Алтан Сарын Алтан Сарын
Өрүс (Алтан Сарын)
Алтан Сарын
Этиҥнээх ардах (Алтан Сарын)


Сайыҥҥы сандаархай күнүм саймаархай сардаҥата таҥнары сатыылаан түһэн, салыбырыы-чаҕалыйа тыган турдаҕына, Эбэ Хотунум киэбэ-киэлитэ киэркэйэн, икки ии мыраана, эҕэрдэлээн эрэр көрдүк, күөх унаарынан тунаарыччы соҕус күрүөлэнэн баран, эҥээрийэ кэхтэн олороро көрүөххэ — үчүгэй кэрэ даа буоллаҕа.

Күн уотун күлүм күндээркэй сандаҕата күлэ күлүмүрдүү тыган баран, күөх уу көхсүгэр күндү таас көрдүк күндээрбэхтээн умсаахтыыра, көрөргө үчүгэй кэрэ да буоллаҕа.

Эбэ Хотунум эҥэринээҕи иирэ талахтара эриллэҕэс көмүс сэбирдэхтэринэн илибирии күлсэн кэлэн бараннар, үрэл-сарал түһэн, өлбүргэ-нуоҕай төбөлөрүнэн өрөгөйдөөх үрүҥ күҥҥэ үҥэр-сүктэр көрдүк үөрэн-көтөн, өрүкүйэ, нусхайа тураллара, иирбэнньик дьэргэлгэн күлүктэрэ күндээркэй күөх уу мэндээрийэр килэгир киэлитигэр элэҥнэһэ, дьэргэлдьийэ тураллара, өйдүөн-дьүүллээн көрдөххө, үчүгэй кэрэ даа буоллаҕа!..

Эбэ Хотунум килбиэннээх дьэҥкир киэлитэ, уйан тимири килбэччи аалан кэбиспит көрдүк, кылбаарыйар мэндээркэй кырса көй салгын көҥүл сүүрүгүрүүтэ онон-манан эриллэн түһэн, көҥүтэ охсон аастаҕын аайы соһуйбукка-өмүрбүккэ дылы, титирэстии-дьирибинии сытара, көрөргө — үчүгэй, кэрэ да буоллаҕа!..

Күрүлгэннээх куйаас күҥҥэ киһи сүрэҕэ-быара убайан, этэ-хаана итийэн-эппэҥнээн кэлэн баран, эбэ хотунум кытыытыгар, иһирик иирэ талахтар күлүктэрин анныгар киирэн олордоҕуна, сөрүүнүнэн күөттээн, сүрэҕи-быары сөрүүкэтэрэ, ньиччэҕэй-ньиҥсик салгынынан дьиэлийбэх-тээн, ньулуун-тумары сыттары аҕалан, салгыны кытта сабыта биэрэн, киһи сүрэҕэр-быарыгар иҥэрэн, талбаардара-туймаардара минньигэс, үчүгэй да буоллаҕа!..

Эбэ Хотунум кытыытыгар киирэн сыттахха, күн уотун чаҕалыйар сандаҕатын аннынан, кини киһи көҥүл-көй сүүрүгэ киһи хараҕа ылар киэлитин тухары таҥнары киэптээн, аргыый аҕай, аа-дьуо уолуһуйбакка, долгуйбакка устан, көһөн эрэр көрдүк таҥнары сабардаан, дьалкыһыйан-мэндээрийэн, күндээркэй көхсүгэр халлаан, сир өҥүн эриличчи, супту тардан ылан иҥэринэн, кыайан-хотон дыгдаһыйан, нухарыйбыкка, туймаарбыкка дылы буолан баран (миигин туох да ааттаах кыайан тохтотуой, оҕолоор диэххэ айылаах), долгуннура-толбоннура уста турара, киһи өйүн-санаатын сүүйэн, сүрэҕин-быарын көнньүөрдэрэ — үчүгэй, кэрэ даа буоллаҕа!

Хараҥа, чуумпу түүммэр Эбэ хотунум, иһиллээбиккэ дылы буолан, ылыйан-дьылыйан баран, кыыс-дьахтар кыйаханан олорорун көрдүк, аан тумаранан бүрүллэн, кылбаарыйан, дьылбаарыйан турар кырсын үрдүгэр, онон-манан арыылар күлүктэрэ, харааран, күлүгүрэн туралларын көрдөххө, киһи сүрэҕэ-быара нүөлүйэр, өйө-санаата күлүгүрэр. Күһүҥҥү ыйдыҥа түүҥҥэ, ый уотун санньыххай наҕыл сандаҥата санаарҕаабыкка дылы таҥнары санньылыйан түһэн баран, Эбэ Хотунум килэгир иэнин устун көмүс ураанньык буолан күлүмүрдүү тыкпыта — алтан килиэ аартык көрдүк, уҥуоргу диэки быһа кэрэлэнэн, күндээрэн тахсыбытын икки өттө күлүк хара эркиннэнэн, халлаан өнүн сиһилии сүһэн ылан баран, халыҥныы-дьалкылдьыйа, килбэҥнии-күөгэлдьийэ турарын көрдөххө — киһи көҥүл санаата күүрэн, күөстүү үллэн көтөр, халыан хаана дьалкыйан-хамсаан айманар.

Эбэ Хотунум модун тыалга мускуттаран, будулҕаннанан түһэн бардаҕына, үрүҥ күүгэн үллүктэнэн, өҕүөмэр сүүрүгэ үллэн-түллэн, өрүтэ күүрэн, күөрэйтэлээн тахса-тахса, куобахтаан түһэн, киллиргэччи эҥсэн, ыһытаан-хаһытаан ыдьырыйа иирэ турдаҕына — киэбэ-кэмэлдьитэ кэбэлийэр.

Оччоҕо: муҥ-сор булсуспутун көрдүк, ынырыктык ынчыктаан ыҥыранар, эрэйдээхтик эппэҥнээн, өрүтэ күүртэлээн мэҥилдьийэр, иирээн-илбис эркиннэспитин көрдүк иҥсэлээхтик энэлийэн, килэгир кэтит таһаата кэрдиис долгун буолан, үллэ-үллэ өрүтэ үөмүтэлии, барылыы-курулуу, эппэҥнии-мэҥилдьийэ турар; ону көрбүт киһи киҥэ-наара кэхтэн түһэр, сүрэҕэ-быара өрүкүйэн хамсыыр.