*** Ыраах хаалбыт, ыра санаалаах(Алексей Суола)

Ыраах хаалбыт, ыра санаалаах
Күн сирин көрдөрбүт
Көмүс киһим, күндү ийэм,
Күн аайы быдан дойдуга
Быралгы сылдьар
Оччугуй уолгун санаан
Бүтэйдии ахтан сылайары²
Санньыйары² буолуо.
Билэбин эн өрүү
Мин туспунан дьо²²о
Долгуйа кэпсиигин,
Сүрэҕин баҕатын,
Сылайбат тапталгын,
Этэ²²ин кэ²иигин,
Ийэккэм, эрэйдээх.
Дьэ кырдьык, чанчыгын саҕата
Ма²хайан эрдэҕэ.
Тугу өссө этиэмий,
Ханнык албаһы туттаммын
Эдэргэр эргитиэмий?...
Миигин киhи о²орду²,
Ньээ²кэлии эн иитти²
Эн иннигэр, ийэкээм,
Төлөммөтөх иэстээхпин.
Миигин дьо²²о таhaapкар
Махтал тылын булбаппын.
Эн тускар мин аны
Туохпун да кэрэйбэппин,
Хаалбыт олоҕу² сылларыгар
Эйигин дьоллуур туhyгар
Эдэр күүспүн аныаҕым