Өйбөр бу баар ол сырдык... (Абаҕыыныскай)

***


Өйбөр бу баар ол сырдык,
Сарсыардааҥы хартыына.
Өйдөөбүччэ, быстахтык,
Санатабын ырыанан.
 
Тоҕо эрэ итини
Ахтан-санаан ылабын,
Кууһан туран итиитик
Атастарбын ааттыыбын.
 

Армияҕа барар күн
Миэхэ эмиэ үүммүтэ,
Атаарааччы үгүһүн
Кэлбит бары көрбүтэ.
 
Сэрииһити айхаллыы,
Доҕотторум мусталлар:
Кэлэр Петя Ванялыын,
Гоша, Тыаһыт буоланнар.
 
 
Аһыллыбыт түннүккэ
Турар этиҥ санньыйан...
Ааҕар Эллэй Күннүккэ
Тугу эрэ Хаямтан *.
 
Кэпсээн баһын саҕалыыр
Онно Коля Мординов.
Кини миэхэ санатар
Оҕо сааспыт тапталын.

Саргы, уруй алгыстаах
Кыайыы-хотуу иннигэр,
Барааччыга аналлаах
Тылгыт ууһа этиллэр.

Атаарыыгыт умнуллан,
Айымньыга тиийэрбит,
Айымньыттан сыҕаллан,
Атаарыыга кзлэрбит.

Көҕү-хаҕы гынааччы,
Күлүк санаа диэн суоҕа,
Көмүскэ да барааччы
Күнүүлүөҕүн курдуга.

Арай манна биллибэт
Чаҕылҕаны суохтуурум,
Ахтар санаа тэһиппэт,
Намтан киириэн суруурум.
 
Армияҕа кэлэрбэр
Сити курдук ытыктаан,
Арахсыһар түмүкпэр
Сылаас тылы ымыылаан:

— Өлөр,— дииргит,— фашиһы,
Түөкүттэри үгүстүк,
Өргөстөнөн, ырыаһыт,
Төннөөр дьиэҕэр өлүөрдүк!..

Өйбөр бу баар ол сырдык
Сарсыардааҥы хартыына.
Өйдөөбүччэ, быстахтык,
Санатабын ырыанан...

Аһыллыбыт түннүккэ
Турар этиҥ, санньыйан...
Ааҕар Эллэй Күннүккэ
Тугу эрэ Хаямтан.