*** Хаhан эрэ география уруогар(Алексей Суола)


Хаһан эрэ география уруогар
Үөрэппитим эйигин,
Таптыыр учууталым кэпсээнин
Кэрэхсии истэн олорбутум
Оччолорго өйдүөм дуо
Бу манна кэлэн олоруом,
Тумул арыы тымныы салгынын
Эҕирийэ тыыныам диэн.
Улуу байҕал э²эрин тыыра
Күн уотуттан килэрийбит
Хаардаах тымныы вулканнары
Кү²²э көөчүктэтэ
Тэнийэн сыта5ын,
Камчатка сирэ.
Сайынын самыыр сэллээбэккэ түһэр,
Күлүмүрдэс күлэр күн
Хаhан эмэ көстөөт
Былыт быыhыгар киирэр,
Эмиэ сүтэн хаалар.
Кыhынын силлиэ, буурҕа
Кыhыыра, кускуйа улуйар
Сыырастаах курас тыал
Саба биэрэр сирэйгэ.
Ол да буоллар санаама
Оннук тыйыс дойду диэн.
Манна эмиэ буолаачы
Син материкка кэриэтэ,
Умнуллубат бэлиэ күннэр,
Нуурал дьикти киэhэлэр.
Оннук кэм²э, сэгээр,
Камчатка сирин, айылҕатын
Сөҕө махтайа эн көрүөҤ,
Долгуйа-иэйэ одуулаhыа².

      • *** ***

Түөһүм иhигэр билигин
Тологуруу мөхсөр сүрэх,
Күнү-түүнү билбэккэ
Битийэр, ти²иргэччи тэбэр.

Оо, сүрэҕим, мин сүрэҕим,
Хаhан да тохтообокко
Бүл-бүл тэбэ сырыт.
Нуурайан бүтэн хаалыма.

Эйигин кытары мин
Барыны бары көрүөҕүм,
Кэрэни, дьиктини булуоҕум.
Эн эрэ тохтоомо,
Бүллүгүрүү тэбэ сүтүмэ.

Эйигин кытары үллэстиэм
ҮтүмэҤ үгүс үөрүүнү.
Ол кэмнэргэ, сүрэҕим,
Күүскэ битийэ тэбиэҕин!