин сыаналыыр буоллахха, соччо сүөргүтэ суох буолуох тустаах.
Мөккүөр иһин мөһөөх барар
Арыылаах таҥаратын дьиэтин улахан куолакалын борохуот Дьаарбаҥ биэрэгэр таһааран кумахха бырахпытын, аналлаах сиригэр тиэйэн таһааран олоҕун булларар улахан маргыардаах дьыала буолбута үһү. Ол куолакал ыйааһына 52 буут 20 муунта – тоннаны эрэ арыый кыайбат эбит. Маны кулун тутар ый саамай тибиилээх-хаһыылаах кэмигэр тиэллиэхтээх эбит.
Маны бүрүкүөт (приход) мунньаҕар биэс нэһилиэк баайдара мунньустан, бэйэ-бэйэлэригэр сэлээннэһэ сатыы олорбуттар. “Ол үлүгэрдээх ыар сэби туох ааттаах киһитэ ыатаран таһаарыаҕай: туох сыарҕата уйуоҕай, туох көлөтө тардыаҕай, туох киһитэ тиэйиэҕэй?”... – диэн үс күнү, үс киэһэни быһа бастарын сынньа сатаабыттар. Ону истэн олорон Тыйахаан:
- Бэйэҕит баайгытын хаҥатаргытыгар өйгүт-санааҕыт итиннээҕэр буолуоҕу тобулуо этэ. Ити дьүһүннээх алтан сыыһын кыайан тиэйэн аҕалар суолу булбакка олордоххут, - диэн хомуруйбут. Ону истэн Дьүлэй нэһилиэгин биир бөдөҥ баайа, муус булгунньах курдук, томточчу уойбут Бүөтүр Боссокуоп диэн тойон: “Оннук бэрт киһи буолларгын, эн тиэйэн таһаар. Сыакаар, хайа киэпкинэн эн ону сыҕарытаары чобоотуйдуҥ?” – диэн ордоотообут.
Тыйахаан оҕонньор сүрдээх хабыр уонна уолҕаччы бокуонньук этэ. “Сыакаар” диэн тылтан өһүргэнэн үлтү эрэ түһэн өлбөтөх. Этэр тыла кинини туохха тириэрдэрин билбэккэ туран:
- Ырҕайа сытыйаҥҥын, үс дойду сүмэһинин супту уулаан муспут баайгыттан биир эмэ хамыйах арыы көҕүрүө диэн, ону аһыйан, кыаллыбат өттүн эрэ дойҕохтуу олордоҕуҥ дии. Мин тиэйэн таһаарыам. Мин көлөһүммүн бар дьонум сыаналыахтара!.. – диэн баран таһырдьа тилир гынан хаалбыта үһү. Мустубут тойоттор сирэй сирэйдэрин көрсөн эрэ хаалбыттар.
Тыйахаан оҕонньор ол киэһэ, дьиэтигэр барбакка, Тырымтахы диэн алааска олорор Бырдыынай Сэргэй диэн сытар баай оҕонньорго, Арыылаахха олорор Лэбэрээн уола Миитэ диэн арыгынан эргинэр киһиттэн биир иһит арыгыны атыылаһан кэһиилэнэн, тиийэр. Дьиэҕэ киирэн таҥара дьиэтэ тутулларын эҥин туһунан ону-маны кэпсэтэн баран, били арыгытын остуолга уурар:
- Дьэ, убайдаатар убайым, доҕордоотор доҕорум, эйигин эрэнэммин үрдүк өһүөлээхтэр, баайдар тиистэригэр киирэн биэрэр киһи буоллум. Кыһыппыттарын иһин, саҥа тутуллубут сырдык сыркыаба улахан куолакалын өрүстэн тиэйиэх буолан кэллим. Онон эн эрэ аһыннаххына, киһи буолар киһи буоллум. Кыыһырбычча Бүөтүр Боссокуоп күтүрү үөҕэн кэбиспитим. Чэ, онон соноҕоскун, төһө да сыана буоллун, эттээ. Ол кэриэтэ эстиэм, мөккүөр иһин мөһөөх барар.
- Хайа, дьүөгээ, ыар сэп дииллэр буолбат дуо, ону мин соноҕоһум кыайан тардыа дуо? – диэн Сэргэй оҕонньор соһуйбут.
- Эн соноҕоһуҥ ону тулуппат сылгы. Мин билэбин. Хайа уонна бэйэм аппын суксурҕалыам. Бэркэ харыстаан сылдьыам. Ону эрэн. Эн тылгын биэрдэргин эрэ, сарсыҥҥыттан сахсынан көрүөм, анал сыарҕа оҥостуом эҥин. Дьэ, хата соноҕоһу үчүгэйдик куурт-хатар, баай, - диэбит.
- Оттон эн буолаҥҥын биэрээ инибин. Этэҥҥэ эргийэн таҕыстаҕына, этин эҥин оччо-бачча диэн көрдүөм суоҕа, - диэбитэ үһү Сэргэй оҕонньор.
Тыйахаан оҕонньор, бухатыыр аты мүччү ыһыгыннарыах буолан, үөрэн-көтөн, баһыыбалаан баран, ол киэһэ дьиэтигэр тэбиннэрэн кэлбит. Сарсыарда түүн үөстээн туран, көс биэс биэрэстэлээх Баайаҕа үрэх чараҥыттан анал сыарҕа сыҥааҕа быһан киирэн иһэн, Микиитин оҕонньорго сылдьан, ол оҕонньортон бэлэм кур сыарҕа сыҥааҕа баарын көрөн, “таҥара туһугар” диэн көрдөөн илдьэ тахсар. Онон оҕонньор үс хонугунан алта ылахтаах бэрт бигэ-таҕа, анал олгуобуйалаах, куорсуйа хаппыт хатыҥынан сабыс-саҥа чаачар дуҕалары (көннөрү дуҕа тулуйбат дии санаабыт) бэлэм оҥорор.
Тыйахаан Сэргэй оҕонньортон атын аҕала барар. Бырдыынай Буулуура диэн ханнык да бэйэлээх аты кытта кэккэлэһэ баалыннаҕына өттүгүн баһыттан кэлин өттө чорбойон көстөр усталаах, бөҕө өттүктээх-таһаалаах, куоһахтаах кэтит самыылаах, сиэллээх дулҕалары умса уурталаан кэбиспит курдук сэбэрэлээх тыстардаах бадьаллыбыт маадьаҕар атахтардаах, намыһах соҕус уҥуохтаах, бухатыыр көрүҥнээх сылгы эбитэ үһү. Бу сылгы үтүөтүн таҥара дьиэтин акылаата түһэригэр миэстэтин сибэтии гынаары кэлэ сылдьыбыт аккыырай бобуоскатыгар көлүйэн билэн турардаахтар. Онно ол ат, бобуоскаҕа көлүллэн баран, аҕабыт дьиэтин таһын тоҥ чигдитин хара буоругар диэри тоҕо тэбинэн, айаннаан барбыттаах. Ол айанын биирдэ да быспакка, сыыры сыыр диэбэккэ, икки көстөөх дьаамҥа тоҥ күөс быстыҥа айаннаан, аккыырайы тиэрпитэ эбитэ үһү.
Тыйахаан Буулууру түөрт хонукка бааллыбыт сылгыны, аҕалан сыарҕатыгар көлүнэн кэбиһэр. Бэйэтин атын паралыы – ойоҕолуу көлүйэр. Уонна аттары көлөһүннэрин таһаарымаары, үс хонон оргууй айаннаан Дьаарбаҥ биэрэгэр Дараан уола Сэмэн диэн ааттаах күүстээх киһи баарыгар аат ааттаан хоно тиийэр. Эмиэ иһит арыгы туруоран, куолакалын тиэйэн биэрэригэр көрдөһөр. Онуоха Сэмэн:
- Ол сэбиҥ халыҥ хомурах анныгар сытар, ону ыраастаатаххына эрэ кыайан тиэйэрбит буолуо, - диэбит. Тыйахаан киэһэ аһылыгын аһаат туора күрдьэх уларсан киирэн, айан суолуттан сүүсчэкэ хаамыы туора сытар куолакалга диэри хомураҕы, көлө холкутук сылдьар гына, ыраастаан кэбиһэр. Дьэ уонна сарсыарда эрдэлээн туран, Дыраан уола Сэмэнниин, хоҥнорор луомнаах киирэн, тиэйбиттэр. Бастаан кумаҕы хаһан хоҥнорон баран, Дыраанай куолакалы холкутук үҥкүрүҥнэппитэ үһү. Онтон балай эмэ суон дүлүҥҥэ олордо аспыт уонна иҥнэри тардан, сыарҕаны куолакал анныгар астарбыт.
- Сыарҕа халтарыйан биэриэ, луому кумахха батары анньан өйөөн тур, - диэбит Тыйахааҥҥа. Бэйэтэ куолакалы аҥар бүүрүгүттэн ылан баран, сыарҕаҕа ньылбы анньан таһаарбыт уонна:
- Тутарга табыгастаах сэп эбитэ буоллар, киһи көтөҕөн ылан ууруон сөп эбит ээ, - диэбитэ үһү. Онон Дыраан Сэмэнин “аҥар күүстээх киһи” диэн ааттаабыттара оруннаах буолан тахсар.
Тыйахаан ол куолакалы түөрт хонон, биэс күн айаннаан, Арыылаахха, уон аҕыс көс сиргэ, киэһэ сырдыкка аҕалбыта үһү.
Тыйахаан аатынан оскуола
1897 сыллаахха Арыылаахха биир кылаастаах духовно-приходской оскуоланы аһарга ыйаах кэлэр. Сонно тута учууталынан Карсаков Илья Николаевич диэн Амма Солобуодатын киһитэ ананан кэлэр.
Ол күһүн дьиэ-уот кыаллыбакка уонна үөрэнэр оҕо көстүбэккэ, оскуола тохсунньуга 1898 сыллаахха аһыллыбыта үһү. Онуоха баай дьон оҕолорун, саллаат буолуо диэн куттанан, оскуолаҕа биэрбэтэхтэр. Оскуола бастаан 6 м усталаах, 5 м туоралаах эргэ дьиэҕэ, бэрт тиэтэлинэн, хабарҕа муннугунан салҕааһын сыыһа оҥороннор, аһыллыбыт.
Үөрэх бастакы сылыгар уонтан эрэ тахса оҕо үөрэммит. Олор истэригэр Саха сирин биир бастакы революционера, Максим Аммосовтаах табаарыстара Винокуров Илья Николаевич баара.
Учууталлара Карсаков И.Н. сүрдээх ахсым киһи эбитэ үһү. Уруогун билбэт уонна мэниктиир оҕолору илиитинэн дьарыйыыга кытта тиийэрэ үһү.
Ол киһи Арыылаах ханайар хаба ортотугар оҕуруот сирэ оҥостубут. Ол сиригэр бу дойдуга аан бастакы хортуоппуйу уонна хаппыыстаны үүннэрэн амсаппыт.
Карсаков 1899 с. күһүнүгэр Винокуров (Кыһыл Бытык) аҕабыты кытта иирсэн, көһөн хаалбыт.
Ол күһүн Москваҕа учительскай семинарияны бүтэрбит Халыма киһитэ Слепцов Онисим Николаевич оскуолаҕа үлэлии кэлбит. Мин эһэм аах үрэххэ от сии киирэллэригэр уолларын, мин аҕабын, кинилэргэ дьиэлээбиттэр. Онисим Николаевич олорбутун устатыгар бурдук ыһарынан, онуоха тыаны солуурунан дьарыгыламмыт, кини 10-тахса буут сирин солотон, бурдук ыһа сылдьыбыт. Кинини үтүктэн дьон эмиэ сир солуур буолбуттар. Кэнники кини 40 дэһээтинэ сири солоон, 10 сыл устата туһанарга нэһилиэк уопсай мунньаҕыттан көрдөспүтүн, оччотооҕу тойоттор: “Бу киһи ааһа байан улаханнык үтүрүйүүһү”, - диэннэр аккаастаан кэбиспиттэр. Онтон өһүргэнэн, атын сиргэ көспүтэ үһү.
О.Н.Слепцов учууталынан олус үтүө учуутал эбит. Оскуолаҕа баһаам баай библиотеканы тэрийбит. Мин үөрэтэрим саҕана оскуолаҕа икки улахан ыскаабы тобус толору кинигэлэр – барыта уус-уран литература – баара. Оскуолаҕа физкультурнай городок оҥорторбут этэ. Ол элээмэтэ билиҥҥэ диэри баар. Бэйэтэ балай эмэ гимнаст идэлээх киһи эбитэ үһү. Кини айылҕаны таптыыра эмиэ биллэн ааспыт. Оскуола таһыгар элбэх титириги олорторбут. Мин үөрэнэ сылдьарбар үөҥэс титирик буолбуттарын гражданскай сэрии саҕана күрүөтүн алдьатан, маһын тоһуталаан суох оҥорбуттар этэ.
О.Н.Слепцов ананан кэлээт да, оскуола дьиэтэ сөбө суоҕун көрөн, куоракка киирэн Духовнай консисторияҕа саҥа оскуола тутарга көрдөһүү түһэрбит. Онуоха үөрэх инспектора тахса сылдьан баран, Слепцов көрдөһүүтүн сөптөөҕүнэн ааҕан, консисторияҕа дакылаат суруйбут. Бу дьыала 1900 с. олунньуга быһаарыллан, хаһыанай сыаната 2000 солкуобайдаах дьиэни тутарга, онтон ордукка турар буоллаҕына, үбэ сиэртибэнэн ситэриллиэхтээҕин туһунан ыйаах кэлэр.
Бу ыйаахха олоҕуран, Слепцов алта саһаан усталаах, үс саһаан туоралаах дьиэни тутарга былааннаан бүрүкүөт мунньаҕар туруорар. Дьиэни тутуу бэдэрээтэ былыргынан, туор быһыытынан, ол аата, ким сыанатын түһэрэн кыайбыт киһи бэдэрээттэһэн тутарыгар быһаарыллар. Ол бэдэрээти Тыйахаан ылынаары сылдьарын баайдар эрдэ билэннэр, туорга киирсэн сыананы быһа түһэрэргэ киксэллэр. Дьэ онон туор саҕаланар. Ким эрэ 1900 солк. харчыны анаабытын, 1800, онтон 1500 солк. тиийэ түһэрэллэр, Тыйахаан 1200 солк. түһэрбит. Онно били кини үөхпүт Боссокуоп баайа, Тыйахаан кыһыйан бүтэн олорорун көрөн сыананы 1000 солк. түһэрбит. Онуоха Тыйахаан кыйаханан дэлби ыстанар:
- Чэ, тойоттор, мин көлөһүммүн ситэри сиэҥ. Мин дьиэ тутуутун 800 солк. ылынабын уонна аҥаарын, 400 солкуобайы, кэнэҕэски ыччат үөрэнэн сырдыырын туһугар сиэртибэлиибин! Оттон 400 солкуобайы биэрдэргит көҥүлгүт, биэрбэтэргит көҥүлгүт! – диэн баран киһилэрэ таһырдьа тилир гынан хаалбыт...
Тыйахаан ол саас бу дьиэ салҕааһын буолар маһын кэрдэн киллэрэр. Ол саас, сайын Хос Көлүйэ диэн сиртэн бэйэтэ биир нуучча дьиэлээҕин көһөрөн аҕалан олордон, саҥа маһынан салҕаан, кырыысалаан бүтэрэн кэбиһэр.
Тыйахаан куолакалы босхо таһааран ыйаабытын иһин үрүҥ көмүс мэтээли ылар, оскуоланы босхо кэриэтэ туппутун иһин, кыһыл көмүс мэтээллэммит. Кэнники өссө биир боруонса мэтээли ылбыт. Ол иһин Тыйахаан “Мэтээллээх” диэн хос ааттаммыт этэ. Тиһэҕэр, оскуолаҕа кини аата иҥэриллибитэ: үтүө санаатын, үөрэххэ-сырдыкка дьулуурун иһин. Мин санаабар, бу Арыылаах (билиҥҥитэ Белолюбскай) оскуолатыгар билигин даҕаны кини аатын иҥэриини чөлүгэр түһэриэххэ баар этэ. Бэл батталлаах үйэҕэ кини аатын чиэстээбиттэр. Оттон биһиги көҥүл дойдубутугар үлэһит киһи үтүө өҥөтө, аата умнуллуон сатаммат. Ол иһин кини аатын сөргүтүөххэ наада.
М. Попов, Чурапчы оройуонунааҕы Белолюбскай начальнай оскуолатын учуутала. “Хотугу сулус” сурунаал, № 5, 1966 с.
МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТИЭХЭЭН
Боотурускай улууһун 1 Хайахсыт (билиҥҥитэ Чурапчы улууһун Арыылаах) нэһилиэгэ 1710 сыллаахха үөскээбит. Былыргы кэмнэргэ элбэх сырыылаах, дьалхааннаах Айаан айанын суола бу нэһилиэгинэн ааһар этэ.
Бу нэһилиэккэ араас идэлээх, эр санаалаах хор¬сун-хоодуот дьон баар буолуталаабыттар. Олортон биирдэстэринэн ыраахтааҕыттан 3 мэтээлинэн наҕараадаламмыт Тихон Михайлович Ка¬женкин буолар. Кини 1852 с-ха төрөөбүт.
Бастатан туран кини үөс¬кээбит, олорбут нэһилиэгин историческай түгэннэригэр тохтуохпут. Бу нэһилиэккэ бэрт эрдэттэн таҥара дьиэтэ тутуллубут. Уйбаан уонна Мөрүөн Боппуоктар бу күөл арыытыгар бастакы часовняны 1858 сыллаахха туттарбыттар. Часовня 1862 с. сибэтии буолан үлэҕэ киирбит. Ити кэмтэн ыла манна олохтоохтор бас¬такы куолакал тыаһын истэр буолбуттар. Бастакы аҕабыытынан нуучча киһитэ Алексий Ясенецкий буолбут. Бу дьыл саамай бастакынан миэтирикэ кинигэтэ арыллан бу сиргэ төрөөбүт оҕолору эрэ буолбакка, чугастааҕы 5 нэһилиэк дьонноро хабыллан сурукка-бичиккэ киллэриллибиттэр. Ити сылтан ылата үөрэнэр саастаах оҕолор учуокка ылыллар кыахтаммыттар. Саха республикатын Киин архибыгар баар докумуоннар көрдөрөллөрүнэн өссө 1862 с. балаҕан ыйын 26 күнүгэр манна аан бастаан 15 устуука букубаары уонна кылаас сурунаалын аҕалбыттар. Букубаардары атыылаабыттар. Бу нуучча тылынан суруллубут букубаар¬дарынан кимнээх, хайа дьон оҕолоро үөрэммиттэрэ, кылаас сурунааллара туһаныллыбыттарын туһунан таҥара дьиэтин архыыбар матырыйаал хаалларыллыбатах. Ол эрээри аан бастаан оҕолору сурукка-бичиккэ үөрэтии 1 Хайахсыт нэһилиэгэр 1862 с. саҕаламмыт эбит диэн түмүккэ кэлэбит.
Биһиги кэпсээн билиһиннэрэр Тихон Михайловичпыт бу тутуллубут часовняны 10-ча саастааҕар сөҕө махтайа көрбүтэ, куолакал тыаһын илэ кулгааҕынан истибитэ чахчы. Тихон төрөөбүт үөскээбит нэһилиэ¬гин киинэ Арыылаах биир кырдьаҕас дэриэбинэнэн биллэр. Манна 100-150 сыл анараа өттүгэр тутуллубут хас даҕаны мас тутуулардаах. Олортон биирдэстэригэр Тихон Каженкин сиэннэрэ күн бүгүнүгэр диэри дьиэ-уот оҥостон олороллор. Онно эһэлэрин, эбэлэрин малларын, дьиэлэрин сорох тээбириннэрин кэриэстээн илдьэ, көрө сылдьаллар.
Бу нэһилиэккэ Тихоны көрбүт, бэйэтин кытта илэ кэпсэппит, кини-ни үчүгэйдик билэр 85-тии саастаах Попов Михаил Ксенофонтович уон¬на Попов Никифор Николаевич диэн кырдьаҕастар бааллара. Kинилэр Тихон Kаженкин туһунан элбэҕи кэпсээбиттэрэ, билиһиннэрбиттэрэ. Тихон Ми¬хайлович туһунан матырыйааллары Саха республикатын Киин архибыттан хомуйбуппут. Семен Романович Попов дьонноро уонна Тихон кэккэлэһэ, ыаллыы алаастарга олорбуттара. Олору таһынан Тихон сиэннэрэ элбэх информацияны биэрбиттэрэ.
Тихоннаах кыһынын төрөппүттэрин алаастарыгар «Хос Көлүйэҕэ» кыстыыллара. Бу олус кэрэ айылҕалаах сир, хас даҕаны кыракый көлүкэлэрдээх, утум-ситим сытар кыра алаастар. Бу сиргэ эһэлэрин, эбэлэрин ампаардара бэрт чэгиэнник-чэбдиктик турар. Онно өбүгэлэрин маллара, булт тэриллэрэ, туттубут сэптэрэ-сэбиргэллэрэ олус ки¬чэллик ууруллубуттар. Олору Тихон улахан сиэнэ - Иван Дмитрьевич, 86 сааһыгар өлбүтэ, бэйэтин оҕолоругар, сиэттэригэр көрдөрөр, кэпсиир этэ. Маннык үөрэҕи биһиги олус үтүө үгэһинэн сыаналыыбыт. Тихон бэйэтэ туппут бэртээхэй дьиэтин оскуолаҕа сиэр¬тибэлээн баран урукку дьиэтигэр кыстыыр буолбут.
Тихон кэргэнэ Бороскуобуйа. Кини айылҕаттан бэриллибит ураты идэлээх эбит. Ону бэйэтин үйэтигэр кимиэхэ даҕаны биллэрбэккэ чып кистээн сылдьан бэйэтин үйэтин моҥообут. Баҕар онон да сибээстээн буолуо Тихоннаах отордуур «Мычаата» диэн сирдэригэр Болугур Айыыта уонна Бахсы Айыыта кэлитэлии сылдьыбыттара үһү диэн кырдьаҕастар кистии-саба кэпсэтэллэрэ.
Тихоннаах сайылыктара «Суут Үрүйэ», олус бүөмчү сир. Сайылы¬гын дьиэтэ 5 муннуктаах бабаарына. Онно ампаара, салгыы сайыҥҥы сүөһү титиигэ сыһыары тутуллубут. Маннык архитектуралаах сайылык¬тар манна бааллара отой биллибэт. Арай маннык тутуулаах кыһыҥҥы кыстыктар баар буолааччылар.
Тихон ыччаттара сайынын мустан эһэлэрин, эбэлэрин сайылыкта¬рынан, алаастарынан сылдьан, кинилэр өтөхтөрүгэр уот оттон «аһатан-сиэтэн» кэриэстээн ааһаллар. Биһиги Тихон сайылыгар сырыттахпытына, кини улахан сиэнэ Иван Дмитрьевич «биһиги эһэбит сөбүлээн миинэр, көлүнэр биир эрэ соноҕостооҕо» үһү диэн кэпсээбитэ. Ону санаппыттыы дуу, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, суос-соҕотох соноҕос ат, былыргы Тихон сылдьыбыт ыллыгынан соруктаах аҕайдык оргууй хааман кэлбитэ. Соноҕос сайылык дьиэтин аһара түһэн урукку Тихон ууһун кыһатыгар кэлэн тохтообута. Бу дьикти түгэн соһумара бэрдиттэн биһиги ах баран турбуппут уонна «оҕонньорбут ата илэ бэйэтинэн көһүннэҕэ» диэн ботугураһан эрэ хаалбыппыт.
Мэтээллээх Тихон 1922 с-ха аҕатын дьиэтигэр кыстаан олорон өлбүт. Кини өлөр ыарыытыгар ыллара сыттаҕына Дьокуускайтан Софроний архыырай 1 Хайахсыт таҥаратын дьиэтигэр тахса сылдьан Тихон дьиэ¬тигэр бэйэтинэн тиийэ сылдьыбыт уонна молитвалаан, ыллаан ааспыта үһү. Маннык чиэскэ боростуой, үөрэҕэ, үрдүк солото суох дьоннор тиксибэттэр этэ дэһэллэр. Онон Тихон таҥара дьиэтин тутуутугар улахан үтүөлээх буолан итинник чиэскэ тиксибит буолуохтаах. Кини уҥуоҕун бэйэтэ тутуспут 1 Хайахсыт таҥаратын дьиэтин, күн тахсыытын көрсөр илин истиэнэтигэр, кини ыкса табаарыһа Горбунов Николай Семеновичтыын биир ииҥҥэ уҥуох туппуттар.
1 Хайахсыт саҥа таҥаратын дьиэтин 5 нэһилиэк дьоно үбүлээн, күүстэрин холбоон 1897 сыллаахха тутуутун саҕалаабыттар. Таҥара дьиэтин Таатта киһитэ Луковцев Владимир Захарович маастардаан туттарбыт. Бу дьиэ тутуутугар Тихон Каженкин сүгэ тутан болуотунньуктаабыт.
Бу саҥа тутуллубут таҥара дьиэтэ тус-туспа ааттардаах хас даҕаны сүһүөх дьиэлэртэн тутуллубут, уһуна 17 саһаан, колокольнятын үрдүгэ 30 миэтэрэ, онон Илин Хаҥаласка саамай улахан, үрдүк таҥара дьиэтинэн биллибит. Дьиэ маһын 5 нэһилиэк хас биирдии ыалларыгар 2-лии бэрэбинэнэн түһээн түһэрэн, бөдөҥ талыы мастарынан туппуттар. Сорох истиэнэтин бэрэбинэлэрэ 40-тан тахса см кэтиттээхтэр, 24 см халыҥнаахтар. Балары быыһынан быһах да төбөтө киирбэт гына ыпсаран түһэртээбиттэр. Дьиэ иһин сырдыга 4-5 м. Ааннара 2,5-3,0 м үрдүктэрдээхтэр. Бу ааннар 100 сылы мэлдьи эрийэ-буруйа тардыбакка, хамсаан да көрбөккө, ньим-бааччы тыаһа суох сабылла тураллар. Ол да иһин буоллаҕа, бачча улахан дьиэ баара суоҕа 3 кирпииччэ оһох¬торунан соторутааҥҥыга диэри бэркэ ититиллэн турбута. Дьэ бу, маһынан тутуу дьиҥнээх хаачыстыбатын көрдөрөр сахалар уустарын улуу тутуулара диир кыахтаахпыт.
Дьэ ити курдук Хайахсыт Николаевскай таҥаратын дьиэтэ икки сыл устата тутуллан 1899 сыллаахха тутуута бүппүт. Бу таҥара дьиэтэ 1900 с. кулун тутар 29 күнүгэр Үрдүк сололоох Дьокуускайдааҕы, Бүлүүтээҕи епископ-аркыырай сөбүлэҥинэн, кини улахан мэлииппэтинэн үлэҕэ кил¬лэриллибит. Бу сүдү тутууга элбэх сыратын биэрбит, бэйэтин баайын, элбэх ынаҕын-сылгытын сиэртибэлээн туран улахан, уустук үлэлэрин оҥорторбут Тихон Михайлович Каженкины ыраахтааҕы үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадалаабыт.
ТАҤАРА ДЬИЭТИН КИРИЭҺЭ
I Хайахсыт остуоруйатыгар, биллэн турар, саамай дьоһуннаах, чугас эргин тэҥнээҕэ суох былыргы тутуунан Николаевскай таҥара дьиэтэ буолар. Бу нэһилиэккэ саамай улахан уонна манна олохтоох мас уустара уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын түмэн көрдөрөн хаалларбыт өйдөбүнньүктэрин курдук сыаналанар сүдү тутуу.
Православнай итэҕэл үгэһинэн дьоннор баҕа өттүлэринэн ким төһөнү кыайарынан, сөбүлүүрүнэн таҥараҕа сиэртибэ оҥоруохтаахтара. Таҥара дьиэтин тутуутугар Боотурускай улуус биэс нэһилиэгэ кыттыбыта, элбэх киһи баҕа өттүнэн үбүнэн көмөлөспүтэ.
Тихон Михайлович таҥара дьиэтин тутуутугар оҥорбут ураты үтүөтүнэн, бу улахан кириэһи бэйэтэ тэрийэн, үбүлээн босхо оҥотторбута уонна кыһыл көмүһүнэн дуйдаппыта буолар. Итини таһынан бу кириэһи миэстэтигэр, колокольня үрдүгэр таһааран туруоран күн уотугар күлүмүрдэтэн кэбиспит. Кириэс үрдүгэ биэс аршин, туората 3 аршин, ыйааһына 4 аҥар буут эбит. Оччолорго улахан кириэһи оҥоруу олус уустук дьыала эбит. Ол курдук бу кириэһи аан бастаан Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин киһитэ Оргуй уус оҥоро сатаан баран кыайбатах. Ону Тихон ити кириэс оҥоһуутун бэйэтигэр ылыммыт. Кини биир дойдулааҕын Маттаҕа уус диэни булбут. Кириэс улахана бэрт буолан, дьиэ иһигэр хайдах даҕаны батаран оҥоруллубат эбит. Онон Тихон бэйэтин сайылыгар таһырдьа уһанар былааннанан уус кыһатын сайылыгын арҕаа өттүгэр оҥостубут. Оччолорго бэлэм сыыйыы тимир суох буолан болгуону кытардан, балтанан эллээн сыыйыы тимири бэлэмнииллэр. Дьэ итиннэ дэлэлээх эр бэртэрэ балталаабыттара, тириппиттэрэ-хоруппуттара буолуой? Дэлэлээх элбэх киил мас оттуллубута, уматыллыбыта биллибэт. Кинилэр уһаммыт кыһаларын онно, тимирдэрин чааһата билиҥҥээҥҥэ диэри көстөллөр.
Тихон ылыммыт, эрэннэрбит кириэһин лоп курдук бириэмэтигэр оҥорон, кыһыл көмүһүнэн дуйдатан, колокольня үрдүгэр таһааран туруоран биэрбит. Бу кириэһи тимир болгуоттан уустарга оҥорторуутугар, кыһыл көмүһүнэн дуйдатыытыгар Тихон төһө сылгыта, ынаҕа, онтон дьон хамнаһын төлөөһүнүгэр төһө үбэ-харчыта ороскуоттаммыта биллибэт. Кириэс бэйэтин сыаната урукку харчынан 85 солк. сыаналаммыт.
КУОЛАКАЛ
Тихон иккис үтүөтүнэн 52 буут ыйааһыннаах ийэ куолакалы Лена өрүс кытылыттан тиэйэн таһааран 20-тэн тахса миэтэрэ үрдүктээх таҥара дьиэтин колокольнятыгар ыйаан биэрбитэ буолар. Таҥара дьиэ¬тин кириэһин таһааран күн уотугар күлүмүрдэтэн баран, аны Аллараа Бэстээххэ борохуотунан тиэллэн кэлэн кумахха сүөкэммит 52 буут ыйааһыннаах куолакалы тиэйэн таһааран ыйыахтаахтар. Маны нэһилиэк бас-көс дьонноро мустан мунньахтаабыттар, куолакалы тиэйэн таһаарар киһини була сатаабыттар да ким да сөбүлэспэтэх. Ону Тихон истэ олорбут уонна мунньахха кыттыгаһа суох эрээри этэрдээх буолбут: «Бу нэһилиэги салайан олорор ааттаах дьон эрээри итини кыайан тобулбатыгыт, туох иһин салайааччы буолан мөтөһөн олороҕут. Ити кэпсэтэ, быһаара сатыыр куолакалгытын мин тиэйэн таһаарабын»,- диэбит. Кини булугас-талыгас өйдөөҕүн билэр буоланнар да, баҕар сытыы да тылыттан толлон дуу, били, бас-көс дьоннор ах баран бэйэ-бэйэлэригэр сэлээннэспиттии саҥарбакка ньимиһэн олорбуттар. Онуоха Тихон эбэн эппит: «Чэ, баай дьон миэхэҕэ биир иһит арыгыта уонна бэйэм соноҕоспор ханыы буолар үчүгэй, таһаҕасчыт атта булан кулуҥ»,- диэн усулуобуйа туруорбут. Кини эппитин толорон, биир иһит арыгыны була охсон биэрбиттэр. Онтон көмө буолар аты мин бэйэм булуом диэн тойотторго чэпчэтиини оҥорордуу усулуобуйатын аҥарын төттөрү ылбыт уонна икки биэрэстэлээх дьиэтин диэки тэптэрэ турбут. Ити ыкса саас эбит, онон уһатар-кэҥэтэр кыах суох буолан Тихон икки хонук иһигэр тоҥ хатыҥы түөрэн, модьу-таҕа силис сыарҕаны оҥостубут. Бэйэтин соноҕоһугар ханыы аты Бырдыынап диэн хос ааттаах Сыромятниковтан уларсан куолакалы тиэйэ айаннаабыт.
Икки үтүө атынан айаннаан билиҥҥитэ Аллараа Бэстээх чугаһыгар Дьаарбаҥ Суукка олорор күүһүнэн аатырбыт татаар киһитигэр Аргылла Сэмэҥҥэ хоно тиийбит. Киһитэ дьиэтигэр баар буолан биэрбит. Хоноһо туох сыаллаах-соруктаах айаннан кэлбитин дьиэлээххэ кэпсээбит уонна били, биир иһит арыгытын остуолга туруоран кэбиспит. Ол кэннэ: «Арай эн эрэ көмөлөстөххүнэ, миигин нэһилиэк тойотторуттан-баайдарыттан быыһыаҥ, онон эн күн-ый буол, көмөлөс»,- диэн ылыннарыы-лаахтык тылын-өһүн киллэрэн көрдөспүт. Онуоха Аргылла Сэмэн балай да олорбохтоон баран: «Чэ, көмөлөһөн көрүөм, эчи кэһииҥ да боччума бэрт, эн тылгын быһа гынар кэрэгэй буолсу»,- диэбит.
Киэһэ астарыттан аһаан, ичигэстик хонон баран: «Ол тэрили мин көрбүтүм, билэбин, инчэҕэй кумахха хам тоҥо сытар»,- диэн буолбут. Сарсыарда куолакалы хоннорор сэби-сэбиргэли тэринэн биэрэккэ киир¬биттэр. Син балайда үлэлэһэн, куолакалы хоннороннор сыарҕаҕа тиэйэргэ бэлэм буолбуттар. Сэмэн татаар куолакал үрүт тутааҕыттан ылан тардыалаан көрбүт уонна Тихоны: «Сыарҕаҕын манна сыһыары тартар»,- диэбит. «Мин бу тэрили иҥнэри тартахпына сыарҕаҕын куолакал анныгар сыҕарытан биэрээр»,- диэн эбэн биэрбит. Оннук кэпсэтэн, сөпсөһөн баран, Аргылла тирэҕин булунан баран: «Чэ, тиэйэн көрүөххэ»,- диэт, куолакалы иҥнэри тарпыт, онуоха Тихон сыарҕаны куолакал анныгар төһө киириэҕинэн сыҕарыппыт. Онуоха Сэмэн куолакалы ыыппытыгар куолакал сыарҕа үрдүгэр олоро түспүт. Ол кэнниттэн Тихон куолакал алын бүүрүгүн кээмэйдээн ылан сыарҕатын баттыгар олук бысталаабыт. Ити кэнниттэн Сэмэн татаар куолакалы сыҕарыҥна¬тан олукка лап гына түһэрбит. Ону киһитэ кирис өтүүнэн ыгыта тардан кэлгийэн кэбиспит. Инньэ гынан Тихон кыһыҥҥы суолу баттаһан куолакалы тиэйэн таһааран таҥара дьиэтин соҕуруу өттүгэр тартаран кэбиспит.
Бу кэлбит куолакал бөдөҥө-садаҥа киһини барытын сөхтөрбүт, маннык ыарахан тэрили Тихон тиэйэн аҕалбытын иһин дьон махталын ылбыт, онон кинини утары ким да тугу да эппэт буолбут. Аны маннык ыарахан куолакалы 20-тэн тахса миэтэрэ үрдүккэ таһааран колокольняҕа ыйааһын боппуруоһа тирээн кэлбит. Бу да сырыыга Тихон булугас-талыгас мындыр өйө эмиэ наада буолбут. Онон куолакалы букатын¬наах оннун булларыыны бэйэтэ баһылаан-көһүлээн дьаһайарыгар тиийбит. Кини бырайыагынан таҥара дьиэтин хаҥас өттүгэр куолакалы эрийэн быанан соһон үөһээ таһаарар аналлаах тэрили туттарбыт. Ол тутуу холуодьастан биэдэрэлээх ууну быанан көтөхтөрөн таһаарар оҥоһукка маарынныыр эрээри, тоннаҕа чугаһыыр ыйааһыннаах куолакалы уйар модьу оҥоруу буолбут. Маны уран уустар тулутуохтара дуо, өр-өтөр гыммакка бэлэм оҥорбуттар. Бэрт элбэх кирис өтүүлэри ыаллар¬тан хомуйан, салҕаталаан, хас да хос гына холботолоон уһун ханаат быаны бэлэмнээбиттэр. Ханааты куолакал ыйанар сиринэн эргитэн, таҥара дьиэтин соҕуруу өттүгэр турар куолакал ыйанар кулгааҕар баай¬быттар. Ханаат аҥар төбөтүн бэрэбинэттэн оҥоруллубут эргийэр кииҥҥэ баайбыттар. Бу аллараа бэрэбинэ көлүөһэни хас да киһи төһүүнэн эргитэн куолакалы тэйгэччи ыйаан, көтөхтөрөн ыйанар сиригэр таһаарбыттар. Үөһээ таһааран колокольня уҥа өттүгэр аналлаах көхөҕө иилбиттэр. Онтукалара колокольняны иҥнэри тардыах былааннааҕын эр¬дэттэн билэн Тихон сүбэтинэн илин өттүгэр көһөрөн биэрбиттэр.
Семен Романович Попов, биол. наука канд.
ОСКУОЛА ТУТУУТА
Аныгы үйэҕэ сайдыыны ситиһии оскуолата суох, оҕолору билиигэ-көрүүгэ үөрэппэккэ эрэ ситиһиллэр кыаҕа суох. Таҥара дьиэтин тутан үлэҕэ киллэрии кэнниттэн Хайахсыт нэһилиэгин олохтоохторо аны оскуола тутуохтарын баҕарбыттара.
Арыылаахха оскуола тутуллуон иннинэ кэпсэтиилэр, сөбүлэһиилэр эрдэттэн барбыттарын бэлиэтиир докумуон Национальнай Архыыптан көстүбүтүн, бэчээттиибит.
Якутский Епархиальный Училищный Совет (Отчет Епархиального училищного Наблюдателя по школам за 1901-1902 уч. год).
… а прихожанин Хаяхсытской церкви якут Тихон Каженкин изъявил согласие построить бесплатно на свой счет дом /3 х 6 саж./ для Хаяхсытской церковно-приходской школы, без печей, рам и внутренней отделки. Не получив из Якутского Уездного Отделения Совета плана Хаяхсытской церковно-приходской школы, возвращенного Училищным Советом Отделению для исправления, а Епархиальный Наблюдатель вынужден был составить на месте, при участии священника Матвея Попова и строителя Каженкина, план нового школьного здания и вручить Каженкину. За перенос жертвуемой им школе хорошего амбара, на устройстве в нем погреба /амбар находится в 2-х верстах от школы/ и подполья в учительской квартире Каженкин просит 40 рублей, о чем он послал на имя о. Епархиального Наблюдателя заявление, отосланное последним, вместе с планом, в Епархиальный Училищный Совет.
Ф. 287-и, оп. 1, д. 7.
1900 с. саҥа таҥара дьиэтэ үлэҕэ киириитинэн сибээстээн церков¬но-приходской оскуола тутуута маннааҕы бас-көс дьон мунньаҕынан быһаарыллыбыта. Онуоха Тихон үгэһинэн аан бастакынан тыл көтөҕөн бу оскуоланы мин тутабын, онно бэйэбэр тутуммут саҥа дьиэбин биэ¬рэбин диэбит. Ону таһынан 1200 солк. бэйэбиттэн үбүлээн саҥа мас кэртэрэн, онно салҕаан улахан оскуоланы тутарга быһаарыммытын мунньаҕынан бигэргэппиттэр.
Оскуола былаанын Иван Винокуров аҕабыыт уонна учуутал Онисим Слепцов оҥорбуттар. Ити саас оскуола маһын Тихон эрдэттэн кэрди¬битинэн барбыт. «Хос Көлүйэ» диэн бэйэтэ олорор алааһыттан саҥа дьиэтин көһөрөн аҕалан уонна саҥалыы салҕаан сайын устата оскуола¬ны тутан бүтэрбит. Бу оскуолаҕа 30-тан тахса оҕо үөрэнэр кылаас¬таах, учительскайдаах, остуорас олорор хостоох, ону таһынан пекар¬нялаах улахан дьиэ буолбут. Дьэ бу бөдөҥ дьиэни кылгас сайын уста¬та сүһүөҕэр туруоран буор босхо оскуолаҕа биэрии туохха да холо¬бура суох үтүө быһыы, нэһилиэккэ үөрэх-билии сайдыытыгар сүрүн төһүү буолар. Маннык түргэнник тутулуннар даҕаны бу дьиэ тутуутун хаачыстыбата эҥкилэ суох буолан, бөҕөтүк-таҕатык 70 сыл осуолаҕа туһалаабытын таһынан, сороҕо билигин даҕаны туһалыы турар. Тихон Михайлович Каженкин оскуола дьиэтин босхо тутан биэр¬битин иһин ыраахтааҕы үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Арыылаах оскуолата революция иннинэ Тихон Михайлович Каженкин аатын сүгэр 1 кылаастаах духовнай-приходской оскуола диэн ааттанар эбит.
Тихон оскуола дьиэтин тутуутунан эрэ муҥурдамматах. Кини бэ-йэтэ туппут оскуолатыгар попечителинэн үлэлээбит, кыһынын остуо¬растаан оскуола оһоҕун бэйэтэ оттубут. Остуорастаан, үлэлээн ылбыт хамнаһыттан сыл аайы оскуолатын туһатыгар 25 солкуобайы босхо аныыр эбит. Маннык нэһилиэгин дьонун ыччаттара үөрэхтэнэллэригэр кини ис дууһатыттан бэриниилээхтик сыһыаннаспыт. Ол туоһутунан Тихон Ка¬женкин Саха сиригэр церковно-приходской оскуолалар аһыллыбыттара 25 уонна Россияҕа Романовтар династиялара 300 сылын туолар юбилей-дарын бэлиэтээһиннэригэр боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Национальнай архыыпка Т.М.Каженкин оскуолаҕа попечителинэн үлэлээбитигэр сыһыаннаах аҕыйах да буоллар докумуоннар көһүннүлэр.
Ж-л заседаний № 9 Якутского Епархиального Училищного Совета за 1904 г.
Постановили: ... Ходатайствовать пред Его Преосвещенством о предоставлении инородца Тихона Каженкина к серебряной медали на Станиславской ленте в поощрении трудов его по Хаяхсытской школе предварительно запросив сведения из областного управления о безпрепятственности представления Каженкина к Высочайшей награде.
Протоиерей И.Неверов Епархиальный наблюдатель священник Н.Нифонтов Преподаватели: Ст. Парышев М. Быстров
12 февраля, 1904 г. НА РС (Я) Ф. 287-и, оп. 1, д. 9, л. 60. об.
В Якутский Епархиальный Училищный Совет Инородца 1 Хаяхсытского наслега Таттинского улуса Тихона Михайловича Каженкина
Прощение
Я, вышеназванный Тихон Каженкин состоял попечителем при Хаяхсытской церковно-приходской школе с 1911 года по 1913 год и по 25 рублей вносил ежегодно в пользу школы, на эти деньги отоплял школьное здание на свой счет. Во время юбилея 300-я царствующего дома значит состоял попечителем и потому, если полагается мне получить медаль в память этого юбилея, то покорнейся прошу с сем подателям выслать мне медаль с удостоверением носить. Деньги за медаль, в количестве 1 рб 25 коп, мною были предоставлены в январе месяце 1913 г., а если не полагается мне медаль, прошу выдать обратно мне подателю мой 1 рб 25 коп. В чем и подписуюсь выше описанный инородец 1 Хаяхсытского наслега Таттинского ул. Тихон Михайлович, Каженкин, а за него неумеющего писать и по его личной просьбе руку приложил инородец Ксенофонт Алексеевич Попов.
1914 г. 23 марта. НА РС (Я) Ф. 287-и, оп. 1, д. 53, л. 6.
Оччотооҕу да кэмнэргэ биир киһи хас да наҕараадаҕа тиксээри гыннаҕына араас утары этээччилэр, сөбүлээбэттэр баар буолаллар эбит. Архыыптан маннык докумуон көһүннэ.
Отношение Совета, от 20 марта 1914 г. за №803
...имею честь сообщить: 1) ни каких данных о бывшем попечителя Каженкина по делам школы не имеется, неизвестно также мне, кем он был представлен и утвержден, и сколько лет состоял на должности попечителя.
По словам Каженкина, он состоял попечителем три года – с 1910 по 1913 г., никаких документов у него не имеется, кроме удостоверения, которое выдано ему Советом на право ношения юбилейной медали на память 25-летие церковной школы. 2) Ремонт кровли школьном здании Каженкиным не производился до сего времени. О присылке Советом вышеупомянутых сведений о Каженкине я обращался своим Совету, от 11 сентября 1913 г. за № 20.
Зав. школы, священник Н.Сизых. НА РС (Я) Ф.287-и, оп. 1, д. 35, л. 7.
Журн. Уч. в статье № 6 апр. 14.
В выдаче г. Каженкину медаль отказать ввиду, что им уже таковая медаль получена по должности старосты по Хаяхс. Никол. церкви, деньги 1 рб 25 коп. возвратить ему через заведующего Хаяхсытской церковно-приходской школы. Подпись
Тихон Михайлович өссө наҕараадаҕа тиксиэхтээх докумуонун эрдэттэн оҥостубакка сылдьан, наҕараада түҥэтиитигэр хойутаан хаалан баран, биэс нэһилиэк олохтоохторун уопсай мунньахтарынан Арыылаах оскуолатыгар попечителинэн талыллыбытын бигэргэппиттэрэ Национальнай архивка хараллан сытар.
Приговор
1915 года 12 апреля, мы нижеподписавщиеся родоначальники и представители от 5-ти наслегов прихожани Хаяхсытской Николаевской церкви были сего числа на общем нашем церковно-приходском сходе, с заведующим местной церковно-приходской школы, свещенником Николаем Сизых, высочайше утверждение 11 июля 1914 г., положение, об открытии при церковно-приходских школах церковно-школьных советов, по выслушании которого все единогласно постановили: просить с заведующего ходатайствовать об открытии означенного попечительства и об утверждении избранных нами прихожанам, двух членов, почетных инородцев, строителя школы якута Хаяхсытского наслега Тихона Михайловича Каженкина и якута Жулейского наслега Константина Харлампьева Васильева. В чем и подписуемся прихожани Хаяхсытской Николаевской церкви.
11 Подписей с печатью наслежн. родоначальников. НА РС (Я) Ф. 287-и оп. 1, д. 35, л. 27.
Покорнейше прошу Совета открыть при Хаяхсытской школе Уездное школьное попечительство, уездные членами его двух почетных инородцев Тихона Михайловича Каженкина, Константина Харлампьева Васильева и об открытии таковое попечительство при названной школе донести когда следует.
Уездный Набл. 17 / ш 1915 г. № 15 НА РС (Я) Ф. 287-и, оп. 1, д. 35, л. 29 об
Т.М.Каженкин Хайахсыттааҕы Николаевскай таҥара дьиэтин ыстаарыстатынан элбэх сылларга үлэлээбитин дакаастыыр докумуоннар Национальнай архыыптан көһүннүлэр. Онно киирсэллэр: 1914 сыллаахха юбилейнай медалы ылбытын туһунан суруйуу уонна Ытык-Күөл архыыбыттан С.Р.Попов булбут докумуона буолар.
Өр кэмҥэ умнууга сылдьыбытыттан Тихон Михайлович наҕараадаламмыт мэтээллэрэ ханнык матырыйаалтан оҥоруллубуттарын ахтыыны оҥорооччулар буккуйар буолбуттар. Бу буккуйууну архыыптан көстүбүт суруйуу оннугар түһэриэ этэ. Таҥара дьиэтигэр церковнай старостанан үлэлии сырыттаҕына толоруллубут послужной списокка Тихон Михайлович ханнык медаллардааҕын туһунан суруйуу баара ордук итэҕэтиилээх. Ол курдук бэйэтэ баар, субу көрөн туран суруйбут киһи суруйуутун итэҕэйэрбитигэр тиийэбит.
Послужной список Церковного старосты Хаяхсытской Николаевской церкви
Таттинского улуса, I Хаяхсытского наслега. Якут. Тихон Михайлович Каженкин. От роду 62 лет. Православного вероисповедания. На должности церковного старосты сей церкви состоит с июня месяца 1912 года первое трехлетие. За пожертвование 1 дома под церковно-приходскую школу имеет 1 серебр. медаль и кроме того 2 юбилейные медали, из коих 1 серебр, а другая – бронзовая. Состоит под судом и следствием по жалобе на него якута I Хаяхсытского наслега Николая Попова 1-го.
По должности исправен, имеет не уживчивый харахтер.
Отношение его к своим обязанностям весьма добросовестные, что свидетельствуется аккуратным ведением церковного имущества и капитала, что выразилось чистою прибылью от продажи свечей в 95 р. Женат вторым браком; имеет детей, кои православного вероисповедания.
Подпись: Священник Н.Сизых.
Ин. Попов. 10 янв. 1915 г. Ф. 264-и, оп. 1, д. 111.
Брачные документы 1916. Удостоверение от июля 2, 1916.
Дано си удостоверение ведение в 1 Хаяхсытском родовичем управлении, Таттинского улуса в том, что родович сего Аврам Павлов Попов вступает 2-м браком с вдовой сего наслега Марковой Дмитр. Неустроевой, между ними кровных связей не встречаются, к бракосочетанию их ни каких “прикут...” не имеют.
Староста Тихон Каженкин. Печать ТМК. Ф-264, оп. 1, д. 114.
Тихон Михайлович Каженкин бэйэтин нэһилиэгэр аҥардас тутуунан эрэ буолбакка уһун кэмҥэ тутаах дуоһунаска, бурдугу көмө биэрэр маҕаһыын вахтерунан үлэлии сылдьыбытын туһунан суруйуулар Национальнай архыыпка хараллыбыттар. Кини үтүө санаатыттан нэһилиэгин дьонугар харабыллыыр бурдугуттан быстыбыт кэмнэригэр иэс биэртэлиирин туһунан докумуоннар көһүннүлэр.
Прошение родовича I Хаяхсытского наслега Павла Потапова в Батурусскую инородческую управу от 10 февраля 1896 г.
Состоя в обязанности вахтера экономического запасного магазина, родович Тихон Каженкин в нарушении закона дозволил себе на лето 1894 г. в пользу свою продавать из запасного общественного хлеба следующим лицам:
1). 1 Хатылинского наслега Михаилу Александрову – 1 пуд.
2). Своего наслега Сергею Портнягину – 1 пуд, от которых получил деньги.
3). Ивану Лобанову – 1 пуд 20 фунтов.
4). Федоту Потапову – 20 фунтов.
5). Семену Попову – 1 пуд, в присутствии Сергея Портнягина.
Подвергнуть по уголовной законной ответственности.
Постановление
1896 г. 7 июля – кандидат выборного Кривошапкин вследствие акта, составленной 13 марта с.г. о несознании учиненного вахтером 1 Хаяхсытского наслега Тихоном Каженкиным продажи запасного хлеба постановил:
- не ограничится его игнорированием, а произвести дознание спросом лиц, сказанных в прошении П.Потапова о противозаконных поступках его Каженкина.
7 июля 1896 г. кандидат выборного V участка Батурусского улуса Константин Кривошапкин установил спрос:
1). Иван Лобанов не брал никакого хлеба ни за что.
2). Федот Потапов брал 20 фунтов ячменного хлеба. За полученный хлеб дал Каженкину мясо.
3). Михаил Александров брал взаймы 1 пуд ячменного хлеба и уплатил стольким же количеством.
4). Сергей Портнягин брал 1 пуд ячменного хлеба, которые уплатил осенью с.г. таким же хлебом.
5). Псаломщик Хаяхсытской Николаевской церкви Семен Попов хлеба не получал, а также не знает, продавал или нет Тихон Каженкин из запасного хлеба.
Акт
1896 г. 13 марта кандидат выборного V участка Батурусского улуса Кривошапкин, вследствие предписания Батурусской инородческой управы от 28 февраля 1896 г. прибыв в 1 Хаяхсытское родовое управление требовал показания от инородца Тихона Каженкина. На что Тихон Каженкин объяснил, что он хлеба из общественного запасного магазина никогда, никому не продавал, а Павел Потапов напрасно возводит на него клевету, т.к. он, Потапов тоже возбудил жалобу на него пред Его Превосходительством господином Якутским губернатором ложно о растрате будто-бы запасного хлеба и сена, но это не выяснилось, а выяснилось лишь его неправдивость, а мол справедливость, т.к. в настоящее время в магазине состоит в наличности и сохранности 116 пудов 6 фунтов хлеба, которые весили улусный голова Андрей Слепцов и кандидат выборного Романов в ноябре месяце и нашли мою энергичность по отношении относимой обязанности вахтера, а потому больше дать вам ответа не желаю, о чем и составлен настоящий акт.
Письмо выборного Местникова земского заседаталя 2 участка Якутского округа от 16 декабря 1897 г.
Предлагаю Батурусской инородческой управе:
- удостовериться действительно ли за время службы Каженкина вахтером запасного хлеба была убыль. В отрицательном случае немедленно взыскать с Каженкина недостающий хлеб, а настоящую переписку на основании Всемилост. Манифеста в 1894 г. и 1896 г. дальнейшим производством по взыскании хлеба прекратить и хранить при своих делах.
Исполнение сие поручается 1 Хаяхсытской родовой управлению 1898 г. 21 января. Ф. 29-и, оп. 2, д. 2083.
Ити курдук ыраахтааҕы кэмин саҕана нэһилиэк аайы кыаммат ыалларга бурдугунан көмөнү оҥоруу тэриллэр эбит. Бу саппаас бурдугу хаһааныы, көрүү-истии кытаанахтык хонтуруолланан ыытыллара архив докумуоннарынан дакаастанар.
МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТИЭХЭЭН ҮТҮӨ ДЬЫАЛАТА УМНУЛЛУБАТ
Тиэхээн Мэхээлэйэбис Хааһыҥкын 1852 с. Боотурускай улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. I Хайахсыт нэһилиэгэ былыргы дьалхааннаах АЯМ суолун аартыгын хабар. Онон сибээстээн бу нэһилиэккэ 1858 с. таҥара дьиэтэ – чочуобуна тутуллубут. Оччолорго Тиэхээн уонтан тахса саастааҕар бу тутуллубут саҥа чочуобунаны сөҕө-махтайа көрбүтэ, куолакал тыаһын илэ кулгааҕынан истибитэ чахчы. Уол улаатан, ыал аҕата буолбутун кэннэ нэһилиэгэр улахан таҥара дьиэтэ тутуллар буолбута. Биэс ыаллыы олорор нэһилиэктэр кыттыһан, биирдиилээн ыаллар бэлэҕинэн үбүлээн, күүстэрин түмэн, 1897 с. дьиэ тутуутун саҕалаабыттара. Онно Тиэхээн сүгэ тутан дьиэни тутуспута. Ол эрэн бу сүдү тутуу сүрүн, уустук үлэлэригэр Тиэхээн Хааһыҥкын оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө оннооҕор өссө улахан эбит. Ол да иһин бу дьиэ тутуутугар Тиэхээн собус-соҕотоҕун ыраахтааҕы үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмытын туһунан Саха республикатын Национальнай архыыбар докумуон баар. Кини үтүө дьыалата, бастакынан, таҥара дьиэтин улахан кириэһин бэйэтэ тэрийэн, үбүлээн оҥорторбута, кыһыл көмүһүнэн дуйдаппыта буолар. Кириэс уһуна 5 арсыын, туората 3 арсыын, ыйааһына 4 аҥар буут эбит. Бу кириэһи тимир болгуоттан эллээн, тардан оҥотторуутугар, кыһыл көмүһүнэн дуйдатыытыгар Тиэхээн хас сылгыта, ынаҕа, төһө үбэ ороскуоттаммыта биллибэт. Арай таҥара дьиэтин биэдэмэһигэр кириэс сыаната 85 солкуобай диэн бэлиэтэммит (оччолорго ынах сыаната – 15-20 солк).
Тиэхээн иккис үтүөтүнэн 52 буут ыйааһыннаах куолакалы Өлүөнэ өрүс кытылыттан бэйэтэ тылланан тиэйэн таһаарыыта этэ. Бу да сырыыга Тиэхээн кэлэр-барар ороскуотун эмиэ бэйэтэ уйуммут. Кини бэйэтин соноҕоһуттан ураты, эбии модьу таһаҕасчыт аты ыарахан сыанаҕа эттэһэн ылбыт. Икки атынан хас да хонук айаннаан, өрүс кытылыгар кумахха батары түһэн, хам тоҥмут куолакалы куорат дьоннорунан наймылаһан тиэйтэрбит.
Босхо тиэйиллэн таһаарыллыбыт ыарахан ыйааһыннаах улахан куолакалы аны дьиэ аналлаах миэстэтигэр таһааран туруоруу эмиэ таһаҕасчыт булугас-талыгас өйүгэр, сатабылыгар тирэммит. Ону Тиэхээн, үгэһинэн, бэйэтигэр ылынан, ыарахан ыйааһыны көтөҕөр тэрили толкуйдаан оҥотторон, нэһилиэнньэни мунньан, кинилэр уруйдарынан-айхалларынан доҕуһуоллатан миэстэтигэр таһааран, Ийэ куолакалы оонньотон иһитиннэрбит. Саха республикатын Национальнай архыыбыгар үчүгэйдик харайыллыбыт докумуоҥҥа бэлиэтэммитинэн, храм 1900 с. кулун тутар ый 29 күнүгэр Дьокуускайдааҕы уонна Бүлүүтээҕи үрдүк сололоох Никанор архыырайынан сибэтии буолбут. Саҥа таҥара дьиэтэ тус-туспа ааттардаах, хас даҕаны сүһүөхтэрдээх улахан храм буолбут. Храм уопсай уһуна 17 саһаан, колокуонньатын үрдүгэ 15 саһаан, онон Илин Хаҥаласка саамай үрдүгүнэн биллибит. Дьиэ сорох истиэнэтэ 40 см тиийэ кэтиттээх, халыҥа – 24 см, ис сырдыга 4-5 м, ааннарын үрдүгэ 2,5-3 м үрдүктээхтэр эрээри, сүүһүнэн сыл устата халбаҥнаабакка ньим-бааччы тыаһа-ууһа суох сабыллаллар. Бу аарыма улахан дьиэни үс эрэ кирпииччэ оһоҕу маһынан оттоннор, соторутааҕыга диэри аан-туман тымныытын билбэтэх тэрилтэ үлэһиттэрэ өбүгэлэригэр махтаналлара.
Хайахсыкка сурук-бичик оскуолата 1891 с. кыракый дьиэҕэ аһыллан үлэлээбитэ. 1900 с. саҥа таҥара дьиэтэ үлэҕэ киирбитинэн сибээстээн, аны улахан церковно-приходской оскуоланы тутааһын боппуруоһа нэһилиэккэ көтөҕүллүбүтэ. Ити бириэмэҕэ эдэр Алексей Кулаковскай улуус көмө суруксута буолан IV Дьохсоҕон, Дьүлэй, Игидэй уонна I Хайахсыт нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан үлэлиирэ. Оччолорго нэһилиэк кинээһинэн буолбут Семен Петрович Попов церковно-приходской оскуоланы хайдах астарар туһунан улуус суруксута Кулаковскайы кытары быһаарсалларын, саҥаны билиэн-көрүөн баҕалаах Тихон Каженкин ис дууһатыттан ылынан истибитэ. Кини суруксут Кулаковскайы кытары дөбөҥнүк бодоруһан, өйдөһөн, бэйэтигэр быһаарыыны ылыммыта. Саҥа оскуола тутуутун Тихон Каженкин, үгэһинэн, ким-хайа иннинэ ылыммыт. Соторутааҕыта туттубут нууччатын дьиэтин көтүрэн, нэһилиэгин киинигэр көһөрөн уонна аймахтарын, табаарыстарын көмөлөһүннэрэн, саҥа маһынан кыракый дьиэтигэр салҕаан улахан оскуоланы күһүн үөрэх саҕаланыытыгар бэлэм оҥорбут. Оскуола 35 оҕо үөрэнэр кылаастаах, ону таһынан учууталлар хосторо, оҕолор аһыыр уонна ас астыыр сирдэрэ эмиэ баара. Тихон Михайлович Каженкин бу оскуоланы босхо тутан биэрбитин иһин эмиэ үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Кэлин ааҕан, суоттаан көрбүттэрэ, Тиэхээн оскуола тутуутугар 1200 солкуобайын ороскуоттаабыт.
Тихон Михайлович оскуола тутуутунан эрэ муҥурдамматах. Кини туппут оскуолатын 13 сыл устата бэйэтэ көрбүт-харайбыт (попечительство), оһоҕун оттубут уонна үлэлээн ылбыт хамнаһыттан сыл аайы 25 солкуобайы оскуолатыгар аныыр эбит. (1). Кини оҥорбут үтүө дьыалатын иһин Саха сиригэр церковно-приходской оскуолалар аһыллыбыттара 25 уонна Россияҕа Романовтар династиялара 300 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдэригэр Тихон Михайлович Каженкины үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. (2).
Тихон Михайлович төрүттээбит оскуолата хаста даҕаны аата уларыйан, орто оскуола буола улаатан, элбэх көлүөнэ ыччаты иитэн, үөрэхтээн улахан кылааты киллэрбитэ. Олор истэригэр хас даҕаны наука доктордара: И.К.Ефимов (географическай наука), Е.И.Коркина (филологическай наука), Б.Н.Попов (философскай наука), Ф.С.Попов (техническэй наука), И.А.Потапов (СССР художестволарын член-корреспондена), наука кандидаттара, СССР, Россия, Саха республикатын үтүөлээх үлэһиттэрэ, учууталлара уо.д.а. бааллар.
Күннэр-дьыллар ааһаннар, олох социальнай көрүҥэ уларыйан, I Хайахсыкка церковно-приходской оскуоланы бэйэтинэн туппут, көрбүт-харайбыт Тихон Михайлович Каженкин аата сотуллан, 1928 с. бэрт кылгас кэмҥэ нэһилиэгэр ревкомунан олоро сылдьыбыт Илья Белолюбскай аатынан солбуллубута. Онтон салгыы Тиэхээн Хааһыҥкын элбэх сыратын биэрбит таҥаратын дьиэтин куолакала, кириэһэ суулларыллан, ааспыт үйэлэр кирбиилэригэр оҥоруллубут үтүө дьыала сэбиэскэй кэм саҕана умнууга хаалларыллыбыта. Ол эрэн үтүө дьыала өлбөт-сүппэт үйэлээх, өрүүтүн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр, умнуллубат. Тихон Михайлович элбэх сыратын биэрбит, үбүн-аһын сиэртибэлээбит I Хайахсыт Николаевскай таҥаратын дьиэтэ уонна олорор дьиэтин сиэртибэлээн церковно-приходской оскуоланы туппута 100 сыла туолбутунан сибээстээн, нэһилиэгин дьоно өбүгэлэрэ оҥорбут үтүө дьыалаларын 2001 сылга бэлиэтиир былааннаахтар. Билигин таҥара дьиэтин урукку көрүҥэр чугаһатаары күргүөмнээх үлэни ыыталлар, онтон Тиэхээн Хааһыҥкын церковно-приходской оскуолатын докумуоннарын көрдөөн, Саха республикатын Национальнай архыыбыгар үлэлэһэллэр.
Тихон Михайлович Каженкин ытыктанар киһи буоларын бэлиэтигэр, кини турбат ыарыытыгар сытар кэмигэр, 1921 с. кыһыныгар, таҥара дьиэлэрин государствоттан араарар сорудаҕынан сылдьан быһыылаах, таҥара үлэһиттэрэ дьиэтигэр бэйэлэринэн тиийэн көрсөр чиэһигэр тиксибит.
1922 с. Тиэхээн көмүс уҥуоҕун бэйэтэ тутуспут I Хайахсыт Николаевскай таҥара дьиэтин бочуоттаах миэстэтигэр, оччотооҕуга бобуу баарын үрдүнэн, кистээбиттэр.
Төрүт матырыйаал.
1. НА РС (Я), ф. 287-и, оп. 1, д. 25.
2. Там же, ф. 287-и, оп. 1. д. 35. Семен Романович Попов, биол. наука канд.
ЭҺЭМ МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТЫЙАХААН
Мин эһэм Тихон Михайлович Каженкин аата бу кэмҥэ умнууга сылдьар. Урут нэһилиэк оскуолата кини аатын сүгэрэ, “I Хайахсытская одноклассная Духовно-приходская школа им. Тихона Михайловича Каженкина” диэн ааттанара. Кини Арыылаах таҥаратын дьиэтин тутуутугар үлэлээн, Бэстээхтэн улахан куолакалы тиэйэн таһаарбытын, көмүс дуйдаах тимир кириэһи оҥотторон туруорбутун иһин ыраахтааҕыттан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Иккис үрүҥ көмүс мэтээлинэн 35 оҕо үөрэнэр оскуолатын дьиэтин босхо тутан биэрбитигэр наҕараадалаабыттар.
Үһүс мэтээлин Романовтар династиялара ыраахтааҕылаабыттара 300 cыла туолар юбилейигэр нэһилиэккэ элбэх босхо көмөнү оҥорбутун иһин махтанан биэрбиттэр.
Мин төрөппүт аҕам Каженкин Дмитрий Тыйахааннович аҕата соҕотох уол, кини гражданскай сэрии бириэмэтигэр Ревком чилиэнинэн үлэлээбитэ. Кэлин Кривошапкин этэрээтигэр сылдьыспыта. Сэрии бүппүтүн кэннэ төрөөбүт алааһыгар Арыылаахха Хайахсыт нэһилиэгэр тиийэн Чучуос диэн колхоз тэриллибитигэр, онно үлэлии сылдьан өлбүт.
Арыылаах кырдьаҕас олохтоохторун кэпсээннэрэ – билэр, бииргэ сылдьыбыт, үөскээбит табаарыстарын уонна 1950 с. гражданскай сэриигэ своднай этэрээтин командира Кривошапкины кытта көрсөн, кэпсэтэн билбитим.
Эһэбит Тиэхээн Каженкин ыраахтааҕыттан ылбыт мэтээллэрэ Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии кэмигэр оборона фондугар бэриллибиттэрэ.
Бэйэтэ дьадаҥы, үөрэҕэ да суох буоллар нэһилиэгин сайдыытыгар, үөрэх-билии кэҥииригэр күүһүн, кыаҕын харыстаабакка үлэлээбитин уонна элбэх наҕараадалааҕын иһин “Мэтээллээх Тиэхээн” диэн ааттаабыттар.
Сиэнэ Каженкин Андрей Дмитрьевич ахтыыта.
ҮТҮӨНҮ ОҤОРУУ УМНУЛЛУБАТ
Улаатан истэхпитинэ хос эһэбит Тиэхээн туһунан соччо ким да кэпсээбэт, ыйыттахха нэһиилэ биир эмэ тылы этэллэрэ. Ыраахтааҕы былааһын абааһы көрөр, ол кэмнээҕини бука барытын, урукку, куһаҕан, хараҥа олоҕунан ааттаан, умуннара сатыыр сэбиэскэй былаас кэмигэр таҥара үөрэҕин тарҕатыыга кыаҕа баарынан үлэлээбит хос эһэбит аата умнуллууга аналламмыта. Арай тутуу уһун үйэлээҕиттэн, ыл да быраҕа охсон кэбиспэттэн, тутан биэрбит оскуолата, учууталлар олорор уопсай дьиэлэрэ буолан турарын көрөн улааппыппыт. Кини төһө да сырдыкка, билиигэ тардыһар, оҕолору үөрэтэр оскуола туппутун да иһин, Арыылаахха православнай таҥара дьиэтин тутуутугар кыаҕа баарынан кыттыспытыттан уонна таҥара дьиэтин ыстаарыстатынан уһун кэмҥэ үлэлээбититтэн сэбиэскэй былаас туоратыытыгар түбэһэн аатын-суолун умуннара, суох оҥоро сатаабыттара.
Кэлин сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ таҥара, өй-санаа үөрэҕэ дьоҥҥо туһалааҕын, оҕону иитиигэ ылар оруола үрдүгүн бэлиэтээн кини үлэлээбит үлэлэрэ саҥалыы сыаналаннылар. Таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллар төрүт сахалыы тыллар, сахалыы өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьарын билигин да туһанабыт. Биһиги билигин бэйэбит, сахалыы таҥарабыт үөрэҕин тарҕатыыга, төрөппүттэргэ тириэрдиигэ үлэлиибит.
Таҥара үөрэҕэ диэн өй-санаа үөрэҕэ төрүт сахалыы үөрэхпит буолар. Сахалар былыр-былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн өй-санаа үөрэҕин таҥара, таҥара үөрэҕэ диэн ааттыыллар. Бу былыргы, киһи өйүн-санаатын табатык арыйар үөрэҕи, арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр тенгрианство диэн аатынан билинэллэр. Нууччалар кэлбиттэрин кэнниттэн кинилэр өй-санаа, православнай итэҕэл үөрэхтэрин быһалыы ылыммыппыт, бэйэбитигэр оннук, таҥарабыт үөрэҕэ суоҕа эбитэ буоллар, православнай таҥара диэбэккэбит, “буох” диэн ааттыахпыт этэ. Нууччалар бэйэлэрэ таҥараларын “бог” диэн ааттыыллар. Сахалары эмиэ “Буох” диэн ааттааҥ диэн этэ сатаабыт буолуохтарын сөп эрээри, бэйэлэрэ өй-санаа үөрэҕин былыргыттан билэллэринэн таҥара диэн ааттыылларын уларыппатахтар. Өй-санаа үөрэҕин православнай таҥара диэн ааттааһыммыт биһиги таҥарабыт үөрэҕэ аһара сабырыттарбатаҕын, нууччалар үөрэхтэригэр холбуу киирэн кыттыспытын бэлиэтэ буолан, бу кэмҥэ диэри тиийэн кэллэ.
Үөрэх-билии сайдыбытынан, былыргы үөрэхтэри дириҥник үөрэтии тэнийбитинэн, биһиги былыргы кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ылар, оҕо өйө-санаата сайдыытын табатык быһаарар бэйэбит, сахалар таҥарабыт үөрэҕин билэн, тутуһар кэммит кэллэ.
Биһиги хос эһэбит Тиэхээн туппут тутууларын кыра эрдэхпититтэн көрөн, олохпутугар быһаччы туһанан улааппыппыт. Үөрэнэ сырыттахпытына Арыылаахха турар оскуолата учууталлар уопсайдара буолан турар эбит буоллаҕына, биһиги улаатан истэхпитинэ, аҕабыт хос эһэбит Тиэхээн бэйэтэ тутан Хос Көлүйэҕэ олорбут дьиэтин Арыылаахха көһөрөн киллэрэн, дьиэтигэр салҕааһын оҥорбутугар олорбуппут. Дьиэ салҕааһына билигин да турар. Быраатым Алексей биһиги улаатан баран аны улахан ампаарын көһөрөн киллэрбиппит.
Хос эһэбит Тиэхээн үйэтигэр элбэх тутууну туппут эбит. Саҥа оскуоланы тутан биэрбитин тэҥэ, Арыылаахха аҕабыттар олорор дьиэлэрин уонна оскуола ампаарын эмиэ босхо туппутун туһунан С.Р.Попов архыыптан докумуону булбута.
Кыра эрдэхпитинэ Хос Көлүйэттэн улахан ампаар умуһаҕын үөһээ өттүттэн сууламмыт элбэх былыргы, улахан, кумааҕы харчылары булан ыһан-тоҕон бүтэрбиппитин өйдүүбүн. Мэник-тэник эрдэххэ уонна былыргы олох барыта куһаҕан этэ, ону ахтымыахха диэн сэбиэскэй былаас үөрэҕэ тарҕаныытыттан, былыргыны харыстыахха, хомуйуохха диэн өй киирбэт эбит буоллаҕа. Туһата суох кумааҕылар диэн улахаттар этэллэриттэн оонньуур харчы оҥостоммут ыспыппыт.
Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыраахтааҕыга, православнай таҥараҕа сыһыаннаах туох барыта куһаҕанынан ааттанан умнуллууга анаммыта. Арай хос эһэбит Тиэхээн Каженкин туппут тутуулара субу туралларыттан, көрө сылдьарбытыттан, туһанарбытыттан умнуллубатахтара. Оскуоланы бүтэрэн баран тутууга үлэлии сырыттахпыта аатырбыт тутааччы хос сиэнэ сүгэнэн төһө үчүгэйдик туттарын кэтээн көрөөччүлэр бааллара. Хата түһэн биэрбэтэҕим. Сүгэнэн кыайа-хото туттарга үөрэммитим.
Былыргыны, төрүттэри билбэт буолуу өйү-санааны туруга суох оҥорор, субу күннээҕинэн эрэ сылдьыыга тириэрдэр. Ол иһин былыргыны билии аныгы, үөрэхтээх дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буоларын таба өйдүөхпүт этэ.
Билигин өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕэ оннун булуннаҕына төрөппүттэр оҕолорун өйдөрө-санаалара туруктаах буолуутугар, сыыһа-халты туттубаттарыгар баҕа санаалара туолуо этэ.
Биһиги хос эһэбит Тихон Михайлович Каженкин аата оскуолаҕа иҥэриллэригэр күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит үтүө санаалаах дьонноругар, оскуола коллективыгар махталбытын тириэрдэбит.
Хос сиэнэ Иван Каженкин.
ТИХОН МИХАЙЛОВИЧ КАЖЕНКИН - МЭТЭЭЛЛЭЭХ ТИЭХЭЭН ( ахтыы )
Сахалар былыр-былыргыттан дьону кытта бастаан билсиһэллэригэр “кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын” диэн ыйыталаһаллара. Өбүгэлэрбит бэйэлэрин төрүттэрин билиилэрэ, үөрэтиилэрэ суолтата улахан этэ. Бу тема бүгүҥҥү күҥҥэ ураты суолтатын сүтэрэ илик. Билиҥҥи кэмҥэ бэйэ төрүтүн үөрэтиттэн саҕалаан бүтүн сахабыт норуотун историятын үөрэтэрбит тус бэйэбитин норуот, киһи быһыытынан сыаналанарбытыгар, салгыы сайдарбытыгар кыаҕы биэрэр.
Онон мин үлэм тус сыалынан:
- бэйэ төрүтүн үөрэтии;
- кини үтүө-мааны дьонун олохторун, дьоҥҥо-сэргэҕэ хаалларбыт үтүө өйдөбүллэрин билиһиннэрии буолар.
Сахаҕа “Хаан хаалбат, өбүгэ сүппэт”, - диэн бэргэн этии баар. Таблицаҕа көрдөххө, мин төрүттэрим былыргы өбүгэлэрэ Боотур диэн киһи эбит. Бу хайа эрэ аакка сыһыарыы тыл буолуон сөп. Кини уола Хайахсыт уол оҕото суох киһи эбит. Баай киһи быһыылаах, архив докумуоннарыгар чаҕардарын ааттара баар үһү. Хайахсыт быраата Төлкө диэн киһи. Кини уола Ойоҕостой Бэргэни оччотооҕу нуучча суруксуттара Ондрюшка диэн суруйаллар.
Ондрюшка сиэнэ Кашинка диэн. Кашинка оҕолоруттан Карсанай диэнтэн Карсанаевтар, Барашковтар, Иҥэрчэттэн кыра Поповтар, Мочоҕо диэнтэн улахан Поповтар, Түүл диэн киһиттэн биһиги, Каженкиннар, ууһаабыппыт. Бу дьон бары Кашинка ыччаттара. Биһиги араспаанньабыт бу Кашинка аатыттан тахсан Кашинкалар – Каженкиннар диэн буолуон сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Каженкин диэн Саха сиригэр соҕотох, сэрэх араспаанньа. Онон Каженкиннар бары биир төрүттээхтэр.
Мин хос-хос эһэм Мэтээллээх Тиэхээн 1856 с. төрөөбүт. Кини аҕата Михаил Тю Бейтин Николай диэн уолун оҕото эбит. Тихон уолаттара Михаил уонна Дмитрий диэннэр. Дмитрий – мин эһэм Андрей Дмитрьевич Каженкин аҕата. Эһэм аах бииргэ төрөөбүттэр алтыалар: үс уол, үс кыыс. Улахан Андрей уонна Парасковья эдэр саастарыгар өлбүттэр. Эһэм убайа Иван 6 оҕолоох, 13 сиэннээх, 5 хос сиэннээх, 86 сааһыгар, 2002 сыллаахха өлбүтэ. Мин эһэм 3 оҕолоох, 11 сиэннээх. Эдьиийдэрим – Анна Дмитрьевна 4 оҕолоох, 4 сиэннээх, Анисия Дмитрьевна 6 оҕолоох, 3 сиэннээх.
Мин хос-хос эһэм Тихон Михайлович Каженкин, норуокка ааттанарынан Мэтээллээх Тиэхээн (Тыйахаан), үлэһитинэн, дьулуурунан, туруоруммут сыалын ситиһиитинэн, дьон-сэргэ туһугар кыһаллымтыа үтүө дууһатынан, булгуруйбат күүстээх санаатынан барыбытыгар холобур буолар. Кини нэһилиэгэр, дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөлэрин иһин ыраахтааҕыттан үс күндү, сэдэх мэтээлинэн наҕараадаламмытын туһунан дьоно-сэргэтэ кэпсээн оҥостубуттар.
Бастакы үрүҥ көмүс мэтээлин Арыылаах таҥаратын дьиэтин куолакалын Аллараа Бэстээхтэн бэйэтин күүһүнэн босхо тиэйэн таһаарбытын иһин наҕараадаламмыт. Ол куолакал ыйааһына 52 буут 20 муунта – тоннаны эрэ арыый кыайбат эбит. Ол куолакалы кини икки атынан тиэйэн, түөрт хонон, биэс күн айаннаан Арыылаахха саҥа тутуллубут таҥара дьиэтин аттыгар аҕалбыт. Бу куолакалы колокуонньаҕа таһааран ыйыырга Тиэхээни маастардаппыттар. Бу 1897 с. Арыылаахха тутуллубут таҥара дьиэтин 4 м үрдүктээх кыһыл көмүс солотуулаах улахан кириэһин Тиэхээн Михайлович оҥорон колокуонньа үрдүгэр туруорбут. Тиэхээн төрөппүт икки уолунуун таҥара дьиэтин лөчүөктэригэр анаан, сайылыкка дьиэ тутар. Уолугар Мэхээлэҕэ анаан тутан эрэр дьиэтин Хос Көлүйэттэн көһөрөн аҕалан, буор босхо аҕабыыттарга тутан биэрэр.
Иккис мэтээлинэн – кыһыл көмүс мэтээлинэн бэйэтин күүһүнэн оскуола туппутун иһин наҕараадаламмыт. 1899 с. күһүнүгэр Москваҕа учительскай семинарияны бүтэрбит Халыма киһитэ Слепцов Онисим Николаевич Арыылаах оскуолатыгар үлэлии кэлбит. Кини ананан кэлээт да, оскуола дьиэтэ сөбө суоҕун көрөн, куоракка киирэн Духовнай консисторияҕа саҥа оскуола тутарга көрдөһүү түһэрбит. Бу дьыала 1900 с. олунньуга быһаарыллан, хаһыанай сыаната 2000 солкуобайдаах дьиэни тутарга, онтон ордукка турар буоллаҕына, үбэ сиэртибэнэн ситэриллиэхтээҕин туһунан ыйаах кэлэр. Дьиэни тутуу бэдэрээтэ былыргынан, туор быһыытынан, ким сыанатын түһэрэн кыайбыт киһи бэдэрээттэһэн тутарыгар быһаарыллар. Ким эрэ 1900 солк. харчыны анаабытын, 1800, онтон 1500 солк., кэлин 1000 солк. диэри түһэрбиттэр. Онуоха Тиэхээн: “Мин дьиэ тутуутун 800 солк. ылынабын уонна аҥаарын, 400 солк., кэнэҕэски ыччат үөрэнэн сырдыырын туһугар сиэртибэлиибин! Оттон 400 солкуобайы биэрдэргит көҥүлгүт, биэрбэтэргит көҥүлгүт!” – диэбит. Хос Көлүйэҕэ биир нуучча дьиэлээҕин көһөрөн Арыылаахха аҕалбыт. Ол дьиэтигэр салгыы саҥа мас кэрдэн, көлөнөн таһан, суоран кулун тутар ыйтан саҕалаан баран, сайын окко киириэх иннинэ кырыысалаан бүтэрбиттэр.
Тиһэҕэр оскуолаҕа кини аата иҥэриллибитэ: үтүө санаатын, үөрэххэ-сырдыкка дьулуурун иһин. Оччотооҕуга оскуола таһыгар: “I Хаяхсытская одноклассная Духовно-приходская школа им. Тихона Михайловича Каженкина” диэн вывеска суруллан турбут. Кэлин бу умнууга хаалан оскуола билигин кини аатын сүкпэтэ хомолтолоох. Бу боппуруоһу өссө 1966 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Михаил Ксенофонтович Попов туруорса сылдьыбыта. Кэлин эмиэ мин эдьиийдэрим Анна Дмитрьевна уонна Анисия Дмитрьевна бу оскуолаҕа эһэбит аатын төнүннэрэр туһунан боппуруоһу көтөҕө сылдьыбыттара да, сөптөөх өйөбүлү ылбакка сылдьар. Бу оскуола Арыылаахтан элбэх үөрэхтээх киһи тахсарыгар олук буолбута. Мин эһэм оскуолатыгар 20-30 сс. Саха АССР үөрэҕин наркома, совнарком председаталя, Москваҕа Якутпредставительство салайааччыта буолбут Иван Николаевич Винокуров, 30-с сс. Саха АССР үөрэҕин уонна юстициятын наркома, суруйааччы, тылбаасчыт Алексей Федотович Бояров үөрэммиттэрэ. Оскуола саха норуотун киэн туттар учуонайдара филологическай наука доктора, профессор Евдокия Коркина, философскай наука доктора, профессор Борис Попов, географическай наука доктора Иван Ефимов о.д.а. учуонайдар наука суолугар тахсалларыгар тирэх буолбута. Арыылаах оскуолата билигин биһиги улууспутугар бэйэтин баай историятынан, үтүө үгэстэринэн, үөрэнээччилэргэ чиҥ билиини биэрэринэн биир бастыҥ үлэлээх оскуола буолар.
Тиэхээн Михайлович Каженкин үһүс – боруонса мэтээлин Романовтар ыраахтааҕылаабыттара 300 сыла туолуутун юбилейынан сибээстээн, норуотун туһугар оҥорбут үтүөлэрин иһин наҕараадаламмыт. Кэлин эһэбит бу мэтээллэрэ Аҕа дойду улуу сэриитигэр оборона фондугар сиэртибэ быһыытынан бэриллибиттэрэ.
Мин хос-хос эһэм дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөтэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри кэпсээн буолан дьон өйүгэр-санаатыгар умнуллубат өйдөбүл буолан сылдьарыттан үөрэбин, киэн туттабын. Кини дьонугар хаалларбыт үтүө өйдөбүлүттэн таһааран, маннык түмүктэри оҥоробун:
1. Дьадаҥы, үөрэҕэ да суох буоллар Тиэхээн Михайлович Каженкин үөрэх сүдү күүһүн, сайдыы төрүтэ буоларын үчүгэйдик өйдөөбүт прогрессивнай өйдөөх-санаалаах киһи эбит.
2. Кини дьонун-сэргэтин инники кэскилин туһугар үтүө дьыалалары оҥорбут патриот дууһалаах киһи.
3. Уруккута Боотурускай, билиҥҥи Чурапчы улууһугар меценатствоны саҕалаабыт дьоннортон бастакылара буолуон сөп эбит.
4. Бэйэтин оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр дьон-норуот туһугар олорорго, төрөөбүт дойдуну таптыырга, сайыннарарга холобур буолар үтүө нэһилиэстибэни хаалларбыт.
5. Бэйэтин кэлэр көлүөнэтигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ “үтүө дьон удьуордара” дэтэр үтүө өйдөбүлү биэрбит.
Каженкина Таня, 8 фил. кылаас.
СИЭНЭ ИВАН ДМИТРЬЕВИЧ
Сэбиэскэй былаас кэмигэр былыргы ыраахтааҕылаах олох туһунан кэпсээннэр, өссө таҥара дьиэтин бары үлэһиттэрэ туоратыллар, ахтыллыбат этилэр. Бу кэмҥэ ыраахтааҕыттан үс мэтээлинэн наҕараадаламмыт Тихон Михайлович аата умнуллууга аналламмыта.
Аҕабыт Иван Дмитрьевич Каженкин ыал улахан уола буолан үлэлээбитинэн улааппыт. Арыылаах түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран салгыы үөрэммэккэ саҥа тэриллибит колхоз үлэһитэ буолан бырааттара, балыстара үөрэҕи ылалларыгар көмөлөспүтүнэн барбыт. Аҕа дойду сэриитин иннинэ малатыылкаҕа атаҕын улаханнык дэҥнээн байыаннай сулууспаттан босхолонон, сэриигэ ылбатахтар, “Комсомол” аатынан колхоһугар биригэдьиирдии сылдьыбыт. Сэрии кэмигэр колкуос дьоно бары эстэн-быстан олорор, ас-үөл аҕыйаабыт кэмигэр Айаан суолун айанньыттара ыран, быстыбытын иһин быраҕан кэбиспит аттара өрүһүнэн сылдьарын булан, тутан аҕалбытын колхоз дьоно түҥэттэн сиэбиттэрин үҥсэн биэрэннэр, икки сылга кыһалаҥ үлэҕэ түбэспитэ. Бу үлэтин хоту Кэбээйи сиригэр балыктааһыҥҥа сылдьан боруостаабыта.
Бэйэтин аймахтарыттан аҕабыт уһун үйэлэммитэ. Уһун үйэтин тухары биир да күн сынньана сыппакка үлэлээбит киһи уһун үйэлээх буолууну ситиһэр кыаҕа чахчы улаатар. Өбүгэлэртэн, айылҕаттан бэриллии киһиэхэ барыларыгар бэриллибэт. Аҕабыт тиистэрэ лаппа кырдьыаҕар диэри бүүс-бүтүннэр этэ. Хаһан да ыалдьыбыттарын өйдөөбөппүн. Хата биирдэ тиистэрин босхо баран хааллылар дии-дии өтүйэ тутааҕын ытырталаан биэрбитин умнубаппын.
Аһылыгар талымаһа суоҕа, хаһан даҕаны элбэҕи аһаабата. Сорох кэмҥэ аһылыгын көтүтэн, аҥардастыы ууну эрэ иһэн сылдьара. Уҥуоҕу тиниктиирин олуһун сөбүлүүрэ. Суораты сиирин, ымдааны иһэрин эмиэ сөбүлүүр этэ.
Эдэр эрдэҕинэ табаах тарда сылдьан баран туһата суоҕун билэн баран бырахпыт. Арыгыны биирдэ эмэ улахан бырааһынньыкка түбэһиннэрэн биир эмэ үрүүмкэни иһэр этэ.
Аҕабыт уһун үйэлэммитэ. Эт-сиин бөҕө буолуута уһун үйэни ситиһэр кыаҕы биэрэр. Онуоха эбии хас күн аайы эти-сиини эрчийии, куруук хамсанар-имсэнэр үлэни үлэлээһин доруобуйаҕа туһалааҕын киһи сааһырдаҕына, араас ыарыылар киирэн эрэйдээтэхтэринэ ордук билэр.
Улаатан иһэммин бөҕө таҕа, ыалдьыбат буоламмын куруук аҕабын кытта сылдьан дьиэ таһынааҕы үлэлэри оҥоро үөрэммитим. Ол курдук дьиэ ис үлэлэригэр, ас астааһыныгар букатын сыһыана суох буола улааппытым, кэлин кэргэннэммитим кэннэ, дьиэ ис үлэлэригэр саҥалыы үөрэнэрбэр тириэрдибитэ эрээри, элбэх оҕолоох ыалларга үлэни аттаран туруоруу ордук табыллара.
Аҕам куруук миигин илдьэ сылдьарын сөбүлүүр этэ. Дьоннор “Солбуйааччы Уйбаан” диэн ааттыыллара. Батыһа сылдьаммын бары үлэҕэ барытыгар үөрэммитим.
Мүкэ ферматыгар олордохпутуна саас дьоммут саҥа, ИЖ-56 диэн мааркалаах, оччотооҕу кэмҥэ саҥа, тупсаран оҥоруллубут матасыыкылы ыллылар. Тиэйэн аҕаллылар. Дьиэ иһигэр түннүк аннынан туруордубут. Саас буолан эрдэҕинэ аҕабыт биирдэ матасыыкылын боруобалаан көрөөрү собуоттаан тигинэтэн кэбиһэн соһуппута. Дьиэ иһэ барыта буруо-тараа буолуор диэри тыаһатан баран тохтоппута.
Убайбыт Өндөрөй саас кустуу кэлэ сылдьан баран обкаткатын ыытаары Ытык-Күөлгэ миинэн барбыта. Мин иллэҥ оҕо, матасыыкыл сууйааччынан барсыбытым. Суол барыта бадараан этэ да син тиийбиппит. Ый курдук буолан баран обкатката бүттэ диэн төннөн кэлбиппит.
Аҕабыт ол сайын матасыыкылын кыайан мииммэтэҕэ. Аҥар атаҕа трамбалаах буолан кылгаһыттан, ол өттүгэр иҥнэри түстэҕинэ атаҕынан кыайан тэбиммэт эбит. Биирдэ айаннаан кэлэн баран тохтоору матасыыкылын охторон сцеплениетын ырычааҕар атаҕын хаптаҕайын дьөлө түһэрэн кэбиспитэ. Сулумахтыы кыайан мииниэ суох диэн аны матасыыкылбытыгар кэлээскэ көрдүүр үлэҕэ түстүлэр. Хата кэлээскэ Туора-Күөл маҕаһыыныттан көстөн улахан үөрүү буолбута.
Матасыыкыл кэлээскэлэнэн суулла сылдьыбат буоларын кытта, аҕабыт аны үрдүттэн түспэт, куруук матасыыкылынан сылдьарын сөбүлээтэ. Биригэдьиирдии сылдьан фермалары, үлэһиттэри кэрийэригэр, үрэҕинэн-тыанан барыларыгар тиийэр буолла. Онно барытыгар мин барсан иһэбин.
Уон үс сыл мииммитин кэнниттэн быраата Андрей булан-талан саҥа кэлээскэлээх “ИЖ-Юпитер” матасыыкылы Чурапчыттан ылан биэрбитэ. Эргэ матасыыкыла миэхэҕэ тиксибитэ. Саҥа матасыыкылын 1995 сыллаахха диэри биирдэ да тохтоппокко, миинэ, алдьаннаҕына оҥосто сылдьыбыта. Онтон кэлин хараҕа мөлтөөн эрэ тохтообута.
Аҕабыт биһигини, ордук уолаттары олус чиҥник, кытаанахтык ииппитэ. Кыра эрдэхпитинэ кыратык даҕаны сыыһа-халты, уһаты-туора хамсаппат этэ. Санаабар сөбүлээбэт, саллар курдук этим, сиппиир талаҕа чыпчархай киирэр аан үрдүгэр анньыллан турбутун, улаатан, үөһээ ыттар буолаат ылан бырахпытым, онтум баара аны кура куруук баар буолара. Мин мэник-тэник, барыгас, ону-маны, буолары-буолбаты, баракааһы да оҥорумтуо соҕус быһыы¬лааҕым, онтуларым барылара кэриэтэ үчүгэй буолбаттара, үгүстүк буору ыһан бурҕатарым. Ийэм чыпчархай талаҕынан далбаатыырыттан орон анныгар киирэн куотарым. Күнү быһа сөтүөлүү сылдьыбыппыт иһин, биирдэ аҕабыт убайым биһигини чуулааҥҥа уган, хатаан баран үлэтигэр баран хаалбыта. “Кыыл баран хаалар, кыыл курдук оҕону хаайар туһалаах”,-диэн быһаарбыта. Таһырдьа эбэбит айманар саҥатын истэ-истэ биһиги чуулааҥҥа, хараҥаҕа олорорбутугар тиийбиппит. Хата эбиэттэн киэһэ эрдэ кэлэн абыраабыта.
Батаа быыһыгар кыстаан олорон олус мэниктээбитим, күлү бурҕаппытым иһин, аҕам тутан ылан таһырдьа анньан кэбиспитэ: “Уоскуйа түс”,- диэбитэ. Мин онтон өсөһөн тоҥо-тоҥо кииримээри турдахпына эбэм тахсан: “Чэ, аҕаҥ киирдин диэтэ”,- диэн ыҥырбытыгар биирдэ киирбитим. Өсөһө үөрэммитим олоххо ситиһиилэри оҥорорбор көмөтүн улаатан баран билбитим. Ол курдук туохха барытыгар, үлэни-хамнаһы кыайыыга өсөһүү хайаан да наада. Сатаан эппиэтэ тахсыбат задачаны хос-хос суоттааһыҥҥа өһөстөххө эрэ табылларын тэҥэ, ханнык баҕарар ыарахан соҕус үлэни хаачыстыбалаахтык оҥорон бүтэриигэ өсөһүү баара эрэ туһалыыр. Билигин сааһыран олорон сахалар “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһооммут олоххо олус туһалааҕын бигэргэтэбин.
Кыра эрдэхпититтэн батыһыннара сылдьан оттоон, фермаҕа ийэбитигэр ынах ыырыгар көмөлөһөн, фермаҕа бостууктаан бары үлэлии үөрэммиппит.
Аҕабыт арыгыны испэт буолан биһиги кыра эрдэхпитинэ арыгы иһиитэ диэҥҥэ үөрэм¬мэккэ хаалбыппыт, көрбөккө да улааппыппыт. Улаатан истэхпитинэ арыгы иһиитэ олус дэлэйбитэ. Биһиги даҕаны атын уолаттартан хайдах хаалан хаалыахпытый? Кыралаан иһэ сылдьыбыппыт. Дэриэбинэҕэ, ханна да, арыгы иһэр сир суох буолан ханна эмэ таһырдьа, хайа эрэ ыалга эбэтэр кулуупка арыгы иһэр этибит. Биирдэ эмэ Чурапчыга милииссийэҕэ үлэлиир убайбыт Андрей кэлэрэ. Кини кэллэр эрэ куруук ыалларга сылдьан арыгы иһэр буолара. Оройуон киинигэр олорор буолан дьон наадаларыгар элбэхтик көмөлөһөрө, ол иһин туох баардаахтарынан көрсөллөрө. Мин урут ситэ өйдөөбөт эрдэхпинэ, убайым Арыылаахха кэллэр эрэ арыгы иһэр курдук этэ. Онтон кэлин улаатан баран биирдэ билбитим, кини эппиэтинэстээх үлэтин кэмигэр, оройуон киинигэр арыгы диэни отой испэккэ сылдьар эбит. Арай биһиэхэ, саас, күһүн тыаҕа таҕыстаҕына, сынньана, сылаатын таһаара түһэр быһыыта эбит.
Аҕам биригэдьиирдии сылдьан Арыылаах нэһилиэгин сирин-дойдутун барытын кэрийэр, фермаларга, отчуттарга сылдьар этэ. Мин матасыыкыл кэлээскэтин иһигэр олорсон күнү быһа сылдьыһарым. Оччолорго суол барыта олус бадараанныйарыттан тыа быыһынан тумнар суоллары оҥоруу эрэ кэнниттэн, олорго тиийии кыаллар буолара.
Сэрии кэнниттэн олох көнөн барыытын дьон олус күүстээх үлэнэн ситиспиттэрэ. Арыылаах сирэ-дойдута барыта оттонон “хотуур түспэтэх” ходуһата диэн суох буолбута, элбэх сүөһүнү иитэллэрэ.
60-с сыллардаахха кыра холхуостар биир улахан “Партия 20-с съеһин” аатынан, Чурапчы оройуонун аҥарын кэриэтин ылар иэннээх холхуоска холбоспуттара. Оччолорго Арыылаахха салайааччынан биир биригэдьиири хаалларбыт кэмнэрэ баара. Бу кэмҥэ аҕабыт кыайа-хото үлэлээн соҕотоҕун өр кэмҥэ биригэдьиирдээбитэ. Арыылаах сирин-дойдутун, оччуттарын, фермаларын барыларын соҕотоҕун кэрийэрэ, хамнастарын ааҕара, үлэни-хамнаһы салайара.
Yлэни-хамнаһы үчүгэйдик аттаран салайар биригэдьиир буолан холкуос киинигэр Хатылыга ананан биир сыл онно үлэ уопутун атастаһыыга үлэлээбитэ. Ыалынан онно көспүппүт.
Арыылаахха төттөрү көһөн кэлэн эмиэ биригэдьиирдээбитэ, дэриэбинэтин үлэтин-хамнаһын барытын салайбыта. Оччолорго Арыылаахха сүрүн үлэлэрэ-хамнастара, көрөр сүөһүлэрин ахсаана билиҥҥиттэн элбэҕин үрдүнэн, биир салайааччы, биригэдьиир эрэ баар буолара. Ону тэҥэ бары мунньахтары, бырааһынньыктары биригэдьиир дьаһайан, салайан ыытара.
Yйэтин тухары арыгыны испэтэҕэ, табааҕы тардыбатаҕа чөл, чэбдик олох, арыгыны аһара испэт буолуу иһин бары күүһүн-кыаҕын ууран охсуспута.
67 сыллаахха ыалдьан атын үлэҕэ, почта таһыытыгар уонна пенсия тарҕатыытыгар көһөн, бэйэтэ пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Саас-күһүн суол-иис алдьанар кэмигэр почтатын, пенсиятын кэмиттэн хойутаппакка, ыҥыыр атынан аҕалан тарҕатан дьон-сэргэ махталын элбэхтик ылара.
Лаппа сааһыран баран элбэх сиэннэрин үлэнэн-хамнаһынан үөрэтиигэ ылсыбыта. Куораттан сиэннэрин таһааран сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар окко үлэлэтэн, тыа сирин үлэнин-хамнаһын билиһиннэрэрэ, куоракка олохсуйбут балтыларыттан элбэх махталларын ылара.
Эдэр эрдэҕиттэн коммунистическай партия чилиэнэ буолан нэһилиэк олоҕор, үлэтигэр лаппа кырдьыар диэри кыттыспыта. Кэлин, пенсияҕэ тахсан баран нэһилиэк норуодунай хонтуруолун уһун кэмҥэ салайбыта.
Нэһилиэгэ тупсарын туһугар уһун үйэтин тухары кыһанан үлэлээбитин аахсаннар нэһилиэк бочуоттаах киһитин аатын иҥэрбиттэриттэн киэн туттара.
Кэргэнинээн Сивцева Матрена Алексеевналыын алта оҕону улаатыннаран, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн киһи-хара оҥортообуттара. Ийэбит Матрена Алексеевна сэттэ кылаас үөрэхтээх, көһүүгэ сылдьыбыта, үйэтин тухары колхозка, совхозка дояркалаабыта. Төрөөбүт дэриэбинэтигэр орто уол Алексей хаалан тракторист идэтин баһылаан, кэргэннэнэн икки оҕолонон баран кылгас үйэлэммитэ. Кэргэнэ Елена Николаевна экономист идэлээх.
Атыттар бары үрдүк үөрэҕи бүтэрэннэр куоракка олохсуйбуттара.
Улахан кыыс Евдокия үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран салҕаан Москва куораттааҕы Тимирязовскай академияны бүтэрэн үйэтин тухары тыа хаһаайыстыбатын коллеһыгар учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Никифоров Дмитрий Иванович, кылгас үйэлэммитэ. Түөрт оҕолоохтор. Оҕолоро бары үөрэҕи ылынаннар, ыал буоланнар Евдокия тоҕус сиэннэрэ улаатан эрэллэр. Быйыл ыарахан ыарыыттан кыайан өрүһүммэтэ.
Улахан уол Иван тутуу үөрэҕин бүтэрэн проектнай институкка үлэлии сылдьан инфарктаан ыалдьыаҕыттан ыла сахалар өй-санаа, кут-сүр, таҥара үөрэхтэрин сөргүтэн, оннугар түһэриигэ үлэлэһэр. Кэргэнэ Ирина Николаевна, Национальнай архив кылаабынай хранитэлэ, кыыстара Катя үрдүк үөрэҕи бүтэрэн приставтыы сылдьар.
Орто кыыс Елизавета ветврач үөрэхтээх, кэргэнэ Дорофеев Афанасий Иванович, үс оҕолоохтор, биир сиэннээхтэр. Пенсияҕэ тахсан дьиэтигэр олорор.
Кыра кыыс Рена икки үрдүк үөрэҕи бүтэрэн куоракка приставтыы сылдьар. Советник юстиции, майор званиялаах. Кыра уол Дима үс оҕолоох, икки үрдүк үөрэҕи бүтэрэн компьютер программатын оҥоруунан дьарыктанар. Кэргэнэ Дора Васильевна медицинскэй коллеж преподавателэ.
Ити курдук Иван Дмитрьевич төрөппүт, ииппит, улаатыннарбыт, үлэҕэ-хамнаска үөрэппит оҕолоро бары дьоҥҥо-норуокка туһалаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
АҔАБАР МАХТАЛЫМ
Дьон бары төрүөхтэриттэн көрөр-истэр, маанылыыр, атаахтатар, бары баҕатын толорор киһини сөбүлүү саныыллар, бэйэлэригэр туһаны оҥорорун иһин ордук сөбүлүүллэр. Ким баҕарар ийэтин санаатаҕына аһатара, алаадьыта, сүөгэйэ минньигэһэ, сынньатара урут-бастаан ахтыллар. Ол эрээри дьиҥнээх олоххо ким эрэ бэлэмигэр аһара үөрэнэн хаалыы, оҕо улаатан истэҕинэ бэйэтэ сүрэҕэ суох буолуутугар тириэрдэринэн, куһаҕан майгыга кубулуйарын аныгы төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.
Оҕо кыра эрдэҕинэ туох үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын ситэ арааран билэ илигинэ бэйэтигэр туһаны оҥорооччулары ордук үчүгэйдик саныыр, онтон “Бэйэҥ үлэлээ, ону оҥор” диир, үлэлэтэр дьону сөбүлээбэт буолара адьас кырдьык. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэлэми, минньигэһи сөбүлүүр, ол иһин өй-санаа эбиллибитин, тупсубутун, киһи буолууну ситиспитин бэлиэтинэн ону-маны барытын бэйэтэ киһи быһыылаахтык оҥоро-тута үөрэниитэ буолар.
Кыра эрдэхпинэ аҕабыттан саллар, ол иһин тугу барытын кини эппитин курдук оҥоро сатыырым. Ол гынан баран барыта табыллыбакка сыыһа-халты буолан хаалара элбэх этэ. От кэбиһиитигэр угаайылаах оттоох оҕуһу сиэтэн иһэн, быһалыы бара охсоору охторон кэбиспиппэр, буоратара буолуо дии санаабытым да, оҕуһу да сатаан сиэтэргэ үөрэнэ иликкин, иҥнэригэ тоҕо киллэрдиҥ диэн эрэ мөҕүллүбүтүм, санаабар үөрүү этэ. Үлэҕэ үөрэниигэ оҕо кыайа-хото сатаабатыттан, үөрэнэ, баһылыы илигиттэн элбэхтик сыыһаны-халтыны оҥорорун аҕабыт билэриттэн, үлэлии сылдьан кыра сыыһа-халты туттунууга букатын да мөхпөт, хата хайдах оҥордоххо табылларыгар үөрэтэрэ, такайара.
Бары үлэҕэ барытыгар хаалсыбакка барсан иһэрбинэн биирдэ эмэ, лаппа үчүгэйим киирбит кэмигэр төбөбүттэн имэрийэн хайгыыра. Улаатан истэҕим аайы ылар хайҕалым эмиэ элбээн испиттэрин тэҥэ, бобуу-хаайыы диэн суох буолан испитэ.
Аҕам кыра эрдэхпинэ аһара элбэхтик үлэлэтэр, уһуннук оонньоппот, сөтүөлэппэт, букатын мэниктэппэт дии саныыр, куһаҕаны оҥорортон саллар, чаҕыйар, “Аҕам туох диэҕэй?” диэн саныыр этим. Бэйэм ону-маны, киһи оҥорботун элбэхтэ оҥоро сатыырбыттан кэһэйдэхпинэ, бу быһыыбын аҕам сөбүлээбэтэ буолуо дии саныырым.
Төрдүс кылааһы бүтэрбиппит кэннэ Чурапчыга күрэхтэһиигэ сылдьан баран төннөн иһэн Килэҥкигэ аҕалан хаалларан кэбиспиттэригэр Мыан Барахсановтыын киэһэ буолан эрэр диэбэккэ, сатыы баран, түүн Ыанньыкайга кэлэн хонон, сарсыарда тиийбиппитигэр аҕам хайҕаан баран, үчүгэйдик билбэт сиргэ кыра оҕо мунан хаалыан сөбүн санаппыта. Кырдьык биһиги атын сиргэ үрэҕи батыһан баран хаалыахпытын сөп эбит. Ол сайын Афоня Захаровтыын Арыылаах күөлүн харбаан туорааммыт олоххо бастакы улахан кыайыыбытын оҥорбуппут.
Улаатан иһэн тыаҕа мас кэрдиһэ айаннаан иһэн сыарҕаҕа олорон тоҥнохпуна: «Түһэн сүүр эрэ бу, тоҥо-тоҥо олоруоҥ дуо?» диэн сыарҕаттан түһэрэн сүүрдэр этэ. Бу сүүрүттэн хата сотору итийэн буруолаан бардахпына көрө иһэн: «Тириппит киһи сотору тоҥор баҕайы» диэн аны тиритиэҕэ диэн тохтотон төттөрү сыарҕаҕа олордоро. Ол иһин оҕону үлэҕэ үөрэтиигэ үөрэтээччи киһи элбэҕи билэрэ, олоххо уопута олус улахан көмөлөөх.
Оҕо кыра эрдэҕинэ барыны-бары аһара оҥорон кэбиһэр куттала хаһан да хаалбат. Хамсаммакка эрэ туран биэрдэҕинэ оҕо тоҥон, тымныйан хаалыан, илиитин, атаҕын тоҥорон кэбиһиэн сөп. Аны тымныыга аһара тириппит оҕо этэ-сиинэ арыллан, онтон титирээн, аны тымныйан ыалдьан хаалара эмиэ ыраахтан буолбатах. Улахан уоппуттаах төрөппүт көрөн-истэн, хайа да диэки аһара ыыппакка, тоҥорбокко, тиритиннэрбэккэ оҕо туругун, этин-сиинин сөптөөхтүк көрөн-истэн үлэҕэ-хамнаска үөрэтэрэ кэлин олоҕу олорорго олус туһалыыр. Кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ үөрэппэккэ, такайбакка хаалбыт оҕолоро улаатан баран туохха барытыгар олус элбэх эрэйи көрсөллөр. Ол курдук тымныйан ыалдьаары гыннахха киһи эмискэ тиритэн кэлэрин билбэккэлэр, аны бустубут диэн эбии сойутунан кэбиһэн ыарыыларын бэргэтэн кэбиһэр эдэрдэр элбэхтэр.
Мин тугу барытын сатыыр, оҥорор, бары үлэни барытын кыайа-хото үлэлиир кыахтаах буола улааппыппар билигин бэйэм сааһыран, кырдьан олорон төрөппүттэрбэр, ийэбэр, аҕабар уонна эбэбэр махталым олус улахан.
Итинник үлэҕэ-хамнаска кыра эрдэхпиттэн эрчиллэн олус тулуурдаах, өһөс буола улааппыппын, ханнык баҕарар илии, өй үлэтин сатыырга, үчүгэйдик оҥорорго үөрэппитэ, итини тэҥэ, тулуурдаах, өһөс буолуу табааҕы быраҕыыга, арыгыны сөбүлээн көрөн иһиигэ ордук улахан туһалаахтарынан, аҕабар билигин кэлэн махталым улаатан иһэр.
Үлэлииргэ үөрэнии бэйэтэ олус улахан баай буолар. Үлэһит, үлэлии үөрэммит киһи хаһан, ханна баҕарар кыайар үлэтин булан үлэлиэн, туһалааҕы булан оҥоруон сөп. Ханнык да үлэҕэ, хаһан даҕаны сирдэрбэккэ, барыларыгар хайҕалы кытта үлэлээтим. Ол курдук Чурапчы улууһун аҥарын ылар “Субуруускай” аатынан совхозка суоппардыы сылдьан совхоз чемпиона, оройуоҥҥа иккис миэстэ буолары, кэлин, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн бараммын тутуу проегын оҥорууга үрдүкү кылааһы ситиспитим, өр сылларга үлэлээбитим.
Биһиги улаатан истэхпитинэ арыгы эмиэ дэлэйэн испитэ. Застой кэмэ диэн ааттыыр кэммитигэр арыгы саамай дэлэйбит кэмэ этэ. Оскуоланы бүтэрэн улахан дьон аатырыы арыгы иһиитинэн бэлиэтэнэрэ. Кэлин улаатан баран, арыгы иһиититтэн сыыһа-халты туттубакка, быстахтык быһыыламмакка биирдэ бэриллэр олоҕу киһи быһыылаахтык олорорум иһин аҕабар махталым улахан.
Билигин сааһыран олорон санаан көрдөххө кырдьаҕас эбэбит арыгы туһунан билиитэ олус киэҥ, дириҥ эбит. «Арыгы испит, итирбит киһини мөхпөт, кыйахаабат баҕайы» диэн куруук этэрэ.
Билигин өй-санаа үөрэҕин дириҥник хасыһаммын эбэм бу этиитэ олус табатын бигэргэтэр кыахтаахпын. Ол курдук киһи итирэн, салгын кута көппүтүн кэннэ, ийэ кута кинини быһаччы салайар. Бу кэмҥэ киһи бэйэтин иннин көрүнэр, этин-сиинин баҕатын урутаан толорор кэмэ кэлэр, ол иһин куһаҕаннык этэри отой сөбүлээбэт кэмэ буолар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сыыһа, атаахтык иитиллибит буоллаҕына, итирдэҕинэ, салгын кута көттөҕүнэ атаахтыыр, көрдөрөр, мааныланар, киһиргиир санаата улаатар. Атаахтык иитиллибит эдэрдэр итирдэхтэринэ буруйу, сыыһа-халты туттунуулары оҥоруулара элбээһинэ барыта өй-санаа ити уларыйыыттан тутулуктаах.
Кыра эрдэҕинэ чиҥник, бэрээдэккэ, киһи быһыытыгар үөрэтиллибит оҕо улааттаҕына, биирдэ-эмэтэ аһара иһэн кэбиһэн итирдэҕинэ даҕаны, буруйу-сэмэни оҥорбот, бэрээдэгэ улаханнык уларыйбат. Ол иһин кыра эрдэхпинэ киһи быһыылаахтык ииппит, чиҥник, бэрээдэккэ үөрэппит аҕабар билигин, сааһыран олорон, махталым улаатан иһэр. Ол барыта, саҥа улаатан, улахан киһи буолан баран арыгы иһэн биирдэ эмэ итирдэхпинэ, араас дьоннору кытта көрсүстэхпинэ даҕаны, улаханнык охсуһан, быһахтанан, сааланан сыыһа-халты туттунуулары, улахан буруйу оҥорботохпор, киһи быһыытын аһара туттубатахпар олоҕурар.
Аҕабыт арыгы диэни биирдэ-эмэтэ улахан бырааһынньыкка биир эмэ үрүүмкэни иһэр этэ. Кыра эрдэхпититтэн арыгы иһиитэ диэни билбэккэ эрэ улааппыппыт. Быраатым Алексей кыра эрдэҕинэ ыарыһах соҕус буолан атааҕа миигиннээҕэр улахан этэ, ол иһин биирдэ итирбитигэр айдаана быдан элбэҕэ, улахана. Ол барыта киһи итирдэҕинэ, өйө, салгын кута көттөҕүнэ, кыра эрдэҕинэ үөскүүр ийэ кутун салайыытыгар киирэриттэн, туттунар быһыыта тосту уларыйарыгар тириэрдэриттэн буолар.
Арыгы атыыта сыыйа кэҥээн дьон арыгыга аралдьыйара эмиэ элбээн испитэ. Аҕабыт биригэдьииринэн үлэлии сырыттаҕына үлэһиттэрин бэрээдэктэрин көрүү, үлэҕэ аттаран туруоруу барыта киниэхэ сүктэриллэрэ. Биир эмэ киһи арыгылаан кэбиһэн үлэтигэр тахсыбатаҕына улахан айдаан, улахан мунньахтарга кэпсэтиилэр буолаллара. Бары буруйдаахтары табаарыстыы суукка көрөн, дьүүллээн, көннөрүнэллэригэр араас көмөлөрү тэрийэллэрэ, онно барытыгар аҕабыт тэрийээччи буолара.
Арыгыны кытта бобон-хаайан охсуһуу оччолорго саҕаламмыта. Арыгы маҕаһыыҥҥа атыыланыытын аҕыйатыы, букатыннаахтык бобуу туттуллар буолбута. Аҕыйах кэмҥэ, дьон арыгы испэккэлэр бары-барыта соҕотохто тупсар курдук буоларыгар оҕустаран, кэлин бобуу-хаайыы ордук баһылаабыта эрээри, төттөрүтүн, арыгыһыттар элбииллэрин үөскэппитэ. Ол курдук биирдэ эмэ кэлэр эбэтэр хантан эрэ булуллар арыгыны дьон элбэҕи иһэн кэбиһэллэриттэн, итирэллэрэ элбиириттэн, арыгыга ылларыылара биллэрдик түргэтиирин билигин да билбэтэҕэ буолабыт.
Кыра эрдэхпититтэн арыгыга үөрэммэтэхпит тардан билиги, үс уол арыгыга аҕабыт курдук сыһыаммыт улаханнык уларыйбата, элбэх арыгылаах, бобуулаах-хаайыылаах кэмнэри этэҥҥэ аһардыбыт.
Аҕабыт пенсияҕэ тахсан баран өр кэмҥэ дэриэбинэҕэ народнай хонтуруолунан үлэлээбитэ. Араас ыһыллыы, тоҕуллуу тахсарын барытын көрө сылдьан көннөрөргө кыһаллара, сыыһаны-халтыны мунньахтарга этэрэ уонна партия чилиэнэ буоларынан быһаччы кыттыһара. Кини эрэ дэриэбинэҕэ буолар барыга-бары аһара баран кыһанар курдугун бэлиэтээн «Сир-дойду очурун-чочурун барытын көннөрөөрү» диэн этэн эбэбит аҕабытын уоскута сатыыр буолара. Арыгыны дьон аһара испэт буолууларыгар үлэлэрэ-хамнастара табылларыгар аҕабыт чахчы, ис сүрэҕиттэн кыһанара.
Уола Иван Иванович Каженкин.
СИЭНЭ АНДРЕЙ ДМИТРЬЕВИЧ
Андрей Дмитрьевич Каженкин 1926 с. Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Чурапчы оройуонун Белолюбскай нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа барыан иннинэ Белолюбскай нэhилиэгэр “Комсомол” аатынан колхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ.
1943 с. бэс ыйыгар Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыта. 20-с коннай депоҕа стрелогунан 1944 с. ахсынньы ыйга дылы сулууспалаабыта. Онтон Забайкальскай байыаннай уокурук 210-с дивизиятын 892-с стрелковай полкатыгар автоматчигынан сылдьыбыта. Бу полка састаабыгар 1945 с. милитаристскай Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. Сэриини Маньчжурия станцияттан саҕалаан баран Чанчун куоракка түмүктээбитэ. Бу Японияны кытта сэриигэ Советскай Армия улахан утарсыыны көрсүбүтэ. Япония армиятын саллааттара олус сидьиҥ майгылаах, куруубай хааннаах, кырыктаах өстөөхтөр этэ. Ол эрэн биһиги сэриилэрбит хара маҥнайгыттан японскай армияҕа утарсыы биэрбэккэ кимэн киирэн баартара. Андрей Дмитриевич Аргун пограничнай өрүһү туорааһыҥҥа, Хайлар куораты ылыыга үс хонуктан ордук тохтоло суох кыргыhыыга сылдьыбыта. Онтон Улахан Хинган хайаларыгар, Любей, Цицикар, Харбин, Шэньян, Чанчун куораттары босхолоспута. Милитаристскай Японияны утары хорсуннук сэриилэспитин иhин Верховнай Главнокомандующай И.В. Сталин 1945 сыллааҕы атырдьах ыйын 23 күннээҕи 372 №-дээх бирикээhинэн Махтал суругунан уонна именной биноклунан, ССРС Верховнай Советын 1945 сыллааҕы балаҕан ыйын 30 күннээҕи Укааhынан «За победу над Японией» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кэлин Аҕа Дойду сэриитин II-с степеннээх орденынан, араас юбилейнай мэдээллэринэн, знактарынан бэлиэтэммитэ.
Японияны кыайыы кэнниттэн 1946 сыллаахха бэс ыйыгар дылы Чанчун куоракка, онтон Читинскай уобаласка 73-с танковай полкаҕа, 1948 сыл кулун тутар ыйга дылы сулууспалаабыта. 1948 сыллаахха демоблизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ, “Комсомол” аатынан колхозка биригэдьиирдээбитэ. Онтон Чурапчы оройуонун культура отделын бирикээhинэн Белолюбскай нэhилиэгин (Арыылаах) ааҕар балаҕанын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, нэhилиэк советын депутатынан быыбардана сылдьыбыта. 1951-53 сыллардаахха Белолюбскай нэhилиэгин советын бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитэ. Онтон Болтоҥо кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан 1955 сыллаахха милиция оскуолатыгар үөрэнэ барбыта. Онтон ыла 32 сыл устата тохтоло суох ис дьыала органнарыгар оперуполномоченнайынан, следователинэн, паспортнай остуол начальнигынан Алексеевскай, Чурапчы оройуоннарыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Кэлин, пенсияҕэ тахсан баран Чурапчытааҕы пожарнай чааска караул начальнигынан үлэлии сылдьыбыта. РСФСР МООП «Отличник милиции» значогунан (1964 с.), ССРС ИДьМ «Отличник милиции» знагынан (1975 с.), «За безупречную службу в МВД РСФСР» I – III степеннээх мэтээлинэн, ИДьМ, райком, райисполком, ИДьО элбэх Бочуотунай грамоталарынан, үгүс Махтал суруктарынан, юбилейнай знактарынан наҕараадаламмыта.
Кэргэнинээн Пелагея Ивановналыын 43 сыл бииргэ эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Пелагея Ивановна өр сылларга райпо остолобуойугар үлэлээбитэ, потребкооперация ветерана. 3 оҕолоохтор. Улахан уоллара Андрей Андреевич Каженкин кэргэнинээн Виктория Викторовналыын 3 оҕолоохтор, 3 сиэннээхтэр. Якутскай куоракка олороллор, үлэлииллэр. Улахан кыыс Раиса Андреевна кэргэнинээн Семен Петрович Федоровтыын 5 оҕолоохтор, 3 сиэннээхтэр, Чурапчы спортивнай оскуолатын воспитателэ. Кыра кыыс Людмила Андреевна кэргэнинээн Михаил Николаевич Осиповтыын 3 оҕолоохтор, Дириӊ орто оскуолатын учуутала. Андрей Дмитриевич уонна Пелагея Ивановна сиэннэрэ билигин эбэлэрин, эhэлэрин баҕа санааларын толорон араас идэлээх специалист буолан Чурапчыга, Якутскайга үлэлии сылдьаллар, ыал буолан, дьиэ тэринэн кэскиллэрин уhаталлар.
Уола Андрей Андреевич Каженкин
СИЭНЭ АННА ДМИТРЬЕВНА
Эһэм Каженкин Тихон Михайлович кини олоҕун уонна уһун үйэлээх сыралаах үлэтин санаан кэллэхпинэ, наһаа олохтоох уонна инники кэскиллээх кэнэҕэски кэлэр ыччатыгар аналлаах эбит. Кини үлэтэ хамнаһа кэлэр көлүөнэлэр сайдалларыгар, үөрэҕи-билиини иҥэринэллэригэр аналламмыт.
Эһэбит саҥа таҥара дьиэтэ уонна оскуола тутуутугар сыралаах, уустук, ыарахан үлэлэрин кэмигэр, үчүгэй хаачыстыбалаахтык толорбутун оччотооҕу салайааччылар сыаналааннар мэтээллэринэн наҕараадалаабыттар. Ол курдук таҥара дьиэтин тутуутугар улахан куолакалы Бэстээхтэн босхо тиэйэн таһаарбытын уонна кыһыл көмүс дуйдаах тимир кириэһи оҥотторон туруорбутун иһин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. Ол кэнниттэн саҥа, 35 оҕо үөрэнэр оскуолатын дьиэтин босхо тутан биэрбитин иһин үрүҥ көмүс мэтээли биэрбиттэр. Кэлин Романовтар династиялара 300 сылын туолар юбилейигэр таҥара дьиэтигэр ыстаарыстатынан уһун кэмнээх үлэтин иһин боруонса мэтээли наҕараада биэрбиттэр.
Эһэбит төрөөбүт нэһилиэгэ тупсарыгар, улахан тутууларынан киэркэйэригэр, эдэр ыччата сайдарыгар, үөрэхтэнэригэр көмөлөһөр санаатыттан туох баар бары кыаҕын үйэтин тухары уурбут.
Мин кыра эрдэхпинэ эһэм туһунан нэһилиэгим дьоно этэллэрэ: “Бу ким оҕотой”,- диэн ыйытан баран: “Мэтээллээх уолун Митээ кыыһа” эбэтэр “Мэтээллээх сиэнэ”,- дииллэрэ. Ону мин дьоммор; ийэбэр, аҕабар: “Мэтээллээх сиэнэ”,- диэн үөҕэллэр диирим. Онно аҕам Миитээ, ийэм Аана тугу даҕаны эппэт этилэрэ. Ол саҕана сэбиэскэй былаас ыраахтааҕы, урукку олоҕу үчүгэй диири бобор, сөбүлээбэт этилэрэ, ыраахтааҕыттан наҕараадалаах киһи туоратыллара.
Оҕо сырыттахпытына ыраахтааҕы былааһа киһи олоҕун баттыырын, атаҕастыырын, дьоннор аччыктаан олороллорун туһунан элбэхтик кэпсииллэр этэ. Ону оҕолор, кырдьаҕастар бары итэҕэйэрбит.
Эһэм Тихон Михайлович мин аҕабынаан Дмитрий Тихоновичтыын саҥа Хос Көлүйэҕэ туттубут дьиэтин Арыылаахха көһөрөн киллэрэн, эбии саҥа маһынан салҕаан 35 оҕо үөрэнэр оскуолатын дьиэтин биир сайын устата тутан биэрбиттэр. Ити кэнниттэн Тихон Михайлович оскуолаҕа остуорастаан, оһоҕун оттон, өр сылларга көрөн-истэн олорбут. Кэлин оскуолаҕа попечителинэн ананан үлэлээбитин туһунан докумуон архыыптан көһүннэ. Кинини биэс нэһилиэк уопсай мунньаҕынан оскуолаҕа попечителинэн талбыттар эбит.
Эһэм Тихон Михайлович сэбиэскэй былаас саҕана Суурт Үрүйэҕэ саҥа туттубут сайылыгын дьиэтин биэс муннуктаах сулус курдук быһыылаан оҥостубут. Ол барыта эһэм саҥа былааһы сөбүлээбитин бэлиэтэ эбит. Эһэм сайылыгар аймахтар бары сыл аайы сылдьабыт, ахтан-санаан ааһабыт.
Мин Каженкина Анна Дмитрьевна эһэбин Тихон Михайловиһы, аҕабын Дмитрий Тихоновиһы кэриэстээн кинилэр араспаанньаларын тутан сылдьабын, билигин сиэним Борис кинилэр араспаанньаларын үйэтитэр.
Күн сиригэр олорон түөрт оҕо ийэтэбин, кэргэним Михайлов Николай Мисаилович Сунтаартан төрүттээх, инженер-строитель үөрэхтээх, тыа хаһаайыстыбатын министерствотын тутуутун отделыгар уһуннук үлэлээбитэ, билигин пенсияҕэ олорор.
Улахан уолбут Дмитрий врач үөрэхтээх, кэргэнэ Елена эмиэ врач, икки уол оҕолоохтор.
Орто уол Михаил үрдүк үөрэхтээх, инженер-аудит идэлээх, кэргэнэ Зоя – судебнай пристав.
Кыыспыт Парасковья үрдүк үөрэхтээх, тыа хаһаайыстыбатын министерствотын тутуутун уонна информациятын управлениятын старшай специалиһынан үлэлиир, икки оҕолоох.
Кыра уолбут Николай, үрдүк үөрэхтээх – предприниматель.
Сиэннэрбит бэһиэлэр, бары уолаттар, үрдүк үөрэххэ, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаллар.
Москваҕа юридическай академияҕа үөрэнэр сиэним Борис Каженкин хос хос эһэтин араспаанньатын сүгэринэн биһиги оскуолаҕа попечителлиир династиябытын салгыырыгар, нэһилиэккэ көмө оҥороругар эрэл баар.
Мин Иркутскайдааҕы финансовай экономическай институту уонна Москватааҕы Тимирязовскай академияны үөрэнэн бүтэрбитим. 50 сыл устата бэйэм үөрэхпинэн финансовай ревизор специальноһыгар үлэлии сылдьабын, антикоррупционнай комитет специалиһабын, Ил Түмэн депутатын Губарев Виктор Николаевич көмөлөһөөччүтэбин, Саха республикатын “Үөрэх тэрилтэлэрин көрөр-араҥаччылыыр сүбэтин холбоһугар” киирсэн конкурснай докумуоннары быһаарар общественнэй экспертинэн үлэлиибин.
Эһэм Каженкин Тихон Михайлович, аҕам Дмитрий Тихонович ааттарын үрдүктүк тутан, кэриэстээн, 2000 сылтан Арыылаах оскуолатыгар попечитель буолан, гран олохтоон сылдьабын. Сыл аайы икки оҕоҕо гран харчы туттарабын, барыта 22 оҕоҕо туттардым. Нэһилиэкпэр саҥа спортзал тутуутугар көмө оҥороммун ис өттүн барытын кырааскатын булан кырааскалаппытым. Таҥара дьиэтин тупсарыыга, ис, тас өттүн кырааскалааһыҥҥа кырааска булан уонна иһигэр быыс оҥоруутугар көмөлөспүтүм. Нэһилиэгим туһугар араас өрүттээх көмөм Чурапчы улууһа тэриллибитэ 75 сыла туолуутугар нэһилиэк дьаһалтатын махтал суругунан бэлиэтэммитэ. Итини тэҥэ үтүө дьыаланан сыалланан-соруктанан Санкт-Петербурдааҕы киноматография институтун үөрэнээччитигэр сыл аайы биир бириэмэлээх стипендиянан хааччыйабын.
Эһэм Тихон Михайлович Каженкин аата тутан биэрбит оскуолатыгар иҥэриллибитигэр көмөлөрүн иһин нэһилиэгим дьонугар барҕа махталбын тириэрдэбин.
Сиэнэ Анна Дмитрьевна Каженкина.
ХОС СИЭНЭ КОНСТАНТИН ГАВРИЛЬЕВИЧ НАКАТОВ
Мин улаатан истэхпинэ хос эһэбит аата ахтыллыбат этэ. Арай кини туһунан оҕонньоттор кэпсээннэриттэн истэрим. Тыа Татыйаан уонна Доргуй алаас үрдүнэн 10 гаалаах бурдук ыһар сири солообуттара. Манна Иннокентий Попов, Дмитрий Карсанаев, Никифор Попов, Роман Попов, Софрон, Пантелеймон Барашковтар, Гаврил Лобанов уонна Попов Николай үлэлээбиттэрэ. Мин оччолорго үһүс кылааска үөрэнэр уол этим. Үлэһиттэр бары Хос Көлүйэҕэ Доргуйга барар суол кытыытыгар турар Тиэхээн бэйэтэ туппут ампаарыгар дьиэлэнэллэрэ. Онно хос эһэм туһунан элбэҕи кэпсиир этилэр. Ону бу диэн улаханнык сэҥээрбэт этим да истэрим. Мин бу үлэһит дьоҥҥо 5 биэрэстэлээх сайылыктан суорат уонна сүөгэй уутун күн аайы оҕуһунан кыракый уһаакка кутан тиэйэн аҕаларым. Оччолорго бурдук ас олус аҕыйах этэ. Үрүҥ ас таһарым иһин үлэһиттэр хайгыыллар этэ уонна: “Хос эһэтин туйаҕын хатарыыһы”,- дииллэрэ. Ону истэ-истэ испэр наһаа үөрэрим уонна үлэбэр кыһанарым.
Бу дьиэлэнэр ампаарбытын Тиэхээн оҕонньор эдэригэр туппута үһү. Ампаар төгүрүччү наара ороннордоох, бэйэтэ биэс миэтэрэ усталаах, туоралаах этэ. Төһө да күүстээх ардахха даҥа үчүгэй буолан хотторбото. Аана маһынан оҥоруллубутун үрдүнэн туора тимир туттарыылардаах, иэччэҕэ сыыйыы тимиртэн оҥоруллубуттарын көрө-көрө оҕонньоттор сөҕөн кэпсэтэллэрин истэрим. “Тиэхээн барахсан, бу оҕолоругар анаан туппута бөҕөтүн”,- диэн хайгыыллара.
Таҥара дьиэтин тутуу туһунан эмиэ кэпсэтэллэрэ. Тиэхээн онно тутуу маһын бэлэмнээһини салайбыт, биэс нэһилиэк хас биирдии ыалын аайы үстүү бэрэбинэни нолуок курдук мунньаҕынан быһааран уурбуттар. Бэрэбинэ быһар төбөтө 28 см кыра буолбатын кыраҕытык кэтээн тутара, суордаран бэлэмнэтэрэ үһү. Бэйэтэ бэрэбинэни наһаа түргэнник, сатабыллаахтык суорара, ойуппут олуга сиргэ түһүөр диэри иккистээн охсон ойутара үһү. Тутуу маһа барыта бэлэмиттэн улахан тутуу түргэнник тутуллубута дииллэрэ.
Оччолорго кыраан суох кэмигэр итиччэ үрдүккэ бэрэбинэни таһаарыыга уһун кирис өтүүнэн тутуу нөҥүө өттүттэн атынан эбэтэр оҕуһунан таттаран таһаараллар эбит. Онно Тиэхээн бэйэтин атын күүстээх уонна сымнаҕас диэн элбэхтик туттар эбит. Ол туһунан Лөгөнтөй Попов оҕонньор ойон тура-тура кэпсиирэ субу баар курдук. Сатабыллаах Тиэхээн таҥара дьиэтэ тутулларыгар өйүн-санаатын, күүһүн-күдэҕин барытын анаабыта диэн кэпсэтэллэрэ. Тимир ууһун бастыҥа буолан таҥара дьиэтин тутуутугар туттуллубут сыыйыы тимирдэри барыларын Тиэхээн оҥорсубута, бэлэмнээбитэ дииллэрэ. Ол кэмҥэ тимир көстөрө уустуктардаах эбит. Саас Тиэхээн биир ынах этин тиэйэн куоракка киирэн бары наадыйар тимирдэрин булан таһаарбыт. Сайылыгар таҥара дьиэтин кириэһин сыыйыы тимиринэн оҥороругар Лөгөнтөй Попов оҕонньор күөрт күөртэспитим, балта балталаабытым диэн кэпсиирэ.
Тиэхээн Хос Көлүйэҕэ Үҥкүргэ тахсыыга туттубут дьиэтин Арыылаахха көһөрөн киллэрэн оскуола тутан биэрбитин тэҥэ, ампаарын эмиэ көһөрөн, тутан биэрбит. Ол көһөрбүт ампаарын умуһаҕын колхоз кэмигэр сиилэс умуһаҕа оҥостон туһаммыттара, дириҥэ бэрт буолан элбэх от киирэрэ. Ол сиилэс умуһаҕар биир ынах түспүтүн Николай Попов соһон таһаарбыта. Кини эдэригэр күүстээх, кыахтаах киһинэн ааҕыллара.
Уончалаах уол эрдэхпинэ саас ыһыы үлэтигэр сир таттарыытыгар оҕус сиэтэ сылдьыбытым. Суха тутааччы Барашкова Өрүүнэ (Куһаҕан Өрүүнэ) этэ. Саас күн тахсыыта Эмэлдьээн күөлэ диэн алааска түөрт суханан, ахсыа буолан үлэлии сылдьыбыппыт, сонуокпутун түөрт гына үллэрэн баран күрэхтэһэн, түргэнник үлэлиирбит. Утуктуу быһыытыйан истэхпинэ Өрүүнэ кымньыылаабытыгар оҕуспут соһуйан иннин диэки ыстаныытыгар туйаҕын ыырааҕар кыбытан сотобун ньылбы үктээн кэбиспитэ. Хаан бөҕө тохтубута, эһэм Дмитрий кыаҕа баарынан сүүрэн кэлэн атахпын таҥаһынан баайан, көтөҕөн ылан, оҕуска мэҥэстэн Мүкэ алааска ийэбэр илдьибитэ. Онно ийэм Маайа, эдьиийим Табаах Мотуруона дайааркалыыр, эдьиийим Боккуойа субан сүөһүлэри көрөр этилэр. Ол кэмҥэ Арыылаахха балыыһа да, луохтуур да суоҕа. Тиийэрбитин кытта ийэм барахсан сылаас үүтүнэн атахпын сууйбута, аллараа ньылбырыйбыт этин үөһээ имэрийбитэ, уокка ас биэрбитэ уонна куобах тириитин субатынан силлии-силлии сыһыарбыта даҕаны кыайан оспотоҕо. Нэдиэлэ буолан баран эһэм Дмитрий оҕустаах кэлэн мэҥэстэн Хос Көлүйэҕэ тиийэн тумул халдьаайыга чардааттаах киһи уҥуоҕар тахсыбыппыт. Чардаат аттыгар олордон баран мутугу туттарбыта уонна: “Манан хаһа оонньуу олор”,- диэбитэ, бэйэтэ чугас сонуокка: “Бурдук хайдах үүммүтүн көрө бардым”,- диэн барбыта. Син өр соҕус буолан баран кэлбитэ, сыллаабыта уонна Хос Көлүйэ дьиэтигэр тиийэн чэйдээбиппит. Оҕуска мэҥэстэн миигин Мүкэҕэ илдьэн биэрбитэ уонна: ”Тугу да тыытымаҥ, бэйэтэ оһуоҕа”,- диэбитэ. Эһэбититтэн эдьиийдэрим тугу да ыйыппатахтара, кини да кэпсээбэтэҕэ. Аҕыйах хонон баран атаҕым оһон хаалбыта. Онтон кэнники билбитим, эһэм ийэтэ нэһилиэккэ аата ааттаммат удаҕан эбитэ үһү.
Куобах эстэр дьылыгар дойдубар бултуу тахсыбытым, нэһилиэгим дьоно үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Хос Көлүйэ алааска бара сылдьыбыппыт. Мин олорбут киһим уҥуоҕа уруккутун курдук турара, арай оҕуспутун баайбыт титирикпит улаатан баараҕай тиит буолбут этэ.
Ийэм барахсан 1911 сыллаахха төрөөбүт. Тиэхээн оҕонньор бастакы сиэнэ буолан ийэтин Маайа аатынан ааттаммыт. Түргэн туттунуулаах, иистэнньэҥ, туохтан да иҥнэн турбат үлэһит, аҕыйах саҥалаах этэ. Кэлин Арыылаахха сүөһү эмчитэ, отоһута буолбута. Ол курдук ыалларга сатаан төрөөбөтөх ынахтарга көмөлөһөрө эбэтэр сүөһү араастаан моһуогурдаҕына ийэбин ыҥыраллара. Биир сайын сайылыктарга ньирэйдэр өлөн айдаан тахсыбытыгар ийэбин ыҥырбыттара. Онно кини ньирэйи кулгааҕын быһаҕынан сиирэ анньара эбэтэр кутуругун төбөтүн быһара, хаан таһаарара эбэтэр төттөрү миинэн олорон эргэ сиппииринэн таһыйара, айаҕын атытан баран саҥара-саҥара силлиирэ, ол кэнниттэн олбуорга ыыттаран кэбиһэрэ. Ол курдук Чэлгиэрэ, Дулҕа сайылыктар ньирэйдэрэ үтүөрэн ынах, оҕус буола улааталлара. Дьиэлэри араас кирдэртэн ыраастыыра, ньаадьы уйа туттубут буоллаҕына ыраастыыра, хомуйара.
Бэйэм сааһыран баран Чэриктэйгэ эдьиий Биэрэҕэ, Тааттаҕа Куома Чааскыҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ Ньыыкан кырдьаҕаска, Бээрийэҕэ Турантаев кырдьаҕаска сылдьыталаабытым, кэпсэппитим. Бар дьону эмтии-томтуу сылдьалларын илэ харахпынан көрбүтүм. Эдэр эрдэхпиттэн Саха сиригэр үлэбинэн сылдьыбатах улууһум суох буолуо.
Бар дьоҥҥо туһалааҕы оҥорор дьонтон олус астынабын, үөрэбин. Хос эһэм Тиэхээн нэһилиэгэ сайдарын туһугар оҥорбут үтүө быһыылара; таҥара дьиэтин тутуутугар бары кыаҕын-күүһүн биэрбитэ, урукку кэмҥэ ыччаттарга анаан, бэйэтигэр туттубут дьиэтин көһөрөн, онно салҕаан оскуола туппута билигин кэлэн толору сыаналаннылар. Кини сырдык аатын үйэтитэргэ аан маҥнайгы тылы көтөхпүт нэһилиэк бочуоттаах киһитигэр М.К.Поповка, элбэхтик архыып докумуоннарын хасыһан булбут, бэчээккэ таһаартаабыт С.Р.Поповка Тиэхээн Михайлович аймахтарын аатыттан махталбын тириэрдэбин.
Тихон Михайлович сырдык кэриэһэ, үлэлээбит үлэтэ-хамнаһа умнуллубатын диэн оскуола коллектива, нэһилиэк олохтоохторо туруорсууларын өйөөбүт Чурапчы улууһун салалтатыгар, С.С.Яковлевка, Саха республикатын президенэ Е.А.Борисовка барҕа мааны, үйэ саас тухары барҕа махтал буоллун.
Хос сиэнэ Константин Накатов.
ТИЭХЭЭННЭР ДЬОН-СЭРГЭ ТУҺУГАР
Нэһилиэк остуоруйатыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт дьиэ кэргэнтэн биирдэстэрэ Каженкиннар аҕа уустарыттан этилэр. Ол курдук 19-с үйэ бүтэһигэр 20-с үйэ бастакы сылларыгар олорон ааспыт Тихон Михайлович Каженкин – Мэтээллээх Тиэхээн аата-суола умнулла-умнулла тиллэн сураҕыра сылдьар. Кини нэһилиэгэр саҥа итэҕэли уонна үөрэҕириини тарҕатар таҥара дьиэтин актыыбынай кыттыылааҕа этэ. Тихон Михайлович тутуспут бигэ-таҕа таҥара дьиэтэ, Саха сиригэр мас тутуу дьиҥнээх эталонунан буола турарын билигин кэлбит-барбыт барыта сөҕө-махтайа көрөр. Тиэхээн бэйэтин үйэтин кэмигэр сөп түбэһиннэрэн православнай итэҕэл нөҥүө нэһилиэгин дьонун сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыннарыыта этэ. Кини бэйэтин олорор дьиэтин көһөрөн 35 миэстэлээх биир кылаастаах церковнай-приходскай оскуоланы сиэртибэнэн тутан биэрбитэ уонна бэйэтэ элбэх сыл попечителинэн буолан оччотооҕуга нэһилиэнньэни маассабай үөрэхтээһиҥҥэ олук сахпыта эрээри, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан барыта түктэринэн аатырбыта. Тихон Михайлович тутуспут таҥаратын дьиэтэ сатаҕайданан, церковнай-приходскай оскуолата сабыллан кини үтүө аата-суола суураллыбыта. Манна даҕатан эттэххэ, тэбиэс сүрэхтээх Тиэхээн Каженкин буккуурдаах гражданскай сэрии саҕана, бука буруйга-сэмэҕэ тардыллыахтааҕа эбитэ буолуо? Кини оччолорго ыарахан ыарыыга ылларан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, 1922 с. саҥатыгар өлөн “репрессияттан куоппута”. Ол оннугар Тиэхээн аатын-суолун киртитээри диэххэ сөп курдук, атаҕынан мөлтөх туруктаах уола Дмитрий Каженкины “киһини тэрээһиннээх өлөрүүгэ кыттыгастаах буолуо” диэн 1929 сыллаахха хаайа, силиэстийэлии сылдьыбыттар. (Д.В.Кустуров – “Репрессия ыар тыына”, 1993 с., 54 ыстр.)
Үтүө үрдүгэр кир-хох сыстыбат, олох уларыйан Тихон Каженкин аата аһаҕастык ааттанар кэмэ кэлэн, кини сыдьааннара ахтыллар буоллулар. Ол курдук, билигин Дьокуускай куорат таһыгар олохтоох Тихон Михайлович сиэнэ Анна Дмитрьевна Каженкина эһэтин туйаҕын хатаран, эмиэ попечитель быһыытынан биллэр. Эһэтэ төрүттээбит оскуолата 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ыҥырыллан Анна Димтрьевна үтүө тылын-өһүн этэн, үөрэххэ талааннаах оҕолорго Каженкиннар дьиэ кэргэн анал стипендиятын олохтообута олус кэрэхсэбиллээх. Стипендия үөрэх сыла түмүктэниитигэр бастыҥ үөрэнээччилэргэ туттарыллан иһиллиэхтээх. Нэһилиэк ыччата чөл олоҕу тутуһан эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буоларыгар анаан, бөһүөлэккэ спорзал тутуутугар биллэр-көстөр үбүнэн, тутуу матырыйаалынан спонсордаан биир дойдулаахтара махталлара муҥура суох. Маны таһынан Анна Дмитрьевна Санкт-Петербурдааҕы киноматография институтун үөрэнээччитигэр үтүө дьыаланан сыалланан-соруктанан сыл аайы биир бириэмэлээх стипендиянан хааччыйар. Тихон Михайлович биир сиэнэ, өбүгэлэриттэн бэриллибит дьикти идэлээх Левина Анисия Дмитрьевна улахан ыал буолан Дьокуускайга олорор. Кини дьон кыһалҕатын этинэн-хаанынан тэҥҥэ үллэстэр эйэҕэс дууһалаах киһинэн биллэр. Үгүс элбэх түгэннэртэн бэчээккэ тахсыбыт, тэлэбиисэринэн көрдөрүллүбүт биир түгэн: Нам улууһугар отоннуу тахсан баран тоҕус хонук устата сүтэн нэһилиэги, оройуону ааһан өрөспүүбүлүкэни аймаабыт эмээхсин сиэнинээн муммутун баар сирдэрин чопчу ыйан биэрбитэ. Кини сүрүн үлэтинэн сүтүгү булуу, ол-бу быһылааны быһаарыыга көмөлөһөн дьон кыһалҕатын үмүрүтүү, толуйуу.
Тихон Михайлович хос сиэнэ Иван Иванович бэйэтэ эмиэ олоххо-дьаһахха туспа көрүүлэрдээх инженер-строитель идэлээх ыал аҕата. Кини олох-дьаһах туһунан элбэх кинигэ автора, ол иһигэр “Түүлү тойоннооһун” диэн саха дьонун үксүлэрин сэҥээрдибит дьоҕус үлэтэ буолар.
Түмүктээн эттэххэ, маннык эйэҕэс санаалаах, дьону сырдыкка-кэрэҕэ, үөрэххэ уһуйбут биир ийэттэн-аҕаттан төрүттээх үтүө дьоннордоохпутунан биһиги киэн туттабыт. Каженкиннар үтүө дьыалалара кэнэҕэски үүнэр кэнчээри ыччаттарга дьиҥнээх холобур буолуо диэн эрэнэбит уонна кинилэр үрдүк ааттарыгар сүгүрүйэбит-махтанабыт.
Кийиит Е.Н.Каженкина-Коркина ахтыыта.
ТИХОН КАЖЕНКИН - МОЙ ПРАДЕД
Тогда в далеком 1897 году мой прадед Тихон Михайлович Каженкин, обычный крестьянин Чурапчинского наслега, дедушка моей мамы Левиной Анисии Дмитриевны, добровольно вложил свои средства на строительство школы и церкви, и за этот безвозмездный вклад был награжден императором Николаем II памятными медалями.
Медалями были отмечены следующие его вложения в развитие культуры и образования своего края:
Первое. Изготовление церковного позолоченного креста на средства, вырученные с продажи части своего скота.
Второе. Покупка и организация перевозки с села Нижний Бестях на берегу Лены в село Арылах и установка 52-пудового колокола в местную построенную церковь. Освятил колокол 29 марта 1900 году Епископ Вилюйский Никанор. Тихон был активным просветителем церковного учения, православия, единственного тогда источника образования. Церковь эта до сих пор функционирует, и удивляет всех искусством древнего деревянного зодчества.
Третье. Строительство церковно-приходской школы в селе Арылах, и дальнейшее попечительство над ней. Тихон Каженкин активно привлекал к учебе и православной вере местное население. Таким образом, 110 лет назад была открыта 1-я Хаяхсытская церковно-приходская школа, которая со временем меняла свой статус, росла и расширялась.
При власти большевиков Тихон подвергался опасности быть репрессированным, однако его смерть в 1922 году помешала этому. Архиепископ Якутский и Ленский Герман отмечал: «Свою лепту вносили не только богатые и знатные, но и небогатые с отдаленных наслегов. Подобная история описана в Евангелии: бедная вдовица принесла свои деньги на содержание храма. И Христос–спаситель похвалил ее и сказал, что она положила больше всех богатых. И так многие наши соотечественники порой отдавали, делились самым необходимым. И вот я вспоминаю одно имя не богатого крестьянина Тихона Михайловича Каженкина, уроженца села Арылах. Сам будучи неграмотным, он всей душой понимал важность значение образования и просвещения».
В делах таких людей, как Тихон Каженкин, отображается образ нового, беззаветно преданного своему краю человека Якутии. Он принадлежит к лучшим сыновьям якутского народа, людям передовых идей.
Моя мама, внучка Тихона Каженкина Левина Анисия Дмитриевна -многодетная мать, воспитавшая шесть детей, - способствовала созданию фильма о знаменитом меценате. Все мы, ее дети, - правнуки Тихона Каженкина, – специалисты различного профиля с высшим образованием.
Среди нас есть «отличник здравоохранения»; «отличник милиции» - ветеран МВД. Самый младший из детей, Тихон, названный в честь нашего предка, успешно закончил Уральскую государственную юридическую академию и в данное время проходит службу в Высшем военном образовательном учреждении города Краснодара.
Думаю, что природная одаренность, смекалка и предприимчивость Тихона Каженкина, жившего более 100 лет назад, передалась и нам, и традиция эта должна быть продолжена и в последующих поколениях.
Правнучка Кюнна Яковлевна Лепова, научный сотрудник Учреждения Российской академии наук Института физико-технических проблем Севера им. В.П.Ларионова Сибирского отделения РАН.
ХОС СИЭНЭ ЕВДОКИЯ ИВАНОВНА
Евдокия Ивановна Никифорова 1949 сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Ийэтэ - Матрена Алексеевна Сивцева үйэтин тухары колхозка, онтон «Субуруускай» аатынан совхозка дояркалаабыта. Аҕата – Каженкин Иван Дмитрьевич колхозка, онтон совхозка солбуллубат биригэдьииринэн, кэлин народнай хонтуруол председателинэн үлэлээн сылдьыбыта.
Евдокия 1956 сыллаахха Арыылаах начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1961 сыллаахха бу оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн, мантан 2,5 көстөөх Кытаанах нэһилиэгэр, аҕыс кылаастаах оскуолаҕа 5 кылааска үөрэнэ киирбитэ. Бу оскуолаҕа интернакка олорон 8 кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 7-8 кылаастарга үөрэнэр кэмигэр элбэх общественнай үлэлэргэ кыттара. Оскуола уопсай хаһыатын редакторынан үлэлээн хаһыат көтүппэккэ тахсарын ситиһэрэ. Евдокия үөрэнэ сылдьан спортивнай секцияларга утумнаахтык дьарыктанара. Спортка бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһэн оскуола сборнай командатын чилиэнэ этэ. Ордук үчүгэй көрдөрүүлэри кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ уонна хайыһарга ситиспитэ, оройуоҥҥа буолар күрэхтэһиилэргэ бастакы эбэтэр иккис миэстэлэри ылара.
Хайыһарынан сүүрүүгэ улахан дьоҥҥо иккис спортивнай разряды туттарбыта. 1966 сыллаахха Кытаанах оскуолатын 8 кылааһын бүтэрэн, аны Арыылаахтан икки көстөөх Таатта улууһун Туора-Күөл дэриэбинэтин орто оскуолатыгар 9 уонна 10 кылаастарга салгыы үөрэммитэ. Бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, спортивнай курэхтэһиилэргэ эмиэ ситиһиилээхтик кыттара, ону таһынан уус-уран самодеятельноска ырыалары, үҥкүүлэри, художественнай ааҕыылары ордук умсугуйан толороро.
1968 сыллаахха Саха государственнай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын зоотехническай салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. Ити идэни талыыга кини производствоҕа үлэлээбитэ уонна кыра эрдэҕиттэн үлэни таптыырга үөрэммитэ тирэх буолбута.
Үөрэнэн истэҕин аайы, идэ абыланар ыллардар ылларан испитэ. Өссө элбэҕи билиэх-көрүөх санаата сыл ахсын күүһүрэн барбыта. Факультет ыытар общественнай үлэтигэр актыыбынайдык кыттарын таһынан уус-уран самодеятельноска факультет народнай инструментальнай ансамблыгар кыттан «Норуоттар доҕордоһуулара» фестиваль хас да төгүллээх лауреата буолбута. Ордук хомуска үчүгэйдик оонньуура дьон болҕомтотун тардара.
Эдэр саас истиҥ иэйиитин, нарын тапталын көрсөн 3 курсу бүтэрээри сылдьан, 1972 сыллаахха, бииргэ үөрэнэр уолугар, курс бастыҥ студеныгар, Ньурбаттан төрүттээх Никифоров Дмитрий Ивановичка кэргэн тахсыбыта. 4 кууруска үөрэнэ сылдьан, эдэр ыал сиэринэн, кыыс оҕолонон ийэ-аҕа буолар дьолун билбиттэрэ.
1974 сыллаахха университеты ситиһиилээхтик бүтэрэн, кэргэнин дойдутугар Ньурбаҕа кийиит буолан тиийэн Марха совхоз Хорула отделениетыгар талбыт идэтинэн 2 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Отделение үлэтин специалист быһыытынан өрө тардыбытын түмүгэр отделение эт туттарыытыгар бастакы, үүккэ иккис буолан совхоз үлэһиттэрин хайҕалын ылбыта. Евдокия Ивановна таһаарыылаах үлэтин түмүгэр отделение ыанньыксыттара союз уонна республика үрдүк наҕараадаларыгар тиксибиттэрэ. Кини ити сылларга сүөһүнү талыыга, ыанар ынахтары сүүмэрдээһиҥҥэ элбэх үлэни ыыппыта. Бу дьаныардаах үлэтин түмүгэр Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин бочуоттаах гражданинын аатын иҥэрбиттэрэ. Кэлин куоракка көһөн да кэлбитин кэннэ үлэһиттэрэ уонунан сылга махтал-баһыыба тылын этэллэрэ кинини олус үөрдэрэ. Оччолорго нэһилиэк олоҕун биир тутаах киһитэ этэ. Манна үлэлии сылдьан кини тыа сирин үлэһит ыччата үөрэххэ – сырдыкка дьоҕурун, тардыһыытын бэлиэтии көрөн «учуутал буолан тыа сирин ыччатын сайыннарыахха, тыа сирин олоҕун тупсарыыга үлэлэһиэххэ» диэн бигэ санааны ылыммыта. Ол баҕа санаатынан салайтаран, 1978 сыллаахха Москватааҕы К.А. Тимирязев аатынан Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар педагогическай факультеты бүтэрбитэ, онтон санаатын хоту тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үлэлии кэлбитэ. 1993 сыллаахха техникум иһинэн ыытыллыбыт «Сыл учуутала» куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбыта, бэйэтин коллегаларыгар аһаҕас уруоктары, аһаҕас кылаас чаастарын ыытан бэйэтин опытыттан куруук үллэстэрэ, эдэр коллегаларын уруоктарыгар сылдьан сүбэлиирэ-амалыыра. Евдокия Ивановна сэбиэдиссэйдиир лабараториятын үөрэтэр-иитэр базатын хаҥаппыта. Кэлин өссө Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай институтун ученайдарын үлэлэринэн байытар, учебнай-методическай комплектарын толорон биэрэр, араас үөрэтэр, көрдөрөр пособиеларданар уонна да атын оборудованиеларынан туһанар техникум баай лабараторияларыттан биирдэстэрэ буолар. Ити барыта Евдокия Ивановна сыралаах үлэтинэн, тус кыһамньытынан ситиһиллибитэ биллэр. Ол курдук Евдокия Ивановна үөрэппит оҕолоро үгүстэрэ Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэхтэрин үрдэппиттэрэ, билигин улуус, нэһилиэк бастыҥ үлэһиттэрэ буолан сылдьаллара учууталларын аатын үйэтитэр. Кини үрдүк категориялаах, идэтин толору баһылаабыт, опыттаах педагог, психолог, муударай, киэҥ билиилээх, үтүө, дьоһун майгылаах иитээччи, үөрэтээччи этэ.
Тыа хаһаайыстыбатын коллеһыгар уһун кэмнээх таһаарыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Россия тыа хаһаайыстыбатын министерствотын бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, үлэ ветеранын үрдүк аатын ылбыта.
Тус педагогическай, общественнай үлэтин таһынан Евдокия кыыс оҕо күн сиригэр төрөөн, хара буорга үктэнэн, киһи буолар айылҕатын быһыытынан ыал ийэтэ буолар аналын үрдүктүк сыаналыыр этэ. Ол курдук Евдокия Ивановна 4 оҕо күн күбэй ийэтэ, 9 сиэн тапталлаах эбэтэ.
Улахан кыыһа Матрена идэтинэн юрист-экономист. Кэргэнэ Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгиттэн төрүттээх Василий Шадринов. Авдей уонна Вася диэн икки уол оҕолоохтор.
Орто кыыһа Лена идэтинэн экономист, аныгы кэм сиэринэн атыынан тутуунан дьарыктанар. Иван, Евгения уонна Александр диэн икки уол уонна биир кыыс оҕолордоох.
Кыра кыыһа Александра ийэтин туйаҕын хатаран бастакы категориялаах преподаватель уонна бастакы категориялаах социальнай педогог. Орто анал үөрэхтээһин 5-с нүөмэрдээх лицейын иитэр үөрэтэр салаа тутаах үлэһитэ. Сандаар, Чаҕыл диэн уолаттардаах, Айина диэн кыыстаах.
Кыра мааны уола Дима аҕатын суолун солоон идэтинэн землеустроитель. Кэргэнэ Үөһээ Бүлүү Хомустаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Попова Мария. Сардаана диэн биир кыыстаахтар. Оҕолоро бары ийэлэрин үтүө көмөтүнэн, истиҥ санаатынан салайтаран төрөөбүт куораттарыгар дьиэ – уот тэринэн ыал бастыҥнара буолан ньир-бааччы алаһа дьиэлэрин тэринэн олороллор.
Евдокия Ивановна ыал улахан оҕото буоларынан бииргэ төрөөбүттэригэр, аймахтарыгар, биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолара, киирбит ыалдьыты итии чэйдээх, сылаас дьиэлээх, истиҥ мичээринэн көрсөрө. Кини тугу барытын сатыыра, минньигэстик астыыра, үчүгэйдик иистэнэрэ, баайара, быысапкалыыра, түүлээхтэн араас таҥастары тигэрэ, этэрбэс тигэртэн, улларартан да иҥнибэтэ, оһуору да анньара. Саас эрдэттэн даачатыгар үлэни саҕалыыра, оҕуруот аһын, сибэкки сиэдэрэйин олордоро, куруутун үрдүк үүнүүнү кини ылара, онно эбии отоннуура, тэллэйдиирэ. Араас минньигэс кэнсиэрбэлэри оҥороро даача олохтоохторун соһутара. Ол курдук сылайары да аахсыбакка, ыарахаттартан толлон турбакка туруоруммут сыалын ситиһэргэ үлэлиирэ. Кэргэнэ Дмитрий Иванович суох буолбутун кэнниттэн суоппар идэтин баһылаабыта, легковой “Москвич” массыынанан сиэннэрин тиэйэн даачатыгар, бары наадатыгар сайыны быһа сылдьара.
Евдокия Ивановна ыарахан ыарыыга ылларан да баран санаатын түһэрбэтэ, ол курдук олоххо дьулуура күүстээх этэ.
Балта Каженкина Рена Ивановна
ХОС СИЭНЭ АЛЕКСЕЙ ИВАНОВИЧ
Биһиги аҕабыт Каженкин Алексей Иванович 1954 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр Чурапчы оройуонун Арыылаах нэһилиэгэр Каженкин Иван Дмитрьевич, Сивцева Матрена Алексеевна диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. Каженкиннар үлэни, үөрэҕи өрө туппут дьон этилэр. Эһэлээх эбэбит төһө да үөрэхтэрэ аҕыйах дьон буоллаллар оҕолорун сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыылаах, ылсыбыт үлэлэрин тиһэҕэр тиэрдэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһар гына ииппит эбиттэр. Ол сиэринэн билигин биһиги аҕабыт биэс бииргэ төрөөбүтэ Дьокуускай куоракка олороллор, үлэлииллэр. Аҕабыт Алексей Иванович Арыылаах, Туора–Күөл, Кытаанах оскуолаларыгар үөрэнэн аҕыс кылааһы бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Одьулууннааҕы СПТУ-13 киирэн тракторист идэтин ылбыта. 1971 сыллаахха Субуруускай совхоз Кытаанах отделениетыгар рабочайынан үлэҕэ киирбитэ. Онтон 1972 сыллаахха Советскай Армия кэккэтигэр ынырыллан икки сыл устата службалаан ытык иэһин толорон кэлбитэ. Армияттан кэлээт да эмиэ Кытаанахха үлэтигэр төттөрү киирбитэ. 1978 сыллаахха «Чурапчы» совхозка бэйэтэ талан ылбыт идэтинэн тракториһынан төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр харыс да сири халбарыйбакка үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан олорбута, ол курдук 70-с, 80-с сылларга «Чурапчы» совхоз хас да төгүллээх «Чемпион тракторист» аатын ылбыта. Совхоз Бочуотунай дуоскатыттан хаартыската түспэт буолара, ону элбэх ахсааннаах махтал, эҕэрдэ суруктара туоһулууллар. Уопсайа тракториһынан төрөөбүт нэһилиэгэр 30-тан тахса сыл үлэлээбитэ. Ол курдук кыһынын от таһыыта, муус-мас тиэйиитэ, сайынын от оҕустарыыта кини үлэһит илиитинэн оҥоруллан, биирдэ да совхоз үлэтин атахтаппатаҕа. Хайдах да ыарахан, уустук үлэни тиһэҕэр тиэрдэн, бүтэрэн тэйэрэ.
Биһиги аҕабыт киһи быһыытынан сымнаҕаһа, дьоҥҥо –сэргэҕэ үчүгэй сыһыана, мындыр өйө, үлэһитэ, элбэх дьоҥҥо холобур буолара. Дэриэбинэҕэ техникаҕа сыһыаннаах кыһалҕалаах дьон биһиги олбуорбутугар элбэхтик мустар буолаллара, Алексейтан элбэх сүбэни-аманы ылаллара. Трактористыыр кэмигэр куруусчуттарын (Борисов Семен Николаевич, Демьянов Дмитрий Дмитриевич, Попов Василий Филиппович) элбэххэ үөрэппитэ-такайбыта, техника мындыр үлэтигэр уһуйбута.
Кэргэн, аҕа быһыытынан элбэх дьоҥҥо холобур буолара, ол курдук оҕолоругар Алешаҕа, Мотяҕа сүрдээх үчүгэйдик сыһыаннаһара, оскуола, нэһилиэк олоҕор активнайдык кыттара. Бэйэтэ айылҕаттан физик, математик талааннаах буолан, оҕолоругар дьиэтээҕи үлэни толорууга салгыбакка, сылайбакка куруутун көмөлөһөрө, сүбэ-ама биэрэрэ, үлэҕэ-хамнаска кыра эрдэхтэриттэн үөрэппитэ, оҕо кыаҕын көрөн, быыһыгар сынньатан, оонньотон үлэни аттаран биэрэрэ, ол иһин оҕолоро сылайбат, кынкыйдаабат этилэр. Кэргэн быһыытынан эрэллээх доҕор, үтүө сүбэһит, күүс-көмө, өйөбүл буолара, сүрдээх бүгүрү, дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар иҥнэн турбакка, кэтэһэн олорбокко барытын оҥорон иһэрэ. Аҕабыт үһүөммүтүн наһаа маанылыыра, атаахтатара. Хайдах эрэ наһаа бэрээдэктээх, үлэһит буолан сарсыҥҥы күҥҥэ олус эрэллээхтик олорбуппут. Туох баар үлэҕэ, айылҕаҕа сылдьыыга, сир астааһыныгар, от оттооһунугар, төрдүөн бииргэ сылдьарбыт. Алексей чөл олоҕу тутуһара, дьиэ иһигэр кэпсээнэ бүппэт буолара, сарсыарда иккиэн чэйдии олорон дэлби ону-маны кэпсэтэн бириэмэ ааспытын билбэккэ хаалар этибит. Историческай, художественнай кинигэлэри наһаа сөбүлээн ааҕара уонна онтун наар кэпсиир буолара. Уопсайынан дьиэлээҕиттэн-уоттааҕыттан, кэргэннээҕиттэн, оҕолордоо-ҕуттан наһаа астынара, наар «мин баайдарым» диирэ. Кылгас да буоллар биһиги дьиэ кэргэн наһаа дьоллоохтук олорбуппут. Билигин оҕолорбут, уолбут Алеша ГУП ЖКХ Чурапчытааҕы филиалыгар АРДС слесара, кыыспыт Мотя СВФУ физико-техническай институт 111 курсун студентката, мин бэйэм Чурапчы улууһун дьаһалтатыгар экономическай сайдыы управлениетыгар экономистыыбын. Аҕабыт 2005 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Ахтыыны суруйдум Алексей Иванович кэргэнэ Елена Николаевна Каженкина.
ИҺИНЭЭҔИТЭ
Аан тыл
Хайахсыт
Хааһах
Хайахсыт нэһилиэк төрүттэрэ
Хааһахтар
Ахтыылар. Николай Попов – Кыйма кинээс.
Хос Көлүйэ
Суурт Үрүйэ сайылык
Мэтээллээх Тыйахаан
Мэтээллээх Тиэхээн
Таҥара дьиэтин кириэһэ
Куолакал
Оскуола тутуута
Мэтээллээх Тиэхээн үтүө дьыалата умнуллубат
Эһэм Мэтээллээх Тыйахаан
Үтүөнү оҥоруу умнуллубат
Тихон Михайлович Каженкин – Мэтээллээх Тиэхээн
Сиэнэ Иван Дмитрьевич
Аҕабар махталым
Сиэнэ Андрей Дмитрьевич
Сиэнэ Анна Дмитрьевна
Хос сиэнэ Константин Гаврильевич Накатов
Тиэхээннэр дьон-сэргэ туһугар
Тихон Каженкин – мой прадед.
Хос сиэнэ Евдокия Ивановна
Хос сиэнэ Алексей Иванович
Иһинээҕитэ