Үчүгэйиэн бу Сиргэ (В. Потапова)

Бэйэбэр (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Ол онно сайын этэ (В. Потапова)




Үчүгэйиэн бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!

Билбэт уолан киһим,
Көрсө түһээт, мичээрдиир,
“Күннээх халлаан” иһин
Сибэккини бэлэхтиир.

Оргууй хааман иһэбин,
Суоҕу — баар дии саныыбын...
Дьоллоох дьонтон үөрэбин,
Дьоһуна суох ыллыыбын.

Ырыа тылын тулабар
Массыыналар ыһаллар,
Былыргылыы алгыылар,
Бастыҥ тылы айаллар.

Үчүгэйиэн бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!