Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/1 чааһа Үөдүгэй былыргыта/Боотулуу былыргыта

Боотулуу былыргыта

уларыт

Ыаһайаан, Чочойо уонна Омукчаан.

уларыт

Ыаһайаан оҕонньор диэн баара үһү. Нууччатын аата Киргиэлэй. Арҕаа Боотулууга Сэтэкэм үрдүгэр олорбут. Ол оҕонньор элбэх сүөһүлээҕэ үһү. Баай оҕонньор. Чэ, сүүсчэ сүөһүлээх, уопсайа сылгылыын-ынахтыын. Ол оҕонньортон Бөлөчөөк диэн киһи төрүүр. Маҕан улахан киһи. Ыаһайаантан өссө Экээн төрүүр. Ыаҕайаантан барыта үстэр.

Экээнтэн Кичи төрүүр. Бөлөчөөктөн Тырыбыс төрүүр. Экээнтэн Налыйдыыр төрүүр. Уонна Токол төрүүр. Экээн ойоҕо Дуйдуур диэн удаҕан дьахтар. Огдоочуйаттан (Ыаһайаан кыыһыттан) Омукчаанап Өндөрөй төрүүр. Бу киһи аҕата Дьокуускай Хачыкаат нэһилиэгин киһитэ, бырадьаак кэлбит Чочойо Ньукулай. Бу киһи аҕата биэс уоллаах, Барааскап диэн. Хачыкаат нэһилиэгэр олорбут. Чочойо Ньукулай киһи ойоҕун күрэтэн сиһи быһан кэлэн, Халбаакыга Уҥкучах Эбэ үрдүгэр олохсуйар. Онно олорон ойоҕо хат буолан төрүүбүн диэн өлөн хаалар. Чочойо Кырдаҥаалар төрүттэрэ Багдарыын оҕонньорго хамначчыттыыр. Бу киһи бу сылдьан биэс-алта буолан Кубалаахха оттуу тахсыһар. Онно оттуу сылдьан Ыаһайаан оҕонньор биир баайтаһын сылгытын уоран сиэн кэбиһэллэр. Дьэ онтон Ыаһайаан оҕонньор уоран сиэбиттэрин тутан кэлэн Багдарыын оҕонньорго үҥэр. Чочойо Ньукулай киһи бэрдэ эбит. Табаарыстара: «Бу киһи суудайан өлөрдө. Биһиги бэлэми сиэбиппит» дииллэр. Ыаһайаан оҕонньор: «Сылгынан төлүүгүн дуу, хайдах дуу» диир. Ону Багдарыын: «Ааттаах охсооччу, үс сыл хамначчыт гын. Үлэлэт. Көлөһүнүнэн төлөөтүн, инньэ гыммат буоллаҕына, Үөһээ Боотулууга, кулубаҕа таһаарыахпыт».

Онно таҕыстаҕына таһыйаллар үһү. Үөһээ Боотулуу диэн уҥуоргу Боотулуу аата. Оччотооҕуга кулуба, Дабыыт кулуба, аатырбыт киһи. «Дьэ, Чочойо бэйэтэ билиэҕэ» диир Багдарыын. Чочойо туран-туран баран эппитэ үһү: «Чэ, үс сыл үлэлиибин. Аһатар, куйааска буспат, тымныыга тоҥмот таҥаһы бирэрэ буоллаҕына». Дьэ кэпсэтии быһыытынан үлэлиир. Чочойо курдук хоһуун Ыаһайааҥҥа суох. Ол сылдьан, били эргэ барбакка олорор Огдооччуйа хат буолар. «Кимтэн хат буоллуҥ?» диэн ыйыталлар. Киһиттэн хат буолбут буоллаҕына уонна билиммэтэҕинэ, оччотооҕуга, таһыйыахтаахтар. Киһитин чуолкай этэн биэрдэҕинэ таһыйбаттар. Ону этэр: «Ити Чочойо Ньукулайтан». Чочойону ыҥыран киллэрэллэр. «Ити биһиги кыыспытын тоҕо хат гынныҥ, биһигиттэн ыйыппакка?» — диэн ыйыталлар. Ону этэр: «Ыйаахпыт биир буолуо. Хайдах да кини миигин булбатаҕа, мин булбутум, ону кини бэриммитэ».

Ыаһайаан: «Буруйгар ити кыыһы ойох ыл. Холбоһуҥ. Уонна эн хат гыммыт кыыскын ким ылыаҕай. Эргэ барбыт кэскилин сарбыйбыккын».

Дьэ холбоһоллор. Уол төрөөбүтүн Омукчаан диэн ааттыыллар. Оччоҕо аҕабыт баар үһү. «Аҕабыкка бэргэһэлэниҥ» диэн туора дьон сүбэлииллэр. Ону Чочойо Ньукулай оҕонньортон ыйытар: «Оҕонньор, ойохпун кытта бэргэһэлэниэхпитин баҕарабын. Аҕабыт таҕыстаҕына». Оччоҕо аҕабыт бу дойдуттан Өргүөккэ тиийэ барар эбит. Ону Ыайаһаан оҕонньор мөҥөр: «Кыыспын миигиттэн көҥүлэ суох олох бэргэһэлэтимэ! Бэргэһэлээн баран дойдугар илдьэ бараары гынар эбиккин!». Кини тылыттан тахсар кыахтара суох. Оҕонньордоох эмээхсин Омукчааны илдьэ барыахтара диэн куттаналлар. Кыыстарын оччо харыһыйбаттар.

Ыаһайаан оҕонньор биир ааттаах сылгытын күһүн эһэ сиэн кээһэр. Охторон баран тириитин саралыы тардан баран үөһээ ойоҕоһун бүтүннүү сиэбит. Сылгытын үөрүн кэрийэ сылдьан оҕонньор ону булан ылар.

«Оннооҕор эһэ сиэн кэбиһэр. Сирэҕэс бэйэлээҕи бэйэм сиэн кээспэккэбин» диир. Атыттан түһэн сүлэн, эттээн, сороҕун үөлэн, сороҕун буһаран, эһэни кытта куотуһан, сааллары-үөдэннэри, аллараа аҕыс ойоҕоһун бүтүннүү сиэн кэбиһэр. Бэйэтэ сүрдээх улахан, бэйдиэ ат уйбат оҕонньоро үһү.

Кинини кытта үөлээннэһэн олорбута үһү Хобутаарап диэн оҕонньор. Хобутаараптан Тииһэ суох Испиридиэн диэн төрүүр, уонна Куука диэн киһи төрүүр. Аата Ньукулай этэ бадаҕа. Акаапыйа эһэтэ. Куукаттан Тэриэн төрүүр. Куука уола Тэриэн соҕотох. Тииһэ суох Испиридиэнтэн Тэриэн төрүүр, Дүллүкүгэ олорон өлбүт оҕонньор. Онон Тэриэн Тииһэ суох Тэриэнэ диэн ааттанар. Онон кини — Хобутаарап. Уонна Сэтэкэмҥэ Чөрбөччү олорор. Ким уола буоларын билбэппин. Чөрбөччүттэн Тамакалаан Ньукулай диэн төрүүр. Тамалакаан Ньукулай кыыһа Маҥан Маарыйа. Онон Чөрбөччү Куукалаах барыллаалара. Чөрбөччүттэн Дьалла Өлөксөй диэн төрүүр. Чөрбөччү куччугуй уола Ньалыбыдах Миитэрэй. Ньалыбыдах Миитэрэйтэн Ньалыбыдах Мэхээлэ төрүүр.

Уоруйах баай сууттаныыта.

уларыт

Мыттыллалар Саппырыан аҕатын ууһа буолаллар. Мыттылла убайа Баахтыыр диэн баара үһү. Ол аҕаларын өйдөөбөтүм. Баахтыыртан төрүүр Онтоон диэн Харааччыны кытта тэҥҥэ тустар, улахан тиити ортотуттан ылан сүгэн киирэр киһи. Мыттыллалар Бахтыырдар аҕалара Баачан. Баачаан үйэтигэр Омукчаан чаччыыналыыр.

Баахтыырдартан биир кур баайтаһыны тутан сиэтэн дьахтардаах киһи барбыта үһү. Ол тутан Илин Боотулуунан сиһи быһан барбыттар. Омукчаан суолларын суоллаан Баачаны, Тииһэ Суоҕу эҥин илдьэ барбыт.

Биир бэскэ тиийэн иһиллээбиттэрэ туох эрэ дыыгыныыр тыас баар үһү. Үөмэн киирэн көрөллөр. Бэһинэн отуу туттубут эбиттэр. Кылынан ыстырыыппа тарда-тарда ыллыыллар эбит. Көрдүгэн баар үһү, онно кутаҕа орохтонор эбиттэр. Талаҕы күөпсүлээн баран түөрт мүһэтин иккилии мүһэ гына-гына уга сыталлар эбит. Ону соһон таһааран Баачаҥҥа биэрбиттэр. «Эн тутан таҕыс» диэбиттэр. Ыллаан доргута сыттаҕына тахсан кэлэллэр. «Бэрин!» — дииллэр. Бааһынай сыбыс-сыгынньах сытар эбит. Баачан түөрт мүһэни ыаҕайа курдук икки илиитигэр тутан турар үһү. Омукчаан оҕонньор илиитин кэлгийэн кээспит. «Муҥнаахтар, саалаахтар ээ, бу киһи эрэ баар буолан бэринним»,— диэбит. Үөһээ Боотулууга Омукчаан, Баачан бааһынайы таһаараллар. Сайын нэһилиэк мунньаҕар түбэспиттэр. Биир буорунан оҥорбут курдук модьу киһи баар эбит.

— Омукчаан, үчүгэй аҕай киһилээх эбиккин. Биһиги уолбутун кытта туһуннарбаккын дуо?

Ону олох мастыы анньыспыттар. Тэҥнэр үһү. Аҕам «Ол Баачаны кытта тустубут оҕонньору көрбүтүм. Оо, харыта модьутуон» диэн кэпсиир этэ. Сарсыныгар Амма бааһынайын кытта туһуннарбыттар. Тустаары туран тарбахтарын айаҕар симиммэхтээбит уонна этэрбэһин айаҕыттан быһыта тыыта-тыыта ыстыы-ыстыы тибиирэр эбит. Бааһынай Баачаны сири тайаннарбыта эбитэ үһү.

Нэһилиэк кинээһэ Амма бааһынайын илдьэ хаалбыта үһү. Аты мииннэрэн истэхтэринэ ыллыыр үһү. Саарбах киһи.

Кырдаҥаалар.

уларыт

Кырдаҥаалар төрүттэрэ Дьарааҥка, Кырдаҥаа уонна өссө биир уол бааллара үһү. Үһүөн да энэ-минэ суох улахан күүстээх дьоннор эбитэ үһү. Биирдэстэрэ Балаҕаннаах таһыгар Оҥкучах эбэҕэ олорбут, биирдэстэрэ Нам Уулаах Дьалаҕа олорбут. Биирдэстэрэ Тарыҥҥа олорбут. Итилэр икки ардылара иккилии көстөөх сирдэр. Онно үөгүлэһэн кэпсэтэллэрэ үһү, сылгыларын үөрүн туоһулаһан. Уҥкучах эбэ сыырыгар Дьарааҥканы көммүт этилэр. Мас уҥуох суох, үс чаллах тиит үүммүт этэ. Сааба Баһылайа онно уот анньан кээспитэ, сир таттара сылдьан. Иинэ аллараа дойдуга чөҥөрүйэ сытар. Сиэрдийэ быһаҕынан буккуйан көрдүбүт. Онно сылгы тириитэ, онтон киһибит баһын уҥуоҕа тахсан кэлбитэ. Хоолдьугатыгар аты сиэн баран бырахпыттар диэн сэһэргиир этилэр. Бастаан бэйэтин иинин түгэҕэр түһэрэн баран үрдүнэн мастаан баран хоолдьугатын уҥуоҕун быраҕан баран көмөллөрө эбитэ үһү.

Кырдаҥаа оҕото буолуо диэн таайабын Кырдьыбыт Оҕонньору. Кырдьыбыт Оҕонньор оҕото Тайыла диэн суос-соҕотох. Кырдьыбыт Оҕонньору уйар биир ат баар үһү. Уоннааҕы аттар мииннэҕинэ ньаачараҥнаан бараллар. Сүүһүн туолбут Сортолов Сааба диэн баар этэ. Кини үйэтигэр Кырдьыбыт Оҕонньор баар эбит. Сааба Намҥа сылдьан тустан тоҕус дуу, хас дуу киһини охторон кыайбыт. Тустарыгар сыгынньахтанан туран «Мин Нам Ороһу бөҕөлөрүн түөрэлэрин Хомустаах эбэ уҥкучаҕа туолуон тухары быраҕаттыам» диэбитэ үһү.

«Намы Ороһуну үтүө ааккытын сарбыйдым» диэбит хотон баран. Онтон өһүргэнэн Нам, Ороһу дьоно охсуһаары мөрүөтэһэн турбуттар. Онуоха Кырдьыбыт Оҕонньор «Аккын миинэҥҥин куот» диэбит. Түүн «Сарбыдах Сааба ханна баарый?» диэн көрдөөбүттэрэ эбитэ үһү. Онтон ыла Сарбыдах Сааба диэн аатырбыт.

Ол сайын иннигэр Намҥа баран Таба диэн киһиттэн Сааба охтубут. Таба сүүрэн киирэн иһэр киһини халбарыйан баран таһыйар идэлээх үһү. Ону өттүктэрин охсуна-охсуна уруйдаан тарбаабыттара үһү. Бу сырыыга Табаны, сэрэнэн, тэптэрбэккэ сылдьан бэгэччэгиттэн харбаан ылбыт. Ытарчалыы ылар. Ылан баран үөһээ дойдуга өрө көтөҕөн күөрэтэн таһааран бырахпыт. Уоннааҕылар күүстэринэн эрэ бэрт этилэр. Сортуолап Сааба Буучугурастаах тусталларын саҕана сайыҥҥы куйааһы тулуйбакка аҕылаан сордоно олорор оҕонньор этэ. Буучугурас киһини чэпчэкитик охторорун истэ-истэ сөҕөр этэ: «бу дойдуга киһи суох буолбут эбит» диэн. Сортолов Сааба Хорбочукааҥҥа олорбута. Бырааттара Лэкэчик, Дыадарыкы.

Кырдьыбыт бэйэтэ улахан баай. Онтон салгыы уола Тайыла. Ити Өргүөккэ сылдьан Ачаам оҕонньор аҕатын төрдө дьахтарга Тайыланы оҥорбут. «Өргүөккэ маннык оҕолоохпун, ону ылыах» диэн ойоҕуттан Сөлүөчэ эмээхсинтэн көрдөһөр. Ону Сөлүөчэ сөбүлэһэр. Кырдьыбыт куруук нэһилиэк кинээһэ. Ачаам бэйэтэ баай. Ити Испиилээҕи кытта быраатырҕаһыы бөҕө буоллаҕа дии.

Мааркап оҕонньор сэһэнин И. Шамаев суруйуута, 1980 сыл.