(Эллэй Боотур кэс тыла)

Туоҕа да суох буолларбын –
Дуоҕабын[1] ыһыктыбатаҕым,
Тобукпар диэри
Толук буолбут уҥуохтары кэһэн
Торуттуу толоонун
Туораабытым,
Тулуйбутум уонна уйбутум…

Хаанын тохторбокко эрэ өлбүт
Хааным[2],
Халаанныы нимси үктээн киирэн
Харах ыларын тухары тэлгэммит
Хадаар сэрии
Хара сис нөҥүө
Хараллыбакка хаалбыттара…

Үтүмэннэр[3] үөрэҕэстэнэн бүппүт,
Үгүстэр
Үрүҥ тыыннара быстыбыт,
Үөрдэр эрэ
Үөр-сүүрүк тардыһар
Дьулаан дойдуларыттан
Дьулурҕатык чугуйбутум…

Туоҕа да суох хаалбыт
Тутук[4] боотур –
Киһиттэн – киибэскэ кубулуйан
Кириэстэри туруорбутум,
Кэпсэммэт
Кэриэс кэһиини

Хоонньубар уктан
Хобо куйаардарын[5]
уҥуордаабытым…
Дуоҕалаах уонна
Туоҕа да суох
Турар бэйэм
Тусаһабар эргиллэн
Өспүт холумтаннардаах
Өлбүт өтөхтөргө
Өссө өнөр кутаалары
Күлүбүрэччи умаппытым,
Күн эргиирин салҕаабытым…

…Эрэйи-буруйу
Эҥэринэн тэлбит
Эр соҕотох Эллэй Боотур диэн,
Эһиги, сүрэхтээбит эһэҕит
Эргэ, хаан өппүт дуоҕабын
Эркиммэр тиирэ тардыбытым:
«Эр уонна Эл, ол аата –
Эрэл!..» диэн кэриэс хаалларбытым!

Быһаарыылар

уларыт
  1. Дуоҕа – түүрдүү знамя.
  2. Чыҥыс Хаан кэмигэр үтүө төрүттээх дьону хааннарын тохпокко өлөрөр үгэс баара.
  3. Үтүмэн – сахалыы элбэх, үгүс. Манна монгол «түмэн» – 10 тыһ. киһилээх байыаннай холбоһук диэн өйдөбүлүгэр туттуллар.
  4. Тутук – түүрдүү «тутух» – кинээс.
  5. Хобо куйаар – Гоби кумах куйаара.