*** Хойуу оттор быыстарыгар(Алексей Суола)

Хойуу оттор быыстарыгар
Уолбут сүлбэ арыытын
Yкэр отун охсобут
Yлүмнэhэн үлэлиибит.

Күүстээх үлэттэн сылайан
Сынньанан отууга тахсабыт,
Күөх окко таалалаан
Көрдөөх кэпсээни истэбит.

Yчүгэйиэн, бу кэм²э
Бииргэ сылдьан үлэлиир,
Эн-мин дэhэ кэпсэтэ
Yгүhү саныыр, ыллыыр

Кэрэкэтиэн, олох олорор,
Эдэр уоҕунан оргуйар,
Бэйэни дьоллоохтук сананар,
Көй салгыны толору тыынар