Өйдүүбүн ол күлүм түгэни (А.С.Пушкин, Сайа тылбааһа)

К***
Я помню чудное мгновенье:
Передо мной явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты.
В томленьях грусти безнадежной,
В тревогах шумной суеты,
Звучал мне долго голос нежный
И снились милые черты.
Шли годы. Бурь порыв мятежный
Рассеял прежние мечты,
И я забыл твой голос нежный,
Твои небесные черты.
В глуши, во мраке заточенья
Тянулись тихо дни мои
Без божества, без вдохновенья,
Без слез, без жизни, без любви.
Душе настало пробужденье:
И вот опять явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты.
И сердце бьется в упоенье,
И для него воскресли вновь
И божество, и вдохновенье,
И жизнь, и слезы, и любовь.

К***
Өйдүүбүн ол күлүм түгэни:
Аан бастаан эйигин көрбүппүн,
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин.

Санньылҕан аргыстаах айаммар,
Сүпсүлгэн түбүктээх күннэрбэр
Сирдээҕи сулуһум буолаҥҥын
Иннибэр эн мэлдьи сырдыырыҥ.

Дьыл-хонук ааспыта. Ыраны
Ыһыахтыыр ытылҕан турбута.
Ол иһин эн намчы дьүһүнүҥ
Ыраатан, умнуллан барбыта.

Түҥ тыаҕа, уһукка хаайтаран
Олоҕум тохтообут курдуга,
Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар
Айыы да, аанньал да суох этэ.

Мин кутум эмискэ тилиннэ:
Иккистээн бу маннык долгуйда –
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни көрүстэ.

Сүрэхпэр сааскылыы умсулҕан,
Төнүннэ олоххо ахтылҕан,
Үҥүөхпэр күн Айыы көһүннэ,
Тапталтан хараҕым ууланна.