23 айыы боотурдарын албан ааттарыгар… (Гаврил Андросов)

1642 сыл сааһыгар Тыгын уолаттара, Өйүк Тойон, Мымах баһылыктаах өрө турбут сахалар Ленскэй остуруогу төгүрүктээбиттэрэ. Ол эрээри, өрө туруу уоҕа туохтан эрэ уостан хаалбыта. Бу өрө туруу баһылыктарын – 23 саха чулуу боотурун араастаан накаастаан өлөрбүттэрэ…

Бороҥ урааҥхай бууса кыргыллыаҕа диэн
Болотторун биэрэн бэриммит
Боотурдар
Бойобуода атаҕар
Бокулуон уурартан булгурутунан
Болгуо тимирдии чиҥээбиттэрэ…
Хабыр сигилилээх
Хаһаахтар
Хайдахтаах да муҥнарын тулуйан
Хадаар санаалара туллубатах
Хаҥыл баатырдар
Төҥкөйөрү сатаабат
Төбөлөрө
Төкүнүспүттэрэ
Түҥнэстибит чорооннуу…

«Көмүс дьонум
Күн сириттэн маттылар!» диэн
Күлүбүрүү умайар аал уот
Күүскэ өрө тыыммыта,
Хара тураах да, оннооҕор,
Халаахтаабатаҕа
Айыы боотурдарын
Албан ааттарын хараардымаары…

Уу-чуумпу…
Умнуллуу буолбатах…
Уот
Умайарыттан дьаарханыы…