Үөскээбит-төрөөбүт бары биир санаалаах.
Үрүҥ күн сырдыга улахан баҕалаах!
Оннооҕор, туһалаах инчэҕэй тирбэҕэ,
Олоруон баҕарар бу дьоллоох үйэҕэ.
Киһиэхэ көмөлөөх, сир үрдүн бааһырдар,
Ким баарый барыта олордун баҕардар.
Барыбыт биир киһи туһугар буолабыт,
Биир киһи барыбыт туһугар турабыт,
Үчүгэй да үгэс, үчүгэй да майгы,
Үрдээтин өрөгөй, айхаллан дьол-соргу!
Доҕорум диэбитим, өһүргэс буолааччы,
Доҕорум диэбитим, өстүйэн турааччы,
Мин дьиҥнээх доҕорум туһунан эппэппин,
Мин дьиҥнээх доҕорум өстөөҕүн билбэппин.
Атаһым кэлэйэн, уордайбыт саҥата
(Аһыннар даҕаны, сиэр-быһыы майгыта).
Абаран-сатаран кырдьыгы эппитэ,
Алҕаспын арыйан, кэлиилии кэппитэ.
Кытаанах тылынан сэрэтэр сүбэтэ,
Кылбайар көмүстүү, сүрэхпэр түспүтэ,
Киһини эн эрэн, киһини итэҕэй,
Киһиэхэ баар кэрэ, олоххо үчүгэй!
Айар күүс, модун күүс киһиэхэ эрэ баар,
Айылҕа дьылҕата киһинэн киэн туттар!