Үөдүгэй бэҕэһээ уонна бүгүн (Шамаев И.И.)/II чааһа Үйэлэр кирбиилэрэ/Мааркап сэһэнэ

II чааһа ҮЙЭЛЭР КИРБИИЛЭРЭ

Мааркап сэһэнэ

уларыт

Былыргы Куорамыкы.

уларыт

Кыра эрдэхпинэ аҕабар акка мэҥэстэн Куорамыкыга киирэн борокуоту көрбүтүм. Харааччын сабыс-саҥа туттарбыт этэ, ити оҕо сонотуоруйата буолбут дьиэни. Онно эдэр үчүгэй баҕайы киһи сытар. Миигин тутан ылан улаҕаа өттүгэр сытыаран баран туруорбат, оонньуур. Аҕам: «Чэ, манна хоннун, мин Кэнтиккэ тахса сылдьыам», — диэбитигэр барсаары гыммыппын тутар быһыыта. Харааччын онно Халбаакыттан уунан сылдьан үлэлиир. Ийэлэрэ Тайыла ойоҕо, бадаҕа, аата Өкүлүүн, баар этэ. Ырҕаччы уойан хаалбыт. Ыраас, дьэҥкир, кыһыл баҕайы эмээхсин этэ. Тайыла ол эмээхсини Алын Бүлүүттэн Чочу анараа өттүгэр баар Сундулу диэн сиртэн ылбыта. Кулуба кыыһа дуу, кини хайдах дуу?

Аҕабыт дьиэтэ уруккаттан турар дьиэ. Уонна таҥара дьиэтэ турар этэ. Онно Чоодо үлэлиирэ. Аҕам: «Таҥара дьиэтин маһын таспыппыт. Эдэр уолаттар сылдьаммыт. Бүтүн нэһилиэк бүтүннүү таһан биэрбитэ», — диэн кэпсиирэ.

Батаакап дьиэтэ, ити оҕо детдома буолан турар дьиэ, баар этэ. Ол дьиэ кэлин улааппытым кэннэ тутуллубута. Ити оҕо энтэринээтэ буолбут дьиэ Өлөҥ Күөлүгэр турбута. Өссө көтүрэллэригэр мин баар этим. Ол сэбиэскэй былаас буолбутун, Батаакап кулаак буолан бүппүтүн кэннэ. Маҥнай оройкуом дьиэ гына сылдьыбыттара. Онно эбэннэр салҕаан туруораллар. Быралгы ыстаамсыктаан салҕаабыта. Бырааба диэн ити мин күөстэнэр дьиэм курдук салҕыы-салҕыы тутуллубут уһун дүлүҥ дьиэ оҕо сонотуоруйатын таһыгар турбута. Улуус тойотторо онно улэлииллэрэ буолуо. Ол олох былыргы дьиэ. Билиҥҥи Сэбиэскэй уулуссаҕа субуруйан турар этэ. Ол Тиит Харааччын дьиэтин таһа. Мас суорбута баһаам этэ. Чэ, уонна тиэрбэс олуктаах кыра-кыра дүлүҥ дьиэлэр турар этилэр.

Бу Мааркыс диэки Чэмэйээн уола Киппиис дьиэтэ баар этэ. Уонна Чэҥкир Байбал диэн баар этэ. Билиҥҥи Кэриэйдээх дьиэлэрин таһыгар туруорбах дьиэлээх этилэр. Киппиис дьиэтэ ити сыантыр (совхоз центра) таһыгар туруорбах дьиэ этэ. Кургуом кирпииччэ үктүүр идэлээҕин иһин Киппиис диэн аатгаах этэ. Ааттаах киһи Бытыа олоҕо ити Күүлэҕэ этэ. Ол куруук кинээстээбит нэһилиэк тойоно ампаар дьиэлээх этэ. Аан дьиэтэ мин күүлэм курдук тиэрбэс олуктаах, онтон үчүгэй дьиэтэ тыллаах олуктаах этилэр. Аҕам Сэтэкэм Боотулууттан миигин мэҕэстэн киирэн олорго түһээччи. Онтон Харааччыннаахха сылдьар эҥин этэ. Бытыа аҕата Сылла Улгумдаҕа олорбута. Ол дьиэтэ улахан баҕайы дьиэ этэ. Эмиэ тиэрбэс олуктаах салгыы-салгыы турар этэ. Мин сылдьарбар Сылла оҕонньор суох этэ. Бытыа бу Торуой Үөдүгэй кинээһэ этэ. Тайыла Ньукулайа эмиэ кинээстиир этэ. Былыр Боотулуу туспа нэһилиэк. Омукчаан чаччыыналаан Үөһээ Боотулууга мунньахтыы барар этэ. Онтон Куука солбуйбута. Онтон Сэрбэкэ чаччыыналаабыта. Куука соҕуруу тайҕаҕа бырадьаак сылдьыбыта. Кууканы суруксут, буукубаны билэр диир этилэр. «Бу сымала суруга үчүгэйиэн» диир үһүлэр. Куука былыргы оҕонньоттортон маанылара, быһа дыраанайдаабыт оҕонньор. Тэриэн эмиэ.

Куука манна, Көстүүн Дьөгүөрүн кытта бииргэ төрөөбүт дьахтары ылан тахсар. Көстүүн Дьөгүөрэ манна Куорамыкы таһыгар олорбута. Ол күүстээх-уохтаах киһи этэ. От охсон кинини баһыйбыт оччотооҕу ыччакка суох этэ. Ынтах аатырар Налыйдыыры кытта от охсон тэҥнэр үһүлэр. Тэриэни, таайын баппыт, кытаанах киһи дииллэрэ. Онтон Тэриэн Хааха кыыһын ылар. Куука аҕата Хобутар диэн Сэтэкэмҥэ олорбута. Кинилэр Бэдьэҥ аҕатын ууһугар киирэллэр. Халбаакыга Моодуо диэн оҕонньор баар этэ. Кугас бытыктаах оҕонньор. Ити Испии Харааччыннаах дьиэлэрин, таҥара уонна аҕабыт дьиэлэрин кини ыстаамсыктаан туппут дьиэлэрэ. Бу Ньээлбиктэҕэ турбут Дороппуун дьиэтин арааһа кини ыстаамсыктаан туппута буолуо.

Моодуо уоллаах этэ. Ол уол, кырдьык, мин барыллаам уол. Өлүөхүмэҕэ үлэҕэ сылдьан атыыһыттарга дьиэ тутуһар эбит. Онтон үөрэнэн тутар буолбута. Таҥара дьиэтин тутуутун салайбыт Чүөккэ оҕонньор. Чүөккэ оҕонньор кинээс. Аата Сүөдэр Баабылап. Ол дьиҥнээх бу дойду. Ити Бакы күөлүгэр төрөөбүт-үөскээбит киһи. Быйакы күөлүгэр Баай Бөгдьөөн олорбута. Ити Бөгдьөөнү Супту Испирдиэнтэн ылан ииппитэ.

Эдэрбэр Моодуону оҕонньор сылдьарын көрөр этим.

Барааскап.

уларыт

Батаакап соҕуруҕу тайҕаҕа Бодойбоҕо бара сылдьан Барааскапка эһиил төһө сүөһүнү үүрдэрэн илдьэрин кэпсэтэр. Онно Барааскап: «Былыр мин аймаҕым киһи дьахтар күрэтэн Үөһээ Бүлүүгэ тиийбит сурахтааҕа»,-диир. «Кырдьык, биһиэхэ Хачыкааттан кэлэн олохсуйбут киһи баар»,— диэн Батаакап кэпсиир. Барааскап, ону «манна биир эмис сылгыны өлөрөн кэлэ сырыттыннар. Мин кинилэри баттыам суоҕа» диэн ыытар. Ону Күттүккэй бараары сылдьан саһаран ыалдьан өлөн хаалбыт. Күттүккэй син киириилээх-тахсыылаах киһи эбитэ үһү.

Мыттылла туһунан.

уларыт

Батаакап кэпсиирэ: «Ийэбин кытта биир ыалга сылдьыбыппытын аанньа ахсарбатахтара. Ол ыал аҕата ити дьоҥҥо аста бэрсиҥ диэбитэ. Олоппос биэрэн олордубатаҕа. Дьэ, ол куһаҕан да баҕайы этэ».

Батаакап ийэтин аата Лоҕуйар. Мыттылла — Омолдьуйа хос эһэтэ. Маччас Мыттылла күтүөтэ. Маччас Илин Боотулууттан Сиэр Акка баран Мыттылла кыыһын Чаҥааны ойох ылар. Чаҥааттан Омой ийэтэ Маарыйа төрүүр. Омой аҕата Өтөгөр уола Сааба. Куччугуй баҕайы өнүгүтэ суох киһи этэ. Омой Мыттылланы маарыҥныыр. Ол гынан баран Мыттылла дьоҕус, алдьархай модьу, алдьархай элбэх саҥалаах оҕонньор этэ. Лоҕуйар уолун кытта ыалы кэрийэн аһыыллара үһү. Батаакап этэрэ үһү: «Мыттылла ийэбин үчүгэйдик аһаппыта»,— диэн.

Батаакап аччык баҕайы тулаайах оҕо ону өйдөөн кэлин Мыттылланы улаханнык убаастыыра үһү. Мыттылла манна киирдэҕинэ: «Дьэ, Ала Сырай баҕайы тугу ылаҕын, ыл». Оҕонньор өлөрүгэр 9 мөһөөк иэс хаалбыт. Оҕонньор уола Быыкаа «аҕам иэһиттэн хараарт» диэн үс саһылы киллэрбитин сыанатын көтөҕөн атыылаһан ылар. «Хайа аҕам иэһиттэн төһө көҕүрээтэ» диэн уол этэрин Батаакап: «Ала Сырай иэһин хойут Ала Сырайтан бэйэтиттэн ылыаҕым. Кини иэһин эн хаһан төлөөн бүтэрээригин», — диэн Мыттылла иэһин барытын сотон кээспит.

Мыттылла аата Ньукулай.

Батаакап уонна Харааччыннар.

уларыт

Бу маны Буска, кыһыллар Батаакабы тутан таһыйаары гыммыттарыгар, быыһаан ылаары кэпсээбитэ. Батаакап Дьэкиимпэ диэн Алын Бүлүүттэн тахсыбыт киһи уола. Балыктаан иҥин, утарынан тыыммаланан сылдьыбыт, ол гынан баран ааттаах хоһуун киһи эбитэ үһү. Манастыырап, Ностуруойап этэ дуу: «Биһиэхэ тахсан үлэлээ. Мин киһи гыныаҕым. Баттыам суоҕа» — диэн Алын Бүлүүттэн манна таһаарбыт. Манастыырап дьиэ көскө кэлбит нуучча дуу, бааһынай дуу киһи байан олорбут. Ол Манастыырапка үлэлии сылдьан Дьэкиимпэ өлөн хаалар. Ийэтэ Лоҕуйар эмээхсин батыһыннара сылдьан ыалы кэрийэн аһаппыт. Батаакап сэттэлээҕэр оскуола аһыллыбыт. Дьиэ көскө кэлбит нууччалар оскуола тэриммиттэр. Онно нэһилиэк кинээһин «оскуола аһылынна, оҕото булан кул» диэн кинээһи хаайаллар. Онно кыанан олорор ыаллар оҕолорун оскуолаҕа биэрбэттэр эбит. Онно «Дьэкиимпэ оҕонньор уолун биэриэххэ» диэн биэрбиттэр. Тайыла оҕонньор диэн кырдьаҕас төрүттээх киһи уолун Тиит Харааччыны оскуолаҕа биэрэр. Хороттон икки оҕо киирэр. Чиэрбэйэн Дьөгүөссэ диэн киһи үөрэммит бу балары кытта. Хороҕо Тукас диэн киһи суруксут буолбута кинилэри кытта үөрэнэн. Тайыла оҕонньор кыанар дьонтон өйдөөхтөрө буолан кини эрэ оҕотун биэрбит. Кэнники дьылларыгар Супту уолу Ньукууска, Бордур киирэллэр. Олор улуус суруксуттара буолбуттара. Оччолорго улахан дьон этилэр. Тиит Харааччын үс кылааһы бүтэрбит. Уоннааҕылар икки-балтараа сыл үөрэммиттэр. Батаакаптааҕар Тиит үөрэҕинэн ордук үһү. Батаакап икки кылааһы бүтэрэн кулубалыы сылдьан атыыһыттаан байан-тайан тахсар.

Алын Бүлүүгэ атыыһыттар салҕанар, байан олорор киһилэрэ Куола атыыһыт диэн баар этэ. Атыыһыттар Куолаттан табаар тиэйэн тахсаллар. Борокуот кэллэҕинэ Батаакапка таһаҕас тоҕон хааллараллар. Аппа айаҕар хаптаһын сарай баар этэ. Мас уһаат оҥотторон онно арыыны симэн борокуот төннөрүгэр угар. Сиэл, кыл, түүлээх бөҕөнү тутар. Урааҥхай наадатын барытын кини атыылыыр. Онон улахан атыыһыт буолан аатыран олорбута. Тиит Харааччыны кытта бииргэ төрөөбүт Маарыйа диэн кыыһы ойох ылар. Онтон элбэх оҕо төрөөбүтэ.

Батаакап бырааттара — Өлүөскэ, Тэллэй Баһылай. Өлүөскэ ымсыы. Киһиттэн сири эҥин былдьаан-талаан ыларын таптыыр киһи. Ону «айыбыын, кулуба бырааттаах киһи» диэн үҥсэ да сылдьыбаттар. Дьэкиимпэттэн өссө кыыс баар. Ол кыыһы Сээчии диэн киһи ылбыта үһү. Өлүөскэ уола Ылдьаа диэн баар. Ылдьааттан балыс киһи Дьаппыыны уонна Сортолов Дьөгүөрү төрөтөр уонна баран эрдэ өлөн хаалбыт. Дьөгүөрү Сортолов оҕонньор иитэр. Дьаппыыны убайа Ылдьаа иитэр. Онон кинилэр Өлүөскэ уолун уолаттара.

Буска: «Бу Батаакап икки атаҕы салҕаабыт, баайдар курдук баттаабатах киһи. Элбэҕи муспута суох, элбэҕи эрэйимэҥ»,— диэбит кыһылларга. Ону кыһыллар суруйан ылан баран Батаакабы ыытан кээспиттэр.

Батаакап Өлүөскэлээҕи кытта бииргэ төрөөбүт Кииччэ диэн киһи баар этэ. Ол Кииччэ уола — Дьөгүөр. Ону Тоҥуоҕа Кииччэ кыыһын ойох ылбыт Молохо Сэмэн диэн киһи баар этэ. Кииччэ оҕото кыратыгар эрдэ өлөн хаалбытын эдьиийэ иитэ ылбыт. Батаакап Онтоону (Мыттылла убайа Баахтыыр уола) кытта туста сатыыра үһү. Охторсубаттара үһү. Харааччын Онтоону этэр этэ: «Күүһүнэн ордук эрээри сатаан охторбот этэ». Чүүккэ анды ытыалыы сылдьан үчүгэй дьоннор мустаннар оонньуур буоллахтара дии. Оонньооннор тусталлар. Тиит кими да киһилээбэт. Батаакап: «Туох адьарайай, кынныбын кытта мин тустабын», — диэн тусталлар. Харса суох мачыктаһан иһэн атахтарын олуйсаллар. Батаакап атаҕа тостон хаалар «адьарай, кытааппыт быһыылаах, ону олуһан сотобун тоһутан кээстим» диэн дьону күллэртиир эбитэ үһү. Тиит Харааччын олоҕо Кудуга этэ. Маннааҕы дьиэтэ ити оҕо сонотуоруйата (санаторийы этэр).

Тайыла оҕонньор уолаттара улахана Тайыла Ньукулайа үйэтигэр Үөдүгэй нэһилиэк кинээһэ этэ. Быыбарынайдаан да сылдьыбыта. Онтон Испии. Куччугуйа Тиит. Ньукулайтан Торолло Баһылай эрдэ өлбүтэ. Туохха да баппат буола байан иһэн өлбүтэ. Мэхээлэ оҕонньор кыыһын ыла сылдьыбыта. Ньукулай өссө Мэхээчэ диэн уоллаах этэ. Онтон Хабырыыска. Бары оҕолоро суох. Өссө Баһылай диэн баар этэ.

Аҕабыныын атыыһыттыыбыт.

уларыт

Аҕабыныын туус тиэйэ Орто Бүлүүгэ тиийэ бара сылдьыбыппыт. Куораты кэтэҕинэн, уораҕай баҕайы сирдэринэн сылдьыбыппыт. Тууһу Кэмпэндээйиттэн тиэйэн аҕалан Орто Бүлүүгэ ааһабыт. Аҕам тууһу Дьокуускайга тиийэ атыылыыра. Тууһу бурдукка бууту буутугар биэрэрэ. Көтөөхөп Баһылайдаах бууту 3 буут бурдукка биэрэр этилэр.

Аҕам табаах таһааран арыыга муунтатын муунтатыгар биэрэр этэ. Хоҥсуоччу Киргиэлэй икки бүк биэрэр этэ. Чэ, сылдьыахха эрэ диэн сылдьар дууһа эбит этэ.

Испии хамначчыттара.

уларыт

Испии хамначчыттара бырааттыылар Хордур Дэпсэй уонна Дьампа Дьаакып. Самыырап оҕонньор улахан үлэһитэ уонна Адаарыс. Бастыҥ охсооччулар Адаарыс Самыыраптыын. Иккиэн бөдөҥ дьоннор. Кыдамата да улахан эбит этэ. Былыргы дьон эргиччи уон быластаах оту кээһэллэр. Бүтүн алаас дьоно. Быластара саһаантан төһө эмэ ордук. Миэхэ Адаарыс кыдаматын биэрдилэр. Дэпсэй сэрэх аҕалла. Этэ-хаана ыарахана бэрт. Төбөтүн ньаалбаанынан уһуктаабыт. Барыта киил. Бу кыдаманы кыайбаппыт. Кыайар киһи биир да сыарҕаны ылыах курдук. Адаарыс биир сыарҕаны биирдэ иилэн ылар. Хааха кыыһын Өрүүнэни Дороппуун уола Дэпсэй ылла. Олорго кэлэбит. Онно сайыҥҥы хотон иһигэр өһүөлэр быыстарынан кыдама турар. Адаарыс кыдамата. Хотон сууллубутун уйан турар Нээлбиктэҕэ.

Адаарыс саха хотуурунан охсор. Суола киэҥэ сүр үһү. Адаарыһы оҕонньор эрдэҕинэ көрбүтүм. Көтөх эмиэ куйабылланан охсоро үһү. Быскыллай Киргиэлэйдээх хайы үйэ нуучча хотуурунан охсоллоро үһү.

Чээмийэ Айаахаптааҕар улахан. Сыбаайбаҕа күлүгээннээри гыннаҕына, Испиилээх көрдөһөн нэһиилэ тохтотоллор. Манна Халбаакыга аҥаардастыы киэптээн сылдьыбыта.

И. Шамаев суруйуута.