*** Түөhүм иhигэр билигин(Алексей Суола)

Түөһүм иhигэр билигин
Тологуруу мөхсөр сүрэх,
Күнү-түүнү билбэккэ
Битийэр, тиңиргэччи тэбэр.

Оо, сүрэҕим, мин сүрэҕим,
Хаhан да тохтообокко
Бүл-бүл тэбэ сырыт.
Нуурайан бүтэн хаалыма.

Эйигин кытары мин
Барыны бары көрүөҕүм,
Кэрэни, дьиктини булуоҕум.
Эн эрэ тохтоомо,
Бүллүгүрүү тэбэ сүтүмэ.

Эйигин кытары үллэстиэм
ҮтүмэҤ үгүс үөрүүнү.
Ол кэмнэргэ, сүрэҕим,
Күүскэ битийэ тэбиэҕин!