Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Бартыһаан Салааһын
Бартыһаан Салааһын
уларытГаврил Михайлович Григорьев-Салашин 1889 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар, 2-с Үөдүгэй нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Улуу Октябрь буолуор диэри олохтоох баайдарга хамначчыттаабыта. Ол иһин баайдар «Салааһын» диэн хос аат иҥэрбиттэр. Ол хос аата кэлин иҥэн Салашин диэн фамилия оҥостон кэбиспитэ.
Дьокуускайга 1918 сылтан Бүлүү, Бодойбо, Өлүөхүмэ, Амма улуустарыгар, Советскай былааһы олохтооһуҥҥа активнай кыттыыны ылбыта. 1922 сыл муус устар 18 күнүгэр кини бииргэ төрөөбүт убайа Дмитрий Михайлович Григорьев Бүлүү уокуругар, Хохочой диэн сиргэ бандьыыттар тоһуурдарыгар түбэһэн 17 комсомоллар ахсааннарыгар өлбүтэ. Дьэ ити кэмтэн ыла Гаврил Салашин кыһыл армия байыаһа буолбута. Төхтүр, Киллэм диэн сирдэргэ буолуталаабыт кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта, бастыҥ байыас быһыытынан биллибитэ. 1923 сыл олунньу 16 күнүгэр Иван Яковлевич Строд командирдаах кыһыл этэрээтэ Амматтан 18 биэрэстэлээх Саһыл Сыһыы диэн сиргэ Пепеляев генерал этэрээтинэн төгүрүтүллүбүтэ. Историяҕа киирбит 18 хонуктаах «Муустаах осада» саҕаламмыта. Биир кырыктаах кыргыһыы кэмигэр Г. Салашин атаҕар бааһырбыта.
Кулун тутар 4 күнүгэр Саһыл Сыһыы хотойдорун Е.И. Курашов командирдаах кыһыл этэрээтэ босхолообута. Гражданскай сэрии кэнниттэн Г.М. Салашин үрүҥ этэрээттэр тобохторун эһиспитэ.
Салашиннар дьиэ кэргэн 1943 сыллаахха сэрии кэмигэр балык булдугар Бухта Тиксиигэ баран олоро сылдьыбыттара уонна 50-с сылларга төттөрү көһөн кэлбиттэр. Кэлин колхозка кадровай булчутунан, сайыҥҥы кэмҥэ сүөһү көрүүтүгэр бостуугунан үлэлээбитэ. Гаврил Салашин түөрт оҕо тапталлаах аҕата этэ. Улахан уола Петр Якутскай куоракка олорор. Кыра уола Николай ГУП МТС тракториһа, онтон кыыһа Варвара зоотехник идэлээх.
Г.М. Салашин 1964 сыллаахха дойдутугар ыалдьан өлбүтэ. Билигин Үөдүгэй нэһилиэгин биир уулуссата Партизан Салашин аатын сүгэн турар.