Өндөрүүскэ биригэдьиир (Бүөтүр Тобуруокап)

Өндөрүүскэ биригэдьиир


Кырыа кыһын кээлтигэр
Кыстык хотон сиппэтэх,
Кыһытыаҕын иннигэр
Биригэдьиир билбэтэх.


Өндөрүүскэ биригэдьиир,
Өндөрүүскэ тыла биир:
- Өссө хойут буолбатаах,
Өлөн эрэр сүөһү суох,

Үчүгэйдик тэрийиэм,
Үс күнүнэн бүтэриэм.
Харалдьыттар тахсаллар,
Хаар типтэрэр үлэни

Хаалларбатын туһугар
Хаһыаттыыллар кинини.
Өндөрүүскэ биригэдьиир,
Өндөрүүскэ тыла биир:

- Өссө хойут буолбатаах,
Үрэх мууһа уолбатах,
Үчүгэйдик ыыттахха,
Өр гыныллыа дуо, ама.


Ыаллыы турар колхозка
Ыһыы үлэтин үгэнэ,
Онтон кини үлэҕэ
Отой хойут киирбитэ.

Өндөрүүскэ биригэдьиир,
Өндөрүүскэ тыла биир:
- Үлэ куобах буолбатаах,
Үргэн куотуох буоллаҕай,

Үчүгэйдик тэриниэм,
Үс былааны толоруом.
Бытааныттан салҕаннар,
Быыбар уопсай мунньаҕар,

"Өр күүттүбүт", - дэһэллэр,
Үлэтиттэн эһэллэр.
Өндөрүүскэ кыһаммаат,
Өндөрүүскэ тыла биир:

- Өсөһүөххэ сатаммат,
Үтүө көҥүл быһыынан
Үлэбиттэн бардым диэн
Үгүс дьоҥҥо киһиргиир.