1 (Атастарбар - В. Г. Чиряев)

1


Саҥарбакка то5о өр
Сынньамматах хонукпун,
Аан тыла суох ааҕан көр
Айбыт кэрэ тойукпун.
Бөлүүн баттах маҥхайбыт,
Бүгүн көрөн соһуйдум.
Ыллаабатах ырааппыт.
Ыччаттарбар хоһуйдум.
«Ыллаабата...» дии-диилэр,
Ыаһах-хаадьы гыналлар,
Сүрэх-бэлэс уолаттар
Соһуйбукка дылылар.
Кырыйдарбын даҕаны
Кылыйыахпын баҕардым.
Кыталыктыыр ырыаны
Кыҥкыната атаардым:
Тылым илбис сататын,
Тыыннаах санаам баҕатын!


1961

Антология иһинээҕитэ