3 (Атастарбар - В. Г. Чиряев)

3


«Чучур» мураан иһийэн
Чуумпу тарҕаан истэ,
Көй салгын, алар иһинэн,
Аҥылыйа түстэ,
Түүҥҥү күдэн аҥаарыйан,
Түлүк бараан сапта.
«Сайсары», кыыстыы кылбаарыйан,
Сырдыы оонньуу сытта.
Тыал сэллээн, куорат нуурайан,
Тыа иһэ доргуйбат.
Буор көтөн, айа суолунан
Бурҕачыйа турбат.
Хамсыыр-харамай барыта
Хаптайан утуйда.
Өрүс уҥуор отуу уота
Өһөн сүтэн барда,
Көҥүл көтөр эр санаабын
Көмө гына сылдьыам,
Ол эрээри, мин даҕаны —
Утуйан сынньаныам.


1961

Антология иһинээҕитэ