***Ырыа араастаах(Алексей Суола)

Ырыа араастаах –
Көрдөөх, үөрүүлээх,
Истиң тыллардаах,
Санаарҕабыллаах.

Ырыаҕа – дууhа баар,
Ырыаҕа – олох баар.
Ырыаны ыллыыбыт,
Ырыанан ытыыбыт.

Олох баар – ырыа баар.
Ырыаттан ырыаны,
Олохтон олоҕу
Yйэбит салҕаа дуу!